Биирдиилээн тылы, кэлим тылы, тыл ситимин тылбаастааһын (Дапсы)
М.П. Алексеев-Дапсы
БИИРДИИЛЭЭН ТЫЛЫ, КЭЛИМ ТЫЛЫ, ТЫЛ СИТИМИН ТЫЛБААСТААҺЫН
Мантан ылыллынна: Сахалыы тиэрмини оҥоруу. Научнай ыстатыйалар хомуурунньуктара.—Дьокуускай: СР НА ГЧИ, 1995.-124 с.
Саха Республикатын Конституциятын (Төрүт Сокуонун -кылгатан: ТС) тылбаастааһыҥҥа, бииринэн, урут сыыһа тылбаастаммыты салгыы туттуу баар: исполнительный - ситэриилээх. Дьиҥинэн, "ситэриилээх" диэн тыл бу тиэрмини бэлиэтиир өйдөбүлгэ сөп түбэспэт: тугу "ситэрэрий"? Бу өйдөбүлгэ "толорор" диэн тыл сөп түбэһэр. Иккиһинэн, саха тылын баайын, ис кыаҕын туһаммакка, нуучча тылыгар тартаран тылбаастааһын баар: объявить недоверие - "итэҕэйбэт буолууну биллэрии" диэн тылбаастаммыт (Төрдүс түһүмэх 93 ыст.). Саха тылыгар "итэҕэлэ быстыбыт" диэн бэлэм тыл баар. Ол аата, "итэҕэлин быс" диэн тылбаастаныахтаах. Үсуһүнэн, стилистическэй өттүнэн сөп түбэспэт тылбаастааһын: компактное проживание - төбүрүөннээн олорор (ол аата: төгүрүччү олорор!) -төрдүс түһүмэх 85 ыст. Дьон кэлимник, тоҕуоруһан, түмсэн, мустан олоруутун сахалыы "түөлбэлээн олороллор" дииллэр. Төрдүһүнэн, саха тылыгар билигин суох саҥа тылы үөскэтэн - туттарга анаан баран, онтукаларын сороҕор туттубаттар. Холобур: "Саха Республикатын Конституциятын (Төрүт Сокуонун) олоххо киллэрии бэрээдэгин туһунан Саха Республикатын Сокуонун 2 ыстатыйатыгар система диэн тылы ("тиһик" диэн тылбаастаабыт эрээрилэр) "системанан" ыыппыттар. Бэсиһинэн, бу үгэһи салҕаан, сорох түбэлтэҕэ, П.А.Ойуунускай тылдьытын, урут үлэлэммити туһанан, сороҕор бэйэм үөрүйэхпэр олоҕуран, "маннык тылбаастаммыта буоллар ордук буолуо хаалбыт" диэн санаабын этэбин: охрана памятников - ТС: пааматынньыктары харыстааһын; миэхэ: өйдөбүнньүгү харааннааһын.
Мантан аллара сыыһа тылбаастаммыт диэбит тиэрмиммин тылбаастары - көннөрөн тылбаастааһыннары үс холлоҕоһунан тиһэн көрдөрөбүн: бастакыга - нууччалыыта, ортокуга - Төрүт Сокуоҥна тылбаастаныыта, бүтэһиккэ - миэнэ.
Общество - общество - сомох.
(Оружия) массового поражения - маассабайдык өлөрөр-өһөрөр - ньимси өһөрөр.
Добровольность - үтүө баҕа - үтүө көҥүл.
Добровольно - баҕа өттүнэн - үтүө көҥүлүнэн.
Порядок - бэрээдэк - куолу.
Убеждения - итэҕэйэр өй-санаа - туймуу санаа.
Реализуя принципы добровольности и равноправия - үтүө баҕа, уонна тэҥ бырааптаныы тускулларын олоххо киллэрэн үтүө көҥүл, тэҥ быраап тускулун тутуһан.
