АЛЕКСААНДЫР МАКЕДУОНУСКАЙ
Былыргы дьылларга, ааспыт күннэргэ, кыһына – кырыата суох, сандалас сайын дойдуга, үрдүк хайа анныгар, итии байҕал эҥэригэр, аан саарга аатырбыт, үтүө сурахтаммыт, үрдүк ааттаммыт Алексаандыр Македуонускай диэн – дьүһүннээх үчүгэйэ, өйдөөх бэрдэ, уот аргыстаах, кыргыс дьайдаах, хаан олбохтоох ыраахтааҕы баара эбитэ үһү.
Алексаандыр Македуонускай аҕатын кыһыл көмүс туруонугар олорон баран, тойотун-хотутун мунньан сүбэлэһиэн иннинэ сэриигэ таҥнар таҥаһын таҥынна. Кыһыл көмүс куйаҕын кэттэ, убайа олорор күндү таас сулустаах, холорук ытыйбытын курдук кутурук киэргэллээх, уот-садаҕа моҕой ойуулаах кыһыл көмүс бэргэһэтин кэттэ, чомпо сүллүгэһин тоҥолоҕор иилиннэ, саабылаан батаһын таҥнары тайахтанна. Кыыспыт былыт курдук кытара убайа олорор былааҕын үрдүгэр туруоттарда. Кыа хаан олбохтонор кыргыс дьүһүнүн ылынна, бэргэһэтин сулуһа убайда, хараҕа уоттанна, туруоннуун-бэйэлиин хааннаах төлөнүнэн өрө күлүмнээтэ.
Дьэ, ол кэнниттэн тойотун-хотутун ыҥыттаран, улуу малааһыны тэрийдэ, ас үтүөтүн аһатта, арыгы бастыҥын иһэттэ. Үөрэн-көтөн бардылар. Икки атахтаах улуу бөлүһүөгэ Аристуотел оҕонньор – арай кини эрэ үөрбүтэ-көппүтэ көстүбэт, арай кини эрэ туох да саҥата-иҥэтэ суох умса көрөн олордо.
– Оо, улуу бөлүһүөк, ытыктабыллаах учууталым, тоҕо үөрбэккит-көппөккүн, тоҕо биир наадалаах, өлбөт тылы эппэккин? Сассын эн дойдулуоҥ, сассын мин өрөгөй тардыһа, аат-сурах быльдьаһа барыам... Эн үрдүк, күүстээх өйгүнэн үйэттэн үйэҕэ икки атахтаахха аатыҥ ааттаныа, эн улуу үөрэҕиҥ икки атахтаах ыллыгын арыйан, кинилэргэ кэнэҕэски кэскиллэрин күнэ-ыйа буолан өрө күндээрийиэҕэ... Өскөтүн мин аатым ааттанар эбит буоллаҕына – өйбүттэн аатырыа суоҕа, кыа хаан олбохтоох кыргыс илбиһэ буолан аатырыаҕа, – диэн Алексаандыр Македуонускай тыл эппит үһү.
– Ол иһин биир тылы эппэккэ олоробун... Эн суолуҥ – хаан, мин суолум – өй үрдүк билиитэ, үөрэх үрдүк кыайыыта. Икки атахтааҕы уһун уҥуоҕун урусхаллаан, кыа хаанын тоҕон, алаһа дьиэтин альдьатан, төрөтөр оҕолорун түҥнэрэн – өлбөт ааттан, үрдүк сурахтан диэхпин тылым барбат, санаам буолбат. Хас өлбөт өйдөөҕү өлөрүөҥ буолуой? Хас өлбөт өйдөөх, улуу бөлүһүөк төрүүр төлкөтүн түҥнэриэҥ буолуой? Ол барыта икки атахтаах үрдүүр, үүнэр кэскилин сарбыйан кэҕиннэриэ... Суох, суох, мин үөрүөхпүн сытаммат. Эн суолуҥ туспа, бырастыы! Мин бардым, – диэн туран үстэ сүгүрүйэн баран Аристуотел тахсан барбыта үһү...
