Аал уот алгыһа (И.И. Свинобоев тылыттан П.П. Барашков суруйуута)
Алаас-сыһыы быһаҕаһын caga
Aҕыс кырыылаах таала мaҕaн
Холумтан дьаарбаҥнаах,
Aҕыс кырыылаах
Аан-солоҕой оһох дурдалаах.
Итии-солоҕой оһох дурдалаах,
Итии кыһа эркиннээх,
Сириэһиннээх итии болгуо саҕа
Тимир дуолан чох сэксэлээх,
Өҕүөмэр маҕан
Өрөкүйэ көтөр
Үрүҥ күл үллүктээх,
Кытыаста туругурар
Кыһыл кыым сардаҥалаах,
Үс курдуулаах маҕан
Далла ураһа caҕa
Най хара буруо түптэлээх,
Coнoҕoc ат хоолдьуктаах баһын саҕа
Алтаннаах болуо хатакка
Кубулуйан иҥмит,
Эскэл тый хара быарын caҕa
Икки кырыылаах эстэриик тааска
Иҥэн кубулуйбут,
Эмньик кулун өрүкүйэр
Көҕүлүн caҕa
Үрүҥ кыaҕa күөдьүйбүт,
Тырым уоту тыыннаабыт,
Күөх уотунан күлүмнүүр,
Кыһыл уотунан тыбыырар,
Кыымнаах кыһыл санаа,
Кырдьаҕас тойон эһэм —
Бырдьа бытык,
Кыырык түһүмэн,
Хатан тэмнэрийэ,
Аан уххан,
Тойон сирэлимэ эһэккээм!
Этэр тылбын иһит:
Киһи буолар киэлибин
Киэҥ көхсүгэр кистээн,
Саха буолар саргыбын,
Аан чаҕыл аккыйан,
Тоҥор-хатар күммэр
Куруҥ маһынан хонуктуом,
Үлүйэр ыксыыр күннэрбэр
Үөл маһынан өйүөлүөм,
Ааһар-туорар күннэрбэр
Аһаах маһынан аһылыктыам;
Ала дьиэрэй абыраннын,
Ама, дoҕoop, абытай,
Аал уотум абыраатын!
Аһаабатарбын даҕаны
Арҕастарбын сылыттахпына
Абыраммыт саҕа саныам,
Аал уотум иччитээ!
Үс бараа хара күлүккэр
Үҥэ-сүктэ сүгүрүйэрдии
Көрдөһөбүн —
Мин куттаах сүрбүн
Киэҥҥэр кистээ,
Кыараҕаскар кыбыт,
Тойон эһэккээм!!!
Мэҥэ-Хаҥалас оройуона, I Мөҥүрүөн нэһилиэгэ, И.И. Свинобоев тылыттан П. П. Барашков суруйбута, 1940 с. Саха норуотуп айымньыта. Якутскай. 1942, сир. 159—160