Супруги равноправны в семейных отношениях - кэргэнниилэр дьиэтээҕи сыһыаннаһыыга тэҥ бырааптаахтар - кэргэнниилэр дьиэлэригэр-уоттарыгар тэҥнэр.
Свобода совести и вероисповедания - суобас көҥүлэ, ханнык баҕарар итэҕэли ылыныы көҥүлэ - суобас көҥүлэ, итэҕэл көҥүлэ.
Не обязан - эбээһинэһэ суох - (-уох) туһа суох.
...Свободно располагать своими способностями - дьоҕурун көҥүл туһанар (бырааптаах) - дьоҕурун талбытынан туһанар...
Право на свободную занятость - көҥүл дьарыкка быраап - көҥүлүнэн дьарыктаах буолар быраап.
Право на свободный выбор - көнүл талар быраап - хайа талбыт талар быраап.
Каждый человек вправе владеть, пользоваться и распоряжаться своей собственностью - Ким барыта бэйэтин бас билиитин баһылыыр, туһанар уонна дьаһайар бырааптаах-... баһын билэн..
Наследство - нэһилиэстибэ - өлбүгэ.
Наследование - нэһилиэстибэҕэ ылыы, биэрии - өлбүгэ ылыы; хаалларыы.
Заведение - заведение - тэрилтэ.
Осуществление прав и свободы человека и гражданина -киһи уонна гражданин бырааптарын итиэннэ көҥүллэрин олоххо киллэриитэ - киһи, гражданин быраабын, көҥүлүн туһаныыта.
Законные интересы - сокуоннай интэриэс - сокуон (туһаҕан) мэктиэлиир туһа.
Моральный ущерб - ааты-суолу киртитии - ааты-суолу алдьатыы.
Материальный ущерб - олох-дьаһах илгэтигэр хоромньу баайга-малга хоромньу.
Причинение морального ущерба - ааты-суолу киртитиини оруу - ааты-суолу алдьатыы.
Причинение материального ущерба - олох-дьаһах илгэтигэр хоромньуну оҥоруу - баайга-малга хоромньуну оҥоруу.
Каждый человек имеет право на возмещение морального и материального ущерба, причиненного ему незаконными действиями государства... - государство... сокуоннайа суох дьайыыларынан киниэхэ оҥорбут аатын-суолун киртитиитин уонна олоҕун-дьаһаҕын илгэтигэр хоромньуларын төлөттөрөр бырааптаах - государство... сокуоҥҥа суох дьайыыларынан аата-суола алдьаммыт, баайа-мала хороммут ким барыта ону саат куттарар, төлөттөрөр бырааптаах.
Осуществление прав и свобод человека и гражданина - киһи уонна гражданин бырааптарын итиэннэ көҥүллэрин олоххо киллэриитэ - киһи, гражданин быраабын, көҥүлүн туһаныыта.
В интересах охраны государственной или общественной безопасности, общественного порядка, здоровья и нравственно-сти населения - государствоҕа эбэтэр обшествоҕа куттал суох буолуутун, общественнай- бэрээдэги, дьон-сэргэ доруобуйатын итиэннэ сиэрин-майгытын харыстааһын туһугар - государствоҕа, сомоххо куттал суох буолуутун, сомох куолутун, дьон-сэргэ доруобуйатын, сиэрин-майгытын хараанныыр туһуттан.
Сохранение самобытной культуры, обычаев, традиционного образа жизни народа - норуот культуратын, сиэрин-туомун, үгэс буолбут майгытын чөлүнэн хаалларыы - ...чөл тутуу.
...Заботиться о сохранении жизни и здоровья своих сограждан - бэйэтин биир дойдулаах гражданнарын олохторун уонна доруобуйаларын чөлунэн хаалларар туһугар кыһанар... - биир дойдулаах гражданнарын олохторун, доруобуйаларын чөл тутарга кыһанар...
... охранять природу - айылҕаны харыстаа - айылҕаны харааннаа.
