Быраабыла (Слепцов Анатолий Игнатьевич)
Биирдэ Былаадьык, нэһилиэк субуотунньугар үлэлээн баран, тыраахтарынан сапыраапкаҕа тиийбит. Онно көрбүтэ биир билэр сулумах дьахтара джибинэн кэлэн сапыраапкаланаары турар эбит. Дьахтар массыынатын бааҕын халпаҕын аспыт уонна каассаҕа харчытын төлүү турар эбит. Былаадьык, идэтинэн дьээбэлэнээри, тыраахтарын кэннигэр саспыт уонна джип хаһаайката массыынатыгар кэлбитигэр үөмэн тиийэн:
— Өлөөнө! Быраабыла быһыытынан, каассаҕа харчыгын төлүөх иннинэ бэстилиэти бааҕыҥ иһигэр угуохтааххын ээ, — диэн бааҕынаабьҥ. Өлөөнө, хайыһан да көрбөккө, хардарааччы буолбут:
— Бу быраабыланан-тойдонон хантан тиийэн кэллиҥ мин үрдүбүнэн?
— Э-һэ, үрдүгүнэн буолан... Аттыгар турабын дии! Нэһилиэк субуотунньуга буоларын истибэтэххин дуу? Тоҕо кыттыбатыҥ, бөһүөлэккин өрө тардыбатыҥ? - сүөргүлүүр былаастаах тыл ыһыктан баран Былаадьык харданы күүппэккэ каасса диэки хаампыт.
— Субуотунньукка эр дьону эрэ ынырбыттара дии! - диэн баран Өлөөнө бааҕын хаппаҕын саппыт.
— Но! Джиптээх дьахталлар эр киһиэхэ тэҥнэһэллэрин аныаха диэри билэ иликкин дуо? - диэн соһуйбута буолан, Былаадьык Өлөөнө диэки хайыспыт. Дьахтар тылыттан матан, өһүргэнэн, массыынатыгар олорон баран, мотуорун собуоттаабыт. Хоҥнон эрдэҕинэ Былаадьык массыына түннүгүн тоҥсуйан, арыйтаран баран чиҥэтэн биэрээччи буолбут:
— Иккис быраабыла: Сапыраапкаланан бүппүт киһи, кэнниттэн кэлбит массыына аһаҕас бааҕыгар бэстилиэти уган биэриэхтээх. Өлөөнө «Пошел!» диэн баран гааһын үктээн кэбиспит. Эмискэ суол төрдүгэр джип тохтуу биэрбит уонна Өлөөнө аанынан быган баран хаһыытаабыт:
— Былаадьык! Эр киһиэхэ укпаттар! Джип көтөхпүт быыла симэлийиэр диэри Былаадьык тииһин килэтэн, ырдьайан, сапыраапка ортотугар туран хаалбыт...