Бүгүн миэнэ бастыҥ баҕам:
Кэрэ кэми туһанарга,
Тугу барытын быраҕан
Бу түүн ырыа суруйарга.
Сааскы түргэн сүүрүк курдук
Долгуннардаах ырыалары
Хантан булбут ордук уустук,
Ордук үчүгэй буоларый?
Ордук эбээт субу маннык,
Ону-маны саныы-саныы,
Чэпчэкитик, ыараханнык
Ырыа тылларын сааһылыыр.
Ордук эбээт, кэлин кэлэн
Күлүктэнэр, төлөннөнөр,
Кэмчиэрбит бытаан кэпсэли
Итииҕинэн тилиннэрэр.