Диэмэн (Иван Арбита)
←[[]] | Сүрүн сирэй (Хоһооннор) Иван Арбита |
)→ |
"Диэмэн" - М. Ю. Лермонтов "Демон"(1837) поэматын көҥүл тылбааһа, "Кыым" хаhыакка "Уйбаан Силипсиэп" диэн илии баттааhыннаах 1935 с.бэс ыйын 21 күнүгэр тахсыбыта.
Диэмэн
уларытИлиҥҥи дойду номоҕо. Бастакы аҥаара
уларыт1
уларытАньыылаах-харалаах аан дойдум үрдүнэн
Диэмэн1 диэн сордоох тыын дапсыҥныы көппүтэ;
Кыраайтан - кыраайга кый-бырах үүрүллэн,
Кырыыска барбытын толкуйдаан көрбүтэ.
Үчүгэй күннэрэ, урукку дьоллоро
Өйүгэр-сүрэҕэр бу кэлэн турара.
Өйдөөтө дьэ кини оччоҕо сырдык тыын,
Күн араай тапталлах аанньала буоларын,
Сандаарар кыымнардаах умайар сындыыстыын2
Дорообо бэссиһэн мичээрдии турарын.
Өйдөөтө дьэ кини киэҥ улуу куйаары;
Ол онно үөр сулус олоҕун булаары
Убаабат бурҕаҥнас туманы быыһынан
Айманан-сайманан бураллан устарын,
Билиэҕин-көрүөҕүн баҕарбыт быґыынан
Ол ону көһүтэн одуулаан турарын.
Өйдөөтө дьэ кини сүрэҕэ аһыллан
Урукку тапталын, күлэрин-үөрэрин,
Аан ийэ дойдуга аан бастаан айыллан,
Дьоллоохтук олорбут күөгэйэр күннэрин
Куһаҕан санаанан, хатааннаах хаанынан,
Хараҥа сыл-хонук ыытынан-дьаарынан
Төбөтүн оройо симиллиэн иннинэ
Олорбут олоҕор дьол баарын дьэ биллэ
Санньыйда, онтон да атыҥҥа ... элбэххэ ...
Санаахтыыр санаата, күүстэрэ тиийбэккэ.
2
уларытӨр да өр киэҥ куйаар кураанах хоонньугар
Үтүөнү көрбөккө үүрүллэн сырытта
Хас да сүүс үйэ ахсаана суох хонуга
Биир кэмник элэҥнээн бэрт элбэх сыл бүттэ.
Бу дойду дуона суох тунаархай күөх ньуурун
Буулаабыт манньатын кыыһыран иҥиэттэр,
Тууйуллан, бобуллан тоҥ хаана оонньуурун
Тохтотор күүстээхтэр көстүбэт эбиттэр.
Абалаах-саталаах хараҥа санаата
Өһүөннээх сүрэҕин уотунан салаата.
3
уларытОл курдук Хапкааһым хайатын үрдүнэн
Араайтан кыйдаммыт сордоох тыын көппүтэ.
Үйэлэр тухары мууһунан үллүнэн
Алмаастыы күлүмнүүр Казбиэги3 көрбүтэ,
Аллараа көрбүтэ, ол үрдүк хайаттан
Эриэн кыыл уйатын, Дарыйаал аппатын4
Эриллэр-мускуллар, тырыттар-хайыттар
Хараҥа хапчаана айаҕын аппытын.
Арҕаһын түүлэрэ арбайан-сарбайан
Дьохсооттуу суоһурбут хахай кыыл курдуктук
Бу Тиэрэк5 үрэҕим аллараа харбаһан
Суһумнуур долгунун өрүтэ оргуппут.
Көҥүлгэ көччүйбүт халлаан көтөрдөрө
Дьэндэйбит үрдүктэн тэлээрэ-тэлээрэ,
Таас хайа кыыллара чөрбөйө-чөрбөйө
Ол сүүрүк сарылыыр тыаһын истэллэрэ.
