Айылҕа бэйэтин ыраастанар (Каженкин И.И.)
АЙЫЛҔА БЭЙЭТИН ЫРААСТАНАР Дьокуускай 2008
Автор бу үлэтин олоҕун ыарахан кэмнэригэр баар-суох тирэҕэ, көмөтө буолбут, сүбэ-ама биэрэн көмөлөспүт кэргэнигэр Ирина Николаевна Каженкинаҕа аныыр.
АННОТАЦИЯ
Автор Айылҕа киртийиитэ дьон олоҕор биллэр уларыйыылары таһааран эрэрин бэлиэтиир. Дьон бары бииргэ түмсэн Айылҕа киртийиитин суох оҥорууга бары күүстэрин, өйдөрүн-санааларын уурдахтарына Сир үрдүгэр олох салгыы сайдыан сөп.
Бары ааҕааччыларга ананар.
Природа самоочищается. Автор пытается обратить внимание людей на загрязнение Природы. Кажется еще есть возможность у людей объединиться и общими усилиями попытаться исправить положение.
Книга рассчитана для широкого круга читателей.
Иван Иванович Каженкин.
ААН ТЫЛ
Былыргы кэмнэргэ дьон атынан уонна оҕуһунан айанныыр эрдэхтэринэ олус улахан курдук саныыр, муҥура, куйаара биллибэт Аан Ийэ дойдубут, Сирбит, дьон-аймах науканы, тиэхиникэни олус күүскэ сайыннарыыларын түмүгэр кыч¬чаан, ракетанан чаас аҥара эрэ эргийэ көтүллэр кыра төгүрүккэ кубулуйда.
Айылҕаны киртитии, мутукчалаах ойууру быһа кэрдии, уокка уматыы, сири-дойдуну радиациянан сутуйуу сыл аайы кэҥээн иһэр чинчи-лээхтэр. Дьон-аймах эйэлээхтик бииргэ олоруу, Айылҕаны харыстааһын туһунан этэллэрэ тыл¬ларыгар эрэ баар. Ханнык баҕарар балаһыанньаҕа аан маҥнай бэйэлэрин иннилэрин көрүнэ, элбэх барыһы ыла сатыыллар, «үчүгэй» уонна «куһаҕан» диэн өйдөбүллэрэ кыайан сөп түбэспэтиттэн, утарыта турар санаалара куруук элбэхтэр.
«Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн саха дьоно этэллэр. Айылҕаны аҥардастыы киртитии, күөх үүнээйилэрин, мастарын быһа кэрдии, бары баайын-дуолун тоҕо хаһан, сүргэйэн ылыы эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолан муҥур уһуга көстүөх курдук. Дьон-аймах бука бары түмсэннэр Сир Ийэ дойдубутун харыстыыр, көрөр-истэр кэмнэрэ тиийэн кэлбит буолуон сөп.
Былыр-былыргыттан Айылҕа икки өттүттэн кытаанах тутулуктанан тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турбута хамнаабытынан сибээстээн бу дьыалаҕа олус хойутаан хаалбакка эрэ дьон бары бииргэ турунан Айылҕаҕа таһаарбыт уларытыыларын көннөрө сатыыллара эбитэ буоллар баҕар көнүөн да сөп этэ.
«Өлөн иһэн өйдөммүт» уонна «Буолар буолбутун кэннэ» диэн дьон оҥорор бары дьыалаларыгар быһаччы сыһыаннаах этиилэр, өй хаһан баҕарар хойутаан, буолар буолбутун, кэлэр кэлбитин кэннэ дьэ биирдэ киирэрин олус уһун үйэлээх саха дьоно элбэхтэ эрэйи-буруйу олохторугар көрсөннөр чахчы билэллэрин бэлиэтиир. Бу этиилэри таба диэн ылыннахпытына дьон-аймах инники олохторугар олус улахан ыарахаттары көрсүөхтэрин сөбө быһаарыллар.
Сахалар киһини «Айылҕа оҕото» диэн ааттыыллар. Биһиги бу үлэбитин Айылҕа дьон-аймаҕы ханна да халбаҥнаппат, аһара ыыппат элбэх кытаанах тутулуктардааҕын быһаарыыга анаатыбыт. Бу үлэбитинэн Айылҕа киртийиитэ дьон олоҕор олус улахан охсууну оҥороро чугаһаан эрэрин дакаастыырга кыһанныбыт уонна хайдах эмэ оннук кэм кэлбэтин туһугар тугу оҥостуохха сөбүн таайа сатаатыбыт.
Киһи өйө-санаата икки аҥы хайысхалаахтык үүнэрин-сайдарын былыргы сахалар билэр буо¬ланнар «Ай» диэн өйү-санааны быһаарар тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээх. Куһаҕаны, дьон олоҕор сөп түбэспэт быһыылары оҥоруу – куһаҕан, хара айыы, онтон үчүгэйи дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруу - үчүгэй, үрүҥ айыы диэн ааттанар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн куһаҕан быһыылары үчүгэй быһыылартан арааран билэн, олору оҥорбот буола үөрэннэҕинэ эрэ үчүгэйи, үрүҥ айыыны, дьоҥҥо туһалааҕы, үйэлээҕи оҥороро элбиирин сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ таба быһаарар.
Билигин Айылҕабыт, Аан дойду олоҕо дьон үтүө, үрүҥ айыы санааларыттан быһаччы тутулуктаах. Ити иһин бар дьоммутугар элбэх үчүгэйи оҥорор, айылҕаны харыстыыр үрүҥ айыы санааланыҥ диэн алгыспытын тириэрдэбит.
Айылҕаны харыстааһыны сахалар итэҕэллэрин, сиэрдэрин-туомнарын тутуһан, алгыстарынан салайтаран тэрээһиннээхтик тэрийии дьон өйүгэр-санаатыгар дириҥ өйдөбүлү хаалларан айылҕаҕа ордук харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар тириэрдиэҕэ. Эрэллээх, эһиги бары баҕа санааларгытын толорор кыахтаах, тулуурдаах, дьулуурдаах, сахалыы эттэххэ өһөс майгылаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннараргытыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.
Кинигэ бэчээттэниитигэр, таһаарыытыгар көмөлөспүт бары үтүө санаалаах дьоннорбутугар истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Билигин остуоруйа науката дакаастаан эрэринэн сахалар Сибиир уhун үйэлээх олохтоохторуттан биирдэстэрэ буолаллар. Ол курдук сахалар былыргы хунн омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттара уонна саҥарар тыллара биир эбитэ дьону итэҕэтэр гына дакаастанан эрэллэр. Былыргы кэмнэртэн саха дьоно Айылҕаны кытта араас өрүттээх тутулуктарын билигин даҕаны быhа иликтэр, куруук айылҕаҕа сылдьаннар, үлэлээннэр-хамсааннар эттэринэн-хааннарынан бу тутулуктар баалларын чахчы билэллэр.
КИҺИ уонна АЙЫЛҔА
Киhи Айылҕаны кытта бары өрүтүнэн барытынан ханна да хамсаабат гына хам тутулла сылдьарын биhиги умна сыһан баран саҥалыы үөрэтэн, дьэ билэн эрэбит. Сэбиэскэй былаас саҕана материалистар-коммунистар баhылаан-көhүлээн олорор эрдэхтэринэ киhи Айылҕаттан аҥардас¬тыы ылан туhанар уонна бэйэтин туһатыгар Айылҕаны хайа таптаабыты¬нан уларыта тутар кыахтаах курдук өйдөбүлү дьоҥҥо иҥэрбиттэрэ. Киhи сиртэн ылан ыраас ууну иhэриттэн уонна сиргэ үүнэр, үөскүүр араас астары ылан тото-хана аhыырыттан ураты атын тутулуктар суохтар диэн үөрэтэллэрэ. Итини тэҥэ, киһи Айылҕаны баһыйа тутан салайыахтаах дииллэрэ уонна кырдьык даҕаны кыайаары «Уларыта тутуохпут» диэн олус хорсуннук сананаллара, хоту диэки сүүрдэр өрүстэри соҕуруу диэки сүүрдүөхпүт диэн кыайа-хото былаанныыллара кытта баар этэ. Ол гынан баран кэнники кэмҥэ Айылҕаны тосту уларыта тутуу сирдээҕи дьоҥҥо чахчы кыаттарбат суол буоларын син билэн эрэбит. Айылҕаҕа үөскүүр олус күүстээх силлиэлэртэн, буурҕалартан дьон билигин даҕаны саһан эбэтэр куотан эрэ быыһанар кыахтаахтар.
Киhи бэйэтэ тутан-хабан оҥорбута уонна Айылҕаҕа үөскээн оҥоһуллубуттар бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттарын, букатын атын-атын төрүттээхтэрин саха дьоно былыр-былыргыттан арааран билэннэр бэйэлэрин тылларыгар бу оҥоруулары тус-туhунан тылларынан арааран бэлиэтииллэр.
Айылҕаҕа туох барыта баар буолуута, үөскээһинэ туспа «Оҥоһуу» диэн тылынан киһи оҥорбутуттан, ол аата оҥорууттан туспа арааран бэлиэтэнэр. Бу тыллары, оҥоһуу уонна оҥоруу диэннэри көннөрү тэҥнии тутан санаатахха улахан уратылара суох курдуктар, арай биирдии буукубалара, дорҕоонноро эрэ тус-туһунаннар. Ол эрээри бу тыллар киһиэхэ иҥэрэр өйдөбүллэрэ уонна суолталара бэйэ-бэйэлэриттэн лаппа улахан уратылаахтар.
Биһиги бу үлэбитигэр билигин саха тылыгар туттулла сылдьар «оҥоhуу» уонна «оҥоруу»- диэн тыллар суолталарын ырытан көрүөхпүт. Дапсы «Иhирэх тыл»- диэн радионан кэпсиир передачатыгар бу икки тылы хайдах туттар туhунан быhааран кэпсээбитэ. Ол эрээри саха дьонун санааларыгар бу икки тыл букатын тус-туhунан өйдөбүллэри биэрэллэ¬рин биир да тылынан ахтыбат. Онтон биһиги санаабытыгар бу тыллар суолталарын өссө дириҥник ырытыы, итилэри хайдах өйдөбүллээхтик уонна ханна туһанары быһааран биэриэх, чуолкайдыах курдук.
Тыл үөрэхтээхтэрэ быһааралларынан аан маҥнайгы тыллар биирдии эмэ дорҕооннортон холбонон үөскээбиттэр. Тыллар төһөнөн былыргылар даҕаны соччонон аҕыйах буукубалаахтар, ол эбэтэр дорҕооннордоохтор. Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит буолан аҕыйах дорҕооннордоох тыллар олус элбэхтэр уонна киһи өйө-санаата сайдыытын уратыларын эмиэ быһаарар өрүттэри иҥэриммит. «Оҥ» уонна «ос», «оһуу» диэн тыллар холбоспуттарыттан оҥоһуу диэн тыл үөскээбит уонна урут, былыр оҥуллубута оспута быданнаабыт аны уларыйбат буолбут диэн өйдөбүлү бу тыл биэрэр.
Онон оҥоhуу диэн тылы быhаардахха, бу тыл хайы-сах, төһө эмэ эрдэ, ким эрэ оҥорон бэлэмнээн кэбиспитин көрдөрөр уонна өйдөтөр. Бу тыл мэлдьи Айылҕа оҥорбутугар сыhыаннаһар уонна киhи бэйэтэ кыайан оҥорбот быһыыта, былыр үйэҕэ оҥоһуллан бэлэм буолбут диэн өйдөбүлү биэрэр. Бу тыл Айылҕат¬тан тутулуктаах «Төлкө» уонна «Дьылҕа»,- диэн тыллары кытта бииргэ туттулуннаҕына ордук табыллар уонна өйдөнөр. Ол курдук А.С. Саввинов эмиэ бу тылы «Төлкө» уонна «Дьылҕа»,- диэн тыллары кытта сибээстиирэ ордук оруннаах курдук.
«Айылҕаттан айдарыылаах, үөhээттэн оҥоһуулаах»,- диэн этии бу тыл дьиҥнээх суолтатын уонна ураты өйдөбүлүн толору биэрэр. Итини тэҥэ: «Оҥоhуута, ыйааҕа билиэҕэ»,- диэн сахаларга баар өйдөбүл бу тыл дьиҥнээхтик «Төлкөнү» уонна «Дьылҕаны» кытта тутулуктааҕын дакаастыыр, эрдэттэн хайдах оҥоһуллубутун, ыйыллыбытын курдук буолуохтааҕын мэктиэлиир.
Онон, бу «Оҥоhуу»,- диэн тыл көннөрү, сирдээҕи дьон кыайан оҥорбот оҥоhуулара диэн өйдөбүллээх уонна былыр үйэҕэ киминэн эрэ оҥоһуллан бэлэм буолбутун илэ көрдөрө сылдьар. Урут оҥоһуллубуту эрэ көрдөрөр аналлаах тыл буолан кыайан билиҥҥи би-риэмэҕэ уларыйан туттуллара букатын табыллыбат. Билиҥҥи бириэмэ сыһыарыытын холбоон туһанаары гыннахха «Оҥоһор» диэн ханна да суох тыл буолан хаалар. Ити иһин бу тыл быһаарар өрүттэрэ Айылҕа бэйэтин кистэлэҥ күүстэринэн, тэҥнэһиитин сокуонунан былыргы үйэҕэ оҥоhуллан, чочуллан, тэҥнэнэн бэлэм буолбуттарын ордук чуолкайдаан көрдөрөр.
Ити курдук киһи бэйэтэ кыайан оҥорбот, урут хаһан эрэ оҥоһуллубут Айылҕа араас көрүҥнэрэ, тыынар-тыыннаахтара, ол иһигэр киһи бэйэтэ эмиэ бу «Оҥоһуу» диэн тылынан бэриллэллэрэ ордук өйдөнөр уонна табыллар. Бу тыл сүрүн уратытынан билиҥҥи уонна кэлэр кэмнэргэ уларыйан туттуллубата буолар. Ол иһин урукку кэмҥэ оҥоһуллан бүтэн баран билиҥҥи кэмҥэ кыайан уларыйбат гына оҥоһуулаахтарын туспа чиҥэтэн бэлиэтиир. Бу тыл итинник уратыта саха тыла олус былыргы төрүттээх тыл буоларын өссө төгүл дакаастыыр. Киһи бэйэтэ тутан-хабан оҥорбута уонна Айылҕаҕа бэйэтигэр үүнэн-сайдан оҥоһуллубуттар туспа уратылаахтарын сахалар былыр-былыргыттан ыла арааран билэллэрин уонна олохторугар туһаналларын биллэрэр.
«Оҥ» уонна «ороо», «оруу» диэн тыллар холбоспуттарыттан оҥоруу диэн тыл үөскээбит уонна билигин оҥо уонна оруу турары биллэрэр. Оҥоруу диэн тыл саха тылыгар ордук элбэхтик туттуллар уонна киhи бэйэтэ тутан-хабан оҥорбутугар барытыгар сыhыаннаһар, олору быһаарар аналлаах. Киhи бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан, Сир үрдүгэр тугу барытын оҥорбута уонна айбыта бу тылынан толору бэриллэр. Ол иһин бу эрэ тыл билиҥҥи бириэмэҕэ уонна кэлэр кэмҥэ туттуллар гына уларыйан, «оҥорор» диэн көрүҥнэнэн дьон урут тугу оҥорбуттарын уонна салгыы тугу оҥоруохтаахтарын эмиэ быһаарар.
Онон, «оҥоруу» диэн тыл киһиэхэ бэйэтигэр буолбакка кини урут тугу оҥорбутугар, билигин оҥоро сылдьарыгар уонна инники өссө тугу оҥоруохтааҕар барытыгар сыһыаннаһар, ол аата бу тыл киһи бэйэтэ тугу-эмэни оҥорон Айылҕаҕа таһаарар дьайыытын, уларытыытын көрдөрөр аналлаах. Киһи бэйэтэ тугу оҥорбута барыта «оҥоруу» диэн тылынан бэриллэрэ, киһи оҥорбута олус уһун үйэтэ суоҕун эмиэ арааран көрдөрөр уонна Айылҕаны уларытарын быһаарар.
Ити курдук былыргы саха дьоно Айылҕаны кытта быдан чугас¬тык сыһыаннаһан, үчүгэйдик билсэн-көрсөн олорбуттарын бу икки тус-туспа өйдөбүллээх тыллар бааллара туоһулууллар. Бу тыллар саха тыла киһи өйүн-санаатын уонна үлэтин-хамнаһын быһаарыыга ылар оруола үрдүгүн, былыргыттан, киһи өйө-санаата саҥа сайдыаҕыттан ыла чочуллан оҥоруллубутун уонна ол кэмнэртэн ыла уларыйбакка сылдьарын быһаараллар.
Биһиги өбүгэлэрбит Сир үрдүгэр ким туохха аналлааҕын уонна тугу оҥоруохтааҕын өссө былыргыттан чуолкайдык арааран билэллэрин бу маарыннаһар тыллар бэлиэтииллэр. Саха тылын хас биирдии дорҕооно тыл суолтатын быһаарыыга улахан оруолу ыларын таба сыаналаан өссө күүскэ харыстаатахпытына уонна табатык туһаннахпытына табыллар.
БЫРДАХ УРАТЫТА
Айылҕа быдан былыргы кэмнэртэн ыла үөскээһинэ уонна сайдан иһиитэ олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатынан тутулуктанар. Ол аата Айылҕаҕа туһата, наадата суох диэн туох да суох. Туох баар барыта олох кыратыттан улаханыгар диэри бэйэ-бэйэлэрин кытта хардары-таары, иккилии өттүттэн тутулуктаах сылдьаллар. Маны көнөтүк быһаардахха Күн уотун күүһүттэн, дьайыытыттан уонна Сиртэн уоҕурдууну ылынан от үүнэр, оту сиэн сүөһү улаатар, аны сүөһүнү идэһэ оҥостон киһи олоҕун салгыыр. Ол аата киһи олоҕо Күнтэн уонна Сиртэн, иккиэннэриттэн холбуу тутулуктаах. Маннык иккилии өттүттэн тутулуктар саамай бытархай, кыра эттиктэртэн, үөннэртэн саҕалаан бары үүнээйилэри, мастары уонна тыынар-тыыннаахтары барыларын хабаллар. Бу тутулуктарга хайаларыгар эмэ уларыйыы таҕыстаҕына биирдэһэ эмиэ уларыйарыгар тиийэрэ Айылҕаҕа кэмиттэн кэмигэр хамнааһыннары үөскэтэр.
Айылҕаҕа араас элбэх тыынар-тыыннаахтартан, көтөрдөртөн, кыыллартан уонна дьонтон ураты өссө үгүс үөннэр-көйүүрдэр бааллар. Бу үөннэртэн киһиэхэ быһаччы дьайыыны оҥорор бырдаҕы уонна хааны сиир үөннэри барыларын, олор туох туһаны оҥороллорун ырытан көрүөхпүт.
Бырдаҕы дьон-аймах барыта билэр. Сорох, кураанах соҕус сирдэргэ бырдах аҕыйах буоллаҕына, атын сииктээх сирдэргэ былыт курдук көтөр, хара тордох курдук киһиэхэ саба түһэр, дыыгынаабытынан кэлэн ыйыппакка даҕаны үрдүгэр түһэн кэйиэлээбитинэн барар.
«Айыы – айа». Туох айылаах абааһы үөнүн Айылҕа тойон айан кэбиһэн, дьон барахсаттары уонна тыынар-тыыннаахтары барыларын эрэйдиирий? Оо, бырдах баҕайы суоҕа эбитэ буоллар тыынар-тыыннаахтар барылара төһөлөөхтүк үөрүөхтэрэ-көтүөхтэрэ этэ дуо? Күөх сайыҥҥа көрүлээн, үөрэн-көтөн, ыраас, тыа-хонуу салгынынан толору тыынан, сайыны быһа сытан сынньанан, сыаланан, күөх хонууга күөлэһийэн, уойан-тотон, тымныы кыһыны үөрэ-көтө көрсүөхтэрэ суоҕа этэ дуо?
Ону баара бырдах эрэйдиир, самаан сайын үтүөтэ сатыылаан турдаҕына ханна даҕаны сүгүн олоппот, эгэ сытыарара кэлиэ дуо. Тула өттүттэн саба түһэннэр, дьөлүтэ кэйиэлээннэр үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөккө, кыратык да сытыара, сынньата түспэккэ сүүрэ-хаама сылдьалларыгар күһэйэллэр.
Бырдах үөнү тойон Айылҕа билэн-көрөн мээлэҕэ оҥорботоҕун билигин даҕаны ситэ үөрэтэн билэ, сыаналыы иликпит быһыылаах. Ол иһин, бу кыра үөн сир-дойду тыынар-тыыннаах, сылаас хааннаах көтөрдөрүгэр, кыылларыгар уонна дьонугар туох туһаны оҥорорун дуу эбэтэр чахчы буортулуурун дуу биир-биир ыламмыт ааҕыталаан көрүөхпүт:
Бастакытынан, бырдах ууга үөскүүр буолан уу кыра харамайдарыгар аһылык буолар аналлаах.
Иккиһинэн, бырдах барахсан, Айылҕа тыынар-тыыннаах харамайдарын барыларын, ол иһигэр дьону эмиэ, сүгүн олоппокко, аанньа сытыарбакка дьөлүтэ кэйэн, үүрэн-түрүйэн, сүүрдэн-көтүтэн, сүһүөхтэрин тэнитэн, доруобуйаларын тупсаран, ордук тулуурдаах уонна быстыбат сылбалаах оҥортуур. Туох күүс, эйэ-нэмнээхтик, бырдахтан атын, сылааска сыта үөрэнэн эрэр Айылҕа кыылларын-сүөһүлэрин барыларын хаамтарыай, хамсатыай, сүүрдэн-көтүтэн, үүрэн-түрүйэн сүһүөхтэрин тэнитиэй? Мөлтөх, кыаммат, сылайбыт диэн аһынар-харыһыйар санаата суох буолан бырдах үөн баҕайы итинник ыарахан, үөҕүллэр-мөҕүллэр үлэни оҥорон эрдэҕэ.
Чуумпу киэһэ хараам бырдаҕа түстэҕинэ ыксаабыт аарыма буур тайах, хара ойуурун быыһыттан үүрүллэн тахсан, дириҥ чүөмпэ уутугар киирэн турар буолар дииллэр. Дьиэ кыыллара-сүөһүлэрэ абыраллаах түптэ буруотун тула мустан, бырдахтартан саһан сынньанан абыраналлар. Кып-кыра ыт оҕото эмиэ сотору-сотору муннугар түһэр бырдахтары көтүтээри муннун буорга анньыалаан муҥнанар.
Көлүүргэ сылдьар аттар сымнаҕас сирдэрин хара тордох курдук олорон, балай хаан буолуор диэри дьөлүтэ кэйиэ¬лииллэр. Тэһии майгылаах аттар ыксаабыт өттүлэрэ кутуруктарынан дэйбиирдии сатаан бараннар, кэлин атахтарынан истэрин тэбиэлээн биллиргэтэллэр, эбиитин араастаан мөхсөллөр-тахсаллар. Онтон, холку майгыннаах, тулуурдаах аттар төһө даҕаны бырдахха күүскэтик сиэттэллэр, улаханнык кыһаммыттарын, эрэйдэммиттэрин биллэрбэттэр. Айылҕаҕа үөскүүр тыынар-тыыннаах харамайдары барыларын бырдахтар эккирэтэ сылдьан сииллэр, сайыны быһа хааннарын кыра-кыралаан көҕүрэтэ сылдьаллар.
Ити курдук бырдах оҥорор үлэлэрин барыларын ааҕыталаан көрөн баран быһаардахпытына, бырдахтар оҥорор үлэлэрин туһалаах өрүттэрэ тыынар-тыыннаахтары эмтээһиҥҥэ быһаччы сыһыаннаахтара арыллан тахсаллар:
1. Тыынар-тыыннаах, сылаас хааннаах кыылларга-сүөһүлэргэ уонна дьоҥҥо хаан сүүрэр кыра тымырдарыгар харгыстаммыт хааннарын оборон ылан тымырдарын төбөлөрүн ыраастыыллар.
2. Бырдахтар сайын устата кыра-кыратык тыынар-тыыннаахтар хаан¬нарыттан көҕүрэтэн, эргэрбит хааннара саҥанан солбуллан, саҥар¬дыллан биэрэллэрин, ол аата эттэрэ-сииннэрэ Айылҕа хас сыл аайы уларыйан иһэр усулуобуйатыгар үөрэнэн биэрэн иһэллэрин хааччыйаллар.
3. Билигин медицина науката үөрэтэн быһаарыытынан тыынар-тыын¬наахтар ис уорганнарын ньиэрбэлэрин түмүктэрэ тириилэрин аннылары¬гар түмүллэр эбиттэр. Бырдахтар бэйэлэрин сытыы тумсуларынан ол ньиэрбэлэр түмүктэрин кэйиэлээн ньиэрбэлэри күүркэтэннэр ис уор¬ганнар үлэлэрин сэргэхситэллэр.
4. Дьон сайын устата бырдахтар кэйиэлииллэригэр сыыйа үөрэнэн хаалаллар. Маҥнай «айыы-айа», «абытай» буолбахтаан бараннар, кэнникинэн хол¬кутук сапсыйан эрэ кэбиһэргэ тиийэ үөрэнэллэр. Онтон кэлин өссө үөрэнэннэр, оннооҕор күлүмэн да соһуччу ытырдаҕына ойуоххалыы түспэт буола эрчиллэллэр. Быр¬дах бу эмин көрүҥэ кыылларга-сүөһүлэргэ уонна дьоҥҥо кыра ыарыы¬лары тулуйарга, кыраттан сылтаан тымтан-ойдон, быстан барбакка, майгылара-сигилилэрэ киэҥ-холку, ураты тулуурдаах уонна өһөс буо¬лалларыгар көмөлөһөр. Элбэх да бырдахтар саба түһэллэриттэн этигэр-сиинигэр үөскүүр ыарыылары тулуйа үөрэммит киһи санаата күүстээх, бөҕө, олох бары ыарахаттарын эрэллээхтик тулуйарга бэлэмнээх буолар.
Онон, бырдахтар тыынар-тыыннаахтары, ол иһигэр дьону эмиэ, ыарахан олоххо бэлэмнииллэр, үөрэтэллэр, эттэрин-хааннарын эрчи-йэллэр уонна кыра ыарыылары тулуйарга үөрэтэн өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтөллөрө быһаарыллар.
Киһи-аймах олохсуйан олороругар тулалыыр сирэ-дойдута төһө сөп түбэһэрин бырдаҕа төһө элбэҕиттэн арааран билиэххэ сөп. Ол курдук соҕуруу уобаластартан хоту диэки сыҕарыйан истэх аайы дьон олорор, үлэлиир усулуобуйалара ыараан иһэр, ол иһин бырдаҕа хойдор, элбиир. Бу аата, киһи-аймах олорор сирин усулуобуйата олорорго уонна сылдьарга төһөнөн ыараан иһэр даҕаны, оччонон тойон Айылҕа бэйэтин тыынар-тыыннаахтарын барыларын, көрөн-истэн, бырдахтарын көмөтүнэн эмтиирэ эмиэ күүһүрэн биэрэн иһэр. Ол аата олоҕу олорууга Айылҕа усулуобуйата төһөнөн ыараан истэҕинэ киһи тулуурдаах, өһөс буолуута эмиэ эбиллэн биэрдэҕинэ эрэ олох ыараханын тулуйара кыаллар. Хоту сир олохтоохторун тулуурдара, дьулуурдара элбэҕэ айылҕа ыарахан усулуобуйатын, ол иһигэр бырдах сиирин тулуйа үөрэнииттэн үөскээбитэ итинэн быһаарыллар.
КУОБАХ МЭНЭЭКТИИР
Айылҕа айан оҥортообут араас элбэх көрүҥнээх ото-маһа, үөнэ-көйүүрэ уонна көтөрө-сүүрэрэ барылара бэйэ-бэйэлэрин кытта олус ык¬сары сибээстээхтэр, тутулуктаахтар. Маннык элбэх араас көрүҥнэртэн биир эмэ көрүҥ суох буолан хааллаҕына эбэтэр аһара үөскээн атыттары үтүрүйдэҕинэ, Айылҕаҕа былыргыттан үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньата уларыйан, хамнаан барар.
Уһун кэмҥэ Сир үрдүгэр үөскээбит тэҥнэһии балаһыанньатын аһара дэлэйдик үөскээн ылар кэмнэрдээх кыыллар эмиэ хамнаталлар. Киһи бэйэтин кылгас үйэтигэр хаста да элбээн ыла-ыла суох буолуталаан ылар кыыллары үөрэтэрэ ордук оруннаах уонна туһалаах. Ол иһин Сир үрдүгэр үөскүүр элбэх көрүҥнээх кыыллартан биирдэстэрин Саха сиригэр саамай дэлэйдик үөскээн хаалар кэмнэрдээх, кылгас сайын устата улаата охсор куттас куобаҕы ыламмыт Айылҕаҕа туох туһалааҕын уонна туохха аналлааҕын быһаарыахпыт:
1. Куобах сайыҥҥы кэмҥэ тыаҕа саамай дэлэйдик үүнэр от уонна талах төбөтө аһылыктаах тыа обургу кыыла буолар.
2. Төрүөҕэ тахсыбыт кэмигэр тыһы куобах сайын устата иккитэ, 8 эбэтэр 12 оҕону төрөтөр. Онтон оҕолоро сайыҥҥы ыйдар усталарыгар, саамай ас-үөл дэлэй кэмигэр, улаата охсоллор уонна төлөһүйэллэр. Биһиги дойдубут курас үүнээйитигэр, Айылҕаҕа көҥүлүнэн үөскүүр куобах курдук, эти элбэхтик оҥорон таһаарар кыыл да, сүөһү да суох. Ити эт үүнүүтүн биһиги билэр бырыһыаммытынан ааҕан таһаардахха кырата 800 бырыһыаҥҥа тиийэр диэн үөрэхтээхтэр ааҕаллар.
3. Куобах тириитэ чап-чараас, сымнаҕас, ураты кэбирэх, түүтэ бурҕайа сылдьар, оннооҕор былыр даҕаны тэллэхтэн, суорҕантан ураты быстах кэтиллэр таҥаһы эрэ тигэргэ туттуллара, онтон билигин ула¬хан туһаҕа турбат буолла. Тоҕо бу Айылҕа обургу кыыла буолан баран аһара кэбирэх, чараас тириилээҕий диэтэххэ, Айылҕа сиэмэх кыыла куобаҕы туттаҕына түргэнник тырыта-хайыта тыыта охсон, куобах этин сии охсоругар аналлаах эбит, ол иһин тириитэ итинник кэбирэх оҥоһуулааҕа быһаарыллар.
4. Куобах чуор кулгаахтаах, сытыы харахтаах, быһый атахтаах, араас сиэмэх кыыллартан, көтөрдөртөн уонна дьонтон ойуурга саһан эбэтэр атаҕынан куотан эрэ быыһанар. Арай Айылҕа бэйэтин кыра кыылын куобаҕын, ордук наадыйар кэмигэр харыстыыр уонна көмүскэһэр. Ол иһин куобах сылга иккитэ дьүһүнэ уларыйар. Саамай үөскүүр улаатар кэмигэр, сайын бороҥ дьүһүннэнэр уонна хараҥа ойуур быыһыгар саһан сылдьар, онтон кыһын устата, эһиилги төрүөҕэр бэлэмнэнэр кэмигэр, муус маҕан хаар курдук дьүһүннэнэр, онон бары сиэмэхтэртэн хаарга саһан куотунар.
Куобах күһүн эрдэ, улаатан ситтэҕинэ, ойуурга сэбирдэх, көмнөх ситэри түһэ илигинэ, ойуур саҥа сырдаан эрдэҕинэ, маҥхайбытынан барар, ол кэмҥэ хара тыаҕа кылбаҥнаан, ыраахтан көстө сылдьар буолан хаалар. Бу быһыы сүрүн уратытынан аан маҥнай атыыр куобахтар маҥхайаллар, тыһылар хойутаан хаар түһүүтүгэр биирдэ маҕан дьүһүннэнэллэр.
Бу аата туох буолла? Хайдах маннык быһыыны быһаарыахха сөбүй? Айылҕа бары сиэмэх көтөрдөрүгэр уонна кыылларыгар, ким төһө кыайа¬рынан, ким төһө кыахтааҕынан куобах курдук минньигэс, иҥэмтэлээх аһылыгы кыайа-хото аһааҥ, эти элбэҕи сиэҥҥит күүстэ-күдэхтэ мунньунуҥ, тымныы кыһыны туоруурга бэлэмнэниҥ уонна быһый куобаҕы күүскэ эккирэтэҥҥит эккитин-хааҥҥытын эрчийэн, доруобуйаҕытын бөҕөргөтүҥ диир бэлиэтэ буолар. Ити кэмҥэ куобах этинэн аһылыкта¬нар көтөрдөр уонна кыыллар бары хара тыаҕа кылбаҥныы сылдьар куобахтары тутан сиэри сүүрүү-көтүү, эккирэтии бөҕө буолаллар. Ити курдук сиэмэх кыыллар чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, куобахтааҕар күүстээх, быһый, сылбырҕа буолуохтаахтара быһаарыллан тахсар.
