Буурҕа-буулдьа дьылыгар (Эллэй)

Буурҕа-буулдьа дьылыгар


Үүнэр үйэ баалларын
Күлүмнэрдээх анньыыта,
Эдэр чэгиэн саастарым
Чаҕыллардаах сааскыта!

Эн ньиргиэрдээх долгунуҥ
Санааларбын туруоран,
Уо! Комсомол, эн буоллуҥ
Миэхэ туойар муоранан!

Хаһан, ханна ол этэй,
Ыстаал тимир сирдьитим,
Хаһан, хайа күн этзй
Мин эйиэхэ кэлбитим?!

Үлэ, ырыа күнүгэр,
Бурдук, ынах төрүүтэ,
Дьикти тимир кэккэҕэр
Эллэй диэн уол киирбитэ.

Эдэр ыччат түөстэрин
Дохсун долгун ырыанан
Түллэҥнэтэр гимнэри
Төрүттээхтиир саҕана —

Ол күннэргэ эн күүстээх,
Эрчим тылы биэрбитиҥ;
«Сааскы күлэр этиҥнээх
Күнү ыллаа!» — диэбитиҥ.

Онтон ыла «хаарыаны —
Оонньоомохтоон хаалыах»
Улдьаа мэник ырыаны
Охсор тылым ньирилиир.

Уо! Комсомол, эн миигин
Поэт гынныҥ! Дьэ, кэрэ!
Махтал уоттаах мичигин
Поэткыттан тут эрэ!
 
Ол да буоллар, хайдаҕый,
Харса суоҕум киирэр дуу,
Ыстаал буулдьа ардаҕар
Түөспүн биэртим ордук дуу?!

Татым санаа! Сыыһа суол!
Бэҕэһээҥи — ааспыт түүн,
Тимир сирдьит Комсомол,
Эн бу күнүҥ — улуу күн!!!

Ол да буоллар ааспыт күн —
Остуоруйа кэрдииһэ,
Умуллубат уот дьүһүн,
Бастыҥ хардыы кэриэһэ!




Туман буолбут хокуктар
Тумулларын кэтэҕэр
Кыһыл буурҕа аттаахтар
Ньиргиэрдэрэ иһиллэр.

Ленйн сирдиир илиитэ...
Саҥатыгын дуораана...
Кылаас, кылаас сэриитэ...
Ыччат күүстээх долгуна...

«Бары эдэр уохтары —
Батталлааҕы эһиигэ!
Туруҥ, баайы самнарыҥ,
Киириҥ тиһэх сэриигэ!»

Ленин ити саҥата
Мэлүйүөннэри туруорда,
Буулдьа уоттаах буурҕата
Буржуй тыынын булкуйда.


Буурҕа, буулдьа дьылыгар
Каландарашвили командир
Ыстыыктарын уһуга
Хоту диэки кылбардыыр.
 
«Тойот үөрэ — торҕоттор
Баандаларын бараары
Туруннубут, доҕоттоор!
Баттаммыты быыһаары —

Ыстыыктары ыллыбыт,
Кыра саха омугу
Өрүһүйэ бардыбыт,
Тардыҥ сааҕыт сомуогун!»

Каландарашвили командир
Ыйаах тылын иһиллээт —
Халҕаһалыы айанныыр
Ыстыыктардаах этэрээт...

Буурҕа, буулдьа сырыытын
Ким, хайаан да тохтотуой?
Булгу барбыт кынаты
Ким, хайаан да көтүтүөй?!

Хайа тааһын быыһыттан
Хара хааннаах бандьыыттар
Каландарашвили партизан
Хаарыан тыынын быспыттар...

Онно эдэр буойуттар
Эһэлэрин кэннигэр,
КыҺыл былаах анныгар,
Харахтарын симпиттэр...



Буурҕа, буулдьа дьылыгар
Муустаах поход дьонноро
«Саһыл сыһыы» буолагар
Баррикада буолтара.

Онно Строд дьонугар
Уонтан тахса сууккаҕа
Утуйбакка охсуһар
Оҕо дьоннор бааллара...

 
Эдэр левтэр уохтара
Эстибэккэ кыайбыта,
Офицердар сыаптарын
Буомбатынан ыспыта.

