Аан дойду географическай эйгэтэ...

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Киирии Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бастакы глава)
Копырин Николай Захарович
Хайа дьонугар таас, оттон тыа олохтоохторугар мас...


Бастакы глава ЛИТЕРАТУРАЛАР НАЦИОНАЛЬНАЙ ДЬҮҺҮННЭЭҺИННЭРИН ТУҺУНАН

Аан дойду географическай эйгэтэ эҥин араас. Бэл ыаллыы сирдэр отторо-мастара, уулара, хайалара, хамсыыр-харамайдара бэйэ-бэйэлэриттэн туох эрэ атыннаах буолаллар. Расул Гамзатов Каспий Хара муора курдук «нарын, баархаттыҥы өҥө суох», «кини тыйыс майгылаах», «оттон Дагестан хайалара Грузия, Абхазия уо. д. а. хайаларынааҕар атын майгыннара суох үһү дуо?» диэн сөпкө этэр (111—19).

Сир-дойду, климат атыннаһыыта дьон, норуот олоҕор сабыдыаллыыр, кинйлэр дьарыктарыгар, туттунан олорууларыгар туох эрэ уратылары үөскэтэр. Итинтэн кинилэр майгылара, итэҕэллэрэ, уус-уран көрүүлэрэ эмиэ төрүөттэнэр. Литература ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары олох-тон, төгүрүктүүр эйгэттэн ылар. Норуот олоҕо-дьаһаҕа, дьарыга, историята, кини хайдах дьүһүннээх-бодолоох, климаттаах сиргэ үөскээбитэ саҥарар тылыгар, литературатын, искусствотын араас дьүһүннээһиннэригэр ырылыччы көстөр.

Норуот төрөөбүт географическай эйгэтэ, олоҕо-дьаһаҕа хайдаҕый да, кини эстетическэй көрүүлэрэ, образтааһыннара соччонон уратылаах буолаллар диэххэ сөп. Ол курдук, итии, ичигэс, тымныы дойду олохтоохторо, степь, хайа, тайҕа, муора олохтоохторо, булдунан,түөһү иитиитинэн, сир оҥоһуутунан дьарыктанааччылар ырыаларыгар-тойуктарыгар куруук таптаан туттар үгүс ураты образтардаах буолаллар. Ити бүтүн система образтар, араас поэтическай символлар, олохсуйбут үгэстэр бэрт уһуннук сулууспалыыллар, сүтэн-оһон биэрбэттэр, балар литература национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр уратытын үөскэтэллэр.

Норуоттар икки ардыларыгар бэрт былыргыттан үөскээбит сибээстэһии кинилэр материальнай уонна духовнай культураларын (ол иһигэр уус-уран айымньыларын) сайдыытыгар мэлдьи сабыдыаллыыра буолан баран, капитализм үйэтэ үөскүөр диэри общество олоҕор климат, тулалыыр эйгэ оруола бэрт улахан этэ. Оҥоруулаах күүстэр сайдыыларын таһыма төһөнөн намыһаҕый да, соччонон географическай эйгэ общество олоҕор сабыдыала күүстээх.

Тулалаан турар айылҕа, олох-дьаһах көстүүлэринэн ойуулааһын үйэ-саас тухары салҕанан бара турар. Бэл билиҥҥи научнай-техническэй прогресс үйэтигэр былыр-былыргыттан үгэс буолбут дьүһүннээһиннэр дөбөҥнүк уларыйбаттар. Холобур, Кавказ норуоттарын поэзиятыгар хайа, таас обраһа дириҥник киирбит. Ону биһиги Кавказ бүгүҥҥү поэттарын айымньыларыттан даҕаны чуолкайдык көрөбүт. Кинилэргэ киһи ис хаачыстыбата, характера, санаата, олоххо баар туох үчүгэй, үрдүк, кытаанах барыта сатаан таас хайанан холобурданар. Грузин Ираклий Абашидзе өстөөхтөрү утары таас хайатааҕар кырыктаахтык туруулаһарга («стойте, непоколебимее скал») советскай буойуннары ыҥырар (139—12). Армянин Гегам Сарям Октябрьскай революция буолуон иннинэ биһиги норуоттарбыт, чороҥ соҕотох хайа курдук, туох да көмүскэлэ-харыһылтата суох олорбуттарын, оттон билигин кинилэр, сис хайа курдук, доҕордуу куустуспуттарын хоһуйар (139—421).

