Данилов Никита Павлович автобиографията

Мин 1918 сыллаахха Сунтаар улууһун Мачча5а (билиңңитэ Бүлүүчээн) нэһилиэгэр Хапсыңа түбэтин Тыкаарытыгар төрөөбүтүм. Мин төрөөбүт ийэм 1926 сыллаахха саас спанка ыарыыга сыыстаран өлбүтэ. Биһиги, үс о5о, а5абытын кытта хаалбыппыт. Ийэм өлөрүгэр 7-8 саастаа5ым буолуо. оччолорго «Ньукуола» таңара күнэ диир этилэр. Саас ыам ыйын үтүөкэннээх күннэрэ күөгэйэ тыкпыта. Үс ынах төрөөн, үүт үгэннээбитэ, туос чабычахтар туолан бы5аспыттара. Өтөхпүт хаара ууллан, үрдэл сирэ күөх от кырыстанан кө5өрүмтүйэн, дыргыл сытынан аңылыйан, томтордоргэ ньургуһун чөмөхтөһөн солко күө5үнүү суугунуу хамсыыра. Сылгы чыычаа5а ойуулаах туора5ы ыспыт курдук ыһыллыбыта. Дьиэбит таһыгар хаппыт төбөлөөх баара5ай тииккэ а5ам, Микитииңкэ саанан, киһи ытыһын са5а гына суоран, сыал ытар оңорбута. Ол тииккэ кэ5э барахсан чуор куолаһа чоргуйбута, эриэн кутуругун кэдэччи туттан, киэмсийбиттии кэриччи көрө-көрө, куолаһынан куоталаһардыы кукууктаан тахсара.

Мин эдьиийим Балаагый миигиттэн 5 сыл, оттон улахан эдьиийим Настя 10 сылынан а5а этилэр. Кинилэр дьиэ араас үлэтин толороллоро. Ийэм оннугар хаалбыт дьон быһыытынан миигин кинилэр көрөллөрө - харайаллара, ардыгар тала5ы да ыалдьыттатар этилэр. Ынах этэрбэспин чалбах уутугар ньа5аччы сытытарбын куурдаллара, сотору-сотору абырахтаан биэрэллэрин, өр-өтөр гыммакка, ата5ым тарба5а кэчигирээн, оонньуускам быгыалаан, инчэ5эй күтэр уйатын хаспыт ыт тылын курдук быгыалыыра. Дьиэбит анныгар Тыкаары күөлэ баара. Онно күнү быһа чөкчөңөлөрү сойуолаһан, үлэ-иис оңосторум. Үрүмэччи үксүүрүн са5ана билиис ыстааммын, бээс ырбаахыбын илдьи тыытан, ахсаана суох абырахтанара, ардыгар, сыгынньах да кэриэтэ сайыны туоруурум. Сайын этэрбэс кэтиллибэт буолан, ата5ым тураах ата5ын курдук хараара сатаан баран хайыта барарын харыйа, бэс сымалатынан ботуччу сыбаан биэрэрим. Оччолорго кумаартан көмүскэнэр тэрил кэлиэ дуо? Ынах, сылгы киитинэн буруо оңостон уонна талах төбөлөрүн тоһуталаан сапсынан үүрэ сатыырбыт.

Бэс ыйыгар бэс сулбут кэмигэр а5ам чагда5а тахсан бэс сүлэр буолара. Ньалаката диэн чараас кумаа5ы курдук сыыйталаан кэһии киллэрэрэ. Туорум диэн эмиэ туспа хатырыктыыннары киллэрэн үрүөх маска сулуйан кырбаан, олгуйга оргутан, уутун ыган баран кыһын сиир тарга кутара. Бурдугу бопууда сиригэр, мас суханан тырыта тыыттаран баран, ыһаллара. Онтулара хаһыңнаах сыл үлүйэн хаалан мэлитэрэ.

Сайын сайылыкка тахсыыга о5ус хаба5ар хаһааныллыбыт нэчимиэн мээккэтинэн саламаат сиирбит, орунна5ына окко киириигэ. От үлэтигэр иэдьэгэй, суорат, ынах быппа5ынан үлэлииллэрэ. Күөлгэ эбэтэр үрэх көңүстэригэр тууну сүгэ сылдьан угаллара. Онно кыра балык киирдэ5инэ бэскэ булкуйан буһаран өйүө оңостоллоро. Чаанньык, биэдэрэ дьэс биитэр алтан буолара, хас да сиринэн абырахтаа5а арыт тэстэн, хос сүөкээн баран өтүйэнэн хара5атын таптайа-таптайа өрүнэллэрэ. Күһүн, бурдук саңа тэһитэ буста да үргээн ылан илиинэн куоластаан тыһа5ас тириитигэр тута сылдьан мас кэлиигэ сынньан, көмүлүөк уотугар хобордооххо кутан сырайан куурдаллара уонна таас суоруна5а тардан улахан үлүмнэһиинэн маңнайгы бурдук алаадьытын сиирбит. Ол киэһэ биһиги кыра о5олор улахан үөрүүлээх-көтүүлээх киэһэбит буолара. Аан бастаан ыкка урут бэрсэллэрэ. Сорох сахаларга абыычай буолбут быһыылаа5а. Былыр таңара куолаһын барытын сыыйан ылаары гыммытын ыт көрдөһөн төбөтүгэр хааллаттарбыт дииллэрэ, бурдук аһа отун былаһын тухары астаа5а үһү. Дьэ ол иһин, биһиги бурдук үлүйбэтэ5инэ, ыппытын имэрийэ-имэрийэ: «Эн үчүгэй да эбиккин!» - дэһэрбит.

