Ахтабын эйигин аттыгар сылдьан (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Албын-көлдьүн суолга (В. Потапова)




Абардым.
Ааҥҥын саптым
                    тыаһа суох.
Хомойдум.
Кими таҥара оҥостон үҥпүппэр
Бэйэбин бэйэм буруйдана.
Кэлэйдим.
Кимнээх эрэ эн күлүккэр
Сүгүрүтэ үөрэппиттэрин да иһин.
...Мин киирбитим эн килэйбит кэбиниэккэр
Иһийбит чуумпуну үргүппэттии үктэнэн.
Эрэйбитим, миигин өтө көрүөх
                                    өйдөөх харахтаргын .
Элбэх киирии тылы булар кыаҕа суох,
Эрэнэ, долгуйа, бүтэйдии тиритэ,
                                    сорукпун эттим.
Оо, билбитим буоллар, муҥ саатар,
Эн тымныы тылларыҥ ыар салгынын
Эҕирийээт, төннөр эрэйим аҥаарын да туһунан.
Оччоҕо, миигин истибэккэ илгибитиҥ да буоллар,
Хомойор, хоргутар баһа биллиэ этэ, бука.
Түксү!
Билигин мин үөрүөҕүм бүтэһигин
Албын тыллар минньигэс мүөттэрэ
Эн тулаҕар даргыйдаҕына.
Хомотууттан, хоргутууттан кутуллубут,
Кэлэйиинэн, кэмсиниинэн ситэриллибит
Кэриэс туруордум эн ааныҥ боруогар
Уонна бэйэм кэнэн итэҕэлим аатыгар!