Аан тыл оннугар (СПА, 1967)

Саха поэзиятын антологията (1967) Саха поэзиятын антологията
Аан тыл оннугар (СПА, 1967)
Күннүк Уурастыырап
Орто дойду оҥоһуллуута ("Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхоттон)


Бу «Саха поэзиятын антологията» олоҥхолортон быһа тардыыларынан уонна норуот ырыаларынан саҕаланара түбэспиччэ буолбатах. Дьиҥ чахчытынан, биһиги поэзиябыт, биһиги литературабыт норуот тылынан айымньытыттан силистэнэн-төрүттэнэн үөскээбиттэрэ. Ол тоҕо оннуга эмиэ өйдөнөр: ыар батталга ыга ылларан олорор, политическай көҥүлэ, тэҥ бырааба суох саха норуота төрөөбүт тылынан маассабай суруга-бичигэ, хаһыата, кинигэтэ, уус-уран литературата суоҕа.

Саха уус-уран литературата XX үйэ саҥатыгар, 1905—1907 сс. нуучча маҥнайгы революциятын быһаччы сабыдыалынан үөскээн-үөдүйэн барбыта. Онон ити иннинээҕи кэмҥэ норуот айар талаана, өйүн муудараһа, тылын баайа бүтүннүү фольклорга түмүллүбүтэ. Үөрэхтээхтэр-чинчийээччилэр бары биир санаанан бигэргэтэллэринэн, биһиги норуоппут тылынан айымньыта олус дириҥ, баай ис хоһоонноох, үрдүк таһымнаах уус-уран формалаах. Холобурга олоҥхону ыллахха, кини фантазиятын күүһүнэн, образтара модуннарынан, тыла кэрэтинэн аан дойдуга аатырбыт бастыҥ литературнай памятниктар кэккэлэригэр киирсэр.

Фольклорга уопсайынан норуот олоҕо, охсуһуута, үрдүккэ-үтүөҕэ тардыһыыта, кэлэр кэрэ кэскилгэ эрэлэ, сырдык ырата көстөр. Итини. холобур, бу «Саха поэзиятын антологиятыгар» киирбит «Сайын», «Сут ырыате», «Олохтоох сокуон оҥоһуллуо» диэн айымньылар даҕаны чаҕылхайдык туоһулууллар. Үөһэ ахтыллыбытын курдук, 1905—1907 сс. нуучча маҥнайгы революциятын этиҥин ньиргиэрэ сүүһүнэн сылларга утуктуу улугур-бут олох чуумпутун үргүтэн, общественнай-демократическай өйү-санааны уһугуннарбыгын түмүгэр, саха поззията, литературата үөскүүр кыахтаммыта.

Биһиэхэ билигин биллэринэн, сахалыы тылынан аан бастаан бэчээккэ тахсыбыт поэтическай айымньынан А. Е. Кулаковскай «Төрүү илигиттэн кыраныылаах»[1] диэн хоһооно буолар. Ити хоһоон 1908 сыл-лаахха «Якутская жизнь» диэн нууччалыы хаһыат сахалыы тылынан бэчээттэнэр «муннугар» тахсыбыта. Итинтэн түөрт сыл буолан баран, 1912 сыллаахха, «Саха саҥата» диэн сахалыы тылынан тахсар сурунаалга А. И. Софронов «Төрөөбүт дойду» диэн аакка киирбит хоһооно бэчэзттэммитэ.

Революция иннинээҕи саха поэзиятын төрүттээбит биһиги маҥнайгы поэттарбыт Алексей Кулаковскай, Анемподист Софронов, биллэрин курдук, норуоту олоххо инники диэки ыҥырар, бар дьон, үлэлээн иитиллээччилэр интириэстэрин харыстыыр, демократическай өйдөөх-санаалаах, прогрессивнай дьон этилэр. Кинилэр Саха сирин колония оҥостон олорор ыраахтааҕы былааһын, нуучча, саха тойотторун, баайдарын хара батталларын ис сүрэхтэриттэн абааһы көрөллөрө.

