Данилов Никита Павлович күннүгүттэн

1941-1945 с.с. ахтыылара уонна инники соруктар.

уларыт

(А5а Дойду сэриитин 2 гр. инв. Данилов Никита Павловичтан)

Мин бу ахтыыларым сэрии сылларын хабан туран, мин олохпор ханнык бириэмэлэр кэлэн ааспыттарын уонна инники туох үчүгэйи төрүттэһиэххэ, ситиһиэххэ диэн суруйдум. Автортан

1941-1945 с.с. А5а дойду Улуу сэриитин кэмигэр мин олохпор буолан ааспыт түбэлтэлэртэн.

уларыт

Мин 1941 сыл иккис ыңырыыга төрөөбүт Бүлүүчээммиттэн бала5ан ыйын 2 күнүгэр арахпытым. Оройуон киинигэр Сунтаарга, биһиги нэһилиэктэн 50-ча буолан, бары ыңыыр атынан киирбиппит. От-бурдук үлэтин өрөгөйө этэ, хомуур түмүктэнэн чөмчөйө илигэ. О5олор оскуолаларыгар субуспуттара. Оттон, биһиги Ийэ дойду көмүскэлигэр саа-саадах тутан бары чулуу дьоннор субуспуппут.

Төрөөбүт алаастан арахсан, үлэни-хамнаһы быра5ан, тапталлаах дьоңңун, кэннигэр үлэ үтүргэнигэр, сүрэх-быар аалларар аһыытыгар хаалларан, харах уутунан сууйуллубат кутур5анынан, суол ыраа5ын, эрэй-муң сындал5аннаах сырыытыгар, өлөр-өлүү айа5ар уун-утары, өһүөннээх өстөө5ү өлөрө эбэтэр өлө тыңааһыннаах дьыл5аланан, тапталлаах Ийэ дойду туһугар, үүүнэр кэскилгэ а5алар ааттара ааттана турарын курдук, Коммунизм знамятын аннынан, хаан уруу коммунистическай партия саламтатынан, хотторору билбэтэх кыайыылаах Кыһыл Армия, өстөөх төһө да өмүтүннэрэн Гитлеровскай фашизм сиэхситтэрэ кыыллыйбыттарын иһин, син-бир биһиги өттүбүтүттэн ыар сүтүк тахсыбытын иһин кыайыы түмүгэ биһиэхэ буолуохтаа5ын хас биирдии советскай киһи, эрэнэр итэ5элэ итинник этэ. Дьэ онон, сүтүк элбэ5ин ла иһин кыайыы биһиэнэ буолбута.

Сунтаартан 700-чэ буолан 1941 с. бала5ан ыйын 10 диэки, сатыы айаннаан Лена суолунан (Турукта суола) 6 хонон Ньүүйэ сэлиэнньэтигэр тиийбиппит. Ол сыл кураан буолан, Бүлүү өрүс уолан, пароход сылдьыбат этэ. Айан сүрдээх сындыл5аннаах этэ, бэйэм да сайын ис ыарыытыгар ыалдьан үтүөрэн саңа турбутум кэннэ 7 хоноот бэбиэскэ ылбытым. Төһө да ыалдьыбытым, сылайбытым иһин табаарыстарбар биллэрбэт этим. Оройуон нэһилиэктэриттэн араас өйдөөх санаалаах дьон бары бара. Суолбут үһүс-төрдүс күннэриттэн мөлтөх өттүлэрэ бэйэлэрин табаарыстарын хаалларан, дьонтон күрэнэн, хараңа тыаларга күрээбиттэрэ, сааттаахтык Ийэ дойду чиэһин түһэн биэрбиттэрэ. Ньүүйэ сэлиэнньэтигэр күнүн аайы хортуоска, хаппыыста хомууругар көмөлөһөн, биир нэдиэлэ буолбуппут кэннэ, «Ленин» пароход кэлбитэ. Маңан кырааскалаах, этээстээх, пассажирскай үтүөкэннээх улахан пароход. Мин ханна да ыраатан тэлэһийэ сылдьыбатах эдэр киһи аан бастаан көрдө5үм эбээт, итинник улуукан уйуктаах, күндэлэс көрүңнээх уу пароходун. Сааһынан сааһылаһан, хамаанданан хамсаан, каюталарга киирэн, отделениенан олохсуйан, оннубутун булунан, Лена эбэ хотуну өрө өксөйөн, көрбөтөх сирбитин көрөөрү өңөңнөһүү-өгдөңнөһүү буолла5а дии, маңнайгы солуңңа. Онтон улам-улам уоскуйан, утуйа-утуйа уһуктан хас да хонугу быһа хал буолан Лена баһыгар Усть-Кутка тиийбиппит. Онтон сүөкэнэн 350 км ыраахха грузовой массыыналарга тиэллэн, ахсым сүүрүктээх Ангара өрүс биэрэгэр Заярскай сэлиэнньэ5э тиийбиппит. Онно хонон баран «Клара Цеткин» пароходка олорон Ангараны өксөйөн Иркутскайга тиийбиппит. Онтон Саха сириттэн тиийбиттэр бары атын-атын байыаннай чаастарга хайдыспыппыт. Мин Бурят Монголия5а Улан-Үдэ куорат таһыгар дивизионнай станция5а хаалбытым. Сунтаартан миигин кытта Федоров Алексей, Данилов Иван, Анисимов Степан, Алексеев Игнатий о.д.а баар этилэр. 2 ый устата карантиңңа сытыарбыттара.

1941 с. Октябрь бырааһынньыгар байыаннай присяга биэрбитим. Мин 45 мм танканы утары ытыалаһар пушка5а үөрэммитим. Сунтаартан 4 буолан младшай командирдары бэлэмниир курска үөрэммиппит: Анисимов С., Данилов И. уонна мин буолан. Ити сыл толору буолаат рядовой саллааттары фроңңа илпиттэрэ. Олортон Тимофеев Григорий Васильевич (өлбүт этэ), Данилов Петр Романович (билигин баар), уоннаа5ы табаарыстарбын кыайан көрсүбэтэ5им. Кинилэр сотору буолаат сэриигэ киирсибит этилэр.

1942 сыл үүммүтүн кэннэ муус устар ыйга илин көһөрүллүбүппүт, ол барыыга мин со5отох буолан хаалбытым, табаарыстарым атын чааска барбыттара. Илин Манчьжурия таһыгар «Белый камень» диэн сиргэ 152 стр. полка5а, кэлин минометчик наводчигынан сылдьыбытым 82 мм. Ол кэмңэ биһиги тоһуурга сыппыппыт. Япония5а 52 дивизия мунньуллан биһиги туһаайыыбытынан киирэргэ бэлэм этэ. Күнүстэри-түүннэри оборона хаһыытыгар үлэлии-үлэлии үөрэнэрбит.

Онтон 1943 сыл үүнүүтүгэр Сталинград куорат босхоломмутун кэннэ, японскай армия төттөрү хомуммутун кэнниттэн биһиги со5уруу фроңңа тохсунньу 13 күнүгэр ыытыллыбыппыт. Сахалартан со5отох эрэ этим. Кулун тутар ыйга фронт кирбиитигэр тиийбиппит, аара немец бомбардировщиктара улаханнык мэһэйдээбиттэрэ. Калининскай туһаайыытынан I Украинскай фроңңа 15-с оһуобай гвардейскай морской пехотнай дивизия5а минометчигынан сылдьан, Холм куорат таһыгар немецкай бомбардировщиктар саба түһүүлэригэр, сэриигэ киирэн көрө да иликпинэ контузияламмытым. Онно уңа харахпын доргуппуттарын, көрбөт буолан, 1943 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр Великий Лук куорат таһыгар госпитальга үс ый сытан нестроевой солдат буолбутум. Онтон ыла сэрии сэбин, аһы-таңаһы тиэйээччинэн хоз.взводка сылдьыбытым. Үгүс сэлиэнньэлэри, куораттары ылыыга ардыгар илиибэр саа тутан хас да атаакаларга киирсэ сылдьыбытым. Кыра бааһы ылыы, сиирэ-халты түһэртэрии ханна барыай, ол хас күнүн аайы баар буолааччы. Холобур, штыковойга уонна уун-утары эн-мин диэн ытыһыыга, хана барыай, атака5а киирэн баран ча5ытар уоту аһыы, мин урут көрдөрбүн диэн үлүгэр, биир өстөөх көһүннэ5инэ, киһи барыта киниэхэ туһаайар буолан ким урутаабыта биллибэт буолла5а дии.

