Оччоҕуна хайыамый (Айыы Уола): Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Sanda:r (ырытыы | суруйуу)
'{{poem-on|Оччоҕуна хайыамый}} <poem> Билэҕин дии таптыырбын, Билиммэтэрбин да…' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
 
(уратыта суох)

Билиҥҥи торум манна: 15:52, 11 Ыам ыйын 2012

Оччоҕуна хайыамый


Билэҕин дии таптыырбын,
Билиммэтэрбин даҕаны.
Этиий миэхэ, эн этиий,
Уоллаахпын диэн кистээмэ...

Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.

Тоҕо куотар курдуккун?
Атын сири көрөҕүн?
Куттаныма, хомойуо,
Куhаҕаннык саныа диэн...

Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.