Гитара тыаhа(Алексей Суола)

Кырдал сирим ха5дан отугар
Тиэрэ түһэн сытабын,
Гитара намыын дор5оонорун
Дуоһуйа истэбин.

Үѳһэнэн былыттар усталлар,
Сиккиэр тыал дьаарбайар.
Онтон гитара тыаһыыр, тыаһыыр…
Дууһабын уйадытар.

Хайдах эрэ дьикти кэрэ
Намыын дор5оон – гитара
Лың-лың тыаһаан оргууй
Бу айыл5алыын ыллаһара.