Билбэтим,
Ол мин оҕо сааһым түүлэ эбитэ дуу,
Эбэтэр
Тыа сирин кыараҕас кулуубугар
Кылам гынан ааспыт үөрүү буолуо дуу?
Хайдаҕын да иһин,
Билигин да
Мин харахпар субу баардыы,
Көстөн кэлэр, уонча сылы курдаттыы,
Мин үрүҥ түүллээх олоҕум
Баар-суох бастыҥ булумньута:
Хараҥа күөх халлааҥҥа харбаспыт
Хойуу лабаалаах үрдүк мас аттыгар
Үүт маҥан дьахтар нуоҕайан турара,
Хара долгун суһуоҕун намылытан,
Үп-үрүҥ илиилэрин оргууй далбаатаан,
Үтүрүйэр курдуга сиртэн хара санааны, хомолтону...
Бүтүн бэйэтэ сырдык үөрүү буолан,
Туналыйар этэ өлгөм күөх ортотугар.
Мин истэ иликпин кыталык ырыатын,
Уонна да өссө элбэх истэ, көрө илигим —
Итэҕэйэбин ол барыта миигин күүтэрин.
Билиэҕим сиргэ баар кэрэни барытын,
Ол да кэннэ умнуом суоҕа букатын
Ол үрүҥ санаа курдук ыраас дьүһүннээх
Үүт маҥан дьахтар алыптаах тойугун.
Үйэм тухары умнуом суоҕа, андаҕайабын.
Ол ырыаҕа иһиллэр курдуга
Киэҥ холку халлаан муудараһа, кистэлэҥэ,
Күөх сирэм үөдүйбүт үрдүк өрөгөйө,
Кини сирн көрбүт эрэ дьолго аналлааҕа...
Ол ырыа тылларын өйдөөбөппүн.
Арай өрүү саныыбын кини сырдык тыынын,
Ол иһин, дьулуһар баҕам чөмчүүгэ буолан,
Мин баҕарабын ол минньигэс ырыанан ыалдьыахпын.
Хомойуу, хоргутуу
Түгэҕэ биллибэт дириҥ далайын да өҥөйөн туран,
Өрүү өйдүү сатыыбын мин ол тойугу.
Оччоҕо эрэ мин, уоскулаҥы булбуттуу,
Умсан ылабын өрүкүйүү долгураҥар.
Мин сөтүөлүүр курдукпун ол кэмҥэ
Күн сырдыгын көмүс сардаҥаларын көлүччэтигэр.
Оччоҕо эрэ дууһам ыраастыйар,
Билбит уонна билбэтэх айыым-харам суураллар.
Ол дьахтар — мин умсугуйар улуу доҕорум,
Ол тойук — мин сырдыкка сирдиир сулуһум.
Мин санаам бары салаалара
Салҕанан барыахтарын баҕарабын,
Ол ырыа алыптаах дорҕоонноругар бигэнэн,
Ыйдаҥа ыраах саһыарбыт кистэлэҥнээх чуумпутун
Иһиллээн көһүйбүт мастар кэтииллэрин кэриэтэ,
Мин дууһам долгуйан тыалырдаҕына, —
Тыа суугунун, былыттар харсыһыыларын санатар тыллар
Миигиттэн төрүүллэрин туһугар,
мин иһиллиэм ол ырыаны?