Баабый Баатыр (Юрий Борисов)

(Мантан: Баабый Баатыр көстө)
Юрий Борисов Сүрүн сирэй
(Олоҥхо)
Юрий Борисов
[[]]→


Баабый Баатыр


Былыргы дьыл
Быһылааннаах мындаатыгар,
Урукку хонук
Охсуһуулаах ортотугар,
Огдолуйбут кэмим
Отой анараа өттүгэр,
Ойон тахсар
Аалыы көмүс сардаҥалаах
Аламай маҥан күннээх,
Ойоҕолоон сүүрэр
Тэргэн ыйдаах,
Кэхтэн баранар мастаах
Күөх ойуурдаах,
Уолан баранар уулаах
Улуу уулардаах,
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Аан ийэ дойду
Тииҥ тилэҕин саҕаттан
Үөскээн-үөдүйэн,
Кэҥээн-тэнийэн,
Үүнэн-сайдан,
Көҕөрөн-наҕаран,
Чэчирээн-чэлгийэн
Турар эбит, доҕоттор!
Тула өттүн
Өйдөөн-дьүүллээн,
Анааран көрдөххө
Хайдаҕый дэстэргит –
Муҥурун булбатах
Уостан бүппэт уулаах,
Силис уутунан силбэнэн,
Сир тымырыттан эбинэн,
Сирилии-дьирилии тэбинэн
Кутулла-суккулла айманар,
Кыһынын-сайынын устар
Улуу Эбэ өрүстэрдээх эбит.
Аан ийэ дойду
Атаҕа буолбут,
Туруу дойду
Тилэҕэ буолбут
Үүт туман бүрүөһүннээх,
Муҥутуур чыпчаалын
Чарапчыланан да көрдөххө
Харахха көстүбэт
Туруук таас хайалардаах эбит,
Хантайан көрдөххө –
Үс биттэхтээх
Үрүт мөҥүөннээх
Үрүмэ долгун урсуннаах
Өндөл маҥан халлааннаах эбит.
Устата кэмнэммэтэх,
Улаҕата көстүбэтэх,
Оломо биллибэтэх,
Күүгэннирэ-долгуннура турар
Улуу куйаар байҕаллаах эбит.
Туруйа кыылым
Тохтоон ааһар
Тунаа маҥан
Томтордоох эбит,
Кыталык кыылым түһэн
Ыллаан ааһар
Кылбаа маҥан
Кырдаллардаах эбит,
Сылбах тиит сыстыбатах
Сылбараҥ маҥан
Сыһыылардаах эбит,
Эмэх тиит эҥэрдэспэтэх
Эҥинэ бэйэлээх
Эмпэрэлэрдээх эбит,
Куурбут тиит кэккэлэспэтэх
Кэрэ бэйэлээх
Кэрии тыалардаах эбит,
Хаппыт тиит ханыыласпатах
Хаарыан бэйэлээх
Хочолордоох эбит.
Тардыы көмүс талахтардаах эбит,
Иэҕии көмүс иирэлэрдээх эбит.
Мотуок солко
Мутукчалаах мастардаах эбит,
Сиэрэй солко сэбирдэхтээх
Сиэдэрэй таһаалаах
Хатыҥнардаах эбит,
Хаарыс солко лабаалардаах
Харыйа мастардаах эбит.
Ол тунаа маҥан томтордор
Үрүт өттүлэриттэн
Күн сирин сирийэ көрдөххө –
Айыы аймаҕын улууһун
Аалыы көмүс киинигэр
Аҕыс салаалаах
Ача күөх от тэллэхтээх,
Сэттэ салаалаах
Сиибиктэ от көбүөрдээх,
Үс салаалаах
Үкэр күөх от үктэллээх,
Күн киһитин иэйэхситэ
Илэ кырдьык эргиллибит,
Сылгы сүөһү дьөһөгөйө
Көстө-бааччы дьиэлэммит,
Ынах сүөһү айыыһыта
Ала чахчы уйаламмыт
Аан Алахчын хотун иччилээх,
Аҕыс салаалаах
Аал Луук Мас
Силигилии үүнэн, чэчирээн,
Сир ийэ килбэйэр киинигэр
Сириэдийэн турар эбит оҕолоор!
Субу туран
Субу курдук диэн
Санаа оҥостон саҥара-иҥэрэ,
Кэпсээн оҥостон кэпсии-ипсии
Турбута үһү:
– Көр буо, көр буо!
Аһара үүнэн, улаатан,
Кыырай дьэҥкэ халлааны
Кырыылаах салаабынан
Тоҕо үүнэн таҕыстахпына –
Үөһээ дойду ааттаахтара,
Үрүт дойду атыырдара
Үтүөнү оҥордуҥ диэн
Үөрэллэрэ биллибэт,
Улуу күтүрдэр
Уордайбыт санааларыгар
Тоҕус түүннээх күнү мэлдьи
Тугу барытын
Тоҕута көтөр тыалы түһэрэн
Тоноҕоспун тоһутуохтара!
Аһара үүнэн, сайдан,
Муҥутуур силиһим
Сири буоллар түгэҕин
Ситэри үүнэн киирдэҕинэ –
Аллараа дойду адьырҕалара,
Адьарай бииһин атамааннара,
Абааһы аймаҕын тойотторо
Абыраллааҕы оҥордуҥ диэн
Айхаллыыллара биллибэт,
Улуу дьаалылар
Уордайбыт санааларыгар
Сэттэ түүннээх күнү мэлдьи
Ситиһэн туран силиспин кэрдиэхтэрэ!
Дьэ оччоҕо буоллаҕына,
Дьоллоох үтүө бэйэм
Тосту сытыйан хааллахпына –
Ынах сүөһү
Айыыһыта салыйыа буоллаҕа,
Сылгы сүөһү
Дьөһөгөйө төннүө буоллаҕа,
Киһи киэнэ
Иэйэхситэ эргиллиэ буоллаҕа, – диэн
Халлааннаах былыты
Кыратык да таарыйбакка,
Туора силигилээн тахсан
Таҥнары түһэн
Намылыйан үүнэн,
Төбөтүнэн өҕүллэн
Үрүҥ илгэнэн
Күрүлэччи кутуллан түспүтэ
Араҕас илгэнэн
Аллар долгуннаах,
Үрүҥ илгэнэн
Үллэр күүгэннээх
Көлүйэ күөл буолбут эбит, оҕолоор!
Силиһэ буоллаҕына
Сир түгэҕэр тиийэн иһэн
Ол амырыын дойдуга
Кыратык да быкпакка
Төттөрү иэҕиллэн,
Туруу бараан дойдуга
Тоҕо анньан тахсан
Толуу дьүһүннээх
Тиит мастар буолбуттар эбит, оҕолоор.
Субу сиргэ-дойдуга,
Сэттэ субурҕа үрэх
Сиэттиһэн киирэн
Силбэһэр төрдүлэригэр,
Аҕыс ааттаах үрэх
Аҥаарыйан киирэр
Алгыстаах аартыга
Арчылаан ааһар сиригэр,
Айыы хаан аймахтара
Ааттаах улуу алаастара,
Күн улууһун дьонун
Көмүс ньээкэ уйалара
Күннүк сиртэн
Киэркэйэн көстөллөр эбит.
Тоҕус үрэх
Тоҕо охсон киирэн
Тоҕуоруһар олохторугар
Тусаһа бөҕөтө
Туртайан көстөр эбит,
Улуу өрүстэрим
Улам-улам унаарыйан
Уулара устар сиригэр
Урааҥхай омуктарым
Уораҕайдара тоҕуоруһан
Тураллар эбит.
Туруук таас хайаларым
Түмүллэн үөскээбит көҕүстэриттэн
Өҥөйөн көрбүтүм –
Хайам тэллэҕэр,
Хонноҕун аннынан
Хороҕор ураһа бөҕөтө
Хонойон ахан турар эбит.
«Хайа омук олорор?» – диэн туоһуластаргыт,
Туут хайыһар аттаах,
Таба кыыл көлөлөөх,
Тоҥус-эбээн омук
Сөбүлээн үөдүйбүт
Сирэ эбит!
Буор мыраан хайаларым
Баар сирдэриттэн
Батары көрөн турбутум –
Буор сыбахтаах
Балаҕан дьиэ бөҕөтө,
Тоҕуоруһан турарын
Бэлиэтии көрдүм.
«Бу кимнээҕий?» – диир буоллаххытына,
Иэгэйэр икки атахтаах,
Иннинэн сирэйдээх,
Бокуйар сүһүөхтээх,
Босхо бастаах,
Тириини хайа соппут курдук
Уоннаах харчы саҕа
Тирии-тиэрбэс харахтаах
Бороҥ урааҥхай
Саха омук барахсан,
Сыһыы-сыһыы муҥунан
Сыспай сиэллээҕи сырыырҕатан,
Хонуу-хонуу муҥунан
Хороҕор муостааҕы хойуннаран,
Харайан олорор сирдэрэ буолла.
Тула өттүбэр
«Туох баарый?» – диэммин
Тула холоруктуу
Тулабын көрбүтүм –
Тоҕус халлаан үрдүгэр олорор
Тойон айыыларым
Алдьархайынан аарыгырар,
Сүрдээҕинэн сураҕырар,
Ынырыгынан ыадайар
Ыас хара дойдуттан,
Атара-батара айахтаах,
Аҥаар харахтаах,
Аҥаар илиилээх,
Аҥаар атахтаах,
Уһуктаах уостаах,
Укулаат тимир тыҥырахтаах,
Арҕаһыттан арбаҕаһын араарбатах
Атара-Батара Эмээхсин ойохтоох
Арсан Дуолай оҕонньор
Аатырбыт ороспуой бииһин ууһуттан
Алдьархай буолан кэлэн
Ааҥныахтара диэн,
Айыы дьонун сирин
Аҕыс уон аҕыс
Алтан сэргэ туруораннар
Үс бүтэй маһынан күрүөлүү туппуттар эбит.
Аны туран,
Аллараа дойдуттан
Алдьархай аймаҕа тахсан
Айыы дьонун дьоллоох олоҕун
Атыйахтаах уу курдук
Аймыахтара диэн,
Сэттэ уон сэттэ суруктаах
Ытык дэриэспэ тааһынан
Саба бырахпыттар эбит.
Үөһэттэн үргүөр үлүгэрэ
Үргүйүө диэн,
Өрө көрбүт абааһы аймаҕа
Өҥөйүө диэн
Үс сүүс үс баҕана маһы
Батары анньан
Өһүөлээбиттэр эбит.
Туора омук
Сэриинэн кэлбэтин диэн,
Сис тыанан тулааһын оҥорбуттар эбит.
Субу дойдуга
Кэтэх тыаларыгар
Кэҕэ кыылларым
Кэрээбэккэ этэллэр эбит,
Куула тыаларыгар
Кукаакы кыылларым
Куттаммакка куллугурууллар эбит,
Өтөх сирдэригэр
Өтөн кыылларым
Өрөөбөккө үөтэллэр эбит,
Тоҕой сирдэригэр
Тойон кыылларым
Тохтообокко чоргуйаллар эбит.