Ыраахтан, ыраахтан, соҕуруу диэккиттэн
Хотугу дойдубут хонноҕор-быттыгар
Кинини кэлэннэр утааран иппиттэр
Көмүстүү күлүмнүүр быстаҕас былыттар.
Оллороот-быллараат хайалар таастара,
Ыгыта симсибит тараҕай бастара
Суһумнуур долгуну таҥнары одуулаан
Нуурайан тураллар. Дьүһүн-киэп дьэ дьулаан!
Хапкааһы сыл аайы, күн аайы, чаас аайы
Кэтэһэр-манаһар киэҥ айдам уоруктар.
Ол онно былыргы кириэппэс таас дьиэлэр6
Туманы быыһынан барыйан турбуттар.
Таҥара дойдутун устата, туората
Тааллыбат таабырын, таас да муус барыта...
Ол онтон толлубат дохсун тыын обургу
Тобулу көрбүтэ тулатын судургу.
Халлааннаах таҥара таптайбыт сиригэр
Хатааннаах хараҕын ааллара турбута
Кини сүрэҕэр, хараҕар, сирэйигэр
Үчүгэй бэлиэ диэн мэлигир буолбута...
4
уларытДьэ кини иннигэр туһунан хартыына
Биир тыыннаах оһуора тырымныы түспүтэ
Күндү Куруусуйа7 чэлгийэр киэҥ дуола
Дьэрэкээн көбүөрүн тэлгэтэн кээспитэ.
Бу буолар толору дьоллордоох сир киэнэ
Мичиҥниир кыраайа, килбэйэр кииннэрэ.
Көстөрө күөх дуолум күөгэйэр көхсүгэр
Көнөтүк чоройбут күндү арайыына8,
Араас суол дьүһүннээх дьапта таас үрдүгэр
Долгуннаах үрүйэ сүүрдэн чарылыыра.
Тапталы көбүтэр эгэлгэ тыллаахтар,
Кутуллар куоластаах солобуой9 чыычаахтар
Түһүлгэ оҥостон мунньустар сирдэрэ,
Симэхтээх оһуордаах сибэкки быыстара.
Тэлим сэбирдэҕин тэнитэн-тэлгэтэн,
Киэҥ толоон киэлитин киэбирдэн-киэргэтэн,
Көҕөрө-көҕөрө, тунаара-тунаара
Күөгэйэн турбута тырымныыр чынаара10
Хоп-хойуу ситим от11 киниэхэ хатаастан
Күн уотун күлүктүү-хаххалыы саппыта.
Куттаҕас табаны кутаалыыр куйаастан
Хоонньугар кистиирэ таас хайа аппата.
Күн көрө, күөх тунаар, сэбирдэх сипсиэрэ
Сүүс аҥыы дьиэрэтэн кутуллар куоластар
Тыыһынча ньыргыл күөх, от киэнэ, мас киэнэ
Минньигэс сыттара салгыҥҥа туолбуттар.
Сытыытык тыгаахтыыр сыралҕан уот куйаас,
Күөгэйэр күн отто күлбүт көр күннэрим!
Өрүүтүн көмүстүү күлүмнүүр ып-ыраас
Мүөт таммах сиигинэн бүрүммүт түүннэрим.
Курусуун оҕото, эдэр кыыс барахсан
Тыргыллар хараҕар маарынныыр сулустар
Түүннээҕи халлааным оройугар тахсан
Дьиримниир уотунан симиктии турбуттар.
Кыһыыттан-абаттан, күнүүттэн атыны
Үс дойду дьэллигэ букатын билбэтэх,
Айылҕа кэрэтэ, күлүмэ, чаҕыла
Киниэхэ саҥаны тугу да биэрбэтэх...
Иннигэр көрбүтүн барытын, туох баарын
Иһигэр киллэрбэт, барытын таптаабат.
Туохха да, туохха да санаатын таптарбат
Кыыһыран кытыастар тоҥ уорун тохтоппот.
5
уларытКиэҥ даҕаны олбуору, үрдүк да дьиэни
Туттаран кэбиспит баай Гудаал оҕонньор.
