Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Билиҥҥи торум манна: 04:46, 19 Ыам ыйын 2012
Оҕо саас
Мунчаара туран соҕотох,
Санаатым мин ааспыты,
Долгуйа, сонньуйа ахта,
Эйиигин мин оҕо сааспын.
Оҕо сааһым, ойор күнүм,
Миигиттэн эн куотума.
Үөһээ үрүҥ былыт буолан,
Тыалы кытта көтүмэ.(х2)
Билигин эйигиттэн мин
Туспа кытыл буолан, тэйэн,
Саас хаар ууллан эрэрдии
Арахсан эрэбин мунчаара.
Оҕо сааһым, ойор күнүм,
Миигиттэн эн куотума.
Үөһээ үрүҥ былыт буолан,
Тыалы кытта көтүмэ.(х2)
Мунчаара туран соҕотох,
Санаатым мин ааспыты,
Долгуйа, сонньуйа ахта,
Эйигин мин оҕо сааспын.
|
|