А. Е. Кулаковскай, А. И. Софронов саха норуота көҥүл олохтоох, тэҥ бырааптаах буолуон, үөрэххэ, сырдыкка тиийиэн баҕараллара. Ол иһин кинилэр бэйэлэрин айымньыларыгар кэччэгэй баайдар, итирик бурсуйдар, Быыпсай Байбаллар бардам батталларын, ньүдьү балайдарын, патриархальнай-феодальнай олох хараҥа хаалынньаҥ-нарын, күүстэрэ-кыахтара төһө тиийэринэн, харыстала суох саралаан арыйаллара.

А. Е. Кулаковскай, А. И. Софронов нуучча улуу классическай литературатын, Пушкин, Лермонтов, Островскай, Толстой курдук, бастыҥ маастардарын — учуутал оҥостон үөрэммит, олоҕу кырдьык-таахтык көрдөрөр, реалист суруйааччылар этилэр. Ол иһин револю-ция иннинээҕи саха поэзията «Кэччэгэй баай», «Итирик бурсуй ырыа-та», «Борокуот аал», «Ойуун түүлэ», «Өрүс бэлэхтэрэ», «Төрөөбүт дойду», «Аанньал уонна Абааһы» диэн, о. д. а. олоҕу киэҥник хабан, кырдьыктаахтык көрдөрөр, норуокка биллибит-биһирэммит, биһиги литературабыт историятын киэргэтэр айымньылары биэрбитэ.

Саха советскай литературата Улуу Октябрьскай социалистическай революцияттан бэйэтин көҥүлүн туппут, дьоллоох, саҥа олоҕу айарсоветскай норуот социалистическай культуратын быстыспат сорҕотун быһыытынан үүммүтэ-үөскээбитэ. Советскай литература сүрүҥ геройа — коммунистическай обществаны тутар советскай киһи. Саха советскай суруйааччыларын, поэттарын айар идэлэригэр сыыйа, улам дириҥник социалистическай реализм ньыматын сүрүн принциптэрэ: кырдьыктаахтык суруйуу, народность, партийность олохтонон испиттэрэ.

Саха советскай поэзиятын уһулуччулаах поэт, талааннаах прозаик уонна драматург, төлөннөөх революционер, большевик-ленинец, Саха сиригэр советскай былааһы тэрийбит уонна салайбыт дьоннортон биирдэстэрэ — Платон Алексеевич Ойуунускай төрүттээбитэ. Л. А. Ойуунускай биһиги литературабытыгар норуот көҥүлүн, дьолун туойар пролетарскай революция ырыаһытын быһыытынан кэлбитэ.

Поэт айар идэтэ олоччу Коммунистическай партия, советскай норуот социализмы тутар иһин охсуһууларын кытта ыкса ситимнээх-сибээстээх. П. А. Ойуунускай поэзията үлэһит норуот бары өстөөхтөрүн өлөрдүү абааһы көрөргө, марксизм-ленинизм улуу идеялара кыайан-хотон өрөгөйдүүллэригэр, биһиги дойдубутугар дьоллоох коммунизм саарыстыбата туругурарыгар толору эрэллээх-итэҕэллээх буоларга ыҥырар уонна иитэр.

П. А. Ойуунускай, 1917 сыллаахха февральскай революция буолан, ыраахтааҕы уһулларын кытта «Үлэһит ырыатын» суруйбута уонна аан дойду пролетарийдарын бойобуой гимнэрин «Интернационалы» тылбаастаабыта. Ити айымньылар бэчээккэ тахсаат, Якутскай куоракка уонна улуустар, нэһилиэктэр кииннэригэр буолуталыыр оч-чотооҕу миитиннэргэ, мунньахтарга бар дьон уостарыттан түспэккэ ылланар ырыалар буолбуттара.

Платон Алексеевич Ойуунускай айар идэтин итинник саҕалаабыта. Советскай былаас маҥнайгы сылларыгар, гражданскай сэрии кэмигэр кини республика үлэлээн иитиллээччилэрин Октябрь кыайыыларын-ситиһиилэрин өстөөхтөртөн көмүскүүргэ ыҥырар төлөннөөх патриотическай айымньылары биэрбитэ («Син биир буолбаат?!», «Уруйа улааттын», «Генерал тойон» уо. д. а.).

