Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)
ДОРҔООННОР ӨЙГӨ-САНААҔА ДЬАЙЫЫЛАРА Дьокуускай 2013
АННОТАЦИЯ
Дорҕоон, тыас киһиэхэ дьайыыта хаһан да уларыйбат. Өскүөкүлэни кыһыйар, кычыгырыыр тыас киһиэхэ олус куһаҕаннык иһиллэр, киһи хаһан да үөрэммэт куһаҕан тыаһа. Оҕо «ыы» диэн ытыыр саҥата киһи истэригэр биир саамай куһаҕан, тулуйбат дорҕоонунан ааҕыллар. Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тыллары, кырыыһы, онтон үчүгэй дорҕооннор үчүгэй тыллары, алгыһы үөскэтэллэр. Дорҕоон, тыас долгуннары үөскэтэринэн киһи мэйиитигэр, ийэ кутугар быһаччы дьайыыны оҥорор. Тыл иччитэ киһи өйүгэр-санаатыгар дорҕооннорунан дьайарын быһааран биһиги бу үлэбитигэр киллэрдибит.
Бары ааҕааччыларга ананар.
Звук действует на человека своими разными волнами. Действие звука на человека никогда не меняется. Неприятные звуки навсегда остаются неприятными. Для широкого круга читателей.
Иван Иванович Каженкин – Хааһах Уйбаан.
ААН ТЫЛ
Дорҕоон, тыас киһиэхэ дьайыыта хаһан да уларыйбат. Өскүөкүлэни кыһыйар, кычыгырыыр тыас киһиэхэ олус куһаҕаннык иһиллэр, киһи хаһан да үөрэммэт куһаҕан тыаһа. Оҕо «ыы» диэн ытыыр саҥата киһи истэригэр биир саамай куһаҕан, тулуйбат дорҕоонунан ааҕыллар. Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тыллары, кырыыһы, онтон үчүгэй дорҕооннор үчүгэй тыллары, алгыһы үөскэтэллэр. Дорҕоон, тыас долгуннары үөскэтэринэн киһи мэйиитигэр, ийэ кутугар быһаччы дьайыыны оҥорор. Тыл иччитэ киһи өйүгэр-санаатыгар дорҕооннорунан дьайарын быһааран биһиги бу үлэбитигэр киллэрдибит.
Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээбитинэн төрүт, өй-санаа өйдөбүллэрин билигин да сүтэрбэккэ иҥэринэн сылдьар. Хас биирдии дорҕоон бэйэтигэр сөп түбэһэр өйү-санааны үөскэтэр. Тыл өйгө-санааҕа дьайар күүһүн, өйдөбүлүн дорҕооннорун дьайыылара оҥороллор. Биһиги бу үлэбитигэр тылбыт сүрүн дорҕоонноро киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор дьайыыларын ырытыахпыт. Үчүгэй, киһи сөбүлээн истэр дорҕоонноро үчүгэй санаалары, тыллары үөскэтэллэр уонна алгыска туттуллаллар.
Үчүгэй дорҕооннор төһө да үгүстэрин иһин куһаҕан дорҕооннор, туохтар эмэ алдьанар, үлтүрүйэр тыастара айылҕаҕа элбэхтэр.
Куһаҕан дорҕооннордоох, киһи өйүгэр-санаатыгар куһаҕан өйдөбүллээх тыллары кырыыска тутталлар. Кырыыс диэн тыл «кыр» уонна «ыыс» диэн тыллар холбоһууларыттан үөскээбит. Кыр диэн туох эрэ алдьанар, үлтүрүйэр тыаһа. Ыыс диэн куһаҕан тылынан ааттаа, эт диэн өйдөбүллээх. Бу «ыыс» диэн тыл «ыы» уонна «ыс» дорҕооннор холбоспуттарыттан үөскүүр. «Ыы» диэн ытааһын дорҕооно, онтон онно «ыс» диэн дорҕоон эбиллэн ытааһыны ыс, тарҕат диэн өйдөбүллэнэр.
Биир өйдөбүлү биэрэр дорҕооннор холбоһууларыттан сахабыт тыллара олус былыргы кэмнэргэ үөскээбиттэр. Тылбыт үөскээбит бу төрүт тутулугун сүтэрэ, симэлитэ илигинэн киэн туттарбыт уонна харыстыырбыт күүһүрэн биэриэ этэ.
Бу кэмҥэ бука бары сахабыт тылын харыстыыр санаабыт эбиллэн иһэр. Ол эрээри тугу, ханнык тылларбытын аан маҥнай харыстыахтаахпытын кыайан быһаарбакка сылдьабыт. «Тыл – санааны салайар» диэн үлэбитигэр тылбытын хайдах харыстыырбытыгар аналлаах барыл оҥорбуппут. Онно билигин туттулла сылдьар, билэр тылларбытын барыларын үс тус-туспа бөлөххө араарбыппыт:
1. Төрүт тыллар. Бу тылларга киирсэллэр; төрдүттэн сахалыы, киһиэхэ бэйэтигэр, ыалга, итэҕэлгэ, баһылаабыт үлэтигэр-хамнаһыгар уонна айылҕаҕа сыһыаннаах билигин баар, туттулла сылдьар тылларбыт.
2. Үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах саҥа киирэр тыллар.
3. Үөрэх-билии киирии тыллара.
Бу үс бөлөх тыллартан төрүт тылларбытын туспа арааран ылан ордук күүскэ, хас биирдии дорҕооннорун букатын уларыппакка эрэ харыстаатахпытына тылбыт үйэлэргэ уларыйыа суоҕа диэн этэбит. Бу быһаарыы үлэ-хамнас уонна үөрэх-билии тыллара олох сайдан истэҕинэ хайаан да уларыйалларын, саҥа тылларынан эбиллэллэрин таба өйдөөн, туспа арааран, бу тыллар төһө да уларыйдаллар, эбилиннэллэр даҕаны омукпут төрүт тыла уларыйан хаалыа суоҕа диэн төрүккэ олоҕурар. Ол аата төрүт тылларбыт уларыйбатахтарына омукпут хаһан да уларыйыа суоҕа диэн хас да көлүөнэлэр усталарыгар, ыраах барар быһаарыыны үөскэтэр.
Бу үлэбитигэр ол санаабытын ордук чиҥэтэн, кэҥэтэн биэриини оҥордубут. Саха төрүт өйө-санаата ийэни - ийэ диэн уонна аҕаны - аҕа диэн ааттыырга иҥэн сылдьарын аахайбакка сылдьарбытын өссө чинэтэн санаттыбыт. Ол курдук сорохторго, төрөппүт ийэлэрин «мама», аҕаларын «папа», эбэлэрин «баба», эһэлэрин «деда» диэн ааттааччыларга дорҕооннор дьайыылара сыыйа-баайа өйү-санааны уларытарын, төрөппүттэргэ, аймахтарга сыһыаны мөлтөтөн иһиэн сөбүн быһаарабыт.
Улуу Өктөөп революциятын кэнниттэн сэбиэскэй былаас саҥа үүннэрбит дьоно, саҥалыы сайдыбыт суруйааччылар көмөлөрүнэн ийэни «мама» диэн, онтон аҕаны «папа» диэн ааттааһыны бүтүн Сойуус үрдүнэн тарҕаппыттара.
Арҕааҥҥы омуктар саҥарар саҥаларын быһаччы үтүктүүттэн киирбит дорҕооннор саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэттэр, атын өйдөбүлү биэрэллэр, ол иһин бу кэнники кэмҥэ төрөөбүт оҕолор ийэлэрин, аҕаларын аанньа ахтыбат, тылларын истибэт буола улааталлара элбээтэ.
«Ма» диэн ынах маҥырыыр дорҕооно. «Манна баарбын» диэн өйдөбүлү биэрэр.
«Па» диэн сирэр, сиргэнэр дорҕоон. Саха дьоно сиргэмсэхтэр, «па», «пахай», «пыы» диэн буоллар эрэ абааһы көрөллөр, аҕынньылара төллөр, сөбүлээбэттэр.
Билигин бу дорҕооннор дьайыылара түүрдэртэн төрүттээх нууччаларга уруттаан тиийбитин нууччалар ахсааннара биллэрдик аҕыйаан эрэриттэн билэбит. Эр дьоннорун өйдөрө-санаалара туруга суох буолан арыгыга ыллараллара, сыыһа-халты туттуналлара, быстах быһыыга киирэн биэрэллэрэ элбээтэ. Улаханнык сэрэнэргэ сөптөөх кэм биһиэхэ да кэллэ эрээри, биһиги төрөппүттэрбит кыһаммакка, аанньа ахтыбакка, өй-санаа туруга суох буолуутун атыттарга, учууталларга эҥин сыбыы сылдьаллара хомолтолоох.
Саха тылын харыстааһын диэн төрүт тылларбытын, ол аата киһиэхэ бэйэтигэр, ыалга, итэҕэлгэ уонна айылҕаҕа сыһыаннаах былыргыттан баар, билэр, тутта сылдьар тылларбытын ордук кыһанан харыстааһын, дорҕооннорун уларыппат буолуу ааҕыллар.
Хас биирдии саха тылын дорҕооно киһи өйүгэр-санаатыгар тус-туспа өйдөбүллэри үөскэтэрин таба өйдөөн тылбытын уларыппакка, ордук күүскэ харыстыыр кэммит кэллэ. Киһи өйө-санаата саҥа сайдан эрдэҕинэ үөскээбит олус уһун үйэлээх сахабыт тыла сайда, үүнэ туруохтун!
Бары биир санаалаахтарбытыгар, үлэбитин бэчээттээн таһаарыыга көмөлөспүт бар дьоммутугар истиҥ махталбытын тириэрдэбит.
ДОРҔООННОР ӨЙГӨ-САНААҔА ДЬАЙЫЫЛАРА
Саҥарар саҥабыт, хас биирдии тылбыт тус-туспа дорҕооннортон хомуллан үөскүүллэр уонна сахабыт төрүт тылларыгар дорҕоонноро биэрэр өйдөбүллэрэ тыл суолтатыгар сөп түбэһэллэр. Ол курдук «ыы» диэн куһаҕан, ытааһын дорҕооно хаһан да үчүгэй тылы үөскэппэт.
Суруйарга анаан дорҕоону бэлиэтээһини буукуба диэн ааттанар. Кэлин буукубаҕа үөрэнэммит буукуба ордук суолталаах курдук өйдүүрбүтүттэн тылбыт дорҕоонноругар сөптөөх суолтаны биэрэрбитин умнан эрэбит.
