Данилов Никита Павлович хоһоонноро

Данилов Никита Павлович хоһоонноро


== Бэйэм туспунан биир ырыа ==

Уустук уран тыллардаах
Убай быраат дьоннорбор
Умсугуйар ба5алаах
Устан ааспыт олохпор

Эрчим тылы булбакка
Эрэйдэнэн сэнэнэ
Ба5а санам туолбакка
Бала5аммар кистэнэн

О5о сааспын барааммын
Оһуор тылы аспатым
Кинигэни аа5аммын
Кэриитин да булбатым

Өйдөөн кэллим өр сылы
Өйтөн сүппэт санаабын
Этиим эрэ биир тылы
Истиң сандал ырабын

Ымсыгырбыт өр буолла
Ыллыым эрэ ырыабар
А5ал эрэ эн суолла
Айар дьо5ур талааммар

То5о чуумпу чуңкуйан
Тугу эмит эппэппин,
О5о сааһы аһыйан
Олорорбун билбэппин

Кэлбит кэрэ кэмнэрим
Кэскил уйгу быйаңар
Торолуйбут сирдэрим
Тупсан турар ньууругар

Тугу эппэт буолуомуй
Тула бары көр-үөрүү
Хайдах туңуй туруомуй
Харахпынан наар хайгыы.


***

Ааспыт сэрии кэмигэр
Армия5а баар этим
Сидьиң өстөөх сүүһүгэр
Сиэртибэтин биэрбитим

Илин ар5аа хаампытым
Ийэ сирбин көмүскээн
Хааммын сиргэ тохпутум
Хаста эмит сыппытым.

Өйдүү саныы сылдьарым
Үүммүт Сахам дойдутун,
Түүлбэр мээрин түһүүрүм
Түүңңү сөрүүн чуумпутун.

Хойуу оттоох алааска
Хотуур тыаһа сыыйарын
Колхоз кыыһа Ааныска
Хоһоон ырыа ыллыырын.

Көрдөөх үлэ быыһыгар
Көлөһүммүн сотторбун
Иирэ отуу анныгар
Эбиэттээри сойорбун

Сахам сирэ барахсан
Сардаңатын санатар
Ханна эмит арахсан
Хаампыт иһин саньыһар

Оччотоо5у ыар кэмңэ
Олох таайар кыаллыбат
Субу этэр кэпсээңңэ
 Суруйарым тупсубат

Балка маспар чиэстэнэн
Барыам иһин суол ыраах
Үөрэхпинэн сирдэтэн
Үлэлиэхпэр өй чычаас

Ол да буоллар хайда5ый
Олорбутум ордук дуу?
Саныыр санам сымса5ай
Сайы эппэт муңум дуу?

***

== Бүлүүчээн бөһүөлэгэр ==

Өйдүүбүн биир сыллаах кыһыны
Өрдөө5ү ааспыт кэм ыардарын
Оччо5о мин кыра уолчааны
Оскуола үөрэ5эр биэртэрин

Тохсунньу ыйдаа5ы тымныыга
Тобугум кытаран сылдьара
Төрөөбүт мин ийэм ыарыыга
Түөртээхпэр өлбүтэ дииллэрэ

Ол кэмңэ мин а5ам огдообо
Олоорто бэрт элбэх тыынньалаах
Оскуолам да5аны ыраа5а
О5о5о сылдьарбар сылаалаах

То5устаах буомтук уол тооһоңноон
Торбуйах этэрбэс чооһур5аан
Тардаммыт хааһынан ол хабан
Чээй иһэн дьиэбиттэн итииргээн

Иитиллэн үөрэммит оскуолам
Иннибэр бу турар былаахтаах
Оччо5о оонньоспут кырдалым
Оо! Кэрэ билигин сыаналаах.

Түһүөлээн чомполуур Бүлүүбүн
Туохтаа5ар да5аны саныыбын
Билигин чаанньыкпын өрөбүн
Минньигэс уутунан аһыыбын

***

Аастылар атаахтыыр саастарым
Аастыйан көстүбүт баттахпар
Күн аайы эрэйдиир баастарым
Күүттүлэр чугаһаан хоруоппар

Сол эрэн сонньуйар сатаммат
Сор ааһан соргуга кэллибит
Өлөргө илиини баттаммат
Өстөөхтөн иэстэһэн ситтибит

Олоххо сиэртибэ буолбуттар
Охсуһуу уотугар өлбүттэр
Аартык-суол ааннарын аспыттар
Ааттара бар дьонтон сүппэтин

Түөрт уон биир сыллаа5ы сайыңңа
Түөрт уонча эдэр уол барбыта
Ол кыһын тиийбиппит фроңңа
Ол онтон уончабыт хаалбыта

Сорохпут кэлбитэ тайахтаах
Со5отох дугунар атахтаах
Субу мин турабын ырыалаах
Сол кэми санатар санаалаах

Кирдиктэн кистэнэр сатаммат
Килбиэннээх дьол аана аһа5ас
Сорохпун суруйуом кыаллыбат
Сорбор мин үөрэ5им тура5ас

Бу манна килбэйэр кириэстээх
Бүтүннүү мөһүүрэ киэргэллээх
Албыннаан астыммыт үгэстээх
А5абыыт дьаарбайбыт тиэргэннээх

Бүлүүчээн бөһүөлэк киинигэр
Бүгүңңү көстүүтүн хоһоргуум
Аа5ааччым биһириэн иннигэр
Астынан олорон суруйуом

***

Иннибэр элбэх дьиэ кэдэйэр
Иккилии кэккэнэн тардыллар
Аллараа долгуйа нэлэйэр
Аатырбыт Бүлүүкэм сыыйыллар

Сиэркилэ мэндээрэр уутугар
Сирэйиң ньуурдарын сууна5ын
Ньургуһун тулалаах биэрэгэр
До5оргун долгуйа күүтэ5ин

Солко күөх ленталыы субуллар
Субурхай ып-ыраас кытыллаах
Кып-кыһыл кырылыы суураллар
Кырааска былаастаах кырдаллаах

Ол үөһэ оттонор хочолоох
Улуу маар «Кэңкэмэ» үрэхтээх
Күөлүгэр күндү баай соболоох
Күөгүгэ иилиллэр күөнэхтээх

Бу буолар биһиги колхозпут
Быйаң дуол дохуоттаах
Киэргэйэр чэлгийэр олохпут
Кэскиллээх суолунан барыахпыт

Трактор тутуу мас таһар
Толору тиэйиилээх бу иһэр
«Петя уол былаанын куоһарар
Бэртээхэй маладьыас» - дэһэллэр

Сотору мас эрбиир туруо5а
Суортаммыт бэс маһы тыырыа5а
Саңа дьиэ сарайа сааллыа5а
Саһар5ам уоттара сайыа5а

Бу колхоз оло5ун салайар
 Петр диэн коммунист Данилов
Дьон норуот иннигэр дьулуйар
Дьо5урдаах үлэтин тобулар.

Билигин ферма5а дэлэй от
Биэдэрэ муңунан туолла үүт
Биһиэхэ сүөһүбүт бары тот
Бэриллэр былааммыт ааһыа, күүт.

Дьөгүөр уол ыанньыксыт бастыңа
До5оро Уйбаанныын куотуспут
Кинилэр иккиэлэр колхозка
Доярка буоларга тылламмыт.

Күн аайы күөдьүйдэ көх үлэ
Көрүө5үң аа5ааччы эн маны
Хара тыа толбонноох киэргэлэ
Хап-хара саһыллаах «Маркыһы».

Саныыбын бу туран өрдөө5ү
«Сайдыы» диэн артыалга киирбиппин
Кылааттан үллэстэн түүтэ5и
Дохуоппар ыламмын үөрбүппүн.

Ол сытар буола5а кэлэммин
О5уһу суха5а сиэтэрбин
Киэһэтин сылайан эстэммин
Килиэппин сиэбэккэ сытарым.

Оччо5о бу манна баар этэ
Уончака ахсааннаах эргэ дьиэ
Ол онтон оппотох иччитэ
Олорон ааспыттар ыар кэмңэ.

Билигин саңалыы формалаах
Бэрт дэлэй миэстэлээх бөһүөлэк
Дьиэ5э киир барыта сууйуулаах
Дьэрэкээн ойуулаах көбүөрдээх.

Сынньанан сылаастык сытаңңын
Москва ырыатын истэ5ин
Ильич уоттарын аһаңңын
Кинигэ, сурунаал аа5а5ын.

Тапталлаах коммунист партия
Тут эрэ үөрүүлээх ырыабын
Бу уйгу быйаңңар тиэлийэ
Муңутуур дьолломмут санаабын

1958 сыл Бүлүүчээн.