Оттон «На смерть вождя», «Тимир көлө», «Былааһы — Совекка!» — биһиги поэзиябыт салгыы сайдарыгар күүстээх сабыдыалы оҥорбут, улахан суолталаах айымньылар. Ити айымньылар саха со-ветскай литературатын саҥа ис хоһоонунан байыппытара, кини тематикатын кэҥэппиттэрэ.

1925 сыллаахха поэт «Кыһыл Ойууну», аҕыс сыл устата дьаныардаахтык үлэлээн, суруйан бүтэрбитэ. Биһиги литературабыт историятыгар албан аатырбыт ити драматическай поэма уонна «Ырыа-хоһоон» диэн поэт хоһооннорун бастакы хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыылара республика культурнай олоҕор улахан событие буолбуттара.

Биһиги литературабытыгар П. А. Ойуунускай үтүөтэ-өҥөтө үгүс. Олортон быстахтык ыллахха, саха советскай поэзиятыгар таптал лирикатын, айылҕаны хоһуйууну киллэрии, тэҥ мээрэйдээх, рифма-лаах хоһоону олохтооһун, бастатан туран, Ойуунускай аатыныын сибээстээхтэр.

1924—1925 сс. Өксөкүлээх Өлөксөй эмиэ «Ырыа-хоһоон» диэн ааттаах икки кинигэтэ утуу-субуу тахсыбыттара. Онно бэчээттэммит хоһооннор уонна поэмалар урукку олоҕу көрдөрөр-биллэрэр суол-таларын тас өттүнэн, норуот ийэ тылын эриэккэс кэрэтин биһирииргэ, бараммат баайын баһылыырга көҕүтэр-көмөлөһөр суолталаахтарын бэлиэтиир наадалаах.

Платон Алексеевич Ойуунускай кэнниттэн саха поэзиятыгар А. Иванов-Күндэ, Эллэй, Күн Дьирибинэ, Абаҕыыныскай, Сергей Васильев бэйэ-бэйэлэрин тилэх баттаһа кииртэлээбиттэрэ, Ити поэттар бары бэйэлэрэ туспа саҥа тылы этэн, саҥа суолу көрдөөн, литератураҕа кэлбиттэрэ. Кинилэр сүүрбэһис сыллардааҕы саха поэзиятын саҥа темаларынан, саҥа образтарынан байыппыттара. Жанр өттүнэн ыллахха үгэ, сатира формалара үөскээбиттэрэ, таптал лириката, айылҕаны хоһуйуу күүһүрэн салгыы сайдыбыта, революционнай, лирическай маассабай ырыалар киэҥник тарҕаммыттара («Кыһыл хоһоон»). Тэҥ мээрэйдээх, рифмалаах хоһоону суруйуу улам үксээтэр үксээн барбыта.

Отутус сыллардааҕы саха поэзиятын сүрүн тематынан, револю-ция уонна гражданскай сэрии темаларын салгыы сырдатыыны кытта сэргэ, тыа хаһаайыстыбатын холбоһуктааһын, колхозтары тэрийии, кулааҕы кылаас быһыытыцан эһии буолар. Оччотооҕу олох ити сүрүн боппуруостарын туойарга-хоһуйарга анаммыт үгүс ырыалары, хо-һооннору сэргэ, «Арамаан артыала», «Коммунист Сэмэн» курдук поэмалар айыллаллар. Саха поэзията жанр өттүнэн салгыы байан, норуот олоҕун, охсуһуутун киэҥник уонна дириҥник арыйарга саҥа хардыыны оҥорор. Литератураҕа ити кэмҥэ В. Чиряев, И. Чаҕылҕан, А. Бэрияк о. д. а. поэттар кэлэллэр. Отутус сыллар быстар эргэлэ-ригэр, ити ааттарга кэлин бар дьон биһириир-кэрэхсиир киэҥ биллиилээх суруйааччылара буолбут, талааннаах эдэр автордар — И. Арбита, П. Тулааһынап, Таллан Бүрэ, Баал Хабырыыс ааттара эбиллэр.

