Долгуннар


Мин бүгүн кынаттаах аппынан
Былыкка куйаардан эрэрдии,
Хомуһун-кубулҕат аппынан
Хоһоонум кутуллан эрэр дии!

Таптыыбын бу манна бааллары –
Бу күөҕү, бу халлаан саҕаҕын,
Эҥсиллэр иҥсэлээх бааллары,
Кирис тыам! Эн кэрии саҕаҕын.

Таптыыбын күөх быйаҥ сааһынан
Ньургуһун сибэкки тылларын,
Бу тойук маннык саас-сааһынан
Суккуллар дьиэрэҥкэй тылларын.

Аттыбар кыракый көлүйэ,
Анныбар Ленэ биир салаата.
Көбүөхтүүр күүстэрин көлүйэ
Күөх долгун биэрэги салаата.

Көрүлээ, күүгүнээ, чэ, Лиэнэ!
Эн уоргун, уо, дьэ туох тохтотуой!
Киэргэннэ биэрэгиҥ чэл иэнэ,
Киниэхэ күөх уунан тохто туой!

Таас хайа! Кылбайар кырыыгын
Көй салгын сууйбатах муҥунан,
Көбүөхтүур сүүрүгү кырыыгын
Күрбэ таас күөмэйиҥ муҥунан.

Эйиэхэ бокулуон уураары
Элиэнэ бэккэ да кыһаллар,
Эн уоттаах уостаргын уураары
Долгуннар таастары кыһаллар.

Турдулар бараммат баараҕай
Көбүөхтүүр долгуннар. О, Лиэнэ,
Эн түллэр бардамыҥ баар аҕай,
Уордайда кэй киэбиҥ ол иэнэ.

Силлиэ тыал силлиэрдин баҕардар!
Синэ биир – бар ытаа, бар ыллаа.
Эбиитин элбэххэ баҕардар
Эрэй уон арааһын барыллаа!

Хаһыырар буурҕалаах сатанан
Ыар былыт халлааны сабыыта,
Сылдьыбыт сырыым дьэ сатанан
Суйданна саарбах өй сабыыта.

Мин уҥуор биэрэккэ бараммын
Уоттаах түүн кистэлин уордарбын,
Ол мүөтүн ыймахтаан бараммын
Уоскутуох этим ыар уордарбын!

Мин санаам ыарахан тимирэ
Долгуну туоруурга сорунан,
Киэҥ үөскэ тимирэ-тимирэ
Күөрэйдэ тыын быстар сорунан.

Силлиэ тыас часкыйан ытыырын
Улахан куттал диэн көрбөккө,
Туораатым күрүлгэн ытыырын
Харахпын кэннибэр көрбөккө.

Этиҥнээх буурҕабыт аһынна,
Мин буллум үрдүк таас хайабын.
Тыал тоҕо бу миигин аһынна? –
Биллэҕэ мин киммин-хайабын.

Дьэ куоттум дьиктибин айаммын…
Туох баарай бу мантан ыар, этиҥ?
Көрдүгүөт баламат айаммын –
Күөх долгун, таллан таас, ыар этиҥ!

Оол, мииҥин куоттаран, кыһыйан
Эбэккэм хараҕын симмэхтиир,
Кырылас кумаҕын кыһыйан
Кыллырҕас куттаҕар симмэхтиир.

Уотунан кытыастан, кытаран
Силлиэ тыал күрэнэ турбута.
Сүрэҕэр үөрүүтүн кытаран
Биэрэккэ поэт уол турбута.

Киэҥ халлаан аһаҕас уолугар
Буурҕа тыал күрэнэн хааллар да,
Тыл ууһа тойуксут уолугар
Бэйэтин бэлиэтин хаалларда.

Ол бэлиэ сүрэхтэн сууллубат…
Мин үрдүк ыллыкпын ыйыаҕа,
Буурҕаттан охтубат, сууллубат
Маягын үрдүбэр ыйыаҕа.

Хараҕым иирдэ дуу? Суох, атын –
Халлааҥҥа көтөллөр паарустар –
Ол уордаах Элиэнэ суо-хатын
Аныардаах үөһүттэн паар устар.