Ол онно бэрт өртөн эрэйдээх үлэни,
Сыраны тохпуттара хамначчыт дьоннор
Бу дьиэ сассыардаттан күн киириэн тухары
Улуу таас хайаҕа күлүгэ хараарар.
Ол муннук ампаартан таас хайа сыырыгар
Үрэххэ киирэргэ суол буоллун дэһэннэр,
Кирилиэс оҥооттор кэрдиистии кэрдэннэр.
Сэгэйэн доҕуйан сис туттан тэлээрэн
Сирэйин сабыыта12 кылбайан, мичээрэн
Ол Араагыбаттан13 уу баһан таһаара,
Элэстэнэн киирэр эдэр кыыс Тамаара.
6
уларытОдуулуу турбута бу көстөр күөх дуолу
Сыл аайы улуу дьиэ киэҥ кэтит таһаата.
Дьэ бүгүн ол дьиэҕэ томточчу дьол туолла,
Арыгы халыйда, сууруна14 тыаһаата.
Кырдьаҕас Гудаал кыыһын эргэ биэрээри
Сыбаайба бөҕөтүн дьэ бүгүн оҥордо
Ол онно оонньууну-көрү тэрийээри
Ыалларын-дьоннорун барытын ыҥырда.
Чарапчы сабыыга аас тэлгэх үрдүгэр
Атастарын-доҕотторун быыстарыгар
Киньиит кыыс олорор. Оонньуу-көр үлүгэр
Оргуйар, улаатар улам быыстала суох
Ол арҕаа халлааҥҥа, таас хайа кэтэҕэр
Күлүмнүү-күлүмнүү күн уота тимирдэ
Күлүүнү-оонньууну күүстээхтик көтөҕөн
Тыас, айдаан сүрдэннэ, көр ырыа дьиэрэйдэ.
Тыаһатар оонньуурун15 киньииппит тутта да,
Долгуйда, нусхайда, туллуктуу туттайда
Төбөтүн үрдүнэн тэлээрдэ-тэлээрдэ,
Күөрэгэй чыычаахтыы күөрэйэн таҕыста.
Ардыгар уоскуйан турбахтыыр этэ дьэ,
Ардыгар хамсыыр кыламанын анныттан
Сиигирбит уу хараҕа чаҕылыйара
Ардыгар кыратык бүк түһэн ылара,
Ардыгар тулатын эргиччи көрөрө,
Ардыгар чүөчэйэр синньигэс атаҕа
Аас тэлгэх үрдүгэр күөрэҥнии көтөрө,
Эдэр саас кыымынан бэһиэлэй хараҕа
Минньигэс үөрүүнэн мичээрдии күлэрэ
Ньалхааххай сиик түспүт күөх толоон отугар
Таҥнары таммалыыр ый уота даҕаны
Олох курдук, эдэр саас курдук оргуйар
Ол тыыннаах мичээргэ тэҥнэспэт буолуоҕа.
7
уларытАндаҕайабын, хараҕа түүн үөһүгэр
Дьиримнии турар сулустар уоттарынан,
Киҥкиниир киэҥ иэннээх күөх халлаан үрдүгэр
Тырымныы тыгар сардаҥа сырдыгынан,
Пиэрсийэ16 даҕаны бастыҥ баһылыга
Улуу дойду муҥур ыраахтааҕыта да
Көрүлээн олорбут күндү саастарыгар
Бу маннык иэдэһи уураабатахтара
Гариэм17 өрүтэ бырдаҥалыыр бантаана18
Кутаалыыр куйааска ханнык да өттүнэн
Көмүстээх таммаҕа күндээрэн-сандааран
Биирдэ да сууйбатаҕа маннык өттүгү
Киэҥ ийэ дойдубар кимнээҕим даҕаны
Дьахтары таптаабыт талааннаах илиитэ
Бу маннык суһуоҕу, бу маннык баттаҕы
Тутан, имэрийэн көрбүтэ суох этэ.