Түрбүөннээх, ынырыктаах түөрт уонус сыллар тиийэн-тиксэн кэл-биттэрэ. Немецкэй-фашистскай халабырдьыттар Советскай Союзка түөкүннүү өйдөппөккө саба түспүттэрэ. Аҕа дойду ытык сэриитэ саҕаламмыта. Саха поэттара Ленин партиятын, советскай норуот кырдьыктаах улуу дьыалаларын, Ийэ дойду көҥүлүн, чиэһин, тутулуга суох буолуутун көмүскүүргэ бар дьону илбистээх этэр тыл күү нэн ыҥырбыттара. Кинилэр советскай буойуннар хорсун быһыы, рын, фроҥҥа буолар кыырыктаах кыргыһыылары туойар-хоһуй советскай дьон кыайыыны уһанар бэриниилээх, дьаныардаах үлэ. рин, тыыл олоҕун көрдөрөр үгүс үтүө айымньылары айбытта; Кыыһырыы-абарыы иэйиитин, быыппастыбыт, түмүллүбүт санааны бар дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэ гына судургутук, аһаҕастык этэр сүгэ-балта тыллаах, көҥүл мээрэйинэн суруллубут эпическай айымньылар элбээбиттэрэ.

Саха уус-уран литературатыгар Ийэ сиргэ тапталы, советскай патриотизмы, интернационализмы, норуоттар доҕордоһууларын, эйэ улуу дьыалатын туойуу-хоһуйуу өрүүтүн сүрүннүүр миэстэни ылара. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар бүтүн Советскай литератураҕа, ол аата биһиги сахабыт литературатыгар, поэзиятыгар эмиэ, ити темалар суолталара өссө ордук үрдээбитэ, кинилэргэ анаммыт айымньылар ахсааннара өссө ордук үксээбитэ.

Сэрии сылларыттан саҕалаан, саха поэзиятыгар Дьуон Дьаҥылы, Тимофей Сметанин, Иннокентий Эртюков, Леонид Попов курдук поэттар ааттара биллэн-көстөн барбыттара.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ советскай норуот килбиэннээх модун кыайыытынан түмүктэммитэ. Литератураҕа Аҕа дойду сэриитин көрдөрүү, сэрии бэйэтин кэминэн эрэ муҥурданан бүтэн хаалбакка, эйэлээх кэмҥэ өссө эбии кэҥээн, дириҥээн иһиэхтээх этэ. Ол түмүгэр саха поэзиятыгар, быстахтык ыллахха, үөһээ ахтыллыбыт поэттар Дьуон Дьаҥылы, Сметанин, Эртюков сэрии туһунан хоһоонноро Советскай Союз геройа Федор Попов туһунан поэмалар, хоһооннор ырыалар уо. д. а. үгүс айымньылар суруллубуттара. Сэрии кэннинээҕи эйэлээх кэмҥэ советскай литература иннигэр биһиги дойдубутугар дьоллоох олоҕу айар советскай киһини, норуо^ коммунизмы тутар күүрээннээх үлэтин туойуу, көрдөрүү соруге турбута.

Сэрии кэннинээҕи саха поэзиятын биир суол саамай сүрүн кыайыытынан советскай киһи өйүн-санаатын, үөрүүтүн-хомолтотун, тапталын, эрэлин, биир тылынан эттэххэ, кини дууһатын_баайын үгүс өрүттэхтик арыйыы буолар. Форма, жанр өттүнэн ыллахха, биһиги поэзиябытыгар моральнай-этическай темаҕа анаммыт кылгас лирическай хоһооннор, ылланар ырыалар биллэрдик үксээһиннэринэн, иккис өттүнэн, улахан айымньылары — поэмалары, хоһоонунан романнары суруйууга тардыстыы күүһүрбүтүн бэлиэтиэххэ сөп. Итинник улахан, эпическай айымньыларга лирическай матыыптар күүскэ өтөн киириилэрин, оттон лирическай айымьыларга гражданскай, социальнай сүүрээн күүһүрбүтүн ахтыбат буолуохха түктэри. Итини кытта сэргэ рифмалаах, тэҥ мээрэйдээх уонна көҥүл кээмэйинэн дьаарыстанар, рифмата суох, фоническай анафораҕа (үгүстүк туттулла үөрэммитинэн эттэххэ — аллитерацияҕа) олоҕуран суруллар хоһооннор формаларын салгыы байытыыга саҥа холонон көрүүлэр, саҥа суолу-ииһи көрдөөһүннэр бааллара кэрэхсэниэх тустаах. Ити чахчылар саха поэзията, аҥардас ис хоһоон эрэ өттҮнэн буолбакка, уус-уран форма, тыл-өс даҕаны өттүнэн, ханнык да хаарчаҕа, муҥурданыыта суох, салгыы сайдар кэскиллээҕин этэллэр.