Субу орто туруу дойдуга
Кыһыл көмүс күн
Килбиэнин күүтэ көрсөр
Ньургуһун сибэккилээх,
Нуурал күөх
Ньаассыын оттоох халдьаайылаах,
Саҥа күн
Сардаҥатын саргылыы көрсөр
Сардаана сибэккинэн
Сиэдэрэйдик симэммит сыһыылардаах,
Кэрэ күнү үҥкүүлээн көрсөр
Кырыымпалыы куоластаах
Кыталык кыыллаах.
Кулуба тойон киһи
Алталаах ааттаах сылгынан
Алта күнү быһа көтүтэн
Улаҕатын булбатах,
Кинээс тойон киһи
Сэттэлээх сэнэх сылгынан
Сэттэ күнү быһа сүүрдэн
Уҥуоругар тиийбэтэх,
Күөх көбүөр үктэллээх
Киэҥ нэлэмэн алаас эбит.
Ардахтаах былыт
Аараан ааспатах
Арылы маҥан халлааннаах эбит,
Хаардаах былыт
Хонон ааспатах
Кыырай дьэҥкэ халлааннаах эбит.
Хатыҥ мас күөх бытырыыс сэбирдэҕэ
Хаарыс солкоҕо дылы
Сиккиэр тыалга уйдаран
Сэлибирии оонньообут,
Тиит мас күөх нуоҕай мутукчата
Хампа солкоҕо дылы
Хахсаат тыалга хаарыллан
Тэлэбирии оонньообут,
Аҕыс айан суола ааһар,
Сэттэ аартык суола арыллар,
Үчүгэйкээн бэйэлээх
Күн күөрэйэр
Күөрэлэ алааска
Урааҥхай омук
Ууһа буолбут
Дархан Тойон оҕонньор,
Далбар Хотун эмээхсин
Силигилии-сайдан,
Саха омук аатын ааттатан,
Аар саарга аатыран,
Күөх унаар буруону таһааран,
Күннээх халлааҥҥа кылыстанан,
Былыттаах халлааҥҥа быһыччаланан,
Халыҥ хаһанан мохсуо бырахсан,
Суон саалынан сонор оонньоон,
Ыал киэнэ ытыга буолан,
Киһи киэнэ кэрэмэһэ буолан
Олорбуттара эбитэ үһү.
Күннээх-күөнэх саастарыгар
Күүстээх-уохтаах бухатыыр уоланы
Күөх окко үктэтэн,
Күн сирин көрдөрөн
Күн киһитэ
Көмүскэс санаалаах,
Айыы киһитэ
Аһыныгас майгылаах,
Айыы хаан уола
Айысхаан Бухатыыр буоллун
Диэн ааттаабыттар үһү.
Кэм кэрдии ааспытын кэннэ,
Илин астара
Элэмэстийэрин саҕана,
Кэлин астара
Кэрэмэстийэрин саҕана
Тахсан эрэр күн
Сардаҥатын курдук,
Киирэн эрэр күн
Килбиэнин курдук
Кэрэ бэйэлээх кыыс оҕону
Күн сирин көрдөрөн
Дьоллоро өссө үрдээбит,
Санаалара өссө сиппит.
Субу кыыс оҕо барахсан,
Аҕыс сааһын туолуор диэри
Аналлаах аата суох буолан
Аата суох сылдьыбыт.
Арай, биир үтүө күн
Айбыт аар тойон аҕата,
Төрөппүт күн күбэй ийэтэ
Кыыстарын кэрэ куолаһын
Кулгаахтарын уһугунан истэн:
«Күөрэгэйгэ ханыылаах,
Кэрэ чуор куоластаах,
Күөрэгэйдээн Куо буоллун!» – диэн
Ааттаабыттар эбит.
Бу кыыс оҕо кылааннааҕа
Күөрэгэйдээн Куо барахсан
Уон алтатын туоларын саҕана,
Таҥас бүтэй
Тамана сандааран көстөр,
Эт бүтэй
Уҥуоҕа ыйдаҥаран көстөр,
Уҥуох бүтэй
Силиитэ дьалкыйан көстөр буолбут.
Ыйдааҕар ыраас ньуурдаммыт,
Күннээҕэр күндү сэбэрэлэммит.
Аатырар кэрэ дьүһүнэ
Аҕыс аартыктаах
Аан ийэ дойдуну
Сиккиэр тыалга уйдаран
Тилийэ көппүт эбит.
Төрөөбүт төрүт сирдэриттэн
Тойон киһи бөҕө аттанан арахсан,
Күөрэгэйдээн Куону
Кэргэн ылыан баҕарар
Күтүөт киһи бөҕө
Кэлэн көрдөөн көрбүттэр.
Онуоха буоллаҕына,
Алтан араҕас аттаах
Айысхаан Бухатыыр
Кыыһырар, кыынньар хаана
Көмөгөйүгэр туран,
Уордайар, уолуйар хаана
Уолугар оонньоон,
Абарар, сатарыыр санаата
Арҕаһыгар мунньустан,
Өһөрөр, өһөхтөөх өйө
Оройугар охсуллан
Өрөөбүт уоһун өһүлэ,
Хоммут уоһун хоҥноро
Турбут эбит:
– Көр бу!
Көр бу!
Кээнчэ быттара
Кэтэххэ ыттаҥҥыт,
Олооччу быттара
Оройго тахсаҥҥыт,
Олустук туттаҥҥыт,
Салаҥнык сананаҥҥыт,
Көрдөһүүбүт диэн сааппакка
Көрдөһө кэлбиккит!
Ааттаһыыбыт диэн аахсыбакка
Ааттаһа тураҕыт!
Бу буола турбуккутун
Бука барыгытын
Биир дьылҕалааммын
Суорума суоллуурум
Субу тирээтэ курдук!
Бииргэ үөскээбит баар суох
Балтым оҕотун
Эһигинньик курдук
Эристииттэргэ отой биэрбэппин!
Биэрэн ыытар күннээх да буоллахпына,
Үрдүкү айыылартан айдарыылаах,
Үтүө, үрдүк төрүттээх
Үөһээ дойду уолугар биэриэҕим! – диэн
Баай оҕото буолан бардымсыйа,
Тот оҕото буолан торҕомсуйа
Турбута эбитэ үһү.
Оччолооҕу истибит
Айбыт аар тойон аҕата
Дархан Тойон оҕонньор
Сытыары тутан сыаналаан,
Туруору тутан толкуйдаан баран,
Өрөөбүт уоһун өһүлэн,
Хоммут уоһун хоҥнорон
Субу курдук диэн
Саҥалаах буолбут:
– Дьэ-буо,
Дьэ-буо!
Сир-сир аайыттан
Саха чулуу уоланнара
Субу бүгүҥҥү күҥҥэ
Тахсан эрэр күн
Сардаҥатын курдук,
Киирэн эрэр күн
Килбиэнин курдук
Кэрэ дьүһүннээх
Күөрэгэйдээн Куо кыыспытын
Күндү кийиит гынаары
Кэпсэтэ кэлбиккит даҕаны,
Суос соҕотох кыыс оҕом
Сүрэҕин аҥарын булбата,
Аналлааҕын таайбата.
Кырдьаҕаһы баалаамаҥ даа!
Саастааҕы саҥарымаҥ даа!
Сарсыҥҥы күн сарыалыгар
Саамал кымыс утахтаах
Саха улуу малааһынын
Ытык ыһыаҕы ыһыахпыт,
Ыһыах оонньууларыгар
Кыайбыт-хоппут,
Күүстээх-уохтаах киһиэхэ
Кыыспыт тахсыам диэн
Тылын биэрдэ! – диэбит.
Итини истэн
Бысталаабыт тиит курдук
Быыппастар былчыҥнара күүрэ турбут
Айысхаан Бухатыыр
Алтан араҕас атын
Үрдүк мындаатыгар
Үгүрүө кыыл курдук
Хатана түстэ да
Өһүн-сааһын тарҕата диэн
Баай хара тыатын диэкки
Быстала суох көтүтэ турда.
Кулгаах иччитэ буолан
Истэ сэргэҕэлии,
Харах иччитэ буолан
Көрөн чыпчылыҥныы
Мустубут дьон, күтүөт буолуох
Баҕалара бэрт буолан,
Бу күн хараҥа түүнэ
Буолуор диэри
Бэлэмнэнэн тахсыбыттар.
Сарсыҥҥы ылааҥы күн
Сардаҥата тыгыыта
Сиэрдээн-туомнаан
Ытык ыһыаҕы ыспыттар,
Ырыаһыт бастыҥнара
Ырыа ыллаан ырааппыттар,
Тойуксут туйгуннара
Тойук туойан доллоһуппуттар,
Оһуохайдьыт ааттаахтара
Оһуохай этэн көппүттэр,
Олоҥхоһут ааттаахтара
Олоҥхолоон онолуйбуттар.
Күн ортото буолуута
Күтүөт буолуон баҕалаах дьон
Күөн көрсүһэн
Күрэс былдьаспыттар.
Үрүҥ түүнү үмүрүтэн эрдэхтэринэ
Сүрдээҕинэн сураҕырар,
Алдьархайынан аарыгырар,
Ынырыгынан ыарыгырар,
Арҕааҥҥы халлаан сиксигиттэн
Хара былыттар
Харсыһан кэлэн
Халлааны бүөлээн,
Хараҥаны халытан кэбистилэр.
Киһи куйахата күүрүөх
Ыар этиҥнэр нүҥсүйэн эттилэр,
Киһи эрэ хараҕа саатыах,
Кута куотуох үлүгэр
Чаҕылҕан чаҕыллан чаҕылыйда,
Ытыс таһынар
Ыас хараҥа түстэ.
Бар дьон соһуйан-уолуйан
Үрүө-тараа сүүрдүлэр.
Хараҥа хотугу халлаантан
Хара сүдү улахан холорук
Сири-буору көтүтэн,
Кырыһы хайа сотон,
Халыйан кэлэн,
Бу ыал баараҕай таһаалаах
Балаҕан дьиэлэрин диэки
Бу тигинээн кэлэн
Биирдэ хорус гыммыт.
Өйдөнөн кэлэн
Тирии тиэрбэс харахтарынан
Өйдөөн дьүүллээн көрбүттэрэ,
Сүүһүн ортотугар соҕотох харахтаах,
Түөһүн тылыттан тахсыбыт
Токуруһа сытыйбыт тарбахтардаах
Суос соҕотох аҥаар илиилээх,
Самаҕын ортотуттан үөскээбит
Токуруйа сытыйбыт
Аҥаар атахтаах,
Сыыр быара
Сиҥнэн түспүтүгэр дылы
Сымара таас сирэйдээх,
Хайа быара
Хайдан түспүтүгэр дылы
Хара таас сэбэрэлээх,
Арбаҕаһын түүтүн
Кэппитинэн төрөөбүт
Абааһы аймаҕын атамаана,
Утуйа сыттаҕына
Уолукка астахха
            Уолуйан уһуктубут
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан обургу
Ыыра баран ырыалаах буолбут,
Тоҕо баран тойуктаах буолбут:
– Ар-дьаалыа, ар-дьаалыа!!!