Сохранение документальных и исторических памятников... - өйдөбүнньүктэри чөлунэн хаалларарга... - чөл тутар...
Сохранить за собой - илдьэ хаал - хаалларын.
Охрана памятников - пааматынньыктары харыстааһын - өйдөбүнньүктэри харааннааһын.
Национальное достоинство - омук үтүө аата - омук киэн санаата.
Пренебрежение и оскорбление национального достоинства - омук үтүө аатын аанньа ахтыбат буолуу уонна атаҕастааһын - омук киэн санаатын аанньа ахтыбакка атаҕастааһын.
На основе свободного волеизъявления ее граждан - Республика гражданнарын дьулуһууларын көҥүллүк этиилэригэр уран - Республика гражданнара үтүө көнүллэрин биллэриилэригэр олоҕуран.
Делегировать (полномочия) - биэр - салай.
Полномочия, которые осуществляются с ее участием - кини кыттыытынан олохтонор боломуочуйалар - бэйэтэ кыттыгастаах боломуочуйалара.
Делевые фонды - чопчу аналлаах фондалар - тус фондалар.
Отношения собственности - бас билии сыһыаннаһыылара - миэнэ диэнҥэ олоҕурар сыһыаннаһыы: бас билиигэ олоҕурар сыһыаннаһыы.
Жилищное и коммунальное хозяйство - дьиэ-уот уонна коммунальнай хаһаайыстыба - олорор дьиэни көрөр коммунальнай хаһаайыстыба.
Представитель - представитель - киһи, киһитэ.
Представительство - представителлээх буолуута - киһилээх буолуута.
Вопросы, отнесенные к ведению... - дьаһалларыгар биэрбит боппуруостары - дьаһалларыгар анаабыт...
Передает на определенный срок - быһыллыбыт болдьоххо биэрэр - болдьоҕун быһан туран биэрэр.
Перечень - биирдиилээн ааҕыы - ааҕаан.
Совместные полномочия - холбоһуктаах боломуочуйалар - кыттыгас боломуочуйа.
Компетенция - дьаһайыы - билии.
Совместная компетенция - кыттыгас дьаһайыы - кыттыгас билии.
По вопросам, отнесенным к совместным полномочиям - кыттыгас боломуочуйаларга бэриллибит бары боппуруостарга - кыттыгас боломуочуйалаах боппуруоска.
Законы Республики Саха (Якутия) обладают верховенством на ее территории по всем вопросам, за исключением тех, горые делегированы ею в ведение федеральных органов государственной власти Российской федерации - Саха Республикатын сокуоннара, Российскай федерация дьаһалыгар бэйэтэ биэрбит боппуруостарыттан ураты бары боппуруостарга кини сиригэр-уотугар баһыйар суолталаахтар - Саха Республикатын сокуона, кини сиригэр-уотугар бары боппуруоска, Россия Федерациятын дьаһалыгар бэйэтэ салайбыт боппуруоһуттан уратыга баһыйар суолталаах.
Вправе - бырааптаах - бырааба, көҥүлэ.
Вправе приостановить - тохтотор бырааптаах - тохтоторо көҥүлэ.
Гарантирует сохранение и возрождение ... народов - норуоттары чөлүнэн хаалларыыны уонна барҕарыыны мэктиэлиир - норуоттары чөллөрүн, барҕарыыларын мэктиэлиир.
Неотъемлемые права - былдьаммат быраап - төрүт-хаан быраап.
Владеть - баһылаа - бас бил.
Сельскохозяйственные, охотничье-рыбопромысловые угодья - тыа хаһаайыстыбатынан, бултааһынынан-балыктааһынынан дьарыктанар сирдэр - тыа хаһаайыстыбаннай, бултуур-балыктыыр сир-уот.
Особенности хозяйствования - хаһаайыннааһын уратылара -хаһаайыстыбаны тэринии уратыта.
Насильственная ассимиляция - күүс өттүнэн симэлитии -күүһүнэн симэлитии.
Места - миэстэлэр - сир.
