Балыксыт алгыһа: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
Sanda:r (ырытыы | суруйуу)
'{{poem-on|Сиэл баайыы}} <poem> Балыксыт оҕонньор эрэйдээх, Унаар-тунаар хоч…' ыйааһыннаах саҥа сирэй оҥоһулунна
(уратыта суох)

05:27, 3 Тохсунньу 2013 барыл

Сиэл баайыы


Балыксыт оҕонньор эрэйдээх,
Унаар-тунаар хочолоох
Киэҥ-мичээр эбэкээм,
Сарт тымтайым сыыһын
Сахсаччы сүгэн туран,
Көрдөһөбүн эйигиттэн,—
Күндү күлүм уулаах
Күөх далайым иччитээ,
Дьэбэрэ-тэллэх
Бырыы-сыттык
Көппөх-суорҕан
Туона баай,
Тойон оҕонньор,
Тоҕус уон
Чороох туубар
Лоһуор собо барахсаны
Толору уган кулу даа!
Сэттэ уон
Тэрээх илиммэр
Тэрэкэнэ быччыыккын,
Тиһэ баттаан кулу нии!
Кэргэн иитиитэ эрэй буолла,
Аһыыр-сиир адьас көстүбэт,
Кырдьыы-буорайыы дьэ кэллэ.
Киэҥ мичээр эбэкэм,
Ииттэххинэ эн иитиэҥ!
Күөх далай иччитэ,
Аһаттаххына эн аһатыаҥ!
Көрдөһөбүн!
Көрдөһөбүн!


И.И.Свинобоев, Мэҥэ-Хаҥалас

П.П.Барашков 1940 с. суруйбут