Онон, бу Айылҕа куобаҕа диэн, биир сайын устата дэлэйдик төрөөн-үөскээн, улаатан сиэмэх көтөрдөр уонна кыыллар эрчиллэ таарыйа тутан сиир иҥэмтэлээх эт аһылыктара буолара быһаарыллар. Итинник Айылҕа бэйэтэ улаатыннаран биэрэр бэлэм эт аһылыгын хайдах гынан ордук туһалаах өттүнэн туһаныахха диэн ыйытыыга дьон билигин даҕаны сөптөөх эппиэти була иликтэр.
Билэр дьон кэпсээннэринэн, Айылҕаҕа куобах элбэхтик үөскээн кэлэр кэмэ, куобах мэнээгэ диэн ааттанар уонна ортотунан 11 сыл буола-буола эргийэн кэлэр. Урукку кэмҥэ куобах мэнээгэ 2 эбэтэр 3 сыл устата барара уонна эстэн, куобах суох буолан хаалара. Онтон 60-с сыллаахха буолбут куобах мэнээгэ киин улуустарга 6 сыл устата барбыта. Бу бириэмэҕэ тыа сиригэр бултуур саа-сэп күүскэ атыыламмыта уонна куобаҕы бултааһын тэрээһиннээхтик ыытыллара. Бу мэнээк кэмигэр бултуу сылдьан биир күҥҥэ уонтан тахсалыы куобаҕы өлөрөн үллэһиннэхтэринэ, бэйэ, ол аата улахан куобаҕа биир эбэтэр икки эрэ, онтон ордуга барылара эрдэ эбэтэр хойутуу төрөөбүт оҕо куобахтар буолаллара. Маннык быһаарыы мэнээк кэмигэр куобахтар төрүөхтэрэ ордук тахсарын көрдөрөр.
Ити кэнниттэн куобах мэнээгэ эстэн бүппүтүн да кэннэ куобахтар төрүт суох буолан хаалбатахтара. Бу кэмҥэ биир эмэ күн бултааннар үс куобаҕы өлөрдөхтөрүнэ, иккитэ бэйэ куобах уонна биир эрэ оҕо куобах буолара биллэр. Ол аата, мэнээк эстибит кэмигэр куобах төрүөҕэ аанньа тахсыбата быһаарыллар. Онон, бу быһаарыыбытын түмүктээтэхпитинэ, куобах мэнээгин да кэмигэр эбэтэр мэнээк эстибит да бириэмэтигэр ойуурга, саас хаар ууллуутугар, биир тэҥ ахсааннаах куобахтар кыһыны этэҥҥэ туорааннар ордон хаалаллара чуолкайданар.
Мантан салгыы 60-с сыллаахха буолбут куобах мэнээгэ урукку буолан ааспыт мэнээктэртэн уһулуччу ордон тоҕо бачча уһуннук барбытын быһаарыыга маннык бэлиэтээһиннэри ылыаҕыҥ:
1. Киин улуустар сирдэрэ кыараҕас буолан тыаларын барыларын кэриэтэ хабан куобахтааннар уонна бултааһыны тэрээһиннээхтик ыытаннар кыһын хаар түһүүтүгэр ойуурга аҕыйах ахсааннаах куобахтары ордорон хааллараннар, ордубут куобахтар аһыыр астара дэлэйэн доруобайдык кыһыны туорааннар саас төрүөхтэрэ элбээн ахсааннара биллэрдик эбиллэр.
2. Оччотооҕу кэмҥэ куобаҕы бултааһыны улаханнык буойуу-хаайыы аҕыйаҕыттан бултааһыны уһуннук, ойуурга сэбирдэх түһэн, тыа иһэ сырдыаҕыттан саҕалаан баран, хаар түһүөр диэри хаста да хатылаан ыытаннар, кыһыҥҥы кэмҥэ ойуурга аҕыйах куобаҕы ордорон хаалларар эбиттэр.
Кэнники кэлэн ааспыт куобах мэнээктэрэ бу 60-с сыллардааҕы мэ-нээк курдук уһуннук кыайан барбатахтара. Ол уһаабатахтарын бири-чиинэлэринэн манныктары ааҕыахха сөп:
1. Куобахтар кыһыҥҥы кэмҥэ аһыыр аһылыктарын бүтүүтэ. Куобах аһылыгын саппааһа дойдубут курас үүнээйилээҕиттэн улахан тутулук-таах. Куобах улаатар кэмигэр, сайын устата, аһылык буолар от, талах сэбирдэхтэрэ уонна үнүгэстэрэ дэлэйдик үүнэллэр. Сайын устата куобахтар ойуур иһигэр тото-хана аһаан күһүөрү бастакы оҕолоро улаатан ситэллэр. Күһүҥҥү кэмҥэ аан бастаан хара мастаах тыалартан куобахтар түүн хонууга киирэннэр күөх кэнчээрини сииллэр, ити кэмҥэ тыа иһигэр үүнэр аһылыктара хайы-үйэҕэ баранар, ол иһин куобахтар хонууга киирэн аһыылларыттан сыҕарыйан хаамыылара саҕаланар.
Хаар түспүтүн кэнниттэн куобахтар аһыыр аһылыктара лаппа аҕыйыыр, сүрүн аһылыктарыгар талахтар сымнаҕас төбөлөрө, лабаалара уонна үнүгэстэрэ эрэ киирсэллэр. Куобахтар олохторугар кыһыҥҥы кэми этэҥҥэ туорааһын диэн, саамай ыарахан кэминэн ааҕыллар. Бу кэми хайдах аһааннар-сиэннэр, чэгиэнник-чэбдиктик туоруулларыттан, аны сайын куобахтар төрүөхтэрэ төһө тахсара быһаччы тутулуктанар.
Күһүн хаар түһүүтүгэр кыайан бултаммакка ойуурга элбэх куобахтар ордон хааллахтарына, бу куобахтар аһылыктарын саппааһын сотору сиэн бүтэрэллэр, ыраллар-бысталлар, хоргуйарга бараллар уонна атын сиргэ көһөн хаамыылара саҕаланар. Бу кэмҥэ хоргуйан, олус ыксаан оннооҕор сонос титириктэр хатырыктарын кылбаччы кэбийээхтииллэр.
Манныкка тиийдилэр даҕаны куобахтар үксүлэрэ кыһыны кыайан туораабакка хоргуйан өлөллөр эбэтэр көтөрдөр-кыыллар тутан сииллэр. Биир эмэ ордон хаалбыт куобах саас халдьаайыга киирэн харалдьыкка тахсыбыт күөх оту, ньургуһуну сиэн быыһанар. Бу дьыл куобахтар төрүөхтэрэ тахсыбат, ол иһин күһүнүгэр куобах булда кыайан буолбат. Онон, куобахтар төрүөхтэрэ тахсан куобах булда буолуута, кыһыҥҥы ас-үөл аҕыйах кэмин хайдах аһаан-сиэн чэгиэнник-чэбдиктик туоруулларыттан быһаччы тутулуктааҕа быһаарыллар. 2. Мэнээк бүтүүтэ куобахтар аһыыр аһылыктара тиийбэккэ уонна хаачыстыбата куһаҕаныттан бары көтөхтөрөллөр, араас ыарыыларга ыллараллар. Мэнээк бүтүүтүгэр бары куобахтар муннуларыгар обургу хара мэҥнээх буолаллар.
3. Куобахтар олус элбээтэхтэринэ сылдьар сирдэрин, ойуурдарын киртитэллэр. Тыа иһэ барыта куобахтар саахтарынан ыһыллар, ону кытта көтөрдөр уонна кыыллар тутан сиэбит куобахтарын сэмнэхтэрэ маҥхайар, маҕан түүлэрэ ыһыллан тыа иһигэр хаар курдук бурҕайар, сааскы кэмҥэ тыа иһэ сытыйбыт сытынан туолар. Маннык буолбут тыа-лартан куобахтар букатыннаахтык бараллар, күһүнүгэр хаамыылара саҕаланар. Куобахтар хаамыылара саҕаланнаҕына өрүстэр тумулларыгар киирэн мунньусталлар, оннооҕор ситэ тоҥо илик өрүс мууһугар киирэннэр ууга кытта түһэллэр. Куобах мэнээгэ бүтүүтүгэр атын сирдэртэн кэлэр куобахтары сахалар туспа арааран «хаамыы куобаҕа» диэн ааттыыллар. Бу куобахтар ыраах сирдэртэн ас көрдөөн, киртиппит тыаларыттан куотан кэлэллэр уонна ураты көтөхтөрүнэн биллэллэр. Хаамыы куобахтара күһүн муус тоҥуон иннинэ өрүстэр биэрэктэригэр киирэн элбэхтик хааттараллар, муус ситэ тоҥо илигинэ ууга да түһэллэр.
Онон, куобах аһара үөскээн хаалан, аһылыгын бүтэрэн уонна айылҕатын киртитэн, эстэргэ, барарга тиийэр. Бу куобахтар хаамыылара мунньустан, элбээн истэхтэрин аайы улахан алдьархайтан куотууга тэҥнээхтик күүһүрэн барар уонна куобах мэнээгэ бүппүтүн көрдөрөр.
Ити курдук быһааран куобах тоҕо мэнээктээн суох буоларын чуолкайдаатахпытына, куобах аһары элбэхтик үөскээн хаалан суох буолар дьылҕаланар. Ол иһин куобаҕы элбэхтик биир тэҥник үөскэтэн туһаныахпытын баҕардахпытына, куобах аһара үөскээн хааларын күһүн эрдэттэн күүскэ бултаан аҕыйатыахпытын наада. Оччоҕуна кыһыҥҥы хаардаах ас-үөл аҕыйыыр кэмигэр, ойуурга аҕыйах ахсааннаах куобахтары ордорон хааллардахха, олор кыһын устата тото-хана аһаатахтарына, чэгиэн-чэбдик кыһыны туораатахтарына эһиилгитигэр төрүөхтэрэ эбиллэрин ситиһиэхпитин сөп.
Онтон, үөһэ ааҕыллыбыт биричиинэлэртэн куобахха саамай күүстээхтик дьайааччыларынан үһүс биричиинэни ааҕабыт. Бу биричиинэ быһаарыыта оннооҕор былыргы үйэлэргэ үөскээн баран өлүктэрэ биир сиргэ муннустан сытар араас улахан кыыллар тоҕо өлбүттэрин быһаарарга кытта сөп түбэһэр. Ол курдук Айылҕа сорох биологическай көрүҥнэрин эстиилэрэ бу куобах мэнээгин бүтүүтүгэр маарынныыллара чуолкайданар уонна итилэр бары тулалыыр Айылҕаны киртитииттэн тахсаллара быһаарыллар.
Биһиги бу куобах курдук элбэх эти оҥорон таһаарар Айылҕа бэйэтин кыылын хаһан сатаан туһанарга үөрэнэбитий? Ол курдук хаар түһүөн эрэ иннинэ аҕыйах хонукка көҥүллээн, куобаҕы ситэ бултаппакка, аһары үөскэтэн кэбиһэн түргэнник суох буола эстэригэр тириэрдэбит. Мэнээк бүппүтүн кэнниттэн куобах аҕыйаан, бултаабыкка эрэйи боруостаабатаҕына, бобуута да суох, дьон бэйэлэрэ, таах-сибиэ бултаабыта буолан эрэйдэммэттэр. Булка сылдьыы, бултааһын эрэйи боруостуур эрэ буоллаҕына дьон уһуннук бултууллар. Ол иһин аһара бобуулар-хаайыылар Саха сирин киэҥ тайҕатыгар тарҕанан үөскүүр куобах элбииригэр туһалара олох кыра.
Тыа сиригэр олорор булдунан дьарыктанар дьоҥҥо булчут суобаһа диэн баар, ол аата тыа көтөрдөрүн-кыылларын харса суох, бириэмэтэ кэлэ илигинэ, мөлтөөбүт-ахсаабыт кэмнэринэн туһанан өлөрөн сиэһини сэмэлээһин буолар. Ол курдук саас саҥа тахсан эрэр күөх оту сиэри бары сэрэҕин барытын сүтэрэн, халдьаайыга киирэр куобахтары уонна күһүҥҥү булт кэмигэр сайын хойут төрөөбүт, ситэ улаата илик куобах оҕолорун сэрэниэххэ уонна харыстыахха наада. Сааскы соҕотох тыһы куобахтан күһүҥҥэ диэри сүүрбэччэ куобах төрөөн улаатарын уонна күһүн бу куобахтарын бэйэлэрэ бултуулларын ким да боппотун чуолкай билэллэрэ эбитэ буоллар, ампаардаах астарын курдук санааннар өссө харыстыа, көмүскүө этилэр.
Онон, бу куобах булдун хайдах бултаан туһанары, куобахтары көрөн-истэн харыстыыры нэһилиэктэр бэйэлэрин көрүүлэригэр ылаллара эбитэ буоллар, көрөн-истэн харыстаан, ампаардаах астарын курдук санаан бэйэлэригэр улахан туһаны таһаарыныа этилэр.
Сир-дойду кылгас үйэлээх кыра кыыла куобах, аһары үөскээн хааларыттан сотору эстэр, аҕыйыыр суолга киирэр. Куобах эстиитэ атын тыынар-тыыннаахтар аһара үөскээн хаалан сылдьар сирдэрин киртиттэхтэринэ, туохха тиксиэхтээхтэрин чуолкайдык быһаарар. Ол иһин былыргы кэмҥэ элбэхтик үөскүү сылдьыбыт мамоннор суох буола эстиилэрэ сирдэрин-дойдуларын киртитиилэриттэн тахсыбыт уларыйыылартан буолуон сөп диэн быһаарабыт.
Билиҥҥи кэмҥэ дьон эмиэ ахсааннара элбээн Айылҕаны киртитэллэрэ, салгын састаабын уларыталлара, радиациянан сутуйаллара кэҥээн иһэр. Биһиги быһаарыыбытынан Айылҕаны буортулааһын, киртитии муҥур уһугунан мутукчалаах мастары кэрдэн уонна уокка сиэтэн суох оҥоруу буолуон сөп.
Айылҕаҕа хонуу сиртэн ууну кэмнээн паар буолан көтүүтүн үөскэтэринэн уу эргиирин тэҥнээн биэрээччинэн мутукчалаах мастар буолаллар. Мутукчалаах мастар суох буо¬луулара Сир үрдүгэр олус күүстээх ардахтар, хаардар уонна тыаллар түһүүлэрэ эбиллэн иһэллэригэр тириэрдэр. Айылҕа уларыйан барыытын күүһүн дьон-аймах кыайан тохтотор, көннөрөр кыахтара суоҕун били¬нэр буолан эрэллэр. Кинилэр Айылҕа уораана хаһан бэйэтэ ааһарын, намырыырын кэтэһэллэрэ эбиллэн иһэр. Ол курдук ураганнар, тайфуннар уонна муора анныгар сир хамнааһыныттан үөскүүр улахан долгуннары утарар күүс дьоҥҥо суоҕа чахчы билиннэ.
МЭҤ
Yгүс киһи сирэйигэр мэҥ баар. Хара, кыра мэҥнэр саха дьонун сирэйдэригэр үксүлэригэр бааллар курдук. Ол эрээри сорохторго мэҥнэрэ суох буолар ээ. Бааһынай, саха нуучча эбэтэр атын омук буккуспут хааннаах дьоҥҥо элбэх мэҥ баара көстүбэт. Киин улуустар сахаларыгар ордук элбэх мэҥнээхтэр.
Мэҥ туохтан үөскүүрэ ситэ биллэ илик. Сахалар мэҥи «Бэлиэ» диэн ааттыыллар. Кырдьык даҕаны киһини ким эрэ, Айылҕа соруйан сүппэтин диэн анаан-минээн бэлиэтээн кэбиһэрин курдук улахан, кыра хара туочукалар, мэҥнэр киһи сирэйигэр эрэ буолбакка атын да өттүлэригэр үөскээн сылдьаллар.
Мэҥ туһунан биһиги төһө элбэҕи билэбитий?
Киһиэхэ мэҥ баар буолуута этин-сиинин уратыларынан быһаарыллар. Киһи этин-сиинин уларыйыыларын араас элбэх гормоннар дьайаннар уларыталлар. Малетонин диэн киһини кырытыннарар гормон элбээтэҕинэ киһиэхэ мэҥ баар буолар диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Төһө гормон баарыттан мэҥ улахана, кырата быһаччы тутулуктаах буолуон сөп. Мэҥнээх дьон түргэнник ситэн-хотон эрдэ кырдьаллар.
Былыргы кэпсээннэргэ кэпсэнэр ойууннар, удаҕаннар улахан мэҥнээхтэрэ ахтыллаллар. Биир номоххо кэпсэнэринэн улуу удаҕан уҥуоҕун уйгуурдубуттарыгар саҕалааччы киһини улаханнык кэһэтээри гынан баран бэлиэ сиригэр мэҥнээҕин иһин тыыппатаҕа, сэрэппитэ эрэ биллэр. (1,171).
Yөрэхтээхтэр билинэллэринэн киһи мэҥэ хаһан да сүтэн, симэлийэн хаалбат, оннуттан халбарыйбат эбит. Аныгы үйэҕэ медицина сайдан мэҥи быһан ылан бырахпыттарын кэнниттэн сотору эмиэ үүнэн тахсар диэн этэллэр.
Мэҥ хантан кэлэрин, туохтан үөскүүрүн быһаарарга Айылҕаҕа үөскүүр тыынар-тыыннаахтары үөрэтии ордук туһаны аҕалыах курдук. Медицинэ науката быһаарбытынан киһи этэ-сиинэ ордук сибиинньэҕэ маарынныыр эбит. Ол иһин сибиинньэттэн саппаас чаас, уорган ылан киһиэхэ олордон биэрии үлэтинэн утумнаахтык дьарыктана сылдьаллар.
Биһиги киһини бэйэтин үөрэтиибит сахалар кут-сүр үөрэхтэригэр олоҕурар. Ол аата киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, куттара тус-туспа төрүттээхтэр. Эт-сиин киһи сүрүн төрүтэ, Айылҕа эттиктэриттэн үөскүүр уонна Айылҕаттан быһаччы уунан, аһынан-үөлүнэн, доруобуйатынан тутулуктанар.
Айылҕаҕа олус элбэхтик уонна түргэнник үөскээн ылар кэмнэрдээх кыылынан куобах буолар. Кыра да буоллар тыынар-тыыннаах, сылаас хааннаах харамай. Этин-сиинин оҥоһуута син-биир маарынныыр.
Саха дьоно булчут буола улааталларыгар куобаҕы бултаан үөрэнэллэр. Туһахха иҥнибит куобаҕы тутан ылаары ыксаттахха үүт-үкчү кыра оҕо ытаан эрэрин курдук тохтоло суох бэбээрээхтиир. Айылҕаҕа сылдьар хас биирдии булчут киһиэхэ кини эмиэ кыра оҕо буола сылдьыбытын санатар. Итини таһынан куобах оҕо курдук ытаан бэбээрэрэ киһи уонна куобах ханнык эрэ биир сүрүн тутулуктаахтарын, киһи куобахтан үөрэнэн, туох эрэ билиини ылынан олоҕор хайаан да туһаныахтааҕын өйдөтөргө дылы.
Биһиги ойуурга куобах оҕо курдук ытыыра олус дириҥ өйдөбүллээҕин ситэ туһаммакка сылдьабыт. Куобах ытыыра, кыра да буолларбын оҕо курдук ытыырбынан дьон-аймаҕы олох туһунан санааларыгар оҕустаран ылалларыгар тириэрдэбин диэни өйдөтөр.
Төһө даҕаны баҕарбатахпыт, билбэтэҕэ буола сатаабыппыт иһин куобах кылгас кэм иһинэн олус элбэхтик үөскээн хаалан баран эстэргэ, суох буола сыһыыга тиийиитэ дьон-аймаҕы үөрэтэр кэмэ тиийэн кэллэ. Билигин Айылҕа киртийиитэ кэҥээбитин кэнниттэн куобах туохтан сылтаан суох буола эстэрэ аны дьоҥҥо эргийэн кэлиэх курдуга чахчы буолла. Ол курдук дьон-аймах Сир үрдүгэр аһара элбээһиннэрэ куобах курдук эстэн, быстан хаалыыларыгар тириэрдиэн сөбө билигин чуолкай билиннэ. Куобах олоҕун дириҥник үөрэтии дьон олоҕо хайдах салгыы сайдарын билгэлииргэ туһалыыр кыаҕа улахан.
Айылҕа курааннаан, сөп түбэһэн биэрдэҕинэ куобахтар төрүөхтэрэ элбээн, ахсааннара биллэрдик эбиллэр. Мэнээктиир, үөскүүр кэмэ кэллэҕинэ киэҥник тарҕанан дэлэччи үөскүүр. Хас да сыл устата олус элбэхтик үөскээн баран куобах мэнээгэ эстэргэ барар. Мэнээк эстибитин кэнниттэн улахан тыаҕа биир эмэ куобах ордон хаалбыт буолар.
Кэлин куобах мэнээгэ эстиитин чугаһыгар бары куобахтар муннуларыгар хара мэҥнэр тахсаллар. Мэҥнэрэ сорохторго улахан, онтон атыттарга кыра буолар. Куобахтарга мэҥ баар буоллаҕына нөҥүө сылыттан ыла куобах мэнээгэ эстэргэ барар.
Бу бэлиэ түгэни үгүс булчуттар бэлиэтии көрөллөр да аахайбаттар. Тыынар-тыыннаах харамай эстэн, симэлийэн бүтүүтүгэр этигэр-сиинигэр тахсар уларыйыылар билигин сайдыылаах, билиилээх дьону интэриэһиргэтиэхтэрин сөп. Киһи саамай көстөр сиригэр, сирэйигэр Айылҕа оҥорбут бэлиэтэ баарын дьон бары бэлиэтии көрөллөр. Бу мэҥнэр ханан, ханнык миэстэҕэ тахсыбыттарынан тутулуктанан киһи олоххо аналын быһаарыахха сөп диэн этээччилэр эмиэ бааллар.
Онон быһаарыыларбытын түмнэхпитинэ тыынар-тыыннаах этэ-сиинэ кырдьан уларыйар кэмэ кэлиитин бэлиэтэ мэҥ буолуон сөп. Эти-сиини саҥардыы, хааны тупсарыы диэн атын аймах дьону кытта холбоһон ыал буолуу, хааны уларытыы аата буолар. Саха дьоно былыр-былыргыттан кытаанахтык тутуһан баччаҕа диэри илдьэ кэлбит өстөрүн хоһоонун «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй» диэни саҥалыы ылынан олоххо халбаҥнаабакка тутуһар буолуу билигин ордук эрэйиллэр кэмэ кэллэ.
С.А.Токарев былыргы сахалар уустара 17-с үйэҕэ хайа улуустартан ордук хото кэргэн ылсалларын үөрэппит. (2,145). Бу үлэ көрдөрөрүнэн сахалар киин улуустарга бэйэ-бэйэлэрин кытта кэргэн буолан холбоһуулара букатын хаҥаластар кэлиилэрин саҕаттан, ол аата тохсус үйэттэн ыла саҕаламмыт эбит. Киин улуустар сахалара бары кэриэтэ хардары-таары кэргэн ылсаннар аймахтаһыылара ордук чугаһаабыт.
Былыргы революция иннинээҕи кэмҥэ оҕолоро кэргэн, ыал буолууларын төрөппүттэрэ быһаччы салайан, аймахтарын ыраахха, сорохтор букатын уон иккис көлүөнэҕэ диэри ааҕан тэрийэллэрин оччотооҕу кэпсээннэртэн билэбит эрээри аахайбаппыт, туһалааҕынан өссө да ааҕа иликпит. Сэбиэскэй былаас көмөтүнэн билигин бу дьыаланы эдэрдэр бэйэлэрэ баһылаан-көһүлээн быһаарыналлара үөскээбитэ биллэр өспүт хоһооно тутуһуллубат буолуутугар тириэрдэн кэбистэ.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр саха дьонун хааннарын тупсарыынан ким да анаан дьарыктамматаҕа. Арай эдэр специалистары, учууталлары тыа сиригэр үлэҕэ анаан ыыталааһын эрэ бу дьыалаҕа кыра хамнааһыны оҥорор этэ. Онтон сэбиэскэй былаас тыа сиригэр совхозтары тэрийэн, эбии дотация оҥорон биир сиргэ, тыа сиригэр түөлбэлээн олорууларын көҕүлээн, күрүөтэ суох хаайыыга олордубута. Бу хаайыы түмүгэр үгүс ахсааннаах тыа сирин дьоно хаан аймахтаһыылара ордук түргэтээтэ. Саха дьонун аҥардастыы тыа сиригэр олордуу, олохсутуу кыра норуот сайдан, элбээн барыытын аймахтаһыыны үөскэтэн харгыстыырын аахайбакка сылдьабыт.
Саха омугу харыстыырга кыһанар дьоммут аны уу-саха буолууга ыҥыраллар. Аҕыйаан иһэр ахсааннаах омукка бу курдук ыҥырыы соччо сөп түбэспэт. Тоҕо диэтэххэ аҕыйах ахсааннаах дьон бэйэ-бэйэлэрин эрэ кытта холбоһон оҕолоннохторуна сотору кэминэн бары аймахтаһан хаалыахтарын сөп. Бэйэлэрин эрэ истэригэр кэргэннии буолууга тиийэн хаалбыт аҕыйах ахсааннаах омугу ханнык да туспа көмө кыайан быыһаабатыгар сөп.
Аҕыйах да буоллар атын хааннаах дьону омукка холбооһун эт-сиин тупсуутун үөскэтэр. Арай омук тыла ыраас буолуутун, төрөөбүт тылы, үгэстэри билиини уонна эт-сиин тупсуутун икки ардыларыгар сөп түбэһэр буолуу хайаан да наада.
Былыргы сахалар өс хоһооннорун «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй» диэни таба өйдөөн туһаныы аҕыйаан иһэр. Былыргы кэмнэргэ кыахтаах баай дьон кэргэннэрин хайаан даҕаны ыраах сирдэртэн, атын уустартан ылаллара. Саха омуга олус уһун үйэлээҕэ салҕанан барыытыгар бу өс хоһоонун олус кытаанахтык тутуһуохха наада. Итини тэҥэ бу өс хоһоонуттан үөскээн тахсыбыт өйдөбүлү, кэргэн буолар дьон төрүттэрэ тоҕус көлүөнэттэн ырааталларын хайаан да көрдөнүллэр ирдэбил оҥоруу туһалыа этэ.
Маннык быһаардахпытына, мэҥ кырдьык киһи эти-сиинин ураты бэлиэтэ буолара сөп. Эргэрбит, сылайбыт эт-сиин бэлиэтэ. Yөскүүр, элбиир, бытарыйар күүһэ-уоҕа мөлтөөбүт эти-сиини бэлиэтиир көстүү буолара чахчы. Мэҥ туһунан олохтоох научнай быһаарыыны олохтуохтарыгар диэри сэрэхтээх буолуу ньымаларынан салайтарыахха эмиэ сөп.
Урукку сэбиэскэй былаас кэмигэр оҕону иитиигэ государство улахан оруоллааҕа билигин суох буолан саха дьонугар ийэ уонна аҕа ылар оруоллара лаппа үрдээн иһэрэ бэлиэтэнэр. Оҕо хайдах өйдөөх-санаалаах киһи буола улаатара барыта төрөппүттэриттэн эрэ тутулуктааҕын билэр кэммит кэллэ. «Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй» диэн өс хоһоонун таба туһанарга төрөппүттэр ылар оруоллара үрдээн биэрэр. Оҕолоро кинилэр ыйыыларын ылыннахтарына эрэ бу өс хоһоонун тутуһуу кыаллар кыахтаах.
Аймах, хаан дьону тоҕус көлүөнэҕэ диэри билии уонна ону кэргэн кэпсэтиигэ кытаанахтык тутуһуу саха дьонугар былыр-былыргыттан ирдэнэр көрдөбүл.
Билигин сорохтор нууччалары үтүктэн биир хос эһэлээх оҕолору бииргэ холбооттооһун көҥүллэнэр буолбут курдук араастаан суруйаллар. Бу үтүктэр быһыы аҕыйах ахсааннаах саха омугу эстии суолугар үтүрүйэрин аахсыбакка сылдьабыт. Бэйэлэрэ аһыйах ахсааннаах сахалар аймахтыылара бэйэтэ да олус чугаһаан турар. Ол курдук үгүстэр аҕаларынан аймахтыы буолбатахтарына ийэлэринэн ордук чугас аймахтыыларын аймаҕы аҕанан эрэ ааҕыы олохсуйбутуттан ыла аахпаккалар туһаммакка сылдьаллар. Ол аата аҕаларынан аахтахха төһө эмэ ыраах аймахтыылар курдук буоллахтарына ийэлэринэн аахтахха букатын да чугастыы буолан хаалыахтарын сөп. Ол иһин аймаҕы икки өттүттэн тэҥҥэ ааҕан билиэххэ наада.
Аймахтыы дьон оҕолоро ыарыһах, мөлтөх доруобуйалаах төрүүллэрэ былыр-былыргыттан биллэр суол. Аймахтыылар холбостохторуна мөлтөхтөн өссө мөлтөхтөр үөскээн иһэллэрэ омугу барытын эстиигэ тириэрдэр суол буоларын дьон-аймах билэн олохторугар туһаммыттара ыраатта.
Ыаллар кыахтаах, өйдөөх, доруобай оҕолоох, эрэллээх кэлэр көлүөнэлэниэхтэрин баҕараллар. Бу баҕа санаа туоларыгар кэргэннии буолуох иннинэ талан ылыы олус наадатын умуннаран сылдьаллар. «Таптаатым да тайахтаахха да тахсыам» диэн этиини сахалар букатын сөбүлээбэттэр этэ. Аҥардас тайахтаах эрэ киһи ыалы, дьиэни-уоту тэринэр кыаҕа лаппа кыратын бу этии эмиэ бигэргэтэр. Сахалар бу этиини сөбүлээбэттэрэ сөптөөх буоларын мэҥи быһаарыы эмиэ чиҥэтэн биэрэр. Ол курдук ыал буолуу сүрүн соругунан былыр-былыргыттан чэгиэн, чэбдик, доруобай кэлэр көлүөнэлэри төрөтөн, үөскэтии буолар. Ол иһин аан маҥнай төрөппүттэри араас биллэр мээрэйдэри туһанан талан ылыы баар буолуохтааҕа ордук сөптөөх курдук эбит.
Аҕыйах ахсааннаах омукка төрөппүттэри талан ылыы көрдөбүлүгэр мэҥ эмиэ киирсиэн сөп. Ол иһин бэйэлэрэ мэҥнээх, мөлтөөн эрэр эттээх-сииннээх дьон, мэҥэ суох, күүстээх эттээх-сииннээх дьону кытта холбоһон ыал буолуулара ордук буолуо этэ.
Омук хаана тубустаҕына элбэх уол оҕолор төрүүллэр. Уол эбэтэр кыыс оҕо төрүүрүн сүрүн быһаарааччынан эр киһи буолар. Кини этэ-сиинэ күүстээх, кыахтаах буолуута оҕо уол буоларын хааччыйар. Элбэх уолаттардаах омуктар атын омук кыргыттарын кэргэн аҕаллахтарына омук ахсаана эбиллэр кыахха киирэр.
Эргэрбит, мөлтөөбүт, аймахтыылара чугаһаабыт эттээх-сииннээх дьон оҕолоро үксүгэр кыыс оҕолор буолаллар. Кыыс оҕолор атын аймахтарга, ыраах сиргэ эргэ тахсан барар аналлаахтар. Элбэх кыргыттардаах омуктар аҕыйаан, симэлийэн барыылара саҕаланар. «Кыыс оҕо омук анала» диэн сахалар этэллэрэ итини эмиэ бигэргэтэр.
Омук сайдан иһиитин хааччыйарга элбэх уол оҕолор наадалар. Ол иһин омук хаанын тупсаран, ыраах сирдэртэн кийииттэри аҕалан иһэрэ эрэйиллэр. Бу боппуруос киин улуустарга олорор саха дьонугар ордук кытаатан эрэр. Кэлэр көлүөнэлэр доруобай, күүстээх, кыахтаах буолууларын быһаарыыга хаан тупсуутун боппуруоһа ордук суолталаныан сөп. Ол аата оҕолор улаатан саҥа ыалы тэрийэллэригэр төрөппүттэр ылар оруоллара өссө үрдээн биэрэрэ наада.
YТYКТYY СОДУЛА
Биһиги сахалар арҕаа дойдулары ордук сайдыылаахтарынан ааҕарбытыттан нууччалары быһалыы, ол аата кинилэр майгыларын үчүгэйин уонна куһаҕанын ситэ араарбакка эрэ үтүктэн иһэр этибит. Кырдьык ыраахтааҕылаах Россия саҕаттан олох бары өттүгэр хаалан иһиибит элбэҕэ бэрдиттэн барыны-бары үтүктэн, сайдыыны эбинэн бэйэбитигэр туһаны оҥосто сатыыбыт. Арай кэнники кэмҥэ үтүктэр дьоммут мөлтөөннөр үтүктэн ылынар туһалаахпыт аҕыйаан, буортулааҕы үтүктэрбит элбээтэ.