***


== Сарсыардааңы ырыалар ==

Күндэл күнүм күөрэйэн
Көмүс кыымын ыһыыта
Мүөттээх тигии кэрийэн
Мустан аһыы тахсыыта

Сибэккиттэн сиик түһэн
Сэбирдэ5ин тириитэ,
Хоммут ынах уу иһэн
Хотонугар киириитэ.

Сылаас орон хомуллан
Сырыыларым буоллулар
Күнүм уота кутуллан
Күлүмүрдүү тыктылар.

Коммунизм сылынан
Хотуулаахтык үлэлии
Эйэ истиң тылынан
Эдэрдэри кэскиллии

Сарсыардааңы салгынтан
Саңа эрчим иитиллэн
Дьоллоох дойдум буоруттан
Дьонум бары түмүллэн

Көхтөөх үлэ күөдьүйдэ
Көрдөөх ырыа аргыстаан
Сүрэх түөскэ битийдэ
Сүүрэр көтөр кынаттаан.

***


== Төрөөбүт дойдубут таптала ==

Төрөөбүт үөскээбит дойдубун
Төһөлөөх сүрэхтэн ахтарбын
Кус ытар, от охсор хонуубун
Куруутун иңэрэн саныырбын

Аа5ааччы ардыгар сиилиэ5иң
Арыйан сыаналыаң иннигэр
Ба5ар эн биһирээн билиэ5иң
Бэрт ыраах тэйиччи сылдьаргар.

Онноо5ор охсуһуу уотугар
Окуопка сыңаһа буоругар
Бинтиэпкэ тэң тимир уоһугар
Бигэнэн кыратык нуктуургар

Эдэр кыыс мичээрин кэриэтэ
Иннибэр элэңнээн көстөрө
Кып-кыһыл дьэдьэннээх кэриитэ
Кыламан быыһынан көтөрө.

Ол түүлтэн уо5уран уһуктан
Олоххун, норуоккун таптыырың
Ып-ыраас ийэ сир буоруттан
Ылаңңын ымсыыра сыллыырың

Көр оннук ымсыырдар тапталлаах
Көңүл дьол норуотун дойдута
Бары биир бырааттыы санаалаах
Биһиги совет сир норуота.

Ол иһин дьулуспут дьыл5абыт
Олохпут уйгутун а5аалта
Кэскиллиир инники хардыыбыт
Коммунизм төрүт бэлиэтэ

Бу ыйар партия программата
Биһиги сүрэхпит ба5ата
Кэнчээри ыччаппыт уйата
Киэргэнэр симэнэр дууһата

Хаһан да хаанымсах үөрдэрэ
Халлааңңа халаахтыы көттүннэр
Капитал сиэмэтин үөннэрэ
Халаары салбанан үөмтүннэр

Туруохпут биир ньыгыл кэккэ5э
Тутум да сирбитин биэрбэккэ
Түмсүө5э көңүлгэ эйэ5э
Дьулуһар сир үрдүн норуота

Кыа хааны то5оммут уһааран
Кырыстаан үүннэрбит ийэ сир
Үйэттэн үйэ5э бар5аран
Үөлээннэх ыччаккын түмэ тур

Сүүһүнэн сылларга сүппэтин
Сүрэхпит ба5атын суруйан
Ийэ сир тапталын бигэтик
Иңэрэн хаалыа5ың хоһуйан.
 

***
== До5оччуок, тур ыллыах ==

Сахалыы саңаран
Санаабын суруйан
Долгуйар ырыанан
До5орбор хоһуйан

Үлэ5эр, үөрэххэр
Үөрүүгэр үөрсэммин
Тэтимнээх сүрэххэр
Тэң күүскэ тэпсэммин

Утуйан сытаңңын
Умнубат уустуктук
Ырыабын ыллааңңын
Ымсыырдар курдуктук

Олохпут уйгутун
Ойуулаан оһуордаан
Сахабыт норуотун
Саргытын уруйдаан

Үүнүүлээх хонууну
Үүт-сүөгэй өлгөмүн
Үөскэлэң сүөһүнү
Үлэбит өргөһүн

Кынаттыыр ырыалаах
Кыттыһан сылдьаммыт
Инники хардыылаах
Илиинэн ылсаммыт

Колхозка албаннаах
Хорсун уол-кыыс буолуох
Хотоңңо ынах ыах
Хонууга от охсуох

Үрдүктүк көтүөххэ
Үгүһү айыахха
Үлэттэн үүнүөххэ
Үөрүөххэ, ыллыахха

Үйэбит үтүөтүн
Үүннэрэн таһаарбыт
Хаан уруу баартыйам
Хайдахтаах кэрэний

До5оччуок, тур ыллыах
Дуораччы кэл, тардыах
Умнуспат курдуктук
Уруйдуох уустуктук.

1962 сыл. Бүлүүчээн

***

== Көмүс күһүн ==

Көмүс күһүн
Көһөн кэлбит,
Көнчөх куһум
Күөлгэ киирбит

Түүңңү туман
Түһэн сыылбыт
Суор5ан сабан
Суулаан таалбыт

Симэх киэргэл
Ситэн бүттэ
Иинэн түһэн
Иңэн сүттэ

Үрдүк үүнүү
Үөскэл төрүөх
Үөрүү-көтүү
Үгэннээбит.




== Кэриэс ==

Үйэм кылгаан өлөр сааспар
Үөрүүм дьоло – о5ом хаалла
Икки уолбар уонна кыыспар
Этэн кээһиэм кэриэс тылла.

Ба5ар хойут аргыс буолуо
А5а ыраас дьыл5а тыла
Үүнэр үктэл муоста уурсуо
Үтүө кэскил күүтэр сыла

Олоххутун мэлдьи таптааң
О5о саастан чиэстээх буолуң
Кыамматтары чуо убаастааң
Кыраларга сүбэ буолуң

Бэрдимсийэр отой сыыһа
Мэлдьи сэмэй буола үүнүң
Үөрэх, билии – дьол аргыһа
Олох дьолун онтон булуң

Сибэккиттэн сибэккини
Сирэн-талан муңнанымаң
Сирий, көрдөө чуо кинини
Син биир булуоң, айманыма.

До5оргутун хоргутумаң
Туспа саппаас көрдөһүмэң
Туора ыалга буккуһумаң
Дууһа5ытын эрэйдээмэң.

Дьиңнээх таптал – сүрэх кыыма
Дьэбин иңмэт олох төрдө.
Үлэттэн эрэ дьоллонуң
Үйэлээхтик өйдөө-санаа.

Үчүгэйдик олордоххо
Үлэң, өйүң аһыллааччы
Күнүүлэһэн сордонноххо
Күн-дьыл күлүк түһэрээччи.

Кэриэс тылбын кэпсиир буолуң
Кэнэ5эски ыччаттарбар
Кэлэр кэмңэ кэскиллэриң
Кэтириирин туһугар.



== Саары этэрбэс ==

Сахам төрүт таңаһа –
Саңа саары этэрбэс.
Дьураа оһуор тумуһа
Тупса5айа да олус.

Чэпчэкитик дэгэтэн
Дьиэрэңкэйдээн тэйиэххэ,
Оһуокайдаан күөрэтэн
Ойон-тэбэн иһиэххэ.

Сымна5аһың, сылааһың,
Сылаппатың, эспэтиң
Талба таңас эбиккин
Таптаан таңныа эбиппин.

Саппыкыбын солбуйан
Саарыларбын мин кэтиэм.
До5оччукпун соруйсан
Тумустатан киэргэтиэм.

***

***

                            
== Саас ==

Үөскээбит алааспар
Үчүгэй да эбит,
Кыһыннаах кыраайбар
Кыс тахсан киэркэйэн.

Мутукча сытынан
Муңутуу дыргыйбыт,
Ньургуһун сибэкки
Долгуйа наскыйбыт.

Сибэкки өңүнэн
Симэнэн чэлгийбит,
Күөх көбүөр тэлгэнэн
Күөгэйэ илгийбит.

Тумустаах ырыата
Тулабар чуубур5ас,
Кө5өн кус саңата
Күөллэрбэр маатыр5ас.

Сөрүүн тыал сиккиэрэ
Сүрэхпэр куустуста,
До5орум мичээрэ
Дууһабын долгутта.

***

        
== Сайын ==

Күөх сайын кэлиитэ
Күннүктээн тахсаммын,
Күөмэйдээх үтүөтэ
Күөрэгэй буоламмын,

Көмүөлүм мууһунуу
Көй үөрдээх сүөһүбүн,
Үрэ5им уутунуу
Үүт сүөгэй өлгөмүн,

Бурдугум үүнүүтэ
Муңутуу тэппитин,
Үлэбит үөрүүтэ
Үгэнниир кэмнэрин,

Уйгу дьол олохпун
Уруйдуу туойдарбыан,
Айыл5ам оһуорун
Астына айдарбыан

Үөскээбит алааспар
Үчүгэй да эбит,
Кыһыннаах кыраайбар
Кыс тахсан киэргэйэр.

