Сиидэркин түөһүгэр,
Сэттэ-аҕыс сиэбигэр,
Бартыбыал иһигэр
"Баай" диэн үлүгэр:
Токуйбут тоһоҕо,
"Токууккай" тобоҕо,
Туус тууйас оҕото
Туой оҕус сотото,
Дьэбиннээх ылтаһын,
Тиит мастан хаптаһын,
Кэнсиэрбэ бааҥката,
Хоруопка хаппаҕа,
Алдьаммыт бытыылка —
Араас уон балыыҥка!
Сиэптэрин айаҕа
Сиритэ барбыттар,
Бартыбыал муннуга
Тэһиттэн хаалбыттар,
Баайдара, маллара —
Барыта быкпыттар!
Тэтэрээт, кинигэ
Сордоммут киһитэ:
Үс хонук иннинэ
Үрэллэр "бэйэтэ".