– Күн судаар, улуу баһылык, эн үрдүк ааккар, үтүө сураххар, уруй-туску тутабын! Өстөөхтөргүн өлөрөн өрөгөйүҥ үрдээтин! Саастаахтаргын сарбыйан саргыҥ улааттын! Бу аан дойдуга улуу баһылыктарга – үрдүк ааттан, үтүө сурахтан, атын суол дьол суох! Кыайыы-хотуу үрдүк үөрүүтүттэн атын үөрүү суох! Хааннаах болоту дьэбин сиэбэт, кыайыылаах баһылыгы өстөөх утары көрбөт... Хотун ойох таптала – өрөгөй-саргы өлөр өлүүтэ, үрдүк аат тостор тостуута... Сассыҥҥы күн саабылаан батаһыҥ кыа хаанынан утахтанан, өргөстөөх үҥүүҥ субай хаанынан улайданан – аан саарга аатырыаҥ, үйэттэн үйэҕэ үрдүк ааттаныаҥ, өлбөт сурахтаныаҥ! – диэн сэрии тойоно, күн судаарын уруйдаан үстэ сүгүрүйэн баран, кыһыл көмүс бакаалын өрө ууммута үһү. Онуоха туох баар бары тойото-хотуна ойон туран сүгүрүйэ-сүгүрүйэ: “Уруй-айхал! Уруй-айхал! Үрдүк баһылыкпыт, Алексаандыр Македуонускай, өрөгөйө үрдээтин, албан аата аан саарга аатырдын!” – диэн кыһыл көмүс бакаалларын көтөҕөн уруйдаабыттара эбитэ үһү.
Бүтүн Миидийэ бүтүннүү кутаа уотунан убайбыта, күн сырдыга көстүбэт хара буруо оргуйбута. Дьон хааныттан харааччы иирбит саллааттар оҕо буоллун, оҕоньньор буоллун, ким түбэспити үҥүүгэ үөлэннэр кутаа уот ортотугар илгэннэр уот өрө күлүмнээн, өһөҕө оргуйан, дьон этэ баһыгырыы убайан, иҥиирдэрэ тардан түрдэҥнэһэ түстэхтэринэ – Алексаандыр Македуонускай саллааттара айахтарын ата-ата лаһыгыраччы күссэллэрэ.
Тыыннаах ордубут эр дьон хандалы кэтэн кулут буолбуттара. Дьахтар өттө, кыыс өттө – кыайбыттар дьоллоро, тэллэнэр тэллэхтэрэ, саатыыр сааталлара буолбуттара... Өлбүт хаана тохтубута, тыыннаах хараҕын уута тохтон, атаҕа адаҕа кэтэн, суон буулаҕа мооньньугар бакаайы кэтэрдиллэн, ынчыга иһиллибитэ, кырыыстаах олоххо умса быраҕыллыбыта.
Биир үтүө дыбарыас убайан уота өрө күндээрбитэ, өһөхтөөх хара күдэн буруота халлааҥҥа өрө оргуйан тахсыбыта. Үс саллаат дыбарыас ааныгар биир хаар маҕан баттахтаах ытык мааны оҕоньньору үс өттүттэн үҥүүнэн дьөлүтэ түһэннэр өрө үөлэн таһаараннар, төттөрү-таары эйэҥнэтэн хаанын саккыраттылар. Оҕоньньор барахсан уоллаах кыыһа хаһыыстаспытынан сыссан кэлэннэр, үс саллааты атахтарын кууһан туран: “Уой, күн-ый буолуҥ! Аһыныҥ! Аҕабыт үтүө аатын альдьатымаҥ, ытык этин киртитимэҥ, тэпсимэҥ!.. Көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, алтан уҥуоҕун араҥастаан – кириэһин килбэтиэхпит, чардаатын сандаардыахпыт этэ... Аһыныҥ, абырааҥ, аҕалыҥ!” – диэн аймана түспүттэрэ эбитэ үһү... Онуоха үс саллаат оҕоньньору сирэйинэн умса быраҕан бараннар иһэх гынан тэпсибиттэр. Онтон уолу ылан тыыннаахтыы уокка умса бырахпыттар... Кыыһы таҥаһын хайыта тыытан, сыгыньньахтаан баран быльдьаһан барбыттар. – “Миэнэ!” – “Миэнэ!” – “Суох, суох, эһиэнэ буолбатах – миэнэ!” – дэһэн охсуһан тунайдаспыттар. Икки саллаат биир саллааты икки өттүттэн өрө үөлэннэр уокка умса бырахпыттар. Онтон бэйэ-бэйэлэрин үөлсүбүтүнэн барбыттар. Өлбүт саллаат үҥүүтүн сулбу тардан ылан, кыыс биир саллааты көхсүн хараҕынан дьөлө түһэн баран: “Аҕаа! Убаай! Хаан – хааҥҥа! Ситистим!.. Бу дыбарыас мин дьоллоох көмүс ньээкэ уйам этэ... Билигин аҕалаах-ийэм, соҕотох убайым алтан араҥастара буолла”, – диэн часкыйа түстэ уонна үҥүүтүн төлө охсон ылан, өрө туппутунан кэннинэн хаамта, улам-улам уокка чугаһаан барда. Ордон хаалбыт үһүс саллаат кыыһы батыһан, тутан ылаары кээгэйдээн испитэ.
