Булт (Афанасий Федоров)
Федоров Афанасий Игнатьевич (1926.07.30 – 1959.04.19) кэпсээнэ.
Сеня уол быйыл сааһа уон түөрдэ. Сэттис кылааска үөрэнэр. Күнүс үөрэҕиттэн кэллэр эрэ сарсыҥҥы уруогар бэлэмнэнэр, онтон хайыһардыыр, кинигэ ааҕар, таайын кытта саахымат оонньуур.
Сеня Мииппээн диэн сэҥийэтигэр убаҕас бытыктаах, үрдүк уҥуохтаах, хатыллаҥнаабыт киһи, таайдаах. Таайа саахымат оонньуутугар хоттороору гыннаҕына, убаҕас бытыгын туппахтанар, кыраттан кыыһыран силбиэтэнэр. Арыт, биллибэтинэн үрүҥ слонун хараҕа туруоран баран, "төрүт хара этэ" диэн уһун мөккүөрү тардар, шахтан куотаары, уоран хос хаамыыны оҥорор.
Мииппээн бэрт үгүс сэһэннээх. Сэһэнин саҕалыырыгар икки илиитин тобугуттан тардыстан, сүһүөхтээх муннунан киҥинэйэн, бэрт наҕыллык, дьоһумсуйан саҥарар. Кэпсээнэ киирдэр эрэ, уһун илиилэрин быластыы, холбуу охсунан кэбиһэр, туох эрэ итиигэ олорбут курдук эгдэҥэлиир. Кини былыр хайдах аарыма тайаҕы көлүйэн баран, Бүлүү өрүһү уһаты-туора көтүппүтүн, хайдах эһэлэри кытта тустубутун туһунан уустаан-ураннаан кэпсиир. Сеня, таайын омуннаах сэһэнин төһө да итэҕэйбэтэр, улаханнык кэрэхсээн истэр.
Мииппээн олоххо олус таптыыра, кэрэхсиирэ — саа, уончаҕа тиийэ араас саалаах. Сааларын кыһыннары сууйар-сотор. Дьиэ аҥар эркинэ үөһэттэн алларааҥҥа диэри сааларынан симэнэр. Ол сэптэр хам-түм ытыллаллар. Кини ааспыт сайын Сеняҕа биир икки уостаах сааны бэлэхтээбит. Ол саанан Сеня күһүн түөрт уонча куһу өлөрбүтэ. Сеня иннигэр-кэннигэр кустары сүгэн иһэрин көрдөр эрэ, кини дьиэттэн утары сүүрэн кэлэн, саатын айхаллыы тоһуйар. "О, саам барахсан, бүгүн аатырбыккын ээ. Айхаллыыбын!" — диэмэхтиир уонна Сеняттан саатын эһэ охсон ылан, өрүтэ быраҕа-быраҕа, хабан ылбахтыыр. Бултаабыт киһэхэ Сеняҕа төрүт даҕаны кыһаммат. Кини колхозка от оҕустарыытыгар бастыҥ массыынаһыт, кыһын фермаҕа кыайыылаах от тиэйээччи. Сеня өрөбүлүгэр от тиэйсэрин таптыыр. Үрдүк окко тахсан, хаары тэбии-тэбии тордуоҕунан оту тоҕута тардан түһэрэрэ олус бэрт.
Сеня аҕата Маппый саҥата-иҥэтэ суох бэрт бытаан сырыылаах эрээри, күҥҥэ хастыы да көстөөх тыаны эргийэ хаамар, араас түүлээҕи бултуур киһи. Кини түүлээххэ быйылгы дьыллаах былаанын икки сүүстэн тахса бырыһыан толорон, республика биир хаһыатыгар хайҕаммыта. Ол хаһыаты Мииппээн, бэйэтэ сытар сирин үрдүнэн ыйаабыта үһүс ыйыгар баран эрэр. Билэр дьоно кэллэллэр эрэ, хаһыаты ылан, Маппый туһунан суруллубут ыстатыйаны добдугураччы ааҕан биэрэр уонна: "Дьэ, биһиги итинникпит", — диир. Сорохтор ити ыстатыйаны үсүһүн, төрдүһүн истэллэр.
