Аан дойду иччитин алгыһа (И. А. Шадринтан Ф. Ф. Попов 1937 с. суруйуута)

ААН ДОЙДУ ИЧЧИТИН АЛГЫҺА


Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҕүөннээх
Айгыр-силик Аан ийэ дойдум,
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Торҕо томоон дойдум
Локуора от үктэллээх,
Алтан от дьайыҥнаах,
Аҕыс салаалаах
Ача күөх от таманнаах
Иринньэхпин ииппит эбэм
Истэн туолаһыйа тур
Мин этэр тылбын.
Балчыр бэйэм барҕарбытым
Алтан-таман хонуугар,
Араҕас арыыгар
Таалалаан үөскээбитим,
Үрдүк үтүө хонуугар
Үүт үрүмэ үрдүгэр
Үҥкүрүйэн үөскээбитим.
Сыалыһар быара буолан
Сыламньыйан кулу,
Үс киис тириитэ буолан
Мөлбөйөн кулу.
Иэримэ дьиэни
Тэринээри саныыбын
Аан дойдубар:
Дойдум иччитэ,
Үстэ иэнигий!
Тойон сэргэни
Тутаары оҥостобун,
Алтан сэргэни
Анньаары оҥостобун.
Аан дойдум иччитэ,
Алҕастыы санаама,
Аныгытын даҕаны
Атааргыыр буолаайаҕын.
Көрдөһөр күлтүөннээх,
Ааттаһар ахсааннаах,
Хоолдьуктаах бэйэм
Хоҥкуйан туран,
Сөһүргэстээх бэйэм
Сүгүрүйэн туран,
Өттүктээх бэйэм
Үҥэ-сүктэ турабын.
Сыта-тура сыаналаа,
Олоро-тура толкуйдаа,
Кэлин өттүбэр кэбирэ суох,
Илин өттүбэр ибирэ суох,
Аан дойдум иччитэ
Бэдэр саҥыйах
Нэлэмэн хотун эдьиийим,
Көмүстээх нуолур от
Үктэллээх,
Күөх от олбохтоох,
Сэбирдэхтээх от дэйбиирдээх
Нэлэмэн хотун эдьиийим,
Албаннаах бэйэм
Ааттаһа турабын,
Көнтөрүк бэйэм
Көрдөһө турабын.
Сиэл баайабын,
Дэлбиргэ ыйыыбын,
Ахтаах арыынан
Айах тутан эрэбин,
Үрүҥ толоҕунан
Күөмэй көтөҕөн эрэбин.
Көрдөһөр күлтүөннээх,
Ааттаһар ахсааннаах,
Эбэлэрим иччилэрэ,
Бука барыгыт
Бүрү-бүттүүн
Дэри-дэхси
Бэттэх буолуҥ!
Улаан убаһам уйгутунан,
Кытыт сылгым кымыһынан
Айах тутан
Ааттаһар күнүм буолла,
Чороон айаҕы
Тосхойор күнүм буолла.
Биир тылбын биһирээҥ,
Икки тылбын иһиллээҥ,
Үс тылбын өйдөөҥ.
Бука барыгытыгар
Үҥэ-сүктэ
Сүгүрүйэр күнүм буолла.
Арҕааттан кэлэр
Алдьархайдаах санаалаах
Абааһы улууһугар
Алтан сүрдьүгэскитин
Араарар буолаайаҕыт,
Үөһэттэн түһэр
Үлүгэрдээх улууһугар
Үс үрүҥ көмүс сүрдьүгэскитин
Төлөрүтэр буолаайаҕыт.
Ымсыыран-ымсыыран,
Баҕаран-баҕаран
Көрдөһө турабын.
Бука барыгыт —
Ойуулаах отум иччитэ,
Дьарҕаалаах маһым иччитэ,
Атаххытыгар аҕыс
Бокулуону уураммын
Ааттаһа турабын.
Тобуккутугар тоҕус
Бокулуону уураммын
Үҥэ-сүктэ турабын
Ааттаан тураммын.
Ааттаһар ахсааннаах,
Көрдөһөр күлтүөннээх.
Иитэр сүөһүбүн
Күрүөлээрэй диэммин,
Төрөтөр оҕобун
Уйалаарай диэммин
Эбэлэрим иччилэриттэн
Көрдөһө-ааттаһа турабын.
Эриэн ыт
Элэгэ гынымаҥ,
Күөт ыт
Күлүүтэ гынымаҥ,
Тэҥнээхпэр сэтэлэтимэҥ,
Сүбэ-соргу айахтааҥ,
Дьолло-соргута тосхойуҥ,
Аал уотунан айахтаныҥ,
Күн уотунан күөмэйдэниҥ,
Бука барыгыт мунньаҕынан
Бары аһаабыт-сиэбит буоллаххытына
Түөрэх быраҕан көрүөм...
Алтаннаах сүрэхпин
Арҕаспар ууруҥ,
Төптөөх сүрэхпин
Түөспэр олордуҥ.
Уруй-уруй,
Бүрү-бүттүүн
Дэри-дэхси
Аһаан-сиэн тарҕаһыҥ!


И.А.Шадрин, 1869 с. төрөөбүт, Витим национальнай уокуруга, Халар оройуонун Нэлэт нэһилиэгэ, Калакан
Ф.Ф.Попов 1937с. суруйбут, ССНК архыыба, 5 ф., 3 уоп., 542 дь.


Перуашева-Арылыкы кинигэтиттэн ылынылынна