Тыл иччитэ, ол аата бу тыл киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор дьайыыта ханнык дорҕооннортон хомуллан үөскээбититтэн улахан тутулуктаах. Дорҕоон дьайыытыттан киһи мэйиитигэр хамсааһыннар үөскээннэр, ол дорҕооҥҥо сөп түбэһэр үчүгэй эбэтэр куһаҕан санаалары үөскэтэллэр. Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээбит тыл буолан айылҕаҕа үөскүүр дорҕооннору кытта биир тутулуктааҕын иҥэринэн, билигин даҕаны сүтэрбэккэ сылдьар.
Биһиги тылбыт олус былыргы, дьон саҥа өйдөрө-санаалара сайдан, киһи буолан, киһилии быһыыланан эрэр кэмнэриттэн ыла үөскээн олоҕун булбут тыл буолар. Ол иһин ураты билии биһиги тылбытыгар иҥэн сылдьар. Бу билии сүрүн дакаастабылынан саха тылыгар киһини эрэ атыттартан барыларыттан, ол аата бары тыынар-тыыннаахтартан; кыыллартан, көтөрдөртөн, балыктартан, араас маллартан туспа арааран, сайдыыны ситиһэр өйдөөҕүн-санаалааҕын, салгын кута сайдарын ураты бэлиэтээн «ким», «кимий?» диэн ыҥырыллар, «кини» диэн ааттанар, онтон атыттар бары; «ол», «бу», «туох», «тугуй?» диэн ааттаналлар, соннук ыҥырыллаллар. Өй-санаа бу курдук арахсыытын билии, киһиэхэ эрэ салгын кута, өйө-санаата түргэнник сайдарын быһааран таба туһанар буолуу, киһи атын тыынар-тыыннаахтартан бэйэтин ойуччу, ордук үрдүктүк туттарыгар аналлаах уонна киһи атыттары, кыралары өссө аһынар, харыстыыр, көмүскүүр санаатын улаатыннарыан сөп.
Киһи өйө-санаата сайдыытын туспа арааран аналлаах тылларынан бэлиэтээһин саха тыла киһи өйө-санаата саҥа сайдан, киһилии быһыыланар, кыбыстар, кэмсинэр, суобастанар буолан эрдэҕинэ үөскээбитин быһаарар. Өй-санаа сайдыыта былыргы олохтон, кыыллар, көтөрдөр өйдөрүттэн-санааларыттан тирэх ылан сайдан, өрө тахсыыта киһи буолууга ыҥырар «Киһи таҥара» үөскээһинигэр тириэрдибитэ. Киһи таҥаралаах буолуу өй-санаа сайдыытыгар ылар оруолун, тутулуктарын үөрэтиини сахалар оччотооҕу кэмнэртэн ыла дириҥник баһылаабыттарын биллэрэр. Ол курдук үчүгэй киһи буолуу баҕа санаата оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иҥнэҕинэ, улаатан баран ол баҕа санаатын ситиһэн үчүгэй киһи буолар кыахтанарын сахалар былыргы кэмнэртэн ыла туһаналлар эбит.
Дорҕоон киһи мэйиитигэр, ийэ кутугар быһаччы дьайар суолталаах. Дорҕоон эбэтэр тыас киһиэхэ дьайыыта хаһан да уларыйбат. Өскүөкүлэни кыһыйар, кычыгырыыр тыас киһиэхэ олус куһаҕаннык иһиллэр, киһи хаһан да үөрэммэт куһаҕан тыаһа. Оҕо «ыы» диэн ытыыр саҥата киһи истэригэр биир саамай куһаҕан, тулуйбат дорҕоонунан ааҕыллара хаһан да уларыйыа суоҕа. Ол курдук киһи «ыы» диэн ытыыр саҥаны истээт ыксыыр, тэһииркиир, уйулҕата хамсыыр, көмөлөһө охсор баҕата киирэр.
Дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор ити ураты дьайыыларыгар олоҕуран хас биирдии тылбыт дорҕоонноро туох суолталаахтарын, өйбүтүгэр-санаабытыгар оҥорор уларыйыыларын ырытыахпыт:
«А» - дорҕоон өй-санаа баарын быһаарар. Аанньа истибэтиттэн дуу, тоҕо дуу аҥардастыы «аа» диэн саҥаран иһэр киһи өйө-санаата аҕыйах, аҥала соҕус буолара быһаарыллар. Аҥала соҕуһа биллэр Аҥаа Моҕус аата онно сөп түбэһэр.
Олус былыргы, аан бастакы тыллар биирдии эрэ сүһүөхтээх буолалларын үөрэхтээхтэр дакаастаан тураллар. Биһиги сахалар киһи өйүн-санаатын, саҥаны айарын быһаарар соҕотох «ай» диэн тылбыт биир эрэ сүһүөхтээх, икки эрэ дорҕоонноох.
«А» диэн өй-санаа баарын уонна «й» диэн өй-санаа куруук хамсыы, эбиллэ-көҕүрүү, уларыйа турарын быһаарар дорҕооннор холбоһоннор бу «ай» диэн тылы үөскэтэллэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн, бу ай диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх, биир өрүтэ үчүгэйи оҥоруу буоллаҕына, атына куһаҕаны оҥорууну быһаарар. Ол аата киһи биир мэйиилээх буоларынан туох баар оҥорор быһыыта барыта, оҥорон таһаарбытын кэнниттэн биирдэ биллэн, арыллан үчүгэйгэ эбэтэр куһаҕаҥҥа тус-туспа арахсалларын бу ай диэн тылбыт соҕотоҕо табатык быһаарар.
«Ай» диэн тыл Сир үрдүгэр баар тыынар-тыыннаахтартан киһиэхэ эрэ сыһыаннаах. Ол курдук киһи эрэ өйө-санаата, салгын кута сайдарынан саҥаны айыыны кини эрэ оҥорор кыахтааҕын арааран, чопчулаан быһаарар.
Киһи тугу барытын оҥороругар аан маҥнай санаатыгар оҥорон ырытан көрөрүн быһыытынан «ай» диэн тыл киһи санаатыгар сыһыаннаах. Тугу барытын аан маҥнай санаабытыгар оҥорон көрөбүт, айабыт. Бу санаабытыгар оҥорон көрбүппүтүн илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, «ай» диэн тылбытыгар «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн айыы, саҥаны айыы буолан тахсар, дьоҥҥо биллэр.
Тылбыт санааттан оҥорон таһаарыыга уларыйар. Ол кэнниттэн биирдэ эрэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллэн, тус-туспа араарыллар кыахтанар.
«А» уонна «р» дорҕооннор холбоспуттарыттан «ар» диэн тыл үөскээн тахсар. «Ар» диэн тыл маннык өйү-санааны биэрэр дорҕооннортон хомуллан үөскээбит:
А - өй-санаа баарын быһаарар дорҕоон;
Р – «ыр» дорҕоон. Бу дорҕоон ырдьыгыныыр, кыыһырар, тэйитэр аналлаах. Хоһуланан «рр» диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына ордук күүһүрэр, ырдьыгынааһыҥҥа быһаччы кубулуйар.
Ар – ардыргыыр, араарар, ыһар, үрэйэр, алдьатар тыл. Ар-бур буоллулар диибит. Ар – ытырыам, тэйэ оҕус диэн өйдөбүллээх. Ыт «Ар-ар» диэн үрэр. Бу тылтан арбах, аргыар, араллаан диэн куһаҕан суолталаах тыллар үөскүүллэр.
Бу курдук быһааран истэххэ саха тылыгар элбэх дорҕооннор айылҕаҕа үөскүүр тыастарга, дорҕооннорго сөп түбэһэллэр. Биһиги бу үлэбитигэр тыл киһиэхэ биэрэр өйдөбүлэ дорҕооннорун охсууларыттан, ол аата хайдах саҥарыллалларыттан, иһиллэллэриттэн олус улахан тутулуктаахтарын уонна соннук өйү-санааны киһиэхэ үөскэтэллэрин арыйабыт.
Киһи истэригэр ис киирбэх, үчүгэй дорҕооннордоох уонна өйдөбүллээх тыллартан алгыһы үөскэтэн туһанабыт.
Хас биирдии дорҕоон киһи мэйиитигэр дьайан хамсааһыны, санаалары үөскэтэн өйө-санаата уларыйыытыгар тириэрдэр. Мэйиигэ субу хамсааһыннарга сөп түбэһэр санаалар үөскүүллэр.
И – дорҕоон өй-санаа туругун быһаарар.
Ии – уһаабыт «ии» дорҕоон төгүрүк, иннэ-кэннэ биллибэт, төрдө-төбөтө көстүбэт, эргийэ турар иини биллэрэр. «Ии» дорҕоон күн-дьыл эргиирин, сайын кэнниттэн кыһын хайаан да кэлэрин, үчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйарын, куһаҕан үчүгэйинэн солбулларын, олох эргийэн биэрэрин барытын холбуу быһаарар олус улахан суолталаах дорҕоон. Бу дорҕоонтон үөскүүр тыллар өй-санаа туругар улахан дьайыылаахтар, ол курдук:
Ийэ – оҕо ийэтэ, төрөппүт аата. Бу тыл дорҕоонноро; «и», «й» уонна «э» бары холбоһоннор оҕо өйүн-санаатын төрүттүүллэр, туругун олохсуталлар.
Иир - өй-санаа хамсааһына, буккуллуута, туруга суох буолуута.
Иит – иитэн бэлэмнээ, өйү-санааны биэр, бэрис.
Иин – умуһах, дьаама, тимирии, аллараа түһүү, мөлтөөһүн.
Иис – тугу эмэ тигии, иистэнии, холбоһуу.
Ил – эйэ, илгэ.
Илгийэр – тарҕанар, биллэр.
Ис – киһи сүрүн чааһа. Сахалар билиилэринэн киһи бэйэтин кистэлэҥ, кимиэхэ да биллэрбэт санаалара ис санаа диэн ааттаналлар.
Иһиирии – иһиирэр тыаһы таһаарыы. «Иһииримэ» диир сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ. Иһиирии салгыны хамсатар, эрийэр, соһуччу уларыйыыны үөскэтэр.
Н – дорҕоон «ын» диэн ааттанар. Бу дорҕоон ыгыллыыны, симиллиини, баттааһыны үөскэтэр, өйү-санааны намыратар, уоскутар аналлаах. Бу дорҕоонтон нам, намырай, нэм, нэмий, налый диэн тыллар үөскүүллэр.
О - дорҕоон олоҕу уонна олох салҕанан иһиитин кытта быһаччы сыһыаннаах. О дорҕоонтон үөскүүр тыллар; ол, обот, олох, оҕо, ойуун, омук.
Саха тылыгар «ө» дорҕоонтон саҕаланар тыллар эти-сиини кытта биир тутулуктаахтар. Холобур, өй, өс, өһөс, өһүөн, өбүгэ, өлүү. Бу тыллар эккэ-сииҥҥэ үөскүүр өйү, ийэ куту, уһуннук дьайар өй хайысхатын уонна эт-сиин туругун быһаараллар.