Тоҕус былас суһуохтаах,
Туналҕаннаах ньуурдаах,
Тахсан эрэр күн
Килбиэнин курдук
Кэрэ дьүһүннээх,
Күөрэгэйгэ холоонноох
Кылыһахтаах кэрэ куоластаах
Күөрэгэйдээн Куо кыыскытын
Кэргэн биэрээри
Күтүөт буолуох киһини
Сэмээр көрүнэ сылдьар сурахтааххыт!
Истэн-билэн кэбиһиҥ,
Күндү күтүөт буолаары бу
Кэлэн күттэллэн турабын,
Биэрдэргит да ылыаҕым,
Биэрбэтэргит да ылыаҕым!
Аҕала тардыҥ,
Аҕала тардыҥ!!! – диир,
Ардьас гыммытыгар
Аар-дьаар сыт саба биэрэр.
Дархан Тойон оҕонньор
Уҥан түһэ сыһа-сыһа:
– Дьэ-бу, дьэ-бу!
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Абырааҥ даа!!!
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн-өркөн улууһун дьоно
Көмүскээҥ даа!!!
Итини истэн уолан дьон
Абырыыр санаалара
Арҕастарынан киирэн,
Көмүскүүр санаалара
Көмөгөйдөрүнэн оонньоон
Уолуйбакка, ыгылыйбакка
Дурда-хахха буолбуттар,
Былчыҥнара күүрэн
Быыппаста турбуттар.
Абааһы атамаана
Күлэн алларастыы-алларастыы
Өрүһүйүөх буолбуттары
Өлөртөөн кэбиспит,
Күннэрин киллэртээбит,
Күһэҥэлэрин быһаталаабыт,
Күллэрин көтүтэлээбит.
Тыыннаах хаалбыт өттө
Тилэхтэрэ эрэ харааран көстүбүт,
Атах балай мээнэ сүүрбүттэр.
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан обургу
Хатыылаах балаҕан халҕанын
Тоҕо тэбэн киирэн,
Халыҥ эркиннээх хаппахчыны
Чараас хаптаһын курдук
Хайа тэбэн киирэн,
Тоҕус былас суһуохтаах,
Туналҕаннаах ньуурдаах,
Тахсан эрэр күн
Сардаҥатын курдук,
Киирэн эрэр күн
Килбиэнин курдук
Кэрэ дьүһүннээх
Күөрэгэйдээн Куону
Көтөҕөн ылбыт да,
Хаһыытаппытынан-сарылаппытынан
Хотугу хоромньулаах
Халлаан диэки
Соҕотохто субурус гынан
Илдьэ бара турбут.
Илиэһэй аймаҕын
Алдьатыылаах дойдутун
Аҕыс атахтаах ооҕуй
Хара элэмэс ата
Хараҕа тэстэринэн
Хаардаах сирдэри
Суптурута көтөн,
Бадараан сирдэргэ
Батыллан көрбөккө,
Кыһыл кыырпах
Кумахтаах сирдэри
Кыраһалаабыт хаар курдук
Көтүтэн ааһан,
Таастаах сирдэргэ
Тохтоон көрбөккө,
Туруору таас хайалар
Тэллэхтэрин ааһан,
Туруу дойдуттан
Тэскилээн ааһар
Аартыгы арыйан,
Аллараалыыр дойдуга
Аҥардаста дьирэс гынан
Төрөөбүт төрүт сиригэр кэлэн,
Түөрт илин атаҕынан үктэнэн
Тирээбиллии тэбинэн,
Түөрт кэлин атаҕынан анньынан
Тохтуу биэрбит.
Күтүөт буолуохсут
Уоран-талаан аҕалбыт
Кийиит кыыһын
Кыырай хараҥа халлааҥҥа
Кытаран көстөр
Кыһыл хайа кирбиитигэр
Халыҥ дэриэспэ таастары
Эркин курдук эпсэри уурталаан
Хаппахчы оҥорон,
Киллэрэн кистээн кээспит.
Кыыс оҕо барахсан
Хотторбут хомолтотуттан,
Кыаттарбыт кыһыытыттан
Хара буспут моонньоҕон
Харахтарын уута
Халыс гынан
Харыс кэриҥнээх чалбаҕы үөскэтэн,
Алтан чуораан
Айаҕын атан,
Алаһа дьиэтин
Аламай маҥан күнүн
Аймах-билэ дьонун ахтан
Субу курдук ырыалаах,
Сити курдук тойуктаах буола олорбут:
– Ыый, ыый-ыйбыан,
Аай, аай-айбыан!
Аламай маҥан күннээх
Айыы хаан улууһуттан
Бухатыыр бэрдэ убайым
Бу тиийэн кэлэн,
Быыһаан илдьэн
Бар дьоммун, ийэбин-аҕабын,
Алаһа дьиэбин көрдөрүүй!!!
Чыҥыс хаан ыйааҕа
Ыараханын даҕаны,
Дьылҕа хаан оҥоруута
Ынырыгын даҕаны!
Харыстатарым эрэ
Хараҕым уута буоллаҕа,
Көмүскэтэрим эрэ
Көмүскэм уута буоллаҕа, – диэн
Ытыы-сулана олороохтообут.
Ону истэ охсон
Абааһы уола буолуохсут
Хардалаах буолан
Хахаара турда:
– Аар татай, оҕолоор!
Ама да ахтыбытыҥ иһин
Аргыый тыллаһыаххын,
Айаххын кыатана туттуоххун,
Аймаммытыҥ тугун сүрэй?!
Алтан далбарай күөрэгэйим оҕото,
Аҕыйах хоноот
Хоойго сытар
Холооннооҕуҥ буолуом,
Ороҥҥо сытар
Оҥоһуулааҕыҥ буолуом.
Ити кэмҥэ-кэрдиигэ
Күн киһитэ
Көхсүттэн тэһииннээх
Көмүскэс санаалаах,
Айыы киһитэ
Арҕаһыттан тэһииннээх
Аһыныгас майгылаах,
Алтан араҕас аттаах
Айысхаан Бухатыыр
Баай барыылаах
Байанай оҕонньор
Балай эмэ куду анньан биэрбит
Быйаҥнаах булдун көтөҕөн,
Өттүк харалаах,
Илии тутуурдаах
Баай хара тыатыттан кэлэн,
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан
Күүс өттүнэн
Күтүөттээбит сураҕын истэн,
Кыыһырар хаана
Көхсүтүнэн киирэн,
Уордайар хаана
Уолугунан оонньоон,
Балтын төннөрөр баҕалаах
Ача күөх окко
Олоро түһээт,
Аал уотун оттон,
Айысхаан Бухатыыр
Алгыс киэнэ арыылааҕын этэн
Аман өһүн амалыйа туойа олорбута үһү:
– Дьэ-бу,
Дьэ-бу!
Аал уотум иччитэ,
Ала туйгун,
Бырдьа Бытык,
Тойон эһэм
Кыырык төбө,
Кырдьаҕас тойонуом,
Хатан Тэмиэрийэ эһэкээн,
Чуор кулгааххын
Чөрөтөн иһит.
Күҥҥэ көрбүт
Күөрэгэйдээн Куо балтыбын
Уот уоппут
Уот Уобурдаан обургу
Уоран-талаан барбыт!
Ир суолларын ирдээн
Ириэнэҕэр тиийэн иҥнэммин,
Тоҥ суолларын тордоон
Тоҥугар тиийэн тохтооммун,
Төнүннэрэр санаалаах
Турунан эрэбин,
Алгыһыҥ сыалааҕыттан
Аҕалан кулу даа! – диэт,
Ыксаабыт киһи быһыытынан
Ыҥыырдаах атыгар "хап" гына
Ыстанан олоро биэрээт
Соҕурууҥҥу
Cодуомнаах-суостуганнаах
Соһо тураҕас халлаан диэкки
Соҕотохто
Субурус гынан хаалла.
Сылы эргиччи
Айаннатан ааһарын
Ааһар былыт
Ардахтаан аастаҕына,
Хонуктуур былыт
Хаардаан аастаҕына билгэлэнэн,
Быһыыта биэс сыл айаннаан,
Тоҥ суолларын тордоон,
Ир суолларын ирдээн,
Туһааннаах сиригэр
Тиийэн кэлэн,
Уот Уоппут
Уот Уобурдааны
Уун утары көрөн туран
Уордайа турбут эбит:
– Көр бу,
Көр бу!
Түүн сырыылаах
Түүлээх уллуҥах ,
Чаҥнаах чабырҕай,
Атаҕастыыр эрэ дьонуҥ
Кырдьа барбыт дьон,
Кыыс, оҕо-дьахтар эбит!
Кыаҕыҥ тиийбэт буолан
Киһи суоҕуна
Кыайан барбыккын,
Күүстээх суоҕуна
Күннээн барбыккын!
Кыах өттүнэн баһыйан,
Күүс өттүнэн хотон,
Өй өттүнэн сүүйэн,
Өлөрөн-өһөрөн бара иликпинэ,
Хаан толору,
Эт бүтэй эрдэххинэ,
Эрэйдээбэккэ-буруйдаабакка эрэ
Этиһиитэ-охсуһуута суох
Эн миэхэ балтыбын
Биэрэн ыытыах тустааххын!!!
Маны истэн баран,
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан
Тоҕо баран
Тойуктаах буолбут,
Ыыра баран
Ырыалаах буолбут:
– Аар-дьаалы,
Аар-таатай, оҕолоор!!!
Көрөллөөр-көрбөттөөр,
Кып-кыра буолан баран
Тумуһун тууһун,
Тылын кыһыытын!
Аҥаар да аһыыбар
Амтаныҥ биллэрин
Анаарбакка турабын,
Биир да тииспэр
Сытыҥ иҥнэрин
Билбэппин эбээт, нойоон!
Мин бэйэлээҕи кытта
Күрэс былдьаһан,
Кыах кэмнэһэн
Кыайан бараргын
Көрбөккө турабын!
Эйигиннээҕэр буолуохтары
Эттэрин эттээн,
Тириилэрин хайытан,
Иэннэрин эриэннээн,
Оройдорун охсон,
Чэчэгэйдэрин тэһэн
Чаҕыл маҥан күннэриттэн матарбытым!!!
Кыайа үөрүйэх киһи
Кыайаа инибин
һа-һа-һаа!!! – диэн
Эриэн ыт
Элэгэр тэбиэх,
Күөрт ыт
Күлүүтүгэр түһэриэх,
Бэлэһин муҥунан
Алларастаан аппаҥныы,
Күүллэрэстээн күлтэҥнии
Турбут эбит.