            (1966 с., Бүлүүчээн)

                         ***

Өллөхпүнэ миигин кистээң
Өрүс үрдүк томторугар,
Балыктаспыт Кэңкэмэбэр,
Бырааттарым тастарыгар.

Удьуор саха миэрэтинэн
Урууларбар ыаллыы сытыам,
Кэриэс тылм этиитинэн
Кэлин ба5ар көрө сытыам.
                       ***

Эн, Бүлүү эбэкэм,
Эңсиллэр биэрэккэр
Килбиэннээх кэрэ кэм
ГЭС уотун тиирбиккэр

Хоһоонум махтала
Холбоһон үөрүстэ,
Сүрэ5им таптала
Сүүрүкпэр кыттыста.

Өбүгэм са5аттан
Үрдүгэр сүктэрсэн,
Күлүмнэс уугуттан
Күүс утах киллэрсэн,

Өлгөм баай булкуттан
Үллэстэн тииспитим,
Өнүгэс угуттан
Үргэһэн үүммүтүм,

Будуллар буур5а5ар
Буспутум-хаппытым,
Хадаар таас хайа5ар
Хаарынан хаампытым,

Үрүң күн аннынан
Үйэ кэм аалсыһан,
О5о саас алтыһан
Оло5ум устуһан,

Үөскээбит Бүлүүбүн
Өңөйөн тураммын,
Кэрэни көрдүүбүн
Долгуйа таптааммын.

Эн дэлэй ууң курдук
Элбэ5и айсаары
Күн сирин күндүтүн
Көрүлүү туойсаары,
Күлүмнэс уугуттан
Күүс-күдэх тииһээри.


             ***

Үөскээбит Бүлүүбүн
Өңөйөн тураммын,
Эдэрбин өйдүүбүн
Эргитэ санааммын.

Биэстээхпэр мэник уол
Биэрэккэр сүүрбүтүм
Хаалбатах кыра да суол –
Ханна да көрбөтүм.

Хонук сыл куотуһан
Хоонньоһон ааспыттар,
Сүүрүккэр устуһан
Сүгүллэн куоппуттар.

Сор содул бырта5ын
Суолларын сууйбуттар,
Аат ааргы айа5ын
Ааннарын саппыттар.

Сарсыарда сарыал күн
Сандаарын кэриттэ,
Үйэ5э үүммүккүн
Үйэ дьол үөрүүтэ.

             ***

Уу иһэн улааппыт Бүлүүбүн
Умуллан сүппэттик таптыыбын,
Оло5ум кэскилин көрдүүбүн,
Ол иһин бу ырыа ыллыыбын.

Үйэттэн үйэ5э тиийдэрбин
Үөскээбит Бүлүүбүн хоһуйсан,
Түөспүнэн үтүһэн үөрдэрбин
Төрөөбүт дойдубар суол уурсан.

Хомсомуол сааспыттан туруммут
Хоммуунам оло5ун ситэрсэн,
Сэрииттэн баас ылан сордоммут
Сэймэхпин оһорон үтүөрсэн,
 

Эрдэлээн ииннэнэн саспакка,
Эйэ5э уостубат дьулуурбун
Хаһаанан хаххалаан хаалбакка
Харыбар баар күүһү, дьо5урбун

Бар дьонум дьолугар аныа5ым
Бар5ара чэлгийэ туруң диэн,
Оло5ум кэрэтин ыллыа5ым,
Ордугун о5обор хаалларыам.

                       ***

Үөскээн үүммүт мин Бүлүүм
Үчүгэйин, кэрэтин,
Үрүң күнүм үүнүүтүн
Үөрэ-көтө хоһуйуум.

Сааскы намыын сарсыарда
Са5ах үрдүн кыыһыыта
Мөһүүрэлии мөлбөйдө
Бүлүү эбэм киэң иэнэ.

Кэдээл кэрии тыаларга
Кэ5э этэн чоргуйда,
Ньургуһуннаах кырдалга
Туруйа буолан чугдаарда.

Хомолорго хонуктаан
Хоңор хааһым күөрэйдэ,
Арай умсаах чалбааттаан
Аһаан, суунан мэччийдэ.

Үрдэллэргэ үөмэхтээн
Үөрдээх сүөһү субуста,
Бөһүөлэктээн бөтүөхтээн
Бөтүүк ыллаан булкуста.

Сарсыардааңы салгынныын
Саргы аана аһыллар,
Үллэр Бүлүүм баалыныын
Үктэл-хардыы ууруллар.

                    (1964 с., Бүлүүчээн)
***

== Дьээ буо, до5отторуом ==

Орто дойдубар
Оччотоо5у кэмңэ
Олохтоох сахам
Онно-манна
Олорор эрдэ5инэ
Олбох окко
О5о төрөтөн,
Көмүлүөк оһоххо
Көһүйэ иһиккэ
Күөстээн аһатан,
Туос биһиккэ
Тууйа баайан
Эмэх кутан
Иччэ5эйбин иңэрэн,
Иитэн харайбыт
Ийэ барахсан,
Эмиийин үүтүнэн
Эччийэн тахсан
Туулаан, туһахтаан
Тото аһаан
Тор5о таңаһы
Долуой билбэккэ
Торбос сонноох
Доодоңноһон.
Хотону кытта
Холбуу дьиэлээх
Хобдох оло5у
Хонуктаһан кэлэн
Коммунизмы тутар
Хорсун – хоодуот
Хотойдорбун кытта
Ходьойон олорон
Хоһоон айан
Хоммут уоспун
Хоңуннардым.

***

== Олох дьэбиннэрэ ==

Халың үбү сырсааччылар
Халты сыыһа туттараннар
Норуот үбүн уорааччылар
Туолбат истээх буочукалар

Аскын үрүт үрдүттэн
Аргыый а5ай кыламнатан
Албын саһыл хара5ынан
Албыннаһан, аралдьытан

Дуоһунаска өрө тахсаат
Тутум үрдээн сэгэс гынан
Бартыбыалын эрэ ылаат
Бардымсыйан далбаатанан

Хонтуораттан хоңнубатах
Хобулугун элэппэтэх
Остуол устуул иччилэрэ
Олох хаалбыт дьэбиннэрэ

Атын киһи үлэтинэн
Аатын суолун дарбатынан
Сыыппаранан күлүктэнэн
Сылаата суох эмньиктэнэн

Бурдук ыһан буккаспатах
Бугул оту мунньубатах
Киэргэл эрэ кэ5элэрэ
Кэнэн олох киһилэрэ

Өйдөөх кини эрэ буолбут
Үө5эн – мө5өн силбиэтэммит
Кыамматтарга кыһаллыбат
Кымаахтанан кыбыстыбат

Бэйэмсэхтэр, киһиргэстэр
Билигин да көбүөхтүүллэр
Ходуул оттуу үргэңнээннэр
Хонук хонсон тэпсэңнииллэр

Эргэ олох дьэбиннэрэ
Эмэх буолбут силистэрэ
Күлү сүөдэң сүүлүктэрэ
Көлдьүн кө5үс көстүүктэрэ.



  
== Өлбөт күнүм күөрэйдэ ==

Түүңңү түлүк сырдаан
Түөспэр сүрэх мө5үстэ,
Өлүү сыабын суйдаан
Өрө күүрдэн үөрүстэ.

Олох үөрдэ, кууста
О5о сааспын саныырдык,
Санаам кыыма кыыста
Сааскы үүнэр күн курдук.

Буулдьа бааҺа сүттэ,
БуҺан−оҺон чэрдийдэ,
Кэйэр укуол бүттэ,
КиҺи буолар кыах биэрдэ.

Үөрэх−билии үрдээн
Өлбөт күнүм күөрэйдэ,
Үтүө дьонум эмтээн
Өлөр ииммин бүөлээтэ.

             
== ******** ==
Ааспыт сэрии суола
Аалар дьар5а баас буолан,
Эдэр сааҺым сыла
Элэс гына суураллан,
 
Кырдьыам суо5а кылгаан
Кырдьык иҺин, дьол иҺин.
ДууҺам, өйүм−санаам −
Дойдум, дьонум, мин иэҺим.

Түөспэр тэбэр сүрэх −
Төрүүр о5ом төлкөтө,
Кэлэр кэскил тирэ5э,
Кэрэ кэмим иэйиитэ.

Сырдык, ыраас ырам
Сылтан сылы сылыттын,
Айар аргыс ырыам
Аймах дьоммор сылдьыстын.