Ол күнтэн аан дойдум араайтан арахсан
Ат таппат анньыытын сүүкэйдиэх быатыгар,
Андаҕайабын маннык мааны барахсан
Суоҕа соҕуруу күннээх халлаан анныгар.
8
уларытБу манна дьэ кини кэриэһин оонньоото.
Ол күҥҥэ кинини көһүтэн турара
Көҥүлгэ үөскээбит туспа сир оҕото,
Кырыыс, муҥ кыһалҕа сор суоллаах анала;
Көһүтэн турара туспа дьиэ тиэргэнэ,
Биирдэ да билбэтэх-көрбөтөх кэргэнэ.
Ардыгар кинини сып-сырдык көрүҥүн
Кистэлэҥ саарбах суол хараарда турара;
Cэрэнэн-сэрбэйэн тулатын көрүнэн
Аргыыйдык, тыаһа суох, атыллыыр буолара.
Арай Диэмэн обургу күөх халлаан үрдүттэн
Ол кэмҥэ кинини одуулаан көрдүн дьэ,
Оччоҕо, урукку олоҕун өйдөөхтөөн,
Төбөтүн санньытан, үөһээ тыыныах этэ...
9
уларытДиэмэн кырдьык көрдө... Эмискэччи үлүгэр
Сүрэҕин хаана долгуннурда, долгуйда
Сарбыллан санньыйбыт, тымныйбыт өйүгэр
Дьикти тыас дорҕооно ньиргийдэ, чоргуйда.
Аан ийэ дойдубут эйэтин-эккэтин
Иккиһин дьэ кини иннигэр көрүстэ;
Таһымныыр тапталын, эгэлгэ дьиктитин
Иһигэр иҥэрэн сүрэҕэ мөҕүстэ!..
Ол кэрэ көстөрү өр соҕус одуулаан
Сүрэхтээх быарыттан күүстээхтик таптаата;
Оннооҕу дьоллорун, оһуордаах-ойуулаах
Урукку олоҕун өйдөөтө-санаата.
Көтөр уот сулустуу субуллан-сыыйыллан
Хараҕар көһүннүлэр ол хонуктара.
Көстүбэт күүһүнэн бобуллан, тууйуллан
Биллэ дьэ кини биир туспа хомолтону.
Иһиттэ былыргы төрүөбүт тылынан
Өйүгэр сүрэҕэ кэпсээбит дуораанын.
Тапталлаах олоҕу күнүнэн-дьылынан
Иккистээн эргийэр бэлиэтэ буолаарай?
Ол тылы хараардар илбистээх саҥаны
Умнубут курдуктук биири да саҥарбат...
Умнуо дуо? Умнары таҥара даҕаны
Биэриэ суох, - бэйэтэ даҕаны баҕарбат!..
Уйбаан Силипсиэп көҥүл тылбааһа, "Кыым", 21.06.1935 с.
Хос быhаарыылар
уларыт1. Демон - абааһы, көстүбэт куһаҕан тыын, үчүгэйи утарааччы.
2. Комета - кутуруктаах сулус.
3. Казбек - Хапкаас хайата.
4. Дарьяльское ущелье - Хапкаас хайаларын аннынан барар хаспах.
5. Терек - Хаспыыскай муораҕа түһэр үрэх.
6. Замок.
7. Грузия.
8. Раина - киһи ууһумсуйан оҥорбут тэтиҥ мас курдук.
9. Соловьи.
10. Чинар (чинара) - намылыйбыт хойуу мутукчалаах, улахан сэбирдэхтээх күндү мас.
11. Плющ - тииккэ сөрүөстэр от.
12. Чадра – ыраахтааҕы бириэмэтигэр илиҥҥи дьахталлар сирэйдэрин сабыыта.
13. Арагва - Хапкаас хайатыттан сүүрдэр үрэх.
14. Зурна - музыкальнай инструмент.
15. Бубен - инструмент для определения такта музыки пьесы или танца.
16. Персия.
17. Гарем - дьахтар олорор хоһо.
18. Фонтан - турба устун тыгар уу.