Дмитрий Апросимов туһунан

Эбэҥки талааннаах бэйиэтин, уруһуйдьутун, фольклориһын Дмитрий Апросимовы бэйэтин кэмигэр эбэҥки норуотун суруйааччытын быһыытынан билинии суоҕа. «Куралай кустук», «Күндэли Куо» курдук номохторун Сэмэн Данилов, Күннүк Уурастыырап айылла илик чаҕылхай айымньылар диэн үрдүктүк сыаналаабыттара. Ол эрээри оччотооҕу дьон-сэргэ ортотугар сахалыы суруйар эрээри тоҕо эбэҥки суруйааччыта аатырарый диэн тыл-өс эмиэ баара. Онуоха этэрдиин, хаамардыын-сиимэрдиин, майгылыын-сгилилиин дьиҥнээх эбэҥки суруйааччыта диэн Сэмэн Руфов этэн турар. Кырдьыгынан эттэххэ, оччотооҕуга кини хомоҕой хоһооннорун, сэргэх сэһэннэрин, кэрэхсэбиллээх кэпсээннэрин дириҥ суолтатын өйдүүр аймах-билэ, олорор бөһүөлэгин, оройуонун дьонуттан суохтарын кэриэтэ этэ (суруйааччы доҕотторуттан ураты). Былааһы туойбатаҕа, санаа түһүүлээх айымньылар киниэхэ элбэхтэрэ, онон бэчээккэ тахсара да аҕыйаҕа, кэмчитэ. Онтон санаата оонньуура, айымньыта аҕыйаҕыттан кыбыстара, бэйэтэ этэринэн, хоһоон суруйарын быраҕа, умна сатыыра.

Ол эрээри окко түhүөҕүттэн очурдаах, этэрбэс кэтиэҕиттэн эрэйдээх, сон кэтиэҕиттэн сордоох олоҕу билбит, бэрт кылгас кэмҥэ олорон ааспыт чаҕылхай суруйаачы «миигин өйдүөхтэрэ...» диэбит ыра санаата туолла. Эбэҥки бэйиэтин аатыгар, кини айылҕаттан айдарыылаах, үөһээлэртэн үүдэһиннээх, иэйэхситтэн этитиилээх сүдү талааныгар сүгүрүйээччилэр, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа, истиҥ, эйэҕэс быһыыга-майгыга ахтан-санаан бэлиэтииллэр. Кэккэ-кэрдиис кэмнэргэ көмүс кинигэлэрэ күнү көрөн Бэйиэт аата тилиннэ! 

Кини улахан уола мас ууһа, СӨ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр, идэ биэрэр техникум-интэринээт уһуйааччыта А.Д.Апросимов ыалдьыттыыр. Александр саха суруйааччыларын сойууһун В.Протодьяконов-Кулантай 100 сылыгар саха поэзиятыгар уонна аҕатын аатын үйэтитиигэ кылаатын иһин бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Аҕатын туйаҕын хатаран, баар баардааҕа өтөн суруйуо диэн Андрей Кривошапкин кини туһунан суруйааччылар сойуустарын сийиэһигэр этэн турардаах...


Аҕам олоҕо


– Аҕам бэйиэт быhыытынан художественнай учуулуссаҕа үөрэнэ сылдьан биллэн барбыта, кылгас кэмҥэ литературнай куруhуок салайааччытынан үлэлээбитэ. Аан бастаан хоhоон суруйарга уhуйбут киhитэ Семен Данилов эбит (кини кэриэһигэр Учууталбар» диэн анабыл хоhоонун суруйбута). Айар кута арылыннаҕына, тэһии Музата ыалдьыттаатаҕына, суруйар-хоһуйар хомуһуна, ойуулуур уһанар баҕата тэһэ кэйдэҕинэ, имэҥнээх иэйиитэ имнэннэҕинэ, аҕабыт тугу барытын умнан, быраҕан уруучукалаах тэтэрээтин үрдүгэр түһэрэ. От охсо сылдьан хотуурун быраҕан баран отуутугар сүүрэрэ, дурдаҕа кус кэтэһэ олорон, дурдатын үрдүн үрэйэн, ойон туран дьэрэкээн, кустук, куоһааны түүлэрин анньыммыт сааскы кэрэ кустарын ойуулаабытынан барара, сирдээҕи, күннээҕи айыылаах олох отой да умнуллара, остуоруйа аптаах дойдутугар, олоҥхо абылаҥнаах эйгэтигэр күүлэйдиирэ, поэзия түгэҕэ суох муоратыгар аламай күнүн, үрүҥ көмүс ыйын умсаахтата оонньоторо... Ити туругар аҕабар тугу да эппит, соруйбут күттүөннээх хардата, туох да туһааннаах түмүгэ суох хаалара. Күн күбэй ийэбит Екатерина Филипповна Софронова ону бэркэ билэрэ. “Киирэрэ киирбит” диэн тугу да соруйбакка, саҥата-иҥэтэ суох дьиэ бары ис-тас үлэтин бэйэтэ оҥороро. Ийэм барахсан төһө да ыарыһах (бэтэринээрдэр профессиональнай ыарыылара, сэллик, сүрэх ыарыыларынан ыалдьара), хачаайы буоллар, кырыымчык олоххо олордор, биһигини биэс оҕону сөптөөхтүк, чиэһинэйдик дьон тэҥинэн иитэн-такайан, аһатан-таҥыннаран, үөрэх-билии аартыгар киллэрэн, атахпытыгар чиҥник туруорбута, олох суолугар эрэллээхтик үктэннэрбитэ. Аҕабынаан иккиэн хардары-таары, сороҕор биир кэмҥэ сотору-сотору балыыһаҕа киирэн эмтэнэллэрэ. үксүн биһигини көрүүтэ-истиитэ суох хаалларымаары, ситэри эмтэммэккэ тахсаллара, үлэ, күннээҕи хаһан да бүппэт түбүк үөһүгэр төбөлөрүн оройунан умса түһэллэрэ. Аҕам да мин да кусчуппутунан, балыксыппытынан кырдьыгынан эттэххэ, мөлтөһүөр соҕус этибит. Ол гынан баран хараннан харарҕаабатахпыт, балыгынан туттайбатахпыт. Сөп буола-буола кус-балык дэлэйдик кэлэ турара. Ийэм күлэрэ, олорон эрэн кустаатым, балыктаатым, диэн. Сылгыларын, сүөһүлэрин, ыттарын, кууруссаларын эмтэппит нэһилиэк махталлаах дьоно үтүөнү үтүөнэн төлүүллэрэ, ыалдьытымсах, үлэһит кыыстарын сүрдээҕин сыаналыыллара. Ийэлээх аҕам сүүрбэ биэс сыл эҥкилэ суох өйөһөн-убаһан олорон ааспыттара. Ол былаһын тухары ийэм барахсан аҕабын дьиэ хаһан да бүтэн-оһон биэрбэт түбүгүттэн босхолуу сатыыра.