Кимтэн тугу үтүктэрбитин, бэйэбитигэр ылынан иҥэринэрбитин барытын сыаналаан, ырытан, мантан туох уларыйыы өйгө-санааҕа үөскүүрүн дириҥник хорутан быһааран эрэ баран үтүктэн, бэйэҕэ иҥэриниэххэ наада этэ. Тугу барытын үтүктэн иһии үчүгэйи аҕалбат холобурун манныгы аҕалыахха сөп.
Нууччалар саҥаларын тупсара сатаан дуу эбэтэр кыыллары олус сөбүлүүллэрин биллэрэн дуу тыһы ыттарын «сука» диэн ааттыылларын оннугар «девочка» диэн, онтон атыыр ыттарын «мальчик» диэн тупсаран этэллэрэ элбээтэ. Бу этииттэн, тылы уларытыыттан нуучча мааны бэйэлээх кырасыабай кыыс оҕото тыһы ыкка тэҥнэнэн хааларын, оннук майгыланан хаалыахтааҕын аахсыбаттар. Ол курдук киһи тыла атын киһиэхэ дорҕооннорун охсууларынан ордук күүскэ дьайан араас санааларын үөскэтэрэ дакаастанан эрэр. Элбэхтик «ыы» диэн саҥарыыттан ытааһын, онтон «рр» диэнтэн кыыһырыы үөскээн тахсаллара дьоҥҥо хаһан да уларыйбат.
Нууччалар тупсаран ыты «девочка» эбэтэр «мальчик» диэн ааттыылларын биһиги дьоммут, иһиттибит ээ, истибэтибит ээ диэбиттии бары кэриэтэ үтүктүбүтүнэн бардылар. Арыычча тылы билэр дьон чахчы санааргыахтарын сөптөөх курдук балаһыанньа үөскээтэ эрээри биһиги тыл үөрэхтээхтэрбит дуомнара «мык» да диэбэттэр. Хата бэйэлэрэ аан бастаан үтүктэ охсон тыһы ыты кыыс оҕо диэн ааттыылларын ордорор курдуктар.
Маннык ыты кытта тэҥнэбилтэн өйдөөх-санаалаах буолан кыыс оҕо аптарытыата түһэр, өйө-санаата уларыйар, ыкка тэҥнэһээччи кини буоларыгар тиийэр. Ыт өйө-санаата тиийбэтиттэн туох да диэн ааттаан ыҥырдахха туга да көҕүрээбэт, өйө-санаата уларыйбат. Ыаллар мааны кыыстарын атыттар «сучка» диэтэхтэринэ оҕолоох дьон чахчы өһүргэниэхтэрин сөп. Онтон бу кыыс тыһы ытын «девочка» диэн ыҥырдахтарына тыһы ыттара аны кыыстарыгар тэҥнэнэн, кыыстара уонна тыһы ыттара биирдик ааттанан, майгылара биир буолан хааларын өйдөөбөтөҕө буолаллар.
Ыттаах дьон тыһы ыты куруук «девочка» диэн ааттыыр буоллахтарына кыыстара ону истэн мин эмиэ тыһы ыт курдук «девочка» эбиппин диэн тыһы ыт майгына майгыланан улаатыан сөп. Ол аата тыһы ыт тугу оҥорорун, көнөтүнэн эттэххэ, сүүлэ киирбит кэмигэр ханна атыыры көрсө түстэр эрэ сапсыбытынан барарын курдук быһыыланыы иҥэн хаалыан сөп.
Сахалар былыр былыргыттан киһи диэн ханнык баҕарар кыыллартан олус үрдүктүк турарын, өйө-санаата элбэҕин, салгын кута сайдан иһэрин, уратытын, киһилии туспа майгылааҕын билинэн бэйэлэрин, дьону эрэ туспа арааран «Ким», «Бу кимий?»,- диэн ааттаан ыҥыраллар. Киһиттэн атын кыыллар, сүөһүлэр, көтөрдөр, мастар, туттар тэриллэр бары сахалыы «Ол», «Бу», «Туох»,- диэн тылынан этиллэллэр, «Бу тугуй?» - диэн ыҥырыллаллар. Бу туспа арааран ааттааһын киһи диэн атын кыыллардааҕар, көтөрдөрдөөҕөр өйүнэн-санаатынан олус үрдүктүк турарын, итилэри кытта хаһан да тэҥнэспэтин, туспатын сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин уонна олохторугар туһаналларын бэлиэтиир көстүү буолар.
Кыыллар, сүөһүлэр, көтөрдөр киһиэхэ ханан даҕаны тэҥнэспэттэр, майгылара туспа уратылаахтарынан, киһиэхэ тиийбэттэринэн ааҕыллаллар. Өйдөрө-санаалара киһиэхэ хаһан да тиийбэт, биир сүһүөҕүнэн аллараа сылдьар. Кыылларга, көтөрдөргө салгын кут хаһан да сайдыбат. Ай диэн саҥаны айыыны бэлиэтиир тыл киһиэхэ эрэ анаан туттуллар. Киһи үрдүктүк сыаналанара өйдөөх-санаалаах буолан, салгын кута сайдарыттан барыларыттан үрдүктүк, туспатык турарынан быһаарыллар.
Тыһы ыты «девочка» диэн ааттааһынтан кыргыттар өйдөрө-санаалара сыыйа уларыйан иһэр. Билигин Россияҕа полиция нравов үөскээһинэ дьахталлар өйдөрө-санаалара тыһы ыт өйүгэр тэҥнэһэн эрэрин биллэр дакаастабыла буолар.
Бу үөдүйэн иһэр куһаҕан майгыны сахалар эмиэ үтүктэн эрэллэрэ олус хомолтолоох. Ыты уол эбэтэр кыыс диэн ыҥыран ааттаан уолга эбэтэр кыыска ыты тэҥнээһин аҥар өттүттэн баҕар саҥарары тупсарар диэн быстах санааһынтан, дириҥник билбэккэ эрэ үтүктэ сатааһынтан этиллэрэ буолуо. Онтон биир өттүттэн уол эбэтэр кыыс диэн ааттаан уолга эбэтэр кыыска ыты тэҥнээһин өй-санаа өттүттэн оҥорор куһаҕана кыайан ааҕыллыбат курдук куһаҕан.
Туох диэн ааттыыртан ыт өйө-санаата тиийбэтиттэн туга да уларыйбат. Арай өйдөөх-санаалаах оҕолор тыл дьайыытыттан өйдөрө-санаалара буорту буолар, ыт майгына майгыланыахтарын сөп. Маннык саҥарыы баар-суох оҕолорбутун ыкка тэҥниир, ол иһин ордук куһаҕан. Ыт туһунан өйдөбүл икки өрүттээҕин быһаарарга аналлаах этии сахаларга эмиэ баар: «Ыт киһи доҕоро буоллаҕына үчүгэй, онтон доҕоруҥ ыт буоллаҕына ордук куһаҕан». Ыт төһө даҕаны киһи доҕорун иһин сахаларга киһини ыкка холооһун быстар куһаҕан майгынан ааҕыллар.
Тыл дорҕооннорун өйгө-санааҕа дьайыылара хаһан да уларыйбаттар. «Ы» дорҕоон уһаатаҕына «ыы» диэҥҥэ тиийдэҕинэ ытааһын үөскүүр, «Р» дорҕоон хатыланан күүһүрдэҕинэ «рр» буоллаҕына ырдьыгынааһыҥҥа кубулуйар. Бу дорҕооннор киһи мэйиитигэр хамсааһыннары үөскэтэллэринэн өйгө-санааҕа быһалыы дьайаллар.
Дорҕоон дьайыыта киһиэхэ бэрт сотору тиийэрин саха эмээхситтэрэ билэллэр этэ. Кыра оҕо «ыы» диэн саҥара оонньоотоҕуна хайаан да тохтотоллоро уонна: «Бу оҕо сотору ытаары гынна быһыылаах»,- диэн сэрэтэн этэллэрэ. Кырдьык эбиэттэн киэһэҕэ оҕо кыайан тиийбэккэ эрэ кыҥкыйданан, ытаан-соҥоон барара биллэр.
Саха тыла олус былыргы тыл буолан дорҕооннорун дьайыылара тыл бэйэтин суолтатыгар сөп түбэһэллэр. Ол иһин киһиэхэ дьайыылара ордук күүстээхтэр. Сахабыт тылын сэрэнэн, былыргытыттан суолталарын ончу уларыппакка эрэ туһаныы хайаан да эрэйиллэр. Тыл дорҕоонноро киһи өйүгэр-санаатыгар быһалыы дьайаллар, өйү-санааны үөскэтэллэр.
Тылы дорҕооннорун уларыппакка эрэ туһаннахха өй-санаа туруктаах буолуутун ситиһиэххэ сөп. Сахабыт тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээбитин да иһин билигин даҕаны дорҕоонноро киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыылара уларыйбакка эрэ сылдьаллар. Ол курдук «Ай» диэн биир тыл киһи оҥорор бары быһыыларын барытын быһаарар аналлаах. Ол иһин бу тыл икки өрүтүн, киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорорун холбуу иҥэринэн сылдьарын таба туһаныахха наада. Yчүгэйи оҥордохпутуна үрүҥ айыыны, онтон куһаҕаны оҥордохпутуна хара айыыны оҥорорбут хаһан да уларыйбат.
Саха дьоно Айылҕаттан тутулукпутун сүтэрбэккэ, быспакка сылдьар омукпут диэн ааттанабыт. Киһи өйө-санаата Айылҕаттан биир тутулугунан дорҕооннорунан тутулук буолар. Ол курдук ытааһын уонна ырдьыгынааһын дорҕоонноро айылҕа кыылларын кытта биирдэр, холбуу сибээстээхтэрэ киһиэхэ эмиэ дьайа сылдьаллар.
Былыр-былыргыттан норуоппут мунньуммут билиитин, тылын уонна өйүн-санаатын харыстыаҕыҥ уонна табан туһаныаҕыҥ. Оччоҕо өйбүт-санаабыт туруктаах буолан омукпут үйэтэ салҕанан бара турарын ситиһиэхпит.
ОЙУУР УМАЙЫЫТА
Хас сайын аайы, кылгас кураан буоллар эрэ, куруук ойуур умайар. Күн кытарымтыйан нэһиилэ көстөр буолуор диэри халлаан сотору-сотору ыыс-быдаан буруонан бүрүллэр. Кэнники бириэмэҕэ улахан өрт уоттарын барыылара ордук үксээн иһэллэр. Айылҕа уларыйан иһиититтэн күүстээх тыаллар түһэллэрэ элбээн ойуурга барар өрт уоттарын уму¬руоруу улахан уустуктары үөскэтэр буолла.
Дойдулаах, олохтоох дьоҥҥо ойуур тыа умайара ордук күүстээх санаарҕабылы үөскэтэр. Туһааннаах улуустар ойуурдара умайарыттан тахсар ороскуоттарын кыайан ааҕынар да кыахтара суох. Төһөлөөх үлэ күнэ сүтэрин, тиэхиникэ үлэлиирин, алдьанарын, төһө элбэх туһаҕа туруохтаах тутуу, оттук маһа умайарын уонна да атыттары холбоотоххо ороскуоттарын сууммата, уонунан нууллаах сыыппаралар буолан тахсаллар.
Онтон, бу алдьархайы таба сыаналаан тулалыыр Айылҕабытыгар сыһыаран, барыларын холбоон толкуйдаан көрдөхпүтүнэ, Сир-дойду тыыннаах буоларыгар, ойуур ураты улахан суолталааҕа быһаарыллар. Ойуур суох буоллаҕына Сир үрдүгэр тыынар-тыыннаах эстиэҕэ диэн өйдөбүлү дьон-аймах үгүс өттө ситэ быһааран өйдүү иликтэр. Маны быһаарарга сиргэ үүнэр ойуурдар араастарын уонна олор хонуу сир сииги тутарыгар туох уратылаахтарын арааран билии туһалыыр. Ол курдук биһиги дойдубутугар үүнэр ойуурдар икки суол тус-туспа көрүҥнээхтэр:
1. Мутукчалаах мастар үүнэр ойуурдара.
2. Сэбирдэхтээх мастар ойуурдара.
Кэнники бириэмэҕэ сыыйа-баайа көҕүрээн иһэр мутукчалаах ойуур оннугар сэбирдэхтээх ойууру дэлэччи үүннэрэн биэрэн истэххэ, Сир үрдүгэр улахан уларыйыы тахсыа суоҕа диэн эрэнэ санааһын үгүс дьоҥҥо баар буолла. Итинник эрэнэ санааһын төрдүттэн сыыһа санаа буолар.
Мутукчалаах ойууру сэбирдэхтээх ойуур солбуйарын оннугар Айылҕаҕа төттөрү дьайыыны оҥорор, сэбирдэх ууну көтүтэр иэнэ мутукчаҕа холоотоххо олус улаханыттан сииги көтүтэрэ аһара күүһүрэн сири куурдан кэбиһэр. Сэбирдэх бэйэтэ улаханыттан, сыллар аайы сиргэ түһэн мунньуллан иһэриттэн сэбирдэхтээх ойуурга хара буор үөскээн мунньуллар уонна кэлин бу ойуур хатан-кууран бүттэҕинэ хонуу сиргэ кубулуйар. Сэбирдэхтээх ойуур ити уратытын маннык холобурдарынан дакаастаан көрүөхпүт:
1. Өрт уотугар мутукчалаах ойуур умайдаҕына, сирэ куурдаҕына ити мастар оннуларыгар сэбирдэхтээх ойуур бэйэтэ үүнэн тахсар. Урукку ойуур онно кууран-хатан чараҥҥа, онтон хонууга кубулуйан барар.
2. Дьон олохсуйан, сири - уоту баһылаан истэхтэрин аайы сир үрдэ кууран уонна оһохтор уоттарын буруотуттан мутукчалаах ойуур бэйэтэ эстэн, кууран, чугуйан биэрэн иһэр.
3. Харса суох кэрдииттэн мутукчалаах ойуур ситэн үүнэн биэрэн испэт. Ойуур иһигэр кэрдиллибит мас мутугун уонна төбөтүн мунньан уматыыттан ойуурга үүнэр мас сыыйа уларыйан сэбирдэхтээх ойуурунан солбуллан хаалар.
Онон, сотору кэминэн Сир үрдүгэр аҥардас сэбирдэхтээх ойуур эрэ хаалар чинчилээх, тоҕо диэтэххэ, бу буола турар уларыйыылары дьон-аймах тохтотор кыахтара суох, арай уталыта эрэ түһэр кыахтаах эбиттэр. Ол курдук мутукчалаах ойуур куурдаҕына, умайдаҕына эбэтэр кэрдиллэн бүттэҕинэ хат үүнэн кэлэрэ кыаллыбат суолга кубулуйар. Ол иһин дьонтон мутукчалаах ойууру ордук кыһанан көрүү-истии, харыстааһын көрдөнүллэр. Билиҥҥи кэмҥэ Сир үрдүгэр мутукчалаах ойуур саамай улахан харыстабылга сылдьара наадалааҕын быһаарар сүрүн биричиинэлэринэн манныктары ааҕыахха сөп:
1. Мутукчалаах ойуур хонуу сиргэ сииги тутар.
2. Хонуу сир сиигин салгыҥҥа тэҥнээн үллэрэн көтүтэр аналлаах.
3. Бары күөх үүнээйилэр курдук Сир салгынын састааба уларыйбатын хааччыйар, салгыны ыраастыыр.
Бу ааттаммыт үс сүрүн биричиинэлэртэн Айылҕаҕа тахсан эрэр сорох уларыйыылар тустарынан кылгастык быһаардахпытына манныктар эбиттэр:
- мутукчалаах ойуур аҕыйаан хонуу сир кууран иһэриттэн уу салгыҥҥа аҥардастыы сэбирдэхтээх ойуурдартан, муоралартан уонна акыйааннартан элбэхтик көтөр. Ол иһин Сир үрдүттэн уу ордук элбэхтик көтөрүттэн, эргиирэ күүһүрэн, олус күүстээх тыаллар уонна ардахтар, хаардар түһүүлэрэ элбээн иһэр.
- араас оттуктар уонна ойуурдар умайыыларыттан тахсар гаастар¬тан Сир салгынын састааба түргэнник уларыйан эрэр. Ол түмүгэр Сир салгынын сыллааҕы орто температурата үрдээн иһэр. Учуонайдар ааҕан таһаарыыларынан 2006 сылга бу итийии 1 кыраадыска тиийбитэ диэн сабаҕаланар. Хонуу сир уута акыйааҥҥа мунньустуутуттан, Сир үрдүгэр хайаларга, полюстарга баар муустар саппаастара ириилэ-риттэн уу эбиллэн, акыйаан уутун таһыма үрдээн уонна на¬мыһах хонуу сирдэри ылыыта саҕаланан эрэр.
Итинэн, биһиги олохтоох дьон маннык көрүҥнээх сүрүн үлэлэри ыытаммыт мутукчалаах ойуурбутун харыстыырга күүскэ туруннахпытына Айылҕабыт уларыйбакка өр кэмҥэ турарын ситиһиэ эбиппит. Ол сүрүн үлэлэргэ манныктары киллэриэххэ сөп:
1. Өрт уоттарын барар биричиинэлэрин быһаарыы уонна олору таһаарбат буолуу ньымаларын баһылааһын.
2. Ойуурга уоту сатаан туттарга дьону үөрэтии.
3. Мутукчалаах ойууртан маһы кэрдии.
Мантан салгыы бу үлэлэри хайдах былааннаахтык тэрийэн ыытар туһунан кылгас-кылгастык быһааран көрүөхпүт:
1. Айылҕаҕа мутукчалаах ойуур ураты улахан туһалааҕын быһааран бараммыт, ойуурга өрт уоттарын барар биричиинэлэрин ырыттахпыты-на, хомойуох иһин, үксүн дьон бэйэлэрэ ыыталлар эбит. Дьон ыытар өрт уоттарын маннык көрүҥнэргэ араартыахха сөп:
а. Сааскы өртөөһүнү хойутаан ыытыыттан уоту куоттарыы.
б. Сир аайы табаахтааһынтан уонна түптэлэри уматыыттан барар уоттар.
в. Отуу уотун сатаан туттубаттан уоту куоттарыы.
г. Дьон араас дьалаҕай быһыыларыттан барар уоттар.
Бу өрт уоттарын куоттарыы көрүҥнэрин биир-биир ылан быһааран көрдөхпүтүнэ:
а. Сааскы бириэмэҕэ араас дьон өртөөһүнү ыытар бириэмэ төһө эмэ ааспытын, тыа куурбутун кэннэ өртүү сылдьаннар эмискэ тыал түстэҕинэ уоттарын куоттараллар.
Сааскы кэмҥэ хонууну өртөөһүн от үүнүүтэ үрдүк уонна оттонор ходуһа лаҥхаттан ыраастаныытын хааччыйарыттан олус туһалаах. Ол иһин саас хонууну өртөөһүнү бириэмэтин аһарбакка эрэ, ол аата тыа саҕата ирэн сиигэ куура илигинэ ыытар наадалаах. Өртөөһүнү ыытар кэмҥэ уоту куруук көрө-истэ маныы сылдьыллыахтаах уонна аналлаах бэлэмнэниини барбыт дьон ыыталлара ордук буолуон сөп.
б. Тыаҕа сылдьан дьон талбыт сирдэригэр, бырдаҕы да үргүтээ¬ри табааҕы элбэхтик тардаллар. Билигин, аныгы дьон тардар та¬баахтара үксэ фильтрдаах сигаретаҕа кубулуйда. Бу сигарета саамай кут-таллааҕа диэн умнаһа умайан бүтүөр диэри уота умуллубата буолар. Онон, биир алҕас сиргэ түһэн хаалбыт уоттаах сигаретаттан баһаар барыан сөп. Ол иһин табааҕы олус сэрэхтээхтик тардыы уонна умуруоруу табаахсыт киһиттэн ирдэнэр.
Тайҕа тыа уонна лаҥхалаах хонуу туспа уратыларын билбэт дьон түптэни сир аайы уматаллар. Түптэни уматыы, кураанах от-мас төһө элбэҕиттэн уонна кураанах лаҥхата төһө халыҥыттан көрөн улаханнык уустугуран иһэрин аахайбат буолуу олус элбэх. Уот халыҥ лаҥхалаах сиргэ кыаттаран умуллубакка өр буруолуу, сириэдийэ сытан баран кэнники күөдьүйэн туран барыан эмиэ сөп. Ити иһин ойуурга уонна хонууга сылдьан түптэни уматыы улахан сэрэниини эрэйэр. Кураан, кутталлаах кэмҥэ ойуурга түптэни уматартан туттунуохха сөп этэ. Бырдахтан, араас үөннэртэн көмүскүүр араас маастар, убаҕастар билигин элбээтилэр. Тыаҕа, ойуурга олору туһаныы түптэлэри уматары суох оҥоруо этэ.
в. Дьон отуу уотун түбэһиэх сиргэ, лаҥхалаах хонууга эбэтэр төттөрү от-мас быыһыгар оттоллор, умайа турдаҕына кичэйэн манаабаттар уонна бүтэн барыыларыгар анньа умуруорбаттар, ол иһин уоттарын куоттараллара элбэх.
Отуу уотун уматар сири талыыга, аан маҥнай тыал хантан үрэрин, төһө күүстээҕин учуоттуохха, умайан барыан сөптөөх матырыйааллартан тэйиччи уонна ууттан чугас соҕус сири булан ылан бэлэмниэххэ наада. Ол курдук отуу уотун аналлаах оҥоруллубут, ол аата сир үрүт араҥата, кырыһа хаһыллан ылыллыбыт уонна тыал түһэн уоту ыспат гына кыйыалыы ууруллубут миэстэҕэ эрэ уматыахха.
Саҥа сиргэ аан маҥнай отуу уотун уматарга хайаан да тохтоло суох кэтээн көрөр наада. Маныыр кэмҥэ ордук кыһанан, уот ыстанан атын сиринэн умайан барарын кэтээн көрүөххэ уонна уот чугастааҕы лаҥханы сиэн тэнийэн бараары гыннаҕына сонно умуруоран биэрэн иһиэххэ. Отуу уотун туттан бүтэн баран элбэхтик уу кутан умуруоруллуохтаах уонна уот түгэҕин, сымнаҕас сири булан дьөлө сиэбэтэҕин хайаан да кыратык хаһан көрүллүөхтээх.
г. Тайҕа тыа туспа уратыларын билбэттэн тахсар араас дьалаҕай быһыылартан дьон өрт уотун көрөн да туран куоттараллар. Ол куоттарар биричиинэлэрэ манныктар:
- соһуччу түһэр тыалы учуоттаабаттан, тыал түһэн түптэни эбэтэр отуу уотун ыһыытыттан уоту куоттарыы.
- кураанах лаҥхалаах, элбэх амынньыардаах сиргэ алҕас түспүт испиискэттэн эбэтэр табаах уотуттан күөдьүйэн барар уоттар. - күүскэ умайар убаҕастары сэрэҕэ суох туттууттан уот аһара киэҥ сиргэ эмискэ тарҕаныытыттан барыыта.
- ойуурга сылдьар аллараанан глушителлээх техникэлэр турбалара тэстэн быыһылаатаҕына эбэтэр алдьаннаҕына, кэннилэрит¬тэн кураанах лаҥхалаах сиргэ уот барыан сөп.
Маннык быһыылары таһаарбат туһугар ханнык баҕарар балаһыанньаҕа уоту сэрэхтээхтик тутта үөрэниэххэ, уот күөдьүйэн бараары гыннаҕына хайдах умуруорарга бэлэмнээх буолуохха, тыаҕа сылдьар техникэлэр глушителлэрэ бүтүнүн уонна алдьамматын ситиһиэххэ. Бу өрт уоттарын барар биричиинэлэрин ырытыыттан өрт уотун уоту тутта үөрүйэҕэ суох, ханнык сиргэ уоту уматары билбэт дьон үгүстүк ыыталлара чуолкайдык дакаастанар.
2. Ойуурга сылдьан уоту хайдах туттарга үөрэнэр улахан уустуга суох буолан баран, дьиҥнээҕэр тыаҕа уонна хонууга боруобалаан көрөн үөрэнии эрэ туһаны аҕалар. Ол курдук уот күөдьүйэн, күүһүрэн истэҕинэ түргэнник уонна эрэллээхтик хамсанан умуруора охсуу эрэйиллэр. Ол иһин, уоту сатаан туттарга үөрэниини маннык көрүҥнээхтик ыытыахха сөп:
- тыал үрэр хайысхатын уонна күүһүн быһаарарга үөрэнии.
- тайҕа тыа уратыларын билиһиннэрии, өр сыллаах хонуу лаҥхата уонна ойуур хаппыт лабааларын чөмөхтөрө ханнык бириэмэҕэ төһө күүскэ умайалларын үөрэтэн билии.
- күүскэ умайар убаҕастар уонна араас атын матырыйааллар хайдах умайалларын үөрэтии. Ити матырыйааллары уматан хайдах туһанары баһылааһын.
- хонууга уонна тыаҕа сылдьан табааҕы сэрэнэн тардарга, түптэни хойуутук буруолатарга уонна отуу уотун сатаан оҥорон, уматан туһанарга үөрэнии.
- уоту хайдах түргэнник умуруорары үөрэтии.
Маннык ураты туһалаах үөрэҕи хас биирдии ойуурга сылдьар киһи хайаан да билиэхтээх «Баһаартан сэрэхтээх буолуу көрдөбүллэрэ» диэн ааттаан киэҥник үөрэтиини тэрийэр туһалаах буолуоҕа. Дьону барытын хабар наадаҕа маннык үөрэҕи дьон үлэлиир уонна үөрэнэр сирдэригэр тэрийиэххэ уонна Айылҕа экологиятын көрдөбүлүн быһыытынан аналлаах толуонунан бигэргэтиэххэ. Маннык тэринии хас биирдии тыаҕа сылдьар киһи уоту сатаан туттарыгар уонна уот барбатын наадатыгар эппиэтинэһэ үрдүүрүгэр улаханнык көмөлөһүө этэ. Оҕолору уоту сатаан туттарга үөрэтиини бастакы кылаастан саҕалаан сааскы кэмҥэ, аҕыйах чаастаах ыытыахха, практикаҕа үөрэтэн, көрдөрөн боруобалаттахха ордук тиийимтиэ буолуо этэ. Итини тэҥэ телевизорынан аналлаах уоту хайдах туттарга үөрэтэр передачалары оҥортоон элбэхтик көрдөрөн үөрэтиини куруук ыытар буолуохха.
Урукку, сэбиэскэй кэмҥэ улахан кэтээһининэн, манааһынынан уонна бобуунан өрт уоттарын барыылара аҕыйах эбит буоллаҕына, билиҥҥи кэмҥэ дьону барыларын үөрэтиинэн, хас биирдии олохтоох киһи Айылҕаҕа харыстабылынан, тапталынан уонна эппиэ¬тинэһин улаатыннарыынан эрэ өрт уоттарын куоттарыыны суох оҥорору ситиһиэххэ сөп.
3. Мутукчалаах ойууру харыстыыр сыалтан, онно үүнэр мас көрүҥэ уларыйбатын наадатыгар, ойууртан тутуу уонна оттук маһын бэрээдэктээхтик кэрдиэххэ. Ойууртан үөрэтиллибит нуорма быһыытынан маһы кэмнээн кэртэххэ ордубут мастар хардары үүнэн биэрэн иһиилэриттэн сотору кэминэн ойуур маһа барыта оннугар түһэн солбуллан иһиэх-тээх. Биир ойууртан аһары элбэх маһы кэртэххэ, ойуур сирэ кууран барар. Күөх ойууртан кэрдиллибит мас мутугун уонна төбөтүн бииргэ тиэйэн таһааран туһаҕа туруорарга кыһаныахха. Онтон, мутуга уонна төбөтө туһаҕа кыайан турдат өттүлэрин, ойуур иһигэр кыра гына чөмөхтөөн хааллардахха, сотору кэминэн көтөҕөнөн көмүллэн кыра ойуур кыыллара саһар сирдэригэр кубулуйар, өссө хойут хаптайан уонна сытыйан букатын биллибэт буолан хаалар, ол иһин ойуур маһыгар туох даҕаны уларыйыыны таһаарбат.
Уһун кэмнээх кэтээн көрүү түмүгүнэн кэрдиллибит мастар мутуктарын уонна төбөлөрүн мунньан сонно ойуур иһигэр уматтахха, мутукчалаах ойуур иһигэр сэбирдэхтээх мастар үүнэннэр, бу ойуур мастара сыыйа уларыйаннар, сирэ кууран барар. Билигин мас кэрдиитигэр туттар техникаларбытынан биир тиити кэрдэн ылаары үүнэн эрэр уонунан титириги алдьатыы таһаарыллар. Ити иһин ойуур хаһаайыстыбаларыттан саҥа тупсарыллыбыт мас кэрдэр тиэхиникэни тутталларыгар ирдэбили олохтуурга сөп этэ.
Улаатан иһэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруктаах, сыыһа-халты туттубат буолууларыттан, айылҕаҕа сэрэхтээхтик, харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларыттан, эдэрдэри иитииттэн-үөрэтииттэн өрт уота барыыта ордук улахан тутулуктаах. Дойдулаах, олохтоох дьон бары күүспүтүн-кыахпытын ууран, биир баар-суох сыаналаах баайбытын, мутукчалаах ойуурбутун харыстаатахпытына, Айылҕабыт эйгэтин уларыйыыта тахсыа суоҕун сөп этэ.
Саха дьоно бэйэлэрин «Айылҕа оҕолорунан» ааттаналлара хантан да булан ылыы эбэтэр үтүктүү буолбатах. Сахалар таҥаралара айылҕаттан тутулуктаахтар. Ол курдук Kүн таҥара, Таба таҥара, Байанай, Дьөһөгөй, сир-дойду иччилэрэ бары Айылҕаны харыстыырга, көрөргө-истэргэ ыҥыраллар.
АЙЫЛҔА КИСТЭЛЭҤ КҮҮҺЭ
Сир үрдүгэр үөскүүр бары кыыллары, көтөрдөрү, өйө-санаата сайдан, сайдыыны баһылыыр кыахтааҕынан туһанан кыайбыт киһи-аймах, кэнники бириэмэҕэ үөрэҕи баһылаан, тиэхиникэни утумнаахтык сайыннаран аны Айылҕаны бэйэтин кыайан-хотон, төрүт сокуоннарын букатын аахсыбакка сиргэ-буорга тэпсэн эрэр. Кинилэр ордук химия наукатын күүскэ сайыннаран, атом күүһүн баһылаан Айылҕа атын кыылларын, көтөрдөрүн уонна үөннэрин киртитэн, буорту оҥорбут сирдэригэр хаалларан, бэйэ¬лэрин эрэ харыстанан, хайдах эрэ гынан ордон хаалыахтарын баҕарал¬лара чуолкайдык биллэн иһэр.
Дьон-аймах сайдыыны ситиһэн улахан, күүстээх тиэхиникэлэри баһылааһыннарын түмүгэр Сир дойду үрдэ киртийэн, ото-маһа баранан, радиациянан сутуллан истэҕин аайы, аны космоһы баһылааһын дьон-аймаҕы өрүһүйүө дии санааччылар элбээн иһэллэр. Космос куйаарын баһылааһын итинник өйү-санааны киллэриитэ дьон бары тулалыыр күөх Айылҕаттан тутулуктаахтарын умналларыгар, олорор сирдэрин соччо харыстаабат буолууларыгар, ханна эрэ баран куотар, сир уларытар санаа үөскээн тэнийэригэр тириэрдэр.
Сиргэ туох эмэ өлүү-алдьархай, олус куһаҕан быһыылар буолар түбэлтэлэригэр дьон бэртэрэ хайдах эмэ гынан ордон хаалыахтарын сөп эбит диэн өйү-санааны космос куйаарын баһылааһын киллэрдэ. Ол курдук дьон космос ку¬йаарынан ыраах сирдэргэ көтөн тиийэн киһи олохсуйуон сөптөөх саҥа планеталарын арыйан булуохтарын сөбүн итэҕэтиилээхтик бигэргэттэ. Улахан кыахтаах, космос куйаарыгар көҥүл көтө сылдьар станция баар буолуута аҕыйах ахсааннаах дьон бэртэрэ, атын киртийэ, буорайа илик саҥа сирдэргэ көһөн, көтөн баралларыгар да кыаҕы биэриэн сөп. Ол ыраас, саҥа сирдэргэ көһөн баран олохсуйуохтарын баҕалаахтар эмиэ элбээн иһиэх курдуктар.
Сир үрдүгэр үөскүүр бука бары үөннэр, көтөрдөр, кыыллар уонна тыыннаах күөх Айылҕа бэйэ-бэйэлэрин кытта олус күүстээх тутулук-таахтарын, итилэр бука бары Сир үрдэ уруккутун курдук, үйэлэр ту¬хары ыраастык-чэбдиктик, күөх үүнээйилэрэ аҕыйаабакка турарыгар аналлаахтарын дьон-аймах букатын умнан эрэллэр. Итини тэҥэ дьон бары Айылҕаттан ылан иһэллэриттэн, аһыылларыттан уонна бэйэлэрин тустарыгар туһаналларыттан ураты атын улахан суолталаах тутулуга суох курдук сананаллар.