Реализация прав - бырааптарын олоххо киллэрии - быраабы туһаныы, быраап олоххо туттуллуута.
Волеизъявление - баҕаны көҥүллүк этии - буҕа санааны биллэрии,
Граница - кыраныысса - быыс.
Сохранить - чөлүнэн хааллар - чөл тут.
Сохранение - чөлүнэн хаалларыы - чөл тутуу.
Взаимодействие общества и природы - общество итиэннэ айылҕа хардарыта дьайсыылара - сомох айылҕаҕа, айылҕа сомоххо дьайыыта.
Почетный - бочуоттаах - ытык.
Добросовестно - үтүө суобастаахтык - үтүө майгынан.
В случае ущемления интересов... со стороны ...өттүттэн...интэриэстэрин күөмчүлээһин үөскүүр түбэлтэтигэр -... туһун...күөмчүлүүр түбэлтэлэригэр...
Обжаловать в судебном порядке - суукка үҥсэн ааһын - суукка ааһын.
Неприкосновенность - тыытыллыбат буолуута - тыытыллыбата.
Выражено недоверие - киниэхэ итэҕэйбэт буолууну биллэрэр - итэҕэлэ быстыбыт.
Местная администрация имеет право отменять решения и распоряжения нижестоящей администрации, в случае превышения ею своих полномочий - олохтоох дьаһалта алын сүһүөх дьаһалтата быһаарыыларын уонна дьаһалларын, өскөтүн олор алын сүһүөх дьаһалта боломуочуйатын таһыгар тахсар буолахтарына, көтүрэр бырааптаах - алын сүһүөх дьаһалта боломуочуйатын таһыгар тахсар быһаарыытын, дьаһалын олохтоох дьаһалта көтүрэр бырааптаах.
Надзор - надзор - кэтэбил.
Предприниматель - предприниматель - урбаанньыт.
Предпринимательство - предпринимательство - урбаан.
Предпринимательский - предпринимательскай - урбаан.
Неприкосновенность личности, жилища и собственности - тус бэйэлэрэ, үтүө ааттара, дьиэлэрэ-уоттара уонна бас билиилэрэ тыытыллыбат буолуулара - тус бэйэлэрэ, үтүө ара, дьиэлэрэ-уоттара, бас билиилэрэ тыытыллыбата.
Суды самостоятельны и действуют независимо от законодательной и исполнительной власти - Сууттар бэйэлэрин бас билинэллэр уонна сокуоннары таһаарар итиэннэ ситэриилээх былаастартан тутулуга суох үлэлииллэр - Суут, баһын билинэн, сокуон таһаарар да, толорор да былаастан тутулуга суох үлэлиир.
Дает заключение в соответствии - сөп түбэһиилэрин туһунан түмүктээһин оҥорор - сөп түбэһэрин ыйааһыннаан түмүк оҥорор.
Участвует в разрешении Конституционно-правовых споров между Республикой Саха (Якутия) и Российской Федерацией - Саха Республикатын уонна Российскай Федерация икки ардыларыгар Конституционнай-правовой мөккүөрдэри быһаарыыга кыттар - Саха Республиката, Россия Федерацията икки Конституцияҕа - быраапка мөккүөрдэрин быһаарсар;
Должность - дуоһунас - соло.
Отрешение - туоратыллаллара - киэр этинэллэрэ, киэр этиниилэрэ.
Отрешение от должности - дуоһунастарыттан туоратыллаллара - ...киэр этинэллэрэ, киэр этиниилэрэ.
Арбитраж - арбитраж - тойоннуур.
Высший арбитражный суд - Үрдүкү арбитражнай суут - үрдүкү тойоннуур суут.