III Белорусскай фроңңа I Украинскай фронт холбоспутун кэннэ 139 гвардейскай стрелковай полка5а минометнай батальоңңа сылдьан комсомольскай бюро чилиэнинэн үлэлээбитим. Онтон 1943 сылга Коммунистическай партия чилиэнигэр кандидакка турбутум. Сотору буолан баран Иванченко диэн дэриэбинэни ылыыга «Хорсунунан иһин» диэн медалынан на5араадалаабыттара. Ол кэнниттэн 1944 сылга кулун тутар 8 күнүгэр Белоруссия5а Полоцк куорат таһыгар улахан кыргыһыыга хаңас уллуңум уңуо5ун тосту ыттаран, сэрии хонуутуттан туораан, биир сылы быһа госпитальга, онтон 1945 сыл сэрии бүтээтин а5ай кытта Новосибирскай куораттан төрөөбүт дойдубар кэлбитим.

Күчүмэ5эй күннэргэ бэйэм Ийэ дойдум туһугар күүһүм-күдэ5им төһө тиийэринэн, эппинэн-хааммынан бар дьонум дьоллоох-соргулаах буоларын туһугар бэйэм иэспин төлөһөн кэлэн, сэрии содулуттан ата5а суох буолан билигин хаан-уруу Коммунистическай партия а5алыы кыһамньытынан государственнай пенсиянан хааччыллан, атах гынарбар аналлаах мотоколясканан хаамтаран, үйэм аңарын үктэнэн олороммун, иннибэр өссө үчүгэйтэн үчүгэйи ыралыыбын, үүнэр ыччатым үлэни-үөрэ5и баһылаан, дьоллоох-соргулаах буола улааталларыгар истиңник эрэнэбин. Хас биирдии үөрэнээччи үөрэх иккис сылыгар хаалбатын курдук кыһамньылаах буолуохтаах, үтүө холобурунан бэйэтин киэн туттунуохтаах, хаалан иһэр табаарыстарыгар көмөлөһүөхтээх. Биир киһи барыбыт туһугар, бары биир киһи туһугар диэн мээнэ5э этиллибэт, биһиги сорукпут оннук буолара дьэңкэ. Дьэ ол иһин Ийэ дойдуну хаһан ба5арар көмүскүүргэ, үөрэх төрүттэрин баһылыырга саамай сүрүн соругунан Коммунистическай тыыңңа иитиллии, эйэлээх, көрсүө-сэмэй, дьиссипилиинэлээх, чиэһинэй буола иитилиллиэхтээх. Оннук буола улаатыы хас биирдии эдэр ыччакка барыта кыаллар, киһи кыайбата5а диэн суох.


Н.П.Данилов 1968 сыл олунньу 2 күнэ

Бүлүүчээн, Хордо5ой сэл.


ССРС сэбилэниилээх күүстэрин 50 сылыгар аныыбын.



Дьэ сордоох атах

уларыт

Бу күһүн хаар хойутаан түһэн суол охсуута сүрдээх. Онуоха эбии биһиэнэ, тыа сирин суола, солооһуна суох буолла5а дии. Айаннаан тиийиэххэр диэри а5ыс мүһэң айгыраан, то5ус мүһэң тоһугураан, ыһыахха тустан сонохтоспут киһитээ5эр ордук, этиң имиллэн, ыраа5а да суох сиргэ илистэн, өлүөр да киһи өһүллэн, Сунтаарга тиийэ5ин. Мин түбэспиччэ грузовой массыына5а олорсон, оройуон уһук нэһилиэгиттэн Бүлүүчээнтэн эмкэ киирсэн иһэбин. Дьэ, сордоох атах, 1944 сыллаахха, А5а дойду сэриитигэр Белоруссия5а тоһуттарбытым. Кэлэн баран төһөтө балыыһа5а сыппытым буолла, бэйэм да5аны сал5ан хааллым. Саатар кылгаан, уңуо5а хардары оһон, иринньэх о5о курдук мэлдьи биэбэйдэтэн, бу күргүөмнээх, кэлбит кэскиллээх кэмнэргэ, барабыай курдук, сылаас уйаттан тэйбэккэ, икки мас тайахха өйөнөн, кырдьыбатар да кырдьан, муңур уһугар тиийэн, атахтанан абыранаары айаннаһан истэ5им. Аа5ааччыам! Кэнники эргиллэн ааспыт ыар сыллар содулларын ахтан ааһар инигин? Саллаат, саллаат! Ийэ дойду, көңүл норуот оло5ун көмүскэлэ буола5ын. Олох охсуута суох буолбата5а. Сир үрдүгэр эйэлээх оло5у, коммунизм тутуута кыргыһа суох сатаммата5а чахчы. Бу да айанныыр суолум сотору үчүгэйкээн үлэһит дьон илиитинэн тараныа5а. Аа5аачыам, мин кэпсээммин салгыыһыбын. Оту-маһы ойуулаабаккабын, олохпор баар чахчылартан билиһиннэрэр ба5алаахпын. 1963 сыл сэтинньи 30 күнэ. Уруккуттан сытан эмтэнэр Сунтаарым балыыһатыгар кэлэммин, билэр дьоннорбун көрсөн кэпсэтэн бараммын, хирург Иван Софроновиһы көрсөбүн - саха бырааһа, кыра уңуохтаах, төгүрүк сирэйдээх, тэрбэччи көрбүт хара харахтаах, сүрдээх эйэ5эс, ыарыһахха истиң сыһыаннаах, уруккуттан оройуоңңа биллибит, үгүстүк өлөр өлүүттэн быыһаабыт, 30-ча саастаах хирург. Ыңырыым диагноһын көрө да барбата. – Үчүгэй, 2 палата5а тутулла5ын, сотору Якутскайга барыахтаах этиң дуу, онтука5ар киирдэ5иң дии. Саатар манна электростанция уота кэлбэт буолан рентген үлэлээбэтэ5э ыраатта. Кыра бэйэбит моторбутунан снимок үчүгэйдик барбат. Били, Якутскайтан кэлэ сылдьыбыт, республиканскай сэллик ыарыытын кылаабынай бырааһа – Гурьев Д.А., ата5ың снимогын көрөн баран, Якутскайга туруорсуом - диэбитэ. Телеграмма кэлиэр диэри кыалларынан эмтэниэхпит. Дьэ, сордообут атахтаах киһигин, билигин ыарыһах элбэх, дэң-оһол тахса турар – диэн баран көрүдүөрүнэн түргэн үлүгэрдик палаталары ааһан, кабинетыгар телефон тыаһыгар барда.

Бэрээдэк быһыытынан суунан-соттон, балыыһа таңаһын таңнан, этиллибит 2 нүөмэрдээх, тупса5айдык оңоһуллубут, барыта саңа таңастаах, 8 миэстэлээх палата5а киирэбин. Төһө да буолтун иһин, саңа кэлбит киһи, ыалга дьукаах киирбит кэриэтэ, килбик со5ус буолааччы. Барыларын да билэр дьонум эбит. Бу кэнники сылларга оройуон балыыһата паровой ититиилээх буолан ыарыһахтар аңардас көбүөр суор5анынан сапталлар. Мин аттыбар, о5о сааспытыгар бииргэ үөрэммит табаарыһым Петя сытар. Өр сылларга икки аңыы араас суол үлэлэргэ, олоххо олорбут дьон, дьэ бииргэ түбэһистибит. Кини таас дьүлэй, арыт аанньа истибэт буолан палата ыарыһахтарын кэпсэтиитигэр кыттыбат этэ.