«Ө» дорҕоон уонна ыйар, хамсааһыны, хайысханы көрдөрөр «й» дорҕоон холбостохторуна өй диэн эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаах өйү-санааны быһаарар тыл үөскүүр. Бу тыл бары тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар үөскүүр өйү-санааны биллэрэр. Өй мэйиибитигэр үөскүүрүттэн эт-сиин биир чааһын курдук ааҕыллар. Өй дириҥ, уһуннук умнуллубат өйү-санааны биллэрэр уонна сахалыы ийэ кут диэн ааттанар.
Өйдөөх диэн тыл өй, ол аата ийэ кут тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар кэриэтэ баарын биллэрэр. Өйдөөх ыт, өйдөөх да ат диэн улахан кыыллар өйдөрүн-санааларын быһаарабыт.
С – дорҕоон. Бу дорҕоон «ыс» диэн ааттанар. Ыһар, тарҕатар, үрэйэр дорҕоон. Тарҕаныыны үөскэтэн элбээһини быһаарар суолталааҕа төһө да туһалааҕын иһин ыһара, үрэйэрэ куһаҕан.
Ыыс диэн тыл ытааһыны ыс, тарҕат диэн суолталаах. Тугу эмэни куһаҕан тылынан этэри эмиэ биллэрэр. Кырыыс, барыыс, сыыс. Саха тылыгар «р» дорҕоон ордук ыгыллан, хатыланан «рр» диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына ырдьыгынааһын үөскээн тахсар. Айылҕа бары улахан кыыллара ырдьыгыныыллар, ыгааһынтан көмүскэнэллэр. Элбэхтик «рр» дорҕоону саҥатыгар туттар киһи кыыһырымтаҕай соҕус буолара ханнык да саарбаҕа суох.
«Ы» - ыарахан дорҕоон. Бу дорҕоонтон ыар, ынчык, ынырык диэн тыллар үөскүүллэр. «Ы» дорҕоон «ыы» буола холбоһон уһаатахтарына ытааһыны үөскэтэллэр. Ханнык баҕарар тыл бүтүүтүгэр «ыы» дорҕоон сыһыннаҕына, бу тыл суолтата мөлтөөн, бүтүүтэ ытааһыннаах буолуохтааҕа арыллар. Барыы, сырыы, ыарыы, ыгыы, аһыы, айыы бары куһаҕан суолталара элбэх тыллар.
Биһиги баспыт иһигэр саныыр санаабыт ай диэн тылынан бэриллэн куһаҕана эбэтэр үчүгэйэ соччо биллибэт, кыайан араарыллыбат эбит буоллаҕына, ол саҥаны айбыппытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, “ыы” диэн ытааһыны биллэрэр сыһыарыы эбиллэн айыы диэн буолан тахсан куһаҕана улааппытын, эбиллибитин биллэрэр.
Чиҥ, кытаанах дорҕоон хаһан баҕарар чиҥник, дьиппиэнник иһиллэр, өйү-санааны чиҥэтэр, сахсайбытын суох оҥорор, оннун булларар. Саха тылыгар «ҥ» дорҕоон тылы, өйү-санааны күүһүрдэргэ анаан туттуллар. Бу дорҕоон тыл ыгар, толотторор, чиҥэтэр, хамаандалыыр, күүһүн эбэн биэрэр дорҕоон буолар. Барыҥ, толоруҥ, оҥоруҥ, туруҥ, кэннинэн кэхтимэҥ диэн тыллар бары күүһүрдэр, кытаатыннарар, бу этии хайаан да толоруллуохтааҕын биллэрэр өйдөбүллээхтэр.
Ийэҥ, аҕаҥ диэн «ҥ» дорҕоонунан бүтэр тыллар төрөппүт хайаан да толоруллуохтаах этиилэрин быһааран, чиҥэтэн биэрэр суолталаахтар. Ийэ, аҕа эппитэ хайаан да толоруллан иһэрэ эбитэ буоллар оҕо төрөппүттэрин курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатара ситиһиллэр кыахтаныа этэ. Төрөппүт этэр тылын суолтатын үрдэтэргэ, иитэр, үөрэтэр күүһүн улаатыннарарга «ҥ» дорҕоон быһаччы туһалыыр, бу этии хайаан да толоруллуохтааҕын чуолкайдаан биэрэр.
«Нь» дорҕоон тыл иннигэр турдаҕына намтатар, ньаачатар, ньахчатар, ньаматар, сүнньүнэн кыччатар, онтон тыл бүтүүтүгэр сымнатар, минньитэр суолталаах. Холобур, ньамах, ньамай, ньаалаҕай, барыанньа, манньа.
«Нь» диэн дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар ханан да сыһыана суох, ханнык да хамсааһыны үөскэппэт дорҕоон. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ «аньыы» диэн урут сахаларга букатын суох тылы булан киһи куһаҕаны оҥорор өйүн-санаатын туспа араара сатыыллара өй-санаа өйдөбүллэринэн олус улахан сыыһа. Бу тыл өйгө-санааҕа сөп түбэспэт, сахаларга суох тыл буолар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр Улуу Өктөөп революциятын, саҥаны айыыны оҥоруубут үчүгэй диэн сыыһа үөрэхтэрин сабынаарылар булан кэбиспит тыллара буолар. Аныгы өй-санаа көммүт үйэтигэр бу сыыһаны хайаан да көннөрдөххө табыллыа этэ.
Улуу Өктөөп революциятын кэнниттэн саҥалыы сайдыбыт дьадаҥы суруйааччылар көмөлөрүнэн нууччаларга ийэни «мама» диэн, онтон аҕаны «папа» диэн ааттааһын Сэбиэскэй Сойууска барытыгар тэнийбитэ.
Арҕааҥҥы омуктар саҥарар саҥаларын нууччалар сайдыыны ситиһии курдук санааннар быһалыы үтүктүүлэрэ өйдөрүн-санааларын буорту оҥорон, эр дьонноро быста мөлтөөннөр билигин сыл аайы ахсааннара аҕыйаан иһэр. Атын омук саҥарар саҥатын быһаччы үтүктүүттэн киирбит дорҕооннор саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар эмиэ сөп түбэспэттэр, буортулууллар. Бу куһаҕан суолталаах дорҕооннор дьайыыларыттан оҕолор ийэлэрин, аҕаларын аанньа ахтыбат, тылларын истибэт буола улааталларыгар тиийэллэр, буруйу, сыыһаны-халтыны оҥороллоро элбээтэ.
«Ма» - айылҕаҕа ынах маҥырыыр дорҕооно. Баары биллэрэр суолталаах дорҕоон. Оҕоҕо улаатымсыйыыны, бэлэмҥэ үөрэниини, ийэни аанньа ахтыбат, ас таһааччы эрэ курдук санааһыны үөскэтэр.
«Па», «пахай», «пыы» – бары куһаҕаны, сирбиппитин, сиргэммиппитин биллэрэр тылларбыт. Бу тыллартан ордук «па» дорҕоонтон саҕаланар тыллары элбэхтик сирэргэ анаан туттабыт.
Сахалар сиримсэх, сиргэмсэх дьон. «Па» дорҕоон сиргэниини үөскэтэрэ улахан буортулаах. Сирдилэр даҕаны отой көнөллөрө уустук. Саха дьонун сириксэннэрэ, талымастара ордук аһыыр аһылыктарыттан биллэр. Сирдилэр да сиэбэттэр. Сахалар былыр-былыргыттан аһыыр астарыгар ханнык да атын туспа, ураты булкааһы туттубаттар. Айылҕаҕа үүнэр үүнээйилэртэн, үөскүүр кыыллартан уонна көтөрдөртөн сахалар аһылыктара өссө талымастаан хомуллар. Ол курдук саха киһитэ сиэбэт астарынан бары үөннэр, тыҥырахтаах көтөрдөр уонна кыра кыыллар буолаллар.
«Па» – дорҕоон сирэр, сиргэнэр дорҕоон. «Па» диэн буолла да куһаҕан, киһи сиргэнэр, кэлэйэр. Оҕолор улааттахтарына аҕаларын анньа ахтыбаттара, этэр тылын истибэттэрэ, бу дорҕоонтон олус улахан тутулуктаах. Бу дорҕоон дьайыытыттан эр дьоммут мөлтөөн иһэллэр, оҕолорун иитиитигэр кыһанан ылсыбаттар. Сириллэр дьон мөлтүүллэрэ, кыһамматтара чахчы буоллаҕа.
«Ма», «па» дорҕооннор куһаҕан дьайыылара нууччаларга урутаан тиийбитин билигин эр дьонноро олус мөлтөөбүттэриттэн, үгүстэрэ арыгыга түргэнник ылларалларыттан, эдэр уолаттара элбэхтик быстах быһыыга түбэһэллэриттэн уонна ахсааннара биллэрдик аҕыйаан эрэриттэн бары билэбит.
Саха дьонугар эмиэ сэрэнэргэ сөптөөх кэм кэллэ эрээри, биһиги төрөппүттэрбит сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, суруйааччылар албыннарыгар киирэн сылдьалларыттан уонна най баран кыһаммакка, оҕолорун өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорор туһунан санаабакка, биһиэхэ бу куһаҕан дорҕооннор дьайыылара эмиэ кэлэн иһэриттэн сэрэммэккэ, бу дьону үтүктүбүттэрин курдук үтүктэ сылдьаллара ордук хомолтолоох. Омук эйэлээх буоларыгар, бэйэтин билинэригэр дорҕоон суолтатын таба туһаныы хайаан да наада. Куһаҕан дорҕооннордоох тыл куһаҕан санаалары үөскэтэрин ситэ билэн олохпутугар туһана иликпититтэн эдэрдэрбит өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута үөскээн, быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбиириттэн сэрэниэ этибит.
«Дэ» диэн дорҕоон дэбдэтэр, киһиргэтэр, өндөҥнөтөр, ону тэҥэ дэмниир, ол аата үрэйэр, алдьатар, ыһыллыыны киллэрэр дорҕоон.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй, сахалары суох оҥоро сатааһын кэмиттэн ыла бу дорҕоону анаан-минээн эйэ диэн баар суох эйэбитин элбэтэр, харыстыыр тылбытыгар холбуу сыһыараннар эйэбитин дэмнииллэр, ол аата алдьаныыга, үрэллиигэ ыыталлар.
Тоҕо биһиги, саха дьоно эйэбит аҕыйаҕый, үрэллэ, ыһылла сылдьабыт? Тылбыт үөрэхтээхтэрэ саҥарда сатыыр «эйэ-дэм» диэн тылларын дорҕоонноро эйэбитин алдьаталларыттан эйэбит кыайан кэлбэт, олохсуйбат, үрэллэ, ыһылла сылдьара кыайан холбоммот. (1,39).