Киһи уонна тыынар-тыыннаахтар тулалыыр Айылҕаны кытта сүрүн сибээстэрин, тутулуктарын маннык биэс көрүҥҥэ араарыахха сөп:
1. Дьон Айылҕаны кытта тыынар салгыннарынан, иһэр ууларынан, аһыыр аһылыктарынан тутулуктара.
2. Араас микробтарынан уонна бактерияларынан сибээс.
3. Үгүс хааны сиир үөннэринэн тутулуктаах буолуу.
4. Араас радиационнай, электрическэй уонна магнитнай хонуулары-нан сибээстэhии.
5. Микролептоннарынан сибээстэhии.( экстрасенстар уонна гипнос¬таах дьон туттар сибээстэрэ). Киһи санаатынан сибээстэһии.
Бу сүрүн тутулуктары биир-биир ыламмыт, ырытан тыынар-тыыннаахтар баһылыктарыгар дьон-аймахха сыһыаран кэнники бириэмэҕэ төһө уларыйан, хайдах быһыылаахтык сайдан иһэл¬лэрин кыахпыт баарынан ырытан көрүөхпүт:
1. Дьон бары салгынынан тыыналлар уонна ол тыыналларыгар баар салгын аҕыйах бырыһыанын эрэ туһаналлар. Айылҕаттан аналларын быһыытынан дьон эттэрэ-сииннэрэ салгын састааба сыыйа уларыйан иһиитигэр эмиэ үөрэнэн иһэллэр. Олох куһаҕан да усулуобуйаҕа билигин баар тиэхиникэ көмөтүнэн оҥоруллар ыраас салгыны тыынан, скафандрдаах даҕаны эбэтэр ханнык баҕарар кыараҕас сиргэ ыраастаммыт салгыны тыына сылдьыахха сөп курдук саныыллар. Ити иһин салгын киртийиитэ дьон-аймахха ураты улахан кутталы үөскэппэт. Салгыннара улаханнык буорту буолан ылар кэмнэрдээх олус улахан куораттарга даҕаны дьон олоҕо син-биир сайдан баран иһэр.
Айылҕаттан ылыллар араас аһы-үөлү ылаат даҕаны сииллэрин уонна ууну ыраастаабакка эрэ иһэллэрин дьон бырахпыттара ыраатта. Билиҥҥи бириэмэҕэ ыраастамматах, тупсарыллыбатах уонна буспатах аһылыгы ким да сиэбэт буолла. Олох сайдыытын таһыма үрдээн ис-тэҕин аайы араас аһы-үөлу бааҥкалартан, тюбиктартан аһаныллар уонна ууну бытыылкалартан эрэ иһиллэр буолара кэлэн иһэр. Наука уонна тиэхиника сайдыытын көмөтүнэн ас-үөл саппааһын үчүгэйдик суулаан-хаалаан, тоҥорон уурар кыах дьоҥҥо толору баар буолан иһэр.
Онон аһы-үөлү, ууну ыраастаан, тупсаран уһун кэмҥэ буорту буол¬бат гына ууран, хаһаанан уонна ону иһэн-аһаан, дьон төһө баҕарар уһуннук сылдьыахтарын, олоруохтарын сөп курдук саныыллар.
2. Араас микробтартан уонна бактериялартан дьон медицина уонна химия наукаларын күүскэ сайыннаран, үгүс эмтэр, маастар, мыылалар көмөлөрүнэн көмүскэнэр кыахтаахтар. Наука сайдыыта эмиэ күүһүрэн иһэринэн саҥа биллэн кэлэр микробтартан уонна бактериялартан син сөптөөх кэмигэр, көмүскэнэр эмтэри айан туһаҕа таһааран иһэллэр.
Ити курдук билиҥҥи кэмҥэ дьон ыарыылара уонна эмтэниилэрэ, күрэс былдьаһыы курдук, олус улахан эрэмньини үөскэппэтэллэр даҕаны, киһи-аймах кыайыыларынан, саҥаттан саҥа ситиһиилэринэн түмүктэнэн иһэллэр. Ол курдук кэлин кэмҥэ киэҥник тарҕана сыспыт атипичнай пневмония ыарыытын кытай медицинэтин үлэһиттэрэ син кыайдылар, сотору кэминэн рак ыарыыны кыайыахпытын сөп диэн эмиэ этэллэр.
Дьон-аймахха өссө саҥа ыарыы – көтөр кириибэ суоһуур диэн аймалҕан үөскээтэ. Бу ыарыы билигин улахан көтөр фабрикаларыгар бары көтөрдөргө киэҥник тарҕанан ылар кэмнэрдээх. Аны айылҕа көтөрдөрүгэр тарҕанар кыахтаах диэн куттууллар. Ол эрээри бу ыарыыны утарар саҥа эмтэр, прививкалар эмиэ айыллан тарҕанан эрэллэр.
3. Дьон доруобуйалара тыыннаах күөх Айылҕаны кытта хааннарынан ордук күүстээх тутулуктаахтарын билигин наука ситэ үөрэтэ илик. Айылҕа киртийиититтэн сибээстээх ыарыылар бука барылара киһи, атын да тыынар-тыыннаахтар хааннарыгар быһаччы дьайаллар.(14,3).
Киһи Айылҕаттан оҥоһуутун быһыытынан тохтообокко эргийэ сылдьар хаана, кыра-кыратык да буоллар, сыл устата уларыйан биэрэн иһиэхтээх. Бу уларыйыыны Айылҕа хааны оборор үөннэрин көмөлөрүнэн бары тыынар-тыыннаахтарга тохтоло суох оҥорор аналлаах уонна бу үөннэр тыынар-тыыннаах доруобуйата Айылҕа уларыйан биэрэн иһэр усулуобуйатыгар сөп түбэһэр гына уларыйан иһиитин хааннарын нөҥүө хааччыйыахтаахтар.
Араас хааны оборор үөннэр дьиҥнээх күөх Айылҕа бэйэтин усулуобуйатыгар үөскүүллэр уонна Айылҕаны кытта тыынар-тыыннаахтары барыларын: көтөрдөрү, кыыллары уонна дьону ыксары сибээстииллэр, итини тэҥэ бу үөннэр тыынар-тыыннаахтары барыларын хааннарын эмтииллэр. Ол эмтээһиннэрэ маннык көрүҥнэрдээхтик ыытыллар:
а. Тыынар-тыыннаахтарга кыра-кыратык Айылҕаҕа көстөр ыарыылары сыһыараннар, кинилэр эттэрэ-хааннара бу ыарыыга утарылаһар дьоҕурдарын күүһүрдэллэр.
б. Хааннарын кыра-кыратык көҕүрэтэн, эргэрбит хааннара саҥа хаанынан солбуллан, саҥардыллан биэрэн иһиитин хааччыйаллар.
в. Тыынар-тыыннаахтар хааннарын обороннор кыра тымырдар төбөлөрүн эргэ хаан тобохторуттан ыраастаан хааннарын эргиирин тупсараллар.
г. Эти-сиини хас дьөлүтэ кэйдэхтэрин аайы ньиэрбэлэр түмүктэрин кэйиэлээн, кыра ыарыы сүүрээнин тарҕатаннар, ньиэрбэлэр үлэлэрин сэргэхситэллэр. Эт-сиин ньиэрбэтэ мөлтөөбүт, ыарыыны ситэ билбэт буолбут өттүттэн хааны сиир үөннэр элбэхтик хааны оборон ыраастааннар ньиэрбэ үлэтин сэргэхситэллэр.
д. Сытыы тумсуларынан дьөлүтэ кэйиэлээн кыра ыарыылары тулуйарга тыынар-тыыннаахтар өйдөрүн-санааларын үөрэтэллэр, ньиэрбэлэрин тулуурдаах буолууга эрчийэннэр, эттэрэ-хааннара, өйдөрө-санаалара бөҕөргүүрүн, тулуурдара улаатарын хааччыйаллар.
Бу курдук Айылҕа хааны оборор үөннэрэ бары Сир үрдүгэр баар көтөрдөрү, кыыллары уонна дьону барыларын хабан куруук хааннарын тупсараллар уонна ньиэрбэлэрин эмтээннэр өйдөрүн-санааларын бөҕө туруктаах оҥороллор.
Ити ааҕыталаабыт быһаарыыларбытын туһанан Айылҕаҕа үөскүүр хааны оборор үөннэри барыларын икки улахан чөмөххө араарыахха сөп: куруук эмтии сылдьааччыларга уонна сайыҥҥы кэмҥэ күүскэ эмтиир, хааны көҕүрэтэр үөннэргэ. Бу чөмөхтөр бэйэлэрэ эмиэ араас суол көрүҥнэргэ арахсаллар.
Бастакы чөмөххө, ол аата куруук эмтии сылдьааччыларга маннык көрүҥнэри киллэриэххэ сөп:
- быттар - араас көтөрдөргө, кыылларга барыларыгар бааллар. Урукку кэмҥэ дьоҥҥо эмиэ бааллара бэлиэтэнэр этэ.
- кулахылар - уйаҕа, дьиэҕэ-уокка сынньанар уонна утуйар кэмҥэ хааны оборо, эмтии сылдьар аналлаахтар.
Иккис чөмөххө, сайыҥҥы кэмҥэ күүскэ эмтээччилэргэ киирэллэр:
- бырдахтар - бары араастара барылара киирэллэр. Балар сайын ортотугар диэри ордук сөрүүн, сииктээх кэмҥэ тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар саба түһэн хааннарын обороллор.
- күлүмэннэр, күйүгэстэр - бу үөннэр аны саамай куйаас кэмҥэ, күн көрөр сиригэр ордук күүскэ көтөллөр.
- оҥоойулар –күһүөрү кэмҥэ хойуутук түһэллэр уонна тыынар-тыыннаахтары барыларын хабаллар. Балартан кыыллар түүлээх да буолан кыайан быыһамматтар.
Маннык хааны оборор үөннэр араас көрүҥнэргэ арахсаннар дьыл ханнык баҕарар кэмигэр тыынар-тыыннаахтары эккирэтэ сылдьан эмтииллэр. Итилэр дьиҥнээх күөх Айылҕа бэйэтин усулуобуйатыгар үөскүүллэриттэн Күн уотун сардаҥата, салгын састаабын уларыйыыта уонна Сир үрдэ радиациянан киртийиитэ бу үөннэргэ быһаччы дьайал-лар уонна ол дьайыылартан тахсар уларыйыылары тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар, ол иһигэр дьоҥҥо эмиэ, быһаччы хааннарыгар тириэрдэр аналлаахтар. Бу курдук Сир үрдэ киртийэн, салгына уларыйан истэҕин аайы, хааны сиир үөннэр көмөлөрүнэн көтөрдөр, кыыллар уонна дьон доруобуйалара эмиэ сыыйа уларыйан биэрэн иһиэхтээхтэр диир эбит Айылҕа тутаах сокуона.
Онон, тыынар-тыыннаахтар, сылаас хааннаахтар тулалыыр Айылҕаны кытта туллубат гына тутулуктара, бу хааннарынан тутулук буолар. Аны бу тутулук арахсыыта, суох буолуута дьон Айылҕаҕа сылдьыбаттарыттан үөскүүр уонна хааны сиир үөннэргэ сиэппэтэхтэринэ аны хааннара мөлтөөн араас ыарыыларга ылларыыларыгар тириэрдиэн сөп. Ол курдук дьон Айылҕаттан тэйиилэрэ, бу хааны оборор үөннэргэ сиэппэт буолуохтарыттан ыла саҕаланан барбыт эбит.
Сайдыыны ситиспит дьон-аймах уһулуччулаах ситиһиилэринэн, бу хааны оборор үөннэри буортулаахтарынан, «паразиттарынан» ааттаан имири эһэннэр суох оҥоруулара буолбута. Ол эрээри ити кыайыы төттөрү дьон бэйэлэрин доруобуйаларын мөлтөөһүнүгэр, элбэхтик ыалдьалларыгар тириэрдэрин урукку, сайдыыта суох кэмҥэ билимиэхтэрин, сэрэйимиэхтэрин да сөп.
Урукку кэмҥэ ыраастык, чэнчистик олорорго өр кэмҥэ, хас да үйэлэргэ үөрэммит, Айылҕа хааны сиир үөннэригэр сиэппэтэх мааны олохтоох баай дьон эрэ хаан бөлүөхпэт буолуутун ыарыытынан, гемофилиянан ыалдьаллар этэ. Бу ураты ыарыы оччотооҕу кэмҥэ улахан баай дьон, ыраахтааҕылар аймахтарыттан аан маҥнай эр дьону эрэ хаарыйар этэ. Оччолорго бу ыарыы туохтан үөскүүрүн соччо билбэт эрдэхтэринэ, улахан баай дьон туспа уратыларынан ааҕаллара. Бу дьон бары ханна да Айылҕаҕа бэйэтигэр сылдьан саастарын тухары биир хааппыла хааннарын көҕүрэппэтэх дьон буолалларын аахса барбат эбиттэр. Киһи олоҕун устата төһө эмэ хаана эргэрэн уларыйан иһиэхтээҕин медицина науката билигин да үөрэтэ илик. Ол иһин билигин даҕаны тоҕо дьахталлар эр дьонтон уһуннук олороллорун, доруобуйалара бөҕөтүн кыайан быһааран биэрэ иликтэр.
Билигин ааҕан таһааралларынан дьахталлар эр дьонтон уонча сылтан ордугунан уһуннук олороллор. Дьахталлар үйэлэрэ тоҕо уһунун быһаарыыга биһиги көрүүбүт атыттардааҕар ураты уонна Айылҕа тыынар-тыыннаахтарын кытта тутулуктарын учуоттуур. Дьахталлар эр дьонтон ордук тулуурдаахтара уонна доруобуйалара бөҕө буолан олохторо уһааһына хас да уон сыллар усталарыгар кыра-кыратык хааннарын көҕүрэтэ сылдьалларыттан доруобуйаларын уһун кэмҥэ тупсарыналларыгар олоҕурар. Кинилэр олохторун устата хааннарын кыра-кыратык көҕүрэтэн, эргэрбит хааннарын саҥанан солбуйан биэрэн иһэллэрэ айылҕаҕа сылдьыбат буолан хааннарын көҕүрэппэт буолбут эр дьонтон быдан элбэх.
Онон, эр дьон Айылҕаттан тэйиилэрэ, хааны сиир үөннэргэ сиэппэттэрэ доруобуйаларын сыыйа мөлтөтөн иһэр. Сааһыран истэхтэринэ хаан ыарыыларыгар элбэхтик ыллараллар.
Тыаҕа олохтоох дьон куорат олохтоохторуттан майгыларынан, тулуурдарынан уратыланаллара уонна доруобуйалара бөҕө буолуута барыта бу хааны сиир үөннэр дьайыыларыттан быһаччы тутулуктаах.
Ити курдук, киһи уонна Айылҕа бу сүрүн хааннарынан тутулуктарын, букатыннаахтык быста, сүтэ иликтэринэ урукку оннугар түһэрии, ол аата дьон дьиҥнээх Айылҕа усулуобуйатыгар сылдьыыларын ситиһии, кинилэр Сир үрдүгэр доруобайдык уонна уһуннук олороллоругар кыаҕы биэриэн сөп.
4. Билигин сайдыылаах олох электричествота суох букатын табыллыбат. Аныгы тиэхиникэлэр бары электричество күүһүнэн туһаналлар уонна салайыналлар. Электричество уота суох буоларын кытта цивилизация сайдыыта суох буола эстэр.
Олус кылгас, кылгас уонна уһун долгуннардаах радио долгуннара аан дойдуну барытын саба бүрүйэн тураллар. Ол иһин киһи олоҕо араас электрическэй уонна магнитнай хонуулар ортолоругар барар буолла. Бу хонуулар киһиэхэ дьайыыларын медицинэ науката үөрэтэн ханнык эрэ таһымы ааһа барбаттарын тутуһуннара сатыыр.
5. Сахалар «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн кынаттаах этиилээхтэр. Бу этиини биһиги үгүс үлэлэрбитинэн дакаастыы сатыыбыт. Хас киһи барыта атын дьон санааларын иһигэр олоҕун олорор. Ол аата кини туһунан атын дьон санааларыттан олоҕо, өйө-санаата кыра да буоллар эмиэ тутулуктанар. Элбэх дьон киһиэхэ үтүөнү, үчүгэйи баҕара санаатахтарына олох көнөн, тупсан барыыта саҕаланар. Саха дьонун олохторун үөрэҕэ атын дьоҥҥо куһаҕаны баҕарыма, бэйэҕэр эргийэн кэлиэҕэ диэн эмиэ этэр. Бу этии киһи куһаҕан санаата хос-хос хатыланнаҕына ийэ кутугар уларыйан уурулуннаҕына ханнык эмэ балаһыанньа сөп түбэһэн биэрдэҕинэ туттуллан хаалан олоҕун барытын буортулуон сөбүн быһаарар.
Дьоҥҥо үтүөнү, үчүгэйи баҕарар, оҥорор киһиэхэ дьон эмиэ үчүгэйи баҕара саныыллар, үчүгэйи оҥороллоро элбиир. Бу киһи бары оҥорор быһыылара ордук табыллаллар, элбэх барыһы ылара кыаллыан сөп.
Yгүс дьон санаалара хайа диэки охтор даҕаны олох ол диэки сыыйа сыҕарыйан барар. Олус уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэ буолбут этии «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн итинник дакаастанар. Онон дьон санааларын бииргэ холбоотохторуна санаалара күүһүрэн, эбиллэн биэрэрин сахалар олус былыргыттан билэн туһаналлар эбит.
Киһи Айылҕаны кытта ити курдук сүрүн тутулуктардааҕын билинэн, дириҥник үөрэтэн, суох оҥорон кэбиспэккэ, туһалаах өрүттэрин сыыйа-баайа уларытан туһаннаҕына олоҕун уһуннук олорор кыахтанар. Киһи Айылҕаны кытта тутулуктара олус кытаанахтар, эмискэ уларыйбаттар, эккэ-сииҥҥэ быһаччы дьайыылаахтар.
АЙЫЛҔАЛЫЫН АТААННАҺЫЫ
Дьон бары саастарын тухары бэйэлэрин олохторун тупсараары, үчүгэй оҥороору Айылҕаттан ылан бэйэлэрин тустарыгар туһанан, Айылҕа сорох көрүҥнэрин суох оҥортоон, онтон атыттарын уларытан иһэллэр. Кини¬лэр уһун кэмнээх олохторун устатыгар үгүс тыынар-тыыннаахтарга буортулаах элбэх веществолары оҥорон таһааран мунньуннулар. Олору кыайан көрөн-истэн харайыы кыаттарбакка Айылҕаны киртитии, сүһүрдүү таһаарылла турар. Айылҕаны итинник киртитииттэн, киһи уонна Айылҕа икки ардыларыгар сөпсөспөт буолуу, атааннаһыы үөскээн, тэнийэн иһэр.
Киһи уонна Айылҕа икки ардыларыгар кэнники кэмҥэ күүһүрэн иһэр атааннаһыы биир көрүҥүнэн кыра оҕо бырдах сииригэр олус өр кэмҥэ үөрэниитэ буолар. Сайын кыра оҕону бырдах сиэтэҕинэ, ити сиэбит сирэ кытаран, үллэн, бааһыран барар. Оҕо доруобуйата бырдах сиирин тулуйарга олус элбэх бириэмэ устата үөрэнэр буолла. Ол курдук сорох оҕолор оскуолаҕа киириэхтэригэр диэри бырдах сиириттэн бааһыран эрэйдэнэллэр. Ити уһун кэм устата, бырдах сиирин тулуйар буолуор диэри, үгүстүк тымныйан ыарыыга ылларан иһэр, мөлтөх доруобуйалаах оҕо ахсааныгар киирсэр уонна элбэхтик эмтэнэргэ күһэллэр.
Улахан да дьон кыһыны этэҥҥэ туораан, саас маҥнайгы бырдахха сиэттэхтэринэ, эттэригэр кыһыл туочукалар үөскээн тахсаллар. Ити аата кыһын устата киһи доруобуйата эмиэ мөлтүүрүн, онтон ити кэмҥэ Айылҕа эмиэ уларыйан биэрэрин бэлиэтэ буолар. Айылҕаҕа элбэхтик сырыттахха сааскы бырдах сиэбит сирэ сотору кэминэн син сүтэр уонна атын бырдахтар сиэтэхтэринэ даҕаны киһи этэ кытарбат, билиммэт буоларга үөрэнэн хаалар.
Бырдах сиирин киһи этэ тулуйбата, киһи уонна Айылҕа, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар сөп түбэспэттэрэ улаатан иһэрин кэрэһилээн көрдөрөр бэлиэ буолар. Бу сөп түбэспэт буолуу киһи доруобуйата мөлтөөһүнүн бэлиэтиир. Доруобуйа бу курдук мөлтөөн эрэрин бөҕөргөтөргө Айылҕаҕа бэйэтигэр эрэ сылдьыы туһалыыр. Ол аата сибиэһэй салгынынан тыыныы, элбэхтэ бырдахха сиэтии уонна тымныы уунан эти-сиини эрчийии эрэ туһалыахтаах.
Билигин оҕолор кыра эрдэхтэриттэн хайаан даҕаны ылар прививкаларын ахсаана эбиллэн иһэр. Ити прививкалары барыларын ылбатаҕына, оҕо улаатан киһи буолара биллибэт. Ити аата, эмп-том күүһэ суох киһи бэйэтэ Айылҕаҕа көҥүл төрөөн-ууһаан олорор кыаҕа аны суоҕун чуолкайдык көрдөрөр бэлиэ буолар. Наука уонна техника кэнники кэмҥэ олус түргэнник сайдан иһэллэрэ Айылҕаны эмиэ уларытар. Айылҕа итинник кылгас кэм иһигэр уларыйан хаалыытыгар киһи доруобуйата кыайан ситэн үөрэммэтин ити прививкалар элбээн иһиилэрэ көрдөрөр.
Айылҕаны кытта атааннаһыы биир көрүҥүнэн, дьон олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһэр аһы-үөлү аһаабаттара буолла. Манна ордук чуолаан киһи ууну иһиитин киллэриэххэ сөп. Ол курдук сайыҥҥы олус куйаас кэмҥэ, тириппит, этэ-сиинэ сылыйбыт киһи, тымныы ууну эмискэ иһэрин билэр дьон бобо, тохтото сатыыллар этэ. Тириппит киһи сойо, сөрүүкүү түһэн баран сөрүүн ууну иһэригэр кырдьаҕастар сүбэлииллэрэ. Бу көрдөбүлгэ медицинэ үлэһиттэрэ уонна спортсменнар санаалара эмиэ сөп түбэһэр. Ол эрээ¬ри элбэх, минньигэс амтаннаах, тымнытан эрэ баран иһиллэргэ анаммыт, гаастаммыт утахтар дэлэччи анньыллан тураллара, оҕолортон уонна улахан да дьонтон ураты тулуурдаах буолууну эрэйэллэр. Ити кэмҥэ кыайан туттуммакка, тымныы ууну элбэхтик иһии, киһи доруобуйатын мөлтөтөн, куйаас кэмҥэ куруук тиритэ мээрик буоларыгар уонна өссө күүскэ утатарыгар тириэрдэр.
Урут тыа үлэтигэр ат көлө элбэхтик туттуллар эрдэҕинэ, үлэлээн, сылайан кэлбит көлөнү уулаппакка чаас аҥара хам баайан туруоруу кытаанахтык ирдэнэр көрдөбүлүнэн буолара. Эмискэ тымныы ууну иһии, тириппит көлө үөһүгэр соҕотохто түһэн, уруттаан өлөн да хаалыан сөбүн кырдьаҕастар билэллэр этэ. Ол иһин көлөнү харыстаан, сойуор диэри хам баайан, ууну букатын иһэрдибэттэрэ.
Улаханнык тиритэ-тиритэ тымныы ууну иһии киһи доруобуйатын эмиэ мөлтөтөрүн билэн төрөппүттэр оҕолоругар хайаан да тутуһуннара үөрэтэллэрэ ордук буолуо этэ.
Куйаас кэмҥэ тымныы мороженайы сиэһин, эмиэ Айылҕа көрдөбүлүн утары барыынан ааҕыллар. Маннык быһыы, киһи баҕа санаата уонна доруобуйатын, этин-сиинин көрдөбүлэ хаһан даҕаны сөп түбэспэттэрин бэлиэтэ. Хата, кыһыҥҥы кэмҥэ тоҥон кэлбит киһи мороженай сиирэ доруобуйатыгар ордук туһалыырын, тымныы дойду олохтоохторо үчүгэйдик билэллэр. Ол курдук тымныыга тоҥон кэлбит киһи түргэнник ирэрин наадатыгар кыһыллыбыт тоҥ балыгы эбэтэр хаһаны сиирэ ордугун олох¬тоохтор былыргыттан билэн туһана сылдьаллар. Олус итии сир олохтоох дьоно утахтарын ханнараары, оргуйбутунан итии чэйи үрэ-үрэ иһэллэр. Куйаас кэмҥэ итии чэйи итинник иһии эрэ киһи утаҕын ханнарар уонна куруук ууну иһэ туруох баҕатын тохтотор. Куйаас кэмҥэ итии ууттан атыны испэт буола үөрэнии, киһини мээлэ тиритэ сылдьыбат оҥорор уонна киһи бэйэтэ итиини ордук тулуйар буоларыгар көмөлөһөр.
Итинник Айылҕаттан тутулуктаах үөрэхтэри бэйэлэрин уһун олохторун устатыгар элбэҕи билбит-көрбүт кырдьаҕас, элбэх уоппуттаах дьон бэйэлэрин оҕолоругар, сиэннэригэр лаппа тиийэр гына иҥэрдэхтэринэ ордук туһалаах буолуо этэ. Ордук бииргэ тиритэ-хорута үлэлии сылдьан бэйэлэрин тустаах холобурдарынан көрдөрөн үөрэттэхтэринэ тиийимтиэ уонна өйдөнүмтүө буолар. Ону баара эдэр ийэлэр уонна аҕалар итин¬ник үөрэҕи бэйэлэрэ да аанньа билбэт буолан иһэллэр, тоҕо диэтэх¬хэ, аныгы үөрэх кинигэлэрэ барылара олохтоох дьон үөрэхтэрин аанньа ахтыбаттарыттан итинник үөрэҕи аны суруйбаттар. Итини тэҥэ соҕурууҥҥу үөрэҕи баһылаабыт эдэрдэр олох үөрэҕин билэр кырдьаҕастар этиилэрин уонна үөрэхтэрин аанньа ахтан ылымматтар.
Физиотерапевт Поль Брэгг өр сыллаах үөрэтиитин түмүгүнэн киһи этин-сиинин көрдөбүлэ уонна өйө-санаата тугу этэрэ тус-туспаларын бигэргэтэр. (3,53). Кини уһун сылларга чинчийэн киһи олоҕун уһуна иһэр уутуттан уонна аһыыр аһылыгыттан быһаччы тутулуктааҕын сиһилии үөрэппит. Биһиги кини үөрэҕин ылынарбытыгар уонна батыһарбытыгар, бэйэтин олоҕун холобура быһаччы көмөлөөх буолуон сөп. Ол курдук кини бэйэтин 95 сааһыгар этэ-сиинэ эдэр киһи киэнин курдук күүстээх-уохтаах уонна имигэс эбит. Үйэтин тухары Айылҕаҕа сылдьан, үүнээйи, сибиэһэй астары кэмнээн аһаан, эл¬бэхтик хамсанан уонна сүүрэн-хааман этэ-сиинэ эдэр туруктаах буоларын ситиспит.
Урукку кэмҥэ саха дьоно иһэр ууларын мууһунан хаһаанан сайыны, күһүнү быһа ыраас муус уутун иһэллэрэ. Олохтоох ыаллар бары дириҥ бадыбааллары оҥостоннор онно мууһу хаһаананнар иһэр ууларынан аан маҥнай хааччыналлар этэ. Оччотооҕу кэмҥэ сахалар олус уһун үйэлээхтэрин элбэх үөрэхтээхтэр бэлиэтии көрбүттэрэ биллэр. Киһи олоҕун уһуна, кини доруобуйата туох аһы-үөлү аһыырыттан уонна ханнык ууну иһэриттэн быһаччы туту¬луктааҕын дьон аһылыктарынан анаан-минээн дьарыктанар үөрэхтээхтэр быһааран эрэллэр. Өр кэмҥэ дьон аһыыр аһылыктарын үөрэппит Америка үөрэхтээҕэ Поль Брэгг бэйэтин үлэтигэр дьон муус уутун иһэллэрэ, ыраас, Айылҕаҕа үүммүт аһылыгы аһыыллара уонна сотору-¬сотору аччыктаан ылыылара доруобуйалара тупсарыгар, бөҕөргүүрүгэр тириэрдэрин бэйэтин уоппутунан туһанан наадыйар киһиэхэ тиийэр гы¬на быһаарар.
Саха дьоно олус түргэнник, 20-с үйэ эрэ устата, түҥ былыргы колония олоҕуттан сайдыылаах цивилизация олоҕор киирэн иһэллэрин түмүгэр олохторун уһуна биллэрдик кылгаата. Былыргы ыраахтааҕы саҕана Кавказ омуктарын кэнниттэн уһун үйэлээх омугунан биллэ сылдьыбыт сахалар билигин кэлэн эр дьоннорун орто саастара 58 сылга тиийдэ диэн статистика ааҕан-суоттаан биллэрбитин кэнниттэн эрэ улаханнык соһуйдулар.
Былыр, ыраахтааҕы кэмин саҕана олохтоох дьон бары бэйэлэрэ үүннэрэр уонна үөс¬кэтэр сибиэһэй астарынан аһылыктаналлара. Үгүс саха дьадаҥылара элбэх аһылыктара суоҕуттан, кэмчилээн аҕыйахтык аһыыллар, үгүстүк сылбахай уунан, ымдаанынан аһаан сылдьаллар этэ диэн уруккуну чахчы билэр суруйааччылар үлэлэрэ архивтарга хараллыбыттар.
Билигин кэлэн үөрэхтээхтэр киһи аһыыр аһылыга аҕыйах уонна сибиэһэйдии сиэтэҕинэ киһи доруобай буолан үйэтэ уһуур диэн бигэргэтэллэр. Ол иһин былыргы кэмҥэ дьон уһун үйэлэлэллэрэ аҕыйахтык уонна сибиэһэй аһы аһыыр эбиттэ¬риттэн тутулуктааҕа быһаарыллар.
Ол кэмҥэ хас биирдии ыал сиир бурдуктарын бэйэлэрэ үүннэрэллэрэ, сарсын сиэхтээх бурдуктарын бу киэһэтигэр тардыналлара аһылыктара аҕыйаатар даҕаны ордук иҥэмтэлээх уонна битэмииннээх буоларын хааччыйар эбит. Бурдугу уһун кэмҥэ туораҕынан хаһааннахха киһи сииригэр ордук туһалаах битэмииннэрин сүтэрбэтин дьон олоҕун уһатыынан дьарык¬таммыт киһи Поль Брэгг быһаарар. Уһун кэмҥэ буорту буолбатын диэн араас суол химическэй састааптар эбиллибит аһылыктара киһи доруобуйатыгар туһалыылларын тэҥэ буортуну оҥороллорун учуонай бигэргэтэр. Кини кэнники кэмҥэ дьон хаан, сүрэх ыарыыларынан элбэхтик ыалдьыыларын сибиэһэй уонна айылҕаҕа бэйэтигэр үүнэр аһылыктары сиэбэттэринэн, ыраас ууну испэттэринэн быһаарар. Итини тэҥэ кини араас химическэй элеменнэри тууһу, саахары, минньигэстэри сиэһини доруобуйаны буорту оҥоруунан ааҕар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан Айылҕаны кытта атааннаспакка, утарыта турбакка, биир суолу булунан эйэ-нэмнээхтик олорбуттара. Кинилэр олохторун сыалын сүрүн төрүтүнэн «Айылҕа биэрбитинэн» олоруу буолар этэ. Сахалар ити олохторун сыала билигин да уларыйа илигин бэлиэтинэн, Аан дойду үрдүнэн чөл турар айылҕалаах сир - Саха сирэ эрэ буолара туоһулуур. Айылҕа былыргы чөл туругунан турарын хааччыйыыны дьон барыта бэйэлэрин ытык иэстэринэн ааҕыннахтарына, олохторо уһуурун уонна доруобуйалара бөҕө ту-руктаныытын ситиһиэхтэрин сөп.
