Бикитиэкэ:Николай Курилов оҕо сааһыттан

Николай Курилов оҕо сааһыттан



Суруйааччы, худуоһунньук, уопсастыбаннай диэйэтэл, ини-бии Куриловтартан кыралара Николай Николаевич Куриловы кытта кэпсэтииттэн:


– Николай Николаевич, ханнык эмэ номоҕу кэпсиэҥ буолаарай?


– Киһилээх Таас диэн баар дии, ити дьиҥэр, үһүйээн быһыытынан, дьүкээгирдэр өстөөхтөн күрээн иһэн быыһанаары, ойууннара таас гынан кэбиһэр. Ону өстөөх ойууна эмиэ күүстээх буолан кинилэри төттөрү хаһан да төннүбэттии таас оҥортообут. Ити гынан баран ол ойуун абын-хомуһунун ситэ бүтэрбэккэ бэйэтэ эмиэ таас буолбут. Киһилээх Таас дьүкээгирдии «Хай дьилбэ» диэн. Дьүкээгирдэр төрүттэрэ Урал диэкиттэн. Былыргыта олус элбэх эбиттэр, тарҕанан хаалбыттар. Нууччалар кэлэллэрин саҕана 12 биис баар этэ: омоки, чуванцы эҥин диэн. Тэйдэр-тэйсэн, билигин көрүстэхпитинэ, бэйэбит тылбытынан кыайан кэпсэппэппит. Сахалыы эбэтэр нууччалыы эрэ кэпсэтэр кыахтаахпыт. Тылбыт суолтата эмиэ уларыйан хаалбыт. Холобур, Нелемнайга бастаан сылдьарым саҕана Николай Михайлович диэн оҕонньорго чэйдии тиийбитим. Оҕонньору кытта кэпсэтэн баран мин биһиги тылбытынан: «Дай, лөҥдэли (чэ, аһыахха), – диэтим. Оҕонньорум күлэн тоҕо барда. – Ону хайа, тугу күллүҥ», – диибин сахалыы. Онуоха кырдьаҕаһым: «Чэ, охтон түһүөххэ», – диэтиҥ диир. Онон бары тус-туспа тыллаахпыт. Биһиги тылларбыт сахаларга, кэрээктэргэ, эбээннэргэ, чукчаларга бааллар.


– Саамай сонньуйбут түбэлтэҥ тугуй?


– Кыра эрдэхпинэ сыарҕа үрдүгэр туран эрэн, туундара тулатын одуулуур эбиппин. Дьон, ыалдьыт кэлэрин бастакынан көрөн этээри. Ол иһин «Ребенок, который стоял на санях» диэн кэпсээн суруйа сылдьабын. Ыалдьыт биһиэхэ саамай күндү киһи буолара. Кини бастатан туран, сонуну аҕалар. Иккиһинэн, бу манна биһиги эмиэ баарбыт, соҕотох буолбатах эбиппит диэн үөрэриҥ. Аны ыалдьыт хаһан баҕарар кэһиилээх кэлээччи. Дьэ, ким да кэлбэтэҕинэ, улаханнык сонньуйарым!

– Убайыҥ Гаврил Курилов аҕабыт ойуун этэ диэбитэ дии. Ол туһунан кэпсии түһүөҥ буолаарай.


– Аҕабыт ойуннууруттан аккаастанан таҥаһын, дүҥүрүн кистээбитэ үһү. Ийэбит биһиэхэ олох бобон кэбиспитэ. Онон кэпсээбэппин. Биһиги кыайан ойуун буолбаппыт. Ол иһин суруйааччылар буолан тахсыбыппыт. Ойуун чаана ханан эрэ тахсыахтаах. Биир күн суруйбатым, уруһуйдаабатым да күнүм ыарахан баҕайытык ааһааччы. Олох кэрэтин, үчүгэйин сурукка тистэххэ, киистэҕэ түһэрэн уруһуйдаатахха сатанар...

Ангелина Кузьмина.