Манна Илин Сибирь түҥ тыатыгар олохтоох саха норуотун представителэ Эллэй образтааһынын ылан сыһыары тутан көрүөҕүҥ. Эллэй революция иннинээҕи саха дьадаҥытын «тымныы кыраайга, иччитэх куйаарга соҕотох хахыйах сордонон үүммүтүгэр» холуур, кинилэр Советскай былааска «хаһыҥ хаарыйбат халыҥ тыа буолаллар» (87—36). Сахаҕа ойуурунан, тыанан, тиитинэн образтааһын хойуу буолара өйдөнөр. Оттон армяннарга таас хайдах курдук эҥин эгэлгэ өҥнөнөрүн, таас өҥө, дьүһүнэ, норуот дьылҕатын курдук, уларыйан көстүтэлиирин Сильва Капутикян бу курдук хоһуйар:

И камни в стенах были черными,
Как наша черная судьба...
И новых стен цвета весенние
Под цвет весенних наших дней,
И вся судвба моей Армении,
Как и судьба ее камней!

Кавказ бүгүҥҥү литературатыгар поэзия, төрөөбүт тыл, сүрэх эмиэ тааһынан образтанар. Лак Эффенди Капиев: «поэзия үксүн дьиикэй тааска майгынньшр эбээт, кини албыннааһыны, сымыйалааһыны кытаанахтык өһүүр»,— диир. Балкар Кайсын Кулиев «Мин сүрэхпэр» диэн хоһоонугар маннык параллелы туттар:

От огня чернеет даже камень,
Мы с тобой всегда в кольце огня.

(122—55) Таас хайалар — «тыла суох дьүүлдьүттэр», поэкка баар буолар — «хайа санаарҕабыла», поэт сүпсүгү, ымсыыны билбэт, таҥнарбат «тыйыс суорба хайалартан үөрүйэх ылар», «тулуурдаах буоларга үөрэнэр», эрэй бөҕөнү эҥэринэн тэлбит эр бэрдэ «уот сиэн бааһырпыт тааһыгар» холоонноох диэн хоһуйар Кайсын Кулиев (122—69, 72, 78, 96, 148). Авар Расул Гамзатов суруйарынан, кинилэргэ сүрэхтээх, сырыыны сылдьыбыт киһи туһунан «элбэх хайаны, сиһи туораабыт киһи», оттон сүрэҕэ суох киһини «хойгуонан тааһы биирдэ да охсон көрбөтөх киһи» дииллэр эбит (111—15). Тайҕа, тыа олохтоохторо сахаларга итиннэ сыһыаннаах «ууну-тыаны туораабыт киһи», «биир тоһоҕону аспатах киһи» диэн этиилэр бааллар. Саха поэта Баал Хабырыыс обществоҕа, норуокка туох да туһалааҕы оҥорботох киһини сүөлүргээн этэр:

Баар дуо бар дьон туһугар
Биир тоһоҕону аспытыҥ?!

(4—259) Араас халабырдьыттартан көмүскэнэр охсуһууну саастарын тухары ыыппыт, сэриигэ буспут-хаппыт Кавказ норуоттара сэрии атрибуттарын үгүстүк образка тутталлара, ол иһигэр хайаны төгүрүк куйахха, халлааҥҥа уһулу ойон тахсыбыт сыгынньах болокко холоон дьүһүйэллэрэ сиэрдээх (122—68). Оттон саха олоҥхотугар улуу очуостар охсуһа турар атыырдарга, сис хайалар хайыта баттаммыт сылгы хабарҕаларыгар холуллаллара, сахалар сылгыга сүгүрүйэллэрин өйдөө-төххө, эмиэ сиэрдээх эбиттэр.