АЙЫЛҔА УЛАРЫЙАН ИҺЭР
Кэнники кэмҥэ Айылҕа уларыйан барыыта, аналлаах үөрэҕэ да суох дьоҥҥо кытта биллэр буолла. Ол иһин билигин үгүс дьон Айылҕа уларыйан иһиитин бэйэлэрэ кэтээн көрө сатыыллар. Итиннэ эбии Айылҕа уларыйан иһиитин туһунан бэчээккэ суруйан, радиоҕа кэпсээн уонна телевизорга киэҥник көрдөрөр буолан эрэллэр. Ол гынан баран бу Айылҕа уларыйыыта хайдах быһыылаахтык кэлэн иһиэхтээҕин туһунан оннооҕор аналлаах үөрэхтээхтэр биир санааны була иликтэр. Онтон биһиги санаабытыгар Айылҕа уларыйыыта үс сүрүн көрүҥүнэн, Сир үрдүн барытын хабан, сыыйа тэнийэн иһэр. Ол көрүҥнэри биир-биир ылан, ырытан көрдөхпүтүнэ маннык быһыылаахтык сайдан иһэллэр:
1. Дьон үлэлэрин - хамнастарын түмүгүттэн Сир салгына сылыйан эрэр. Халлаан үөрэхтээхтэрэ бэлиэтииллэринэн Сир салгынын сылыйыыта ааспыт үйэ 60-с сылларынааҕар 10-ча кыраадыска тиийэ итийдэ. Хоту сир олохтоохторугар халлаан сылыйыыта олохторугар үчүгэйи аҕаларын таһынан сир аннынааҕы ирбэт тоҥ буору ириэрэн, улахан таас тутуулар фундаменнарын хамсатыан сөп. Итини таһынан халлаан сылыйан иһиититтэн Хоту уонна Соҕуруу полюстарга үгүс тыһыынча сылларга мунньуллубут элбэх муус саппааһа ирэн ба-рыытыттан, Аан дойду муораларын уутун таһыма үрдээн, намыһах хонуу сирдэри уу ылыыта эбиллэн иһэр. Билигин дьон ордук Антарктидаҕа улахан муустар ууллуулара сыл аайы түргэтээн иһэрин кэтээн көрөллөр.
Сир атмосфератын озоновай бүрүөһүнэ сорох сирдэринэн, ордук полюстар үрдүлэринэн чарааһаан эбэтэр тэстэн хаалыытыттан күн уотун итиини аҕалар сардаҥаларын дьайыылара күүһүрэр. Дьон оҥорон таһааран киэҥник туттар фреон диэн химическэй састааптара үөһээ стратосфераҕа көтөн тахсан, үрэллэн, хлора туспа баран озон молекулаларын суох оҥорорун быһаардылар.(4,3).
Билигин наука үлэһиттэрин кэтээн көрүүлэрин түмүгүнэн стратосфераҕа озон ахсаана 15 - 20 бырыһыан аччаабыта бэлиэтэнэр. 1987 сыллаахха 1979 сыллааҕар озон 2 төгүл аччаабыт. 25 км үрдүккэ озоннаах бүрүөһүҥҥэ 10 млн. кв. км иэннээх сири хабан улахан ха¬йаҕас Антарктида үрдүнэн үөскээбит. Итинник хайаҕас 1988 сыллаахха тохсунньуттан кулун тутар ыйга диэри Хотугу полюс үрдүнэн баар буолбута бэлиэтэммит. Кэлин 40 - 60 хонон баран озоннаах бүрүөһүн хайаҕаһа бүөлэнэн, стратосфераҕа озон концентрацията оннугар түһэн хаалар эбит.(5,12). 2003 сыллааҕы кэтээн көрүү түмүгүнэн Соҕуруу полюс үрдүнээҕи озон бүрүөһүнүн хайаҕаһа биллэрдик улааппыт.
Айылҕа сылыйыы өттүгэр уларыйыыта ирбэт тоҥ буор үрдүгэр тэнийбит Саха сиригэр ордук кутталлааҕын, сир анныгар сытар муустар ириилэриттэн сир ньуура олус улаханнык алдьанарынан быһаарылларын биологическай наука кандидата Н.Находкин «Саха сиригэр глобальнай сылыйыы» диэн үлэтигэр суруйар. (6,10).
2. Мутукчалаах мастары имири кэрдэн аҕыйатыыттан Сир үрдүгэр уу паарын эргиирэ күүһүрэн барар, ол иһин олус күүстээх тыаллар уонна ардах¬тар түһүүлэрэ элбээн иһэллэр. Олус күүстээх тыаллар түһэннэр үүнэн турар маста¬ры барыларын охтороллоро Айылҕа уларыйара түргэтээн иһэрин биир бэлиэтэ буолар уонна бу хамсааһын өссө кэҥээн иһэрин быһаарар.
Ардах-хаар олус күүскэ түһүүтэ, уу паара ордук дэлэйдик салгыҥҥа көтүүтүттэн быһаччы тутулуктаах. Урукку кэмҥэ хонуу сир үгүс өттүн сабардыы үүммүт мутукчалаах мастар кэрдиллэн уонна уматыллан аҕыйааннар, хонуу сир сиигэ түргэнник кууран иһэр. Мутукчалаах мастар оннуларыгар үүннэриллибит сэбирдэхтээх мастар төттөрү, хонуу сир сиигэ кууруутун ордук түргэтэтэллэр. Ол курдук сэбирдэх ууну көтүтэр иэнэ улахана бэрдиттэн, салгыҥҥа ууну лаппа элбэхтик көтүтэрэ биллэр.
Салгыҥҥа элбэх уу паара түргэнник көтөн мунньуллуута, улахан, күүстээх ардахтары, хаардары уонна тыаллары үөскэтэр. Аны күүстээх тыаллар биир уратыларынан үүнэн турар улахан мастары барыларын охтортууллар. Ол иһин Айылҕаҕа үөскээбит уу эргиирин хамсааһына өссө күүһүрэн, дириҥээн биэрэн иһэрэ эбиллэр. Бу быһаарыы билигин сир үрдүгэр үөскээбит балаһыанньа салгыы сайдан иһэрин, күүстээх тыаллар, ардахтар эбиллэн иһиилэрин билгэлиир.
3. Хонуу сир кууран барыыта, Сир үрдүгэр үөскүүр хааны сиир үөннэри аҕыйатан, дьон Айылҕаны кытта сибээстэрин суох оҥорон, кинилэр араас ыарыыларга утарылаһар дьоҕурдарын улаханнык мөлтөттө. Ол мөлтөтүү биир көрүҥүнэн кыра оҕо бырдах сиирин тулу-йарга үөрэниитэ олус өр кэми ылар буолбутун ааҕыахха сөп. Оҕолор доруобуйалара кэлин кэмҥэ биллэрдик мөлтөөтө диэн медицинэ үөрэхтээхтэрэ бары этэллэр.
Кыһыны этэҥҥэ туораан, саас маҥнайгы бырдахха сиэттэхтэринэ, дьон эттэригэр кыһыл туочукалар үөскээн тахсаллара кыһын устата киһи доруобуйата эмиэ мөлтүүрүн, онтон ити кэмҥэ Айылҕа эмиэ уларыйан биэрэрин бэлиэтэ буолаллар. Бырдах сиирин тулуйбат буо-луу, бу киһи доруобуйатын уонна Айылҕа икки ардыларыгар сөп түбэспэттэрэ, атааннаһыылара улаатан иһэрин көрдөрөр.
Киһи хаанын көҕүрэтэн, кини доруобуйатын бөҕөргөтөр үлэни ме-дицина науката өссө даҕаны баһылыы илик. Арай былыр хаанньыттар диэн норуот эмчиттэрэ улаханнык ытыктаналларын, эмтииллэрэ олус туһалааҕын былыргы кэпсээннэртэн эрэ билэрбит ордон сылдьар. Айылҕаҕа ити курдук, хааны көҕүрэтэн эмтиир үлэни хааны сиир үөннэр оҥороллор. Ол эрээри хонуу сир кууран барыыта, Айылҕаҕа үөскүүр элбэх хааны сиир үөннэр аҕыйаан барыыларын таһаарар. Көннөрү санаатахха, төһөнөн ити үөннэр аҕыйаан бараллар даҕаны тыынар-тыыннаахтар сынньанан, эрэйдэнэллэрэ аҕыйаан барыах курдук. Ол гынан баран хааны сиир үөннэртэн тыынар-тыыннаахтар доруобуйалара быһаччы тутулуктаахтар. Ити үөннэр киһини уонна тыынар-тыыннаахтары Айылҕаны кытта холбуу сибээстииллэр. Тыынар-тыыннаахтар хааннарын кыра-кыратык көҕүрэтэн хааннара саҥалыы солбуллан биэрэн иһиилэрин хааччыйалларыттан хааны сиир үөннэр уһун үйэлээх тыынар-тыыннахтарга ураты наадалаах эбиттэр.
Хааны сиир үөннэр дьайыылара «Туох барыта икки өрүттээх», «Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэн этиилэргэ сөп түбэһэр. Ол курдук киһини тэһитэ кэйиэлииллэрэ ыарыыны үөскэтэринэн куһаҕан буоллаҕына кыратык хааны көҕүрэтэн эти-сиини эмтииллэрэ үчүгэйи оҥорууга киирсэр.
Кэнники кэмҥэ хааны сиир үөннэр саамай элбэхтэрэ - бырдахтар, майгылара уларыйан иһэрэ бэлиэтэнэр. Ол курдук түөрт уонча сыллааҕыта, тыа сиригэр бырдах ордук элбэх этэ. Ити кэмҥэ сайыҥҥы фермаҕа үлэлээһин, син-биир бырдахтар ортолоругар сылдьыыга тэҥнэһэрэ. Оннук элбэх бырдахтар ортолоругар сылдьан, топпут, хааны сиэбит бырдах чуумпу сири булан олорорун элбэхтик бэлиэтэнэрэ. Итини тэҥэ эрдэ хааны оборбут бырдах эмиэ бэлиэ уратылаах, ол уратыта, оборбут хаана бырдах иһигэр бөлүөҕэн, хараара хатар. Онон эргэ, атын киһиттэн дуу, кыылтан дуу, оборбут хаана бырдах иһигэр бөлүөхпүт уонна хараарбыт дьүһүннээх буолар.
Билигин элбэх бырдахтар истэригэр эргэ хааннаах сылдьаннар, өссө хааны обороорулар киһи үрдүгэр кэлэн түһэллэрэ элбэхтик бэлиэтэнэр.
Бырдахтар майгылара маннык уларыйан иһиитэ, дьону улахан толкуйга, санаарҕабылга түһэрэр кэмэ кэлэн иһэр. Ол курдук Сир үрдүгэр тарҕанан иһэр кыайан эмтэммэт ыарыылар үксүлэрэ хаан ыарыылара, иммунитет мөлтөөһүнүн ыарыыта эмиэ хааны кытта сибээстээх. Итини тэҥэ дьоҥҥо ордук кутталлаах ыарыы, киһи хаана бөлүөхпэт ыарыыта баар. Бу ыарыы тэнийэн бардаҕына, хааны сиир үөннэр дьону улаханнык дьиксиннэрэн барыахтарын сөп. Ол курдук бырдах эрдэ оборбут хаана иһигэр бөлүөхпэт буолан хаалыыта, атын дьону ити хаанынан сутуйуутугар тиэрдиэн сөбө быһаарыллар.
Айылҕаҕа уларыйыы тахсыыта Күн уотуттан ордук улахан тутулуктаах. Наука арыйан таһаарыытынан күн уотун сардаҥата күүһүрдэҕинэ, магнитнай хонуулар үөскээтэхтэринэ халлаан үөһээ араҥата сырдаан көстүүтэ дьүкээбил уота дэнэр. Маннык кэмҥэ мөлтөх доруобуйалаах дьоҥҥо сэрэхтээх буолар наада.
Кыһыҥҥы хараҥа кэмнэргэ халлаан хоту өттүгэр дьүкээбил уота умайан араас өҥнөрүнэн суһумнаан, дьиримнээн көстөөччү. Дьүкээбил уота умайдаҕына сахалар сотору «Халлаан тымныйар» диэн этэллэр. Ол аата бу уот көһүннэҕинэ халлааҥҥа улахан уларыйыылар үөскүүллэрин арааран, бэлиэтээн итинник эппиттэр.
Онон, киһи-аймахха түргэнник кыайан быһаарыллыбат уустук боппуруостар үөскээн тахсан иһэллэр. Ити уустук боппуруостар Сир үрдүн барытын хабалларыттан биирдиилээн государстволар кыахтара тиийэн кыайан быһаарбат дьыалалара буолар. Тоҕо диэтэххэ, Сир үрдүгэр уу эргиирин Аан дойду дьоно бары көмөлөөн эрэ көннөрө сатыахтарын сөп. Итини тэҥэ Айылҕаҕа озон аҕыйааһынын бары сайдыылаах дойдулар күүстэрин холбоон эрэ тохтотор кыахтаахтар. Ол иһин билиҥҥи кэмҥэ, Аан дойду дьоно бары түмсэн, биир дьаһайар былааһы тэриннэхтэринэ эрэ, Айылҕа тосту уларыйан барыытын тохтото сатыыр кыахтаныахтара этэ.
АЙЫЛҔА БЭЙЭТИН ЫРААСТАНАР
Айылҕаҕа туох баар барыта, олус кыратыттан саамай улаханыгар диэри, тыыннааҕыттан, тыыннааҕа суоҕуттан тутулуга суох, бука ба-рылалара ыйааһын хараҕын курдук тэҥнэһии сокуонугар олоҕуран оннуларын булуммуттар, айыллыбыттар уонна оҥоһул¬лубуттар. Айылҕа тэҥнэһиитин сокуонун сүрүн тутулугунан, ханнык эрэ хамсааһын эбэтэр ханна эмэ аһара барыы таҕыстаҕына, ол эбэтэр уларыйдаҕына, онно сөп түбэһэр эппиэттиир хамсааһын утары өттүттэн хайаан даҕаны баар буолуута эбит. Ол аата Айылҕа урукку туруга кыратык эмэ уларыйдаҕына, ону көннөрөргө аналлаах хамсааһыннар эмиэ утары өттүттэн үөскээбитинэн барыахтаахтар.
Сир үрдүгэр былыр-былыргыттан үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын аҥар өттүгэр хамсатыы сиргэ, дьон олоҕор алдьархайдар тахсыыларыгар тириэрдэр кыахтааҕын үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон-аймах өйдөөн-санаан олоҕу эйэлээхтик олороллоро ирдэнэр кэмэ кэлэн иһэр.
Айылҕа бэйэтин бэйэтэ харыстыыр, сөп буола-буола ыраастыыр, урукку оннугар түһэрэн, чэбдигирдэн биэрэн иһэр. Бу харыстанар быһыыта эмиэ тэҥнэһии сокуонугар олоҕуран оҥоһуллар. Ол аата, Сир үрдүгэр туох буолара, араас уларыйыылара уонна саҥалыы оҥоруулара биир сөптөөх мээрэйдэриттэн аһара барыа суохтаахтар. Ол эбэтэр, Сир үрдүгэр үөскүүр биир эмэ көрүҥ; үөн дуу, үүнээйи дуу, кыыл дуу, киһи дуу аһара үөскээн хаалыылара, хайаан даҕаны итилэртэн уонна дьонтон тутулуктаах өттүлэригэр уларыйыылары таһаарыахтаах.
Холобурга, сотору буола-буола аһара үөскээн хаалар куобаҕы ылыаҕыҥ. Киһи бэйэтин кылгас үйэтигэр аһара үөскээн хаалар кыыллар олохторун кэтээн көрөрүгэр аналлаах кыыл - бу куобах буолар. Бу кыра тыа кыылын, куобаҕы дьон син үөрэтэн, билэн сылдьаллар. Ол курдук куобах үс ыйынан улаата охсор уонна тоҕус ыйынан төрүөх биэрэн, Айылҕаҕа үөскүүр кэмэ кэллэҕинэ түргэнник уонна киэҥник тарҕанан үөскүүр.
Куобах элбэхтик үөскээн мэнээктээтэҕинэ аһыыр аһылыгын сиэн бүтэрэр уонна дойдутун-тыатын киртитэр, ыарыыга ылларар, ол иһин суох буоларга, эс¬тэргэ барар. Онтон сотору кэминэн тыа иһэ ырааһырдаҕына уонна ото, талаҕа дэлэччи үүннэҕинэ куобах эмиэ элбээн, үөскээн барар. Маннык балаһыанньаҕа куобаҕы күһүн элбэхтик өлөрөн, аһара үөскэппэтэххэ, мэлдьи биир тэҥник үөскээн куруук баар буола туруон сөп курдук.
Бары Айылҕаҕа үөскүүр тыынар-тыыннаахтарга, үүнээйилэргэ уонна үөннэргэ бу тэҥнэһии сокуона барыларыгар биир тэҥник дьайар. Бы-лыргы кэмнэргэ аһара элбэхтик үөскээн сылдьыбыт динозаврдар уонна мамоннар хайдах суох гына эстибиттэрэ билигин даҕаны кыайан быһаарылла илик. Арай бу тэҥнэһии сокуона эрэ ити боппуруоска сөптөөх эппиэти биэриэн сөп. Ол курдук Айылҕаҕа аһара элбэхтик үөскээн хаалар тыынар-тыыннаахтар бары куобах курдук буолуохтаахтар. Соторутааҕы кэмҥэ диэри сайдыы уонна эстии маннык көрүҥэр өйө-санаата суох Айылҕа кыра тыынар-тыыннаахтара эрэ тиийэллэр диэн өйдөбүл баар этэ. Ол гынан баран кэнники кэмҥэ дьон өйдөрүн-санааларын сайдан иһиитин кэтээн көрүү түмүктэрэ, ити боппуруоска үгүс дьону үөрдэр эппиэттэри биэрбэттэр, хата төттөрүтүн «Собака лает, а караван идет» диэн өс хоһоонугар сөп түбэһэр куттал баара улахан санаарҕабылга түһэрэр.
Маннык санаарҕабыл үөскээһинигэр оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ хайдах улааппытын, көрбүттэрин-истибиттэрин, ханнык өйү-санааны, үгэстэри төрөппүттэрэ иҥэрбиттэрин билбэккэ эрэ улаатара уонна дьон бары бэйэлэрин иннилэрин көрүнэр, баһылыыр, элбэх барыһы киллэринэр боппуруостарыгар хаһан даҕаны эйэ¬лээхтик быһаарсыбаттара, бэйэлэрин тустарыгар уруттаан кыһаналлара тириэрдэр. Ол аата өй-санаа, билии баара киһи киһиэхэ, норуот норуокка сыһыаннарыгар улаханнык туһалаабат, барыта интэриэстэринэн эбэтэр ханнык барыһы ылалларынан уруттаан быһаарыллар.
Дьон ханнык да боппуруоска өйдөрө-санаалара барыта биир буоларын билиҥҥитэ көрдөрө иликтэр, хас биирдии боппуруостары хайаан ди иккилии өрүттээхтик сыаналыыллар, ол иһин үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны арааралларара хаһан да сөп түбэспэттэр, туох эмэ быһаарыыны ылынаары гыннахтарына хас да бөлөхтөргө хайдыһаллар. Бу бөлөхтөр кэлин тиһэҕэр икки утарыта турар өрүттэргэ кубулуйаллара улахан иэдээн төрүтэ буолан тахсыан сөп. Итини тэҥэ Сир үрдүгэр олорор дьон-норуот сайдыыларын таһыма уонна ахсааннара эбиллиитэ кыайан тэҥнэспэтэ кинилэр биир тылы булунан салаллыыларын улаханнык атахтыыр.
Бу кэтээн көрүүлэр түмүктэринэн дьон төһө да сайдыбыттарын иһин, син-биир Айылҕа биир оҕолоро буолаллара хаһан даҕаны хаалбата биллэн иһэр. Маннык быһаарыыга олоҕурдахпытына, дьон-аймах аһара үөскээн эстиигэ тиийиилэрэ сотору кэминэн тиийэн да кэлиэн сөп курдук.
Апокалипсис кэлиитэ
Былыр олоро сылдьыбыт дьон остуоруйа кэпсээннэригэр уонна христианскай таҥара дьиэтин үөрэҕин кинигэтигэр, библияҕа суруйбуттарынан Сир үрдүгэр быданнааҕы бириэмэҕэ олус улахан уу сута буолан сир-дойду үгүс өттө ууга былдьаммыта биллэр. Ол кэмҥэ араас улахан сайдыылаах куораттар Атлантида уонна да атыттар уу анныгар тимирэн хаалбыттар, ол иһин Сир үрдүгэр киһи-аймах ахсаана лаппа аҕыйаабыт. Арҕаҥҥы үөрэхтээхтэр маннык кэм кэлиитин «апокалипсис» кэлиитэ диэн ааттыыллар. Онтон биһиги быһаарыыбытынан итинник быһыы, Айылҕа, Сир-дойду аһара киртийэн хаалан, бэйэтин ыраастаныыта диэн ааттанара ордук олохтоох. Ол аата, үгүс үйэлэргэ араас элбэх кыыллар уонна дьон бөхтөрүттэн-сыыстарыттан, кирдэриттэн-хахтарыттан Сир ийэ бэйэтэ уутунан-хаарынан, тыалынан-кууһунан суунан-тараанан ыраастаныытын, чөлүгэр түһэриниитин аата буолар.
Сорох өтө көрөөччү дьон бу эстии, «апокалипсис» кэлиэҕэ уонна ону бириэмэтин эрэ билиэххэ наада диэн этэллэр. Ити дьон быһааралларынан, дьон-аймах эстиитэ 2100 сыл диэки кэлиэхтээх уонна соһуччу улахан уу кэлиитинэн саҕаланыа дииллэр. Оччоҕуна муора уутун таһыма аһара үрдээн намыһах, дьон сөбүлээн олохсуйар хонуу сирдэрэ барылара уу анныгар тимирэллэрэ сабаҕаланар.
Билиҥҥи кэмҥэ үөскээбит научнай гипотезалар ыйыыларынан апокалипсис бириэмэтэ кэллэҕинэ хайаан да кэлэрин туоһулуур икки тус-туһунан быһаарыылар үөскээтилэр уонна дьон билиилэригэр өссө киирэ иликтэринэн өр кэмнээх кэтээн көрүүгэ наадыйаллар:
1. Апокалипсис кэлиитин бу быһаарыыта Сир үрдүгэр киһи-аймах аһара сайдыытын, үксээһинин, араас күүстээх тиэхиникэлэри баһылаан Айылҕаҕа уларытыылары киллэрэрин учуоттуур.
2. Бу быһаарыы киһи-аймах ситэ сайда илигинэ эбэтэр букатын даҕаны сайдыбатаҕына даҕаны Сир дойду ыраастаныыта, «апокалипсис» бириэмэтин аһарбакка кэлэрин биллэрэр.
Апокалипсис кэлиитин бу икки быһаарыыларын биһиги төһө кыахпыт баарынан ырытан эһиги билиигитигэр таһаарар кыахтанныбыт.
1. Апокалипсис кэлиитигэр киһи-аймах аһара сайдыытын учуоттуур быһаарыы.
Дьон-норуот өйүн-санаатын уонна тиэхиникэтин сайдыыта сылтан-сыл аайы үрдээн, улаатан уонна түргэтээн иһэр. Былыргы кэмҥэ аарыма улахан сир-дойду билигин кыччаан, ракетанан чаас аҥара эрэ эргийэ көтүллэр кыра төгүрүккэ кубулуйан хаалла. Ол иһин аны Сир дойду дьон-аймах көмүскэлигэр наадыйар кэмэ кэллэ.
Учуонайдар ааҕан таһаарыыларынан билигин дьон үлэлээн-хам¬саан, оҥорон таһаарыыларын түмүгэр Сир салгынын састааба сыыйа уларыйан иһэр. Ол курдук дьон үгүстүк уматыыны тутталларыттан салгын састаабыгар углекислай газ эбиллэн иһэрин түмүгэр, Сир үрдүгэр парниковай эффект диэн үөскүүр, ол иһин Сир салгынын орто температурата үрдээн, халлаан сыыйа сылыйан эрэр. (7,95). Кэнники кэмҥэ ити уларыйыы сабыдыалынан Сир үрдүн салгынын температурата биллэрдик үрдээтэ. Аналлаах үөрэхтээхтэр ааҕан таһаарыыларынан температура бу үрдээһинэ 2010 сыллаахха 4 кыраадыс буолуон сөп.
Бу Сир саарын барытын хабар хамнааһыны дьон бары биир тылы буланнар, көмөлөрүн холбоон кыайан көннөрөр кыахтара билиҥҥитэ суох курдук. Дьон-аймах барылара бииргэ түмсэн, кэнэҕэски, бэйэлэригэр туһалаах дьыалалары оҥостоллоро куруук хойутаан, кэнниттэн буолан хаалаллар уонна хан¬нык да уопсай дьыалаҕа биир санааланыы хаһан даҕаны кыайтара илик. Ол курдук Аан дойду иккис сэриитэ саҕаланыан быдан инниттэн фашизмы тохтотууга, аһара барбатын хааччахтааһыҥҥа сайдыылаах дойдулар түмсэ сатаан бараннар биир тылы кыайан булан холбоспотохторо. Yгүс кэпсэтиилэр, сөбүлэһиилэр түмүктэригэр хата икки аҥы утарыта лааҕырдарга хайдыһаннар бары кэриэтэ бу улуу сэриигэ кыттыспыттара.
Билигин даҕаны маннык быһыы хатылана турарын Аан дойду сайдыылаах государстволара түмсэннэр Айылҕа киртийиитин кыччатарга аналлаах Kиотскай дуогабары ылыммыттарын сорох дойдулар сөбүлээбэккэ, кыттыспакка сылдьаллара быһаарар. Итини тэҥэ саҥа атомнай сэрии сэбин оҥосто сатыыр Иран государствота Аан дойду холбоһуктаах нацияларын тэрилтэтин көрдөбүллэрин толорорун модьуйааччылар уонна тэптэрэн биэрээччилэр эмиэ бааллар.
Маннык холобурдар түмүктэриттэн дьон биир санааҕа түмсэллэрэ олус уустук диэн быһаарыыны ылыннахпытына, хаһан өйдөнөн, туох эмэ туһалаах дьыалалары оҥоруохтарыгар, күүстэрин холбуохтарыгар диэри Сиргэ былыргыттан үөс¬кээн, олохсуйан турбут тэҥнэһии балаһыанньата аҥар өттүн диэки хайы-сах хамныыр кыахтанар. Ол курдук Сир салгынын орто температуратын өр сыллаах кэмнээһиннэр түмүктэрэ көрдөрөллөрүнэн, ити температура уларыйыыта саҕаламмыта сүүрбэччэ сылтан ордон эрэр.
Дьон-аймах сайдыылара мөлтөөһүнүгэр, эстиилэригэр тиийиилэрэ, син-биир Сиргэ үөскүүр атын тыынар-тыыннаахтар курдук, олорор сирдэрин-уоттарын төһө киртиппиттэриттэн уонна алдьаппыттарыттан тутулуктанар. Итини быһаарарга дьон Айылҕаны хайдах көрүҥнээхтик киртиппиттэрин уонна алдьаппыттарын ааҕан билиэххэ наада. Дьон Айылҕаны алдьатыыларын муҥур уһугунан Сиргэ үүнэр мутукчалаах мастары кэрдэн, туттан уонна уок¬ка сиэтэн суох гыныыларын уонна Сир үрдүн радиациянан сутуйууларын ааҕыахха сөп. Атомнай эньиэргийэни баһылаабыт олус дьадаҥы дойдулар радиация тарҕанан барбатын туһугар туох да үлэни ыыппаттар, хата күөллэри уонна өрүстэри сүһүрдэннэр киэҥник тарҕатан эрэллэр. (8,5).
Айылҕаҕа мутукчалаах мас эстиитэ, түргэнник оннугар түһэ охсубат сүтүк, онтон сири-дойдуну радиациянан сутуйуу олус өр кэмҥэ кыайан ыраастаммат, сүтэн-оһон биэрбэт киртитии буолар. Ол курдук кыра титириги саҥалыы олортоххо аны отут сылынан биирдэ тугу эмэ күлүктүүр мас үүнэн тахсар. Мутукчалаах мастары суох оҥоруу дьон бэйэлэрин кыахтарынан кыайан түргэнник көннөрө охсубат Айылҕаны улаханнык алдьатыыларыгар тэҥнэһэр.
Хонуу сир хайдах быһыылаахтык сайдан иһиэн былааннаатахха мутукчалаах мастар кэннилэриттэн сиргэ сэбирдэхтээх ойуур үөскүүр, ол кэнниттэн хонуу куйаар, онтон салгыы кумах куйаар кэлэр туруктаах.
Онон, дьон-аймах эстиилэрин сокуонун төрүтүнэн, Сир үрдүгэр мутукчалаах маһы суох оҥоруу эбэтэр быста аҕыйатыы уонна радиа¬ция эбиллэн, кэҥээн иһиитэ буолуон сөп. Мутукчалаах мастары суох оҥорууттан хонуу сиргэ ууну тохтотуу уонна ол ууну биир тэҥник үллэрэн салгыҥҥа көтүтүү суох буоллаҕына, Сир үрдүгэр уу эргийии¬тин сокуона кэһиллэн барар. Ити кэһиллииттэн Сиргэ элбэх күүстээх тыаллар, ураганнар уонна хаардар, ардахтар түһүүлэрэ саҕаланыа диэн Айылҕа тэҥнэһиитин сокуона этэр. Бу тэҥнэһии кэһиллэн аҥар өттүн диэки хамнаатар эрэ аны кыайан тохтуур кыаҕа суоҕун бэлиэтинэн, күүстээх тыаллар түһэллэриттэн үүнэн турар мастар элбэхтик охтол¬лоро буолар. Ол аата, хамнааһын дириҥээн, салҕанан, тэнийэн барыыта ордук киэҥ сирдэри хабан далааһыннанан иһэр.
Айылҕа мутукчалаах мастар аҕыйааһыннарыттан харыстанар дьайыыларын хайы-сах саҕалаабытын бэлиэлэрин Аан дойду солуннарыттан истэн билэбит. Ол курдук Сир үрдүгэр урут хаһан даҕаны түстэтэх күүстээх тыаллар, ураганнар уонна олус элбэх хаардар, самыырдар түһүүлэрэ кэнники кэмҥэ биллэрдик эбиллибитэ бэлиэтэнэр.
Кэнники сылларга дьон науканы олус күүскэ сайыннараннар үгүс химическэй веществолары тутталлара улаханнык эбиллэн иһэр. Араас суол аэрозоллары туһаныыттан Сир салгынын үөһээ араҥатынааҕы озоновай бүрүөһүнэ көҕүрээн уонна чарааһаан иһэр. Бу озоновай бүрүөһүн, кислород биир көрүҥүттэн үөскүүр уонна бары тыынар-тыыннаахтары Күн уотун ультрафиолетовай диэн буортулаах сардаҥатыттан көмүскүүр аналлаах. Итини тэҥэ бу сардаҥа Сиргэ элбэх Күн уотун итиитин аҕалбытын бэйэтигэр иҥэринэн «парник эффегин» үөскэтиигэ эмиэ кыттар. (5,11). Озоннаах бүрүөһүн Сир үрүт араҥатын итиитэ космос куйаарыгар тахсарын мэһэйдиир, онон Сири тымныйыыттан харыстыыр.
Учуонайдар кэтээн көрүүлэринэн бу озоновай бүрүөһүн соҕуруу уонна хоту полюстар үрдүлэринэн биллэр гына чарааһаан турар. Икки тыһыынча үс сыллааҕы дааннайдарынан соҕуруу полюс үрдүгэр үөскээбит озон аҕыйаабыт сирэ эмиэ улаатан, кэҥээн иһэр. Озон бүрүөһүнэ чарааһаабытыттан бу икки полюстарга Күн уотун сардаҥата күүһүрэн, онно уһун үйэлэр тухары мунньуллан сытар элбэх муустар саппаастарын түргэнник ириэрэн, Аан дойду муораларын уута улаханнык эбиллэн, намыһах сирдэр ууга былдьаныылара хайы-сахха саҕаланан эрэр диэххэ сөп. Антарктидаҕа мунньуллубут халыҥ муустар учуонайдар кэтэспиттэринээҕэр түргэнник ууллан көҕүрээн иһэллэриттэн дьон-аймах сайдыылаах өттүлэрэ санааҕа ылларбыттара ыраатта.
Аан дойду үрдүнэн дьон бары күөх үүнээйилэри, тыалары аҕыйатан сайдыыны ситиһэллэр, сир аннынааҕы баайы хостоорулар киэҥ нэлэмэн хонуулары кумах куйаардарга кубулуталлар. Сир үрдүттэн көҕүрээн иһэр күөх үүнээйилэр, тыалар күн уотун көмөтүнэн кислороду оҥорон таһаараллара аҕыйаан иһэр.
Онон, Сир үрдүгэр киһи-аймах сайдыыта мутукчалаах ойууру суох оҥорон, науканы, химияны сайыннаран араас биллибэт вешестволары, фреону туһаныыны тэнитэн, озон бүрүөһүнүн алдьатан, соҕуруу уонна хоту полюстарга мунньуллубут муустар түргэнник ириилэригэр тириэрдэн, уу элбээһинин таһааран хонуу сирдэри уу ылыытын үөскэтэр. Ол аата дьон-аймах Айылҕа тэҥнэһиитин хамсатыыларыттан уһун үйэлэргэ мунньуллубут муустар ириилэрэ саҕаланан хонуу сирдэри, дьон олохсуйбут, киртиппит сирдэрин уу ылан ыраастыыра буолар.
2. Сир үрдүгэр киһи-аймах кыайан сайдыбакка хаалыытыгар апокалипсис кэлиитэ.