– Тохтоо! Сүгүн бэриниэм суоҕа! Мин эрим – кутаа уот!.. Аламай күнүм, бырастыы! Аан дойдум, бырастыы!.. Эһиги кыыскыт этинэн-хаанынан өстөөх саатаан, эһиги күлүккүт үрдүгэр үҥкүүлээбэтин! – диэн хаһыытыы түһээт, үҥүүтүнэн өстөөх саллаатын уолугун үүтүнэн тобулу бырахпыт. Саллаат өрө харбаспытынан, кэннинэн титирэстээн олоро түспүт... Кыыс икки илиитин өрө уунан: “Уруй! Хаан – хааҥҥа!” – диэн өрө көтүөх курдук туттан турдаҕына, дыбарыас үрдэ сууллан, өһөх хара буруо өрө ыһылынна, кытыастар төлөн төлүтэ ыстанна. Үрдүк ааттарын, үтүө сурахтарын альдьатыахтарын кэрэйбиттэр, дойдуларын-дьоннорун өстөөх атаҕа үмтү тэпсэн иһэх оҥосторун көрүөхтэрин баҕарбатахтар, ол курдук охсуһан бу күн сириттэн туораабыттара эбитэ үһү... Ол курдук өлөртөн куттаммат өрүөллэр, охсуспут улуу туйгуттар, хотой хоодуот сэрииһиттэр хайҕалга тураннар, өлбөт-сүппэт үрдүк ааттара туругурбуттара эбитэ үһү...
Күн киириитэ, былыт кытыаста кыыһан эрдэҕинэ, убайбыт-уоттаммыт дьиэлэр чохторо кытаран, күллэрэ туртайан, күдэн буруо үөһэнэн устан эрдэҕинэ, үрдүк томтор үрдүгэр, тоҕус ат сухсураҕалаһа көлүллүбүт кыһыл көмүс кэлиэсиниссэҕэ олорон Алексаандыр Македуонускай холорук курдук өрө көтүтэн кэллэ. Күдэн буруо ортотугар, киэһээҥи сардаҥа төлөнүгэр Алексаандыр Македуонускай кыһыл көмүс куйаҕа хаанынан убайан, хараҕа уоттанан, сулуһа күндээрэн, саабылаан батаһын таҥнары тайахтанан, аллара диэки таҥнары көрөн олорбута... Томтор анныгар Миидийэ ыраахтааҕыта, тыллаах урана, өйдөөх үтүөтэ Солуон оҕоньньор кыаттаран, аата альдьанан, сураҕа сууллан, хандалы кэтэн, сааттаах хара остоолбоҕо көхсүттэн дьөлө хараҕаланан олороро. Кыаттарбыт ааньньа буолуо дуо? Толбонноох ньуура хаанынан устан, ытыктабыллаах хоруоната туура охсуллан, хаар маҥан баттаҕын уот салаан, тыал охсон, умса көрөн олорор эбит...