Долгун! Биир чаас баран эрээри
Кыл тыыннаах сордонор сорунуу,
Сотору да бүтүөх эрээри
Суоһурдуҥ – ол быстах сорунуу.

Айылҕам! Утуйан аҥаарый…
Бу сири дьиктилээх сир дииллэр,
Халлааҥҥа дьаарбайдын аҥаар ый,
Кинини дьай тыыннар сирдииллэр.

Күөх биэрэк дьэҥкэрэ түһээтин
Киэргэлгэ киэргэлин эппитэ,
Утуйбут түүлүгэр түһээтин –
Санааҕа бу курдук эппитэ:

«Дьэргэлгэн үҥкүүлүүр сирэ мин
Киэҥ кыраай бараммат баайабын,
Мин тыыннаах айылҕа сирэмин
Тырымныыр букеты баайабын».

О, чахчы, дойҕохтоох сир, бэккин.
Уус тылтан күндү таас кыһыллар,
Күн сирин киэргэлин сирбэккин,
Көстөллөр бу күөхтэр, кыһыллар.

Кэрэ түүн кээмэйдээх чааһынан
Кинини кэтэһэн турабын.
Ол кими кэтиирим чааһынан
Сүүс төгул мин туойан турабын.

Турбутум күөх талах иннигэр,
Турбутум, турабын, туруоҕум
Кэл! Биирдэ куустуһар иннигэр
Мин тыыммын даҕаны туруоҕум!

Эн солко былааккын эринэн
Манна кэл, мин күнүм күлүмэ!
Мин курдук эрэллээх эринэн
Дьоллонор дьылҕаҕын күлүмэ.

Манна баар мээр таптал, мээр эйэ,
Бааллар күөх төлөннөөх сайыннар.
Эн манна барҕата, мээрэйэ,
Муҥура суох дьолгун сайыннар!

Миэхэ биэр сүрэххин, биэр эккин,
Өйдүүбүн, саныыбын өрүүтүн
Субу эн дьаарбайар биэрэккин,
Эн солко суһуоҕуҥ өрүүтүн.

Дьэ кэллэ! Кинини кытары
Таҥара тыыннара түстүлэр,
Хараҥа күлүктэр кытары
Көмүстүү күлүмнүү түстүлэр.

Ол тыыннар санаабын табаннар
Сүрэҕим күлүүһүн астыннар,
Тапталыҥ охторо табаннар,
Таҥара, баҕабын астыннар!

Бэрт элбэх төннүбэт сыл ааста…
Мин туран дьол-соргу көрдөстүм.
Сүрэхпэр төлөннө, сылааста
Кулу диэн Киниттэн көрдөстүм.

Мин биллим уон илбис үөрэҕин,
Мин баарбын үрдүк тыын былааһар.
Эн бүгүн мииҥиттэн үөрэҕин,
Үөрүүгэр хомолто былааһар.

Бил мииҥин, мин аптаах талааммын,
Бил мөлтөх быһыыбын, бил бэппин –
Мин тугу кимтэн да талааммын
Умналаан ылары билбэппин.

Мин хадаар майгылаах эристин
Сүүс дьылҕа кэриэһин кэспитим.
Аны ким да кэлэн эристин –
Элбэҕи кэйгэллии кэспитим.

Тымныйбыт сүрэхпин, түөстэрбин
Мин халлаан уотунан сиэтэбин,
Сир-дойду сиксигин түөстэрбин
Сүүс сылы тэһииннээн сиэтэбин.

Оттон эн – сэттэ сир кэрэҕэр
Кэрдиллэ кэлбэтэх барахсан!
Баҕардым эн дьикти кэрэҕэр
Бар дьоннуун барасыай барахсан.

Эн дьылҕаҥ силбэһэр ситиитэ
Сирэм күөх ньаассынтан өрүллэр,
Таптаһар кэм кэлэн ситиитэ
Кистэлэҥ чувстваҥ син өр үллэр.

Ол таптал охторо түһэннэр
Эн уоттаах сүрэххин кэйэллэр,
Имэҥнэр муньньуста түһэннэр
Имнэриҥ тыргылла кэйэллэр.