                                     1966 с.
            

         
== Сахабыт күөх сааҺа ==

Сахабыт күөх сааҺа
Сайа5ас салгынныын
Сылдьарга сылааҺа
Сымала дыргыллыын

Сүрэ5и дьэгдьитэр,
Сүөгэйдии минньитэр,
Сибэкки тэлгэнэр,
Сир ийэң симэнэр.

Күөрэгэй дьурулуур
Күннүктээн дьырылыыр,
Кэрискэм үрдүгэр
Кэ5элэр этэллэр.

Түү көмүс чыычаа5ым
Түмүстэ, үөрдээтэ,
Чоп−чобуо тыллаа5ым
Чуубуургуу чупчаарда.

Күн уота сатыылаан
Күөх окко умуста,
Көр ырыа кутаалаан
Көй күргүөм куустуста.

Санаабыт сааскыта
Сандааран кэлэ5ин,
Олохпут уйгута
Ол курдук кэрэ5ин.
                               1965 с.

  
== Сааскы ырыалар ==

Сөрүүн тыалга бигэтэн
Сүрэх түөскэ ньүөлүйдэ,
Мүөттээх салгын минньитэн
Миигин тула эргийдэ.

Сытыы дыргыл сыттардаах
СыҺыы, хонуу быарыгар,
Долгун оҺуор дуйдардаах
Томтор үрүт хааҺыгар

Чыры−чырып чыычаахтар
Тырымыныы көттүлэр,
Туспа чобуо тыллаахтар
Чуубугуруу түстүлэр.

Сааскы күнүм барахсан
Сардаңата угуттаан,
Сахам сирэ кыс тахсан
Саргы сайын сабардаан,
Көхтөөх ырыа күөдьүйэн,
Көбүөр күө5ү бүрүйэн,
Сирим иэнэ киэргэйдэ,
Сибэккинэн тэлгэннэ,
Көхтөөх үлэ күөдьүйдэ
Көңүл сирим үрдүнэн.

  
== Сахам сирин сааҺа ==

Сахам сирин сааҺа
Салгына минньигэс,
Сылдьыахха сылааҺа
Сымна5ас, ичигэс.

Мутукча сытынан
Муннубар да5айар,
НьургуҺун отунан
Долгуйа нусхайар.

Дьырылас ырыалаах
Чыычаа5ым арыаллыыр,
Толору көй уулаах
Толоонум ды5аңныыр.

АаҺыгас сааскы кус
Аймана көтөллөр,
ҮөҺэнэн үөрдээх хаас
Үөмэхтээн аастылар.

ҮөҺээңңи кырдалбар
Үлэбит үгэнниир,
Бурдукпут ыһыллан
Быйаң буол, кэнэ5эс.

    

    
== Прощание ==

Сүүс да сылга дьуо5уран
Сүрэ5им таас буолбатын,
Көмүү буортан уо5уран
Күлүм үөрэ сытыахтын.

Тоһо5о мас анньыллан
Туоһу буолуо маннабын,
Чөмөх буорум ыһыллан
Чөкө, чуумпу сытарбын.

Күннээх дойдум үрдүгэр
КүүҺүм тиийбэт уҺуурга,
Ийэ сирим иэнигэр
Иитиллэргэ, сылдьарга.

         
== Сурук ==

Сурук күүтэр до5орбор
Сонун−нуомас тиэрдээри,
Туллараңныыр мин уолбар
Туттаран үөрдээри

Кыра санаам мунньуллан
Кынаттанан кый ыраах,
Айар тылым суруллан
Айаннаата ырыалаах.

То5ус ыйга эмтэнэн
Доруобуйам тубуста,
Тайах маспар тирэнэн
Тахсар буоллум таҺырдьа.

Сэймэк буолбут ата5ым
Сиикэй бааһа оһуо суох,
Үлтү барбыт уңуо5ум
Үүнэн эрэр, тостуо суох.

Эрбэх са5а уолчааммар
Этээр миигин кэлиэ диэн,
Сурук угар ыскааппар
Суулаан уурдун кэһиитин.

Күүтүң миигин күҺүөрү
Көнчөх көтөн ааһыыта
Туран хаамыам сотору,
Тутар гиипсэм хатыыта.

Урут оттуур алааспар
Ото ситэн турда5а,
Үүнэр−кэңиир колхуоспар
Үүтүн ыама туолла5а.

Үүнүң, үрдээң, үлэлээң,
Үлэ дьолун ылбахтааң,
Хорсун дьону иитэлээң
Коммунизм фронугар.
              (Сунтаар больницата, 1961 сыл)

    
== Билэ−билэ билбэт буолсан ==
       (Сатирическай хоҺоон)

Майгы−суобас этэринэн
БаҺаа5ырдан барсыбакка,
Кистэспэккэ кирдигинэн
Киэбирпэккэ, тупсарбакка

Ким тугунан тууҺаммытын
КэтэхтэҺэн кэпсэппэккэ,
СааҺылаҺыах санаабытын
СаҺыарбакка, кэтэспэккэ.

Эргэ олох сабыдыалын
Элэң−сэлэң элэмиэнин,
Уруккулуу көрүңнэрин,
Уратылаах өттүлэрин

Тутатына тургутуҺан,
Чорбоппокко туормастаҺан,
Чопчу ыйан донуостаҺан,
Дьон дьүүлүгэр туруорсуҺан,

Кириитикэ кыймыытынан
Кири−хо5у тэбэҺистэр,
Сатира уот тылларынан
СарылаҺан үтүрүстэр

ДуоҺунаска сүгүрүҺүү,
Тойомсуйан дьигиҺийии,
Күннээ5инэн көрүнүҺүү,
КөбүөлэҺэн күрэхтэҺии

БилсиҺиинэн бэрсиҺээҺин,
БиҺирэмңэ сипсиҺээҺин
Уора−көстө уунуҺааҺын,
Уопсай баайы ыскайдааҺын

ХомуллуҺан−холбоҺуҺан
Хонон−өрөөн айбардаҺыы,
АҺыы уунан утахтаҺан
Ахсым аттыы а5ылаҺыы

Өбүгэбит үгэҺинии
ҮчэҺэтэ туолуор диэри
То5ус төгүл сэмэлэнии
Туолла5ына уонна эстии,

Мунньан−мунньан мунтарыйан
Букатыннаахтык буруйдааҺын,
Кыл са5аттан өтүү сал5аан
Кыйдаан бары кыайыылааҺын

Улуутуйан олорууттан
Улахаңңа уурбатахтан
Көнүө5ү да көннөрбөттөн,
Көнньүөрүллэр биир утахтан

Билэ−билэ билбэт буолсан
Милииссийэ5э сэлээнниибит,
Итинник чэр иңэн хаалсан
Илим курдук мээр иирсэбит.

Кирдигинэн кэпсэттэххэ
Кимиэллээхтик киирсистэххэ,
Бука бары буортулаахтар
Буруйдаа5ы булуспаттар

ЧиэҺинэй дьон үлэтигэр
Чиэрбэ үөннүү эриллэллэр,
Эдэрдэрбит иитиитигэр
Эрэйбитин элбэтэллэр

Саталлаахтык салайсыахха
Сайа5астык саңарсыахха,
Тутатына турунсуохха
ТуҺалаа5ы оңорсуохха.
                           (Бүлүүчээн, 1966 с.)


      
== ОҺуохай ==

Соргу сайын кэлбиччэ
Сомо5очой сүрэхпэр
Суруйбалаан хаалбычча
ЭҺиэ−эҺиэ эҺиэхэй,
ОҺуо−оҺуо оҺуохай!

Ойон тахсар күннэрдээх
Орто дойду буоругар
Олохсуйан ууҺаабыт
Удьуор сахам дьонунуун
Уолба күөлүн са5аннан
О5уруолуу тиҺиллэн
О5онньордуун о5олуун
Уопсай оонньуу буолбучча
Олох саңа хардыытын
ОҺуохайга туойуо5уң
Ойон тэбэн биэриэ5иң.