Кыайбыт дьүһүнэ атын буоллаҕа дии... Куорат бөҕөлөрү үмтү тэпсэн, уоттаан, кириэппэс бөҕөлөрү сири кытта тэҥилээн, дьон бөҕөнү, сэрии бөҕөнү урусхаллаан, хаан бөҕөнү тоҕон, үрдүк ааттанан, үтүө сурахтанан, өрөгөйө үрдээн, хараҕа уоттанан, үс өргөстөөҕүнэн өрүтэ көрбөхтөөн, халыҥ хамаандатын, бүтүн аармыйатын Алексаандыр Македуонускай: “Өрөгөй үрдээтэ! Аат-саргы улаатта! Кыайбыт дьолго – уруй! Бука барыгытыгар – махтал!” – диэн тыл эпиитэ үһү. Онуоха халыҥ хамаандата, ааттаах аармыйата, үс төгүл халлаан сатарыаҕынан, сир ньиргийиэҕинэн, күдэн буруо доргуйуоҕунан, күл ыһыллыаҕынан: “Алексаандырга, улуу баһылыкка, кыайбыкка – Уруй!!! Уруй!!! Уруй-айхал!!!” – диэн уруйдуу түспүттэрэ үһү.
– Кыайбыт – дьоло, кыаттарбыт – соро! – диэн Алексаандыр Македуонускай сэриитин тойоно Солуон ыраахтааҕы араас күндү, убайа-күлүмнүү олорор таастардаах кыһыл көмүс хоруонатын аҕалан Алексаандыр Македуонускай атаҕын анныгар, кыһыл көмүс икки, күндү таас икки киэргэллээх, уу оҕуһун муоһунан оҥоһуллубут туруонугар уурда, Солуон оҕоньньор тайаҕын, саабылаан батаһын аҕалан, хоруона икки өттүгэр уурда. Ол гынан баран: “Дьоллоох Миидийэ улуу баһылыга, күн суудара – Алексаандыр Македуонускай туругурдун! Уруй!” – диэн хааннаах үҥүүтүн өрүтэ аспытыгар халыҥ хамаанда, ааттаах аармыйа үс төгүл: “Уруй!!! Уруй!!! Уруй-айхал!!! Алексаандыр Македуонускай туругурдун!!!” – диэн уруйдаабыттара эбитэ үһү... Онуоха бии өлбүт дьон хааныгар дабдаҥнаспыт суордар-тураахтар өрө көтөн тахсаннар – хааҕырҕаһа-хааҕырҕаһа, төттөрү-таары көтөн суксуспуттара үһү. Алексаандыр Македуонускай иһиттэн имэҥирбит курдук ойон туран, Солуон оҕоньньор атаҕын иннигэр хааннаах болотун сиргэ тобулу быраҕан баран: “Таай!” – диэн үөгүлээбит саҥата өрө сатарыы түспүтэ үһү... Онуоха Солуон оҕоньньор этэ тардан, дьик гына түспүт. Дьон саҥата ах барбыт. Солуон оҕоньньор хараҕа уоттанан, хандалытын тыаһа халырҕаан, көхсүн этитэн баран: “Ити дуо?.. Ити күүстээх – дьоло, өйдөөх – соро!” – диэбит.
Алексаандыр Македуонускай хаана кубарыс гына түспүт, учуутала Аристуотел тылын өйдүү биэрбит. “Мин өйбүнэн аатырыам суоҕа, хааннаах болоппунан аатырыам, онон сөпкө да таайда”, – диэн ах баран олордо... Сөҕө санаата: “Кини өйдөөх, кыаттарбытын иһин, өйүн күүһүнэн, син биир аата ааттаныа... Онон, өлөрдөхпүнэ, хата, мин аатым алдьаныаҕа, килбиэннээх сураҕым киртийиэҕэ”, – диэн баран: – “Эн кырдьыгы эттиҥ! Кырдьык туругурдун!” – диэн Солуон оҕоньньору уруйдаан баран, сааттаах хара остоолботтон сүөрдэрэн, хандалытын уһултаран, бэйэтин таһыгар олорпута эбитэ үһү.
Кыайбыттар үөрэн-көтөн, аһаан-сиэн барбыттар. Түүн үөһэ кутаа бөҕө оттуллубут, тыһынчанан ахсааннаах элбэх сымалалаах дьүөкэт бөҕө умайбыт. Дьон күлүгэ барыҥнас, сарбаҥнас буолбут. Алексаандыр Македуонускай холуочуйан барбыт, өйдөөҕө эбитэ буоллар, баҕар, ыйыппат да дьыалата эбитэ буолуо, Солуон оҕоньньортон: “Кырдьыгы этэргиттэн куттаммаккын дуу?” – диэн ыйыппыт.