Биһиги бу быһаарыыбытыгар Айылҕа бэйэтин ыраастаныытыгар дьон үлэлэрин-хамнастарын түмүгэ төрүт аахсыллыбатын ырытыахпыт. Дьон Сир үрдүгэр букатын суох да буоллахтарына, атын кыыллар син-биир аһара үөскээннэр Сир үрдүн эмиэ киртитэллэр. Маннык балаһыанньаҕа апокалипсис эмиэ кэлэн, Сир бэйэтин ыраастаныыта кэмиттэн хойутаабакка эрэ кэлиэн сөп.
Айылҕаҕа тымныы, кыһыҥҥы кэмҥэ куруук түһэр хаар хоту уонна соҕуруу полюстар үрдүлэригэр сайын кыайан ууллубакка халыҥ гына мунньустан, муус буолан эбиллэн иһэр. Уһун үйэлэргэ, тыһыынчанан сылларга түһэр хаар мунньуллан муус хайа буола үрдүүр. Ол эрээри маннык муус хайалар Сир саарын икки утарыта төбөлөрүгэр муҥура суох эбиллэ, үрдүү турар кыахтара суох эбит. Ол курдук Сир саарын экваторынан диаметра полюстарын киэнинээҕэр 8 эрэ километрынан уһун буолан, полюстар үрдүлэригэр муустар мунньуллан, муус хайалар олус үрдээтэхтэринэ, 4 километры аастахтарына, Сир саарын эргийэр киинэ урукку туруктаах балаһыанньатын сүтэрэн кэбиһиэн сөп. Сир маннык эргийэр киинэ балаһыанньатын сүтэрдэҕинэ, соҕотохто иҥнэри түһэн эргийэн ойоҕоһунан буолан хаа¬лыан сөп. Оччоҕуна хоту уонна соҕуруу полюстар бэйэлэрин мунньуллубут муус хайаларын кытта эмискэччи экваторга баар буолан хаалыахтарын, онтон урукку экваторга саҥа полюстар баар буола түһүөхтэрин сөп. Маннык балаһыанньа үөскээтэҕинэ полюстар муустара олус түргэнник ириилэриттэн хонуу сир үгүс өттө уу анныгар эмискэ тимириэхтээх.
Маннык научнай гипотезаны Самара куораттааҕы государственнай техническэй университет профессора Камиль Аширов уонна старшай научнай сотрудник Татьяна Боргест ырытан оҥорон дакаастаатылар.
Кинилэр ити дакаастабылларынан өр кэмҥэ кыайан быһаарыллыбакка сылдьыбыт дьиктилэри эмиэ быһаардылар. Ол дьиктилэринэн араас тропическай үүнээйилэр уонна кыыллар өлүктэрэ хоту Шпицберген арыытыгар таас чоҕу хостуур шахталартан көстүтэлииллэрин ааҕаллар. Олору тэҥэ Антарктида муустарыгар хам тоҥмут тропикка үүнэр мастары, араас экватор аттыгар эрэ үөскүүр үөннэри уонна балыктары булуталыылларын эмиэ ааҕыахха сөп. Бу тропическай үүнээйилэр уонна араас кыыллар өлүктэрэ хотугу уонна соҕурууҥҥу полюстартан көстүүлэрин Сир киинэ эргийэн биэриитэ эрэ табатык быһаарар.
Учуонайдар ааҕыыларынан хас сыл аайы түһэр хаартан хоту уонна соҕуруу полюстар муус хайалара үрдээн иһэллэр. Гренландияҕа муус хайалар сылга миэтэрэ аҥара эбиллэллэр, онтон Антарктидаҕа биир миэтэрэ үрдүүллэр. Полюстарга муус хайалар үрдээн, муустар мунньуллан иһиилэриттэн Сир ыйааһынын тэҥнэһиитэ уларыйан хаалар. Ол иһин Сир кыра эмэ хамнааһынтан, сир хамнааһыныттан дуу, кыра комета дуу түһүүтүттэн, ядернай дэлби тэбииттэн дуу дьигиһийэн, иҥнэри түһэн, эргийэн хаалыан сөп балаһыанньата үөскээн кэлэр. Ити эргийэн хаалыытыгар Сир эргийэр киинэ 23 кыраадыс иҥнэри сылдьара эмиэ көмөлөһөргө аналлаах эбит.
Сир бэйэтин уһун үйэтигэр сүүрбэтэ эргийэ сылдьыбыт диэн учуонайдар ааҕан таһаарбыттар. Кинилэр итинник суоттаһыннарын Сир магнитнай полюстара хаста уларыйа сылдьыбыттарын ааҕаннар чуолкайдаабыттар уонна бэйэлэрин арыйыыларын ити магнитнай полюстар уларыйыыларын үөрэтэннэр оҥорбуттар. Кинилэр суоттааһыннарынан Сир кэнники эргийэн ылыыта 10 тыһыынча сыллааҕыта буола сылдьыбыт.
Учуонайдар ааҕан таһаарыыларынан билигин хотугу уонна соҕурууҥҥу полюстарга барыта 30 миллиард кубическай миэтэрэ муус мунньуллубут, онтон ити муус хайалар үрдүктэрэ хотугу полюска 3 км, соҕурууҥҥуга 4,5 км тиийбиттэр. Сиргэ туох да уларыйыы тахсыбакка уһун үйэлэр тухары хаар түһүүтүттэн бу полюстарга баар муус хайалар муҥура суох үрдүү тураллара кыаллыбат суол эбит. Сир эмискэ эргийэн хаалыытын кэмэ өссө да кэлэ илик буолуон сөп эрээри, арай соһуччу үөһээ ааҕыллыбыт хамнааһыннартан эбэтэр акыйаан анныгар сир хамнааһыныттан үөскүүр улахан долгуннар охсууларыттан уонна да атын хамнааһыннартан, Сир эмискэ дьигиһийдэҕинэ, онтон хамнааһын ылан, соһуччу эргийэн хаалыан сөп диэн быһаараллар.
Полюстарга мунньуллубут муустар ууллуулара Аан дойду акыйааннарын уутун таһымын 60-тан тахса миэтэрэ үрдэтиэхтээх, оччоҕуна элбэх хонуу сир муора анныгар тимириэн сөп. Муора уута хонуу сири дьон-аймах киртиппиттэрин сууйан-сотон ыраастааһына, кири-хоҕу суурайан акыйааҥҥа киллэриитэ ити курдук эмискэ саҕаланан барыан сөп.
Сиргэ былыр-былыргыттан үөскээн олохсуйбут тэҥнэһии балаһыанньата билигин улахан кутталга киирэн турар. Былыргыта муҥура биллибэт улахан Аан Ийэ дойдубут, дьон-аймах науканы уонна араас тиэхиникэлэри сайыннарыыларын түмүгэр ураты кыччаан, аны бэйэтэ көмөҕө наадыйар кэмэ кэлбитэ чуолкай.
Маннык, Айылҕаҕа уларыйыы тахсан эрэр кэмигэр Сир үрдүн өйдөөх-санаалаах дьоно бары кыттыһан, биир тылы булунан, бары кыахтарын-күүстэрин Сир-дойду уларыйбатын иһин үлэҕэ холбоотохторуна эрэ, соһуччу уларыйыыны, эмискэ элбэх уу кэлиитин, ол аата апокалипсис үөскээһинин тохтотуохтарын эбэтэр туох эмэ бэлэмнээх, оҥостунуулаах буолалларын көрдөрүөхтэрин сөп.
АЙЫЛҔАҔА ЭТТИКТЭР ЭРГИИРДЭРЭ
Дьон-аймах бэйэлэрин уһун олохторугар Айылҕаҕа улахан хоромньуну оҥороллоро эбиллэн иһэр. Сир аннынааҕы баайы тоҕо хаһан хостоорулар сир күөх кырсын суох оҥороннор хара буорунан тибэллэр, кумах куйаардары үөскэтэллэр. Бэйэлэрин үлэлэринэн-хамнастарынан оҥорор буортуларыттан ураты эттэринэн-сииннэринэн уонна таһаарар тобохторунан ордук улахан хоромньуну оҥороллор.
Сахалар киһи этин-сиинин хаһан баҕарар өйүттэн-санаатыттан туспа буоларын бэлиэтээн этэллэр. Киһи этэ-сиинэ дьиҥнээх биологическай төрүтэ буолар. Бу этин-сиинин киһи төрөппүттэриттэн, аймахтарыттан быһаччы утумнуур. Эт-сиин утумнаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салгыы бэриллэн иһэр уонна барылара Айылҕа эттиктэриттэн хомуллан үөскүүллэр. Ол иһин эт-сиин бары чаастара Айылҕаҕа уларыйан, эргийэн биэрэн иһэллэрэ эрэйиллэр. Ол аата, киһи өллөҕүнэ этэ-сиинэ ийэ буоругар, Айылҕаҕа төннөн салгыы атын көрүҥҥэ кубулуйан биэрэн иһиэхтээҕэ быһаарыллар.
Дьон-аймах аһаабыт-сиэбит тобохторун барытын туһаҕа таһаарбакка бөххө кутан, тимирдэн суох оҥорон, ууга ыытан иһэллэр. Сир үрдүгэр дьон-аймах элбээн истэхтэринэ хонуу сир айылҕата дьадайан, туһалаах эттиктэрэ көҕүрээн, быстан иһэллэр, олору уу суурайан муораҕа, байҕалга киллэрэн иһэринэн, итилэр туһалаах эттиктэринэн байаллар.
Айылҕаҕа туох барыта эргийэн иһэр аналлаах. Ол курдук түүн кэнниттэн күнүс, кыһын кэнниттэн сайын эргийэн кэлэн иһэллэр. Айылҕаҕа уу эргийиитэ хаһан да тохтообокко бара турар. Акыйааннартан, муоралартан, сиртэн-хонууттан, тыалартан паар буолан көппүт уу атын сирдэргэ тиийэн ардах, хаар буолан түһэн иһэр.
Айылҕаҕа уу эргиийиитэ уу паар буолан көтүүтүнэн саҕаланар. Бары күөх үүнээйилэр мутукчаларыттан, сэбирдэхтэриттэн ууну салгыҥҥа көтүтэллэр. Олус ыраас уу паар буолан көтөр. Хонуу сирдэргэ түспүт ардах, хаар уулара өрүс буолан сүүрүгүрэннэр бары муораларга кутуллаллар.
Уу сир-хонуу устун өрүс буолан сүүрүгүрэн муораҕа киирэригэр сиртэн араас элбэх туһалаах минеральнай туустары суурайан киллэрэр. Өрүстэр араас элбэх туустары суурайан киллэрэннэр муора уулара бары туустаах буолбуттар.
Уһун үйэлэр тухары өрүстэр сир-хонуу туһалаах туустарын суурайан муораларга киллэрэннэр сир-хонуу ууга суураллар туустарынан дьадайан, аҕыйаан иһэр. Итини тэҥэ дьон үксүлэрэ аһаабыт астарын тобохторун - саахтарын канализацияҕа кутаннар эмиэ муораларга ыытаннар муоралары байыталлар. Ол иһин соҕуруу муораларга ууга үүнэр үүнээйилэр олус хойуутук үүнэн элбэх мэһэйдэри оҥорор буоллулар.
Сиртэн-хонууттан туһалаах туустар суураллан киирэ туралларыттан океан, муора уулара араас састааптарынан байан, эбиллэн иһэллэр, элбэх туустар сөҥөн муоралар түгэхтэригэр мунньуллаллар.
Айылҕаҕа аҥардастыы аҥар өттүн диэки барыы хаһан да көрүллүбэт, кыайан табыллыбат. Кэмэ кэллэҕинэ барыта төттөрү эргийэн урукку оннугар кэлиэхтээх. Күнүс кэнниттэн түүн кэлэрин курдук эргийэн биэрэн иһиэхтээх. Ол курдук уу муҥура суох суурайан киллэрэ турар туустара хонуу сирдэргэ суохтар. Хонуу сир үүнээйитэ дьадайан, аҕыйаан иһэр. Сорох туһалаах мастары дьон кэрдэн, уматан аҕыйаттылар, атыттара курааннаан, хатан-кууран аҕыйаан эрэллэр. Хонуу сирдэргэ кураан кэмэ кэлэр. Итини тэҥэ дьон-аймах ахсааннара эбиллэн иһиитэ аһылык буолар үүнээйилэри элбэхтик үүннэрэри эрэйэр. Кэлин кэмҥэ айылҕа уларыйан олус күүстээх ардахтар, хаардар түһэр буолуулара бу туустар эргиирдэрин өссө түргэтэтэр.
Айылҕаҕа туох барыта эргийэн кэлэн иһэр аналларынан бу муораларга мунньуллар эттиктэр, туустар аны сиргэ-хонууга төннүүлэрэ күүтүллэр.
Айылҕаҕа бу туһалаах эттиктэр, туустар эргиирдэрэ хайдах көрүҥнээхтэк барыахтааҕа өссө биллибэт. Арай муора уута элбэх хонуу сирдэри ыллаҕына, ол ылбыт сирдэригэр элбэх туустар сөҥөн хааллахтарына уонна муора кыра харамайдара эттэрин-сииннэрин бу хонуу сиргэ хааллардахтарына эрэ кыаллар кыахтанар.
Сири-хонууну хаһан эрэ улахан уу ылыахтааҕа итинник эмиэ быһаарыллыан сөп. Айылҕаҕа уу эбиллиитэ бу кэмҥэ саҕаланан, тэнийэн, дириҥээн иһэр. Бу быһыы дьон үлэлэринэн-хамнастарынан түргэтэтиллэн биэрэрэ ханан даҕаны саарбахтаммат. Киһи-аймах салгыы сайдан, наука өссө үрдүк ситиһиилэри оҥордоҕуна дьон муораны баһылааһыннара ордук тэнийиэн сөп.
Айылҕаны киртитии уонна уларытыы туох содуллаах буоларын дьон сабаҕалаан билэллэр эрээри бука бары биһиги үйэбитигэр буолбата буолуо дии саныыллар. Билигин дьон бары Айылҕа уларыйан, сылыйан эрэрин кэтээн көрө сылдьаллар. Айылҕаны көмүскүүргэ биирдиилээн государстволар кыахтара кыра. Бу дьыалаҕа Аан дойду дьоно барылара биир санааланнахтарына эрэ тугу эмэ ситиһиэххэ сөп.
УУ СУТА
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ этэринэн киһи оҥорор быһыыта ханнык эрэ кээмэйи хаһан даҕаны аһара барыа суохтаах. Ол кээмэй кыйыатын аата — сиэр диэн. Оҕо улаатан, өйө-санаата эбиллэн киһилии быһыылары оҥоро үөрэннэҕинэ киһи буолууну ситиһэр. Киһи киһи буоларын быһыытынан куруук киһилии быһыыны оҥорор буолуохтаах уонна хаһан даҕаны сиэри аһара, таһынан барыа суохтаах. Хаһан баҕарар сиэри тутуһар киһи киһилии быһыылаах диэн быһаарыллар.
Өй-санаа бу быһаарыытын тутустахпытына ханнык эмэ куһаҕан быһыыны оҥордоххо «Киһиттэн таһынан» киһи буола түһэргэр тиийэҕин, сиэри кэһэҕин, таһынан бараҕын. Ол аата киһи оҥорор быһыыларын ханан эрэ аһара бараҕын диэн быһаарыллар.
«Тиийиммэт» диэн өйдөбүл киһи өйө-санаата арыыйда аҕыйах буолан аны киһи быһыытыгар кыранан тиийбэтин бэлиэтиир этии буолар. Бу этии өй-санаа аҕыйаҕыттан киһи быһыытыгар ситэ тиийбэт быһыылары оҥорор киһини арааран бэлиэтиир.
Маннык быһааран истэхпитинэ саха дьонун өйдөрө-санаалара, туттар, оҥорор быһыылара «Киһи быһыытын» хаһан даҕаны аһара барбакка, сороҕор аны тиийбэт да буолан хаалбакка эрэ баран истэҕинэ эрэ табыллар. Ол аата, киһи быһыыта диэн олох, сиэр-майгы көрдөбүллэригэр сөп түбэһиннэрэн олоҕу олоруу аата буолар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһилии быһыылаах киһини иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга ананар.
Айылҕаҕа туох баар барыта олус уһун кэмҥэ үөскээбит тэҥнэһии балаһыанньатыгар турар. Сирбит бэйэтэ эмиэ халлаан куйаарыгар тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан көтө сылдьар. Ол аата хайа да диэки, Kүн да, атын да планеталарга барбат ортолорунан, тэҥнэһэн баран сылдьар. Саха дьоно Айылҕа, өй-санаа үөрэхтэрин былыргыттан баһылаабыттарын бэлиэтинэн олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллара быһаарар. Орто дойду эмиэ ортоку миэстэни ылар, хайа да өттүгэр аһара барбат, үөһээ да тахсыбат, аллараа да түспэт, дьон бэйэлэрин олохторугар оҥорор быһыылара эмиэ хайа да өттүгэр; үөһээ да, аллараа да аһара барбакка ортотунан баран иһиэхтээҕин бу быһаарыы чуолкайдыыр.
Сахалар Орто дойду олоҕо туруктаах буолуутун быһаарар этиилэринэн: «Үөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, алларааттан аргыар аргыйбатын»,- диэн буолар.
Былыр-былыргыттан Сиргэ үөскээбит олоҕу, быһыыны-майгыны тэҥнэһии балаһыанньатыгар оннун булан турар улахан маятник курдук көрүөххэ сөп. Дьон бары киһи быһыытын таһынан бардахтарына, Сир үрдүгэр олус улахан уларыйыы тахсыыта бу маятнигы аҥар өттүн диэки хамсатан кэбиһэр кыахтаах.
Маннык уларыйыы таҕыстаҕына Айылҕа эмиэ хайдах эрэ гынан тэҥнэһиини оннугар түһэрээри хардары хамнааһыны оҥороругар тиийэр. Хардары хамнааһын үөскээһинэ аны аһара барыыны аҥар өттүгэр таһаарыан сөп. Бу курдук хардары-таары хамнаамахтаан баран тэҥнэһии эмиэ урукку оннугар түһүөн сөп.
Улуу Өктөөп революцията үлэһит дьон олохторугар улахан уларыйыылары, саҥаны арыйыылары сэрии-сэп күүһүнэн киллэрбитэ Аан дойду үрдүнэн хамсааһыны таһаарбыта.
Дьон олохторугар ханнык эмэ улахан уларыйыылар киириилэрэ эмиэ ити тэҥнэһии сокуонугар сөп түбэһэр курдуктар. Ол курдук дьон олоҕор аҥардастыы биир өттүн диэки, «коммунизм» диэки көнөтүк барыы сатамматын, кыаллыбатын Россия олохтоохторо эттэринэн-сииннэринэн, 70-тан тахса сыл устата эксперимент оҥорон биллилэр. Бу олоҕу аҥар өттүн диэки салайбыт хамсааһын билигин төннөн, Россия дьонун олоҕо урукку оннугар түһэн эрэр.
Олус былыргы өйдөбүллэр дьон өйдөрүгэр-санааларыгар умнуллубат гына иҥэн сылдьаллар. Дьон барыларын өйдөрө-санаалара, салгын куттара, Үөһээ дойдуга мунньустан сылдьалларын туһунан урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт. Бу мунньуллубут өйдөртөн-санаалартан киһи санаатын күүһүнэн бэйэтигэр наадалаах өйү-санааны түүлүн көмөтүнэн булан ыларын туһунан эмиэ ырыппыппыт.
Киһи түүлүгэр уу сута кэлиитэ, уу ылыыта элбэхтик көстөр бэлиэ буолар. Бу көстүү киһиэхэ хайдах көрүҥнээхтик, майгылаахтык көстөрүттэн кэлэн иһэр уларыйыылар хайдах буолуохтаахтара быһаарыллар. Ыраас, сырдык уу кэлиитин көрө үөрэн киһи майгына көнөр түбэлтэтигэр бу көстүү үчүгэйи, быйаҥ, үүнүү элбиирин, барыс киирэрин түстүүр буоллаҕына, ыарахан, куһаҕан, сири-дойдуну олус түргэнник саба халыйар хара уу куһаҕаны, эстиини-быстыыны, харах уута кэлэн иһэрин түстүүр.
Былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку дьыллар уорҕаларыгар диэн сахалар олус былыргы кэмнэри бэлиэтээн этэллэр. Ол кэмнэргэ «Аан дойду үөскээһинин» туһунан сахаларга өс номоҕо баар. Онно этиллэринэн былыр бастаан сир бүтүннүү уу байҕал эрдэҕинэ күн эрэ баара үһү. Сырылас күнтэн сойон-хатан, ууттан буор үөскээбит. Ол буор уһугар тиийэн сир буолбут. (9,9).
Аан дойду бары норуоттарыгар Сири уу ылыытын туһунан үһүйээннэр олус элбэхтэр. Атлантида ууга тимириитэ диэн олус былыргы үһүнээн билигин да кэпсэнэ сылдьар. Үгүс дьон бу дойдуну булаары көрдүү сатыыллар даҕаны билиҥҥитэ туох да саҥа суол арылла илик. Кэлин кэмҥэ арай бу дойду хоту диэки баар буолуон сөп диэн этиилэр үөскээтилэр эрээри, дьон сайдыыны урут бастаан сөбүгэр тымныылаах, өҥ-быйаҥ баар дойдуларыгар ситиһэллэрин остуоруйа үөрэҕэ бигэргэтэр. Итини тэҥэ дьон уһун үйэлээх үлэлэринэн-хамнастарынан сир баайын тоҕо хаһаннар кумах куйаардар үөскээһиннэригэр тириэрдэр кыахтаахтарын биһиги быһаарабыт. Ол иһин былыргы дьон олохсуйбут сирдэрин кумах куйаардар кытыыларынан көрдөөн көрүөххэ сөп.
Ной ковчег туһунан үһүйэээнэр олус киэҥник тарҕаммыттар. Бу уу сута кэлиитин туһунан үһүйээннэргэ таҥара тугу этэрин исти¬бэт куһаҕан майгылаах дьон олус элбээбиттэриттэн санаарҕаан Сиргэ уу сутун ыытарын туһунан кэпсэнэллэр. (10,13). Уу олус элбэхтик кэлэн оннооҕор хайалар үрдүлэригэр диэри сири барыларан ылбытын уонна бу ууга элбэх куһаҕан дьон өлбүттэрин туһунан өйдөбүл умнуллубакка өйдөнөн хаалбыта үһүйээн төрүтүнэн буолбут. Үчүгэй санаалаах Ной эрэ уолаттарынаан бу уу сутуттан ордон хаалыыларыгар таҥара баар буолан, хайдах быыһанары этэн биэрбитэ туһалаабыта диэн этиллэр.
Ной туһунан үһүйээҥҥэ кэпсэнэр олус элбэх уу кэлиититтэн дьон уонна кыыллар хайаларга куотуулара олус былыргыта суох кэмҥэ буолбут курдук. Үөрэх-билии, сурук-бичик өссө да сайда иликтэринэ бу уу кэлиитэ буолбута дьон тылынан уус-уран айымньыларыгар киирэн умнуллубат гына өйдөнөн хаалбыттар. Ной ковчег баар буола сылдьыбыт Кавказ хайаларыгар дьон тыылары соһо сылдьар уруһуйдара бааллара биллэллэр.
Билигин бу үһүйэээнэргэ кэпсэнэр быһыылар Сир үрдүгэр чахчы кэлэн ааспыттарын туһунан ким да саарбахтаабат буолан эрэр. Наука эмиэ дакаастаабытынан айылҕаҕа олус элбэх уу кэлиитэ сөп буола-буола бэлиэтэнэр. Уонча тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр Сиргэ улахан уу кэлиитэ буола сылдьыбытын учуонайдар Сир магнитнай полюһа уларыйыытын үөрэтэн дакаастыы сылдьаллар. Кинилэр быһаарыыларынан Сир бэйэтин киинигэр эргийэн хаалан билиҥҥи хаар-муус мунньуллар полюстара экваторга түбэһэн хаалаллар эбит. Оччоҕуна олус элбэх муус түргэнник ууллуутуттан уу күүскэ эбиллиитэ буолара сабаҕаланар.
Учуонайдар кэтээн көрүүлэринэн Сир озоновай бүрүөһүнэ соҕуруу уонна хоту полюстар үрдүлэринэн биллэр гына чарааһаан турар. Икки тыһыынча үс сыллааҕы дааннайдарынан соҕуруу полюс үрдүгэр үөскээбит озон аҕыйаабыт сирэ эмиэ улаатан иһэр. Озон бүрүөһүнэ чарааһаабытыттан бу икки полюстарга Күн уотун сардаҥата күүһүрэн, онно уһун үйэлэр тухары мунньуллан сытар элбэх муустар саппаастарын түргэнник ириэрэн, Аан дойду муораларын уута улахан-нык эбиллэн, намыһах сирдэр ууга былдьаныылара хайы-сахха саҕала-нан эрэр диэххэ сөп.
Полюстарга мунньуллубут муустар ууллуулара Аан дойду акыйааннарын уутун таһымын 60-тан тахса миэтэрэ үрдэтиэхтээх диэн этэллэр, оччоҕуна элбэх хонуу сир муора анныгар тимириэн сөп. Ити курдук үгүс элбэх дьон-аймах үлэлэрин түмүгэр Сиргэ былыргыттан үөскээн олохсуйбут тэҥнэһии балаһыанньата уларыйан Айылҕа ону көннөрөргө аналлаах хамнааһына саҕаланан эрэр. Ол иһин дьон-аймах олохторугар кэлиэхтээх уларыйыыларга сыыйа-баайа бэлэмнэнэн, эттэрин-сииннэрин эрчийэн, өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥороллоро эрэйиллэр.
Сир үрдүгэр мутукчалаах мастар аҕыйааһыннара, суох буолуулара айылҕаҕа уу паарын эргиирин уларытан маҥнайгы хамнааһыннары, олус күүстээх тыаллары, ардахтары, хаардары аҕалар. Олус күүстээх тыаллар үүнэн турар тииттэри эбии охтортооннор хамнааһын тэнийэн иһиитигэр тириэрдэллэр. Билигин Сир үрдүгэр мутукчалаах мастар аҕыйаан, суох буолан иһэллэр. Онон, Айылҕаҕа уларыйыы, хамнааһын хайа сах саҕаланна диэн этиэхпитигэр сөп буолар.
АЙЫЛҔА КИРТИЙИИТЭ КИҺИ ӨЙҮГЭР–САНААТЫГАР ДЬАЙЫЫТА
Күн уотун сырдыга дьайыытыттан уһун үйэлэр тухары киһи өйө-санаата үрүҥ, сырдык уонна хара, хараҥа диэн дьүһүннээн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран бэлиэтииргэ үөрэнэн хаалбыт. Кут-сүр үөрэҕэр үөрэппиппит курдук үгэстэргэ кубулуйбут өйдөбүллэр киһи өйүгэр-санаатыгар ийэ кутугар мунньуллар буоланнар хаһан баҕарар, киһи ийэ кутун салайыытыгар киирдэр эрэ, туттуллубутунан бараллар. Ол курдук кыра эрдэҕинэ куһаҕаны, айыыны оҥорума, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥор, күөх үүнээйини алдь¬атыма, кыыллары, көтөрдөрү көр-иһит, харыстаа диэн үөрэххэ үөрэтиллибит оҕо хаһан даҕаны аһара баран күөх үүнээйини алдьата турбат, кыыллары, көтөрдөрү харыстыыр киһилии киһи буола улаатар.
Саха сиригэр сир баайын хостооһун киэҥник тэнийэн сайдан иһэр. Сир баайын хостооһун киэҥник сайдыбыт сирдэригэр хара буор, кумах хонуулар, томтордор киһи хараҕа ыларын тухары нэлэһийэллэр, имири кэрдиллэн төҥүргэстэрэ эрэ хаалбыт, уот сиэн хара хоруо буолбут тыалар хараара боруораллар. Хаппыт тииттэр өргөстөөх төбөлөрө, үөрбэлэр курдук халлааҥҥа харбаһар көстүүлэрэ, амырыын алдьархайтан иэстэһэргэ бэлэмнэнэн эрэр былыргы сэрииһиттэр үҥүүлэрин өрө туппуттарын санаталлар.
Киртийэн, сытыйбыт уулар никсик сыттара дьон олорор сирдэрин биир биллэр уратытыгар кубулуйда. Бу сирдэргэ сүүрдэр үрэхтэргэ, өрүстэргэ балыктара эстибиттэрэ быданнаата.
Билиҥҥи кэмҥэ Саха сирин айылҕатын киртийиитэ хас киһи хараҕар кытта көстөр буолла. Биһиги дьадаҥы дойдубут сиртэн баайын хостооһуну бэйэтигэр эрэ барыстаах өттүттэн оҥорор. Ол аата, аҥардастыы туһалаах, атын дойдуга атыыга барар баайын эрэ хостоон хайа кыалларынан улахан барыһы ылан баран атын Айылҕаны харыстыыр, чөлүгэр түһэрэр өрүттэрин төрүт да аахсыбаттар, оҥорботтор, таах, ыһан-тоҕон хаалларан иһэллэр.
Буорту буолбут Айылҕа көстүүлэрэ киһи олоҕун барытын ай¬мыыр куһаҕан көстүүлэргэ киирсэллэр. Айылҕа ити көстүүлэриттэн киһи өйө-санаата быһаччы тутулуктаах. Өр кэм устата куруук хара буор хонууну, умайбыт тыаны көрүү киһи өйүгэр-санаатыгар букатын сүппэт, умнуллубат санаа түһүүтүн үөскэтэр. Онтон санаата түспүт киһи диэн бары өттүнэн мөлтөөбүт киһи буоларын бары билэбит. Киһи мөлтөөбүт, санаата түспүт кэмигэр уһуну-киэҥи, кэскиллээҕи кыайан толкуйдаабат буола бүөлэ¬нэн, быстах баҕа санаатыгар баһыттаран араас сыыһа туттуулары оҥо¬руон, бэйэтэ да быстах суолга киирэн биэриэн сөп.
Киртийбит, буорту буолбут Айылҕа көстүүлэрэ дьон өйүн-санаатын уһун кэмҥэ мөлтөтөллөр, кэскиллээх, саҥаны тутар, оҥорор санааларын суох оҥороллор. Итини тэҥэ Айылҕа киртийиитин көстүүлэрэ дьон бары бииргэ түмсэн үлэлиир-хамныыр, тугу эмэ оҥорор кыахтара кы-ратын биирдиилээн киһиэхэ өйдөтөллөр. Сир баайын-дуолун күүстээх тиэхиникэлэр көмөлөрүнэн хостооччулар Айылҕаны маннык алдьатыыларын-кээһэтиилэрин көстүүлэрэ хас биирдии киһиэхэ бэйэтэ кыайан көннөрбөт, күүһэ-кыаҕа тиийбэт балаһыанньата үөскээбитин биллэрэллэр.
Билигин төһө эмэ тиэхиникэ сайдыбытын кэннэ Айылҕа улаханнык алдьаныытын элбэх дьон даҕаны кыайан чөлүгэр түһэрбэттэр, көннөрбөттөр, кинилэр эмиэ кыахтара суоҕа киһи бэйэтэ кыайан көннөрбөт быһыыта үөскээбитин билинэн, аны бэйэтин эрэ күүһүгэр-кыаҕар эрэнэр буолуутун үөскэтэллэр, барар, куотар өйүн-санаатын күүһүрдэллэр.
Хара буор хонуулар ыар көстүүлэрэ киһи өйүгэр-санаатыгар эстии-быстыы, алдьаныы-кээһэнии өйүн-санаатын илэ хааллараллар. Киһи илэ өйүнэн сылдьан көрөр куһаҕан, ыар көстүүлэрэ кини өйүгэр-санаатыгар, олоҕун оҥкулугар сөп түбэспэт буоллахтарына ордук түргэнник түүлүгэр киирэн көстөллөр.
Хара хоруо, буор, быыл дойду киһи түүлүгэр киирэн көстүүтэ, киһиэхэ туох эмэ куһаҕан, табыллыбат буолуу, санаа түһүүтэ кэлиитигэр көстөр. Маннык түүл көһүннэҕинэ киһи мөлтүүр, өйө-санаата сыппыыр кэмэ кэлэр. Айылҕа куһаҕан көстүүлэрин сабыдыаллара киһиэхэ олус ыараханнык дьайаллар, ханнык да саргылаах санаа, үчүгэйи баҕара санааһын суох буоларыгар тириэрдэллэр. Киһи төһө эмэ кэмҥэ саҥаны, үчүгэйи оҥороро сарбыллар, санаата самнар, кыайыыга-хотууга дьулуура намтыыр. Киһи түүлүгэр кирдээх, сытыйбыт, көҕөрбүт уу көстүүтэ, өй-санаа мөлтөөбүтүн, кыаҕа-күүһэ түспүтүн бэлиэтиир.
Түһээтэххэ үүнэн турар тыа куһаҕан көрүҥнэнэн көстүүтэ үлэ-хамнас дьыалата улаханнык мөлтөөбүтүн биллэрэр. Куурбут-хаппыт тыа көһүннэҕинэ, оҥоруохтаах дьыалаҥ бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта тапсыбаккыттан улаханнык атахтаныан да сөп. Алдьаммыт, охтубут тиит көстүүтэ өлүү-сүтүү буолаары гыммытын биир бэлиэтэ буолар. Хаппыт-куурбут тиит көстүүтэ суос-соҕотох туран хаалбыт киһини эмиэ бэлиэтиэн сөп.