Сандал сайын кэлиитэ
Сахам сирэ барахсан
Салгыннара минньийэн,
Сайылыгым тулата
Сибэккинэн чэлгийэн
Ситэн тупсан туруута,
Сэгэттэйбин кытары
Сиэттиспэлээн иҺэммин,
Сэмээр−сэмээр со5устук
Сэргэхсийэн сэгэйэн,
СэҺэннэрим тобуллан,
Самаан сайын күнүнүү
Сайан киирэр санаабын
Саха уус тылынан,
Сайдыы−хардыы кэминэн
СааҺылааммын саңаран,
Силистэрин ситэрэн,
Сибэккинэн тэллэрэн
Субу бэйэм түөлбэбэр
Сура5ырбыт оонньуубар
СуҺуохтаахпын субута,
Солко күө5э отторбун
Сотобунан охсоммун,
Үрүң хара буодьулаах,
Үрдүк мыраан тардыылаах,
Үгүс өлгөм бултардаах,
Үрүлүйэр сүүрүктээх,
Үстүүрүктүүр үөстэрдээх
Үллэр Бүлүү эбэбэр
Үтүргэннээх кэмнэргэ
Үчүгэйи билбэккэ
Үрэхтэргэ−тыаларга
Үүрүллээхтээн үөскээбит
ҮлэҺиттиир дьоннорум
Үрүң күнүм анныгар,
Үктэл буорум үрдүгэр,
Үүммүт көңүл үйэбэр
Үөрүү кыымын сандаардан,
Үлэ дьолун булсуҺан,
Үрдэллэргэр, хотоолгор
Үүттүгэннээх ынахпыт,
Үөскэл төрүөх сүөҺүбүт
ҮмүөрүҺэн үөрдүспүтэ
Кэрэкэтиэн эбитиэн.
ЭҺиэ−эҺиэ эҺиэхэй,
ОҺуо−оҺуо оҺуохай!

        
== Кынаттаах буолларбын ==

Эргийэн кэлбэккэ
Эдэр саас куотта дии,
Сонордоон сиппэккэ
Сорсуйуу буолла дии.

Кынаттаах буолларбыан,
Кый ыраах сырсаммын
Кытаахтаан ылларбыан
Кырдьыбат саастарбын.

Уон а5ыс саастанан
Уол о5о ааттанан
Ырыа5а ылланыам,
Ыксабар кыыстаныам.

Быыппастар быччыңнаах
БыҺый уол дэтиэ5им,
Үлэттэн албан аат
Үөрүүтүн билиэ5им.
                               (Бүлүүчээн, 1968 с.)

      
== Ба5а санаа ==

Төлөннөөх түөспүттэн
Төрөтөн таҺааран,
Үлэттэн, үөрэхтэн
УҺанан, уҺааран

Сүрэхпин биэрэммин
Сүүмэхтээн ыламмын,
Кэс тылбын этэммин,
Кэккэ5эр кыттаммын

Дойдубар, норуоппар
ТуҺаайан ыллыа5ым,
Кэнчээри ыччаппар
Кэскили аныа5ым.

Уйгулаах оло5ум
Оһуорун анньаммын,
Кэрэни туойуо5ум
Дьол суолун аҺаммын.


           *********

ХоҺооммун суруйан хааллардым
Хойут да сүппэтэр дии санаан,
Үгүс сыл хаардарын ууллардым
Өтө5үм таҺыгар саллаңнаан.

Үөрэ5им суо5уттан кэтиллэн
Үтүө тыл ута5ын испэтим,
Эдэр саас тэбиитэ этиллэн
Эһиэхэ тэнитэн биэрбэтим.

КыҺал5а кытаанах кэмигэр
Кырыктаах кыргыҺыы уотугар,
Тапталлаах Ийэ сир иэнигэр
Талаанньыт сабардыыр сылыгар

Эрэйдээх эңсилгэн суолунан
Эдэр уол сэриигэ барбытым,
Инники кирбиигэ тылланан
Илиибэр бинтиэпкэ ылбытым.

Субу мин со5отох хара5ым
Сордоммут норуоппун көрбүтэ,
Субу мин тостубут ата5ым
Субай хаан үрдүнэн сүүрбүтэ.

Хаарыаннаах эдэркээн дьоннорум
Хара5ым анныттан сүппүтэ,
Көрүөхтэн үчүгэй куоратым
Күл буолан күдэңңэ көппүтэ.

Сиэмэх үөр сидьиңэ сүрдээ5ин,
Сэриинэн сэймэктээн сииллэрин,
Эн, о5ом, иҺийэн истиэ5иң,
Эн а5аң абаран кэпсиирин.


                ***********
         
== КиҺи дьоло ==

Төрөппүт сүрэ5ин үөрүүтэ,
Төлөннөөх дууҺатын эрэлэ
О5о баар күн сирин күндүтэ,
Олохпут киэргэлэ, кэскилэ.

Дьон оло5ор туҺалааннар
Дьол диэн тугун билиэхтэрэ,
Үөрэнэннэр−уҺананнар
Хоодуот дьон буолуохтара.

Кэлэр кэми симиэхтэрэ,
КиҺи туох аналлаа5ын
О5олорбут өйдүөхтэрэ,
Олох, кэскил сыаналаа5ын.

           ************

Өлөрүөхсүт бииҺин хотон
Өрөгөйдөөх күммүт үүннэ,
Ийэ сиртэн ньимси сотон
Иллээх олох тиийэн кэллэ.

Түөскэ сөңмүт төлөн сүрэх
Төлө мөңөн көңүл тыынна,
Умса көрбүт уулаах харах
Уота сырдаан күлүм көрдө.

     
== Сүрэххэ ыллаҺыам ==

Нарыннык на5ыллык,
Намчы да со5устук,
Ис−киирбэх истиңник,
Иңимтиэ да курдук

Кэс тылбын суруйан
Киэргэтэ таңаммын,
ХоҺооммор хоҺуйан,
Хонук кэм ылсаммын

Ыччаппар кэскиллээн
Ырыабын айдарбыан,
Үйэттэн үйэлээн
Үүннэрэн хаалларбыан.

Оччо5о мин өлүүм,
Отой да суох буолуум,
Сүппэккэ сылдьыҺыам,
Сүрэххэ ыллаҺыам.
                                   (1966 с.)

   
== Төрөөбүт өтө5үм барахсан ==

Төрөөбүт өтө5үм барахсан
ТөҺө да аччыгый буолларгын,
Тула5ар ньургуҺун от тахсан
Долгуңнуу күөгэңнии тураргын
Сүрэхпэр иңэрэн сылдьаммын
Сүрдээ5ин саас аайы саныыбын,
То5оостоох кэмнэргэ тахсаммын
Томторгор табаахтаан ааҺабын.

Икки мас баттыҺах тайахпар
Илистэн, итииргээн кэлэммин
Кө5өрбүт сымна5ас кырыскар
Көхсүбүн сынньатан ыламмын
Күүс−күдэх эбинэн ылабын.

   
== Мин сүрэ5им ба5ата ==

Ырыабар−тойукпар ылларан
Ыарыыбын−дьар5абын умнабын,
Уус−уран тылынан тиҺэн,
Оһуор−бичик анньартан
Утуйарбын умнабын.

Дойдубар−норуоппар анааммын
Туойуохпун−ыллыахпын ба5аран,
Эдэр сааҺым эргиллэр.
Кэнчээри ыччаппар анааммын
Кэриэс−бэлэх хаалларыахпын
Мин сүрэ5им ба5арар.
Сырдык сүрэ5им дьулуура,
Таптыыр ырыам кыыма
Аргыс буолан сандааран,
Мин сүрэ5им ба5ата,
Тиллэ5ин−тиллибэккин,
ӨҺүс о5устуу дьүккүҺэн
СыҺыллан−соҺуллан сылата5ын.
Онтон мин хомойон
Абаран−сатаран тураммын,
Ырыабын−тойукпун сатарытан
Киэң Бүлүүм иэнигэр
То5о тэбээн ыллаан дуораҺытабын.
Мин ырыам, мин ырам
Ой дуораана буолан
Ол тумулбар охсуллар…
Онтон антах ааҺарын
Күүтэн бу олоробун.

   
== ХоҺоонум туҺунан санаа ==

ХоҺооннор холбоспот буоланнар
Хомойуох−хоргутуох курдукпун,
Ыарахан ыарыылар тууйаннар
Ырыабар ымсыыра муммуппун.

Силлэстиэм буолуо дуо? Ба5ар даа,
Сибэкки үүннэрэн, киэргэтэн,
Долгуйар дууҺабын уо5урдаа,
Дьол, эйэ кутаатын күөдьүтэн.

Мин саха айма5ым баай тылын
Саас үйэ тухары санатыым,
Күн сирин умсул5ан тапталын
Көңүл дьон сүрэ5эр анатыым.

Оччо5о кэнэ5эс ыччаппар
Оло5ум омооно хаалыа5а,
ХоҺуйбут хоҺоонум норуоппар
Хойут да ахтылла туруо5а.
                                              (1966 с.)
 
   
== КүҺүңңү хоҺоон ==

Көмүс күҺүн көҺөн кэлэн,
Күммүт кылгаан күлүк уҺуур,
Кыыдаан тымныы кымнььыы биллэн
Кыырпах хаарын кырыс тэлгиир.

Түлүк бараан түүнүм таалан,
Түүңңү туман түҺэн сыылла,
КүҺүн кэлэн, көтүү буолан
Көнчөх куҺум күөлгэ туолла.