– Оо, кырдьыгы этэр кутталлаах дьыала, кырдьыктан сорох – баһа быстар, сорох – аата үрдүүр, – диэн Солуон оҕоньньор хоруйдуу олорбута эбитэ үһү.
– Оннугу билэр буоллаххына, кэпсиэ эрэ, өйдүү-саныы сылдьыам, – диэн Алексаандыр Македуонускай көрдөспүтэ эбитэ үһү.
Хаанынан устубут, күлүнэн бурҕайбыт, буруонан оргуйбут Миидийэ саарыстыбатын урукку улуу баһылыга, Солуон оҕоньньор, кырдьык туһунан биир кэпсээни кэпсээн биэрбитэ үһү...
Былыргы ааспыт күннэргэ-дьылларга Персия биир улуу баһылыга үрдүк сололоох тойотторун-хотуттарын муньньан, бөлүһүөктэрин ыҥыран, кудай айыы ытык бахсыларын түмэн олорон, хоруонатын кэтэн, маантыйатын бүрүнэн, саабылаан батаһын туруонугар өйөннөрөн, үрдүк солотун туппут тайаҕын улан тайанан олорон: “Кырдьыгынан сыльдьыах буолаҥҥыт хааннаах андаҕары андаҕайбыккыт, мэктиэ тылгытын биэрбиккит... Дьэ, кырдьыгы этитэр күнүм кэллэ... Кырдьыгы эппит – аата үрдүөҕэ, наҕыраада ылыаҕа, сымыйаны эппит – хааннаах былаахы үрдүгэр балаас илиититтэн баһа быстыаҕа... Мин аналым-чааһым тугуй? Дьоллоох буолсубун дуу? Сордоох буолсубун дуу? Мин кэлэр кэскилим тугуй?” – диэн хараҕа уоттанан, хаана альдьанан, ыйыта олорбута үһү.
Онуоха бар дьоно соһуйан-куттанан ах барбыттар. Ким даҕаны биир тылы этиэх көстүбэтэ... Им-ньим буолла. Ыраахтааҕылара ордук абаран-алдьанан барда, хаана ооньньоото, хараҕа уоттанан, улам-улам ыараан, уһун саабылаан батаһын илиитинэн туппахтаан барда. Дьонун диэки дьэбидийэ-дьэбидийэ тобулу көрөн олордо. Ол олордохторуна – “Мин” диэн бэрт дириҥ, бэрт ыар саҥа, түөт түптүр үтүгэн түгэҕиттэн өрө ньиргийэн иһиллибит курдук, бар-дьон уллуҥахтарын аннынан өрө ниргийэн иһилиннэ... Соһуйбут курдук өрө көрө түспүттэрэ: санныгар дылы саба түспүт хаар маҕан баттахтаах, уоттаах харахтаах, түөһүн тылыгар дылы сэбирийэ үүнэн түспүт бытыктаах, бэрт сүдьү дьүһүннээх оҕоньньор киһи – аҥар илиитин өрө ууммутунан, аҥар илиитинэн тайаҕын туппутунан, күн судаарыгар, улуу баһылыгар тыл этээри утары тахсан иһэр эбит... Дыбарыас иһинээҕи тойот-хотут арыыйда чэпчээн, көхсүлэрин этитэн, ах баран иһиллээн олордулар. Күн судаардара соһуйбут курдук ойон турда уонна кудай айыы ытык бахсыларыгар: “Эт!” – диэн баран аҥар илиитинэн саабылаан батаһыгар тайанна, аҥар илиитинэн өттүк баттанан кэбистэ, оҕоньньор диэки тонолуппакка таҥнары көрөн турда...
– Эн, үрдүк айыыттан куттаммакка, аналгын-чааскын ыйыттыҥ... Иһит! Бу күн сиригэр эн курдук хараҥа аналлаах суох, эн курдук кэннигэр хаалбат кэччэгэй кэскиллээх суох... Эн туох баар оҕоҥ-урууҥ, эн бары баар халыҥ аймаҕыҥ бука барылара быстаннар, эн үүт-үкчү улуу тыаны уот сиэбититтэн соҕотох биир хоруолаах тимир төҥүргэс ордон чоройон турарын курдук ордон хаалаҥҥын, икки хараҕыҥ хааннаах уутугар суунаҥҥын, бүдүк буолан олордоххуна, ыал ыраахтааҕыҥ кэлэн, аан дойдугун альдьатан, улуу норуоккун урусхал оҥорон, мооньньоох баскыттан быалаан, ыт курдук атын кутуругар состоруоҕа, – диэн киһи куттаныахтык, этэ салаһыахтык, куйахата күүрүөхтүк эппитэ үһү.