Сиэстэрэлэрбит Ага, Лиза мээр үөрбүт-көппүт мичилийэ сылдьар буолаллар, оттон санитаркалар Варя, Марфа эмээхситтэр, төһө өр сыл араас ыарыһахтары харайбыттара буолуой, дьиңнээх ангел курдук эмээхситтэр. Быраастарбыт да бары эдэркээн дьоннор, манна урут эмиэ атахпынан өлө сыспыппар абыраабыт быраас Ангелина Евгеньевна үлэлиир эбит. Кэргэнэ Александр Гаврильевич.


Дьоллоох Дьокуускайга айан

уларыт

Бүгүн үһүс күнүм, халлаан тымныы буолан, Якутскайтан улахан самолет көппөт. Мин Сунтаар больницатыгар киирбитим ыраатта. Күнүскү утуйууга со5ото5ун телефон аттыгар олорон авиапорду кытта сибээстэһэбин. 3 чаас буолла. Сунтаар кылаабынай бырааһа Попов Александр Гаврильевич дежурнай хоско баар телефонунан, миигин бэлэмнэннин 5 чааска самолет кэлэр үһү, Якутскайтан көппүт, диэн сиэстэрэнэн илдьит ыыппыт. Мин олоруом дуо? Таңаспын ылан таңнан хачыгырайдым, балыыһам таңаһын чөкө уурталаатым, сыппыт палатам ыарыһахтарын кытта быраһаайдастым, ким көрсүбүт үлэһиттэрбин матарбатым быһыылаах. Кыра сээкэйбин рюкзакпар уктан портка аттанным. Суол килэччи, тайа5ым арыт халтырыйар. Сол да буоллар охтубатым. Портка тиийбитим Якутскайга, Нюрба5а көтөөччү элбэх. Мин билиэппин Александр Гаврильевич ылан диспетчерга уурдарбыт, онтубун ыламмын син өр со5ус олордум. Вокзалга бараары тэһииргээбит дьоннор төттөрү-таары хаамсаллар. Таах олоруохтаа5ар вокзал остолобуойугар киирэн компот истим. Повар - кырдьа барбыт эйэ5эс нуучча дьахтара үөрэ-көтө 2 ыстакаан тымныы компоту кутан биэрдэ, баһыыбалаан баран түһэрэн кэбисттим. Самолет кэллэ, соччо элбэ5э суох киһи кэлбит. Барааччылар 20 тахса эбиппит, самолетка киирэн олорунан кэбистибит. Биһиги нэһилиэктэн үспүт. Мин атахпын операциялата, онтон иккибит тыңаларыгар. Самолет кириэһилэтигэр иккилии киһи олорор, икки өттүгэр 6-лыы эрээт эбит. Олорорго сүрдээх сымна5ас, кириэһилэ аайы түннүк, түннүк үрдүнэн гигиеническай мешок (кумаа5ы кэмбиэр) угуллар сетката баар, түннүк муустаах буолан тас өттө көстүбэт. Самолет иһэ олорор бириэмэтигэр олус тымныы. Пилоттар утуу-субуу бэйэлэрин кабиналарыгар киирдилэр. Мотор тыаһа бирилии түстэ, самолет үрдүнээ5и лаампалар умайдылар. Сотору со5ус буолаат улам дьигиһийэн күөрэңнииргэ дылы гынна, наака площадка устун сүүрдэ5э буолуо, онтон иэ5эңниирин кытта мотор тыаһа эбилиннэ, биир кэм дьигиңнэс-дуугунас буолла, үөһэ-аллара түстэлээтэ. Дьэ көттөхпүт ити дэһистилэр. Мин кириэһилэ5э өйөнөн ньыкыйан олордум. Чаас аңарын курдугунан самолет тыаһа уларыйда, хайдах эрэ салгыңңа ыйаммахтаан ыларга дылы буолла, мэйиим чугунаата, сүрэ5им өлөхсүйдэ. Хата сотору сиргэ сүүрэн дэллэриңниирин кытта мотор өрүтэ уһуурбахтаат тохтоон хаалла. Пилоттар кабинаттан та5ыстылар: « - Ньурба5а кэллибит. 30 мүнүүтэ тохтуохпут. Тахсыан ба5алаахтар күүлэйдээң» - диэтилэр. Атахтаахтар, то5о мин курдук олоруохтарай, таһырдьа үтүрүстүлэр. Самолет иһэ тымныыта бэрт, а5ыйах буолан олорон хаалыбыт. Лаампа уота умулунна, хабыс хараңа. Аан аһылларыгар көрдөххө, Ньурба вокзала син обургу со5ус быһыылаах, сандааран эрэ көстөр.

Бу түүн, бэйэтэ да ураты тымныы, 50 кыраадыстан тахса быһыылаах. Син өр олордубут. Мин тоңо сыстым, тутуура кыаллыа суо5а диэн, ичигэс үтүлүкпүн, ордук таңаспын барытын Сунтаарга хаалларан кэбиспитим. Аңардас тирии перчатканан иһэбин. Ньурбаттан көппүппүтүгэр самолет иһэ сылыйда. Сорохтор утуйуох курдук оңоһуннулар. Ньурба5а балачча киһи түстэ, онон атын кириэһилэлэргэ тар5анан олордулар. Ким да тугу да саңарбат. Хам-түм бэйэлэрин аргыстарын кытта ботугураһаллар. Төһө өр буолбута буолла, мин эмиэ нуктаан олордохпуна, самолет эмиэ үөһэ-аллара күөрэңнээтэ, уруккум курдук эмиэ таас дүлэй буола сыстым, мэйиим эргийдэ. Хата сотору түһэн сүүрэн дэгдэңэлээн барда. Тохтобулга пилоттар бары та5ыстылар, эмиэ хараңа. Тугу эрэ оңороллор, тоңсуйаллар. Эмиэ киирдилэр - та5ыстылар. Пассажирдартан ким эрэ: «То5о тохтоотугут?» - диэн ыйыппытыгар, «Бензин куттабыт» – диэтилэр. Ити Бүлүүгэ эбит. Хата сотору көттүлэр. Син өр көттүбүт.

Ким эрэ Якутскайга кэллибит, эргийэн эрэр диэтэ. Мин сэргэхсийэ түстүм, билигин ба5ас уруккум курдук буолбатым. Дьон бука бары малларын хомунан сур гынан хааллылар. Биһиги түөрт буолан эмиэ сээкэйбитин ылан Александр Гаврильевиһы батыстыбыт. Вокзал икки этээстээх, сүрдээх тупса5ай тутуулаах улахан таас дьиэ эбит. Бэйэтэ сабыллар ааны аһан иһирдьэ киирдибит. Муостата саахыматтыы тэлгэнэн оңоһуллубут таас муоста, онон эрэһиинэтэ суох тайа5ым халтырыйа турар, нэһиилэ нөңүө истиэнэни буллум.