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан обургу
Уһун уктаах сүллүгэһин туппутунан
Утары атыллаабытыгар,
Айыы киһитэ
Аҥаар илиитигэр
Саабылаан батыйатын
Сулбу тардан ылан
Саайталаан барда.
Абааһыбыт уола
Аһаран биэрэ сылдьан
Сэби сэпкэ тоһуйда,
Үҥүүнү үҥүүгэ аста,
Батаһы батаска
Түһэрбитинэн барда.
Сити курдук
Сэттэ күнү мэлдьи
Өрө холоруктуу
Охсуһа сырыттылар.
Чабырҕай тыаһа
Тохтоло суох иһилиннэ,
Сыҥаах тыаһа
Cотору-сотору билиннэ.
Субу сылдьан
Саха урааҥхай киһитэ
Сэниэтэ быстара буолла.
Үрүт күүһэ
Үмүрү тутан барда,
Алын күүһэ
Аччаан киирэн барда.
Абааһы уола
Абарбыт санаатыгар
Адьас тохтоппокко,
Уордайбыт санаатыгар
Олох уурайбакка,
Биэртэлээн быллырҕата,
Саайталаан саллырҕата сырытта.
Айыы хаан киһитэ
«Ат кыайан уйбат
Албан дьаһах аатым
Алдьанара дьэ буолла,
Оҕус кыайан таппат
Суон дьоһун сураҕым
Сууллара дьэ буолла.
Субу кыайтарар
Кыһыылаах күнүм кэллэ быһылаах,
Субу хотторор
Хомолтолоох күнүм кэллэ бадахтаах», – диэн,
Аһаран биэрэ сылдьан
Ыксаабыт киһи быһыытынан
Ыгылыйа-ыгылыйа ырыалаах буолбут:
– Көр да бу!
Көр да бу!
Сыыдам сырыылаах
Сорукка сылдьар
Сорук Боллур уол
Суох буолларгын баар буол,
Баар эрэ буолларгын
Түргэн үлүгэрдик
Тиийэн кэлэ оҕус!
Этиэн эрэ кэрэх,
Хантан да тиийэн кэлбитэ көстүбэт,
Хантан да көтөн түспүтэ биллибэт
Сорукка сылдьар
Сорук боллур уол
Субу тиийэн кэлэн
Тура биэрээт
Тииҥ кулгааҕынан,
Тирии тиэрбэс хараҕынан
Истэ сэргэҕэлии турбут.
– Көр буо,
Көр буо!
Күннээҕэр күндү бэйэлээх,
Ыйдааҕар ыраас ньуурдаах,
Күөрэгэйдээн Куо балтыбын
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан обургу
Ойох оҥостоору,
Оҕо төрөтөөрү,
Олох олороору
Күн сириттэн күрэтэн,
Уоран талаан барбытын
Ир суолларын ирдээн,
Ириэнэҕэр тиийэн иҥнибитим,
Тоҥ суолларын тордоон
Тоҥугар тиийэн тохтообутум.
Кыах өттүнэн кыайан,
Күүс өттүнэн баһыйан
Төнүннэриэх буолбутум –
Кыаҕым эстэн,
Күүһүм баранан
Кыайтарар кыһыылаах күнүм
Үүнээри гынна бадаҕа,
Хотторор хомолтолоох күнүм
Хаайаары гынна бадаҕа.
Хара тыыммын харыһыйыах
Халыҥ халлаан анныгар,
Үрүҥ тыыммытын өрүһүйүөх
Үрүҥ күн анныгар
Үөскээбит дьонтон
Суос соҕотох
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр баар.
Ол киһиэхэ тиийэн
Айыы дьонун
Абырыа үһүгүн,
Күн дьонун
Көмүскүө үһүгүн диэн
Илдьиттэ тириэрт! – диэн
Этэрин эрэ кытта,
Эргиллэ түһээт
Сорук Боллур уол
Соҕотохто сүтэн,
Субурус гынан хаалбыт.
Хаардаах суолга
Тиҥилэҕин суола биллибэт,
Кыраһалаах суолга
Атаҕын суола көстүбэт
Сорук Боллур уол
Ыксала бэрдиттэн,
Омуна төлөнүттэн
Аллараалыыр дойдуттан араҕан,
Аҕыс аартыгы
Аҥардастыы аһаран,
Орто туруу дойдуну
Ортотунан эргийэн,
Түмэн бараан дойдуну
Түөрт өттүнэн
Төгүрүччү тилийэ көтөн
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр алааһыгар
Баар буола түспүт.
Бухатыыр киһи
Баабый Баатыр
Сирэ-дойдута,
Дьиэтэ-уота
Хайдах эбитий диэн
Сураһар буоллаххытына –
Төбүрүөн курдук
Төгүрүк алааска
Эһэ кыылым
Күһүҥҥү киэһэ
Күһэллэн кэлэн отонноон сии
Куруҥах маска
Күлтэллэн олорорун курдук,
Баараҕай саар булгунньах
Алаас биир уһугар
Бэлиэтик көстөр эбит.
Ол анараа таһаатыттан
Кытаанах силистээх,
Куодалаах мастаах
Куруҥ үрэх
Арҕаа диэки
Таҥнары тардыстан түспүт эбит.
Булгунньаҕын бас өттүн көрбүтүм –
Баараҕай таһаалаах,
Түөрт уон түөрт түннүктээх
Балаҕан дьиэ
Дьэндэйэн көһүннэ.
Үс саһаан үрдүктээх
Үөлэстэн унаар күөх буруо
Унаарыйан тахсан
Кыырай дьэҥкэ халлааҥҥа
Сыыйыллан тахсар эбит.
Чугаһаан кэлэн
Одуулаан көрбүтүм –
Чиэппэр күүстээх отут эр бэрдэ
Отут түүннээх күнү мэлдьи
Орулаан да туран
Арыйыа суох
Аарыма халҕана
Аһаҕас турар эбит.
Иһигэр киирбитим –
Үс былас холобурдаах
Үс атахтаах олох мас
Оһох иннигэр
Олоҥхолоон онолуйа
Олорор эбит.
Антах ааспытым,
Сандалытын көрбүтүм –
Отут үс киһи тэҥинэн
Олорон аһаан турар
Ойуу-бичик симэхтээх остуол
Остуоруйалыы турар эбит.
Оһоҕун одуулаабытым –
Отут былас үрдүктээх
Отут түүннээх күнү быһа
Тохтоло суох умайар
Күтүр улахан
Көмүлүөк оһох
Кэпсээн кэпсии турар эбит.
Иһитин-хомуоһун көрбүтүм –
Икки сүөһүнү тэҥинэн күөстүүр
Алтан чаан олгуй
Алгыстаан алкыйа турар эбит,
Сэттэ уон сэттэ
Сылгы сүөһү
Саамал кымыһын
Сыыгыначчы кутар
Саһаан үрдүктээх
Чочуонай чороон
Чабырҕахтыы турар эбит,
Биэс бэчээттээх биэ
Биэрбит кымыһын
Барылаччы кутар
Баараҕай баххах
Таабырынныы турар эбит.
Таҥаһын-сабын туһунан
Санаан-ахтан аастахха –
Алта уон алта
Эһэ кыыл тириититтэн
Аттарыллыбыт тэллэхтээх эбит,
Биэс уон биэс
Бөрө тириититтэн
Сириллибит суорҕаннаах эбит,
Түөрт уон түөрт
Куобах тириититтэн
Тигиллибит сыттыктаах эбит.
Бу киһи быһыыта-таһаата
Хайдах эбитий дэстэргит –
Бысталаабыт тиит курдук
Быыппастыбыт былчыҥнардаах эбит,
Суллаабыт тиит курдук
Суон сотолоох эбит,
Буулаҕа тиит курдук
Бөдөҥ бэйэлээх,
Үс былас
Үөкэйэр өттүктээх,
Биэс былас
Биэкэйэр бииллээх,
Наарба халҕаны
Тиэрэ туппут курдук
Томтоҕор түөстээх эбит,
Бугул саҕа
Буулаҕа сутуруктаах эбит.
Сирэйин-хараҕын
Сыныйан көрдөххө –
Хаар саҕанааҕы
Хара саһыллары
Хардарыта уурбут курдук
Хара хаастардаах эбит,
Икки кыһыл саһылы
Үрүт үрдүгэр уурбут курдук
Кытархай уостардаах эбит,
Сылгы ат барахсан
Сототун уҥуоҕун курдук
Субурҕа муруннаах эбит,
Адьырҕа кыыл курдук
Арылхай-кыраҕы харахтаах эбит.
Оҕус тириитэ
Олооччу этэрбэстээх эбит,
Тайах кыыл тириитэ
Курумулаах эбит,
Үс эһэ тириититтэн тигиллибит
Үллэркэй сонноох эбит,
Түөрт уон киис тириититтэн
Таҥыллыбыт бэргэһэлээх эбит.
Аата-суола кимий диэн
Сураһан ыйыттаххытына –
Бу киһи
Кимтэн кииннээҕин,
Хантан хааннааҕын,
Туохтан сыдьааннааҕын
Бэйэтэ да билбэт эбит.
Бэйэтэ бэйэтигэр
Аат иҥэриммит киһи эбит:
Үүт-аас бэйэлээх
Үрдүк хороҕор бэргэһэлээх
Үрүҥ Аар Тойон
Үтүө сиэнэ,
Баһырҕастаах айаас аттаах
Баабый Баатыр диэн үһү.
Бу уолан
Оҕо эрдэҕиттэн
Атаһа суох буолан
Адьырҕа эһэлиин
Хабыр хапсыһан,
Хапсаҕайдаһан күрэхтэһэн
Оонньуур идэлээх эбит,
Кыыл табаны кытта
Күөн көрсүһэн
Күүс кэмнэһэр адьынааттаах эбит,
Буур тайаҕы кытта
Буута быстарынан
Сырсан күрэхтэһэр муокастаах эбит,
Дэриэспэ тааһы
Мээчик оҥостон быраҕаттыыр,
Үөл тиити үҥүү оҥостон кыыратар
Майгылаах эбит.
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр
Дьиэ-хотон үлэтиттэн
Биир кэм хал буолан,
Бу курдук
Алтан чуораан
Айаҕын атан
Саха-урааҥхайдыы
Саҥалаах буолбут:
– Дьэ бу,
Дьэ бу!
Дьылтан дьыл кэлэр,
Сылтан сыл хатыланар
Субу орто дойдуга
Суос-соҕотох буолартан
Эт киһи элэйдим,
Сыа киһи сылайдым,
Эдэр элэккэй киһи
Эммэнийэ быһыытыйдым.
Хантан эмэ, ким эмэ
Хабыр охсуһууга ыҥырара буоллар,
Хайдах эрэ хапсыһыам этэ!