Кумаар−бырдах тоңон сойдо,
Куттас куобах орох ойдо.
Атыыр тайах муоҺун сууйда,
Аарыма тиити хайа сыыйда.

Сыр5ан эҺэ дьиэтин булла,
Сылы туоруу сытан хаалла,
Симэх−киэргэл ситэн бүттэ,
Сиргэ түҺэн иңэн сүттэ.

Хомуур үлэ түҺэ туолла,
Колхоз дьоно быйаң ылла,
Үөрүү−көтүү күнэ буолла,
Үтүө сайын илгэ алла.

Саары кэтэр самаан сайын
Сахам сирин уураан ааста,
Ыл5аан ылар уйгу баайын
Ыллыы−ыллыы ыҺыах ыста.
                                           (1963 с.)

         
== Ийэм кэриэҺигэр ==

Икки мас тайахтаах
Иилиллэн кэллэ5им,
Үгүс дьон уңуохтаах
Үрдэли булла5ым.

Ийэккэм эрэйдээх
Эн манна сытта5ың,
Сууллубут кириэстээх
Субу баар буолла5ың.

От үүнэн бүрүйэн
Омоон да суох буолбут,
Элбэх хаар үллүйэн
Эйиэхэ ууллубут.

Түөрт уон биир сыллаахха
Түрбүөннээх кэмнэрбэр
Ол көстөр өтөххө
Охтубут сэргэбэр,

Сэриигэ барарбар
Сиэр аппын баайбытым,
Ас уурар ампаарбар
Аат быҺан хааллаартым.

Сүрэ5им көмүллүү
Сүр күүскэ тэппитэ,
Бар дьоммун көмүскүү
Барар күн кэлбитэ.

Кэлиэм диэн этэргэ
Кэбэ5эс тыл буолбат.
Эргиллэн кэлэргэр
Эрэнэр сатаммат.

«Хомсомуол бу түөспүн
Хорсуннук тоҺуйсуом,
Бу тэбэр сүрэхпин
Бар дьоммор иңэрсиэм».

Ахсым ат үрдүнэн
Анда5ар биэрэммин,
А5алаах ийэттэн
Арахсан барбытым.

Түллэңниир кимнэрдээх
Төлөннөөх түөспүнэн,
Эдэр саас эрчимнээх
Эрэллээх чиэспинэн
Инники кэскилбин
Эппинэн эппиэттээн,
Эргиллэн кэлэммин,
Ийэбэр түмүктээн,
Буор томтор үрдүгэр
Бу кэлэн олорон,
Кэриэс тыл ийэбэр
Хааллардым ырыабын.
 
Үчүгэй да күннэр
Үүннүлэр, ийэкээм,
Сэриини тохтотон
Дьолбутун буламмыт.

Урукку колхуоспут
Улаатта уон төгүл,
Үлэбит−дохуоппут
Үрдээтэ сыл ахсын.

БыраҺаай, ийэкээм,
Быдан сыл хонугар.
Эн миэхэ эрэнээр,
Эрэллээх бу уолгар.

Кыа хааммын то5уҺан
Кыайыспыт олохпун
Илиинэн тутуҺан
Инники барсарбар,
Икки мас тайахпар
Иилиллэ да сылдьан,
ТуҺалыам норуоппар
Туох кыайар кыахпынан.

Киэң уҺун эйэ5э,
Кэрэттэн кэрэ5э,
Уйгулаах олохпор
Олорсуом, үлэлиэм
Кэскиллээх үлэни
Киэргэтэр дьолунан. (1964 с.)

    
== Үөскээбит Бүлүүбэр ==

Үөскээбит Бүлүүбүн
Өңөйөн тураммын,
Далайгар көрдүүбүн
ТардыҺар талааммын.

Эн дэлэй ууң курдук
Элбэ5и айаары,
Күн сирин күндүтүн
Көрүлүү туойаары.

Үйэттэн үйэлээх
Үүнэр тыл сылааҺын,
Дьырылас ырыалаах
Чыычаа5ым куолаҺын.

Күргүөмнээх үлэнэн
Күөгэйэр күннэрбин,
Чэрдийбит илиинэн
Чэлгийэр кэмнэрбин. (1966 с.)


Холууп эйэ чыычаа5ым,
ХоҺооннорбун тиэрдээриий,
Күнүн−түүнүн күүтүө5үм,
Көтүүй үөҺэ, тэлээриий.

Харахпынан мээр хай5аан
Хайдах маннык сытыамый,
Тайахпынан тоҺур5аан
Ханна тахсан барыамый.

Буур5а−буулдьа сылларын
Буспат бааҺар булларан,
Сүрэх түөспэр ааларын
Сүгүннээбэт муңнарын

ХоҺооннорбор хомуйан,
Хонон туран сыл ааҺан,
Са5алыыбын суруйан
Санааларбар аан аҺан.

   
== Аа5ааччыларбар ==

До5отторуом, аа5ааччылар!
Тохтооң, миигин иңэн истиң.
Ырыа, хоҺоон айааччылар,
ЫйааҺыннааң, сүрэхтээриң.

ХоҺооннорум саңа төрөөн
Хонук хонсо илигинэ
Этиң миэхэ тоҺо5олоон
Эрэл суо5ун эрдэтинэ.

Буолар−буолбат дор5оон эрэ
Буолбуттара буолаайаллар,
Күппүлүөттэр күлүктэрэ
Көлдьүн буола сырсаайаллар.

Онтон−мантан була сатаан
ОҺуор анньар үлэ буолбат,
Оңоойукка отон тамнаан
Оонньуур курдук тупсан турбат.

               ***************
         
== Кэхтибэт тирэ5им ==

Түүңңү ый түннүкпүн өңөйөн
Түү сыттык үрдүгэр сыҺынна,
Муннуктан кутуйах өгдөйөн
Муннугар сыт ылан салбанна.

ТаҺырдьа тоң чигди хайыттан
Тас гынна бэстилиэт тыаҺыныы,
Иңсэлээх Моойторук уҺуктан
ИҺиллээн өр сытта ньылаңныы.

Кыралар утуйан хааланнар
КыҺаспат, тардыспат буоллулар,
Майдаан дьон, ытааннар−ыллааннар
Мааманы, паапаны аймыыллар.

Олохпор булуммут күн дьолум
О5о баар сыламныыр сүрэ5им,
Кэннибэр хаалларар бэлэ5им,
Кэхтибэт кэскиллээх тирэ5им.

         ***************

Биэс уон сыл олорон бараммын
Билигин бу хоҺоон таңабын,
Хойутаан тэриммит буоламмын
Холбоспот да буоллар айабын.

Эдэрбэр инбэлиит хааламмын
Эрэйи эппинэн эллэстим,
БаттыҺах маҺынан хаамаммын
Бар дьоммун батыҺан кэлистим.

Сэрииттэн сэймэх баас оспокко
Сир−сирим куоратын кэрийдим,
БалыыҺа дьиэтиттэн тэйбэккэ
Бараммат укуолга кэйдэрдим.

Үйэкэм үтүөтэ баранан
Үрдүбэр үрүң хаар кыыдайда,
О5олуу санаатын ылынан
О5онньор бу хоҺоон суруйда.

Сурук диэн судургу буолла5а
Суолтата суох суруйан истэххэ,
Сырдык да хараңа буолуо5а
Санааны түҺэрэн кээстэххэ.

Үлэттэн дьолломмут норуотум
Үөрүүтүн дууҺабар үллэстиим,
Тахсар күн сарыаллаах мин дойдум
Тапталын сүрэхпэр иңэриим.

Төрөөбүт дойдубун хоҺуйан
Төлөннөөх сүрэ5им уоскуйдун,
Кэнчээри ыччаппар туҺаайан
Кэннибэр бу ырыам суол уурдун.

   *******************

Күөмэйин оңостоору
Күтүр улаханнык
Көхсүн этиттэ,
Күүскэ сөтөлүннэ.
Бүүбүлүкэ диэкки
Бүлтэччи көрдө,
Кэ5ис гынна,
Кэдэрги тайанна.
А5ыс илиистээх
Араатарын арыйан,
Бэскитин имэриннэ,
Бэттэх сы5арыйда.

Далбаатыы−далбаатыы
«Табаарыстар!»,− диэтэ,
ДьоҺуннаа5ы тойонноору
Тоңхоңноон ылла,
Өңөлдьүйэ−өтөлдьүйэ
Үлэтэ−хамнаҺа
ҮгүҺүн кэпсээтэ,
Үчүгэйин өңүннэ.

Буолары−буолбаты
Булкуйан, бутуйан,
Отчуотун түмүктээн
Олорон кэбистэ.