Биир эдэркээн нуучча кыыһа утары көрүстэ уонна олорорбор устуул ылан биэрдэ. Илдьэ кэлбит направлениебын ылла, биир медпункт диэн суруктаах хоско киирэн чочумча буолла. Онтон биһиги үһү, миигин батыһың диэтэ. Александр Гаврильевич атын сиргэ барар киһи баһыытынан малын хомунан барда. Таһырдьа москвич массыына күүтэн турар эбит, биһиги ойо5ос аанынан киирэн симсэ олордубут. Шофер сылдьа үөрүйэх суолунан аргыый сыылларан син өр айаннаан 2 этээстээх таас дьиэ5э киирэр ааны хабырыһа тохтоото. Сиэстэрэ тахсан миигин иһирдьэ кыара5ас көрүдүөрүнэн биир хоско тохтотто уонна нууччалыы: «Мотя, бу ыарыһа5ы тут» - диэн баран суһаллык тахсан барда. Миигин кытта кэлбит, мин бөһүөлэгим дьоно – Анна Федорованы, Пелагея Игнатьеваны туһааннаах сирдэригэр сирдээтэ5э буолуо. Мотя диэн саха кыыһа эрээри нууччалыы саңарар эбит, балыыһа таңаһын а5алла. Илдьирийбит кальсон, ис ырбаахы, тимэ5э суох уһун халаат. Тапочка көрдөөбүппүн биэрбэтэ, сарсын сестра-хозяйкаттан ылыаң диэтэ. Тиэтэлинэн бэйэм таңаспын рюкзакка уктум, хаатыңкабын, соммун таһыгар быанан баайдым. Таңас туппутугар справка биэрдэ. Кыра уңуохтаах, сынта5ар муруннаах биир санитарка кэлэн батыһыннаран илдьэн 8 палата5а олохтоото. Саңа киирбит киһи быһыытынан нууччалыы: «Ыарыһахтар, дорооболуң!» - диэтим. Бары күө-дьаа, дорооболостулар. Аан икки өттүгэр 2 о5олоох ийэ сытар эбит. О5олоро биирэ – үүстээх, атына – алталаах, иккиэн ууга буспуттар. 2 нуучча киһитэ, биир саха бааллар, онон миигинниин 6 куойка. Саха киһитэ – Таатта, Иванов диэн, ата5ын саа5а дэңнээбит. Сытар балыыһа күннээ5и бэрээдэгэ- эмп, аһылык о.д.а. барыта ирдэниллэр. Манна куорат балыыһата буолан күн аайы араас оһолтон киирэллэр, ол барыта арыгы содула эбит. Дьоллоох Дьокуускай - саха омук сырдатар киинэ, Саха сирин тэбэр сүрэ5э. Ол эрээри бу маннык уйгулаах олоххо дьон кыайан үчүгэйи тулуйбат эбит. Урукку хаалынньаңнар өссө да бааллар диэххэ сөп. Ол хайдах оннугуй?


Оспот сэрии бааһа Омскайга тиэрдибитэ

уларыт

Муус устар ый 16 к. 1965 с.

Муус устар ыйга Саха сирин маңнайгы сааскыта буолар. Кыһыңңы хаары өрүсүһэн кэлии-барыы түүннэри-күнүстэри араас массыыналар суолга субустулар. Мин Бүлүүчээн нэһилиэгиттэн олохтоох сельпо грузовой массыынатынан 16/IV-1965 сыл киэһэ 8.30 чааска Сунтаарга киирсээри олоробун. Уолаттарым 7 саастаах Саша, 3 саастаах Алеша миигин сайыһан ытыы хааллылар. Үлүгэр дьон, ачаалыыр киһилэрэ бүгүн суолга аттана5а дии. Районнаа5ы хирургическай отделение главнай хирург-враһа Иван Софронович Контогоров кыһамньылаах туруорсуутунан Омскай куоракка операция5а барар буоллум. Биһиги үс буолан түүннэри киирэн иһэбит, Серафим –шофер, Ксаверий – сельпо солбуйааччы председателя уонна мин. Хатааһын буолан суол үчүгэй, массыынабыт эргэ ГАЗ-51, онуоха эбии уруулбут куһа5аннык үлэлээн бытааннык киирдибит.

Сарсыарда 7.45 мүнүүтэ5э Сунтарга Данилов Егор Григорьевичтаахха чэйдээтибит, уолаттарым баран хааллылар. Мин главнай хирурга звони гынан скорай массыынатынан больница5а кэллим. ОГИОВ госпитальтан кэлбит суругунан Иван Софроновичка ол-бу документ толотторон 17/IV больница5а барыахпар диэри сытарга быһаарынным.

Бүгүн 18/IV –күн өрөбүл бөлүүн биир киһини уулусса5а массыына хампы баттаан өлөрбүт, кимэ биллэ илик. Мин эбиэт кэнниттэн койкабар сытан эрэн суруйдум, билигин дуу, сарсын дуу дьоммор суруйуом уонна соц. обеспечение5а бара сылдьыам. Манна хирургическай отделение5а кэнники кэмнэргэ олус тупсубут. Эмп холбоһугун Сунтаардаа6ы отделениетын сэбиэдиссэйэ К.Г. Кузнецов уонна главнай хирург И.С. Контогоров үлэлиэхтэриттэн ыарыһахтар утуйар таңастара, пижамалара, халааттара тупса5ай буолтар. Палаталар паровой оттуктаах буолан олус ичигэстэр, балыыһа үлэһиттэрэ ыарыһахха сыһыаннара, көмөлөрө улааппыт. Манна Ив. Софроновиһы, Вл. Афанасьевиһы, Фед. Филипповиһы, Карл Гаврильевиһы, Мотр. Ив. Терехованы балыыһа үрдүнэн ытыктыыр быраастара. Иван Софроновиһы уһулуччу ытыктыыллар, ханна ба5арар кини көмөтүн, ыарыһахха үчүгэй, көнө сыһыанын бэлиэтииллэр. Балыыһа кинигэтигэр наар хай5абыллар суруллубуттар, быһата үчүгэй дьон, дьиңнээх ис сүрэхтэриттэн норуот иннигэр түүннэри-күнүстэри үлэлии сылдьаллар.

Бүгүн 19/IV күн скорайынан собеска бара сырыттым, май-июнь ыйдаах пенсиябын аванса ылар буоллум, почта5а перевод күүттүм, кэлэ илик. Райисполком биир мөһөөгү көмө биэрэр буоллулар, 20/IV сарсыарда ыларым буолуо. Улахан көмөнү оңордулар, үөрдүм үтүө санаалаах а5алыы истиң дьоннортон. Билигин хирургическай балыыһабар кэлэн олоробун, наака сарсын көтөрүм буолуо. Мин дьоннорбуттан сиэним Симаттан 25 солкуобай, эдьиийим Настааттан 10 солкуобай, быраатым Егортан 30 солкуобай ылбытым. Онон дьиэбиттэн олох үбэ суох киирбит киһи, билигин Москва5а да тиийэр кыахтанан олоробун. Үптээх киһи муңкуга суох буолар, наака суолум табыллаары гынна5а диэн эрэнэбин. Манна балыыһам быраастара, сиэстэрэлэрэ олус үчүгэй дьоннор. Мин манна дьиэм курдук ытыктабылга сылдьарбыттан санаам көтө5үллэр, ыарыым намтыырга дылы.

20//IV. Райисполкомңа баран харчыбын ыллым. Онтон аэропортка киирбитим бүгүн көппөтүм. Мирнэй самолета Ньурба5а кэлэн ааста. Контогоров Коляны Бүлүүгэ баран иһэрин портка көрүстүм уонна Федоры эмиэ. Кинилэр Ньурба5а диэри көттүлэр. Миигин Коротов сааратан хаалан хааллым. 21/IV. Райсовет самолетунан 7.15 Сунтаартан көттүбүт, Ньурба5а түһэн ааста. Якутскайга 11 чаас са5ана кэлэн портка хоннум. Портка бары-барыта баар, аһыырга соччо наадыйбатым. Син үчүгэйдик хоннум, комната матери диэн буолан баран хараңа коридорга бүк тутуллар койка5а утуйдум. 22/IV. Сарсыада такси ылан минздравка бардым. Күнүс 2 чааска дылы Нам уолун кытта куоракка күүлэйдээтим. Ол-бу син элбэх эрээри ылбатым, ханна тута сылдьыамый. 2 чаас ааһыыта минздравтан Омскайга диэри уонна төннөр билиэппин ыллым уонна портка автобуһунан киирдим, эмиэ портка хоннум. Рестораңңа аһаабатым, буфекка кофе уонна балык ылан сиэтим.

