Көмө:Бикитиэкэ диэн тугуй?
Сахалыы Бикитиэкэ: Wikisource сахалыы салаата — уус-уран айымньылар, билимҥэ, тиэкиникэҕэ, итэҕэлгэ сыһыаннаах тиэкистэр, сокуоннар уонна атын нуормалыыр аахтар көҥүл, аһаҕастык туттуллар бибилэтиэкэлэрэ. Манна угуллубут тиэкистэр анал көҥүл сурук (лицензия) ирдэбиллэригэр сөп түбэһиэхтээхтэр, ол көҥүл сурук аата GNU Free Documentation License (ru:GNU босхо дөкүмүөннээһин көҥүл суруга). Сиһилии ол туһунан нуучча бикипиэдьийэтигэр көр.
Wikisource — Бикимиэдьийэ пуондатын бырайыактарыттан биирдэстэрэ. Бу пуонда сахалыы бастакы бырайыагынан Саха Бикипиэдьийэ буолар.
Манна киирэн, саҥа сайдан эрэр салааҕа көмөлөһүҥ. Саха суруйааччыларын бар дьон бас билиитэ буолбут айымньыларын, тылбаастарын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын, норуот айымньыларын (ырыалары, тойуктары, олоҥхолору, остуоруйалары) киллэриэххэ сөп.