Сэрии кэннинээҕи саха поэзиятыгар, Петр Тобуруокап, Семен Данилов, Константин Туйаарыскай, Иван Гоголев, Моисей Ефимов, Рафаэль Баҕатаайыскай курдук бөдөҥ поэттар үөскээтилэр. Кинилэр биһиги литературабытыгар боччумнаах кылааты уган, бүтүн норуот билиниитинэн, ытыктабылынаЧТ туһаналлар. Итини таһынан, биһиэхэ поэзияны дьиҥ-чахчы истиҥник таптыыр, туох баар күүстэрин-кыах-тарын олоччу анаан, литератураҕа сыралаахтык-харалаахтык үлэлиир, элбэҕи эрэннэрзр, сэмэй талааннар баалларын биһиги эмиэ үөрэ, сэҥээрэ бэлиэтиэх кэриҥнээхпит...

Саха совесткай литературата Улуу Октябрь уоттаах этиҥиттэн кыым буолан саҕыллан, төлөн буолан күөдьүйэн, эргэ олох эстэр, саҥа үйэ саргылыыр эйэлэспэт модун кылаассабай охсуһуутун кыһатыгар уһаарыллан үөскээбитэ. Онон кини норуот олоҕун сайдыытын кытта тэҥҥэ олук үктээн, норуот героическай охсуһуутун, дьаныараах үлэтин уус тыл күүһүнэн ойуулаан көрдөрбүтэ уонна көрдөрөр.

Республика үлэлээн иитиллээччилэрин олохторугар буолар бары бөдөҥ социальнай-экономическай уларыйыылар саха суруйааччыларын айар үлэлэригэр саҥаттан саҥа көҕү-нэми үөскэтэн, күүһү-кыаҕы биэрэн, биһиги литературабытыгар сырдатыллан, ойууланан, бэйэ лэрин тустарынан сөптөөх ахтыыны, бэлиэни хаалларан испиттэрэ. Ити чахчы биһиги литературабыт бэйэтин төрөөбүт норуотун олоҕун кытта мэлдьитин ыкса-чугас сибээстээҕин туоһулуур.

Саха советскай литературата элбэх тыллаах, биир социалистическай ис хоһоонноох улуу советскай литература быстыспат сорҕотун, бойобуой этэрээтин быһыытынан үүнэр уонна сайдар. Саха советскай суруйааччылара Коммунистическай партия, советскай былаас политикалара олоххо киирэн өрөгөйдүүрүн туһугар, Ленин улуу кэриэс-тэрэ туолан туругуралларын туһугар бэйэлэрин айар идэлэринэн мэлдьитин активнайдык охсуспуттара уонна охсуһаллар. Биһиги литературабытын, биһиги поэзиябытын киэҥ ааҕааччылар, бар дьон, бүтүн норуот итиитик таптыылларын төрдө итиниэхэ буолар диэтэххэ — ол туох да сыыһата, омуна суох суол.

Саха поэзията киэҥ, дириҥ номохтоох, үрдүк уус-уран таһымнаах, нууччалыы уонна атын да бырааттыы норуоттар тылларыгар тылбаастаммыт, граница таһыгар кытта тахсыбыт үгүс айымньылардаах, сип-пит-хоппут поэзия. Бу антологияҕа сүүмэрдэнэн киирбит айымньы-лар кини баайын-дуолун ситэри-толору көрдөрбөттөр. Холобур, ол курдук, миэстэ тиийбэтиттэн күһэллэн, антологияҕа «Кыһыл Ойуун», «Уолан Эрилик», атын да улахан поэмалар кыайан киллэриллибэти-лэр. Ити, биирэ. Иккиһинэн, эмиэ үөһэ ыйыллыбыт биричиинэнэн, олоҥхолортон быһа тардыылары төһө кыалларынан кылгата, норуот ырыаларын ахсаан өттүнэн соруйан аҕыйата сатаатыбыт. Үсүһүнэн, биирдии автордар айар үлэлэрин бары өттүнэн барытынан толору көрдөрер гына, кинилэр суруйууларын киэҥник эмиэ кыайан туһам-матыбыт. Ону ааһан, өссө сорохтортон олус аҕыйах, ардыгар, баа-ра-суоҕа биирдии-иккилии эрэ, айымньылары ыларга күһэлиннибич (Таллан Бүрэ, Сергей Васильев, Михаил Тимофеев).

