Билбэппин эйигин,
Билбэппин эн ааккын,
Көрбүтүм эйигин -
Өйдүүбүн куруутун.
Хос ырыата:
Хара-хара хараххынан
Эн мин диэки көрүүй-көрүүй,
Намыын-намыын куоласкынан
Мин ааппын ыҥыр.
Эн мичээргин көрдөрбүн
Кынаттаныах курдукпун,
Эн куоласкын иһиттэрбин
Уйадыйан ылабын.
Чуумпутук долгуннуу устан
Аттыбынан аастаргын,
Турар сирбин умна-төйө,
Ырайга көтүөх курдукпун.