Биһиги тааһынан тапталлар
Биэрэги кэрийэн испиппит,
Мичээрдиир эйэҕэс тапталлар
Миньньигэс мүөттэрин испиппит.

Биһиэхэ кынаттаах тыл баара,
Санаабыт үрдүккэ көтөрө,
Халлааҥҥа тырымныы тылбаара
Ыллыыра күн айыы көтөрө.

Таалалыыр талахха таарыйан
Дьапталҕа таастарга киирбиппит;
Тапталбыт өһүөнүн таарыйан
Тапсыбат санааҕа киирбиппит.

Ардыгар дьол тускул түөрэҕин
Дьоло суох өттүнэн кээһэҕин.
Кыайбаккын төһүүнэн түөрэҕин,
Билбэккин кэннигэр кээһэҕин.

Киһи сүүс көһүнэн быыһанар
Тус-туспа майгылаах-быһыылаах;
Атыҥҥа бэйэттэн быыһанар
Адьаһын кыайтарбат быһыылаах.

Киниэхэ хайгыыра-сирэрэ
Уустуга суох түргэн буолара,
Бэрт чугас биир хардыы сир эрэ
Куоскаттан тиигир кыыл буолара.

Суох буолла кэмчиэрбит быһыыта –
Мин толло, дьиксинэ барабын.
Кэпсээтэ: «Кэм кэллэ, быһыыта,
Быраһаай, атыҥҥа барабын!..»

Бараҕын… Мин эмиэ барыаҕым…
Илиигин ыл түөспэр уур, атаар…
Ахтаммын күдэхпин барыаҕым…
Ааттаһыа диир тылгын ууратаар!

Сассыарда тыргыл күн ойуута
Тапталбыт тымныйан хаалбыта,
Күөх биэрэк дьэрэкээн ойуута
Ыраатан кэннибэр хаалбыта.

Күөх түүнтэн уһуктан турууга
Көрүстүм көтөрдөр үөрдэрин –
Тураҕас туруйам «турууга»
Тууйуллар сүрэхпин үөрдэрин!

Атын тыл абыгар түбэһэн,
Атыҥна санааҕын уур, астын –
Туспа сир туйгуна түбэһэн
Эйигин кытары уурастын.

Иккиһин көссүһэ кэл, этиэм
Эргийбэт арахсыы туһунан;
Олуурдаах тылбынан кэлэтиэм –
Ол аата суолбут тус-туһунан.

Эн – таптал муҥутуур Кыыһаҕын,
Мин - кырыыс төрөппүт Уолабын,
Эн – күннүү күндээрэ кыыһаҕын,
Оттон мин – күүгэннии уолабын.

Айылҕам! Көргүн киэр уур; аһыы
Аймалҕан. Ким тугун аһыйар?
Урукку сымнаҕас уураһыы
Мин уоспар дьаат буолан аһыйар.

Ытаата ол имэҥ, ол омун:
«Быраһаай, күн диэки көр үстэ!»
Оһоллоох олоҕум оломун
Эҥсэр баал утары көрүстэ.

Ырыабын саптылар ыар ааннар.
Ыллаары сорунан көрбүтүм –
Кынаттаах тылларым ыарааннар
Кытаанах эрэйи көрбүтүм.

Үөрүүнү бүгүн киэр уур, айдым
Ынырык тыллары, хараны –
Үтүөнү туойартан уурайдым,
Тойугум күөмэйбэр хар аны.

Туох буолуой биир тойук өлүүтэ –
Таһааран ону киэр кээс, бырах!
Олоххо биэрэр биир өлүутэ
Поэкка суох дииргин, кээс, бырах.

Мин үрдүк магиям ханнаҕын?
Кэл эрэ, киир – ханна бааргыный?
Киир – туохтан кэхтэҕин-ханнаҕын?
Кинини саманна баар гыный!

Билигин биһиги хайабыт
Хараҕын таммаҕа тахсыаҕай?
Көмүстүү күлүмнүүр хайабыт
Көхсүгэр хайабыт тахсыаҕай?

