Ардах (Өксөкүлээх Өлөксөй)

←[[]] Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Балык ыама (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Ардах


Ийэ дайды
Ииннэҕэ-хаттаҕа диэн,
Илин муораттан
Итир былыта
Илдьэ кэлиэҕинэн
Итии ууну аҕалан,
Ибир самыыр гынан,
Ийэ сири
Илитэн биэрэн,
Икки атахтаах
Иитимньитин тэрийдэ.

Дойду-сир
Туҥурбута буолуо диэн,
Тоҥмот муораттан
Дугуй былыта
Туолуон тохору
Тоҥмотох ууну аҕалан,
Толон самыыр оҥорон,
Тоҕо суккуйан биэрэн,
Туҥурбут дойдуну
Туругурдан кэбиһэн,
Турар-турбат
Туһанарын тууралаата.

Ити дьаһалы
Бэтэрэнэн биллэххэ,
Аллараттан адыылаатахха,
Орто дойдуттан одуулаатахха,

Эрдэҕэс улар
Эбириэнин курдук,
Эбир дьаҕыл былыт
Элбээн тиийэн кэллэ;

Үүс кыыл
Өрөҕөтүн көрдүк,
Үрүҥ былыттар
Үөрдүһэн кэллилэр,

Хара эһэ тириитин
Хардары-таары
Тамнаабыт курдук
Хараҥа былыттар
Ханыылаһан кэллилэр.
Онтон
Толон самыыр буолан
Тоҕо ыстанан
Тохтон курулатта,
Ичигэс баҕадьы
Ибир самыыр буолан
Ибиирэ турда...