– Оо, хара сордоох, мин дьолбун-соргубун умса кырааҥҥын – мин өстөөхтөрүм өрөгөйдөрүн көтөҕөн, хара суор курдук хааҕыргыы турар абаҕын көрөллөөр-көрбөттөөр?!! Истэллэр-истибэттээр?!! Миигин умсарбыт, өстөөхпүн үөрпүт халыҥ аньыыгар, хара буруйгар мооньньоох баһыҥ хааннаах былаахы үрдүгэр быһыннын, – диэн күн судаардара, улуу баһылыктара абаран хаһыытыы түспүт.
Оҕоньньору баһын быһаннар, куоньньайын үүтүттэн үөрбэҕэ ыйааннар, өстөөххө атыыламмыт буруйдаах төбөтүн курдук, хааннаах былаахы үрдүгэр, сааттаах хара остоолбоҕо аньньан туруорбуттар.
Ыраахтааҕылара, дьэ, эбии өйө-санаата альдьанан, өссө ордук этэ-хаана ооньньоон барбыт. Тойотторо-хотуттара кутталлара улаатан: “Киммит-хайабыт эрэ анала-чааһа туолан баһа быстар, хаана тохтор буолла? Оо, арах-арах, сассыҥҥы күн сырдыгын көрөбүт эрэ, көрбөппүт эрэ!” – дэһэн, бэрт улаххан санааҕа-онооҕо ылларбыттар эбит.
Үс ыйы мэлдьи күн судаардара мунчааран эрэй бөҕөнү эрэйдэнэн баран, үрдүк сололоохторун, үтүө ааттаахтарын, тойотторун-хотуттарын, улуу бөлүһүөктэрин, ахтар айыы ытык бахсыларын – бука барыларын ыҥыттаран ылан: “Мин кэлэр кэскилбин ким кэпсиэх баарый?” – диэн ыйыта олорбута үһү. Иньньэ диэн ыйытарын аҕай кытта, дыбарыас аана аһылла түстэ, сототугар дылы үүнэн түспүт бытыктаах, куругар дылы сабырыйан түспүт хаар маҕан баттахтаах, хааннааҕынан хаһылыччы көрбүт уоттаах харахтаах оҕоньньор киһи киирэн хатан дьыбарга мутук тоһуттубутун курдук чуор куолаһа иһилиннэ. Дьон-сэргэ куйахата күүрдэ, этэ саласта: “Оо, арах-арах, эмиэ бас быстара, хаан тохторо кэллэҕэ!” – диэн куттанар кыайан саҥата суох олордулар.
– Күн судаарбыт, улуу баһылыкпыт, эн кэлэр кэскилгин билиэххин баҕараҥҥын, бэрт эрэйи эрэйдэммит, ыар санааҕа түспүт сураххын истэммин, үрдүктэн ыйыллан, үөһэттэн ананан кэллим... Иһит! Бил! Бу күн сиригэр эн курдук уһун саастаах, дьоллоох үйэлээх киһи эн халыҥ аймаххыттан, кэтит-киэҥ уруугуттан суох буолсу. Хайалара даҕаны төһө даҕаны эн үрдүк туруоҥҥар тахсан, эн ыар хоруонаҕын кэтэн, улуу баһылык буолуохтарын баҕарбыттарын иһин, эн сааскын сааһыа суохтар, эн уһун үйэҕин тосту олоруо суохтар. Эн хайа да оҕолоруҥ, эн эрдэ өлөҥҥүн ыраахтааҕы буола охсуохтарын баҕарбыттарын иһин, төһө да хара санааларын ииппиттэрин иһин, кинилэр хара санаалара туолуо суох. Эн билиҥҥи баар элбэх ыал ыраахтааҕыларыҥ, элбэх өстөөхтөрүҥ эн өлөргүн кэтэспиттэрин иһин, эн кинилэр тыыннаахтарына өлөн үөрдүө суоххун... Уһун үйэлэнэҥҥин, элбэх саарыстыбалары илиигэр холбооҥҥун, аан саарга аатыран олорууһуккун! Эн кэлэр кэскилиҥ үрдүк ыйыытынан, үөһээ аналынан оннук эбит. Үөр! Көт! Күн судаар, эйиэхэ – уруй! – диэн үстэ сүгүрүйэн тоҥхох гыммыта үһү.
