Ахтан мин ыллыаҕым (Алексей Суола)

Дууһабар күһүңңү айыл5а
Сайынын атаарар чуумпута
Күн сарсын барабын мин ыраах,
Көтөбүн үөрэххэ тардыһан.

Этэбин эргиллиэм диэн дууһам,
Хараастар санаатым үүрээри,
Ити биир тылынан барабын,
Чуңкуйар санаабын кыйдаары.

Баяңңа таһаарар ырыа5а
Тимэ5ин атыны баттыырдыы,
Эрэнэр биир тылым эрэйдээх
Ыар санам саппа5ар бутуллар.

Ыарахан, арахсар ыарахан,
О, дойдум, э нону билэ5ин,
Эйиэхэ, со5отох эйиэхэ,
Ананар үйэлээх тапталым.

Бу маннык үрэ5им күлүмүн,
Ыйдаңа киэhэни барытын,
Мин өйбөр-санаабар көрүө5үм,
Өрүүтүн ахтаммын ыллыа5ым.

Ийэкээ, кэhии ыыппыт дьэдьэңңэр
Көрөбүн көлөhүн тамма5ын,
Саны биэрэбин бакыгыр
Тарбахтаргын, бэйэ5ин