Кирбии таастаах биэрэк
Кэлэн аалсар быыһа.
Кэлиий манна, Биэрэ,
Кэлий, Сунтаар кыыһа.
Көрүй, сэгээр, көрүүй –
Күммүт киирэн хаалла,
Көрүүй – ыраас Бүлүүм
Үөһэр ааллар бааллар.
Мантан өрүс уҥуор
Үрдүк быраан көстөр.
Көрүүй, бэрдин доҕоор,
Күндү дойду көхсө!
Манна мүөттээх салгын
Сөрүүн тына түһэр,
Бэл бу дохсун долгун
Налыс гына түһэр.
Манна наһаа дьикти!
Ымыы дьолу туойар,
Биһи курдук икки
Тохтуур сирэ буолар.
Манна кэлэн хаста
Сытан-туран аастым,
Хаста сайба мастар
Мутуктарын аахтым.
Кэлиий манна, Биэрэ,
Кэлий, сэгээр, кэлий,
Кирбии таастаах биэрэк
Кэрэ ньуурун кэрий!