Манна баар тойот-хотут көҕүстэрэ кэҥээн, сүрэхтэрэ үөрэн, харахтара сырдаан ойон тураннар, күн судаардарыгар, улуу баһылыктарыгар: “Уруй!!! Уруй!!! Уруй!!!” – диэн айхаллыы-айхаллыы сүгүрүйбүтүнэн барбыттар. Онуоха улуу баһылыктара үөрэн күлүм аллайан, хара санаата халбарыйан, хараҕа-сирэйэ сырдаан, туруонуттан туран, үрдүктэр анаабыт аналларын эппит улуу кырдьаҕаска: “Аналбын эппит үтүө тылгар махтал!” – диэн сүгүрүйэн баран бэлэх бөҕөнү бэлэхтээн, бастыҥ олоххо олордон, мааны бөҕөнү маанылаан ыыппыта үһү, – диэн Солуон оҕоньньор кэпсээбит эбит... Ону истэн баран Алексаандыр Македуонускай: “Ооскиэ! Маҥнайгы эрэйдээх кырдьыгы толоостук, сүрэххэ киирбэттик этэн, баһа быстыбыт, иккис буоллаҕына, кырдьыгы сатаан этэн, аата-суола үрдээбит, баайа-талата улааппыт... Санаан көрдөххө, иккиэн биири эппиттэр эбит ээ!” – диэн сөҕө санаабыта үһү.
– Бу ыраахтааҕы үөрүүтүн туохха холуохха сөбүй? – диэн Алексаандыр Македуонускай ыйыппытыгар, Солуон оҕоньньор: “Улуу кумахха таммах уу таммалаабытын курдук диэххэ сөптөөх”, – диэбит. Ону истэн баран Алексаандыр Македуонускай: “Ооксиэ! Дириҥ тылы эттэ эбээт... Мин даҕаны билиҥҥи үөрүүм – улуу кумахха таммах ууну таммалаппыттан атына суох. Сассын биир улуу сэрииһит үөскээн мин кыайбыт кыайыыбыттан тугу да ордорбокко хоруо курдук үмтү тэпсиэҕэ, мин улуу судаарыстыбабыттан тугу да ордорбокко үмтү сыньньан, бэйэтэ билэринэн саҥа, атын саарыстыбаны оҥоруоҕа... Мин дьоум – хааннаах болот дьоло, ол оннук дьол суолтата тугуй? Туһата тугуй?” – диэн иһигэр санаан баран, таһыгар таһаарбата... Улам-улам үөрбүт үөрүүтэ, кыайбыт кыайыыта суолталарын сүтэрэн, кини хараҕар күдэн буолан көттүлэр, туман курдук уостан, сүтэн бардылар... Алексаандыр Македуонускай абатыйан, хааннаах болотугар таҥнары тайахтанан олорон: “Мин кырдьыгы билбитим – миэнэ кырыыһым буолла. Бу аан дойду саарыстыбаларын уоттааммын, урусхаллааммын, бар дьон хааннарын тоҕоммун, дьоллоох уйаларын умсараммын, мин аан дойду үрдүк арҕаһыгар тахсаммын, хааннаах болоппун таҥнары аньньаммын, кэннибэр хааннаах, кырыыстаах бэлиэ хаалларыам. Мин дьолум – ол!” – диэн, үйэттэн үйэҕэ аахсылла, иэстэнэ турар кырыыска этиллибит курдук санаан, сүрэҕэр оспот баастаммыта үһү... Ол бааһын тулуйбакка, эдэр сааһыгар өлбүтэ үһү диэн былыр былыргыттан бар дьон кэпсэтэллэрэ эбитэ үһү.
1935 с.
|