Ахтылҕан (Слепцов Анатолий Игнатьевич)

Сыновей мы теряем вместе с их рождением...

Биллибэт автор


— Ок-сиэ, гипсэҕит тугун ыараханай! - Коля, сүгүн сыппакка, атаҕын өндөҥөлөтөн көрөр.

— Бэйэ эрэ, тохтоо! Саатар кыратык куурарын кэтэс, — диэн мөхпүтэ буолар кырдьаҕас сиэстэрэм Өлөөнө. Ый устата атаҕын тоһутан таттарыыга сыппыт уол, балай эмэ дьиэтийэн, Өлөөнөҕө атаахтыырын уруккуттан бэлиэтии көрөбүн. Өлөөнө соҕотох уола эдэр сааһыгар оһолго былдьаммыт буолан, кини уолаттарга сыһыана куруук сымнаҕас, хайдах даҕаны эмтэнэ киирэллэригэр итирик да маатыраһыт да буоллаллар. Коля эмиэ, биир ардахтаах түүн төбөтүттэн атаҕар диэри бадарааҥҥа буккуллан, маатыра аргыстаах, «сутурук сүгэһэрдээх», кими да утары көрбөт «көкөт» наһыылкаҕа тиэллэн киирбитэ. Сырыыны сылдьыбыт уол оҕото, охсуһуу уоҕуттан тахсыбакка, киһилии көрдөрөр былаана суоҕа. Хата, онно Өлөөнө дьуһуурустубата этэ, кини уолга тылын ылыннаран, син дэбигистик Коля атаҕын таттарыыга сытыарбыппыт.

Бүгүн, атаҕа оһон, Коля дьиэлиир күнэ. Баттыктарын кээмэйдэнэ сытан, уол эмискэ эттэ:

— Түргэнник дьиэлии охсубут киһи! Тоҕо эрэ ийэбин аҕынным аҕай. Аармыйаҕа да сылдьан маннык ахтыбат этим. Билигин, арай, массыына да наадата суох курдук. Бу баттыктарынан уон көһү аҕыйахта дайбаан тиийиэм этэ.

Өлөөнө гипсэ бөҕүн хомуйа сылдьан, төбөтүн көтөхпөккө ыйытта:

— Коля, ийэҕэр ахтылҕаныҥ туһунан кэпсиир этиҥ дуо?

— Эс, суох! Эр киһи дуомаката буоллаҕым дии! Уонна хомоппутум да элбэҕэ сүрдээх - хайа сирэйбинэн чугаһыахпыный... — диэтэ Коля. Өлөөнө саҥата суох тахсан барда.

Эбиэттэн киэһэ Өлөөнөлүүн ординаторскай түннүгүнэн Коля дойдулуур массыынатыгар киирэн эрэрин көрөн турдубут. Ый анараа өттүгэр, Коля саҥа эмтэнэ киирбитин кэннэ, кини ийэтэ сүрэҕинэн ыалдьан, биһиги балыыһабыт бастакы этээһигэр сытан өлбүтэ. «Коляҕа этимэҥ, ситэ эмтэнэн атахтаныа этэ», — диэбит кэриэһин Коля аҕата биһиэхэ тиэрдибитэ. Кэриэс туоллаҕа дөбөҥүн... Санаабын таайбыттыы Өлөөнө эттэ:

— Оо, дьэ! Уолбут уйуннар, устунан бүдүрүйбэтэр... Онтон эн бэйэҥ, ийэҕэр хаһан бара сылдьаҕын?