23/IV. 3.40 Якутскайтан улахан самолетунан көттүм. Өлүөхүмэ5э түһэ сырытта, онтон Киренскайга кэлэн хоннубут. Гостиница5а хоннум дьэ киһилии үчүгэйдик ороңңо утуйдум. 5.20 көттө, Красноярскайга түһэн ааста. Новосибирскайга кэлэн атын самолекка олордум. Авиапортка киһи олус элбэх, үчүгэйэ да бэрт эбит. Рестораңңа эбиэттээтим. Онтон олохтоох бириэмэнэн 9.15 Омскайга көттө, аара пассажирдарга кэмпиэт күндүлүүр эбиттэр. Көтөртөн мин кыһаллыбатым. Омскайга 2 чааска тиийэн кэллэ.

Портан скорай массыынатынан аэровокзалга та5ыстым. Онтон такси ылан госпиталга кэллим. Билигин 48 палата5а 3 этээскэ сытабын. Аара соччо эрэйи көрбөтүм. Син киһи сылдьыыһы, кэм нууччалыы билэр киһи эрэйэ чэпчиир. Сол эрээри кыаммат буолан муңнанным диэххэ сөп. Пока мин сиппэтэх дневнигим бүтэр. Операция5а киириэм иннинэ ситэрэн кэбистим.

26/IV. Миигин 46 палата5а көһөрдүлэр. Операционнай палата 10 койкалаах, бэрэбээски оңордулар. Маай кэнниттэн операция буолуо дииллэр. Главнай хирург Иван Трофимович көрдө. Маңнай ыраастыахпыт, ол оспутун кэннэ үчүгэй ата5ы оңоруохпут диир.

27/IV. бүгүн обход буолла, Ксения Константиновна көрдө, ыйыталаста. Мин онно-манна барбат буолан палатабар сытабын. Биһиги сытар госпиталбыт алын этээһигэр аргы собуота баар. Палатабыт түннүгүн аннынан бытыылкалаах аргыны массыыналар бокуойа суох тиэйэллэр. Корпус саңа кырааскаланар буолан олус душнай, мин төбөм ыалдьар.

28/IV. Бүгүн ата5ым бүтэйбит быһыылаах, температурам 37.4 буолла. Нэһиилэ сыылла сылдьабын. Сарсыарда үчүгэй курдук этим. Сарсын сарсыарда анализ ылаллар, онон аһаабаппын. Операция оңороллоро буоллар абыраныам эбит, эбэтэр…

29/IV. Бүгүн хаан аналиһа ыллылар уонна рентгеңңа снимок уһуллулар уонна иһигэр укуолунан уба5ас куттулар. Олус ыарыйда. Главнай хирург Иван Трофимович бэйэтэ көрдө уонна медучилище о5олоругар лекция оңордо. Миигин көрдөрдө уонна хантан, хайдах кэлбиппин билиһиннэрдэ.

30/IV. Бүгүн туох да уларыйыы суох. Самыыр түһэр, уулусса5а кэлии-барыы элбэх, массыына тиһигин быспакка сылдьар. Мин 2 этээс түннүгүттэн мэлдьи көрөбүн, үүннэрии мастар кө5өрөн эрэллэр.

1/V. Бүгүн 1 маай. Сарсыардаттан Гагарин уулуссатынан норуот муора курдук, араас сибэккилэрдээхтэр, шариктардаахтар, кыһыл былаах сиккиэр тыалга тэлибирии уһунна. Дьон бары сааскылыы киэргэммит. Биһиги ыалдьааччылар түннүктэринэн одууластыбыт. Мин бу туран бэйэм Сахам сирин саныыбын. Манна Омскайга 9 чаас, оттон биһиэхэ 11 чаас буолла5а. Төрөөбүт Бүлүүчээммэр ханнык эмит парад буолла5а дии. Бу бириэмэ5э мин о5олорум барахсаттар ханна эрэ оңой-соңой көрсөн маайдарын таңаһын таңнан үөрэн-көтөн чэмэлистэхтэрэ буолуо. Сашам матроскатын кэппитэ буолуо, Алеша5а да саңа таңас кэтэртэхтэрэ буолуо. Оттон Луиза улахан киһи бэйэтэ оңостон эрдэ5э. Мааматын кытта наака түбүккэ түстүлэр ини. Бу күңңэ-кэмңэ тугу гынаргытын олус да көрүөхпүн ба5ардым, уолаттарым наака папабыт диэхтээбиттэрэ буолуо. Эһиги папа5ыт хаһан тиийэр эбэтэр олох да төннүө суо5а. Ол эрээри үтүөрээ инибин. Санаа түһэрэ куһа5ан. Мин өссө да операциялана иликпин, ыарахан операция буолуо дииллэр, тулуйуохха эрэ наада. Бу кэмңэ маннык олохтон эрдэ туоруурга ба5а суох. Билигин 210 солкуобайдаахпын уонна төннөр билиэтим. Пока туттарбар кыра харчы баар. Ити ууруу харчым, барарбар биирдэ туттуом. Хайда5ын да иһин дьоннорбор, о5олорбор дуомугар да буоллар кэһии наада буолуо этэ. Ата5а суох киһи, кыанан, онно-манна наадабын буларым биллибэт. Чэ пока, билигин операция иннигэр ону толкуйдуур сатаммат. Бу күннэргэ сытар күһа5ан, туораттан да үөрэн өрө көтө5үллэр кыа5ым суох. Биһиги палатабытыгар иккиэ буолан олоробут. Олохтоох бириэмэ 9.40 буолла.

2/V. Бүгүн ханнык да обход буолбата. Мин да ханна да барбакка палатабар олоробун. Бүгүн дьоммор сурук суруйуом. Уулусса5а норуот биллибэт. Наака дьиэлэригэр иһэллэрэ-аһыыллара буолуо.

3/V. Биһигини атын палата5а көһөрдүлэр №53. Мантан куораты, уулуссаны көрөргө үчүгэй. 5 койкалаах кыракый палата. Мин түннүк таһыгар сытабын. Обход буола илик. Күнүс палаталарга сылдьан шахмат, домино оонньоотум. Билигин ыарыһахтары кытта билсиһэн киирэ-тахса сылдьабын. Миигин үчүгэйдик э5эрдэлии көрсөллөр. Обход буолбата.

4/V. Саңа туран суунан олоробун. Палатабытыгар 4 буоллубут. Уулусса5а кэлии-барыы элбэх, сарсыардаттан тыас-уус, бу олус сырыылаах уулусса. Онон биир кэм эймэңнэс. Мин түннүкпэр холууптар кэлээчилэр. Кинилэр олус чычаастар, атахтара, харахтара кыһыл. Өңнөрө эмиэ араас буолар. Оо, садтар мастара кө5өрөн үчүгэйэ. Түннүгүнэн салгын үрдэ5инэ киһи сүрэ5ин бигиир. Саас. Биһиэхэ маңнайгы куһу ытыалаан эрдэхтэрэ. Бу кэмңэ үлэһиттэр үлэ5э, о5олор оскуола5а олороллоро буолуо. оттон мин кыраларым Саша, Алеша ханна сылдьа5ыт?