Ол эрээри, төһө да итиннигин Үрдүнэн, саха поэзията туохтан силистэнэн-төрүттэнэн, хайдах саҕаланан үүнэн, сайдан испитин туһунан антология ааҕааччыга сөптөөх уопсай өйдөбүлү син биэриэ дии саныыбыт. Ол курдук, холобура, антологияҕа биһиги литературабыт историятын тус-туспа кэрдиис кэмнэрин туоһулуур, норуот олоҕор буолбут сүрүн событиелары сырдатар боччумнаах айымньылар киллэриллэ сатаатылар. Жанр да өттүнэн ыллахха, норуот олоҥхотуттан, ырыа-ларыттан саҕалаан, үгэлэри, хоһооннору, ырыалары, тойуктары, поэ-малары барытын матарбакка кэриэтэ хабылынна. Оттон туһааннаах автордар быһаччы ньымаларын сүҮмэрдээһиҥҥэ, бастатан туран, ки-нилэр саамай киэҥник биллибит-биһирэммит, бар дьон үрдүк сыана-тын туох да мөккүөрэ, саарбаҕа суох ылбыт, бастыҥ айымньыларын киллэрилиннэ.

А. Е. Кулаковскай, А. И. Софронов, биллэрин курдук, Советскай былаас кэмигэр олорбут, активнайдык үлэлээбит, айбыт суруйааччылар. Биһиги ол иһин кинилэр ити кэнники кэмнээҕи айымньыларыттан сорох хоһооннорун эмиэ антологияҕа киллэрэри наадалааҕынан ааҕабыт.

Антологияҕа ССРС суруйааччыларын Союзтарыгар чилиэнинэн ылыллыбыт эрэ эдэр поэттар айымньыларын туһанар принциби тутустубут.

Фольклор литература үөскүү илигиттэн баарын быһыытынан, олоҥхолортон быһа тардыылары уонна норуот ырыаларын туспа салаа оҥорон, революция иннинээҕи поэзия салаатын иннигэр киллэрдибит. Оттон ССРС суруйааччыларын Союзтарыгар чилиэнинэн ылыллыбыт, биһиги биллиилээх олоҥхоһуттарбыт-ырыаһыттарбыт тылларыттан суруллубут ырыалары, хоһооннору, советскай кэмнээҕи фольклор айымньыларын курдук көрөн, антология бүтүүтүгэр эмиэ туспа салаа оҥордубут.

Билигин баар поэттар айымньыларын антологияҕа сүүмэрдээһини, автордары кытта сүбэлэһэн, кинилэри бэйэлэрин көмөлөһүннэрэн оҥордубут (холобур, Таллан Бүрэттэн баара-суоҕа собус-соҕстох поэма киирбитэ итинэн быһаарыллар).

Антологияҕа прэттары литератураҕа хайдах кэлбиттэринэн, хаһааҥҥыттан биллэн-көстөн барбыттарынан сирдэтэн, бэрээдэктэзн киллэрдибит. Ол гынан баран ити адьас чуолкайдык дэбигис сатаан араарыллыбат, быһаарыллыбат суол эбит, онон сорох автордарга, баҕар, алҕас тахсыбытын буллахтарына даҕаны, ону улаханнык баа-лыахтара суоҕа уонна бэйэлэрэ көннөрөн өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбит.

Бу аан маҥнайгы «Саха поэзиятын антологията», Советскай былаас үөскээбитэ 50 сылын туолар улуу бырааҺынньыгынан сибээстээн, общественнай саҕалааһын быһыытынан тахсар.

Күннүк Уурастыырап


Быһаарыылар

уларыт
  1. Кэлин автор бу хоһоонун, «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөөх» диэн, уларытан ааттаабыта.