Арчы Уола
Арчы Уола - Рустам Николаевич Каженкин - Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Рустам Каженкин 1. Биир-икки этииннэн кинини билиһиннэрэр тиэкис, суруйааччы хаартыската. Эдэр суруйааччы, саха тылын уонна литературатын учуутала. Арчы Уола диэн аатынан суруйар. 2. “Олоҕун олуктара” 1985 сыллаахха Булун улууһугар Күсүр нэһилиэгэр, зоотехниктар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. 2002 сыллаахха Үөһээ Дьааҥы улууһун Адыча нэһилиэгэр орто оскуоланы бүтэрбит. Уонна М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи Бэдэрээссийэлии үнүбэрситиэткэ чаха тылын уонна култууратын бакылтыатыгар үөрэнэ киирбит. Үөрэнэр сылларыгар “Саха саҥата” бакылтыат хаһыатыгар эрэдээктэринэн үлэлээбит. Аан маҥнайгыннан П. Н. Тобуруокап анал стипендиятын хаһаайына буолбут. Өксөкүлээх Өлөксөй истипиэндийэтин хаһаайына. Үөрэммит сылларыгар маннык уһуйааччылар үөрэнээччилэрэ буола сылдьыбыт: филологическай наука кандидаттара В. Н. Ноговицын, Ю. И. Васильев, М. Н. Дьячковская, филологическай наука доктордара, профессордар: В. Б. Окорокова, Г. Г. Филиппов, Н. Н. Тобуруокап, Г. С. Попова – Санаайа, педогогическай наука кандидата, доцент Е. К. Иевлев, үөрэхтээһин үтүөлээх үлэһитэ, доцент В. Н. Протодьяконов. Бииргэ үөрэммит оҕолоро: Гаврил Андросов билигин Саха суруйааччыларын сойууһун салалтатын пресседателэ, Варвара Оконешникова «Эдэр саас» хаһыат корресподена, Аграфена Кузьмина прозаик, «Саха сирэ» хаһыат корреспондена, Надежда Ильина поэт, «Эдэр саас» хаһыат корреспондена, Петр Константинов« Киин» радиостанцияҕа биир бастакы радио-ди-джей уонна да атыттар. 2007 сыллаахха Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн бүтэрбит. Бу сыл суруналыыстар сойуустарын чилиэнэ буолбут. 2007 сылтан 2011 сылга дылы Чиркоев В. С. Аатынан Адыча орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан уонна иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыннан үлэлээбит. 2008 сыллаахха “Тыл Кыһата” холбоһук чилиэнэ буолбут. 2013 сыллаахха Суха суруйааччыларын ассоциациятын чилиэнэ буолбут. 2013 сыллаахха норуодунай үөрэхтээһин ассоциациятын чилиэнэ буолбут. Бу сыл дьокуускай куорат национальнай оскуолаларын сэбиэтин чилиэнэнэ. 2 оҕолоох. Ону таһынан былатыан Ойуунускайдыын хаан аймахтыы буоларын бэлиэтиир. Рустам хос эбэтэ Былатыан Ойуунускай ийэтин кытары бииргэ төрөөбүт эдьиийдии балыстыылар эбит.
3. “Айар үлэтэ”. Олоҕун айар үлэни кытта холбууругар үөрэммит оскуолата уонна үөрэппит учууталлара В. С. Слепцова, М. В. Васильева, Р. С. Чириков уо. д. а. сабыдыаллаабыттар. Оҕо сылдьан “Кэскил” хаһыакка сурутар эбит. Хоһоон суруйарга холонор эбит. Аан бастаан нууччалыы суруйан испит, ол кэннниттэн фольклор форматыгар уонна тематыгар көспүт. Усуутала М. А. Попова рустам хоһооннорун бэчээккэ илдьибит. “кэскил” хаһыакка аан маҥнай кини хоһооннорун киэҥ эйгэҕэ, хаһыат ааҕааччыларын болҕомтолоругар таһаарбыт. Бэчээттэммит кинигэлэрэ. 2007 сыллаахха маҥнайгы хоһооннорун “Олук тыл” диэн “Бичик” кинигэ кыһатыгар хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыт. 2011 сыллаахха “Алгыстаах түһүлгэ” хоһооннорун хомуурунньуга. 2015 сыллаахха “таас тойуга” хоһооннорун хомуурунньуга.