Түүл көстүүлэрэ киһиэхэ ханнык эмэ соһуччу куһаҕан быһыы кэлэн иһэригэр эрдэттэн өйүн-санаатын бэлэмнэнэн көрсөрүгэр аналлаахтар. Бу курдук куһаҕан көстүүлэр киһи түүлүгэр киирдэхтэринэ, киһи төһө эмэ уһун кэмҥэ мөлтөөн, ахсаан сылдьар кэмэ тиийэн кэлэр, өйө-санаата мөлтөөн туох да үлэтэ-хамнаһа табыллыбат, сыыһа-халты буола сылдьар, ханнык да ыллыктаах санаа киирбэт гына, өйө-санаата бүөлэнэр, сабыллар. Айылҕа киртийиитин, буорту буолуутун көстүүлэрэ түүлгэ киирдэхтэринэ киһи уһун кэмҥэ мөлтүүрүн, санаата түһэрин, үлэтэ-хамнаһа сатамматын түстүүллэр.
Маннык, куһаҕан түүллэр кэннилэриттэн киһи бары күүһүн уонна кыаҕын түмэн ыарахаттары көрсөргө бэлэмнэннэҕинэ эрэ табыллар. Эрдэттэн сэрэммит, туох эмэ куһаҕан буоларыгар өйүн-санаатын бэлэмнэммит киһи ханнык баҕарар ыарахаттары көрүстэҕинэ даҕаны этэҥҥэ туорууругар толору кыахтаах буолан тахсар. Ол иһин куһаҕан түүллэр кэннилэриттэн киһи бэйэтин санаатын бөҕөргөтөн, дьулуурун уонна тулуурун, ол аата өсөһүн эбэн биэрэрэ эрэйиллэр.
Дьон-аймах киртийбит, буорту буолбут сиргэ-дойдуга кыайан олоҕу олорор кыахтара суох. Маннык күөх үүнээйилэрэ суох буола эстибит дойдулартан дьон барыылара, атын, чөл айылҕалаах сиргэ көһүүлэрэ саҕаланар. Киртийбит, буорту буолбут сиргэ-дойдуга дьон кыайан олох олорботтор, Айылҕаттан кистэлэҥ тутулуктара быһыннаҕына доруобуйалара мөлтөөн араас ыарыыларга, ордук хаан ыарыыларыгар ыллараллара элбиир, олохторо табыллыбат. Ол иһин Айылҕаны харыстааһыны киһи аймах урут бастаан оҥорорго үөрэнэллэрэ эрэйиллэр кэмэ кэлэн турар.
Дьон Сиргэ олорор олохторун сыалынан Айылҕаны харыстааһын, урукку туругуттан олох туоҕа да уларыйбатын ситиһии буоларын умнан, табан өйдөөбөккө сылдьабыт. Аныгы үйэҕэ дьон үөрэҕи-билиини, араас улахан тиэхиникэлэри сайыннаран, элбэх саҥаны арыйыылары, айыылары олоххо киллэртээн Айылҕаны уларытан иһэллэр. Бу киллэрэр уларытыыларын сыыһа санааларыгар сайдыыны ситиһии курдук санааччылар хомойуох иһин элбэхтэр. Айылҕаны уларытар, буортуну оҥорор саҥаны арыйыылары, айыылары оҥорбот эбитэ буоллар Айылҕа уларыйыыта төһө эмэ кэминэн хойутаан кэлиэ этэ диэн этиини таба сыаналыы иликпит.
АЙЫЛҔАҔА ТАЛАН ЫЛЫЫ БЭРЭЭДЭГЭ
Айылҕа бары тыынар-тыыннаах харамайдарыгар, кыылларыгар уонна көтөрдөрүгэр күүстээҕи, кыахтааҕы талан ылыы кытаанах бэрээдэгэ үйэттэн-үйэҕэ уларыйбакка дьайар. Сир үрдүгэр үөскүүр бары тыынар-тыыннаах харамайдар, кыыллар уонна көтөрдөр олохторо бу бэрээдэккэ сөп түбэһэллэриттэн сылтан-сыл аайы салгыы сайдан, күүһүрэн, эттэрэ-сииннэрэ тупсан иһэллэр. Былыргы, эмп-том, үөрэх, эҥин суох кэмнэригэр дьон-аймах олохторо Айылҕа бу тулхадыйбат талан ылыытын бэрээдэгэр эмиэ сөп түбэһэн испиттэр.
Айылҕаҕа саҥа үөскээн улаатар көлүөнэлэр кырдьаҕас көлүөнэлэри бары өттүлэринэн баһыйар күүстээх, кыахтаах буолан тахсаллара ирдэнэр. Саха дьоно Айылҕа бу тутаах көрдөбүлүн былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһана сылдьыбыттарын «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһооно баара быһаарар. Бу өс хоһооно оҕо төрөппүтүнээҕэр ордук тулуурдаах, дьулуурдаах уонна үлэһит буола улаатарын хааччыйар кыахтааҕын сахалары мөлтөтөөрү сэбиэскэй былаас саҕана куһаҕан өс хоһооно диэн туората сылдьыбыттара. Билигин хас биирдии төрөппүт оҕотун иитиитигэр уонна үөрэтиитигэр бу өс хоһоонун тутуһара эрэйиллэр.
Бары тыынар-тыыннаахтарга саҥа үөскүүр көлүөнэлэр билигин баар көлүөнэтээҕэр өссө күүстээх, кыахтаах буолан тахсалларын ситиһэргэ Айылҕа талан ылыы бэрээдэгин халбаҥнаабакка эрэ тутуһуннарар.
Тыынар-тыыннаахтарга күүстээҕи, кыахтааҕы талан ылыы аан маҥнай атыырдары талан ылыыга олоҕурар. Ордук кыахтаах, күүстээх буолан атыттары баһыйа тутан кыайбыт атыыр, бэйэтэ эмиэ талан ылыы бэрээдэгин тутуһан, кэлэр көлүөнэлэ¬ри үөскэтиини бэйэтигэр ылынара сайдыы, эт-сиин күүһүрэн иһиитэ салгыы сайдан иһэрин толору хааччыйар.
Айылҕаҕа кыахтаах, күүстээх атыыры талан ылыы күрэстэһии бэрээдэгинэн барар. Кытаанах, кыра даҕаны сымнаан биэриитэ суох бу күрэстэһиигэ, харсыһыыга күүстэринэн-уохтарынан кыаттарбыттар туораан биэрэллэригэр эрэ тиийэллэр. Ити курдук кыахтаахтан кыахтаах, күүстээхтэн күүстээх эттээх-сииннээх көлүөнэлэр үөскээн тэнийэн иһиилэрэ тохтообокко эрэ, сылтан сыл, салгыы баран иһэрэ хааччыллар. Бу бэрээдэк араас тыынар-тыыннаахтар Айылҕа ыарахан усулуобуйатыгар уһун үйэлэргэ мөлтөөбөккө сайдан уонна күүһүрэн биэрэн иһэллэрин хааччыйарыттан кыыллар уонна көтөрдөр үйэлэрэ хас да мөлүйүөнүнэн сылларынан ааҕыллар.
Өйдөрө-санаалара олус түргэнник сайдан иһэр дьон-аймах, Айылҕа бу халбаҥнаабат бэрээдэгин кэһэллэрэ, тутуспаттара эбиллэн иһэр. Кэнники кэмҥэ букатын да умнан, суолтатын да сүтэрэн кэбис¬пит курдуктар. Дьон-аймах науканы, эмп-том күүһүн күүскэ сайыннаран уонна «социализм» идеятын тутуһан, киһи барыта тэҥ буолар диэн өйдөбүлүнэн туһанан, күүстээҕи таба талан ылар кыахтарын сүтэрэн кэбистилэр.
Айылҕа талан ылар бэрээдэгин дьон-аймах кыайан тутуспаттара киһи өйө-санаата уонна этэ-сиинэ тус-туһунан буолууларыттан үөскээн тахсар. Ол иһин бу талан ылыы сахалар этэллэрин курдук икки өрүттээх, икки өттүттэн тутулуктаах. Эт-сиин өттүнэн аһара сайдыбыт киһи өйө-санаата сөбүгэр соҕус буоларынан дьон-аймах күүстээҕи уонна өйдөөҕү талан ылыылара улаханнык уустугуран турар.
Бу талан ылыыга өйдөөҕү уонна эт-хаан өттүнэн сайдыылаах дьону тус-туспа арааран талыы кыайан чуолкайдык быһаарыллар бэлиэтэ суоҕа ордук уустуктары киллэрэр. Арай билигин даҕаны дьон үлэлиир үлэлэрэ икки аҥы, өй уонна илии үлэлэрэ диэн арахсар курдуктарын да иһин талан ылыыга сөптөөх быһаарыыны син-биир биэрбэттэр. Ол курдук өй уонна илии үлэлэрин дьүөрэлэһиннэрэн сайыннардахтарына, эргиччи сайдыылаах дьон үөскээн тахсыахтарын сөп.
Бу икки араас үлэлэртэн биирин аҥардастыы баһы¬лаабыт киһини булан, талан ылыы сайдыы ситэтэ суох буолуутугар ти¬риэрдэр. Дьон-аймах толкуйдуур өйдөрө, салгын куттара сайдыбыт буоланнар талан ылыыга бу икки сүрүн хаачыстыбалары, эт-сиин күүһүн-уоҕун уонна өй-санаа сайдыытын тэҥнээн көрөн талан ыла сатыыллар.
Дьон-аймах күүстээҕи, кыахтааҕы уонна өйдөөҕү холбуу тутан талан ылар бэрээдэктэригэр кэнники кэмҥэ арыгы эмиэ киирсэр буолуута бу дьыаланы ордук табатык быһаарарга кыаҕы биэрэр. Биһиги санаабытыгар билиҥҥи кэмҥэ арыгы бу талан ылыыга ураты өйдөбүлү киллэрэринэн ордук туһалаах буолуон сөп. Ол аата, күүстээх, кыахтаах уонна өйдөөх киһини талан ылыыга арыгы эмиэ эбиллэн, эбиискэ көрдөбүлү киллэрэн биэрэн, аны арыгыһыт буолбатах, арыгыны аһара испэт, ол өйө-санаата тулуурдаах, туруктаах киһини талан ылыы көрдөнөр буоларын киллэрэр.
Күүстээҕи, кыахтааҕы талан ылыы бэрээдэгэр арыгы олус сөп түбэһэр. Ол курдук аан маҥнай санаалара түспүт эбэтэр дьонтон ордук сананар киһиргэс уонна майгылара-сигилилэрэ мөлтөх, олоххо көрсөр ыарахаттары тулуйарга үөрэтиллибэтэх дьон арыгыга ыллараннар арыгыһыт буола охсоллор.
Күүстээх санаалаах, кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах гына үөрэтиллибит, өһөс майгылаах, бэйэтин, оҕолорун, аймахтарын, чугас дьонун олохторун тупсарарга аналлаах араас сыаллардаах уонна соруктардаах, ол сыалларын толорорго бары кыаҕын ууран дьулуһар киһи хаһан даҕаны арыгыга кыаттарбат.
Кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ сахалар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһооннорун кытаанахтык тутуһуу ирдэнэр кэмэ кэлэн турар. Кэлэн иһэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара уонна эттэрэ-сииннэрэ ордук бөҕөргүүрүн ситиһэр кыахтааҕынан бу өс хоһоонун хас биирдии төрөппүт хайаан да тутуһа сылдьара көрдөнөр буолла.
Онон, арыгыһыт буолбатах киһини талан ылыы бу айылҕа талан ылыытын бэрээдэгэ аныгы үйэҕэ саҥалыы сайдыбытын биир сүрүн көрдөбүлэ буолар.
Ити аата, арыгыһыт буолбат, арыгыга кыаттарбат буолуу диэн, дьон-аймах бэйэлэрэ олох иһин охсуһан инники диэки сайдан иһиилэрин лаппа сымнаабыт көрүҥэ буолара быһаарыллар. Ол курдук дьоҥҥо бу арыгыны кыайыы, аһы ас курдук өйдөөн-санаан киһилии аһааһын эбэтэр аһара испэт буолуу, бу аймах, бу омук уһун үйэлээх буолар кэскиллээҕин уонна олох сайдан иһэр көрдөбүллэриттэн, таһымыттан хаалсан хаалбакка инники диэки барсан иһэрин бэлиэтэ буолар.
Итини тэҥэ арыгыны аһара испэт буолуу диэн киһи бэйэтин өйө-санаата күүһүрэн, сайдан лаппа үрдүк кэрдиискэ тахсыбытын уонна дьулуурдаах, тулуурдаах, өһөс буолуута эмиэ үрдээбитин көрдөрөр бэлиэ буолар.
Сайдыыны ситиспит норуоттар бары арыгыны сөбүлээн көрөн иһэргэ үөрэммит дьон буолаллар. Арай биһиги Россия дьоно атын омуктартан өй-санаа өттүнэн хаалан иһэрбит бэлиэтинэн арыгыны сатаан испэт арыгыһыттарбыт өссө да элбэхтэрэ буолар. Билигин дьоҥҥо өссө күүстээх өйү-санааны буккуйааччы, эмиэ талан ылааччы буолар туруктаах, аны наркотик киэҥник тарҕанан кэлэн иһэр. Ити наркотик күүскэ тарҕанар биир биричиинэтинэн арыгы сыанатын аһара үрдэтии уонна арыгыны бобуу буоларын кэнники бириэмэҕэ, арыгыны улаханнык бобо сылдьыы кэнниттэн эрэ билэр буоллубут. Сити кэмтэн ылата биһиэхэ наркоманнар уонна токсикоманнар үөскээннэр эбиллэн бардылар.
Төһө даҕаны хомойбуппут иһин, Айылҕа тутаах бэрэээдэктэрин дьон-аймах кыайан уларытар күүстэрэ суох быһыылаах. Хата ол оннугар тулуйар, тулуурдаах буолуу дьон-аймахтан ордук күүскэ эрэйиллэр. Ол курдук тымныы сиргэ олоруоххун баҕарар буоллаххына, тымныыны тулуйарга үөрэниэхтээххин, эрчиллиэхтээххин, онтон итии сири сөбүлээтэххинэ итиини тулуйа үөрэн диэн Айылҕа үөрэҕэ этэр.
Айылҕа бары тыынар-тыыннаах харамайдарыгар, көтөрдөрүгэр уонна кыылларыгар дьайар, талан ылыы бэрээдэгэ дьоҥҥо эмиэ дьайа сылдьар. Дьон-аймах кыахтаах, тулуурдаах өттүлэрэ арыгыны уонна наркотиктары кыана туттунан туһанар буола үөрэннэхтэринэ эрэ салгыы сайдан, үөскээн бараллара хааччыллар кэмэ кэлэн иһэр. Ити курдук Айылҕа талан ылар бэрээдэгэ өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо эмиэ син-биир халбаҥнаабакка эрэ тутуһулла сылдьыахтааҕа быһаарыллар.
ДИНОЗАВРДАР КҮЛҮКТЭРЭ БАРЫҤНЫЫЛЛАР
Сир үрдүгэр туох баар барыта сөптөөх кэмнэрэ кэллэҕинэ, уларыйан, эргийэн, атынынан солбуллан иһэллэр. Ол курдук түүн кэнниттэн күнүс, кыһын кэнниттэн саас кэлэн бэйэ-бэйэлэриттэн салҕанан эргийэн биэрэн иһэр курдуктар. Күн систематын эргийиитэ эмиэ уларыйан күнэ-түүнэ солбуллар диэн сорох үөрэхтээхтэр ааҕаллар. Бу космическэй түүн уһуна 230 мөлүйүөн сыл буолан баран 2013 сыллаахха уларыйыа диэн этэллэр.
Айылҕа тыынар-тыыннаахтара кэмэ кэллэҕинэ сайдан-үүнэн, ахсааннара эбиллэн кэлэр кэмнээхтэр. Маннык эбиллии кэмэ, Айылҕа биир тыынар-тыыннааҕар, куобахха хайдах дьайара кылгас кэм иһинэн биллэр, онтон улахан уонна уһун үйэлээх кыылларга дьайыыта өссө да кыайан үөрэтиллэ илик. Куобах дэлэччи үөскээн баран суох буола эстэрэ сирин-дойдутун киртитиититтэн, аһыыр аһа бараныытыттан буолар.
Куобах Айылҕа биир кыра харамайа. Үөскүүр кэмэ кэллэҕинэ дэлэччи үөскүүрүттэн мэнээктиир. Кылгас кэм иһинэн аһара үөскээн хаалан айылҕатын киртитэн сотору кэминэн эстэргэ барар. (11,3). Куобах элбэхтик үөскээн баран суох буолар кэмин икки арда 11 сыл курдук. Онтон тыа иһэ ырааһыран, ото-талаҕа дэлэччи үүннэҕинэ эмиэ хаттаан үөскээн, элбээн кэлэллэр.
Дьон-аймах олоҕо хайдах салгыы сайдан баран иһэрэ кыайан быһаарыллыбат өрүттэрдээх буолан иһэр. Биир оннук өрүтүнэн Сир үрдэ радиациянан сутуллан, киртийэн иһиитэ буолар. Радиациянан сутуллубут сир ыраастаныыта олус уһун кэми ылара уонна киэҥ сиргэ тарҕаныыта дьон күүһүгэр кыаттарбат кыахтаах. Ол иһин Сир үрдүгэр тарҕанан иһэр радиация кыайан суох буола ыраастанан испэккэ мунньуллан иһэрэ уустук боппуруоһу үөскэтиэх курдук.
С.Фернер диэн инженер-атомщик бэйэтин маһынан оттуллар оһоҕун күлүн радиациятын кэмнээн көрбүтэ нуорматтан сүүһүнэн төгүл үрдүк эбит. Ону дьиктиргээн АХШ араас оройуоннарыгар кэмнээһиннэри оҥортообута оһох күллэрэ бары радиациялаах буолбуттар. 50 - 60-с сыллардаахха атомнай буомбалары салгыҥҥа боруобалааһын тэнийбит кэмигэр үүнэн турар мастар бары радиактивнай цезийинэн уонна стронцийынан сутуллубут эбиттэр. (12,40).
Билигин араас наукалар сайдыыларын таһымнара үрдээн, былыргы олоххо туох буолан ааспытын балачча чуолкайдык быһаарар буолан эрэллэр. Индигиртэн көстөн щадринскай диэн ааттаммыт мамонт 41 тыһ. онтон Халыматтан көстөн березовскай диэн ааттаммыт мамонт 44 тыһ. сыл анараа өттүгэр үөскээбиттэр. (13,8). Оччотооҕу кэмҥэ бэркэ тэнийэн үөскүү сылдьыбыт улахан кыыллар бука бары суох гына эстэннэр билигин уҥуохтарын эрэ булаллар.
Саха сиригэр кэлин буолан ааспыт мууһурууну сартанскай диэн ааттаабыттара. Бу мууһуруу 22-11 тыс. сыл анараа өттүгэр буолан ааспыт. Сартанскай мууһуруу кэмигэр, 14 тыһ. сыл анараа өттүгэр носорогтар, онтон 12-11 тыһ. сыл анараа өттүгэр мамоннар, бизоннар, овцебыктар, хахайдар, дьиикэй сылгылар суох буолбуттар. (13,10 ).
Сир үрдүгэр туох эмэ уларыйыы кэлиитэ, туохтан да тутуллубакка, күүстээхтик, ньиргиччи кэлэр. Ол курдук саас кэлэн иһиитин туох да күүс кыайан тохтотор кыаҕа суох.
Айылҕа бэйэтин харыстанар, ыраастанар күүһүн дьон-аймах ситэ сыаналыы иликтэр. Арай кэнники кэмҥэ күүстээх ардахтартан, хаардартан уонна тыаллартан үөскүүр уу ылыыларыттан аймалҕаннар эбиллэн иһэллэр. Наука уонна тиэхиникэ сайдан иһиититтэн Сир үрдүн киртитии олус киэҥник тарҕанан эрэр. Бу киртитии сүрүн көрүҥнэригэр мутукчалаах маһы суох оҥорууну уонна Сир үрдүн радиациянан сутуйууну киллэриэххэ сөп.
Дьон-норуот атом күүһүн баһылааннар, радиациянан Сир үрдүн сүһүрдүүнү көҥүл ыытан эрэллэр. Сүһүрдүү салгыы баран иһэр турук-таах. Радиациянан сүһүрүү хас да сүүһүнэн сыллар усталарыгар кыайан ыраастаммат. Сайдыыта суох, дьадаҥы государстволар ядернай сэрии сэбин баһылаан, араас туһалаах да туһата да суох дэлби тэптэриилэри оҥорон бараннар, радиацияттан харыстанар үлэни кыахтара тиийбэт буолан кыайан ыыппаттар. (14,3). Оҥорон таһаарар производстволара мөлтөх, харчылара тиийбэт уонна бу государстволарга үөрэх-билии таһыма намыһах буолан радиация тарҕанарыгар улаханнык кыһамматтар.
В.Суворов ядернай дэлби тэптэриилэргэ бэйэтэ сылдьан устубут оператор бэлиэтээһиннэригэр олоҕурбут «Была такая страна – «Лимо-ния» диэн ыстатыйатыгар ядернай дэлби тэптэрии буолбут сиригэр араас үүнээйилэр, ол иһигэр от эмиэ олус хойуутук уонна өлгөмнүк үүнэллэрин бэлиэтиир. (15,57). Научнай чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн бурдук сиэмэтин кыратык радиациянан сүһүртэххэ, бурдук үүнүүлээх буолар. Атын үүнээйилэр барылара радиация оҕустаҕына үүнүүлэрэ тупсан, аһара улаатан бараллара билигин эмиэ быһаарыллан турар.
Академик Н.П.Дубинин «Генетика, что же завтра» диэн ыстатыйатыгар радиация тыынар-тыыннаахтарга дьайыытын ырытар. Аан дойдуга ядернай сэрии буолан хааллаҕына, радиация аҕыйах сиргэ эрэ тарҕаммакка Сир үрдүгэр барытыгар тарҕанар, тэнийэр туруктаах. Ол курдук ядернай дэлби тэбиилэртэн үөскүүр радионуклеотидтар радиацияны өссө киэҥник тарҕатар кыахтаахтар эбит. Радиация тыынар-тыыннаах¬тар геннэрин буккуйан араас мутаннар диэн аһара улахан да кыыллар үөскээн тахсыахтаахтара наука эйгэтигэр биллэр буолла. (16,19).
Динозаврдар диэн былыргы үйэҕэ Сир үрдүгэр олорон ааспыт кыыл¬лар буолаллар. Ити кыыллар уҥуохтара сир аайыттан көстөллөр. Бу хантан да кэлбэтэх илэ бэйэлэринэн баар буола сылдьабыт кыыллар. Билиҥҥи наука үөрэтэн билбитинэн динозаврдар үйэлэригэр от-талах эмиэ аһара улахан, ураты үүнүүлээх буолар эбиттэр.
Американскай учуонайдар динозаврдар көстүбүт уҥуохтара радиациянан сутуллубут буолалларын быһаарбыттар. Бу кыыллар үгүстэрэ уонна ордук улахан өттүлэрэ от-талах аһылыктаах эбиттэр. Динозаврдар үйэлэригэр сиргэ атын тыынар-тыыннаахтар уонна көтөрдөр эмиэ бааллар эбит. Туохтан сылтаан динозаврдар суох буола эстиилэрин билигин да кыайан быһаара иликтэр. Ол эрээри Айылҕа эмискэ уларыйыытыттан уонна ас-үөл аҕыйааһыныттан эстибит буолуохтарын сөп дииллэр. (17,40).
Наукаҕа кэнники баар буолбут өйдөбүллэринэн туһанан быһаардахха, Сир үрдүгэр динозаврдар үөскүөхтэрин сөптөөх балаһыанньалара баар буолан эрэр. Учуонайдар сиргэ эмискэ буолуохтарын сөптөөх уларыйыылары компьютер программатыгар киллэрэннэр билгэлээн көрүүлэри оҥороллор.
Билигин ядернай сэрии сэбинэн саҥа сайдан эрэр государстволар олус үлүһүйүүлэрин түмүгэр сыыһа - халты туттаран термоядернай сэрии төлө тардыллан хааллаҕына Сир үрдүгэр ядернай кыһын кэлиэхтээх. Бэйэ-бэйэлэригэр утарыта турар өйгө-санааҕа иитиллибит государстволар салайааччылара термоядернай сэрии сэбин быһаччы бас билиилэриттэн Сир дойду олоҕо биир-икки иирээки аҥардаах киһиттэн, кинилэр өйдөрүттэн-санааларытыттан, ханнык кэмнэргэ «өйдөрө баайыллан» ылалларыттан олус тутулуктаах буолуута чугаһаан иһэр. Ол курдук ыксаабыт, өйө баайыллыбыт киһи ханнык быһаарыыны ылынара кинини кыра эрдэҕинэ хайдах үөрэппиттэриттэн, ийэ кутун ииппиттэриттэн быһаччы тутулуктаах буоларын сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар. Бу быһаарыы, оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар үтүө үгэстэргэ үөрэнии, куһаҕан быһыылары оҥорбот буолуу иҥэриллибэтэх буоллаҕына, бу киһи олус ыгылыннаҕына, ыксаатаҕына, итирдэҕинэ салгын кута көтөн, быстах, сиэргэ таһынан барар быһаарыыны ылынан, ону оҥоро охсон кэбиһиэн сөбүгэр олоҕурар.
Омуктар сайдыыны ситиһэн олохторо көнөн истэҕин аайытын оҕолорун аһара көҥүллүк, атаахтык иитэннэр кыра эрдэҕинэ куруук кэриэтэ оонньото сырытыннараннар уонна бары эбиллэн иһэр баҕатын барытын толоро үөрэтэннэр ийэ кутун ситэ ииппэккэ, сайыннарбакка хаалларан, улаатыннаран кэбиһэллэр. Оҕо улаатан бардаҕына, үөрэҕи-билиини өйдүүр буолбутун кэннэ салгын кутун эрэ сайыннараллар. Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн маннык иитиллибит киһи ыксаллаах кэмнэргэ бэйэтин кыана туттунан тохтотуммат буолан хаалар уратылаах. Билигин биир киһи бэйэтин туттуммат буолан быстахтык быһыыланыытыттан Аан дойду олоҕо барыта улахан тутулуктаах буолан турар кэмэ кэлэн иһэр. Ол курдук утарыта өттүттэн бэйэ-бэйэлэрин кыҥаһан турар атомнай буомбалардаах ракеталары төлө ыытар кунуопкалары хаһан баттыыры билигин үс эрэ киһи быһаарар кыахтанан тураллар.
Итинник быһаарыыны таба эбит диэтэхпитинэ, быстах санааттан үөдүйэн тахсар быстах быһыыттан саҕаланан ядернай сэрии тоҕо тардыллан хаалыан сөбө оруннаах курдук. Онно эбии эдэрдэр наркоман буолуулара уонна улахан күүстээх сэрии сэптэрэ биир эмэ наркоман буолбут эдэр киһи илиитигэр киирэн хаалыахтарын сөбө ордук кутталы үөскэтэр.
Наука билиниитинэн ядернай сэрии кэнниттэн уһун кэмнээх ядернай кыһын кэлиэхтээх. Бу кыһын бүтүүтүгэр Сир үрдэ барыта күлүнэн уонна быылынан бүрүллэн хаалбыта охсон аны улахан сылыйыы буолуо дииллэр. Радиация дьайыытыттан бу кэмҥэ аһара үүнүүлээх оттор уонна талахтар сири-дойдуну бүөлүү үүнэллэрэ сабаҕаланар.
Ядернай сэрии сэбиттэн уонна радиация дьайыытыттан сиргэ тимиччи эбэтэр ууга сылдьар буоланнар ордон хаалбыт араас күлгэрилэр, крокодиллар, ууттан хонууга тахса сылдьар кыыллар аан бастаан сайдан барыахтара. Билиҥҥи кэмҥэ көстөр динозаврдар уҥуохтара оннук кыыллар элбэхтэрин көрдөрөллөр. Ол курдук динозаврдар олус улааппыт крокодилларга, күлгэрилэргэ маарынныыллар. Итини тэҥэ үгүс кыра динозаврдар билигин баар көтөрдөр курдуктара быһаарыллыбыт. Сир үрдүгэр күүстээх радиация баарыттан, ити ордон хаалбыт кыыллар аһара улаатыыларын түмүгэр аҕыйах мөлүйүөн сылынан дьиҥнээх динозаврдар баар буолан хаалыахтарын сөп курдук.
Бу быһаарыы «Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар кынаттаах этиилэргэр эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук тыһыынчанан сылларга дьон-аймах сайдыыта хонуу сирдэргэ тэнийбит буоллаҕына аны муора, уу кыыллара сайдыыны баһылааннар хонууга тахсыахтарын сөп. Сэриигэ туттуллар дьааттаах гаһы немецтэр аан маҥнай бастакы Аан дойду сэриитин кэмигэр оҥорон боруобалаан хас да сиргэ туттубуттара. Кинилэр иккис Аан дойду сэриитин кэмигэр араас суол күүстээх дьаат бөҕөнү оҥостон, элбэҕи бэлэмнэммиттэрэ. Японецтар иккис Аан дойду сэриитин кэмигэр олус күүскэ бактериологическай сэрии сэбинэн дьарыктаммыттара. Кинилэр ити сэрии сэбин эмиэ олус элбэҕи оҥостон мунньуммуттара.
Сэрии кыаттарыынан түмүктэнэрэ төһө эмэ эрдэттэн биллибитин үрдүнэн ити ынырыктаах, дьон-аймаҕы барытын буортулуур дьааттаах сэрии сэптэрин немецтэр даҕаны, японецтар даҕаны кыайан туттубатахтара. Кинилэр тойотторо, салайааччылара төһө да өлөр-сүтэр кэм тирээн кэлбитин иһин, Аан дойдуну барытын эһиэхтэрин, дьаатынан буорту оҥоруохтарын баҕарбатахтара. Бу дьон бэйэлэрин өлөрөр-сүтэрэр быстах баҕа санааларын кыана туттунан күүстээх дьааттары туһаныҥ диэн хамаанданы хата биэрбэтэхтэрэ.
Оччотооҕу кэмҥэ, нацистскай Германия уонна милитаристскай Япония салайааччылара саҥа улаатан эрэр кэмнэригэр дьон-аймах оҕоло-рун иитэр-үөрэтэр ньымалара ураты чиҥ уонна кытаанах этэ. Оҕону аан маҥнай төрөппүтүн этэрин иһит, толор, кини курдук буол диэн этэн иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ уонна ханнык да балаһыанньаҕа аһара барбат буолуу өйдөбүллэрэ эмиэ иҥэриллэр этилэр. Бу улахан салайааччылар сэрии бүтүүтүгэр үөскээбит ыксаллаах кэмнэргэ быстах быһаарыныылары ылымматахтарын быһаарыыта кинилэр кыра эрдэхтэринэ үчүгэй, киһилии үөрэҕи барбыттарын, ийэ куттара иитиилээх эбиттэрин бигэргэтэр.
Киһи ыксаллаах кэмнэргэ итинник, бэйэтин кыана туттар быһыыта сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн эрэ табатык быһаарыллар. Ол аата оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар «Аһара барыма», «Айыыны оҥорума» диэн өйдөбүл үгэскэ кубулуйан иҥэриллибит буоллаҕына, бу өйдөбүл хаһан баҕарар, киһи олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр дьайа сылдьар. Бу киһини быстах быһыыны оҥороруттан тохтотор майгы оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээн, өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар олохсуйар буолан, киһи өйүгэр-санаатыгар биллибэт курдук. Ол эрээри бу өй-санаа киһи ийэ кутугар иҥэн сылдьар буолан, «Өйө баайыллан» ылар кэмигэр сыыһаны, куһаҕаны оҥороору гыннаҕына, хаһан баҕарар тохтотор.
Дьон өйдөрө-санаалара кэлин кэмҥэ күүскэ уларыйда. Манна ордук компьютеры баһылааһын улахан оруолу ылар буолла. Киһи бэйэтин өйө-санаата, толкуйдуур дьоҕура компьютерга баһыттарар буолуута үөскээтэ. Ол иһин ордук суолталаах суоттааһыннары, быһаарыылары аны компьютертан ыйытан, онно бэрэбиэркэлэтэн баран ылыныллар буолан турар. Компьютер араас сибээстэригэр саахаллар тахсыылара сыыһа быһаарыыны ылыныыга тириэрдиэхтэрин сөп диэн күүстээх компьютердары туһанааччылар бэлиэтииллэр.
Сайдыылаах омуктар оҕолоро өйдөрө-санаалара туруга суох буолан иһиитэ телевизор уонна компьютер кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар киллэрэр уратыларынан быһаарыллар. Оҕо кыра, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ компьютер оонньуутугар элбэх киһини, кыыллары ытыалыы үөрэммитэ, кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар иҥэн олохсуйан хаалар. Бу олохсуйбут өйдөбүллэр оҕо куһаҕан быһыылары оҥороруттан тохтотор майгытын суох оҥороллор. Бэйэлэрин быстах баҕа санааларын, туохтан эмэ кыыһырбыттарын-абарбыттарын кыайан туттунан тохтотуммат эдэр дьон элбээн иһэллэрин сайдыылаах дойдуга, Америкаҕа, оскуола оҕолоро кыыһыра түһээт да бииргэ үөрэнэр оҕолорун уонна учууталларын ытыалаан кэбиһэр буолбуттара туоһулуур.