Сэрии иннинээҕи саха суруйааччылара «эйэ-нэм» диэн холбуу этиини куруук тутталлар этэ. Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы тылбыт үөрэхтээхтэрэ ону соруйан уларытан «эйэ-дэм» диэн суруйтара сатыылларыттан, билигин бары кэриэтэ ити тылы тутталлар. Ол иһин биһиги эйэбит кыайан олохсуйбат, үрэллэ, ыһылла сылдьар.
«Дэм» диэн тыл алдьаныыны бэргэтэр суолтата төһө эмэ 1994 уонна 2008 сыллаахха тахсыбыт тылдьыттарга табатык киллэриллибитин үрдүнэн сэбиэскэй былаас тобохторо, тылбыт үөрэхтээхтэрэ син-биир «эйэ-дэм» диэн суруйарга ыйаллар, эйэбитин алдьаныыга, үрэллиигэ аналлыылларын уларыппаттар.
Бассабыыктар, коммунистар өй-санаа үөрэҕин сиргэ-буорга тэпсэн суох оҥорбуттара, сэбиэскэй былаас сахалары суох оҥоро, симэлитэ сатаабыта өссө да кыайан көнө, тылбыт буккулла илик кэмигэр төннө илик. Сэбиэскэй былаас кэмигэр улааппыт төрөппүттэр өй-санаа үөрэҕэр үөрэммэккэ хаалбыттарыттан оҕолорун өйүн-санаатын харыстыыр үөрэҕи итэҕэйэн, ылынан оҕолорун өссө да үөрэтэ иликтэр. Онно эбии тыл үөрэхтээхтэрэ тиэтэйэн, саҥа итэҕэл үөрэҕин арыйбыт, саҥалыы оҥорбут аатыраарылар саха дьонун барыларын албыннаан улахан буккууру киллэрэн сылдьалларын арааран билэн туората сатыыбыт.
Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан санааны оҕоҕо үөскэтэллэрин ийэлэрбит, аҕаларбыт билэннэр оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ туһана иликтэр. Ийэлэр бэйэлэрин «ма-ма» диэн ынах маҥырыыр дорҕоонунан ааттатаннар, оҕолоро улаатталлар эрэ кинилэри бэйэлэрин ас таһан аһатар дьонтон атыннык санаабаттарын, аанньа ахтыбаттарын, тылларын аахайан истибэттэрин үөскэтэллэр. Өй-санаа төрүттэрин, тутулуктарын ситэ сыаналаабаттарыттан, өссө итэҕэйэ иликтэриттэн бу тыл дорҕооннорун куһаҕан дьайыытын арааран билэ, оҕолорун өйүн-санаатын харыстыы иликтэр.
Оҕо аан бастакы тылларын саҥарарыгар ийэтэ ылар оруола, бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэр кыаҕа, олус улаханын быһаарбыппыт. Оҕотун аҕатын ийэлэрэ аанньа ахтыбатыттан, сыаналаабатыттан оҕотугар аҕатын «па-па» диэн букатын куһаҕан дорҕоонноох тылынан ааттыырга, атыттары үтүктэр санаатыттан, үөрэтэн кэбиһэрэ өйүн-санаатын буорту оҥорор. «Па» диэн куһаҕан дорҕоонтон үөскүүр тыллары оҕоҕо абааһы көрөр, сирэр, сөбүлээбэт өй-санаа оҕо төрүт өйүгэр-санаатыгар, буор кутугар олохсуйан сылдьарынан, аҕатын аанньа ахтыбат, сирэр, кини этэр тылын истибэт буола улаатар. Оҕото аанньа ахтыбатыттан санаата түһэн эр киһи арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолара, кэргэниттэн арахсара кэлин кэмҥэ элбээн иһэр.
Өй-санаа үөрэҕэ туоратыллыбыта өр буолбутунан дорҕоон дьайыыта итинник өйү-санааны оҕоҕо иҥэрэрин саҥа билэн дьоҥҥо тириэрдэ сатыыбыт. Yчүгэй, сөп түбэһэр дорҕооннордоох тыллар алгыһы, онтон куһаҕан дьайыылаах дорҕооннордоох тыллар кырыыһы үөскэтэллэрин умнубатахпытына табыллыа этэ. Олоҥхолорго абааһылар ырыаларын куһаҕан, хардьыгынас куолаһынан толороллоро дорҕоон дьайыытын билэллэрин биллэрэр.
Өй-санаа үөрэҕин сыыһата хас да көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэннэ биирдэ биллэр. Коммунистар үөрэхтэрэ сыыһатын үс көлүөнэ дьон уларыйбытын, бэйэлэрэ букатын мөлтөөбүттэрин, эстибиттэрин кэнниттэн биирдэ биллибит. «Па» дорҕоон куһаҕан дьайыыта аан бастаан эрдэлээн иһэр сайдыылаах, түүрдэртэн төрүттээх нууччалары хаарыйда. Куһаҕан дорҕооннор дьайыыларыттан эр дьоннорун букатын мөлтөтөн, өйдөрүн-санааларын туруга суох оҥорон, ахсааннарын аҕыйатан баран, нуучча норуотун ахсаана тоҕо аҕыйаан иһэриттэн үрдүкү салайааччылара дьэ кэлэн санааргыыр буоллулар. Ол аата өй-санаа үөрэҕин дьайыыта хойутаан биллэриттэн өйдөөх-санаалаах дьон эрдэттэн сэрэниэхтэрэ этэ.
Сахам дьахталларын, эр дьонун, төрөппүттэри куһаҕан суолталаах дьайыылаах дорҕоонноох тылларынан бэйэҕитин ыҥыттарбаккытыгар, ааттаммаккытыгар сүбэлиибит. Оҕо кыра, саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы саҥарарга үөрэтэргит ордук этэ. Сахалыы ийэ уонна аҕа диэн буолуҥ, бэйэҕитин оҕолоргутугар итинник ааттатыҥ, оҕолоргут эһиэхэ ордук ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтара, этэр тылгытын боччумнаахтык истиэхтэрэ, кэлэр көлүөнэлэргит өйдөрө-санаалара туруктаах буоларыгар олук ууруоххутун сөп.
ТЫАСТАР уонна САҤАЛАР
Айылҕаҕа туох барыта хамныы, уларыйа турарыттан араас элбэх тыастар үөскүүллэр. Олус былыргы кэмнэргэ дьон аан маҥнай саҥара сатаан эрдэхтэринэ, ол тыастары үтүктэн саҥара үөрэммиттэр. Ол араас тыастар үөскэтэр өйдөбүллэрэ бу саҥарар сахалыы тылларбытыгар билигин да иҥэн сылдьаллар. Хас биирдии тыастар киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор дьайыылара тус-туспа тыллары үөскэтэллэр уонна хаһан да хатыламматтар.
Сахабыт тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин уонна ол кэмтэн уларыйа илигин үгүс тылларбыт айылҕаҕа баар, онно үөскүүр тыастары быһаччы үтүктүүнү билигин даҕаны иҥэринэн сылдьаллара дакаастыыр. Үчүгэй тылларбыт барылара үчүгэй тыастартан, онтон куһаҕан тыллар бары куһаҕаннартан үөскээбиттэрин элбэх тыастары хомуйан үөрэтии быһаарар. Үгүс тылларбыт төрүттэрэ тыастартан үөскээбиттэрэ билигин да уларыйбакка эрэ сылдьалларын маннык холобурдартан булабыт:
Бар - эмискэ тоҕо барар улахан тыас. Бар диэн тылбыт улахан тыастан үөскүүр кутталтан тэйэн биэрии ордугун быһаарар.
Буу – туох эрэ күүскэ тыынар тыаһа. Буугунуур.
Бур – кыра сыыйа тахсар тыас. Бурҕайыы диэн ыһыы-тоҕуу, үрэйии, бур улаатан иһиитэ ааттанар. Буруо бурҕайар диибит. Буурҕа – күүстээх тыал.
Бус – кылгастык тыынан ылыы. Бусхайар – буруонан ыһаарар.
Дар – ыһыллаҕас дорҕоон, алдьаныыны, тостууну эбэтэр куһаҕан түһүүнү, эчэйиини биллэрэр. Дарбыйар, дарылыыр диэн тыллар үөскүүллэр.
Дор – дьиппиэннээхтик иһиллэр, бүтэҥи тыас. Саа тыаһа «дор» гынна. Дор диэн тыастан тылларбытыгар быһаччы сыһыаннаах дорҕоон диэн тылбыт үөскээбит. Доргутар, дорҕоонноохтук саҥарар диэн этии саҥабыт дорҕооно улаатан эбиллэн иһэрин быһаарар.
Дыҥ – кыра, кылгас, биир эмэ тыас.
Дыр – биирдэ эмэтэ тыаһыыр кыра тыас.
Дыы – уһун синньигэс, өйү-санааны аймыыр тыас. Бырдах дыыгыныыра киһини сүгүн утуппата тыаһын уһунунан быһаарыллар. Кур – сурулаан, түргэнник түһүү. «Кур» гына түстэ диибит.
Кус – быһа охсор кылгас тыас. Чыпчархай тыаһа «кус» гынна диибит. Куһугуратан түргэнник көтөр, аһылык буолар көтөрдөрү барыларын холбоон кус диэн ааттыыбыт.
Күп – күпсүйэр, күпсүүр тыаһа. Ньиргиэрдээх улахан тыас.
Кыр – таас курдук кэбирэхтэр алдьанар, үлтүрүйэр тыастара. «Кыр» гына алдьаммыт аны кыайан абырахтаммат буола алдьанар. Олоххо сэрэхтээх буолуу суолтата улаханын биллэрэн кыргыттар диэн тылбыт, онтон үөскээбит. Бу тылтан кырыыс диэн олус куһаҕанын бары билэр тылбыт үөскүүр.
Кычыгыр – бытархайдар аалсар тыастара.
Кыы – кычыгырыыр тыас. Өстүөкүлэни кыһыйар, кычыгырыыр тыаһы хайа да киһи тулуйан истибэт, өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар, куйахата күүрэр куһаҕан тыаһа. Бу тылтан кыыһырыы, кыырыы, өй-санаа уларыйар туругар киирии ааттанар. Тыл хайдах суолталааҕын дорҕоонноро биллэрэллэр. Кыы диэн дорҕоон кыыс диэн тылбыт сэрэхтээҕин, кыыс оҕо диэн олус харыстаныахтааҕын биллэрэр. Лап – олус сөп түбэһэр, атын хос тыаһа суох сөп түбэһиини биллэрэр.
Лас – сатархай, улахана суох, кылгастык иһиллэр тыас.