5/V. Бүгүн биһиги палата5а үһүөйэхпит, обход буолла да операция туһунан тугу да саңарбатылар. Наака сарсын кэпсэтэрим дуу. Манна киһи тугу да булан суруйбат, күнтэн-күн ааһан устан иһэр. Бэ5эһээ «день поминания» дэһэллэр, биһиэхэ ону бэлиэтээбэттэр. Сотору кыайыы күнэ, онно бэлэмнэнэллэр. Миигин наака ол кэнниттэн оңороллоро буолуо. Быһаллар дуу, самыыллар дуу –ол хирургтар дьыалалара, миэхэ хайата да син биир, хаамар эрэ буолуум. 6/V. Сарсыардааңы обход буолла. 9 маай кэнниттэн операция буолуо5а диэтэ Любовь Григорьевна. Эбиэт кэнниттэн оскуола о5олорун концерын көрдүбүт. Кулууптара аллараа этээскэ, онно арыт киинэ5э түһээччим суох, түһүүтэ - тахсыыта бэрт. Госпиталга астара соччо уларыйбат уонна нормата да кыра, онон чугас дьиэлээхтэр тастаран аһыыллар. Оттон мин атын ыарыһахтар көңүллэтэн та5ыстахтарына табах иңин ылларабын. Күнү син биллибэккэ аһарабын. Кинигэ аа5абын, суруйабын. Киэһэ хара5ым көрбөт буолан хаалар.

7/V. Бүгүн главнай хирург Иван Трофимович, Ксения Константиновна, Любовь Григорьевна уонна биир билбэт враһым обход оңордулар. Бэрэбээски оңоттордум. 8/V. Сарсыарда душка сууннубут, таңаспытын уларыттыбыт. Быраатым Васяттан поздравительнай телеграмма туттум. Эбиэт кэнниттэн Омскайдаа5ы уобалас профсоюһуттан подарок ыллыбыт. Яблоко, сок, кинигэ, открытка биэрдилэр. Концерт көрдүбүт, подполковник э5эрдэлээтэ. Киэһэ табаарыстарбын кытта аһаан баран киирэн утуйан хааллым.

9/V. Бүгүн – бырааһынньык. Уулусса кытыыта үрүң кырааскаларынан сотуллубут, кэлии-барыы үксээтэ. Күнүс подарок а5аллылар: чааскы уонна чайнай ложка, сибэккилээх открытканы түннүкпүтүгэр а5алан уурдулар. Концертка барбатым, буфеттан үүт, табах ыллым. Киэһэ 11 чааска салют буолла. Омскай түүңңү хараңа5а араас өңнөөх уоттарынан оонньуур, көрүөххэ үчүгэйэ бэрт. Отучча пушканан отутта ыттылар, халлаан араас өңнөөх ракета уотунан күндээрдэ, 4 прожекторынан XX диэн сутаастыы суруйда. Биһиги палатабыт түннүгүнэн көрдүбүт. Бу 53 палата5а мин тумбам, устуулум түннүк аттыгар. Онон оронум баһыгар олорон штораны астым да уулусса5а туох буола турарын барытын көрөбүн.

10/V. Обход буолла. Операция5а бэлэмнии иликтэр.

11/V. Обход кэнниттэн банка уурдардым, сөтөллөбүн. Күнүс эбиэт кэнниттэн аллара проверка5а сырыттым. Ис турукпун көрдүлэр. Киэһэ харахпын көрдүлэр. Ол кэнниттэн киинэ5э сырыттым.

12/V. Манна улахан тыал буолла. Мин обход кэнниттэн утуйдум , 3-кэ операция буолар. Бүгүн ус киһиэхэ оңордулар, чэпчэкилэр. 13/V. Бүгүн операция5а бэлэмнииллэр. Сарсын сарсыардааңыга туох наада буолара барыта бэлэммин. Бэ5эһээ Москваттан Елялаахтан сурук туттум. Билигин III отделение ыарыһахтарын үксүн билэн эрэбин, быраастары, сиэстэрэлэри, ньээңкэлэри соччо билбэппин, арай ким обход оңорорун билэбин. Сарсыңңы күн наака ыарахан буолуо.

14/V. Пятница. Бүгүн ыраас үчүгэй күн. Миигин бэ5эһээңңиттэн операция5а бэлэмнээбиттэрэ, бу сарсыарда быһылларым буолуо, күүтэн олоробун. Киэһэ, сарсыарда аһаабатым. Бүгүн сарсыарда операция оңордулар, 5 уңуох кыырпа5ын тоноотулар, ыарыы сүрдээх, укуол эрэ көмөтүнэн сытабын. 15/V. Тугу да аһыах санаам суох, барым барыта бүлтэтэ суох. Бу дневникпин умса түһэ сытан суруйдум. Бу операция кэнниттэн биир сыл буолан оңоруохпут диир. Онон үтүө буоллахпына дойдулуом, тулуйуом да суох.

16/V. Өрөбүл күн. Мин бүгүн арыый үтүөбүн. Иван Трофимович хирург биир иһит арыгыны ыллаттарда, кыратык истим уонна аһаатым, эт-этим барыта ыалдьар. Бэйэбин нэһиилэ уйуттабын, киһи кырбаабыт киһитин курдукпун. Палата итиитэ да бэрт, мин биир бырастыынанан саптабын да көлөһүнүм олус барар, биир үксүн онтон бааһым ыалдьар. Дьоннорум уулусса5а тахсыбыттара. Мин со5ото5ун сытабын.

17/V. Бу түүн үчүгэйдик утуйдум, температурам да үчүгэй, только бааһым ыалдьар. Палаталартан табаарыстарым киирэн көрсө тураллар. Бүгүн операция кэннинээ5и бэрэбээски буолар. Сотору, быраас көңүллээтэ5инэ, туруом, көтөх буолан тулуйан сыппаппын. Мин сытан эрэ баран уңуохтарым бары тахсыбыттарын биллим. Таһырдьа маала тыаллаах, итии күн. Бэрэбээски кэнниттэн утуйдум, бааһым олус ыалдьар, уот сиирин курдук, түүлбэр ону-маны олус көрөбүн, үксүн үлүгүдэйэр эбиппин. Хам-түм уолаттарбын, дьоннорбун түһүүбүн.

18/V. Куһа5аннык утуйдум, киэһэ укуол ылбытым эрээри, үчүгэйдик утуйбатым. Биир үксүн биһиги палата5а биир сөбүгэр киһи баар – Коробкин Федор диэн Татария5а олохтоох киһи. Оло5о да диэн үлэ диэни үлэлээбэтэх, сүрэ5э суох, III гр. инвалид, бааһа да улахан ыарахана суох. Пенсиятын иһэн бүтэрдэ5инэ госпиталга, балыыһа5а сытан талбытынан аһаан иитиллэр киһи эбит. Итинник дьоннору то5о государство аһылыгар сыһыаран иитэллэрэ буолла? Киһи муодаргыах, олус доруобай, иңсэлээх, сидьиң тыллаах, батыгаһа суох, уулусса5а тахсан дьонтон умналыыр. Олох сидьиң чиэрбэлэрэ кэм да онно-манна бааллар. Бүгүн Мишаттан перевод – 15 солкуобай, Комсомольскай куораттан Архиптан сурук туттум. Турдахпына суруталыам, дьиэбиттэн сурук суох, ба5ар почта сылдьыбата буолуо. Манна 8.20 мүн. буолла, биһиэхэ 11.20 буолта буолуо.

19/V. Бу түүн үчүгэйдик утуйдум. Дьоммун, о5олорбун ахтабын, түүн түһээн көрөбүн, наака сотору үтүөрэн дьиэбэр барарым буолуо, биир сыл туолуор диэри манна тугу гына сытыамый. Иккис операция сотору оңоһуллубат буолла5ына, билиэтим срога бүтэн хаалла5ына сатаммат. Манна Омскайга күн аайы тыал түһэр, чугас эргин маһа суох, степь буолан быыллаах, массыынанан сиргэ уу ыстараллар да улаханнык туһалаабат.

20/V. Бөлүүн укуола суох утуйдум. Күнүс бэрэбээски оңордулар, соччо аһаабатым. Билигин дьоннорбор сурук суруталыам, суруйар сирим элбэх.