Кимтэн эмэ, ким эмэ
Күөн көрсүһэ кэлэрэ буоллар,
Күүспүн-кыахпын
Кэмнэһиэм да этэ,
Туохтан эмэ, туох эмэ
Сурах-садьык кэлэрэ буоллар,
Сүрдээх үөрүүнү кытта
Сөбүлэһэн тиийиэм этэ!
Сор да буолар эбит
Соҕотох буолар
Субу орто дойдуга! – диэн
Санньыар санааҕа ылларан,
Сонньуйан оһоҕун уотун одуулуу олордо.
Ол олордоҕуна,
Кустук бэргэн,
Кус быһый,
Сорукка сылдьар
Сорук Боллур уол
Орто туруу дойдуну
Ортотунан эргийэн,
Түмэн бараан дойдуну
Түөрт өттүнэн
Төгүрүччү эргийэн кэлэн
Тохтуу биэрээт, тура түһээт
Тыын ылан баран,
Тохтоло суох, үрүт үрдүгэр
Быстала суох, хос-хос
Сэһэннээх буола турбут:
– Оһулаһыаттан, оһулаһыаттан!
Суһаллаах сырыылаах,
Суххай айаннаах
Сорук Боллур уол
Cубу турабын эҕэрдэ, эҕэрдэ!
Этэр тылым эгэлгэтин,
Эриэккэһин, элбэҕин
Эн истэ тур, эн истэ тур!
Айыы хаан аймаҕын
Алдьархайтан быыһыахтаах,
Алтан араҕас аттаах,
Аһыныгас санаалаах
Айысхаан бухатыыр
Алдьархайга түбэстэ.
Айыы хаан аймаҕа
Аймалҕаҥҥа ылларда.
Бухатыыр буойун дьоннор
Баранан да бүттүлэр,
Охчут бэргэн дьоннор
Олох да суох буоллулар,
Күһэҥэбит быстара,
Күммүт киирэрэ
Кэллэ быһыылаах.
Күн дьонун көмүскээ,
Айыы дьонун өрөһүй,
Көрдөһөрбүн батыма,
Ыйытарбын бобума,
Курдукчай, курдукчай! – диэтэ.
Оччолооҕу истэн баран
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр
Уордайа-абара санаата,
Үрдүк булгунньах саҕа
Үллэн таҕыста,
Тиит мас курдук
Кииллийэн таҕыста,
Уордайар санаата
Уолугун ортотунан оонньоото,
Кыыһырар санаата
Көхсүн хараҕынан киирдэ.
Хатан куйах таҥаһын таҥынна,
Хараҕалаах үҥүүтүн дьайыҥнанна,
Хара буһурук хаанын хааннанна,
Хахай модун дьүһүнүн дьүһүннэннэ,
Субу курдук диэн
Саҥалаах буолла:
– Дьэ бу!
Дьэ бу!
Аҕыс иилээх саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгыр-силик олохтоох
Айыы аймаҕын сиригэр
Аһыныгас санаалаахтар,
Көмүскэс майгылаахтар
Күн сирин көрөн,
Күөх окко үктэнэн
Кэлэ-бара туралларын тухары
Адьырҕа абааһылар
Ааҥнаан киириэхтэрэ суоҕа,
Көстүбэт бөҕө күүстээхтэрэ
Көҥүл дьаарбайыахтара суоҕа!
Кимэн киирэн испиттэрин
Күүс өттүнэн күһэйэн,
Кыах өттүнэн баһыйан
Күн тыктаҕына
Күлүк куотарын курдук
Кэлбит сирдэригэр
Төттөрү үтэйиэм!!! – диэн
Хахай хаанын киллэрэн
Кылыһын өрө көтөҕөлөөтө.
Ити кэннэ
Миинэр миҥэтин,
Көлүнэр көлөтүн
Ыҥыран ыллаабыт саҥата
Ыраахха дуорайда:
– Хору-хору!
Хору-хору!
Көлүнэр көлөм буолбут,
Миинэр миҥэм буолбут
Субуйа сүүрэр сылгым,
Суох да буолларгын баар буол,
Ыраах да буолларгын
Чугас буола оҕус!
Айыы Хаан аймаҕа
Алдьархайга түбэспит,
Арсан Дуолай обургу
Аатырбыт ороспуой аймахтара
Күүс өттүнэн кыайан,
Кыах өттүнэн баһыйан
Тахсан эрэр күн
Сарыалын курдук
Сардаҥалаах ньуурдаах,
Киирэн эрэр күн
Килбиэнин курдук
Кэрэ бэйэлээх
Күөрэгэйдээн Куону
Уоран-талаан барбыттар!
Тилийэ көтөр
Тыалга дылы
Түргэн үлүгэрдик
Тойон сэргэҕэр тура биэрэ оҕус!!!
Этиэн эрэ кэрэх –
Дьөһөгөй оҕото барахсан
Үс күннүк сиртэн
Үөрбэ көмүс көҕүлэ
Үргүөрдэнэн көһүннэ,
Нэлэмэн көмүс сиэлэ
Сэттэ күннүк сиртэн
Сипсиэрдэнэн-силэллэн көһүннэ,
Уйулҕан көмүс кутуруга
Уон күннүк сиртэн
Холоруктана охсуллан
Сүүрэн сиэллэрэн кэлэн
Тойон сэргэҕэ
Туруна түстэ.
Биһиги киһибит
Халдьаайыттан көппүт
Хара улар курдук
Хап-сабар хатана түстэ да
Түөрт атах түһэрэн
Силлиэ-холорук курдук
Сир киинин диэки
Түһүнэ турда.
Аллаах ат барахсан
Айаннатан сиэллэрэн
Аан ийэ дойду
Килбэйэр киинигэр кэлэн
Күн өркөн улууһун
Айыыһыта буолбут,
Аан Алахчын Хотун иччилээх
Аал Луук Маска
Тохтуу биэрэн
Туруна түспүт.
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр
Бу курдук диэн
Сүһүөхтээх бэйэтэ
Сүгүрүйэн туран,
Хоолдьуктаах бэйэтэ
Хоҥкуйан туран,
Тоноҕостоох бэйэтэ,
Тобуктаан олорон
Саҥалаах буолбут:
– Дьэ-буо,
Дьэ-буо!
Күөн көрсүһэр,
Хабыр хапсыһар,
Кыах былдьаһар
Өрөгөйдөөх күнүм үүннэ!
Аан ийэ дойдум
Хайҕахтаах хара быара буолбут,
Улуу ийэ дойдум
Нохтолоох тойон сүрэҕэ буолбут
Аан Алахчын Хотун!
Аллараа дойдуга
Айанныыр күммэр
Алгыһыҥ сыалааҕын
Анаатаҕыҥ буолуохтун!
Күүскүттэн күүспэр
Күүстэ бэрис даа,
Кыаххыттан кыахпар
Кыахта аҕал даа! –
Диэбитин эрэ кэннэ,
Аал Луук Мас
Хаба ортотуттан
Аан Алахчын Хотун
Илэ бэйэтинэн
Тахсан кэлэн,
Эмиийин кэрэтигэр диэри
Быган туран
Тойуктаах буолбут:
– Дьэ буо,
Дьэ буо!
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр барахсан,
Күн киһитэ
Көмүскэс санааҥ киирэн
Күн өркөн улууһун
Көмүскүү турунан эрэҕин!
Саалаах бөҕөстөн самныма,
Охтоох бөҕөстөн охтума,
Татаар аптаах тыллаах
Табан кыайан эппэтин,
Уоттаах алыптаах харахтаах
Утары туран көрбөтүн,
Өстөөхтөргүн өһөртөөн
Өрөгөй бөҕөҥ үрдээтин!
Саастахтааргын самнартаан
Саргы бөҕөҥ сабырыйдын!
Саха аатын
Самнаран биэримэ,
Урааҥхай аатын
Умсаран түһэримэ!
Санныҥ үрдүгэр диэри
Саргы дьаалыҥ салалыннын,
Өттүгүн баһыгар диэри
Өрөгөй талбаҥ үрдээтин,
Аҕыс ааһар аартыктарыҥ
Арыллан биэрдиннэр,
Сэттэ маҥан аартыктарыҥ
Сэлэллэн биэрдиннэр,
Тоҕус суол хотуттарыҥ
Тобуллан биэрдиннэр,
Айыыһытыҥ аргыстастын,
Иэйэхситиҥ эҥэрдэстин! – диэт
Томтоҕор эмиийдэрин
Быктаран биэрбитин
Биһи киһибит
Тохпокко-хорбокко эрэ
Тохтоло суох эмэн соппойдо.
Оборбута омуна бэрдиттэн,
Соппойбута сүрэ бэрдиттэн,
Аан Алахчын Хотун
Аҥаарыйан киирэн барда,
Хараҕа хараҥаран киирэн барда,
Ыксаан ыгылыйда да,
Сүүһүттэн түҥнэри анньан кэбиһээт,
Ытык Аал Луук Маска
Төттөрү чугуруйан
Киирэн хаалла.
Биһиги киһибитигэр,
Бухатыыр дуоламмытыгар
Уоҕар уох эбилиннэ,
Күүһүгэр күүс киирдэ,
Кыаҕар кыах кыттыста.
Күн киһитэ
Көтө-мөҕө
Ыҥыырдаах атыгар
Халдьаайыттан көппүт
Хара улар курдук
«Хап» гына хатана түстэ да,
Кымньыылаан куугунатта,
Тиҥилэхтээн тэптэ да,
Тус хоту диэки
Түөрт атах көтүтэн
Түһүнэ турда.
Өр дуу,
Өтөр дуу айаннаат
Бүтүннүү таас сиргэ тиийэн кэллэ.
Суорба таастардаах сирдэри
Сыа хаар курдук
Сүүрдэн барда,
Ону туораан
Кыһыл кумах
Куйаар сири
Кыраһа хаар курдук
Көтүтэн барда,
Ону ааһан нөҥүөлээн
Бурҕаҥныыр буор сиргэ кэллэ.
Бу сири буоллаҕына
Буорах буруотугар дылы
Бурҕачытан ааста,
Кымньыылаан кыйдаан
Күн сириттэн күрэнэр
Аартыгы аһарда.
Анараа дойдуга
Арсан Дуолай сиригэр
Атын туйаҕа
Таарыйарын эрэ кытта –
Ытыс таһынар
Ыарык хараҥа
Күндэл күнүһү солбуйда,
Аламай маҥан күнэ
Атыннык устар ыйга кубулуйда.
Күөх көбүөр от
Күрбэ таастарга,
Куура хаппыт
Кубарыйа куурбут сиргэ уларыйда,
Ойуу-бичик мастаах
Охтон баранар
Ойуур тыа
Очуос хайалардыын атастаста,
Сырдык-маҥан халлаан
Суо халыҥ былыттаах,
Тоһуттар этиҥнээх,
Быһыттар чаҕылҕаннаах
Халлааҥҥа кубулуйда.
Уҥа диэки
Уҥан эрэр киһи хаһыыта
Унаарыйан уйаарда,
Хаҥас диэки
Харбыйан эрэр киһи хаһыыта
Хатыланан иһилиннэ.