Лип – дьиппиэн, ыарахан, кылгас, аҕыйахтык тыаһыыр тыас.
Лис – ыараханнык түһүү бэлиэтэ. Туох эрэ ыарахан, ыйааһыннаах кытаанахха түһэрэ бу тыаһы үөскэтэр.
Лыҥ – үчүгэйдик иһиллэр кыра тыас. Лыҥкынас диэн олус үчүгэйдик иһиллэр тыаһы, куолаһы ааттыыбыт. Куо диэн кыыс оҕону арааран ааттыырбыт үчүгэй, лыҥкынас куолаһыттан ордук улахан тутулуктаах курдук.
Лып - өссө табыллыыны, сөп түбэһиини быһаарар тыас.
Лыс – кылгастык быһа ыстаныыны биллэрэр.
Си диэнтэн сибигинэйии, си биэриитэ үөскүүр. Си буолуохтааҕар этэбин диэн таах хаалыаҕынааҕар диэн быһаарыллар. Бэрт кыраны, дуона суоҕу биллэрэр.
Сии – кыра, уһун тыас.
Сип – кыра, кылгастык дьайар тыас. «Сип» гынар. «Сип гыммыты ситиигэ тиһэр» диэн этии кыраны, ону-маны мунньан, эбэн биэрэр киһини этэллэр.
Сир – ааһар, ураты түргэн тыас. Сирилээн ааста. «Сир» гынан ааста.
Суу – суугунуур. Айылҕаҕа куруук баар тыас. Тыа баһа суугунуур диибит.
Сыр – сырылыыр, түргэн тыас.
Сыы – сыыгыныыр тыас. Бүөлэммит мурун тыынарга сыыгыныыр.
Тап – үчүгэй тыас, табыы, табыллыы бэлиэтэ. Таптайар – таба тайанар. Туох баар үчүгэй санаабыт барыта табыллыыттан үөскүүр. Тап диэн үчүгэй тыастан таба сатыыр баҕа санаа үөскээһинэ таба диэн таҥара баар буолуутугар тириэрдибит. Таптал – таба тал. Таба диэн тыл кэлин көлүнэр көлө, таба аатыгар көһөн таба таҥара диэн буолбутун да иһин тап диэн таба тутууну, табыыны бэлиэтиир өйө-санаата уларыйбакка хаалбыт.
Тас – сатаархай, туох эрэ түһэр тыаһа, охсор тыас. Тас гынар, таһыйар диэн тыллар үөскүүллэр.
Тиҥ – кытаанахтык тирэнэр, ыарахан түһэр тыаһа.
Тир – түргэн тыас, “Тир” гынан хаалла диибит. Тиргиллэр – түргэнник, элбэхтик хамсанар.
Тоҥ – тоҥсуйар тыас. Куруук тоҥсуйааччыга тоҥсоҕойго иҥмит.
Тыҥ – туох эрэ олус синньигэс кылгастык тыаһыыра.
Палк – туох эрэ ыарахан инчэҕэйгэ түһэр, быраҕыллар тыаһа. Олус куһаҕан тыас, эстиини, быстыыны, охтууну, сууллууну биллэрэр.
Пас – туох эрэ соһуччу эстэр, эмискэ түһэр сатархай тыаһа.
Пөл – улахан таммах эбэтэр туох эрэ хойуу биирдэ эмэтэ түһэр тыаһа.
Пөс – сымнаҕас, ыарахан ыйааһыннаах сымнаҕастык, сымнаҕаска түһэр тыаһа.
Пус – оҕус муннун тыаһа. Эмискэ кылгастык тыыныы.
Пүс – ыараханнык охтор, түһэр тыас.
Пыс – кыра, кылгас, эмискэ тыаһыыр тыас. Туох эрэ быстарыттан үөскүүр.
Хаҥ диэн тыас элбэхтэ хатыланнаҕына хаҥкыныыр тыас үөскүүр. Хайдыбыт куолакал тыаһа хаҥкыныыр.
Хап – кураанах, хаппыт, чэпчэки ыйааһыннаах түһэр тыаһа. Хаппыт хаптаһын тыаһын үтүктэргэ анаан туттуллара табыллар.
Хар – хампы барар, алдьанар тыас, уҥуохха харыы, бүөлэнии. Хардьыгыныыр тыас үөскүүр.
Хачыгыр – ханнык эрэ кытаанах бытархайдар алдьанар, бэйэ-бэйэлэрин кытта аалсар тыастара.
Хур – баттааһынтан үөскүүр үлтүрүйэр тыас.
Чус – олус кыра, кылгас тыас.
Чып – олус сөп түбэһии. «Чып» гына түстэ диэхпитин сөп.
Чыс – хатан тыас. Чыскыйыы, чыскыйар диэн тыллар «чыс» диэн хатан, сытыы тыастан үөскээбиттэр.
Чыр – кыратык таарыйан ааһар тыас.
Чыы – сэрэтэр дорҕоон. Чаҕытар. «Чыычый» диэн үөскээбит. Саха дьоно тыл иччитин Ытык Чыыбыстаан диэн ааттаабыттара тылы туһаныыга сэрэхтээх буолууну улаатыннарар сыаллаах. Мээнэ тылынан ыһыахтанар, куһаҕан тыллары саҥарар табыллыбатын бары билэбит уонна сэрэнэбит.
Ити курдук сахабыт тылын сүрүн дорҕоонноро айылҕаҕа үөскүүр тыастары үтүктүүттэн үөскээбиттэрин билигин да иҥэринэн сылдьаллар.
Бу тыас дорҕооннорун иҥэринэн сылдьалларыттан сахабыт тыла иччилээх, киһи ийэ кутугар быһаччы дьайар кыахтаах.
Кыыллар уонна көтөрдөр араас саҥаларын үтүктүүттэн үөскээбит билигин туттулла сылдьар тыллар бааллар да аҕыйахтар:
Ар – ыт үрэр саҥата. Ар-бур буоллаҕына этиһии, тыл-тылга киирсибэт буолуу үөскүүр.
Ыр – ырдьыгыныыр саҥа. Кыыһырбыты, кыйахаммыты биллэрэр. Бу саҥа иһилиннэҕинэ тэйэн биэрии туһата улаатар.
Ма – ынах маҥырыыр саҥата. Туох да суолтата, атын өйдөбүлэ суох манна баары биллэрэр дорҕоон. Бу дорҕоонтон манна, маны диэн баары биллэрэр тыллар үөскээбиттэр.
Һук – соһуйдахха тахсар саҥа.
Ой – ыксаллаах, соһуччу кэмҥэ тахсар тыл. Ойон биэрэ оҕус диэн быһаччы өйдөбүллээх. Соһуччу түбэлтэҕэ киһи туора ойо охсон биэрэн дэҥтэн, оһолтон быыһаммыта элбэх.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн айылҕа тутаах сокуонугар сөп түбэһэринэн араас элбэх саҥалары маннык икки тус-туспа бөлөхтөргө араарыахха сөп:
1. Үчүгэй саҥалар. Чыычаахтар ырыалара. Үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах кыыллар саҥалара.
2. Куһаҕан саҥалар. Тыҥырахтаах көтөрдөр, кыыллар саҥалара. Холобур, бөрө улуйуута, суор кыланыыта манна киирсэллэр.
Айылҕаҕа үөскүүр тыастартан уонна кыыллар, көтөрдөр саҥаларыттан үөскээбит олус былыргы төрүттээх сахабыт тыла киһи айылҕаттан быһаччы тутулугун быһаараллар. Атын омуктартан киирии туспа дорҕооннордоох тыллары сахатыта сатаан сахабыт тылын буккуйуу, дорҕооннорун уларытыы сэттээх, өйгө-санааҕа киллэрэр уларыйыылара куһаҕан өттүгэр буолуон сөп.
Онон атын омуктартан киирэр дорҕоонноро сөп түбэспэт тыллар бэйэлэринэн сылдьаллара ордук, туспа сырыттахтарына саха тылыгар иҥэн сылдьар өй-санаа өйдөбүллэрин буккуйбаттар.
КУҺАҔАН ДОРҔООННОР КУҺАҔАН ТЫЛЛАРЫ ҮӨСКЭТЭЛЛЭР
Саха тыла Айылҕаттан тутулугун сүтэрбэккэ эрэ сылдьар олус былыргы тыл буолара быһаарыллан иһэр. Дорҕооннор киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыларын үөрэттэхпитинэ ону ордук итэҕэйэбит. Ол курдук айылҕаҕа үөскүүр куһаҕан тыастар, ол аата туох эмэ алдьанар, үлтүрүйэр эбэтэр олус куһаҕаннык охтор, түһэр тыастара бары куһаҕан дорҕооннору үөскэтэллэр. Ол куһаҕан дорҕооннортон куһаҕан тыллар үөскүүллэрин биһиги быһаарабыт.
Киһи өйүгэр-санаатыгар куһаҕан тыллар куһаҕан дьон үлэлэрин-хамнастарын, сылдьар сирдэрин быһаараллар, өйгө-санааҕа куһаҕан өйдөбүлү үөскэтэллэр.
«Ы» диэн бэйэтэ даҕаны ыарахан, куһаҕан дорҕоон хатыланнаҕына, уһаатаҕына «ыы» диэҥҥэ кубулуйдаҕына ытааһын үөскээн тахсар.
«Ыы» диэн ытааһын киһи истэригэр биир саамай куһаҕан дорҕооҥҥо киирсэр. «Ыы» диэн ытааһын дорҕоонуттан бары кэриэтэ куһаҕан өйдөбүллээх тыллар үөскүүллэр.
Бу «ыы» дорҕоон тыл иннигэр да турдаҕына куһаҕан, дьон сөбүлээбэт тылларын үөскэтэр. Ол курдук:
Ыы – олус куһаҕан, ыар сыттаах.
Ыыс – туох да көстүбэт куһаҕана, будулуйбута, тугу эмэ куһаҕан тылынан этии.
Ыыра – куруук сылдьар сир аата. Бөрө ыыра диибит.
Ыыра барда – соһуччу хайа барыы, алдьаныы, арахсыы аата.
Ыыспа – куһаҕан, кыра, кыараҕас, кирдээх-хохтоох дьиэ.
Ыыстыы – куһаҕан тылларынан хоһуйуу, ааттааһын.
Бу «ыы» диэн ытааһын дорҕооно тыл кэннигэр турдаҕына инники турар тыл ордук куһаҕан өйдөбүллэнэр. Ол курдук ас диэн олус үчүгэй тылбытыгар «ыы» диэн ытааһын дорҕооно эбиллэн аһыы диэн буолуута бу тылбытын букатын буоратан, буорту оҥорон аспытын сиэммэт аска кубулутар. Ай диэн саҥаны айарбытын биллэрэр тылбытыгар «ыы» диэн дорҕоон эбиллэн айыы диэн буоллаҕына куһаҕана элбэх тылга кубулуйбутун быһаарар.