Итэ5эс баарын
Имэрийэн кээспит,
Үрдүттэн үчүгэй
Үлэлээх үлэҺит,
Сабы да сал5аан
Саңарыах да киҺи
Баар буолар эбит.

  
== БиҺиги Бүлүүчээммит ==

До5отторбун кытары
ТуймуулаҺан суруйса,
Бэчээтинэн тиэрдээри
Бэйэбинэн билсиҺэ,
Ырыаларбын кынаттаан
Ыалдьытта көтүттүм,
Айымдьыбын атааран
Аа5ааччыттан күүс көрдүүм.

Үүннэн−сыыллан улааппыт
Үллэр Бүлүүм биэрэгэр,
Бөлөнөххө мөлбөйбүт
Бүлүүчээним сиригэр,
Үлэлэспит колхуоҺум
Үрдээн үүммүт үөрүүтүн,
Сэмэй көрсүө дьоннорум
СитиҺиилээх үлэтин
ХоҺоон кыра кыа5ынан
Холбоон түмэн ааҺабын,
Сүрэх түөспэр аалынан
Сүгүннээбэт, ыллыыбын.

Сонтон үрдүүр ыллыгым
Соломмутуң уҺунуон,
Уонча дьиэлээх кырдалым
Улааппытың олуҺуон.

Саңа тутуу силлиҺэн
Сандаарыйа субуста,
Тимир көлө күүҺүнэн
Тиэйэн соҺон дьулуста.

Күнүн−түүнүн кө5үлээн
Көрдөөх үлэ күөдьүйдэ,
Ылар харчы өлгөмнөөн
Ыалым бары дэлэйдэ

Тэрилтэбит ахсыыта
Телефоннуур сибээстээх,
ҮлэҺитин үксүтэ
Үрдүк анал үөрэхтээх.

Орто үөрэх түстэнэр
Оскуолата кэңээбит,
Бары ыарыы эмтэнэр
БалыыҺата дьэргэйбит.

Сынньанаргар, оонньуургар
Сылаас сырдык кулууптаах,
Таптаабыккын ыларгар
Талбыт үгүс лааппылаах.

Мичилиспит мичээрдээх,
Минньигэстиир астардаах
Уоппуттардаах повардаах
Остолобуой дьиэлэрдээх.

Байылыаттык олорор
Бастың мааны колхуостаах,
Үбү−аҺы дэлэтэр
Үгүс элбэх ынахтаах

Бүлүүчээним барахсан
Бүлүү өрүс уутугар
Күлүктэрин түҺэрэн
Күнүн−түүнүн киэркэйэр.

    
== Киргиэлэй ==
Кыырыктыйбыт баттахтаах,
Кырдьа барбыт мөссүөннээх,
Ө5үллүбэт атахтаах,
Өрө аспыт бүлгүннээх
ХоҺуун−хорсун Киргиэлэй,
Колхуос чулуу КиҺитин,
Күлэр−үөрэр бэҺиэлэй
Көрсүө−сэмэй бэйэтин
Айымньыбар таарыйан
Аа5ааччыбар биллэриим,
Субуу сурук суруйан
Суоллаан этэн мин биэриим.

Кыра кыаммат кэргэнтэн
КыҺал5аннан иитиллэн,
Туруйалаах күөлүттэн
Туулаан аҺаан эр тиллэн,
ХодуҺа5а от охсон
Холооннорун булбакка,
Хара тыа5а мас мастаан
Улааппыта колхуоска.

Кэлин кэскил тэринэн
Кэргэн ылан ыал буолар,
Ыччат төрөөн эбиллэн
Ыалы дьөссө тупсарар.

О5олордоох киҺиэхэ
Уота сылаас буолааччы,
АҺыыр аҺа киниэхэ
Амтаннардыын тупсааччы.
Дьиэ5э үлэ кэнниттэн
Тиэтэйэ5ин сэлииннэн,
Көмүсчяээниң сүүрүүннэн
Көрсө түҺүө үөрүүннэн.

Киргиэлэйим оло5ор
Кирдик оннук буолбута,
Үлэтигэр−дьаҺа5ар
Үөрүү дьоло кууспута.

  
== БалыыҺа5а сытан ==

Олус да дууҺабар мунчаардым
Олохпор көдьүүҺүм суо5уттан,
Ыар баттык санаа5а куустардым
Ыалдьартан солом суох буолтуттан.

Кытаанах кэмнэри туораҺан
Кыайыыбыт кыымнара күөдьүйдэ,
Үлэттэн дьол−соргу булсуҺан
Үүнэр күн үөрүүнэн күөрэйдэ.

Арай мин сытабын, сыыллабын,
Аңардас бэлэми аҺааммын,
БалыыҺа куойкатын маныыбын,
Бараммат укуолу ыламмын.

Өстөөхпөр таптаран бохсуллан
Өр сытан эдэр саас сүттүлэр,
Эрчимнээх тиргил күүс суураллан
ИэдэҺим эттэрэ ииннилэр.

Түөспэр баар сүрэ5им, эрчимим
Төлөнө сол эрэн кырдьыбат,
Дьулуспут, охсуспут кэскилим
ДууҺабар мээр сырдык, кырдьыбат.

Хаан уруу партиям барахсан
ХаҺан да харыстыы туруо5а,
Күн аайы сылаастык күн тахсан
Күүс−күдэх санаабар уксуо5а.

    
== Аэровокзалга ==

Торуоскалаах тоҺур5аан,
Тайахтанан таҺыр5аан,
Батычча5а ниҺиллэн,
Бадарааңңа биҺиллэн

Оройуонум киинигэр
Ойодуруом дьиэтигэр
Эрдэ туран аттанным,
Элбэх сиргэ сынньанным.

КөлөҺүммэр көймөстөн,
Көхсүбүнэн уу устан,
Тиийэн кэллим айгыстан
Тимир аалга тиэтэйэн.

Вокзал иҺэ ыы баттыы
Барар дьону манаҺыы,
Көтүппэккэ айгыстыы,
Күнүн аайы ааттаҺыы.

О5о, дьахтар кыаммата
Олорбокко сордонуу,
Икки дьыбаан ырата
Иллэңсийбэт, мээр туруу.

Бүтэн−оҺон биэрбэтэх
Буфет аана хатыылаах,
Тэриэлкэтэ тиийбэтэх,
ТииҺистэххэ махталлаах.

Кыамматтарга кыҺал5а
Кытаана5а манна баар,
Кириитикэ, саламта,
Киирэ түҺэн, сылдьан аас!

Суолу−ииҺи көннөрөн,
Сулбу со5ус сылдьарга,
Тугу эбит ыпсары
Туруорсарга уолдьаста.

   ***************

Ыллаа эрэ, биэбэйиэм,
Ыраах сахам кыысчаана,
Сытан эрэн мин истиэм
Сыттык үөҺэ сынньана.

ДууҺам сырдык таптала
Сылаас күннээх мин дойдум,
Онно сүрэх анала
О5о, кэргэн баар − дьолум.

             
== Сэмэн сэҺэнэ ==

КиҺи:
− Хайа, Сэмээн, кэпсэлиң,
Хантан кэлэн иҺэ5ин,
То5о маннык дьүкээрдиң,
Тоңмут курдук тура5ын?

Сэмэн (кэҺиэхтээхтик):
− Онно−манна сылдьаммын
Утуйбакка иэдэйдим,
Испиирдээммин аҺааммын
Илэ сүүрэн та5ыстым.

КиҺи:
− Хаччың то5о элбэ5эй,
Хайа муңун иҺэ5ин,
Дьонуң тугу диэхтэрэй,
ДьоҺуна суох сылдьа5ын?

Сэмэн:
− Ханна хайдах сылдьарбын
ХаҺыспаккар этэбин!
Хантан үбү буларбын
Хата бэйэм билэбин.

КиҺи:
− Биллэххиниин буолаңңыт
Миитэрэйдиин хаамса5ыт,
Түбэ ыалын аймааңңыт
Түүнүн то5о сылдьа5ыт?

Сэмэн (суоҺур5аан):
− Билээхтээбэт эрээри
Бэлэм айах буолсума,
Тугу эбит кэпсээри
ТууҺугуруоң, хамсаама!

КиҺи (кыыҺырбыттыы):
− Биллэн−көстөн иҺиэ5э,
Бэйи тохтоо, суоҺаама,
Кэмиң−кэрдииң кэлиэ5э,
Кэ5э курдук ыллаама.

Сэмэн:
− Тугу манна туойа5ын,
Туормас буола сылдьа5ын,
Кимнээхтэрдиин аахса5ын,
КиҺи тыынын хаайа5ын?
 
КиҺи (үгэргээн):
− Биригээдэң үлэтин
«Бэртик» ыытар эбиккин,
КыҺын, сайын итирэн
Кыайбыт−хоппут ааттааххын.