Субу курдук дойдуттан
Саха урааҥхай саарына
Саллан-толлон туруо дуо?!
Тус иннин диэки
Түөрт атах көтүтэн
Түһүнэ турда.
Атын кымньыылаатаҕын ахсын
Чаҕылҕан чаҕылыйда,
Һаттаатаҕын ахсын
Нүһэр ыар этиҥнэр
Нүҥсүйэн эттилэр,
Тиҥилэхтээтэҕин аайы
Сирэ көтүөкэлээтэ.
Субу курдук сүүрдэн истэҕинэ
Сылгы ат дьөһөгөй оҕото
Сахалыы саҥалаах,
Киһилии кэпсээннээх буолан
Кэпсии-ипсии истэ:
– Анньыаһа, анньыаһа!
Иччилээтэр иччим,
Ити аартыгы ааспыппыт
Икки күннүк сиригэр
Алларалыыр дойду
Аартыгын иччитэ
Аан Дьигистэй тойон
Тоһуйан турар буолуоҕа,
Тохтото сатыыр буоллаҕына
Тоҕойуом, тохтоомо!
Туому толорон бараҥҥын
Бэриктэ биэрээр.
Тоҕо айаннаан кэллиҥ диэтэҕинэ,
Тордуохтаһа барбакка
Тоҕотун кэпсээн биэрээр.
Аан Дьигистэй тойон
Аралдьыппытын ыыппат,
Туппутун ыһыктыбат идэлээх
Улуу күтүр бэйэлээх эбээт! – диэтэ.
Биһи киһибит
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр
Сылгытын оҕото эппитин
Сытыары тутан сыаналаата,
Туруору тутан толкуйдаата да,
Баһын туппут сирин хоту
Баран истэ.
Бу истэҕинэ,
Бороҥ урааҥхай
Биирдэ да харахтаан көрбөтөх,
Хаптаҕай кулгаахтаах
Хаһан да истэн билбэтэх,
Сыыр быара быстан түспүтүгэр дылы
Сылластыгас сирэйдээх,
Адьырҕа харахтаах,
Аппа-дьаппа айахтаах,
Түөһүн ортотуттан
Тахсан кэлбит суос-соҕотох
Такыр тарбахтаах илиилээх,
Самаҕын төрдүттэн үүнэн түспүт
Соҕотох атахтаах
Киһи диэххэ
Киһиэхэ да майгыннаабат,
Абааһы диэххэ
Абааһыга да ханыылаабат,
Аан Дьигистэй Тойон
Айаҕын аппаҥнатан
Сыҥааҕырда турар эбит.
Сылгытын оҕото
Сабаҕалаан эппитин курдук
Сылгытын сиэлиттэн
Сэттэ сиэли туура тардан бырахпыта –
Сэттэ субан сылгы буолан
Сүүрэ турбуттарын
Аан Дьигистэй обургу
Аҥаар илиитинэн харбаан ылан
Астыга суохтук
Хап-куп гыннаран ыстаан
Ыйыстан кэбистэ.
Утуйан даххаһыйа сытар киһини
Уһугуннарбыт курдук
Уулааҕынан-хаардааҕынан
Унаарыччы көрөн туран
Саҥалаах буолла:
– Буйака, буйака!
Бу хайа диэкки
Баран иһэр күтүр буолаҕыный?
Утуйа сатаабытым
Бэһис хонуга буолла да,
Икки дойду
Уолан дуулаҕалара
Чыыстай буолакка тахсаннар
Омуннаах охсуһууларыттан
Оннооҕор сирим түөрэҥэлиир!
Туохтарын былдьаһан
Тоҕута сынньыспыт баҕайыларай?
Сиэбэтэҕим сэттис хонуга
Ситэри туолбута,
Аһаабатаҕым ахсыс хонугун
Аһары барбыта,
Топпотоҕум тоҕус хонугун
Томточчу туолбута!
Хата, эн бэйэлээх
Айах тутан,
Аччык сытар киһини
Аһатан абыраан өрүһүйдүҥ!
Сонордообутуҥ
Суола арылынныҥ,
Ирдээбитиҥ
Иннигэр тосхойдун!
Үтүөҕүн үтүөнэн төлүөм,
Ыксаллаах күҥҥэр
Ыҥырар буолаар.
Онуоха биһиги киһибит
Саманнык диэн хардалаах буолла:
– Көр бу, көр бу!
Атаһым доҕорум
Аан Дьигистэй тойон!
Үкэр куйаас тыыннаах,
Үүт-аас бэйэлээх,
Үрдүк хороҕор бэргэһэлээх
Үрүҥ Аар тойон
Үтүө сиэнэ
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр буолабын!
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан дьоно,
Көхсүттэн тэһииннээх
Күн өркөн дьоно
Күүс-көмө көрдөөбүттэрин
Көмөлөһө баран иһэбин, – диэт
Айаннаан испитин курдук
Аан холорук атастаах,
Сүллэр этиҥ доҕордоох
Айанната турда.
Биһиги киһибит,
Бухатыыр дуоламмыт атын
Туйаҕын тыаһа
Тоҕус толуу сылгы үөрэ
Түһүнэн эрэрин курдук
Тыаһаан иһиллэр буолла,
Айыы уолун атын
Атаҕын тыаһа
Аҕыс атыыр сылгы үөрэ
Аабылаан эрэрин курдук
Абытайдык иһиллэр буолла.
Инньэ эрэ гынарын кытта,
Илин диэки быган көрбөтөх
Илиэһэй идэмэрдээхтэрэ,
Арҕаа диэки быган көрбөтөх
Адьарай акыларын,
Лип хаан халҕаннаахтара
Халҕаннарын лип-лап сабыннылар,
Наарба хаан халҕаннаахтара
Халҕаннарын хачыгыраччы хатаннылар,
Дэриэспэ таас ааннаахтара
Ааннарын ыгыччы сабыннылар,
Тимир килээмпир ааннаахтара
Ааннарын кылыгыраччы хатаннылар.
Инньэ эрэ гынан баран,
Үөлэс-үөлэс аайыттан
Үстүү буолан
Үҥүөлэһэн турдулар,
Түннүк-түннүк аайыттан
Түөртүү буолан
Төбүрүөннээн турдулар.
Ол көрөн турбуттара баара –
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр
Аллараа дойду
Аарыгырар киинин диэки
Ааһан көтүтэ турда.
Арай доҕоттоор,
Аллараа дойдуну
Аарыгырар киининэн
Ааһарын эрэ кытта,
Сыллар-үйэлэр кирбиилэригэр
Улуу бухатыырдар
Охсуспут сирдэригэр
Чыыстай буолакка
Соҕотохто баар буола түстэ.
Бухатыыр киһи
Тиэрбэс хараҕынан
Көрөн дьэргэлдьиппитэ –
Сүрдээх элбэх бухатыыр кэлэн,
Аттыын-бэйэлиин өлөн,
Уһун уҥуохтара
Урусхал мас буолан,
Кылгас уҥуохтара
Кыс мас буолан
Кыстана сытара үһү.
Ол сылдьан
Тииҥ кулгааҕынан
Истэн сэргэҕэлии турбута –
Сутурук тыаһа
Быстала суох иһилиннэ,
Тиҥилэх тыаһа
Тохтоло суох дуораһыйда.
Өйдөөн-дьүүллээн
Сытыы хараҕынан чарапчыланан көрбүтэ –
Сэттэ күннүк сиргэ
Аарыма буойун дьон
Антах-бэттэх дайбаһан,
Туора-маары тэбиэлэһэн,
Буор бөҕөнү бурҕатан,
Бөх бөҕөнү көтүтэн,
Таас бөҕөнү тамнааттаан
Охсуһа сылдьаллар эбит.
Айыы киһитэ
Алтан араҕас аттаах
Айысхаан Бухатыыр
Адьарай буойуна
Астаҕын аайытын
Аһаран биэрэ сырытта,
Ол сылдьан охтон түстэ.
Онуоха анарааҥҥыта
Хааннаах болотун
Хаба тардан ылан
Сайылаары гыммытын
Биһиги киһибит
Буойун дуоламмыт
Үөгүлүү түһээт
Үөһүн хараҕа манан буолуо диэн
Үҥүүтүн салайан
Үс саһаан үрдүгү
Өрө ыстана түһэн баран
Өтөрү түспүтэ, үҥүүтэ
Үс сиринэн тоһута барда,
Түөрт сиринэн тоҕута барда,
Биэс сиринэн быһыта барда.
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан обургу
Утуйа сыттаҕына
Уолукка астахха
Уолуйан уһуктубат бэйэтэ
Уолуйа түһээт
Эрилис-турулус көрүтэлээтэ,
Туора-маары ойуоккалаата.
Итиэннэ, сур бөрөлүү улуйда,
Ити курдук диэн
Кэпсээннээх буолла:
– Аар-дьаалы!
Аар-таатай оҕолоор!
Орто туруу дойду
Дуолан дуулаҕалара
Отой да өрө барбыттар –
Иккиэ буолан көмөлөөн,
Эргийэ сылдьан кырбаан эрэллэр!
Эдьиийдээтэр эдьиийим,
Ходьоҥ тобук,
Хобуох эмэһэ
Хатан Хаһыырба Куо,
Холоруктатан кэл даа!
Абыраатаххына эн эрэ
Абырыаҥ,
Көмөлөстөххүнэ эн эрэ
Көмөлөһүөҥ,
Өрүһүйдэххинэ эн эрэ
Өрүһүйүөҥ!
Онон эппит тылбын ылын,
Көрдөһөр көрдөһүүбүн толор! –
Диирин эрэ кытта,
Этиэх бэтэрээ өттүгэр
Эҕирийиэх эрэ иннинэ
Тус хоту диэкиттэн
Тойон ураһа саҕа улахан
Хара добун холорук
Сирдиин-халлаанныын
Тура эрийэ-эрийэ кэлэн
Харахтарын иннигэр тохтуу биэрдэ.
Өйдөөн иһиттэхтэринэ
Өрө холоруктанан ытылла-ытылла
Саҥалаах буолла:
– Иһиликпин, таһылыкпын,
Иэхэйикпин-чуохайыкпын!
Орто туруу дойдуга
Ойох-дьахтар өттүнэн
Эн диэтэх киһийдээн
Чарааһааҥҥын кэллэҕиҥ!
Күн сардаҥатын курдук
Кэрэ килбиэн дьүһүннээх,
Тоҕус былас уһуннаах
Толбоннурар суһуохтаах,
Туналҕаннаах ньуурдаах
Күөрэгэйдээн Куону ылыма,
Кини оннугар
Миигин ойох ыл!
Ороҥҥо сытар оҥоһуулаахпын,
Хоойго сытар холоонноохпун,
Асчыппынан ааттаахпын,
Дьиэһиппинэн бэртээхпин.
