Хоһоонум тахсыбакка муунтуйа олороммун
Кумааҕыбын марайдаан ойуу оҥоробун.
Оо, эмискэ үлүгэр, арай, миэхэ иннибэр
Саабылаан батыйалар дьэргэйэ түстүлэр.
Дьикти буолла! Арай биир батыйам саҥарда:
— Хайдах миигин билбэккин? — диэн
кыйыттан турда, —
Тыгын обургу тэлэкэчийэ далайбыт
Илбистээх батыйата бу мин буолабын.
Төһөлөөх чаҕары мин таһыйан ытаппыппын,
Төһөлөөх төбөтү мин төбөтүн быспыппын
Ааҕан да сиппэппин. Ханна да тиийдэрбин
Ыар ынчык, харах уута аргыстаах этим мин.
Иэнигийэ сүүрэр итии хаан иэдэспэр,
Саарба, саһыл тэлгэнэрэ иннибэр-кэннибэр.
Тыгын тойон барҕа баайын мин үксэппитим,
Суостаах аатын, суон сураҕын мин
үрдэппитим.
Сүдү-бараан күлүкпэр сүгүрүйэ толлоллоро.
Хайдах миигин билбэккит, саха оҕолоро?
Харса хабараан эбит иккис да батыйам.
— Тохтоо! — диэтэ кырыктанан
кылапаччыйа, —
Улахан эбит эн хаанынан сууммутуҥ,
Баламат, бардам тойон кулута буолбутуҥ.
Эйиигиттэн куттанар ааспыта ыраатта.
Эн умнууга хаалбытыҥ ол Тыгыҥҥын кытта.
Бу миигин кырдьык иһин баайдары утары
Күөрэччи туппута хоһуун-хотой Манчаары.
Суох! Бар-дьонум хараҕын уутунан
буолбатах,
Көҥүл төлөнүнэн мин иэдэһим кыыспыта.
Түлэй хара түүн үөһүгэр сытыы кылааным
Сандаарда ыспыта сырдык уот сыдьаайын.
Көр, ол иһин бу миигин бүгүҥҥү ыччаттар
Өлбөт үйэлээннэр, ырыа гынан ыллыыллар.
Дьэ ити курдук, сырдыктаах хараҥа күүстэр,
Батыйа буоланнар, хоһооммор көрүстүлэр.