Кыы – туох эрэ кыыкыныыр, кычыгырыыр тыаһа. Киһи истэригэр олус куһаҕан дорҕооҥҥо киирсэр. «Кыы» диэн кычыгырыыр тыаһы букатын тулуйан истибэт дьон элбэхтэр.
Кыр диэн туох эрэ алдьанар, үлтү түһэр тыаһа. Бу куһаҕан алдьатар тылга «ыы» диэн ытааһын дорҕооно эбиллиитэ кырыы диэн тылы үөскэтэр. Бу тыл кырыыга үтүрүллэн туоратыллыыны тэҥэ кырыыланан, биилэнэн ордук кутталлаах буолбуту биллэрэр.
Кырыы диэн тылбытыгар элбэтэр, тарҕатар «ыс» дорҕоон эбиллиититтэн кырыыс диэн бары билэр, чахчы саллар олус куһаҕан тылбыт үөскүүр. Ол аата кырыыс диэн куһаҕан тылбыт тыл маннык куһаҕан дорҕооннортон хомуллан үөскээбит. Кыр – ыы – ыс.
Кыр – туох эрэ алдьанар тыаһа. Алдьаныы хаһан баҕарар куһаҕан.
Ыы – куһаҕан, ытыыр дорҕоон, куһаҕан сыты эмиэ биллэрэр.
Ыс – ыһар, үрэйэр, тарҕатар, элбэтэр дорҕоон.
Үс куһаҕан дьайыылаах дорҕооннор холбоһоннор бу олус куһаҕан кырыыс диэн тылы үөскэтэллэр. Бу тыл сахаларга хаһан даҕаны үчүгэй тылга кубулуйар кыаҕа суоҕун бары итэҕэйэбит.
Ай диэн иннэ-кэннэ ситэ биллибэт, бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх тылга «ыы» диэн ытааһын дорҕооно эбиллэн бары билэр айыы диэн тылбытын үөскэтэр. Бу «ыы» дорҕоон эбиллиитэ ай диэн тыл куһаҕан өттүн улаатыннарар, куһаҕан тылга кубулутар. Ол аата биһиги баспыт иһигэр саныыр санаабыт ай диэн тылынан бэриллэн куһаҕана эбэтэр үчүгэйэ соччо биллибэт эбит буоллаҕына, ол саҥаны айбыппытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына айыы диэн буолан куһаҕана эбиллибитин биллэрэр. Айыы диэн сэрэхтээх, кутталлаах тыл. Бу тыл куһаҕан өрүтэ элбэх. Айыыны оҥордоххо туох эмэ куһаҕан буолуо диэн тылбыт бэйэтэ дорҕооннорун көмөтүнэн сэрэтэрин таба өйдөөн сэрэхпитин улаатыннарыа, оҕолорго айыы үчүгэй диэн этиэ суоҕа этибит.
Туохтан сэрэнэбитий? Айыы диэн киһи билбэтин, урут оҥорботун оҥоруу буолар, ол иһин кутталлаах, куһаҕана элбээн хаалар.
Дьон өйдөрө-санаалара сайдыбыта хас да тыһыынча сыллар буоллулар, ол иһин оҥорон көрбөтөх, билбэт быһыылара букатын аҕыйаан турар. Киһи барыта саҥаны арыйбат, саҥаны арыйыы, айыы диэн биир эмэ буолар. Сахалар үөрэхтэринэн бу тыл биирдэ эмэтэ эрэ туттуллуохтаах, улаханнык саҥарыллыа суохтаах. Оҕолор бары саҥаны, дьон билбэттэрин оҥорорго тиийдэхтэринэ бэрээдэк, сиэр-туом диэн суох буоларыгар тиийэр, барыта үрэллэр, ыһыллар. Ол иһин сахалар оҕолорун «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэллэрин умнубатахпытына, оҕолорбутун киһи быһыылаах буолууга үөрэтэммит омукпут үйэтэ уһуурун ситиһиэхпит этэ. Оҕо кыра эрдэҕиттэн айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥорбот буоларга үөрэннэҕинэ эрэ киһи быһыылаах буола улаатан киһи буолууну ситиһэрин умнубатахпытына табыллар.
Палк – туох эрэ олус куһаҕаннык охтор, түһэр, быраҕыллар тыаһа. «Палк» гына түстэ диэн аанньа ахтыбаттык этэбит. Палк диэн куһаҕан тыастан үөскээбит «па» диэн дорҕоон куһаҕаны бэлиэтииргэ туттуллар буолбут.
Па диэн дорҕоон куһаҕан, сирэр, анньа ахтыбат дорҕоон. Па-па буоллаҕына куһаҕана өссө улаатар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр нууччалар хайдах саҥаралларын быһаччы үтүктүү күүһүрүүтүттэн дьахталларбыт эр дьоммутун оҕолорунан итинник куһаҕан дорҕооннордоох тылынан ааттатаннар эр дьоммут өйдөрүн-санааларын мөлтөтөн сылдьаллар.
Пас – эстии, туох эрэ алдьанар тыаһа.
Пыы – олус, букатын куһаҕан, сиргэнии бэлиэтэ. Маннык куһаҕан тылы «ыы» диэн ытааһын дорҕооно үөскэтэр.
Бүү – оҕус буугунуур, кыыһырар. «Бүү» диэн куттуур дорҕоон. «Бүү» кэлиэ диэн кыра оҕону куттууллар этэ. Бүүчээн тыа кыра кыыла. Кыра «бүү» диэн буолар.
Сыы диэн туох эрэ сыыгыныыр тыаһа. Бу сыы диэн тыастан бары билэр, куруук туттар сыыһа диэн куһаҕаны биллэрэр тылбыт үөскүүр.
Тыы диэн саамай кутталлаах уунан устар тэрил аата. Туох сэрэхтээх, кутталлаах барыта “тыый” диэн буолар.
Хар – хампы барыы, алдьаныы тыаһа. Уҥуохха хар, бүөлэн диэн этии бу тыаһы үтүктэр тылтан үөскээбит. «Хар» гынар тыаһы иһиттэххэ киһи соһуйар, иһигэр туох эрэ хампы барда, алдьанна диэн санаа киирэ охсор, түргэнник көрө-билэ охсуон баҕарар.
Тыл дорҕоонноро, сүһүөхтэрэ элбээн саҥа тыллар үөскээн истэхтэринэ хас биирдии дорҕооннорун дьайыылара мөлтөөн, кыччаан, ылар суолталара аҕыйаан иһэллэр. Ол курдук элбэх сүһүөхтээх тылга «ыы» дорҕоон дьайыыта кыччаан көннөрү аһара барыыны бэлиэтээһиҥҥэ кубулуйар. Барҕар – барҕарыы, ыҥыр – ыҥырыы, тарҕат – тарҕатыы.
Онон Айылҕа куһаҕан тыастара, дорҕоонноро куһаҕан тыллары үөскэтэллэр уонна бу тыллар дорҕооннорун дьайыылара саха дьонун өйүгэр-санаатыгар хаһан да уларыйбаттар, сахабыт тылыгар иҥэн сылдьаллар. Ол иһин куһаҕан дорҕооннордоох тыллары отой аҕыйахтык туттуохха, улаханнык саҥарыамыахха, тыл иччитин уһугуннарымыахха, аны куһаҕан дьайыыта бэйэбитигэр эргийэн кэлэрин умнумуохха сөп этэ. Айыы диэн куһаҕан өрүтэ элбэх тылы аҥардастыы үчүгэй эрэ оҥоро сатыыр эстибит сэбиэскэй былаас тобохторо тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, суруйааччылар кэлэр көлүөнэлэрбит өйдөрүн-санааларын буорту оҥороллорун биһиги быһааран бар дьоммутугар тириэрдэ сатыыбыт. Куһаҕан өйдөбүллээх тылларынан аһара улаханнык айдааран туспа ыаллар баар-суох оҕолорун өйдөрүн-санааларын буортулууру тохтотор кэм кэллэ.
ӨЙ уонна АЙ
Тыл өйү-санааны, киһи куттарын кытта тутулуктарын арыйыыга өй уонна ай диэн тыллары ырытыы, чинчийии тириэрдэр. Бу тылларбыт киһи өйө-санаата сайдан иһиитин тутулуктарын, киһи куттара үөскээһиннэрин уонна тус-туспаларын быһаараллар.
Саха дьонун олус былыргы төрүттээх кут-сүр үөрэхтэригэр киһи үс куттаах диэн чуолкайдык этиллэр:
1. Буор кут.
2. Ийэ кут.
3. Салгын кут.
Бу куттартан буор кут диэн быччыҥнар хамсааһыннарыттан эккэ-сииҥҥэ, хас биирдии быччыҥнарга үөскүүр, эти-сиини кытта биир ситимнээх өй-санаа буолар. Онтон ийэ уонна салгын куттар диэн киһи өйө-санаата, мэйиитэ үөскэтэн таһаарар, кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, тупсан биэрэр өйүгэр-санаатыгар киирсэллэр.
Ийэ кут өйө-санаата эккэ-сииҥҥэ ордук чугас, быһаччы салайыыга кыттыһар кыахтаах буолан сахалыы өй диэн тылынан этиллэн бэриллэр. Ө дорҕоонтон үөскүүр тыллар бары эти-сиини кытта быһаччы сибээстээхтэр. Өй, өл, өбүгэ, өс диэн тыллар эти-сиини кытта тутулуктара улахан.
Салгын кут киһи таһыттан, үөрэҕи ылыныытыттан киирэр өйүн-санаатын ордук быһаарарынан уонна саҥаны киллэрэр, оҥорор кыахтааҕынан ай диэн тылынан этиллэр уонна дьоҥҥо эрэ сайдар, баар буолар уратылаах.
Ити курдук куттартан саҕалаан биһиги саха тылын өйгө-санааҕа сыһыаннаах икки тылын ырытабыт. Киһи олус былыргы кэмнэргэ аан маҥнай саҥара үөрэнэригэр биирдии дорҕоону таһааран туһана үөрэммит. Кэлин элбэх дорҕооннор холбоһоннор атын, элбэх дорҕооннордоох тыллары үөскэтэн барбыттар. Элбэх дорҕооннордоох тыллары таба туһаныыга, саҥарыыга киһи күөмэйэ эмиэ өйүн-санаатын кытта сайдан, тупсан испитэ быһаарыллар. Ол курдук элбэх омук тылларын хос акцена суох саҥарыы киһи күөмэйэ, буор кута ордук сайдыылааҕын быһаарар.