Сөбүлэспэт түгэҥҥэр
Сытыы тыҥырах
Хайа тардарын билиэҕиҥ,
Ылыммат түгэҥҥэр
Ынчык-бөтүөх
Ыарыы буолан өлүөҕүҥ,
Истибэт түгэҥҥэр
Ийэ куккун көтүтэн ылан
Илэ-чахчы ыйыстыам!
Иэхэйикпиэн-чуохаайыкпыан!
Итини истээт
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр
Аҕыс уон аҕыс былыты
Ааһар албаһа киирэн,
Тоҕус уон тоҕус былыты
Куотар кубулҕата киирэн
Өрөөбүт уоһун өһүллэ,
Хоммут уоһун хоҥнордо:
– Көр бу, көр бу!
Күн сиригэр
Кэрэтинэн биллибит
Күн сардаҥатын курдук
Килбиэннээх дьүһүннээх,
Кыыс киэнэ кылааннааҕа,
Дьахтар киэнэ дьоһуннааҕа,
Ойох киэнэ оҥоһуулааҕа
Ол курдук диэн
Аллараалыыр дойдуга
Олохсуйан олорор диэннэр
Ойох ылаары
Оҥостон кэллим,
Күтүөт буолаары
Куоһанан кэллим!
Оччону истэн баран,
Бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдээх,
Сутуруо быатын саҕа соллоҥноох,
Этэрбэс быатын саҕа иҥсэлээх,
Абааһы кыыһа обургу
Үөрэн үөһүн таттарда,
Хаһыыран хайыта ыстанна:
– Иэхээйикпиэн-чуохайыкпыан!
Олох да оноотугар
Буолар эбит оҕолоор-оҕолоор!
Ойох тахсар үчүгэйин
Саҥа билэн эрэбиэн-эрэбиэн!
Тугу диэбиккин
Тоҕо батан, аккаастаан
Кээһиэмий, кээһиэмий! –
Диэн эрэ баран,
Дьиэм диэн
Дьэбин буолбут тимир ураһаҕа
Дьиэрэҥкэйдээн илдьэ бара турда.
Халыҥ харытынан
Харбаан ылан
Айыы киһитин
Аҥныалаарай диэн
Сыллаһаары сыстаҥнаабыт,
Уураһаары уунаҥнаабыт.
Уолан киһи барахсан
Уҥа илиитин кэннигэр илдьэн,
Саабылаан батыйатын
Сулбу тардан ылла да
Собо балыгы
Үтэһэҕэ үөлбүт курдук
Үөһүн хараҕыттан
Өрө үөлэн таһаарда,
Онуоха абааһы кыыһа
Сиик буолан симэлийдэ,
Туман буолан уоһунна.
Сити курдук дьаһанан
Өстөөҕүн өлөрөн баран,
Айаас аттаах
Айысхаан бухатыырга
Көмө буола
Көтүтэ турар.
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан
Күн улууһун киһитин
Кырбаан-кырбаан
Күһэҥэтин быспыт,
Күнүн киллэрбит,
Хараҕын уотун умулларбыт,
Иэдэһин тэтэркэйин хараардыбыт,
Уоһун кытархайын көҕөрдүбүт.
Алтан араҕас
Айаас аттаах,
Аһыныгас санаалаах
Айысхаан Бухатыыр барахсан
Иччитэ суоҕунан көрөн
Сытарын булан
Кыыһырыаҕынан кыыһырда,
Абарыаҕынан абарда –
Сирэйиттэн сиэрэ уота
Сирдьигинээн түстэ,
Хараҕыттан хатат уота
Хатыастан түстэ да
Күүс күүһүн киллэриннэ,
Кыах кыаҕын муһунна,
Үөгүлүү түһээт
Үөҕэ-үөҕэ сүүрэн иһэн
Үөгүлээх буолла:
– Көр бу, көр бу!
Хааннаах айах,
Хара бэкир,
Салыҥнаах сабырҕах,
Түүн сырыылаах
Түүлээх уллуҥах,
Атас туһугар атах тостор!
Эчэйэн да туран
Иэҥҥин хастаан,
Иҥииргин тэнитэн
Иэспин ылыаҕым!
Нохтолоох тойон сүрэххин
Этэрбэс гынан кэтиэҕим,
Үрүҥ хааҥҥын тоҕуом,
Хара хааҥҥын халытыам!
Өлөн да туран
Өспүн ситиһиэм!
Өлөр сүбэҕин булбут,
Үрүҥ күҥҥүттэн маппыт,
Күн сириттэн сүппүт
Курдук санан!
Чэ, кэлэн көрүүй,
Сааппат сирэй!
Уот Уоппут
Уот Уобурдаан
Истибэтэҕин истэн
Тиэрэ-маары көрдө,
Уолуйбат бэйэтэ
Уолуһуйуох курдук буолла:
– Бээй, бээй, дуҕаар!
Бухатыыр буойун киһи
Бэйэбинэн «мэ» диэн
Бүөбэйим оҕотун
Күммүн күөрэтэр чыычаахпын,
Күөрэгэйим оҕотун
Биэрэн ыытыам үһү дуо?
Бу кыаҕыра турбуккун
Бу кыстана сытар уҥуохтарга
Уһун уҥуохтарыҥ сыыһын
Урусхал мас оҥорон быраҕыам,
Кылгас уҥуохтарыҥ сыыһын
Кыс мас оҥорон кутуоҕум!
Сыа эккин
Суор-тураах аһылыга гыныам,
Искин-үөскүн
Үөн-көйүүр аһылыга гыныам,
Сырдык эккинэн
Сир үөннэрин айах тутуом,
Хара эккинэн
Халлаан көтөрдөрүн күндүлүөм! – диэтэ.
Хата биһи киһибит
Хокуосканан сирэйин быһа саайда,
Биирбит да эппиэт биэрэн
Хокуосканы хардары
Харахха биэрдэ.
Хардары-таары дайбаһан,
Харах харахха саайталаһан,
Мурун муруҥҥа бэрсэн,
Уос уоска сырбатыһан бардылар.
Биирдэрэ буоллаҕына
Саабылаан батыйатын
Сулбу тардан ылла,
Биирдэһэ буоллаҕына
Хааннаах хара дьиэрэҥкэй болотун
Хаба тардан ылла.
Тимири тимиргэ
Түһэрдэхтэрин аайытын
Тыас бөҕө тыаһаан барда,
Этиҥ этэн ньиргийдэ.
Силээхтэ киһи
Силлээбит силэ
Сиргэ кыайан түспэт
Силлиэтэ турда,
Хатан киһи
Хаахтаабыт хааҕа
Хаарга кыайан түспэт
Хахсаата буолла.
Икки буур тайах
Муос муостарыттан
Ылсан баран
Эргичийэ сылдьалларын курдук
Эргийэ сырыттылар.
Сыҥаах тыаһа
Сотору-сотору иһилиннэ,
Кулгаах тыаһа
Тохтоло суох куугунаата,
Сутурук тыаһа
Быыстала суох битилиннэ,
Атах тыаһа
Ахсаана суох хатыланна.
Киирэр күн килбиэнин көрдөрбөккө,
Тахсар күн сарыалын биллэрбэккэ
Ытыс таһынар
Ыас хараҥанан,
Хара туманынан аргыйан,
Харыс хааны халытан,
Сах хаан быһылаанын тардан,
Өлүү хаан дибдилгэнин туруоран
Кус хараҕа тэстэр,
Куба моонньо тостор
Кулан айдаана буолбута үһү.
Ол курдук
Отут орулуур хонук охсуһан
Айыы киһитэ сэниэтэ эһиннэ,
Күн киһитэ кыаҕа бүттэ.
Абааһы да уола
Үрүт күүһэ
Үмүрү тутан барда,
Алын күүһэ
Аччаан киирэн барда,
Үөһэ-аллараа көрдө,
Үрүт кубулҕата сүттэ,
Аба-хомуһуна бүттэ.
Сэниэ сэниэлэрин киллэрэн
Сэттэ күн устата
Сынньана түһүөххэ дэһэннэр
Сынньанан ыллылар.
Алтыс хонуктара ааһан
Сэттис хонуктара туолуута,
Арҕааттан күөрэйэр
Абааһы аймаҕын
Анысханнаах күннэрэ тахсыыта
Хабыр хапсыһа,
Күөн көрсүһэ туруннулар.
Саха саарына
Саабылаан батыйатын
Сулбу тардан ылла,
Адьырҕа атамаана
Хааннаах хара дьиэрэҥкэй болотун
Хаба тардан ылла.
Тимири тимиргэ түһэрбиттэрэ –
Тоҕустуу сиринэн
Тоҕута барда,
Аҕыстыы сиринэн сиирэ барда.
Үҥүүнү үҥүүгэ түһэрбиттэрэ –
Үстүү сиринэн
Үнтүрүтэ барда,
Оҕу оххо түһэрбиттэрэ –
Ортотунан тоһунна.
Ол туран хайдах буолалларын билбэтилэр,
Моой моойдоруттан ылсан
Муомахтаһан бардылар.
Маннык туран
Баабый Баатыр
Уот Уобурдааны
Уллуҥаҕынан түөскэ тэбэн баран,
Илиититтэн харбаан,
Иһиттэн тэбэн
Нөҥүө быраҕан түһэрээт
«Нохтолоох тойон сүрэҕэ,
Чараас сирэ манан буолуо», – диэн,
Хонноҕун аннынан
Батыйатын туһаайан туран
Батары аста.
Биирдэһэ билбэккэ да хаалла,
Бадаҕа өлөн эрэбин диэн айманан
Бүтэһиктээх кэриэс тылын
Этэн энэлитэ сытта:
– Аар дьаалы!
Ыый да ыыйбыан,
Аай да аайбыан!
Кыайтардыбыт-кыайтардыбыт дэстэхтэринэ
Күлэ-күлэ
Күллэрин таптайар этим,
Тохтоо-тохтоо, уоскуй диэтэхтэринэ
Тохтоппокко ыстаан туллаҥнатарым,
Утары көрбүтү
Эрэйдээн өлөрөр иэһим
Утары тирээтэ бадаҕа!
Барбатах балык миинин курдук
Бүдүк-бадык дойдум,
Быдан дьылларга
Бырастыы буоллун!
Абааһы аймаҕа,
Истэр эбит буоллаххытына
Орто туруу дойдуттан
Кими да ойох ылбат буолаарыҥ!
Оннооҕор миннийэлиир киһи
Ойох ылан
Оҕо төрөтөн ыал буолан
Олох олорботум.
Дьэ, Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр обургу,
Кыайыах киһи кыайдыҥ,
Хотуох киһи хоттуҥ.
Мааны ыал
Мааны оҕото этим,
Ытык ыал ыамата этим,
Ыл, сордообокко
Салҕаан биэр,
Сайылыы оҕус! – диэбитигэр
Биһи киһибит
Батыйатын өрө күөрэтэн,
Моонньоох баһын
Биир охсуунан
Быһа баттаан кэбистэ!