«Ырыабыт хаалыаҕа ыраахха ыҥыра!..»



– Бииргэ төрөөбүттэр алта этибит, билигин үспүт. Мин кэннибиттэн төрөөбүт уол эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр бэрт кытыгырас этэ. Аҕам дьэ, мин туйахпын хатарар оҕо үөскээбит диэн үөрбүтэ аҕай. Алдан Эбэҕэ оҥочоҕо хатааһылыы сылдьан, ууга түһэн хаалбытын бурулҕан бурулутан илдьэ барбыта. Эргийэн кэлэ турар ону мин биэстээх оҕо хабарҕабар диэри ууну кэһэн туран ыла сатаабытым. Ийэлээх аҕам сүрэхтэрэ хамсаан, доруобуйалара онтон айгыраан барбыта. Наһаа куһаҕан усулуобуйаҕа олорбуппут, наар ыалы кытта дьуккаах, дьиэбит дэлби тэллэйдээн эҥиннээн… Онтон икки игирэлэр соһумардык күн сириттэн күрэммиттэрэ. Кыра быраатым Андрей хоһооннор хомуурунньуктарын таһааттарда, уруһуйдьут. Филипп миэбэл оҥоруунан дьарыктанар, түмэл эспэнээттэрин эрэстэбирээссийэлиир. Ийэбит холкуоска бэтэринээр буолан сайылыкка барытыгар сылдьан кэлиэр диэри, дьиэҕэ мин тойон буолан хааларым. күнү күннүктээн бэйэбит саастыылаахтарбытын кытары, оонньоон-мэниктээн, моҕотойдоон, лыахтаан бириэмэ биллибэккэ ааһара, оҕо саас эмньик кулун күннэрэ элэҥнэччи элэгэлдьийэрэ. Иһирдьээҥҥини таһырдьа, таһырдьааҥҥыны иһирдьэ таһааран омоллоон олоҕо, дьэргэстэй ыһыаҕа дьэ, онно буолара. Онуоха ийэлээх аҕабыт улаханнык этэн мөхпүттэрэ суоҕа. Киһи олоҕор араас эрэйи, эриири-мускууру көрсөр эбит. Үөһээ Амматтан Өнньүөскэ диэри доҕотторбунуун сөтүөлээн, сир Ийэ кэрэлэрин астына-дуоһуйа кэрэхсээн, балыктыы-балыктыы тыынан устан ый аҥаарын быһа айаннаан кэлбиппит. Ол кэлбитим дьиэм умайан хаалбыт. Онно-манна дьиэ куортамнаһан, ыалга дьукаах олорон кирэдьиит бөҕө ылан, кэргэмминээн андаатар, киис, кубааҥка бэргэһэлэр араастарын тигэн аһаан-сиэн, ииттинэн олорбут кэмнэрбит бааллара. Ол эрээри хас биирдии күн күндү. Аҕам олорбут олоҕо уос номоҕо буолан, кэнэҕэски кэнчээри ыччаттарыгар суолдьут сулус, үтүө холобур буолан үтүмэн үйэлэри уҥуордуо диэн бигэ эрэллээхпин!

Ангелина КУЗЬМИНА.

Сигэлэр

уларыт

http://sakhaetigentyla.ru/%d0%b4%d0%bc%d0%b8%d1%82%d1%80%d0%b8%d0%b9-%d0%b0%d0%bf%d1%80%d0%be%d1%81%d0%b8%d0%bc%d0%be%d0%b2-%d1%82%d1%83%d2%bb%d1%83%d0%bd%d0%b0%d0%bd/ Категоория: Кузьмина Ангелина Афанасьевна