Сэмэн:
− Биригэдьиир киҺигин
Бэйдиэ то5о үө5э5ин!
Сотон кээҺиэм үлэ5ин,
Солуута суох үрэ5ин!

КиҺи (кытаанахтык):
− Көрүүтэ суох барбыккын,
Көнчөх курдук көппүккүн,
Норуот үбүн сиэбиккин
ДонуостаҺыам, сааппаккын!

Сэмэн (үөҺэ тыынар):
− Оо, сүрэ5им ыарыйда,
Отой бүттүм быҺыылаах,
Сирим кытта эргийдэ,
Сэмэн кырдьык ыарыылаах.

КиҺи:
− То5о албын саҺыллыы
Тута сымнаан налыйдың,
ҮөҺэ тыынан а5ылыы
Үөннээ5инэн сыбдыйдың. (Тахсан барар)….

Сэмэн (бэйэтигэр, санаар5аабыт, батта5ын тарбанар):
− Биригэдьиир буоламмын
Бэлэм акка, мотуорга
Көтүтүүнэн сылдьаммын
Күнү−дьылы ыытарга,
Кылбардыырбын сырсарга,
«Кыах Сэмэнчик» дэтэрбэр,
Уоннаа5ынан уктарга
Утах гынан иҺэрбэр,
Ол кэмнэрим са5ана
Оо,эриэхсит үчүгэйиэн.
От атах тэптэ5инэ
Оннунан хаалыа диирим.

«Үчүгэй уолбут» диэннэр
ҮлэҺит гыммыттара,
Итэ5эли биэрэннэр
Эрэнэн хаалбыттара.
«Колхуоһун көннөрүөх
Хоһуун уолбут» дииллэрэ,
«Суоту−учуоту тупсарыах
Суоччут бэрдэ» дииллэрэ.
«Биригэдьиири ба5ас
«Бэйэтин гиэнэ» дииллэрэ,

Ону алдьатта уба5ас,
Ол түмүгэ бу баарбын. (Ытамньыйар)

Саатар сатаан испэккэ,
Саһан сэмээр сыылбакка,
Күүспүнэн өттөйбөккө,
Күлүк сири булбакка,
Сэмэлээбити сойуолаан
Тууйан кээҺэ сыспыппын,
Соро5у суолга манаан
Сойутарга соруммуппун
Сэбиэскэй сокуон арыйан,
Сэлиэстийэлээн чөмчөтөн,
Күлүгээн, сиэмэх диэннэр,
Күлүүстээх дьиэ5э уган,
Хап гына хатааннар,
Хаайыллыам иннигэр,
Алдьааппыт уба5аспын
Амсайа түҺэн хаалыым. (ИҺэр)

Сэбиэскэй киҺи суобаҺын
Сиргэ буорга тэпсэммин,
Дьонум итэ5эллэрин
Дьолго аахппаккабын,
Бэйэмсэх бэрдэ буолан,
Биригээдэм дьонум үбүн
Билэрбинэн ыскайдаан
Олорбутум уолдьаста5а. (Олоро түҺэн ытыыр, устынан нухарыйан барар. Сцена кэтэ5иттэн икки колхозтаах кэлэллэр).

1−кы колхозтаах:
− Сэмэммит то5о ытаата,
Сирэйэ−хара5а сөңнө,
Манна то5о буулаата,
Мас төрдүгэр нуктаата?

2−ис колхозтаах:
− Колхоз үбүн ыскайдаан,
Хоно сытан испиирдээн,
Хорон сиэбитэ айыыр5аан
Хор5ойдо ини киҺийдээн.
Сиэдэрэй бэрдэ этэ дии
«Сэмэнчик эрэ» дэтэрэ,
Албын саҺыллыы ньылаңныы
Аатыгар эрэ хамсыыра.
Өбүгэң са5аттан өс буолбут
Өс хоҺооно сыыстарбат:
Ынах эриэнэ таҺыгар,
КиҺи эриэнэ иҺигэр.

1−кы колхозтаах:
− Пахай, сааттым да5аны,
Бачча эдэр бэйэлээ5и
Сиэрдии көрсүө майгыны
Сиргэ тэпсибит иңсэлээ5и.

2−ис колхозтаах:
− Хорон сиирэ эрэ буолбат,
Хонугун аайы ойохтоох,
О5олуу−о5олуу быра5ан
Олордон кээспитэ да элбэх.

1−кы колхозтаах:
− Билиңңи кини кэргэнигэр
Биллэрбэккэ сиирэ дуу?
Колхуос үбүн иҺэригэр
Куомуннаспыт күтүр дуу?

2−ис колхозтаах:
− Сэргэ5э суох кэргэнин
Сэлээппэтигэр олордон,
«Хамнас бө5ө элбэ5инэн
Харчым тобо5ун ордорон
ИҺэ түспүппүн буруйдаама,
Иирээни тарда олорума»−
Дии−дии ньылаң түстэ5инэ
ИллэҺэн хаалар буолла5а.

1−кы колхозтаах:
− Сэбиэскэй киҺи сэргэ5ин
Ханна гыммыт хотунуй,
ТөҺө−хачча үптээ5ин
Хайдах аахпат сордоо5уй?

2−ис колзохтаах:
− Сытар ына5ы туруорбакка
Сымна5ас буола сылдьан,
БүргэҺи сиэбигэр батарбакка
Ол иҺин сиэттэ5э колхозтан.

1−кы колхозтаах:
− Бырабылыанньа5а эрдэ көрөн
БыҺаарбатах бэйэлэрэ дуу,
Сыл түмүгүн манатан
Сыылларан испит муңнара дуу?

2−ис колхозтаах:
Онно−манна сыбаан,
Тэңңэ сылдьан сиэ5э диэн
Ким сэрэйиэй сатаан
Сэбиэскэй үлэҺит киҺини?
Сэргэ5э суох буолууттан
Сэриигэ сиэртибэ элбээччи,
Хонтуруол суох сиригэр
Уоруйах да көстөөччү

Иккиэн:
− ТыҺыынча үс мөҺөөгү
Тыыннаах испиир гынаңңын,
КөлөҺүннээн сиэн баран
Көппөйө сытыма, киэр буол!

 
== Өргөспүтүн өрө тутан ==

КиҺи аймах оло5ор,
Кэрэ кэскил туҺугар,
Төрүөх ыччат о5обор,
Төрүт дьолун суолугар

Биэбэйдээбит норуоппун
Мэлдьи түөспэр харыстаан,
Өтөн киирбит өстөөхпүн
Өргөс тутан ыраастаан

Хааным тохтон холбонон
Харыстаспыт оло5ум
Үлэ, үөрэх дьоллонон
Үүнэр сайдар норуотум,

Дойду баайын барытын
Дьоллоох сыалга туттаммыт,
Бар дьон үтүө ба5атын
Бары бииргэ мунньаммыт

Күнүн аайы күн тупсан
Күргүөм көрдөөх күөгэйдэ,
Ийэ сирим барахсан
Иллээх кэмңэ киэргэйдэ.

Көңүл ийэ биҺигэр
Көмүс чыычаах бигиибит,
Ийэ сылаас үүтүгэр
Эйэ хаанын иитэбит.

ХаҺан ханнык да күңңэ
Хара дьайдаах сиэмэ5э
Үөмэн үктүө суо5а,
Үйэ оннук чиң бө5ө.

      *************

   
== Фашизм ==

Фашизм чөмчөкө төбөтө,
Бас быҺар тоң сүрэх ыамата,
Германия иитийэх бөрөтө,
Гитлер хааннаах ыамата

Түөрт уон биир сыллаахха күүҺүлээн,
Төрөөбүт сирбитин сэриилээн,
Иннигэр көрбүтүн эстэлээн,
Имири күл−көмөр оңортооон,

Уу кыҺыл о5ону, дьахтары
Уот кутаа иҺигэр укпута,
Күөх сирэм сирбитин кытары
Түңнэри−таңнары туппута..

Үрүйэ уутунуу халыйан
ӨҺөх хаан сөңүөрэ сүүрбүтэ,
Халлаантан үрүң күн уолуйан
Хараастан симиңнии тыкпыта.

ТүөҺүгэр киҺилии сүрэхтээх
Түүлүгэр түҺээбэт дьаабыта,
Кылыстаах кырыыстаах да тыллаах
Кыбыстан тылласпат майгыта.

Үөйбэтэх өттүттэн үлүгэр
ӨҺүөннээх фашизм баар эбит,
Күн көрөр сир ньуурун үрдүгэр
Күлүктүүр ыар тыыннаах өстөөхпүт.



Author:Данилов Никита Павлович сирэйгэ төнүн