Былыргы үҥкүү ырыата (Ястремскай суруйуута)

БЫЛЫРГЫ ҮҤКҮҮ ЫРЫАТА

Дьэ-э дуо-о!
Эбэн-сабан
Этэн иһиэҕиҥ, оҕоло-ор!
Кэккэлэһэн туран
Кэскиллээх тылла
Кэпсэтиэҕиҥ, оволо-ор!
Уруй диэн
Олохтоон иһиэҕиҥ, оҕоло-ор!
Э-э-э! дуо-о!
Айхал диэн
Алҕаан иһиэҕиҥ, оҕоло-ор!
Э-э-э!
Эгэй диэн
Этэн иһиэҕйш, дэ-э-э!
Биһиги дьои
Кэскил буоллун, оҕоло-о-ор!
Кэккэлэһэн турарбыт
Э-э-э! дуо-о!
Биһиги үктэммит сирбититтэн
Үкэр күөх от
Үүннүн, оҕоло-о-ор!
Биһиги дьон
Алтахтаабыт сирбититтэн
Ача күөх от,
Аҥаатыннын[1] оҕоло-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Иитэр нэйэхсиппит
Истэн иэнигий[2] оҕоло-о-ор!
Айбыт айыыһыт хатын
Араҥаччылыы[3] тур, оҕоло-ор!
Тиэргэн иччитэ,
Тэрийэ тур, оҕоло-ор!
Айыыһыт хатын
Биһиги алтахтаабыт сирбитигэр
Арылыас кус сымыытын курдук
Араҕас илгэни

Биллиргэччи таммалата тур!
Оҕоло-о-ор!
Биһиги дьон

Тиэрэҥнээбит сирбитигэр
Чөркөй сымыытын курдук
Үрдүк сөлөгөйү[4]
Чөллүргэччи түһэрэ тур!
Оҕоло-о-ор!
Кэнчээри киһитин
Кэскиллиэҕин иһин
Кэрэ биэни кэһинлээбит, оҕоло-о-ор!
Тулаайаҕын торолутуоҕун туһугар
Туҥуйун[5] тупсарбыт, оҕоло-о-ор!

Дьэ-э, дуо-о!

Ыччатын аһатыаҕын нһин
Аҕыс айыыбыт тиэргэни
Атыырдаах гына
Анаабыта үһү, оҕолр-о-ор!
Соноҕос атыыр сылгым
Түмүктээх буолбут үһү, доҕоттоор!

  1. Аҥаатыннын — үүннүн, бүрүүкээтин.
  2. Иэнигий — аһын, сүрэххинэн манньый.
  3. Араҥаччылыы — көмүскүү, куһаҕантан күрүөтүү.
  4. Сөлөгөй — үүт ас, үрүҥ ас.
  5. Туҥуй — төрүү илик эдэр сүөһү.

Тиэргэним иччитэ
Хотой-Айыыла-рбыат
Холбооттуу туруҥ, оҕоло-ор!
Дьэһэгэй иэйэхситтэр,
Тиэргэн туругурдуҥ!
Оҕоло-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Тоҕус хараҕалаах
Тойон сэлэни[1]
Тупсарда диэммит,
Туойаахтыаҕыҥ, доҕотто-о-ор!
Сыспай сиэллээхпин[2]
Салайа турдун диэммит,
Саҥарсыаҕыҥ, доҕотто-о-ор!
Үрүҥ түүлээҕи[3]
Үөрдүү турдун диэммит,
Үөгүлүөҕүҥ, оҕоло-о-ор!
Маҕан түүлээҕи
Бааралаатын диэммит,
Маргыһыаҕыҥ эрэ, доҕотто-о-ор!
Тус илин диэкиттэн
Кини аартыга
Көстө турар көҥкүйэ үрэх курдүк
Көһүннэ эбээт, доҕотто-о-ор!
Икки хаардаах бугул саҕа
Үрүҥ күүгэнинэн