Кыһыҥҥы уһун өрөбүл буолла. Сеня өрөбүлү чахчы үчүгэйдик атаарарга сананна. Биир киэһэ Маппый элбэх ботуруону сүнньүөҕүнэн ииттэ, улахан булка барарга оҥоһунна.
— Доҕоор, тугу бултуйаары гынныбыт? — диэтэ Мииппээн.
— Ээ, кырдьаҕас арҕаҕын таба үктээбитим, ону көрө барыам этэ — диэтэ Маппый, соччо ахсарбатах быһыынан.
— Тыый, доҕор, оччоҕо бардахпыт дии! — Мииппээн өрө көтө түстэ. Улахан саа кини илиитигэр баар буолла, — эһэни баҕас бултаамына.
— Аҕаа, мин эмиэ барсыым эрэ, — диэтэ Сеня аҕатыгар сүүрэн кэлэн.
Маппый, өр саҥата суох олорон, саатын ииттэ.
— Таһараа оҕонньору илдьэ барыам дии санаабытым. Дьэ туох буолуой, эһиги да эр дьон буоллаххыт дии, — диэтэ кини.
Ити киэһэ элбэх саа сыымайданна, үгүс ботуруон иитилиннэ. Нөҥүө күнүгэр, бэрт эрдэ, үс хайыһардаах дьон, уҥуор көстөр харыйа ойуур иһигэр субуруһа хаамсан киирдилэр. Саамай кэлин, бэлэм суолунан, Сеня сыыдамнык халыһыта тэбэр. Кини субу-субу икки уостаах саатын тутан көрөр. Харыйалар халыҥ хаары бүрүнэн логлоруһан тураллар. Ый сардаҥата үрдүк чыпчаалларга мөһүүрэ симэҕи килбэчитэ анньар. Ыраах үөһэ, туманы быыһынан, сулустар көстөллөр. Дьон тыына, оту сахсыйар курдук, сырдьыгыныыр. Ким да тугу да саҥарбат. Бэл Мииппээн дэлэй сэһэннээх, үгүс саҥалаах бэйэтэ, ах баран дөйүөрбүт курдук буолла.
Сеня урут хаһан да эһэни бултаһа илик, онон санаата ордук күүрэн, сүрэҕэ быллыгыраан ылар. Кини эһэни хайдах өлөрүөхтэрин, онтон оскуолаҕа хайдах кэпсиэн саныыр. Бука, киги бэйэтиттэн улахан айымньы суруйуо, оччоҕо, хайаан да "биэс" сыананы ылыа. Саха тылын учуутала Константин Леонидович Сеня айымньытын кылаас иһигэр ааҕан иһитиннэриэ уонна: "Эһиги бары маннык суруйуохтааххыт", — диэҕэ. Оҕолор бары Сеня диэки хайыһан көрүөхтэрэ...
Халлаан сырдаан, мастар арыттара кэҥээн, ырааһыран көстүүтэ үрдүк томтор чабырҕайыгар чугаһаатылар. Маппый куруттан чохороон сүгэтин ылла, бүө мас быста. Сеня көрдөҕүнэ, таайа ыгдаччы туттан титириир курдук.
— Хайа, Мииппээн, тоҥмуккун дуу? Оттон мин өссө тириттим ээ, — диэтэ Сеня уонна таарбаҕан бэргэһэтин өрө анньынна. Мииппээн туох эрэ диэн хоҥсуотук муннун иһигэр киҥинэйбитин, Сеня дьүүлүн-дьаабытын булан истибэтэ.
— Сааҕытын бэлэмнээҥ, — диэтэ Маппый.
— Хайдах ытабыт, аҕаа? — Сеня саатын булгу тутан, ботуруоннарын көрдө.
— Мин арҕах аанын былдьаһа сатыам, эһиги мин икки өттүбүнэн тэйиччи соҕус, кэннибиттэн киирээриҥ. Өскө, кырдьаҕас уруттаатаҕына, тыын сирин туһаайан туттан көрөөрүҥ. Нохоо, бу эн куттанаайаҕын, — диэтэ Маппый Сеня диэки хайыһан.