Бигэтик мин өйдөөн кэбистим;
Эн мииҥин да саныы тур, аҕын.
Эйиэхэ сэрэбиэй кэбистим –
Тумарык быыһыгар тураҕын…

Кэрэ кэм сүрэххин үөрдүүтэ
Күөх сааскар көрүлээн хаалыаҕыҥ,
Көтүгэс кыталык үөрдүүтэ
Кыһыҥҥы кыраайгар хаалыаҕыҥ.

Олох ыар төлкөнү кэбиһиэ,
Оччоҕо дьэ уоххун харатыаҥ,
Оччоҕо муннаран кэбиһиэ
Ол сүүстэ дьаарбайбыт хара тыаҥ.

Кыыс кындыа сүрэҕиҥ тэбиитэ
Көссүһэр күүлэйтэн ырыаҕа,
Ол ону дьылҕа киэр тэбиитэ
Киллэриэм мин кэриэс ырыаҕа.

Эн тыыныҥ тобоҕо баарына
Өйдүөҕүҥ мин күүспүн, мин уорбун,
Таптыаҕыҥ, таҥара баарына,
Субу мин айманар минуорбун.

Сүрэххэр биирдэ уот эстиэҕэ –
Сылайан ыран-күр түһүөҕүҥ.
Сэгэриэм! Эдэриҥ эстиэҕэ,
Ынырык түүллэри түһүөҕүҥ.

Мин эмиэ манна сор суолбунан
Муҥура суох уостан барабын,
Сүүс төгүл тэпсибит суолбунан
Мин аргыый арҕахпар барабын.

Ардыгар туран кэп туонабын
Айдааннаах суорума сорукпун,
Алгыыбын күөх чэлгий туонабын,
Көрдүүбүн көстүбэт сорукпун.

Соҕотох мунчаарбыт куттас уол
Мин бара сатыыбын, сатыыбын…
Сүрэхпэр тоҥ тыалы кутта суол –
Сатыы да барарбын сатыыбын.

Сыньньалаҥ олохтон ырабын,
Эрэйтэн буһабын-хатабын;
Таптыыбын мин албын ырабын,
Тылбынан кумаҕы хатабын.

Таптыыбын төрөөбүт уйабын –
Буурҕанан биэбэйдиир биһиги;
Кыйданыы кырыыһын уйабын –
Поэттар манныкпыт биһиги.

Биһиги дорҕоонноох долгуттар
Туруору түөстэрин кимэбит,
Тыл күүһэ тыыҥҥытын долгуттар,
Билиэххит поэт диэн ким эбит.

Поэт сир сокуонун кэһиитэ
Маарынныыр биир тылы сотору…
Айылҕа бэлэхтиир кэһиитэ
Тыл тыынын төрөтүө сотору.

Оҥорбут буруйбун-айыыбын
Барытын сатана салаатын!
Ырытыҥ мин айбыт айыыбын
Силиһин-мутугун, салаатын.

Эргэрбит иэйиини саҥардан
Дьэргэтиэх сассыҥҥы саҥанан!
Долгуну киһилии саҥардан
Кэпсэтиэх ол кэрэ саҥанан!

Манна дьол салгынын тыыныллар,
Поэт ыар тыллартан салҕааччы,
Кыратык сыньньанан тыын ыллар,
Тыыһынча быстаҕы салҕааччы.

Таптаабыт кыыс оҕоҥ сириитэ
Кыракый сылтахтан буолуохтаах.
Ол онтон хамсаабат сир иитэ,
Кытаатан буол модун, буол уохтаах!

Сүрэхпит ыллаатын үөрүүнэн,
Ыарахан тыллары талбатын!
О, поэт, үөр сайдан, үөр үүнэн,
Аны бил эдэр саас талбатын.

Көччөхтөр көттүлэр-дайдылар,
Күннэрбит күөрэйдэ, көмүстээр!
Тойуксут! Бу талыы дайдылар
Ньуурдарын ырыанан көмүстээр.

Айылҕа маанылаах иитиэҕэ,
Билиэм дуо, тостору-бэттэри!
Улуу сир уһааран иитиэҕэ
Сүүһүнэн мин курдук бэттэри!


1941

Сүрүн сирэйгэ