Уот Уоппут
ҮУот Уобурдаан
Туман буолан уоһунна,
Сиик буолан симэлийдэ эрээри,
Тыллаах сыҥааҕын иччитэ
Тыһы тыймыыт буолан
Чыбыгыр гына түһээт
Тунаарыс гынан хаалла:
– Кыыс оҕоҥ
Кыптыый тутарын саҕана,
Уол оҕоҥ
Оҕунан оонньуур буоларын саҕана
Иккистээн төрөөн
Иэспин ылыаҕым,
Хаттаан төрөөн
Өспүн ситиһиэҕим! – диэн
Эргиллиэх буолан саанна.
Саастааҕын самнаран,
Өстөөҕүн өлөрөн
Өрөгөйө үрдээн
Өссө күүһүрэргэ дылы гыммыт
Биһи киһибит санаа булунан,
Өй салҕанан
Айысхаан бухатыыры
Өрүһүйэр санаалаах
Айыы Намыһын удаҕаны
Ыҥыра турбут:
  – Көр да бу,
Көр да бу!
Күн өркөн улууһун
Айыы хаан аймаҕын
Араҥаччыһыта буолбут
Алта арылы маҥан
Кыталык кыыл кутуруксуттаах,
Айыы Намыһын удаҕан
Айгыстан кэлэҥҥин
Абыраа даа!
Айыы аймаҕын, күн улууһун
Абааһы аймаҕыттан көмүскээри,
Аҕыс үйэ тухары
Аҕа ууһун тэнитиэхтээх,
Ойдубуту оһорор
Одун хаантан оҥоһуулаах,
Быстыбыты салгыыр
Дьылҕа хаантан дьылҕалаах,
Алтан араҕас аттаах
Айысхаан бухатыыр
Аламай маҥан күнүттэн матта!
Өлбөт мэҥэ уута аҕалан
Өрүһүйэ оҕус даа!!!
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр
Кынаттарыгар кырааскалаах
Кыталык кыыллар
Крыымпалыы кылана-кылана
Көтөн иһэр
Кынаттарын тыаһа
Куруҥ үрэх
Кутулла-суккулла айманан,
Курулаан-сурулаан тыаһаан
Эрэрин курдук иһилиннэ.
Ити икки ардыгар
Айыы Намыһын удаҕан
Аман өһүн этэн
Амалыйа турбута үһү:
– Дом ини дом,
Дом ини дом!
Аан ийэ дойду
Хайҕахтаах хара быара буолбут,
Орто туруу дойду
Нохтолоох тойон сүрэҕэ буолбут,
Аал Луук мас иччитэ
Аан Алахчын хотун
Чороон курдук
Чороҕор эмиийдэрин
Ыган-ыган
Үрүҥ илгэ
Ас оҥорон ыытта!
Ойдубуту оһорорго
Одун Хаантан оҥоһуулаах,
Быстыбыты салгыырга
Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах,
Үс үйэ тухары
Үс саханы үөскэтэргэ
Үрүҥ Аар Тойонтон айдарыылаах
Үтүө киһи эбиккин,
Алтан араҕас аттаах
Айысхаан Бухатыыр!
Онон буоллар
Окко түспүт оҥоһуугун,
Сиргэ түспүт сэрэбиэйгин,
Силигин ситэриэх тустааххын!
Дом ини дом,
Дом ини дом! –
Диэн эрэ баран,
Эбир хамыйаҕынан
Үрүҥ илгэни
Үс төгүл баһан
Алтан араҕас аттаах
Айысхаан бухатыыр
Бэлэһин төрдүгэр куппутун
Биһи киһибит,
Бухатыыр уоламмыт
Биирдэ эрэ ыйыстан кэбиспитэ –
Биэс сиринэн
Быһа сотуллубут баастара
Бүччүччү оһон хааллылар,
Алта сиринэн
Хайыта барбыт этэ
Үмүрүччү оһон хаалла,
Хараҕа уоттанна,
Имэ тэтэрдэ,
Илэ бэйэтинэн буола түстэ.
Ойон туран кэллэ,
Ол курдук диэн
Саҥалаах буолла:
– Дьэ буо,
Дьэ буо!
Арҕаһыттан тэһииннээх,
Аһыныгас санаалаах
Айыы хаан киһитэ, атаһым,
Көхсүттэн тэһииннээх,
Көмүскэс санаалаах
Күн улууһун киһитэ, үөлээннээҕим,
Үрүҥ тыыммын өрөһүйдүҥ,
Хара тыыммын харыһыйдыҥ!
Бу абыраабытыҥ иннигэр
Үйэлээх сааһым тухары
Үс күлүккэр нөрүйүөҕүм,
Түөрт күлүккэр хаптайыаҕым!
Мохсоҕол кыыл саҕа
Махтал буоллун! – диэтэ.
Ити кэннэ иккиэн
Кытаран көстөр
Кыһыл хайа кирбиитигэр тиийэн,
Халыҥ дэриэспэ таас
Хаппахчы дьиэ аҥаар эркинин
Баабый Баатыр
Хайа тэбэн кэбиспитэ –
Күөрэгэйдээн Куо барахсан
Кэрэ дьүһүнэ
Күндү таастыы
Күлүмүрдээн көһүннэ,
Тирии бүтэй
Этэ көһүннэ,
Эт бүтэй
Уҥуоҕа көһүннэ,
Уҥуох бүтэй
Силиитэ дьалкыҥнаата.
Бэҕэһээ сиэбитэ
Биэстээх харчы саҕа буолан
Бэлэһин түгэҕэр биллэр,
Үнүрүүн үссэммитэ
Үстээх харчы саҕа буолан
Өрөһөтүн иһигэр көстөр,
Үргүүк бүүчээн курдук
Кыыс оҕо барахсан
Куота буспут моонньоҕон харахтарынан
Соһуйа көрөн турар эбит.
Тоһуулаах былыт курдук
Харыс-харыс хардыылаан,
Суһуоҕа субуруйан,
Тэллэҕэ тэлээрийэн
Унаарыйан кэлэн
Күөрэгэйдиир чыычааҕым
Кылыһахтаах куолаһынан
Субу курдук ырыалаах,
Сити курдук тойуктаах буолла:
– Дьэ буо!
Дьэ буо!
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыр доҕоруом!
Бу үлүгэр ыраах дойдуга
Айаннаан кэлэн
Алдьархайтан быыһаатыҥ,
Ынырыктан куоттардыҥ!
Уһун олоҕуҥ тухары
Уоттаах харахтаах
Утары туран көрбөтүн,
Татаар тыллаах
Таба кыайан эппэтин!
Уруй-айхал,
Махтал буолуохтун! – диэн
Махтанарын эрэ кытта,
Айыы дьоно
Аттарыгар олоро биэрээт
Тус илин диэки
Соҕотохто субурус гынан көтүтэ турдулар.
Аллараа дойдуттан тахсар аартыгы
Ааһан эрэ баран
Баабый Баатыр
Аман өһүн
Туойа турбута үһү:
– Дьэ буо!
Дьэ буо!
Алдьатыылаах-кээһэтиилээх
Аллараалыыр дойдуттан
Адьарай аймаҕа
Аны хаһан да
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Аан ийэ дойдуга
Айыы хаан аймаҕар
Адьаһын биллибэтин,
Киирбит күөрэйбэт,
Барбыт төннүбэт сириттэн
Көстүбэт бөҕөтө тахсан
Бороҥ урааҥхай омугу
Уйгу быйаҥ олоҕун
Атыйахтаах ууга дылы
Дьалкыппатын! – диэн баран,
Дьэбин көлүйэ үрдүгэр турар
Дэбдилгэ хайаны
Дэгдэҥнэтэн аҕалан
Кэмнээтэххэ мээрэйдэммэт
Киэҥ-куоҥ аартык суолу
Наарба халҕаҥҥа дылы
Ылы-чып ыпсаран
Бүөлүү быраҕан кэбистэ.
Күн сирин дьоно
Өрө тардан тэһииннээтилэр,
Быһа биэрэн кымньыылаатылар,
Холуоннук хаамтардылар,
Хорсуннук айаннаатылар.
Айыы сирин
Аартыгын арыйан,
Орто туруу дойду
Дьоллоох суолун тобулан,
Аан ийэ дайды
Алгыстаах аартыгын аһан,
Илин өттүлэригэр
Аламай маҥан күн
Алгыстаах сардаҥатын эркиннэнэн,
Кэлин өттүлэригэр
Күн улууһун аатыттан
Кэтит кэскиллэнэн,
Абааһы аймаҕар атаҕастаппакка
Алыс үчүгэйдик айаннаан
Үөскээбит үтүө сирдэригэр,
Төрөөбүт төрүт сирдэригэр
Төннөн кэлбиттэрэ –
Оҕонньордоох-эмээхсин
Кыыстаах-уолларын,
Баһырҕастаах аттаах
Баабый Баатыру
Уруйдаан-утахтаан
Айхалынан далбардаан
Үөрэ-көтө көрсүбүттэр.
Ол эрэ кэннэ,
Тоҕус уон хонук устатыгар
Тохтоло суох
Дохсун урууну оҥорбуттар,
Аҕыс уон хонук тухары
Ааттаах малааһыны тэрийбиттэр,
Сэттэ уон хонук былаһыгар
Ытык ыһыаҕы ыспыттар.
Саалыыр биэ үүтүн
Сайа ыатан ыланнар
Саар ыаҕас муҥунан
Саамал кымыс оҥорон
Санааларын көтөхпүттэр,
Ас амтаннааҕынан
Айах туппуттар.
Аччык мантан аһаабыт,
Ааспыт мантан абыраммыт,
Быстыбыт мантан салҕаммыт.
Субу малааһыҥҥа
Сылдьан дьаарбайар баҕаттан
Содьороҥ, атаҕа суох дьон
Хаамар буолан бэйэлэрэ
Хааман тиийэн кэлбиттэр,
Хараҕа суох, кыайан көрбөт дьон
Көрүөх баҕалара баһыйан
Көрөр буолан харах иччитэ буола
Көрөн кэрэхсии кэлбиттэр,
Таас бүтэй, сатаан истибэт дьон
Истиэх баҕалара баһыйан
Истэр буолан кулгаах иччитэ буола
Истэн сэргэҕэлии кэлбиттэр.
Күүстээх бэттэрэ
Күөн көрсүбүттэр,
Хапсаҕайдьыт бэттэрэ
Хапсаҕай хапсыбыттар,
Оһуохайы-оонньууну
Оройуттан туппуттар,
Улуу ойуун кыырбыт,
Улуу олоҥхоһут олоҥхолообут,
Улуу ырыаһыт ыллаабыт.
Эйэлээх олох эҥэрдэспит,
Саргы-дьаалы салаллыбыт,
Сахалыы саҥа сатараабыт,
Дьол-соргу тосхойбут!



Дьокуускай: Сайдам, 2014 с. - 80 с.