Онон, Аан дойду олоҕор улахан кутталы оҥорор ядернай сэрии сэптэрэ, өй-санаа өттүнэн ситэ иитиллибэтэх-үөрэтиллибэтэх, быстахтык быһаарынан кэбиһиэн сөптөөх дьон илиилэригэр киирэн иһэр кэмэ кэлэн эрэр. Кэлэр көлүөнэлэр солбуһууларыгар бу балаһыанньа өссө ыараан иһэр чинчилээх. Быстахтык быһаарыныыттан термоядернай сэрии төлө тардыллан хааллаҕына Сир үрдүгэр динозаврдар үөскээннэр, олор үйэлэрэ эргийэн кэлиэн сөп.
Билигин Сир үрдүгэр үөскээбит балаһыанньаны туох баарынан сыаналаан көрдөхпүтүнэ, Аан дойду иккис сэриитин кэннинээҕи кэмтэн, биллэр уларыйыылар таҕыстылар:
1. Олус күүстээх ядернай, термоядернай сэрии сэптэрэ мунньулуннулар уонна өссө эбиллэн иһэллэр. Сир үрдэ радиациянан сутуллуута салгыы баран иһэр.
2. Государстволар икки ардыларыгар утарыта туруу өйө-санаата мөлтөөн, симэлийэн хаалбакка, мөлтүү быһыытыйан баран билигин өссө күүскэ сайдан эрэр. Бу саҥа утарыта туруу сүрүн уратытынан урукку утарыта туруулар курдук ханнык эрэ биллэр кыраныыссаны тутуспакка Аан дойду барытын үрдүнэн киэҥник тарҕанан эрэрэ буолар.
3. Күүстээх сэрии сэптэрин баһылыырга аналлаах эдэр көлүөнэлэри кыра эрдэхтэринэ олус атаахтатан, бас-баттах, быстах өйгө-санааҕа үөрэтии тэнийэн иһэр.
4. Дьон өйө-санаата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уларыйан иһэринэн улахан сэриилэр кэмнэригэр кэлэн ааспыт ыар балаһыанньалары эдэр көлүөнэлэр ситэ сыаналаабаттарынан, сэрииттэн кыайыы-хотуу кэлиэ дии санааччылар элбээһиннэриттэн кыраттан саҕалаан улахан сэрии саҕаланан хаалыан сөп.
Ити курдук Сир үрдүгэр динозаврдар үйэлэрэ эргийэн кэлэн иһэригэр бэлэмнэнии үлэлэрэ хайы-сах саҕаланан эрэллэр диэтэхпитинэ сыыһа буолбат буолан иһэр. Дьон-аймах бары турунан, тус-туспа баралларын тохтотон, омуктар бииргэ олорууларын сокуонугар ордук сөп түбэһэр демократия принциптэрин тутуһан, Айылҕа уларыйыытын тохтоторго уонна улахан алдьатыылаах сэрии сэбин суох оҥорууга үлэлээтэхтэринэ эрэ балаһыанньа тосту көнүөн сөп.
Итини тэҥэ дьон бары сахалар кут-сүр үөрэхтэрин ылынан, оҕолорун кыра эрдэхтэринэ иитиини төрдүттэн уларыттахтарына, ол аата бэйэлэрин ханнык баҕарар балаһыанньаҕа кыана туттар, сыыһа-халты туттубат туруктаах өйдөөх-санаалаах эдэр дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннардахтарына эрэ Сир үрдүгэр дьон-аймах олоҕо эмискэ уларыйыыга тэбиллиитэ суох буолуон сөп.
ӨЛӨН ИҺЭН ӨЙДӨММYТ
Былыргы дьыллар быдан мандааларыгар саха дьонун биир өбүгэлэринэн «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох» баар буола сылдьыбыта олоҥхолортон уонна былыргы кэпсээннэртэн биллэр. Бу былыргы өбүгэбит аатын курдук олус элбэх эрэйи-муҥу, эстиини-быстыыны көрсүбүтүн тэҥэ киэҥ куйаар дойдубутугар суос соҕотоҕун сылдьар кэмнэрэ эмиэ баар буолан ааспыттар.
Дьон-аймах саҥа сайдан, үөскээн иһэр кэмнэригэр уонна онтон кэлин даҕаны былыргы охсуһуулаах-этиһиилээх, «Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, нөҥүө күнүгэр ат уорҕатыгар» буолан ылыталыыр кэмнэригэр биир эмэ эр бэрдэ ордон, тыыннаах хаалар кэмнэрэ баалларын бу «Эр Соҕотох» диэн ааттаах киһи баара биллэрэр.
Олох төһө да ыараан уонна эрэйэ эбиллэн истэҕинэ киһи тулуура, дьулуура өссө эбиллэн биэрэр дьоҕурунан барыны-бары кыайар кыахтанан иһэр. Былыргы «Эр Соҕотох» өбүгэбититтэн элбээн, сайдан, тэнийэн, үөрэхтэнэн-билиилэнэн баччаҕа кэлэн олоробут. Киһи куттарын өйдөрүн-санааларын дириҥник баһылаабыт, өй-санаа икки өрүттээҕин арааран билбит уонна олус уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Өлөн иһэн өйдөммүт», «Буолар буолан бүппүтүн кэннэ» диэн олус дириҥ суолталаах этиилэр бааллар. Бу этиилэр дьон төһө даҕаны үөрэҕи-билиини баһылааталлар, өйбүт-санаабыт сайдыылаах диэн сананналлар даҕаны үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары тус-туспа араарыыга хаһан да биир тылы кыайан булумматтарын, ханнык эмэ олус куһаҕан быһыы субу буолаары да турдаҕына дьиксинэн, тардынан тохтооботторун быһаараллар. Ол аата өй-санаа киһи оҥорор быһыыларынааҕар хойутаан, кэнниттэн кэлэн иһэрин бу этиилэр арааран, чуолкайдаан бэлиэтииллэр.
Онон киһи бэйэтэ оҥорбут быһыыларыттан дьэ үөрэнэн бу быһыы чахчы куһаҕан эбэтэр үчүгэй эбит диэн биирдэ быһаарар уонна кэлин ол үөрэҕэр, билиитигэр тирэҕирэн атын быһыыларын көннөрөн оҥороро бу этиилэринэн бэриллэр.
Саха дьонун бу дириҥ түгэхтээх этиилэрэ билигин кэлэн дакаастанан эрэллэрэ ордук хомолтолоох. Ол курдук Сир-дойду киртийэн, айылҕата уларыйан эрэр кэмигэр дьон-аймах ону көннөрүүгэ күүстэрин-кыахтарын барытын ууралларын оннугар тус-туспа хайдыһан бэйэ-бэйэлэрин кытта сэриилэһэ оонньуу, бэрт былдьаһа сылдьаллара көҕүрээбэт. Билигин кыра-кыратык уларыйан иһэр айылҕа хамнааһына сыыйа-баайа күүһүрэн иһэр чинчилээҕэ хата сайдыылаахпыт, өйдөөхпүт, үөрэхтээхпит дэнэр салайааччы дьоҥҥо ханнык да көмүскүүр, харыстыыр санааны киллэрэ илик. Айылҕаны харыстыырга анаан сайдыылаах государстволар оҥорон ылыммыт Киотскай дуогабардарыгар Аан дойду үгүс өттүн баһылыыр АХШ-ра сөбүлэһэн илии баттыы иликтэр.
«Өлөн иһэн өйдөммүт» диэн этии таба буолан хаалар чинчилээҕэ киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын тутулуктарынан быһаарыллаллар. Киһи сайдыытын биир биллэр уратытынан өй-санаа киһиэхэ этин-сиинин сайдыытыттан хойутаан, кэнники киирэрэ буолар. Ол аата эт-сиин көрдөбүллэрэ өйдөрө-санаалара ситэ сайдан бөҕөргүү илик дьоҥҥо хайа эрэ өттүнэн уруттаан дьайа сылдьар курдуктар. Оҕо өйө-санаата сайдан киһи буолууну баһылаатаҕына эрэ этин-сиинин быстах көрдөбүллэрин кыайан тулуйан салайан биэрэр кыахтанар. Ол иһин киһи улаатан иһэн өйүн-санаатын ордук дьаныһан туран дьарыктыыра, киһи буолууга үөрэтэ сылдьара хайаан да наада.
«Өлөн иһэн өйдөммүт» диэн дьон оҥорор бары дьыалаларыгар быһаччы сыһыаннаах этии, туһалааҕы оҥорор өй-санаа хаһан баҕарар хойутаан, буолар буолбутун, кэлэр кэлбитин кэннэ биирдэ киирэрин уһун үйэлээх саха дьоно элбэхтэ эрэйи-буруйу көрсүбүт буоланнар чахчы билэллэрин бэлиэтиир. Бу этиини таба диэн ылыннахпытына дьон-аймах инники олохторугар олус улахан ыарахаттары көрсүөхтэрин сөбө быһаарыллар.
Ханнык баҕарар быһыы кэлиэн инниттэн эрдэлээн оҥоруллуохтааҕын биллэрэр «Сыарҕаны сайын оҥостуохха наада» диэн этии баар. Бу этии сыарҕа сыҥааҕа буолар хатыҥнары сайын сир ириэнэҕэр эрэ булан кэрдиэххэ, хаһан ылыахха, бэлэмниэххэ сөбүн быһаччы өйдөтөрун таһынан сыарҕа хаар түһүөҕүттэн ыла туттуллар аналлааҕын эмиэ быһаарар.
Киһи олус наадалааҕы төһө эмэ эрдэлээн оҥоруохтааҕын, бэлэмниэхтээҕин умнан, хойутатан кэбиһэн баран ыксал тирээтэҕинэ биирдэ өйдөөн кэлэн оҥоро сатыыр майгынын «Буолар буолбутун кэннэ» диэн сахалар этэллэр. Бу этии эмиэ өй-санаа хойутаан киирэн, туһалааҕы оҥоро, дьайа сатыырын быһаарар.
Биһиги үөрэх диэн тылы олус кылгас өйдөбүлүнэн тутта үөрэнэн хааллыбыт. Тугу эмэни кыратык, хантан эмэ иһиттибит, онтон-мантан ааҕан үрдүттэн биллибит даҕаны үөрэҕи баһылаабыт курдук сананабыт. Үлэҕэ, хамсаныыга үөрэнии уһун кэми ыларын букатын да умуннубут. Тугу эмэ үлэлээн-хамсаан оҥорорго, тутарга киһи үгүстүк эрэйдэнэн, сыыһа-халты, хос-хос оҥорон тугу эмэ оҥоро, тута үөрэнэрин аахайбат буоллубут.
Сахаларга «Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ үөрэнэр» диэн этии баарын билигин умнан сылдьабыт. Кинигэни ааҕа түһээт эбэтэр ким эмэ этэрин биирдэ истээт үөрэҕи баһылаабыт курдук сананарбыт быстах кэмнээх өйү-санааны иҥэрэрин билбэккэ сылдьабыт.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ этэринэн үөрэҕи дириҥник баһылааһын диэн киһи өйүнэн-санаатынан, салгын кутунан билбитинэн туһанан үгэс оҥостон этин-сиинин эрчийэн, үөрүйэх оҥорорун аата буолар. Ол аата үөрэх-билии көмөтүнэн туһанан үгүстүк дьарыктанан үгэстэри үөскэтинэн, ийэ куту иитинэн, онтон салгыы эрчиллэн киһи буор куту үөскэтинэн иҥэриннэҕинэ эрэ үөрэх киһиэхэ умнуллубат гына дьэ иҥэр уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэр кыахтанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ тута-хаба оҥоро үөрэммэтэҕинэ улаатан баран тугу эмэ оҥороругар олус эрэйдэнэр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн уһана, оҥоро, тымныы уунан куттан эрчиллэ үөрэммэтэҕинэ улаатан баран үөрэнэрэ быдан уустук, өйө-санаата этин-сиинин сынньанар, сылааска сылдьар баҕатын лаппа кыайар, баһыйар эрэ буоллаҕына үлэлиир-хамсыыр, тымныы уунан куттан этин-сиинин эрчийэр кыахтанар. Оҕолорун кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыга үөрэппэккэ, атаахтата сылдьыбыт төрөппүттэр оҕолоро улааттаҕына эрэйдэнэллэрэ ордук эбиллэрэ итинник быһаарыллар.
Сахаларга «Олорор мутуккун кэрдинимэ» диэн кынаттаах, олоххо быһаччы сыһыаннаах этии баар. Бу бэйэҥ олоххор куһаҕаны оҥостума диэн быһаччы өйдөбүллээх этии Айылҕаны буорту оҥорума диэн ордук киэҥ өйдөбүлү эмиэ биэрэр. Төһө да үөрэх-билии эбилиннэр даҕаны дьон-аймах айылҕаттан ордук күүстээх, ханна да халбаҥнаабат тутулуктардаахтарын олохпутугар туһанарбыт олус ыарахан. Тулуура, дьулуура суох буола иитиллэрбититтэн эппит-сииммит сынньанар, сытар, быстах баҕатын ханнарар баҕатын кыайа тутан салайарбыт кыаллыбат.
Киһи Айылҕаҕа оҥорор быһыытын карикатураны уруһуйдааччылар ордук чаҕылхайдык көрдөрөллөр. Онно улахан тиит төргүү мутугун миинэн олорон күлэ-үөрэ төрдүнэн сүгэнэн кэрдэр киһини уруһуйдууллар. Мутук кэрдиллэн бүтүүтүгэр бу киһи бэйэтэ охтон, сууллан түһүөхтээҕин букатын да билбэтин, олох да санаарҕаабатын илэ көрдөрөллөр. Бу быһыы киһи оҥорор бары быһыыларыттан ханнык содул үөскээн тахсарын ситэ билбэтин быһаарар.
Онон Айылҕа буорту буолуута сылтан-сыл дириҥээн иһэринэн Айылҕаны харыстааһын үлэлэрэ киэҥник тэнийэн бардахтарына эрэ дьон олоҕо уһуур кыахха киириэн сөп.
Киһи доруобуйатын, этин-сиинин туһунан эдэр сэнэх эрдэҕинэ улаханнык санаарҕаабат, баар да баар, кыһанан көрбөккө эрэ сылдьар. Ол курдук киһи кыаҕа кыра, онно-манна тайҕа быыһыгар сылдьар эрдэҕинэ айылҕаны буортулуубун диэн санаатыгар да оҕустарбат. Онтон өйө-санаата эбиллэн, кыаҕа-күүһэ элбээн, күүстээх тиэхиникэлэри оҥостубутун кэннэ аны Айылҕаны кытта күрэстэһэн ким-кими баһыйарын быһаарса сатыыр кэмэ кэллэҕинэ буортуну оҥороро улаатар.
Кэлин кэмҥэ дьон өйдөрө-санаалара төһө да сайыннар Айылҕаны кыайар, баһылыыр кыахтара суоҕа чахчы билиннэ. Араас күүстээх ураганнар, тайфуннар, муора анныгар сир хамсааһыныттан үөскүүр улахан долгуннар дьон оҥорбуттарын барыларын суох оҥорор кыахтаахтар. Дьон бэйэлэрэ айылҕа биир кыра оҕолоро буоланнар Күнү, Сири уларытар кыахтара чахчы суоҕун билигин билинэн эрэллэр.
Онон, Айылҕаҕа туох да буолбутун иннигэр, дьон-аймах букатын быстан симэлийэн хаалар кыахтара суох буолуон сөп. Төһө элбэх тулуурдаах, кыайыы иһин дьүккүөрдээх, өһөс дьон баар буоллахтарына бары эрэйдэри, ыарахаттары кыайаннар, арыгы да наркотик да дьайыытыгар баһыттарбаккалар олох иннин диэки сайдыытын ситиһэр кыахтаахтар.
«Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр» диэн этии сахаларга баар. Бу этии киһи олоххо көрсөр араас ыарахаттары кыра эрдэҕиттэн тулуйа, кыайа үөрэннэҕинэ сир үрдүгэр көрсөр бары ыарахаттары тулуйар кыахтанарын уонна салгыы сайдыыны ситиһэрин биллэрэр.
Билигин Айылҕа уларыйан, тыала, ардаҕа, хаара күүһүрэн иһэрин киһи барыта билэр буолла. Бу уларыйыылар дьон үлэлээн-хамсаан оҥорууларыттан тутулуктаахтарын эмиэ билинэн эрэллэр. Онон Айылҕаны харыстааһын, уларыйбакка турарын ситиһии дьон-аймах сүрүн сыалларыгар кубулуйара чугаһаата. Ол иһин сахалар таҥаралара айылҕаны харыстыыр күүһэ-уоҕа дьоҥҥо наада буолар кэмэ кэлэн иһэр.
САҤА ПЛАНЕТА ҮӨСКЭЭҺИНЭ
Космос киэҥ куйаарыгар олус элбэх Күннэр, планеталар, кометалар көтө сылдьаллар. Биһиги Күммүт олортон биирдэстэрэ эрэ буолар. Планеталар үөскээһиннэрин туһунан наукаҕа билигин даҕаны чуолкай билии олохсуйа илик. Ол курдук академик О.Ю.Шмидт планеталар гааһы кытта быыл мунньустууларыттан уонна чиҥээһиннэриттэн үөскээбит буолуохтарын сөп диэн этэр буоллаҕына Англия учуонайа Хойл Күн систиэмэтэ барыта улахан быыл чөмөҕүттэн биирдэ үөскээбит буолуон сөп диэн түөрүйэни оҥорбут. (18,134).
Биһиги сабаҕалааһыммыт бу көрүүлэртэн ураты. Ол курдук космос куйаарыгар элбэх быыл мунньустан ыгыллыытыттан уонна умайыытыттын аан бастаан биир Күн эрэ үөскүөн сөп. Онтон төһө эмэ кэминэн бу Күнтэн кыра тоорохой быһа ыстанан тахсыытыттан саҥа планета үөскүөн сөп диэн быһаарыыга биһиги олоҕурабыт.
Бу быһаарыыбыт хас да сүрүн төрүккэ олоҕурар:
1. Күн тула өттүгэр элбэх сырдыгы, итиини тарҕатар. Күҥҥэ үөскүүр сырдык элбэх эньиэргийэ ороскуоттанарын үөскэтэр. Ол түмүгэр биир сөкүүндэҕэ Күн түөрт мөлүйүөн тонн ыйааһынын сүтэрэн иһэр. (19,96). Күн олус улахана бэрт буолан төһө да бачча элбэх ыһааһынын сүтэрбитин иһин өссө хас да миллиард сыллар усталарыгар сырдата туруон сөп диэн этэллэр. Ол да буоллар Күн ыйааһынын кыччааһына тардар күүһүн мөлтөтөн бары планеталар Күнтэн сыыйа-баайа тэйэн иһиилэрэ үөскүүр.
Күн тардар күүһэ мөлтөөһүнүн биир көстүүтүнэн атын, чугас планеталар бары төгүрүккэ маарынныыр орбитанан Күнү тула көтө сылдьар буоллахтарына саамай кытыыга сылдьар Плутон планета орбитата олус ууннары тардыллыбыт. (20,7). Бу планета орбитата олус уһаан ууннары тардыллыыта төһө эмэ кэминэн Күн тардыытыттан тахсан, арахсан баран хаалара кэлэн иһэрин биллэрэр.
Күнтэн Сир ырааҕа 151-146 мөлүйүөн километр. Сир Күнү тула 365,2563 суукка устата эргийэр. (21,301). Хас эмэ уонунан сылларга Сир Күнү тула эргийиитэ хас да сөкүүндэнэн уһаан биэрэн иһэрэ Сир Күнтэн тэйэн биэрэн иһэрин быһаарар.
Биһиги Күммүт систиэмэтин бары планеталарын ыйааһыннарын холбоон баран Күн бэйэтин ыйааһынын кытта тэҥнээн көрдөххө 0,1 бырыһыанын эрэ ылаллар эбит. Ол аата планеталар Күнтэн быһа ыстанан тахсан үөскээбиттэр диэн быһаарыы олохтоох буолуон сөп.
2. Билигин Айылҕаны, Космоһы үөрэтээччилэр Күнү ыраахтан көрөн кэтииллэрэ тэнийэн, күүһүрэн иһэр. Кинилэр Күҥҥэ кэмиттэн кэмигэр улахан дэлби тэбиилэр буолалларын тэҥэ хара туочукалар үөскээн тахсалларын бэлиэтии көрөллөр.
Күҥҥэ көстөр улахан хара туочукалар улаатаннар бээтинэлэргэ кубулуйаллар. Бу сойбут, уоту, сырдыгы биэрбэт буолбут эттиктэр мунньустубуттара ыраахтан харааран көстөллөрүн биһиги арааран көрөбүт. (19,101). Хаһан эрэ бу хара бээтинэ өссө улаатан сойо быһыытыйан чинээтэҕинэ уонна тула өттө быһа сиэннэҕинэ атын планеталар тардыһар күүстэриттэн Күнтэн арахсан хаалар, туспа барар кыахтанар.
Күнтэн саҥа планета быһа ыстанан, ойдон таҕыстаҕына сыыйа-баайа тэйэн, сойон барыан сөп. Бу саҥа үөскээбит планета хойуттан хойут Меркурий планета оннугар сыҕарыйан тиийиитигэр дьон-аймах олорор Сирдэрэ эмиэ тэйэн билиҥҥи Марс планета оннугар тиийиэн сөп.
Марс планета диаметра Сирдээҕэр икки төгүлүнэн кыра. Марска сыл уһуна сирдээҕэр икки төгүлүнэн уһун. Марс күннээҕи, бэйэтин киинин тула эргиирэ Сири кытта тэҥ сыһа. Марс Күнтэн Сирдээҕэр балтараа төгүлүнэн ыраах сылдьарынан олус тымныы, минус 70-тан 130 кыраадыска диэри тымныйар. (18,58).
3. Дьон өйүгэр-санаатыгар Марс планета олус куһаҕан, ыар өйдөбүллэри киллэрэрэ, сэрии, өлөрсүү таҥаратынан ааттанара мээнэҕэ, халлаантан ылыы буолбатах. Олус былыргы кэмнэргэ дьон-аймах Марс планетаттан Сиргэ көһөн кэлбиттэрэ сотору кэминэн, космонавтар тиийдэхтэринэ толору дакаастаныан сөп. Итини тэҥэ эстии-быстыы кэнниттэн саҥа сиргэ көһүү араллаана, аймалҕана, улахан, уһун сэриитэ суох буолбатаҕа бу Марс планета аатыгар-суолугар иҥэн сэрии, өлөрсүү таҥаратыгар кубулуйбута быһаарар.
Сир сыыйа-баайа сыҕарыйан Күнтэн тэйэн иһиитигэр Айылҕаҕа олус улахан уларыйыылар, ордук тымныйыы буолан барыан сөп. Айылҕа уларыйыытыттан дьон-аймах олохторугар олус ыарахан кэмнэр кэлэннэр атын планетаҕа, билиҥҥи Сир оннугар үтүрүллэн тиийэн кэлэн иһэр Венера планетаҕа дьон-аймах көһөн биэриилэрэ саҕаланыан сөп.
Күнтэн кэлэр сылаас, күн уота уонна Космос куйаарын тымныыта утарыта харсыһыыларыттан тэҥнэһии балаһыанньата үөскээтэҕинэ, ол аата тыыннаах Айылҕа, тыынар-тыыннаахтар үөскүүр, тэнийэр кэмнэрэ бу планетаҕа саҕаланар. Бу билиҥҥи Сир Күнтэн тэйэн сылдьар балаһыанньата ол тэҥнэһии балаһыанньата буолар. Ол аата биһиги Сирбит икки өттүттэн хам тутуллан Космос тымныыта уонна Күн уотун сылааһа тэҥнэһэр балаһыанньаларыгар билигин көтө сылдьар.
Тыыннаах күөх Айылҕа уонна тыынар-тыыннаахтар маннык тэҥнэһии балаһыанньатыгар үөскүүр, тэнийэр кыахтарын сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаараллара чуолкайдыыр. Ол иһин киһи оҥорор бары быһыылара эмиэ иккилии өттүлэриттэн тутулуктаахтарын уһун үйэлээх саха дьоно билэн «Ай» диэн тылбыт бэйэтэ икки өрүттээх.
Венера планета сабардамынан уонна ыйааһынынан Сиргэ маарынныыр, атмосферата 97 бырыһыана углекислай гаастан турар. Венера планета сыыйа-баайа сыҕарыйан-сыҕарыйан билиҥҥи Сир оннугар кэлиитигэр Сиргэ курдук атмосфера үөскүөҕэ, үүнээйилэр үүнүөхтэрэ, тыынар-тыыннаахтар сайдыахтара. Ол аата Венераҕа киһи-сүөһү сайдар кэмнэрэ кэлиэхтэрин сөп.
Сир сыыйа-баайа Күнтэн тэйэн, ыраатан иһэр, хас да уонунан тыһыынчанан сылларга 1 хонугунан сыл уһаан биэриэн сөп. Ол аата тэйии сыыйа-баайа баран иһэрин дакаастабыла буолар. Уонунан мөлүйүөнүнэн сылларга Сир билиҥҥи Марс планета сылдьар сиригэр, ол миэстэтигэр сыҕарыйан тиийэр кыахтаах.
Бу кэм кэлиитигэр дьон-аймах Венера планетаҕа көһөн, көтөн тиийэн саҥалыы олохсуйуохтарын сөп. Билиҥҥи техника сайдыыта оннук кэм кэлэр кыахтааҕын уонна ону дьон-аймах аҕыйах тыһыынча сылынан ситиһэр кыахтаахтарын быһаарар.
Биһиги атын планетаҕа көһүү араллааныгар кыттыһар баҕа санааламмыппыт да иһин дьон-аймах сайдыыны ситиһэллэрэ олус түргэнэ улаханнык санаарҕатар. Ол курдук билигин Сирбит сылдьар орбитатыгар Венера планета сыҕарыйан-сыҕарыйан кэлэрэ отой ыраах. Ол иһин атын планетаҕа көһүү кэмэ кэлэрэ эмиэ олус ыраах буолуон сөп.
Космос куйаарын эттиктэрин үйэлэрэ олус уһун, хас эмэ уонунан миллиардынан сылларынан кэмнэнэр. Планеталар хамнааһыннарыгар, сыҕарыйыыларыгар тэҥнээтэххэ дьон-аймах сайдыыны ситиһэллэрэ олус түргэн кээмэйдээх эбит. Ол курдук тимири уһаарар, уһанар буолбут кэмнэриттэн дьон билиҥҥи курдук үрдүк таһымнаах сайдыыны 2 тыһыынча сыллар усталарыгар эрэ ситистилэр. Манна сайдыыта суох кэми түөрт уонча тыһыынча сыллары эптэххэ дьон-аймах олус былыргы үйэлэрдээҕи диир кэмнэрэ уонтан эрэ тахса тыһыынча сыллардааҕыта буолан ааспыттарыгар сөп.
Онон Сирбитигэр дьон-аймах олорор, сайдар кэмнэрэ өссө да олус элбэх буолуон сөп. Дьон-аймах олоҕу олоруулара, сайдыыны ситиһиилэрэ эмиэ кэмнээҕэ-кэрдиилээҕэ быһаарыллан иһэр. Ол курдук саҥаттан саҥаны арыйан, билэн-көрөн иһии кыаллыбат буолан иһэрэ саарбаҕа суох буолла. Сир үрдүгэр дьон атаҕа үктэммэтэх сирэ диэн аны суох, барытын уларыта, бэйэлэрин тустарыгар тупсара сатыыллар.
Төһө да Айылҕаны харыстыыбыт диэн айманналлар дьон-аймах сайдыыны ситиһэн олоҕу олорор сирдэригэр кэлин кумах куйаардары элбэтэр, үөскэтэр чинчилээхтэр.
Хара тыа сабардыы үүнэн турбут сирдэрин дьон быһа кэрдэн, уоттаан от, бурдук үүннэрэр сир оҥостоллор. Кэлин бу сирдэрин үүнээйи үүммэт буолла диэн быраҕан атын саҥа сирдэри солоон оҥостон сирдэрин кэҥэтэн иһэллэр. Хонуу сир кэнээтэр кэҥээн иһэриттэн кэлин истиэптэргэ кубулуйан барар.
Сир анныттан баайын хостоон ылаары кырсын тоҕута тэпсэн, күрдьэн ылан быраҕан күөх үүнээйи үүммэт оҥорон иһэллэр. Күөх үүнээйи үүммэт сирэ кэлин кумах куйаардарга кубулуйар.
Сир үрдүгэр дьон-аймах сайдыыта эмиэ ханнык эрэ кэм-кэрдии иһигэр сылдьар, ханнык эрэ кыйыаны аһара барыа суохтаах. Биһиги сабаҕалааһыммытынан мутукчалаах мастар аҕыйааһыннара сир үрдүгэр уу эргиирин уларыталларыттан олус элбэх хаардар, самыырдар түһэллэр, хонуу сирдэрин уу ылыыта саҕаланан эрэр.
Дьон-аймах сайдыыта, араас улахан, күүстээх тиэхиникэлэри туһаныыта «Туох барыта икки өрүттээх тутулугун» хамсатар, уларытар. Атмосфераҕа углекислай гаас элбээһинэ сир үрдэ итийэн барыытын үөскэтэрэ уһун үйэлэргэ мунньуллубут муустары ириэрэн хонуу сирдэри уу ылыытын үөскэтэр.
Сир, Халлаан уонна Күн тутулуктарын сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрэ толору быһаарар. Ол курдук Сир Күн диэки чугаһаан хаалыыта итийиигэ, уотунан умайыыга, онтон тэйэн, ыраатан хаалыыта халлаан тымныйыытыгар, тоҥууга тириэрдэр кыахтаахтар. Онон хайа да диэки аһара барыы Сиргэ олох эстиитигэр тириэрдэр кыахтааҕын өйдөөх-санаалаах дьон-аймах билэн ону-маны саҥаны арыйыыга, айыыны оҥорууга сэрэхтээх буолаллара уонна туох эмэ быһаарыыны ылыналларыгар икки өрүттэн икки ардыларынан, ол аата ортотунан буолуохтааҕын хайаан да тутуһар наадатын билэр кэмнэрэ кэллэ.
Хос быһаарыылар.
1. С.К.Захаров – Сиэллээх. Эн сүүс сааскар диэри олоруоҥ! Ахтыы сэһэннэр, кэпсээннэр. –Дьокуускай: Бичик, 2000. – 192 с.
2. Борисов А.А. Якутские улусы в эпоху Тыгына. – Якутск: нац. кн. изд-во «Бичик», 1997. – 160 с.
3. Поль Брэгг. Формула совершенства. ТОО «Лейла» 1993.- 384 с.
4. Журнал «Здоровье», 8-9, 1992.
5. Билии - көрүү. Сурунаал. 2 N-рэ. 1998 - 99 сс.
6. «Кыым» хаһыат 01.17.2008 с.
7. И.А.Некрасов. Вечная мерзлота Якутии: Якутск. Кн. изд-во, 1984.- 120 с.
8. Газета «Якутия», 16 марта 2000 г. N 47.
9. Бравина Р.И. Киһи уонна дьылҕа. Дьокуускай: Бичик, 2000. - 160 с.
10. Ветхий и Новый Завет в простых рассказах.- Москва: Прометей, 1991.- 256 с.
11. «Саха сирэ» хаһыат. 06.07.1996.
12. Журнал «Наука и жизнь». N 11. 1991 г.
13. И.Г.Березкин. По следам наших предков и современников. Якутск: Кн. изд-во,- 1987.- 112 с.
14. «Саха сирэ», «Эдэр саас» хаһыат. 19.03.2008.
15. Журнал «Техника молодежи». N 2. 1989 г.
16. Журнал «Техника молодежи». N 11. 1987 г.
17. Журнал «Техника молодежи». N 9. 1987 г.
18. Б.А.Воронцов-Вельяминов. Астрономия. Учебник для 10 класса.-М.: «Просвещение», 1979. – 144 с.
19. Мур П. Астрономия с Патриком Муром / Пер. с англ. К.Савельева. – М.: ФАИР-ПРЕСС, 2001. – 368 с.
20. Стогний В.В., Стогний Г.А. Физика Земли. Учебное пособие. Якутск: Изд-во Якутского университета, 2000.-190 с.
21. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и И.Ефрона.- М.: Эксмо; Форум, 2007.-960 с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Kиһи уонна Айылҕа
Бырдах уратыта
Kуобах мэнээктиир
Мэҥ
Yтүктүү содула
Ойуур умайыыта
Айылҕа кистэлэҥ күүһэ
Айылҕалыын атааннаһыы
Айылҕа уларыйан иһэр
Айылҕа бэйэтин ыраастанар
Айылҕаҕа эттиктэр эргиирдэрэ
Уу сута
Айылҕа киртийиитэ киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта
Айылҕаҕа талан ылыы бэрээдэгэ
Динозаврдар күлүктэрэ барыҥныыллар
Өлөн иһэн өйдөммүт
Саҥа планета үөскээһинэ
Хос быһаарыылар
Иһинээҕитэ