Высший арбитражный суд Республики Саха (Якутия) осуществляет судебную власть при разрешении возникающих в процессе предпринимательской и хозяйственной деятельности споров, вытекающих из гражданских правоотношений, либо из правонарушений в сфере управления - Саха Республикатын үрдүкү арбитражнай суута предпринимательскай уонна хаһаайыстыбаннай үлэҕэ-хамнаска үөскүүр, гражданскай сокуонунан сыһыаннаһыыларыттан эбэтэр салалта эйгэтигэр сокуонунан сыһыаннаһыылартан тахсар мөккүөрдэри быһаарыыга суут былааһын олохтуур - Саха Республикатын Үрдүкү тойоннуур суута урбаан, хаһаайыстыба үлэтигэр-хамнаһыгар үөскүүр, гражданскай сокуон быһаарар, эбэтэр салайыы эйгэ-тигэр үөскүүр, сокуон быһаарар мөккүөрүн быһаарыыга суут былааһын туттар.
Судьи всех судов несменяемы. - Бары сууттар судьуйалара солбуллубаттар. - Бары суукка судьуйа солбуллубат.
Состав - састаап - бөрүөс.
Разбирательство дел - дьыаланы көрүү - дьыала көрүүтэ.
Право на профессиональную юридическую помощь - идэтийбит юридическай көмөҕө быраап - идэтийбит юридическай көмөнү туһанар быраап.
Отнести к его компетенции - кини көрүүтүгэр сокуонунан бэриллибит - кини билиитигэр анньыллыбыт.
Самоуправляющаяся организация - бэйэтин салайынар тэрилтэ - салайынар тэрилтэ.
Частная юридическая практика - чааһынай юридическай практика - биирдиилээн юристааһын.
Осуществление частной юридической практики - чааһынай юридическай практиканан дьарыктаныы - биирдиилээн юристаан дьарыгырыы.
Осуществить надзор - надзору олохтоо - кэтэбиллэ олохтоо.
Оперативно-розыскная деятельность - суһал ирдиир үлэ -ир суоллааһын.
Розыск - ирдиир үлэ - ир суоллааһын.
Дознание - бастакы чинчийии - токкоолооһун.
Предварительное следствие - барыллааһын силиэстийэ -тоҥооһун, тоҥуур силиэстийэ.
Осуществить предварительное следствие - барыллааһын сэлиэстийэни ыыт - тоҥоо, тоҥоон силиэстийэлээ.
Органы, осуществляющие оперативно-розыскную деятельюсть - суһал ирдиир үлэни, бастакы чинчийиини уонна барыллааһын силиэстийэни ыытар органнар - ир суоллуур дьайыктаах, токкоолуур уонна тоҥуур органнар.
Органы управления - салалта органнара - салайыы органнара.
Частный - чааһынай - кэтэх.
Почетное звание - бочуоттаах аат - ытык аат.
Подлежит исполнению - толоруллара булгуччулаах - булгуччу толоруллуохтаах.
Является участником - кыттыылаахтара буолар - кыттыылааҕа буолар (тара).
Список - кэрискэ - испииһэк.
Самоуправление - бэйэни салайыныы - салайыныы.
Споры, вытекающие из гражданских правоотношений - гражданскай сокуонунан сыһыаннаһыыларыттан тахсар мөккүөрдэр - гражданскай сокуон быһаарар мөккүөрэ.
Нанимать - наймылас - күннэс.
Наемный труд - наймылаһан үлэлээһин - күннэһии.
Осуществить предпринимательскую деятельность - предпринимательскай үлэнэн-хамнаһынан дьарыктан - урбааны дьарыгыр (тэҥн.: "тугу дьарыгыраҕын?").
Организация и порядок деятельности адвокатуры - адвокаура үлэтин тэрийии уонна үлэтин бэрээдэгэ - адвокатура үлэтин тэрээһинэ, үлэтин куолута.
Прямое избирательное право - быһаччы быыбардыыр быраап - быһа быыбардыыр быраап.
Граждане, признанные судом недееспособными - сокуоннай кыахтара суоҕа суутунан быһаарыллыбыт гражданнар - быһаарсар кыаҕа суоҕун суут быһаарбыт гражданина.