Хайаҕа олохтоох омуктарга таас бэрт былыргыттан образка күүскэ киирбитин өссө маннык холобуртан көрөбүт. Абхазтар номохторун быһыытынан, былыргы нартар төрүттэрэ Сатаана диэн дьахтар эбитэ үһү. Бу дьахтар сүүс уоллааҕа үһү, олортон нартар биистэрэ ууһаан-тэнийэн барбыттар. Сатаана кыра уола таастан дьиибэтик төрөөбүт. Сатаана сааһыгар кырдьыбатах, кыыс эрдэҕинээҕи кэрэтэ кэхтибэтэх, эрэ суох дьахтар, кинини көрбүт бостууктар олус кэрэтиттэн өйдөрө көтөн, барааннарын үөрүн сүтэртээн кэбиһэллэр, оттон оҥочонон устан иһэр дьон оҥочолоро түҥнэстэн ууга түһэллэр. Ол курдук өрүс уҥуоргуттан бу дьахтары көрөн абылаппыт биир бостууктан тааска оҕо үөскээн хаалбыта үһү диэн буолар (131—167).

Киэҥник тарҕаммыт дьиктитик төрөөһүн уонна дьүһүн кубулуйуу мотивтара эмиэ норуот ханнык географическай эйгэҕэ олороруттан, туох дьарыктааҕыттан тутулуктаахтар. Ол курдук эһэттэн, бөрөттөн, хотойтон, суортан, сылгыттан, ынахтан уо. д. а. киһи төрүүр, биитэр бу кыыллар бэйэлэрэ киһи буолан хаалаллар.

Хотой бэрт элбэх омук ырыатыгар-тойугар киирбит көтөр. Ол эрээри кини дагестаннарга туойулларын курдук күүскэ сир аайы туойуллубата буолуо. Дагестаннар хотойу бэйэлэрин өбүгэлэрин курдук саныыллар, олус ытыктыыллар, таптыыллар, ол иһин кинилэр уус-уран айымньыларыгар хотой элбэхтик киирбит. «Биһиги ырыабыт үксэ хотойдор тустарынан. Хоһооммор хотойдору куруук ахтарым иһин миигин элбэхтик кириитикэлээбиттэрэ» (111—22), — диир Расул Гамзатов.

Сорох хотугу омуктар, холобур коряктар, суору бэйэлэрин өбүгэлэринэн, бастакы киһинэн ааҕаллар (99—124). Оттон сахаларга киһи сылгыттан төрүттээх диир номох баар (145—32).

Сорох сүөһүнэн ииттээччилэр ынахтан төрүттээх курдук сананаллар. Африка илин өттүгэр олорор масаилар туох баар олохторо ынах сүөһүттэн тутулуктаах, Кинилэргэ ынах сүөһү да, норуоттарын да аата — «масаи» диэн биир тыл. Аҕа уолугар оҕуһу бэлэхтээтэҕинэ, ол күнтэн ыла уолун аата ол оҕуһу бас билээччи диэн буолар эбит. Холобур, Польполь диэн ааттаах оҕуһу бэлэхтэппит уол аата Польполу бас билээччи буолар (105—168, 172). Итинтэн масаилар айымньыларыгар оҕус, ынах төһө оруоллаахтарын сэрэйиэххэ сөп.

Азия, Африка сир оҥоһуутунан, туой оҥоһуктарынан бэрт былыргыттан дьарыктаммыт омуктарыгар киһини таҥара буортан (туойтан) мэһийэн оҥорбута диир номохтор үөскээбиттэр. Ол курдук кытайдарга Нюй-ва диэн дьахтар таҥара киһини күөл кытыытыгар араҕас туойунан оҥорбута үһү диэн номох баар (154—59).