Сенялаах Мииппээн сааларын иннилэрин диэки туһаайа тутан, хайыһардарын сыыйа тэбэн истилэр. Үрдүк томтору алын өттүнэн барбахтыылларын кытта, ортотугар диэри кырыа кыаһааннаммыт өҥкөҕөр мас көһүнннэ. Маппый чугурус гынаат, кэннин хайыспакка эрэ илиитинэн сапсыйда.
— Бэлэмнэниҥ. Ити мас анныгар, — диэтэ кини бүтэҥи саҥата.
Мииппээн саатын өрө көтөҕөн, арҕах диэки туһаайбахтаата, иккитэ-хаста өрө тыынара иһилиннэ. Сеня саатын инники сыалын таба көрбөтө, эт-этэ дьигис гынан, көлөһүнэ саба түстэ. Маппый холкутук, үөрүйэхтээхтик туттан, тула өттө үмүрүйэ кырыарбыт төгүрүк кыараҕас аҥхалаакка, бүө маһы чугаһатта. Сеня хайдах эрэ тыына кылгыырга,сүрэҕэ тохтуурга дылы буолла.
Эмискэ арҕах аанын таҥнары сабырыйбыт хаас хаара үрэл гынарын кытта, соҕотохто хара баҕайы бэрикис гынна. Ким эрэ хаһыыта часкыйда. Сеня кулгааҕа чуҥкунуу түстэ... Биирдэ өйдөөбүтэ, хоп-хойуу, уһун түүлээх аарыма кыыл аҕатын умсары баттаан, үрдүк арҕаһа өрө сүгүллэҥнээбит. Эһэ бүө маһы туора хадьырыйан кэбистэ, онтон айаҕын ыллаччы аппытынан сирэйигэр түһэн эрдэҕиинэ, Маппый үтүлүктээх илиитин эһэ айаҕар батары биэрдэ. Эһэ туора илгиһиннэ. Сеня хараҕын кырыытынан көрбүтэ, Мииппээн үрдүк сыҥынах кэннигэр эриллэ түстэ.
— Нохоо, тугу гына тураҕыный? Сиэтэ дии, — диэтэ Маппый ыксаабыт саҥата. Кини аҥар илиитинэн куругар аспыт чохороонун көрдөөн, хаары харбыалаата. Онуоха Сеня дьэ саалааҕын өйдөөтө. Хаарга ыһыктан кэбиспит саатын харбаан ылаат, икки сомуогун туруора оҕуста, уонна эһэ кэтит түөһүн туһулаан баран, чыыбыстарын биирдэ баттаан кэбистэ. Саата охсубутуттан тэмтэрийэн тиэрэ баран түһэ сыста. Эһэ орулаабытынан төбөтүн хаарга анньыммахтаата. Ону кытта чохороон сүгэ иккитэ-үстэ күлүмүрдээбитинэн эһэ суон моонньугар батарыта түстэ. Сеня буруолуу сылдьар саатын туппутунан аҕатыгар ойон кэллэ. Маппый бэйэтэ туран хаарын тэбэннэ. Хаҥас илиититтэн хаан саккыраата. Эһэ баҕыырдаах тииһэ илиитин иҥиирин сыыйталыы тардыбыт.
— Хайа, били таайыҥ киһи? — диэтэ Маппый
Онуоха Сеня таайын дьэ сүтүктээн, тула эргичиҥнии түстэ. Мииппээн, сыҥынаҕын кэнниттэн оронон тахсан, өлөн адаарыйа сытар эһэттэн хараҕын араарбакка, кубу-дьиби туттан, дьонугар кэллэ.
— Оксиэ, ол иһин да, сүүһүн тобулу ыппыт эбиппин дии, — Мииппээн үөрэ түстэ.
— Ээс, доҕор, — диэтэ Маппый, — Сеня ыппыта сүүһүгэр таппыт дии. Хата, кэл, илиибин баай...
— Тыый, оттон мин ытарга дылы гыммытым ээ, — Мииппээн чахчы соһуйда, саатын аһан көрбүтэ, биир да ботуруон ытыллыбатах.
— Сааһыт буолаахтааҥҥын, киһини сиэтэ сыстыҥ. Хата оҕом баар буолан, — диэтэ Маппый.
1953 с.