Бар дьон баҕа санаата
Аан дойду ахтылҕаннаах, бар дьон санабыллаах.
Ааспыкка аһы көрдөрүмэ, сыгынньахха таҥаһы көрдөрүмэ, тоҥмукка уоту көрдөрүмэ.
Ааттаспыт аам-дьаамы алдьатар, күүһүлэспит күүдээк даа күүһүн кыайбат.
Ааттаһар даа ахсааннаах, көрдөһөр даа күттүөннээх.
Алгыс аалы көтөҕөр.
Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
Аҕыйах тыл - минньигэс, элбэх тыл - сымсах.
Аман өс.
Атыллыах иннинэ атаҕыҥ аннын көр.
Баайбын диэн баҕыдыйыма, дьадаҥыбын диэн сэнэнимэ.
Баайы кытта мөккүһүмэ, быһыйы кытта сыссыма.
Баастаах бааһын тарбаама.
Балык ыамнаах, киһи күннээх.
Бар дьон тыла - ох, санаата - батас.
Биир тыл минньигэс, биэс тыл сымсах.
Истиҥ иһирэх тыл.
Иэгэйэр икки атахтаах бары тыллаах.
Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраан билсэр.
Киһи сырыттаҕына сырыттым диир.
Киһи тыла дугаҕа баайыллыбат чуораан буолбатах.
Киһи тыла - ох, санаата - батас.
Киһи тыла - охтооҕор сытыы.
Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх.
Киһи тыла уоттааҕар абытай.
Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэкис гынарын курдук.
Киһи үтүөтэ өллөҕүнэ биллэр.
Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
Кырдьаҕастан алгыһын ыл, эдэртэн эйэтин ыл.
Кырдьаҕаһы хааһахха хаайа сыддьан сүбэлэт.
Кэриэс кэс тыл.
Кэһиллибэт кэс тыл.
Кэскиллээх кэс тыл.
Киһи иккитэ төрүөбэт
Киһи киэнигэр баҕарыма — бэйэҥ киэниттэн матыаҥ
Киһи ойоҕо ойох буолбат
Киһи ата ат буолбат
Киһи сырыттаҕына сырыттым диир
Киһи - хабахтаах хаан
Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэкис гынарын курдук
Киһи үтүөтэ өллөҕүнэ биллэр
Киэҥ үрэх чэлгиэннээх, уһун үрэх уорааннаах
Көҕөн көттөҕүнэ чуркуй (чыркый) хаалбат
Көлүүрдээх оҕус от хаата, үлэ киһитэ ас хаата
Көтөр түспэтэх маһа суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох
Хомурах хоммотох сирэ суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох
Кулгаах хаалыа, муос үүнүө
Курдьаҕаҕын хомун, кыдьыккын кыан, имэҥҥин иҥэрин
Кураанах хамыйах айахха баппат
Курдаттыыбын диэн төгүрүйүөҥ
Куһаҕан кутуруктаах
Куһаҕантан куһаҕан тахсар, үтүөттэн үтүө тахсар
Куһаҕантан буор тохтор
Куһаҕан сымыйа буолбат
Лоп гына догобуор, эттиҥ да этириэс.
Одьолууну ойохтонума, кииринньэҥҥэ кииримэ.
Ох-батыйа тыл.
Оччугуй улааттын, көтөх уойдун (көһүт).
Өс хоһооно - өбүгэ номоҕо.
Өрүммүт күөскүн эрэнимэ.
Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр.
Саҥарыан иннинэ санаан көр, тоҥсуйуон иннинэ толкуйдаан көр.
Соҕотох тыл сокуон, аҥаардас тыл ачастаат, биир тыл бирисээгэ.
Сүбэ сүүрүгү тутар.
Сүгэ балта - тыл.
Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар.
Сүөһү күрүөлээҕэ үчүгэй, киһи бастааҕа үчүгэй.
Сыҥааҕыҥ сыаланнын, айаҕыҥ арыыланнын.
Сэһэн сиэрдээх, олоҥхо олохтоох.
Тыл дьыалаттан арахсыбат.
Тыл тыалга быраҕыллыбат.
Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук.
Улуу дойду оспуостаах, аан дайды аартыктаах, күөх далай оломноох, хара тыа ыллыктаах.
Уол оҕо ойдоох бууру охтордоҕуна олоҕо тупсар, арҕахтаах эһэни самнардаҕына санаата табыллар.
Уол оҕо саадаҕын үстэ курданан (эбэтэр ыйаан) баран киһи буолар.
Үтүө ат - биир кымньыылаах, үтүө киһи - биир тыллаах.
Үтүө тылтан ким да тахсыбат.
Үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тыл.
Хайа доҕоор, кугас ыт холун кыбынаайаҕын.
Хой баһа тыл.
Хоммут уоһа хоҥунна, өрөөбүт уоһа өһүлүннэ.
Ырыа курдук ыпсар, тойук курдук тупсар.
Эдэрбин диэн эрэнимэ — кырдьаҕаспын диэн кыбыстыма — (түүнүмэ).
Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар.
Эппит тыл биир, санаабыт санаа төлөрүйбэт.
Эр киһи тыла биир.
Эрэннэрбити толорортон ордук эрэйдээх суох.
Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл салалталаах.