Үллэ турар үһү эбээт, доҕотто-о-ор!
Ааспытын[4] аһатыаҕын иһин
Аартыгын аһан эрэр эбээт, доҕотто-о-ор!
Туоххаһыйбытын
Тоторуоҕун иһин
Үрүҥ күүгэнинэн үлүннэрдэ, доҕотто-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Иэйэхсит хатын иһэрэ
Илэ-бааччы иһилиннэ эбээт! Оҕоло-о-ор!
Э-э-э, дуо-о!
Толон самыыр
Норооһунайдаах[5] эбээт! Оҕоло-о-ор!
Э-э-э, дуо-о!
Дорҕоон этиҥ
Суорумньулаах үһү!
Доҕотто-о-ор!
Уот чаҕылҕан
Кымньыылаах эбээт! Оҕоло-о-ор!
Ыадаҥ ыаҕас
Ыидыылаах эбит эбээт! Доҕотто-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Тэйгэн[6] симиир кэһиилээх, оҕоло-о-ор!
Э-э-э, дуо!
Чохчой көҕөн[7]
Бөктүргэлээх[8] үһү! Доҕотто-о-ор!

Дьэ-э, дуо-о!
Oй томторук
Тоҥонохтоох эбит эбээт! Доҕотто-о-ор!
Дьэ-э, дуо-о!
Эриэн сэтии
Энньиргэлээх[9] ини, дэ-э! Доҕотто-о-оp!
Чэйиҥ, доҕоттоор, уурайарбыт буолла!
Удьуор тохору
Оҥоруу буоллун, оҕоло-o-op!
Э-э-э, дуо-о!
Кэнэҕэһин[10] үйэ тухары
Кэскил буоллун диэн,
Этиэҕиҥ, доҕотто-о-ор!

Э-э-э, дуо!
Удьуор тохору
Уурайбакка оҥоһулла турдун! Доҕотто-о-ор!

Э-э-э дуо!
Тохтообокко
Тулхатыйбат туураны
Туураланнын диэн,
Туомнаатахпыт буоллун! Доҕотто-о-ор!
Дьэ-э-э, дэ-э-э!
Ыраас буорум үрдүгэр
Силлибэт сэтэлгэ[11]
Тэрилиннин диэтэхпит буоллун! Оҕоло-о-ор!

Дьэ-э-э, дуо-о!
Орто буорум үрдүгэр
Уурайбакка уһун уйгу
Олоҕурдун! Оҕоло-о-ор!

Дьэ-э-э дуо-о!
Кэтит дайдым үрдүнэн
Кэтит кэһин тэлгэннин дэ-э-э!
Э-э-э, дуо!
Сааларым тиийбэт

Чалбаҕа тардылыннын! Доҕотто-о-ор!
Дьэ-э-э, дуо-о!
Улуу дайдым үрдүнэн
Ураҕас тиийбэт
Уһун уйгута олохтоннун! Оҕоло-о-ор!

Дьэ-э-э, дуо-о!
Кэтит дайдым үрдүнэн
Тэҥкэ[12] тиийбэт дириҥ түһүлгэтэ
Тэрилиннин дэ-э-э!
Дьэ-э-э, дэ-э-э!
Кэнэҕэһин тохору
Кэскил буоллун! Доҕотто-о-ор!

С. В. Ястремскай. Образцы народной литературы якутов. Л., 1929 стр. 206.

Бу ырыаны С. В. Ястремскай көннөрү «Песня» диэн ааттаабыт. Ону манна ис хоһоонуттан көрөн «Былыргы үҥкүү ырыата» дэннэ уонна кини кэлимсэ текст курдук бэчээттэппитин кэрчик строкаларга бысталанна[13].

  1. Сэлэ - ыам кулуннарын кэккэлэһиннэри хараҕалаан баайар аналлпах быа.
  2. Сыспай сиэл - сыыйыллаҕас уһун сиэл.
  3. Үрүҥ түүлээх - сылгы сүөһү.
  4. Ааспытын — аччыктаабытын.
  5. Норооһунайдаах - нуучча тыла - нарочный.
  6. Тэйгэн - улахан, кэтит
  7. Көҕөн - кулун баһын быата.
  8. Бөктүргэ - ыҥыыр төргүүтэ.
  9. Энньиргэлээх — соһуулаах, сиэтиилээх.
  10. Кэнэҕэһин, кэнэҕэс — кэлэр, инники кэм.
  11. Сэтэлгэ — чурумчу.
  12. Tэҥкэ тиит, тэҥкэ мас — улахан тиит, улахан мас.
  13. "Саха фольклора" кинигэҕэ суруллубут быһаарыы