21/V. Үчүгэйдик утуйар буолан эрэбин. Бүгүн уулусса5а чуумпу. Үүннэрии мастар сайыңңы киэргэллэринэн долгулдьуйа хамсыыллар, тимир лиис сарайдаах таас дьиэлэр, харах ыларынан, күн уотугар кыһыл кырааскалара кытыастан субуллан бара тураллар. Манна өйдөөн көрдөххө, тутуулара хайдах сатанарынан, бэрээдэгэ суох, үөһэ-аллара, лүңкүр-лаңкыр тураллар эбит.

22/V. Операция кэнниттэн бүгүн саңа турдум, төбөм эргийэр да буоллар бэрэбээскигэ, сорукпар баран кэллим.

23/V. Өрөбүлгэ обход буолбата. 10 - 11 чааска диэри уулусса5а массыына сырыыта тохтоон, Гагарин уулусса5а пионердар парадтара буолла. Бары кыһыл түөстээх эдэркээн көлүөнэлэр. Манна самыыр түспэт, күн аайы тыал, кураан буолар. Госпиталга сытар ыарыһахтар итириктээтэхтэринэ, сарсыныгар таһааран иһэллэр, ол үрдүнэн убайдар кыайан туттумматтар, иһэллэр. Мин ата5ым бааһа ыалдьар, уруккутун курдук аалара уурайда, бааһым үтүөрдэ да дойдулуубун. Төрөөбүт Сахам сирэ барахсан билигин үчүгэй да буолуо. Саас кэлэн кө5өрөн а5ай турда5а дии. До5орум Кия үлэтигэр бараары, о5олорун сарсыарда эрдэ туруоран, ууларын ханнарбата буолуо. Наака Саша, Алеша кыыһыраллара буолуо, Луя үөрэ5эр хайдах иһэрэ буолла? Онтон Сима шофер киһи эрдэлээн эрдэ5э буолуо. Дьонум, дьонум… Мин сотору тиийиэм, барыта этэңңэ ааста. Госпиталь таас дьиэтигэр уонна операция5а ииммит куба5ай хааным ыраас, сибиэһэй салгыңңа сотору чөлүгэр түһүө. Мин эдэр сааспыттан, хонуу ортотугар со5отох дуубу тыал эрийэн мускуйарын курдук, оло5ум дьоллоох буоларыгар уһуннук-элбэхтик эриллэн-эрчиллэн, бу билиңңи үтүө дэлэгэй олоххо, үөрэ¬-көтө, кэрэттэн кэрэни күнтэн күн эрэллээхтик күүтэбин.

24/V. Понедельник. Бэрэбээски кэнниттэн утуйдум, таһырдьа таһаарбаттар.

25/V. Таһырдьа самыырдыыр. Күнүс ата5ым ыалдьан уонна түүн аанньа утуйбакка күнү куһа5аннык атаардым.

26/V. Бу түүн үчүгэйдик утуйдум буолан баран ата5ым ыалдьар, тигиибин көтүрдэхтэринэ үчүгэй буолара дуу? Бүгүн бэрэбээскигэ ылгыыллара буоллар арыый ыарыыта намтыа этэ. Манна кэлэн баран операция эрэ кэнниттэн ыарыыбын намтатар укуол ылбытым. Палатабыт тымныы. Николай уонна Саша буоламмыт шахматтаатыбыт. Мин куһа5аннык оонньуубун быһыылаах, үксүн хотторобун. Билигин 11 чаас буолан эрэр, сотору иккис завтрак, онтон бэрэбээски.

27/V. Ардахтаах куһа5ан күн. Госпиталь тулата барыта сад, яблонялар сибэккилэрэ төгүрүһэн эрэллэр. Мин аны ханна да барбаппын, аллара түһүөхпүн сылааргыыбын. Дьоммуттан то5о эрэ сурук суох, то5о суруйбаттара буолла, сүрэ5элдьииллэрэ буолуо. Афоня аны үлэһит буолан суруйуон наадыйбат, кураанах эрэннэрии, ууну ытыйар кэриэтэ. Ата5ым үчүгэй буолла5ына бэйэбит да киһилии, үчүгэйдик олорор кыахтаахпыт.

28/V. Бу түүн биһиги 53 палатабытыгар Петухов диэн эдэр киһи, саанан ата5ын уллуңун дэңнэтэн киирдэ. Сашаны атын палата5а көһөрдүлэр. Билигин манна Коля, Василий Андреевич, Владислав Иванович уруккуттан бииргэ сытабыт. Мин да сотору дойдулуом. Саша бүгүн барар буолбут. Күнүс электрическай сардаңанан ата5ым бааһын эмтээтилэр.

29/V. Бүгүн эмиэ уокка эмтэнним, сотору бүтүө, оччо5о дьиэбэр барыам. Манна а5ыйах да мүнүүтэ5э таһырдьа таһаарбаттар. Салгын олус ыарахан. Палата5а саа5а дэңнэммит киһи бааһа улахана, сыта-сымара бэрт.

30/V. Өрөбүл буолан обход буолбата. Биһиги шахмат уонна домино оонньоотубут. Коля биһикки иккис этээс балконугар өр олордубут, Коля миигин икки төгүл снимокка түһэрдэ, сотору таһаарыа, маннаа5ы Омскай госпиталын объегын устуом диэбитэ, кэлин көрө сылдьыллыа.

31/V. Үчүгэй күн. Биһиги палатабытыттан биир киһи таһаарылынна. Уокка эмтэнэн баран балкоңңа тахсан олоробун. Уулусса5а кэлии-барыы үгэнэ.

1/VI - 2/VI. Бу күннэргэ обход буолбата. Уокка эмтэнэбин, бааһым үчүгэй буолан эрэр. Аны биэстэ ылан баран наака дойдулуурум буолуо.

3/VI - 4/VI. Туох да уларыйыы суох, уруккутун курдук. Бүгүн хирург Иван Трофимович понедельникка таһаарыам диэн эрэннэрэр. Күнүс душка сууннум, таңаспын уларыттым. Бааһым оһо илик, хирург үрдүгэр балыыһа5а бэрэбээски оңотторор курдук справка биэриэм диир. Ба5ар буоллун, манна хаалан да көдьүүс суох, соччо эмтээбэт эбиттэр. Үгүстэр дойдуларыгар соруйан бараллар, условие куһа5анын иһин.

5/VI. Бүгүн Иван Трофимович аныгы нэдиэлэ5э диэри тохтоон эрэ5ин диэтэ. Хас неделя буолуо өссө биллибэт.

6/VI. Өрөбүл күн обход буолбат. Биһиги хаартыска5а түстүбүт уонна уулусса5а тахсан садка олордубут.

7/VI. Бүгүн уокка эмтэнним, ата5ым бааһа үтүөрэн эрэр. Васяттан (Красноярскайтан) сурук ыллым.

8/VI. Бүгүн обходка Ксения Константиновна сырытта, дьиэ5эр көңүллүөм диир. Манна биһиги палата5а икки ыарахан ыалдьааччы баар. Палатабыт олус ыарахан, бааһым өтөрүнэн оһуо суох быһыылаах, дьиэбэр бардахпына сатанар.

9/VI. Бүгүн обходка бары врачтар сырыттылар. Миигин 10/VI дьиэбэр көңүллүүр буоллулар.


Ким хайдах өйдүүрүй маны…

уларыт

Мин бу кыра суругум сиэр-майгы туһунан балачча ис хоһоонноох дии санааммын бары аа5ааччыларга сыаналатан, ким хайдах өйдүүрүй диэн суруйдум. Билиңңи бириэмэ5э ким тугунан мунчаарыан сөбүй? Биһиктээх оотуттан хаан-уруу Коммунистическай партия истиң кыһамньытынан туох барыта киһи туһугар ананан, былыргы өбүгэлэрбит өһүн хоһоонунуу «көмүс кытахха күөлэһийэн» иитиллэбит. Сир үрдүнээ5и бары үчүгэйи дьон-аймах уйгуланарын иннигэр, эйэ дэмнээх олох чэчирии-чэлгийэ турарын туһугар хас биирдии советскай киһи ис сүрэ5иттэн дьулуһар.

