Бырастыы


Харака муорака дьалкыыра,
Харылыы баргыйар балкыыра,
Ытыллар долгунум, бырастыы!
Ыһыллар чөмчүүгүм, бырастыы!

Мин тылым — мин тохтор тойугум,
Мин тылым — мин туойар хомуһум
Сандаҥа көмүһэ саккырыыр,
Салгыҥҥа умайан тырымныыр.

Харака муорака саалыгар,
Харылыы балкыйар баалыгар
Уһуллан-уоҕуран үүммүтэ,
Умайар урсуҥҥа күлбүтэ...

Уорсуйар байҕалым долгуура,
Умайар көмүһүм оргуура,
Күлүмүр тырымым, бырастыы!
Күлэр күөх муоракам, бырастыы!

Мин ыллыыр ырыакам ырата,
Мин тыыннаах тылыкам сатата
Хотугу дойдукам ньууругар
Коммуна олоҕун тутарга,
Хотуулаах охсуһуу уотугар
Коммунист хорсуна буоларга
Уруйдаах тускулу туппута,
Умайар буурҕанан туойбута.

Күөх урсун күлүмэ дьиримниир,
Күрүлүүр күлүмүр мичиҥниир,
Баараҕай байҕалым, бырастыы!
Барылыыр балкыырым, бырастыы!

Хомойо-куруйа саныахпын,
Хонуктан хонукка ытыахпын —
Бу күнү ким төрүөн көрбөтөй?!!
Бу сиргэ ким төрүөн өлбөтөй?!!
Мин өлүөм — дьүһүнүм сүтүөҕэ,
Мин буорум отунан үүнүөҕэ...
Кэриэһим — кэннибэр хааларым:
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым...

Харака муорака дьалкыыра,
Харылыы баргыйар балкыыра,
Ытыллар долгунум, бырастыы!
Ыһыллар чөмчүүгүм, бырастыы!

Күн сирин күлүмнүүр түөһүгэр,
Күөх сирэм күөгэйэр күөнүгэр
Коммуна олоҕун тутарга,
Коммунист хорсуна буоларга,
Имэҥнээх сатанан дьиэһийэр,
Илбистээх тылынан ньиргийэр,
Мин тохтор тойугум чугдаарыа,
Мин тылым, дьэ, ордук сатарыа!


1.IV.1932, Ялта