4. “Айымньылара” “Тыл” Дьокуускай 2003. [1] «Эн миигин умнумаар Сэргэлээх» диэн Рустам Каженкин тылларыгар Иннокентий Васильев матыыбыгар ырыа буолбут хоһоон. Бу ырыаны бүтэрэр сылларыгар университетка бэлэх анаабыттар. 2004 с. [2] “Саха итэҕэлин туһунан санаам” [3]
“Алтай туһунан” 2014
Маны тахсыбыт кинигэтиттэн көрөн суруйан биэриэгим [][][][][][][][][][][][] 5. “Кинигэлэрэ”.
“Олук тыл” хоһооннорун хомуурунньуга 2007 с. Бичик. “Алгыстаах түһүлгэ” хоһооннорун хомуурунньуга 2011 с. “Таас тойуга” хоһооннорун хомуурунньуга 2015 с.
6. “Уопсастыбаннай үлэтэ”. - “Тыл Кыһата” холбоһук чилиэнэ буолбут - Өпөспүүбүлүкэ норуодунай үөрэхтээһинин ассоциациятын чилиэнэ - Дьокуускай куорат национальнай оскуолаларын сэбиэтин чилиэнэнэ. - Суруйааччылар сойуустарын Эдэр литератордар сэбиэттэрин салайааччыта. - “Сайдыы” төрөөбүт тыл уонна литературатын ассоциациятын сопредседателэ. - “Ийэ тыл кэскилэ” общественнай хамсааһыҥҥа салайааччыны солбуйааччы.
7. “Наҕараадалара”. - П. Н. Тобуруокап анал стипендиятын хаһаайына. - Өксөкүлээх Өлөксөй истипиэндийэтин хаһаайына. - Ахсынньы 2016. «Лучший сайт педагога» үсүһүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэ конкурсун кыайыылааҕа. МБОУ “якутская городская гимназия” – “Айыы Кыһата”.
8. “Быһаарыылар”
http://ysia.ru/bez-rubriki/v-yakutske-podvedeny-itogi-soveshhaniya-molodyh-pisatelej/ http://ysia.ru/bez-rubriki/kniga-molodogo-yakutskogo-kritika-stalo-tolchkom-k-uchrezhdeniyu-literaturnoj-serii/ http://www.rospisatel.ru/adrianova-kniga.htm http://sakhapress.ru/archives/202546 https://godliteratury.ru/events/v-yakutii-ozhidaetsya-blagodat-bolsho
9. “Өссө маны көр” https://www.sakhatyla.com/ http://www.lgz.ru/article/-43-44-6619-1-11-2017/zvezda-moya-osennyaya-/ http://yakutsk.bezformata.ru/listnews/otnoshenie-k-sozdaniyu-assotciatcii-pisatelej/34042691/ https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/2818492 http://www.rospisatel.ru/adrianova-kniga.htm
10. “Сигэлэр” https://www.s-vfu.ru/gordost-universiteta/detail.php?ID=18188 http://sakhalit.com/writer/kazhenkin-rustam-nikolaevich-archy-uola-2/ http://yaguo.ru/node/3010 https://www.sakhatyla.com/рустам-каженкин/биография/
11. “Туһаныллыбыт литература”. https://www.s-vfu.ru/gordost-universiteta/detail.php?ID=18188 http://sakhalit.com/writer/kazhenkin-rustam-nikolaevich-archy-uola-2/ http://yaguo.ru/node/3010 https://www.sakhatyla.com/рустам-каженкин/биография/