А5ам 1928 сыллаахха иккис ийэбитин а5албыта. Ийэбит олус сымна5ас этэ. Ол сыл миигин оскуола5а киллэрбиттэрэ. Биһиги оскуолаттан 3 биэрэстэлээх Тыкаары диэн сиргэ, үс ыаллаах күөл үрдүгэр бэс кырдалга олорорбут, биһигиттэн өссө антах Хапсыңа ыала баара. Олортон икки о5о – Коля, Яша үөрэнэллэрэ. Коля мин саастыым, бииргэ киирбиппит. Яша а5а этэ, онон 2-с группа5а үөрэнэрэ. Оччолорго биһиги курдук ыал о5олоро таңаспыт да туох кэлиэй. Оскуола5а киирэр киһи буолан саңа билиис ыстаан уонна бээс ырбаахы, эдьиийдэрим этэрбэстэрин сототуттан саңа этэрбэс тикпиттэрэ. От үлэтин кэнниттэн ийэм өр илиинэн тигэттээбитэ. Хоп курдук уустуктук тигэр эбит диэн уус Татьяна дииллэрэ.

Мин толору киэргэнэн, улахан мааны киһи оскуола5а кэлбитим. Бу билиңңи Бүлүүчээммит оччолорго Мачча5а нэһилиэгэ дэнэрэ, билиңңи бүһүөлэк Бэдэрээс Хордо5ойунан ааттанара. 5-6 дьиэни кытта таңара дьиэлээ5э. Таңара дьиэтин тула мас эрэсээңкилээх олбуорунан төгүрүтүллүбүт иһигэр тула элбэх киһи мэңэтэ баара, олортон сорохторо тимир эрэсээңкилээх дьапсыыр таастаа5а, нэһилиэк улахан баайдарын таңара5а чугаһатан манна көмөллөрө үһү. Василий а5абыт мэңэтэ, таңара дьиэтин аанын утары маңан кырааскалаах улахан плита, түөрт өттүгэр нууччалыы суруллубут тимир эрэсиэңкэнэн төгүрүтүллэн турара. Таңара дьиэтэ оччолорго багдайан, ыраахтан кини эрэ 5-6 дьиэттэн чорбойон, кыһыл дуйдаах кириэһэ, үрүң чаалбаанынан бүрүллүбүт куумбала күн уотун бэйэтигэр сыһыаран күлүмүрдээн көстөрө.

Мин иһигэр, ийэм өлүөн биир сыл иннигэр, таңара5а тиксэ сылдьыһан турардаахпын. А5абыт уһун баттахтаа5а, килэбэчийэ сылдьар ырыыһа диэн билиңңи халаат курдугу иилинэ сылдьара, түөһүгэр күтүр улахан кириэстээ5э. Мээрин ырыа ыллаан дуораһытара хайдах эрэ көңдөй буочука иһигэр лиңкиниир курдуга. Аалтаар диэн уопсай саалаттан туспа түгэх диэки үрдүк муосталаа5а, тулата мөһүүрэнэн бүрүллүбүт таңара күлүктэрэ төгүрүччү ыйаммыттар. Саала ортотун диэки икки сиргэ дьиэ үрдүгэр тиийэ кыһыл мөһүүрэлээх тэтиң сэбирдэ5ин курдук тэлибирии турар кирилиэс диэн ыйанан тураллара. Биир таңара үлэһитэ буолуо, күөх буруонан бур5ачыта сылдьар, кыабакы быалаах тимир иһити икки өттүнэн эйэңнэтэрэ сыта үчүгэйэ сүрдээххэ дылы буолара. Таңара аһа диэн биир луоска кыһыл өңнөөх минньигэс уба5аһы уонна бэрт кыра бурдук аһы биэрбиттэрэ онтуларын а5ыннаран кыһыл солко былаатынан уоспун сото-сото айыы этипиттэрэ: « -Таңараны итэ5эйэр буол, уорбат буол, киһини кытта этиспэт буол», онтон да атыны арааһы бары үтүгүннэрбиттэрэ. Мустубут дьон таңара5а үңэн тоңхоңнууллара, мин эмиэ ким тугу гынарын үтүктүһэн илиибин сатаан кириэстэммэккэ бутуллан хаала-хаала таңара5а айыыны оңордо5ум диэн олус кыбыстарым. Таңара тугу ба5арар биэриэ, көмүскүө дии саныырым.

