«Ситии ыйааһын» алгыһа (М.Спиридоновтан А.А.Саввин 1938 с. суруйуута)

Ситии ыйааһын


Аҕыс салаалаах аар хатыҥ!
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдум,
Иитиллибит Ийэ сирим,
Төрөөбүт төрүт дойдум
Буркун түспэт түүлээх түһүлгэҕэр,
Салгын киирбэт таһаалаах дьаптаҕар,
Тор тобулу охсубат дьоллоох толоҕойгор
Итии тыыннааҕы иһирдьэнэн киллэр,
Тымныы тыыннааҕы таһырдьанан аһар!
Суон сүллүгэскин төлөрүтүмэ!
Халыҥ халҕаҥҥын халбарытыма!
Кэнчээрини кэский, ыччаты ыралаа!
Ороһуну тускуй, маҥаны баараалаа!
Элэмэһи элбэт, саадьаҕайы салай!
Түү тиэргэни дьүөрэлээ,
Сыа тиэргэни ситимнээ!
Тойон сэргэни туругурт!
Аас сэргэни анньар айылга,
Тойон сэргэни туругурдар туска,
Аал уоту оттор айылга,
Аан алаһаны тэрийэр туска
Төрөтөр оҕобун уйалаа,
Иитэр сүөһүбүн күрүөлээ!


М.Спиридонов, 59 саастаах,

Кэбээйи оройуонун II Лүүччүн нэһилиэгэ

А.А.Саввин 1938 с. суруйбут ССНК архыыба, 5 ф., 3 уоп., 101 дь.


Перуашева-Арылыкы кинигэтиттэн ылынылынна