«Ө» дорҕоон уонна ыйар, хамсааһыны, хайысханы көрдөрөр «й» дорҕоон холбостохторуна өй диэн тыл үөскүүр. Өй мэйиибитигэр үөскүүр буолан эт-сиин биир чааһын курдук ааҕыллар. Өйдөөх диэн этии өй тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар кэриэтэ баарын быһаарар. Өйдөөх ыт, өйдөөх да ат диэн кыыллар өйдөрүн быһаарыыга хаһан баҕарар туттабыт.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн өй эмиэ икки өрүттээх. Өйдөөх уонна киһилии өйдөөх диэннэргэ арахсар. Өйдөөх диэн бары тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар сыһыаннаһар буоллаҕына, киһилии өйдөөх диэн этии өй хайысхата киһилии суолунан, киһи быһыылаахтык баран иһэрин уонна киһиэхэ эрэ баарын быһаарар.
Өй диэн ийэ кут өйө-санаата. Эттэн-сиинтэн тутулуга улахан, үгэстэри үөскэттэҕинэ эти-сиини быһаччы салайыыга кыттыһар. Бары улахан, кыра кыылларга, көтөрдөргө уонна балыктарга, ол аата тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар баар, сыыйа-баайа, бытааннык, үгэстэр үөскээһиннэриттэн сайдан, эбиллэн иһэр өй-санаа буолар.
Өй оҕо хараҕа иччилэнэрин кытта баар буолан салгыы сайдыбытынан барар. Ийэтин таба көрөн, билэр буолуутугар өйүн сайдыытын таһыма улаатар.
Сэбиэскэй былаас өй-санаа, таҥара үөрэҕин суох оҥорбутуттан сылтаан төрүт өйдөбүллэрбитин, тылбытын өссө да кыайан чуолкайдыы иликпит, төрүт тутулуктарын кыайан арааран билбэппит. Итини тэҥэ сэбиэскэй былаас тобохторо, анаан-минээн туорайдаһар, буккуйар дьон баалларыттан өйбүт-санаабыт, таҥарабыт үөрэҕэ билигин да оннун була илик.
Баспыт иһигэр аан маҥнай санаа үөскүүр. Санаабытыгар тугу эмэни саҥаны айабыт, элбэхтик толкуйдуубут, ырытабыт. Ай диэн тыл санааҕа сыһыаннаах. Бу тыл ол иһин үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана ситэри кыайан быһаарыллыбат, аан маҥнай биллибэт, өссө да оҥорулла илик, санааҕа эрэ сылдьар куһаҕан да быһыы куһаҕан диэҥҥэ киирсибэтинэн, бу тыл куһаҕана суох курдук ылыныллар, соннук туттуллар. Санаа ханнык да буолбутун иһин кыайан буруйданар кыаҕа суох. Санаа эрэ буоллаҕа дии. Биирдэ эмэтэ куһаҕаны да санаабыт кэннэ умнуллан, суох буолан хаалыан эмиэ сөп.
Арай субу санаабыт санаабытын тута бааччы олоххо киллэрэн тугу эмэни илэтигэр оҥордохпутуна, бу оҥорбут быһыыбытын дьон сыаналааннар, санаабыт хайдаҕа дьэ биллэн, чуолкайданан, туох эрэ ураты буоллаҕына, саҥаны айыы буолан тахсан кэлэр кыахтанар. Бу саҥаны айыыбыт дьоҥҥо туох эмэ туһалаах, үчүгэйи оҥорууга аналлаах буоллаҕына – үчүгэй, үрүҥ айыы, онтон буортулаах, куһаҕан буолан таҕыстаҕына – куһаҕан, хара айыы буолан хаалар уратылааҕын таба өйдүөхпүт этэ.
Өй-санаа маннык уларыйар кэмнэрдээҕин саха дьоно олус былыргы кэмнэргэ арыйан туһаналларыттан айыы диэн тылбыт соҕотох уонна икки, утарыта өйдөбүллээх. Айыы маннык уратытын сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрэ уонна киһи оҥорор быһыыларын араастара; үчүгэйэ уонна куһаҕана кэлин биллэн тахсара чуолкайдаан биэрэллэр.
Саҥаны айыы, туох эмэ уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу сахалыы айыы диэн ааттанар. Бу тыл «ыы» диэн ытааһын сыһыарыылаах буолуута бу быһыыбыт куһаҕан өттө баһыйарын быһаарар. Ол иһин саҥаны айыы диэн олус сэрэхтээх, кутталлаах быһыы буоларын тылбыт бэйэтэ биллэрэрин таба өйдүөххэ.
Ай диэн тыл салгын кут өйүн-санаатын быһаарар. Саҥаны айыы дьоҥҥо эрэ сайдарын, дьон эрэ оҥороллорун чуолкайдыыр. Киһи атын кыыллартан, көтөрдөртөн биллэр уратытынан саҥаны айан, айыыны оҥорон олоҕун түргэнник тупсарынан иһэрин биллэрэр. Тыл үөрэхтээхтэрин быһаарыыларынан дьон аан маҥнайгы саҥарар тыллара барылара биирдии сүһүөхтээх тыллар эбиттэр. Өй уонна ай диэн тыллар биирдии сүһүөхтээхтэрэ уонна «ый» диэн ыйар, көрдөрөр, хамсааһыны биллэрэр дорҕоонноохторо, бу тыллар дьон аан маҥнай саҥаран эрдэхтэринэ үөскээбит төрүт тыллар буолалларын быһаарар.
Бу икки аҥы тыллар олус былыргы кэмнэргэ, дьон өйө-санаата саҥа сайдан эрдэхтэринэ үөскээбиттэрэ саха тыла олус былыргы төрүттээҕин уонна сахалар өй-санаа улатыларын, куттар тус-туспаларын былыргыттан билэлэрин, олохторугар туһаналларын дакаастыыллар.
Онон биһиги баар-суох өйү-санааны быһаарар тылларбытын харыстыырбыт, уларыта сатаабаппыт ирдэнэр.
ӨҺӨС САНАА
Саха тылыгар «ө» дорҕоонтон саҕаланар тыллар эти-сиини кытта биир тутулуктаахтар. Холобур, өй, өс, өһөс, өһүөн, өбүгэ, өлүү. Бу тыллар эккэ-сииҥҥэ үөскүүр өйү, бу өй хайысхатын уонна эт-сиин туругун быһаараллар.
«Ө» дорҕоон уонна ыйар, хамсааһыны, хайысханы көрдөрөр «ый» дорҕоон холбостохторуна өй диэн тыл үөскүүр. Өй мэйиибитигэр үөскүүр буолан эт-сиин биир чааһын курдук ааҕыллар уонна ийэ кут өйүн-санаатын быһаарар.
Өс диэн куһаҕан, ыһыллыы, тарҕаныы, умуллуу аата. Өс-санаа – куһаҕан санаа. Тыл-өс тарҕаныыта. Куһаҕан тыл, саҥа тарҕаныыта.
Өс диэн тылтан үөскүүр өстөөх, өстөнөр диэн тыллар утары хайысхалаах өйү уонна бу өй уһун кэмҥэ дьайарын биллэрэллэр.
Өһүргэс диэн кыра аайыттан санаата табыллыбат киһи, бэйэтин туһунан улахан, үрдүк санаалааҕыттан сөбүлээбэттик, куһаҕаннык этиттэрдэҕинэ кыыһыран, куһаҕан санаата күөдьүйэн иһэрин биллэрэр. «Yүнэ-тэһиинэ суох», «Көҥүлүнэн барбыт» иитиилээх киһи ураты өһүргэс буолан хаалара куһаҕан быһыылар аһара элбииллэригэр тириэрдэринэн ордук хомолтолоох.
Атын киһиэхэ куһаҕаны баҕарар санаа умнуллубакка уһуннук дьайыыта өһүөн диэн ааттанар. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка өһүөн маннык быһаарыллар. Өһүрбүтү умнубакка илдьэ сылдьан ситиһэр санаа, өһүөмчүлээһин. (2,134).
Өһүөннээх киһи диэн киһиэхэ куһаҕаны санаабытын умнубакка, олус уһуннук саныы сылдьар киһи аата. Бу киһи куһаҕан санаатын өр кэмҥэ кистээн илдьэ сылдьан баран хаһан эмэ тоҕоостоох кэм түбэстэҕинэ толорон кэбиһэр кыахтаныан сөп.
«Киһиэхэ куһаҕаны оҥорума», «өһүөннээмэ» диир сахалар киһи буолуу үөрэхтэрэ. Бу этии киһи санаата атын киһиэхэ дьайар күүһэ бэйэҕэ төттөрү эргийэн эмиэ дьайарын быһаарар. Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ быһаарарынан киһи куһаҕан санаата бэйэтигэр ордук улахан куһаҕаны, буортуну оҥоруон сөп. Ол курдук киһи куруук саныы сылдьар куһаҕан санаата олус элбэхтик хос-хос хатыланан, үгэскэ, ийэ кутугар кубулуйдаҕына, хаһан эмэ бэйэтэ ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, бу куһаҕан санаатын аны бэйэтэ толорон кэбиһиэн сөбө ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.
Бас-баттах, көҥүлүнэн барбыт иитиилээх эдэр дьон өһүөннэрэ букатын сиэри таһынан барар кыахтанар. Арыгы испит уолаттары өйдөтө сатаан арыгылыыр куһаҕанын туһунан кэпсии сатаабыт милииссийэ эдэр үлэһитин үлтү кырбаан өлөрүүгэ өһүөннээһин тиийэр буолбута ордук хомолтолоох. (3,12). Өһүөн аһара барыыта олохпутугар халыйыы, эдэр оҕолору иитэр үөрэхпит, өйбүт-санаабыт таҥнары, төттөрү өттүгэр баран иһэрин көрдөрөр. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн улаатан эрэр оҕону иитиигэ хайаан да туттуллуохтаах, көрсүө сэмэй майгыны оҕоҕо иҥэриэхтээх үөрэҕи сэбиэскэй былаас кэнниттэн умнубуппут, хаалларбыппыт содула буолан өһүөн аһара барар кыахтанна. Өһүөн аһара барыыта дьон өйө-санаата туруга суох буолуутун үөскэтэн, охсуһуу, этиһии, өлөрсүү элбииригэр тириэрдэр кыахтаах.
Киһи санаата олоххо көрсөр ыарахаттары тулуйар, кыра аайы мөлтөөн, сыппаан испэт күүстээх буоллаҕына эрэ олоххо ситиһиини оҥоруу табыллар. Утарар, бэриммэт санаа өһөс санаа диэн ааттанар уонна куруук куһаҕан буолбатах, үчүгэйэ ордук элбэх. Бу санаа аһара барбатаҕына киһини кыайыыга, ситиһиигэ тириэрдэр сүрүн күүс буолар.