Ийэм өлөрүгэр самнархай дьиэбит уңа долбууругар киэргэл курдук турар таңара күлүгэр «Айыы таңара абыраа, кыра уолу тулаайах хаалларыма» -дии-дии көрдөһө сатаабытым да көмөлөһүө баара дуо? Ийэм өлбүтүн кэннэ, сэмээр ылан куһа5аны кутар сиргэ илдьэн умса ууран баран көмөн кэбиспитим. «Ийэм өллө, эн да өл» - диэбитим уонна таңара диэни олох итэ5эйбэт буолбутум. А5абар ачаа буолан соччо мө5үллүбэтэ5им, а5ам да ахсарбат быһыылаа5а, сиэри-майгыны кэһимээри биирдэ-иккитэ кириэстэнэн сапсынара.

Оскуолабыт 4 группалаа5а, 20-чэ о5о үөрэнэрэ. Үрдүкү группа5а үөрэнэр о5олор сиппит-хоппут көрүңнээх улахан дьон этилэр. Учууталларбыт үксүн нууччалыы үөрэтэр этилэр, онон саха о5отугар олус ыарахан буолан кулгаахпыт элбэхтэ эриллэрэ, харандаас төбөтүнэн сүүспүт иһиэр диэри дьөлүтэ кэйиллэрбит, доска кэннигэр уруок бүтүөр диэри тобуктаан олорорбут. Ардыгар ойууну үтүгүннэрэн таңара5а үңтэрэн накаастыыллара. Оннук учууталынан Архипов диэн сүрдээх дьиибэлээх учуутал баара. Мин таңара5а үңпэт буолан учууталы кытта мэлдьи утарылаһан кылаастан үүрүллэрим, онон кини уруогар соччолоох билиини ылбата5ым. Хата, кинини уураппыттарын кэннэ Михалев, Егорова диэн учууталларга олус кыһанан үөрэнэрим.

Оччолорго о5олор 3-8 биэрэстэттэн хааман үөрэнэрбит, уруокка хойутаамаары мэлдьи сүүрүүнэн сылдьарбыт, таңас да туох кэлиэй, куобах нэгэ сон, ыстаан истэнэрбит, ынах, сылгы тыһа бүүппэх, кумаа5ыбытын мас хоппо5о эбэтэр тыһа5ас тириитэ суумка5а хааланарбыт.

Баанньык диэни олох да билбэт этибит. Маңнайгы икки сылларга кыһын сууммакка кыстыырбыт, уларытар таңас да суох буолара. Оччотоо5у ыал кыһынын хотону кытта холбуу олороро, ынахтыын, киһилиин биир аанынан сылдьыллар. О5о оскуолаттан да кэлэн баран үлэтэ суох олорбот, хааһы биитэр тар ымдаана иһэн баран сарсыардааңы хааһытын бурдугун тардынар, таммах охсор, мас кыстыыр, киэһэ ынах ыырга тымтык тутар, утуйуох а5ай иннинэ көмүлүөк уотугар уруогу аа5ыллар. О5олор усулуобуйалара куһа5ан, олус ыраах сиртэн кыһыңңы тымныыны кытта эриһэн, итииргии-итииргии тымныйан тыңа ыарыытыгар ылларан тэң сүһүөх о5олорум үксүлэрэ өлбүттэрэ. Мин да кыранан тулуспутум. Маннаа5ы оскуоланы 1932 сыллаахха бүтэрбитим. Биһиги, урукку кэм о5олоро билиңңи олох ситэ-хото илигинэ, ыраах Саха сирин уһук нэһилиэктэригэр итинник кыһал5а5а олорон үөрэммиппит. Билигин мин 49 саастаах А5а дойду сэриитин кыттыылаа5а, инвалида буолан олорон, тапталлаах хаан-уруу Коммунистическай партия баар буолан олох кыһал5атын билбэккэ пенсиянан туһанабын. Үс о5о а5атабын, улахаммын оскуоланы бүтэттэрбитим, икки уолчаантан биирэ 2 кылааска үөрэнэр, кырам детсадка сылдьар. Дьэ билигин, маннык үчүгэй уйгулаах олоххо олорон о5олорбут иннигэр төһөлөөх киэң кэрэ кэскил күүтэрин тылынан сатаан суруллубат курдук уустук кэскиллээх буолла. Урут биһиги о5уска да олорон айанныырбыт улахан дьол буолара. Билигин биһиги о5олорбут халлаан хараабылынан ханнык сулуска ыалдьыттыылларын, сир үрдүгэр баар бары үчүгэйи үллэстиһэн, үөрэ-көтө үлэлиэхтэрэ-айыахтара диэн этэрбит омуна суох буолуо. Олох үчүгэйэ, уйгулаа5а о5олорбутугар хааларын туһугар хас биирдии ийэ-а5а оңоро-айа сатыырбыт Ийэ дойдуга иэспит буолар.


1967 сыл. Бүлүүчээн бөһ.

Сүрүн сирэйгэ