Мин 50 сааспар үктэммит киһи билиңңи кэмңэ олорон: «Билигин о5о сааһым үгэнэ буоллар эбитээ»- диибин. То5о? Урут, мин о5о сааспар саңа советскай былаас уһук тыа сирдэригэр ситэ-хото илигинэ биирдии өң-тот олохтоох баай сыдьааннара баар эрдэхтэринэ ийэм бокуонньук нуучча килиэбин тооромоһун былаатын муннугар түмэ түһэн а5алла5ына минньигэһин эриэхсит. Оччолорго биһиги тугу аһыырбытый? Бэрт кыра, дуона суох бурдукка буккуллубут бэс субатын мээккэлээн одул диэн оңороннор, онно булкуйан хааһы сиирбит. Дэң кэриэтэ лэппиэскэ буолара. Күнүс үксүн уңуох миинигэр тар ымдаан оңорон иһэрбит. Дьиэбит хотону кытта бииргэ буолара, көмүлүөк оһоххо үгүс мас оттуллара. Онон бириэмэ үксэ мас булуутугар ыытыллара. Таңас да туох кэпсэллээх буолуой, барыта куобах, торбос, убаһа тириитэ. Кыһын уот күүһүнэн олоруллара, тиэргэнтэн тэйиччи барбакка кыһыны туораныллара. Дьэ, билиңңи оло5у онно тэңнээтэххэ ырай оло5о буолбат дуо? Ким маны а5албытай, бэйэтэ устан кээлтэ дуу? Мин итинтэн сиэттэрэн туох санаалаахпыный?

Бу кэнники бириэмэ5э киһи аймах кэлэйиэн-хоргутуон курдук киһи оло5ор буортулаах күлүгээннии дьайыылар кэмэ суох күөрэйэр буоллулар. Туохтан? Барыта кэриэтэ арыгыттан сибээстээх. Мин бэйэм туспунан кыратык ахтан ааһыам. А5а дойду сэриитин кэнниттэн ата5ым оспокко сылдьан тостубута. Онтон ыла 1961 сылтан мэлдьи дьиэ5э олоробун. Урут арыгыны да иһэ түһэр этим. Дьиңинэн куһа5аннык иһэрим. Ону дьонум-сэргэм улаханнык буойсаллара, онтон кэлэйиэх да курдук буолбуттара.

Арыгы иһэ-иһэ киһиргээһин, буолары-буолбаты тыллаһыы, онно-манна охтуу, охсуу-охсуллуу, үлүйэ сыһа-сыһа өрүһүллүү, мааны таңаскын марайдааһын, көстөр көрүңнүүн көлбө5үрүү барыта ити арыгыттан буолара. Ким эйигин оннукка күһэйдэ? Акаары быһыы, бэйэни бэйэ буортулааһына, оло5у быртахтааһын, үчүгэйи куһа5анынан сутуйуу. Советскай киһи сиэригэр майгытыгар ханан да сыһыаннаспат быһыы буоларын ама ким өйдөөбөт буолуо5ай? Олох үчүгэйин иһин олус иһэбит дуо? Сымыйа ини. Мин урут иһэ сылдьыбыт буоламмын арыгы киһиэхэ туох буортуну оңорбутун ама хайдах билиэм суо5ай. Билигин арыгы тото истэрбин дии санаабаппын. Сыл, күн ааһан истэ5ин аайы киниттэн тэйдэр тэйэн иһэр курдукпун. Хомойо саныыбын урут то5о эрдэ өйдөммөтөхпүн, о5ус чурумчукутуттан сиэтиллэрин курдук арыгыга сиэттэрэ сылдьыбыппын. «Хорсунун иһин» мэтээли арыгы иһэн ылбытым дуо? Суох! Бу билиңңи уйгулаах оло5у көмүскээн буолбат этэ дуо?

Арыгы куһа5антан атыны тугу да а5албат. Дьиңинэн арыгыны олох иһиллиэ суохтаах диэн буолбатах, кэм кэрдиис иһинэн, ханнык күннэргэ ананара наада. Олох испэт буоллахха онноо5ор ордук.

Биһиэхэ билигин сорох иһэргэ илбиһирэн иһэр дьоннорбут туохха тиийэн эрэллэрий, ханнык хайысханан хаамалларый? Чугаһынан со5ус ыллахха 16-тан 35-гэр тиийэ саастаахтар саамай олохторун тиргилэ, эдэр чэгиэн бэйэлээхтэр, этэргэ дылы, туох наада буоларынан олороллор эбээт. Орто, үрдүкү үөрэ5и бүтэрэн дьон ортотугар саңа үлэлээн, үп-харчы өлөрөн аҕа саастаах, опыттаах үлэһиттэр кэккэлэригэр киирэн кырдьа5астары солбуйаллара ама үөрүүтэ суох буолуо дуо? Ол аата туйах үктээһинэ.

Үлэлииргэ олох үчүгэйэ-дэлэгэйэ, билиңңи кэмңэ ама ким үөрбэккэ-көппөккө сылдьан аатыгар эрэ уһаарыллыан сөбүй? Арай арыгыны эрэ сырсааччылар оннук буолуохтарын сөптөөх. Ийэ-аҕа арыгынан дьарыктанар буолла5ына кинилэр о5олоро майгы-сиэр өттүнэн халы-мааргы буола иитиллэллэр, үөрэ5и кыайан ситиспэт, общественнай сирдэргэ сиэри таһынан мэниктиир, үөхсэр буолаллар. Онно ким буруйдаа5ый? Төрөппүт! О5о төрүө5үттэн дьиикэй буола төрөөбөтө биллэр. О5о5о иитии үлэ салгын кэриэтэ наада. Оскуола саастаахтарга учуутал улахан оруолу ылар. Күннээ5и уруогунан эрэ муңурдаммакка төрөппүттэри кытта ыкса сибээстээхтик, хас биирдии о5ону, ханнык кылааска үөрэнэриттэн тутулуга суох, дьиэлэригэр, оскуола5а, уулусса5а хайдах тута сылдьалларыгар бол5омтону ууруллуохтаах. О5о киинэтигэр учууталлартан дьуһуурустуба наада.

Сорох о5олор киинэҕэ рогаткалаах, талахтаах кэлэннэр о5ону ытыалыыллар, саабыланан быһыта кырбыыллар, үөгүү-хаһыы, ойуокалааһын, үтүлүк-бэргэһэ устуллубат. Оттон кыайтарбыттар киинэни көрөллөрүн оннугар ытаан-ытаан баран төннөллөрө, бу тугуй? Биһиги о5олорбут общественнай миэстэ5э бэрээдэккэ иитиллэн иһэр быһыылара дуо?

Баар итэ5эстэри туоратарга чэгиэн өйдөөх-санаалаах дьоннор наадалар. Хомойуох иһин, биһиги ортобутугар учууталлар бэйэлэринэн итирэн баран, тиэри-маары үктэнэ сылдьар буолаллар. Уулуссаҕа оҕолор кыс ортото сыгынньах мэниктии сылдьар буолаллар. Оттон учуутал кинилэр аттыларынан ааһан хаалар. Бу о5о сыыстаран ыалдьыа, хас да үөрэх күнүн көтүтүө, өссө хойуккутун улахан буортулаа5ы оңостуо. Бу маныаха учуутал то5о кыһаммата? Бэйэтэ нэһиилэ иһэр итирик – ол иһин. Төрөппүттэртэн көрдөхтөрүнэ- атын киһи о5ото сырыттын ээ – диэн буолар. Дьэ итинтэн көстөр, бэйэ эрэ иннигэр дьулуруйуу, атыттары аахайбат буолуу. Кыра5а кыһаллыбат улаатымсыйыы. Мантан салгыы үгүс холобурдары таарыйан ааһыахха сөп.

Сүрүн сирэйгэ