Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Саһыл уо.д.а. Эһэ. Бөрө. Таба уо.д.а.
Саһыл уо. д. а. Кыырыктыйбыт баттаҕы кырымахтаах хара саһылга холуйуу урут фольклорга баара биллибэт. Оттон поэттар этэллэр: «кырымахтаах саһылга маарынныы кырыарбыт ыас хара баттахпыт» (92— 263).
Күн хайа төбөтүн, тииттэри кытардара кыһыл саһыл кутуругар холуллар: «будьуруспут тииттэр уорҕаларын саһыл кутуругунуу уматар»» (89—79); «күн хайа төбө-түгэр саһыл кутуругунуу оонньуур» (77—36).
Буспут сиэмэ саһыл өҥнөөх: «аһын кутан, буһуо, арыы саһыл буолуо» (32—34); «саһыл өҥҥеөх бурдугу кыһыл обуос тиэйиэ» (89—159).
Кырыарбыт хатыҥнар — «кырынаас сонноохтор» (17—135). Таптыыр кыыһы тииҥҥэ холооһун — сонун образ. Кыыс тапталлааҕын көрсө кэлэрэ бу курдук хоһуйуллар:
Тииккэ тахсар
Тииҥим курдук,
Тиэтэй-саарай,
Тиийэн калиий!
(89 — 52)
Эһэ. Бөрө. Саха баайдара, империалистар, кылаас өстөөхтөрө — «соллоҥноох сур бөрөлөр» (92—206).
Аҕа дойду сэриитигэр гитлеровскай фашистары утары кыргыһыы саҕанааҕы андаҕарга этиллэр: «торҕон бөрөттөн толлон турдахпытына, тутах туттан чугус гыннахпытына, үүнэр ыччаттарбыт үөҕүү гынныннар!» (8—154).
Снаряд, мина «торҕоннообут бөрөлүү улуйбут» (72 -10).
Эһэнэн айылҕа көстүүлэрин дьүһүннээһиннэр бааллар. Холобур, этиҥ, чаҕылҕан — эһэ кыыһыран маһы хайыта тыытара:
Хардаҥ эһэ хатырыктаах маһы
Хайыта-тырыта сынньарын курдук,
Хара былыттар хаба ортолоругар
Хабараан сүллэр "этиҥ дарбыйда. (89—54)
Сэриилэһэр сиргэ түүн буолуута сиэмэх кыыл сыыллан иһэригэр холуллар: «тыҥыраҕын кистэнэн, үөмэн, тыа кыыла иһэринии... хайаларга, кытылларга хаппахтана хараҥарда» (97—57).
Таба уо. д. а. Суругунан поэзияҕа таба, чубуку, бүүчээн образка үгүстүк киирэллэр. Уу дохсун_ сүүрүгэ «үөр кыыл табаҕа маарынныыр» (94—166).
Былыттар «үргүбүт бүүчээннии үөрдүһэллэр» (11 -6). Туундараҕа күн-дьыл «үөр таба курдук сырсан ааһар» (79—351). Ыраахтааҕы былааһын саҕана хотугу омуктар «ырыган табалыы сиэлэллэрэ» (92—206). Кэнэн, килбик киһи «туундара үргүүк чубукутун курдук» (23—207).
Поэт ырыалара — тугуттар: «мин тугут ырыаларбын тоҥустардыы маанылааҥ!»
Дьол—тэһии таба: «дьол тэһии табаларын дьон маамыктаан туталлар» (19—83, 143).