Созет сирин былааһа
Охсор күүһэ чиҥээхтээн,
Сиидэ буолбут былааҕа
Дьокуускайга киирбитэ.

Онтон бэттэх... Ким умнуой
Кыһыл хаалтыс эрчимин,
Тимир чэгиэн, бойобуой
Тэйитиини биэрбитин?

Артыамыйап далаҕа
Атааканан түспүтүн —
Ыстаал буулдьа ардаҕа
Абаҕаттан үүрбүтүн!

Буурҕа, буулдьа дьылыттан
Муҥҥа буһан өлбүттэр
Хайа сүрэх хааныттан
Сүппүт-өспүт үһүлэр?!

Тоҕус герой хоруобун,
Уо, мин тоҕо умнуомуй!..
Ахтан, санаан көрөбүн —
Сүрэх түөспэр содуомнуур!..

Тоҕус өлбүт буойуну...
Баттыы түһэр тоҥ буору...
Көмөр санньыар ырыаны...
Саанар сата тыллары...

Тимир түөһү тыырбыттар...
Илиилэрин бысталаан,
Кыылга, суорга сиэппиттэр...
Өлбүт өрүөл — партизан...




Буурҕа, буулдьа ардаҕын
Көрсөн өлбүт буойуттар —
Кимэ, хайа ааттааҕын
Сыллар, күннэр соппуттар...

Уҥуохтарын күллэрин
Улуу халлаан ытыга —
Күүстээх силлиэ силлиэрэн,
Күдэн-туман ыспыта.

Арай норуот өйүгэр —
Сирдьит сулус буоланнар,
Баайы кытта биилэһэр
Сүрэхтэргэ тыыннаахтар.




Үөскүүр үйэ уот күнүн
Хаанын биэрэн көрсүбүт,
Мин биир сырдык мөссүөнү
Умнубаттык өйдүүбүн.

Кыһыл кыайыы туһугар
Бастыҥ кэккэ ыччаттан
Бардам кимсии уотугар
Кини баһын уурбута.

Охто, өлө охсуһар
Сырдык чааһын иннигэр,
Таптыыр, ахтар атаһар
Суругунан тыл этэр:

«Дьоллоох кыһыл кыргыһыы
Толоонугар мин бардым!
Баҕар, өлүөм... Бии кыыһы
Иитээр диэммин хааллардым.

Өйдөөр, өйдөөр, доҕоруом!
Кэриэс тылбын умнумаар:
Кыыстан кыһыл таас боруон
Чаҕылҕанын таһаараар!»

Кини кэлэр үйэҕэ
Кыыһын бэлэх ууммута,
Өстөөх кыыллыын кимсиигэ
Эдэр баһын уурбута.

Манна... бүгүн ол кыыһа —
Комсомолка, уот силлиэ,
Хараҥалыын кыргыһан,
Аҕа суолун ситэриэ!




Ленин сырдык кэриэһин,
Өрө туппут саллааттар!
Буржуй кылаас кэрчиэһин
Көрсөн өлбүт геройдар!

Кыламаҥҥыт түүтүнэн
Хаппахтаммыт хараххыт,
Кэрэ, дьоллоох өлүүнэн
Өлбүт төлөн сүрэххит —

Өлбөт-сүппэт, мэлдьитин,
Умуллубат сулустуу,
Үүнэр үйэ имнэрин
Эҕэрдэлии туруохтун!

Оробуочай өстөөҕө
Тыҥыраҕа куттуурун
Ыйан турар тоһоҕо —
Ааспыт буурҕа буолуохтун!




Халлаан диэки хайыһыҥ —
Хара суордар көтөллөр,
Эмиэ хааннаах ыһыаҕы
Тэрийээри көбөллөр.

Үүнэр үйэ илиитэ —
Эдэр хотой комсомол!
Уоттаах уһук сэриигэ
Мэлдьи, куруук бэлэм буол!

 
Эмиэ буурҕа тыаһыаҕа,
Онно өстөөх ытыллыа!
Саҥа күүстээх ырыаҕа
Кыһыл кыайыы туойуллуо.


1930