Арассыыйа сокуонунан 2006 сыл кэнниттэн, ааптар имущественнай бас билэр бырааба кини өлбүтүн кэннэ 70 сыл устата хааччыллар (ааптар бэйэтэ көҥүл өттүнэн эрдэ аккаастамматах буоллаҕына). 1943 сыл тохсунньу 1 күнүгэр дылы өлбүт суруйааччылар айымньылара бар дьон бас билиитигэр өссө 1993 сыллаахха киирэн тураллар (ол саҕана болдьох 50 сыл этэ). Оттон 1943 уонна 2006 сыллар ыккардыларыгар өлбүт суруйааччылар айымньылара бар дьон бас билиитигэр киириилэрин болдьоҕо мөккүөрдээх. Сокуону икки суолунан быһаараллар (толкование). Бастакыта — сокуон 2006 сылга ылыныллыбыт онон төттөрү дьайар кыаҕа суох — болдьох суруйааччы өлбүтүн кэннэ 50 сылынан муҥурданар. Онон, 2006 сыллаахха дылы бар дьон бас билиитигэр киирбит айымньылар, ол аата 1956 сыл тохсунньу 1 күнүгэр дылы өлбүт суруйааччылар айымньылара, бар дьон бас билиитигэр киирэн тураллар, төттөрү нэстилиэнньиктэригэр бу быраап бэриллибэт. Оттон бу болдьох (1956) кэнниттэн өлбүт суруйааччыларга 70 сыл ааҕыллар. Иккис быһаарыы: бу болдьох саҥа 2006 сыллааҕы сокуонунан ааҕыллыахтаах, онон 70 сыл буолар. Ол аата 1943 сылбытыгар төннөн кэлэбит[1][2].

Өссө маннык баар: Бикитиэкэ сиэрбэрэ АХШ Флорида штатыгар турарын быһыытынан, манна угуллубут тиэкистэр ити штат сокуонун эрэ кэһиэ суохтаахтар[3].

Норуот уус-уран айымньылара туох да хааччаҕа суох угуллаллар. Билимҥэ (наукаҕа) сыһыаннаах айымньылар уус-уран айымньы буолбатахтар, онон ааптар бырааба көмүскэнэр болдьохторо атыннык ааҕыллар. Сокуоннар уонна атын суут-сокуон дөкүмүөннэрэ ааптар быраабынан көмүскэммэттэр, онон кинилэри эмиэ манна угар туох да хааччаҕа суох.

Быһаарыылар

уларыт
  1. 1941 буолуохтаах этэ да, 1993 сыллааҕы сокуон хайыы үйэ 1943 сылга дылы өлбүт дьон айымньыларын бар дьон бас билиитигэр биэрэ охсубут
  2. 1943 сыл тохсунньу 1 күнэ тоҕо киирбитин туһунан: РФ 2006 с. ахсынньы 18 к. 231-ФЗ№ сокуонунан «О введении в действие части четвертой Гражданского кодекса Российской Федерации» ыйылла сылдьар — ааптар быраабын көмүскээһин болдьоҕо РФ ГК 1281 ыстатыйатын этиилэрэ 1993 сыл тохсунньу 1 күнүгэр дылы бар дьон бас билиитигэр көспөтөх айымньыларга дылы туттуллаллар. Ол иннинэ 1993 сыллааҕы РФ 5351-1№ сокуона («Об авторском праве и смежных правах») көмүскээһин болдьоҕун 50 сылынан быһар этэ. 1993−тэн 50-ну көҕүрэттэхпитинэ 1943 сыл тохсунньу 1 күнэ тахсар.
  3. *Бу нуучча бикипиэдьийэтиттэн ылыллыбыт билии, биир эмэ бас билии салаатынан дьарыктанар сокуон үлэһитэ сыана биэрэрэ буоллар.