Уол оҕо сүрэҕэ (Айыы Уола): Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Sanda:r (ырытыы | суруйуу)
'{{poem-on|Уол оҕо сүрэҕэ}} <poem> Өйдүүгүн дуо эн Ханна аан бастаан Кыракый уол…' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
 
(уратыта суох)

Билиҥҥи торум манна: 15:14, 11 Ыам ыйын 2012

Уол оҕо сүрэҕэ


Өйдүүгүн дуо эн
Ханна аан бастаан
Кыракый уолчаанныын
Көрсөн билсиспиккин?

Оо, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Дьоллоохпун диэбитэ,
Күүскэ тэппитэ.

Өйдүүгүн дуо эн
Бастакы суругун,
Долгуйан олорон,
Суруйбут тылларын?

Оо, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Дьоллоохпун диэбитэ,
Күүскэ тэппитэ.

Онтон өйдүүгүн дуо
Ол сааскы киэһэни
Уолчааҥҥын албыннаан,
Атынныын барбыккын?

Оо, онно этэ
Уол оҕо сүрэҕэ
Кыланан ылбыта,
Хомойон ытыыра.
Оо, онно этэ
Уол оҕо ытыыра,
Хараҕын ууларын
Кыайан туппатаҕа.