Дьиэ үрдүн тутан, уйан турар сүрүн мас аата өһүө диэн ааттанар. Бу мас тоҕо өһүө диэн буолла? Өһүө диэн дьиэ үрдүн, халыҥ даҥын ыараханыттан кэдэйбэтигэр аналлаах утары өҕүллүүлээх мас ааттанар.
Дьиэ өһүөтэ үрүт уонна ыарахан даҥ баттааһыныттан кэдэйэн турара көстүүтүн мөлтөтөрүн тэҥэ, киһиэхэ сууллаары, алдьанаары гыммыт курдук өйдөбүлү биэрэр. Сахалар дьиэни тутууну былыр-былыргыттан баһылааннар дьиэ иһигэр киирдэххэ үчүгэй көстүүтэ киһи санаатын тупсарарын үөскэтэри сатыыллар эбит.
Ол курдук утары өҕүллүүлээх аналлаах маһы булан өһүө оҥорон уурдахха дьиэ иһин көстүүтэ тупсарын былыр үйэҕэ быһаарбыттар эбит уонна аналлаах, дорҕоонноро сөп түбэһэр, өйү-санааны иҥэриммит тылынан аат биэрэн ааттаабыттар.
Өһүө өсөһөн турар, ол иһин кэдэйбэт. Кэдэйэригэр утары өҕүллүүлээх маһы анаан-минээн булан ылан өһүө оҥороллоруттан кэдэйбитин биллэрбэт. Киһи санаата эмиэ өсөһөр, утарылаһар күүстээх, өһөс санаалаах буоллаҕына эрэ киһи мөлтөөбөт, кэдэйэн биэрбэт, олох ыарахаттарын тулуйар күүстэнэр, кыайыыны ситиһэр кыахтанар. Ол иһин киһиэхэ өһөс санаа баара туһалаах эрэ буолар.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалары мөлтөтөр, суох оҥорор, симэлитэр сыалларыттан “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн кэлэр көлүөнэлэри өйдөрүн-санааларын бөҕөргөтөргө аналлаах өспүт хоһоонун куһаҕан өйдөбүллээх диэн туората, туттубат буола сылдьыбыттара. Билигин саҥа, ырыынак, киһи бэйэтиттэн ордук тутулуктаах олоҕор бу өспүт хоһоонун хас биирдии төрөппүт оҕотун иитиигэ туһанара ирдэнэр.
Барыттан-бары санаабыт түстэ диэн арыгыга охтон, арыгыһыт буолан хаалар дьон кэлин кэмҥэ олус элбээтилэр. Бу дьон кыра эрдэхтэринэ атаахтык иитиллэллэриттэн тулуурдара, күүстээх санаалара тиийбэтиттэн, өһөстөрө суоҕуттан арыгыга ордук түргэнник ыллараллар, арыгыта суох сатаммат курдук турукка киирэллэр, арыгы испэккэ эрэ кыайан сылдьыбаттар. Тулуурдаах, күүстээх, өһөс санаалаах киһи арыгыны аһара испэт, туттунар кыаҕа улаатар.
Билигин соҕурууттан тарҕанан, тэнийэн иһэр наркотик, наркоман буолбат туһугар киһиттэн өссө ордук тулуурдаах буолууну эрэйэриттэн эдэрдэр өссө өһөс буолуулара эрэ быыһыыр кыахтаах. Ол иһин эдэрдэр өһөс, тулуурдаах буолуулара өссө улаатан биэрэрин олох көрдөбүлэ ирдиир.
Айылҕа тымныытын тулуйарга киһиэхэ тулуурдаах буолуу, тымныыны утарар санаа, оннук күүс хайаан да наада. Куруук тымныыга сылдьыахха, эти-сиини хамсанан ититиэххэ, оччоҕо киһи тымныыны тулуйа үөрүйэх буолар, буор кута сайдар, тымныы кыаттарар.
Сылааска сыта үөрэнэн, сымнаан биэрдэххэ тымныыны тулуйбат буолуу үөскүүрүн, онтон этэ-сиинэ мөлтөөн ыарыыга ылларара элбиирин киһи барыта билиэ этэ.
Спортсменнар күүстээх, өһөс, туруулаһар санаалаах буоллахтарына эрэ ханнык эмэ ситиһиини, кыайыыны оҥорор кыахтаналлар. Күрэхтэһэр киһи утарсааччытын хоторун туһугар аан маҥнай санаатынан хоттоҕуна эрэ кыайыыны ситиһэр кыахтанарын биллэхпитинэ, туһаннахпытына табыллабыт.
Санаа күүһэ өһөс санаа диэн ааттанар. Санаа күүһүн спортсменнары тэҥэ, дьон бары туһаныахтара этэ. Олоххо хаһан баҕарар ыарахан, киһиттэн ураты тулуурдаах, өһөс буолууну эрэйэр түгэннэр тиийэн кэлиэхтэрин сөп. Санаа күүһүн сайыннаран олохпутугар туһаннахпытына салгыы сайдар кыахтанарбытын билиэ этибит.
Утарсар санаа өһөс санаа диэн ааттанар. Киһи өһөс санаалаах буоллаҕына эрэ олоҕор тугу эмэни ситиһэр, олох араас ыарахаттарын кыайар кыахтанар. «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн былыргы өбүгэлэрбит үөскэппит өс хоһооннорун дириҥник сыаналаан олохпутугар, оҕолорбут иитиитигэр туһанарбыт ирдэнэр.
Сэбиэскэй былаас бэлэмҥэ үөрэппит олоҕо суох буолбута ыраатта. Билигин олох уларыйан киһиттэн бэйэтиттэн ордук улахан тутулуктаах буолбутун кэнниттэн бэйэ өйүн-санаатын сайыннарыы, күүһүрдүү инники күөҥҥэ таҕыста. Ол иһин бу былыргы өспүт хоһоонун кытаанахтык тутустахпытына, өс хоһоонун ыйыытынан оҕолорбутун ииттэхпитинэ эрэ кэлэр көлүөнэлэрбит санаалара туруктаах, кыайыы диэки хайысхалаах буола улаатыахтара, омукпут сайдар, үүнэр кыахтанарын хааччыйыахпыт этэ.
ӨЙ–САНАА ТӨРҮТ ТУТУЛУГА
«Ый» - ыйар, көрдөрөр, өйү-санааны хамсатар дорҕоон. Сахаларга «ый» дорҕоон халлаан Ыйыттан быһаччы тутулуктаах. Халлаан ыйын көстүүтэ күн аайы уларыйар; улаатар, кыччыыр, ыйар, көрдөрөр, киһини толкуйдатар, санаатын хамсатар аналлаах. Ол иһин Ый диэн ааттаммыт.
Саҥа ый тахсыытыгар олус кыра, аан маҥнай синньигэс дьураа эрэ курдук көстөр. Ол курдук Ый Сири тула эргийэригэр Күн уотун сырдатыыта уларыйан биэрэн иһэриттэн көстүүтэ сыыйа улаатан, туолар, онтон кыччаан барар.
Ый үүнэн истэҕинэ көстүүтэ биллэрдик улаатан төгүрүгэ туолан иһэр. Туолбут ый толору төгүрүйэн көстөр, түүн сири дьиримнэс, дьиктилээх уотунан сырдатар. Үрүҥ көмүс уотунан кутуллар ыйдаҥа сырдыгын уонна ый көстүүтүн хас күн аайы уларыйан, улаатан, кыччаан иһэрин кэтээн көрүүттэн дьон өйдөрө-санаалара сайдыыта төрүттэммитэ «ый» диэн тылынан этиллэр уонна ый, көрдөр диэн өйдөбүлү аан маҥнай үөскэппит.
Дьон өйө-санаата Ый туолуутуттан, дьайыыта улаатыытыттан эмиэ уларыйар, араас биллибэт көстүүлэр элбииллэр, үгүс иччилээх түүллэр бу кэмҥэ киирэллэр, киһи түүлэ ордук чаҕылхай көстүүлэнэр, үчүгэйдик өйдөнөр уонна туолара элбиир. Ый туолбут кэмигэр сорох ыарыһахтар ыарыылара бэргиир.
Ый эргэрэн барыытыгар синньээн, кыччаан сыыйа симэлийэр. Ый быыһа хараҥа саҥа ый тахсыытыгар үс хонукка буолар. Ый көстүүтүн уларыйыыта 29,5 сууккаттан кыра ордук кэми ылар, Сиргэ баттааһыны оҥорор, Сир магнитын күүһүн хамнатар. Сир бэйэтин сүнньүн тула эргийэриттэн, Сир уонна Ый тардыһыыларын күүһүттэн үөскүүр баттааһынтан муоралар уонна акыйааннар таһымнара улаханнык үөһээ тахсан эбэтэр аллараа түһэн хамныыллар.
Киһи этин-сиинин туруга ыйтан эмиэ тутулуктаах. Ол курдук ыйтан ордук дьахталлар ыйданыылара, ый уларыйыытын аайы кэлэн иһэринэн ордук улахан тутулуктаахтар.
Күн уота ыйы хайа өттүттэн сырдатарыттан ый сиргэ көстүүтэ уларыйан биэрэр. Бу уларыйыы 29,5 хонуктан кыра ордугунан хатыланан кэлэн иһэр. Былыргы дьон бары аан бастаан хонуктарын ахсаанын ый уларыйыытын көрөн ааҕа үөрэммиттэр.
Бары омуктар бастакы халандаардарын, күнү-ыйы бэлиэтээһиннэрин ыйы кэтээн көрүүттэн, онно сөп түбэһиннэрэн оҥостоннор туһаммыттар. Дьон өйө-санаата ыйы көрөн, ый көстүүтэ уларыйарын кэтээн көрүүттэн сайдан испитэ итинэн дакаастанар.
Сахалар былыргы халандаардара эмиэ ыйтан тутулуктанара. Ый көстүүтэ улаатан иһэрин ый үүнэрэ, онтон көрүҥэ кыччаан иһиитин ый эргэтэ диэн ааттыыллара. Билигин ыйы маннык икки аҥы араарыы үүнээйи үүнүүтүгэр быһаччы дьайарын, ый саҥатыгар, үүнэригэр олордуллубут үүнээйи ордук тахсыылаахтык үүнэрин быһааран туһана сылдьаллар. Дьон боруобалаан көрөн бу график сөптөөҕүн итэҕэйэн оҕуруоттарын үүннэриигэ туһаналлар.
Ый Сиргэ планета буолуутун туһунан араас научнай аҥардаах гипотезалар бааллар. Олортон биир гипотеза Ый урут Күн кыра планетата эбит, ону кимнээх эрэ көһөрөн, соһон аҕаланнар Сиргэ сыһыаран кэбиспиттэр диэн этэр. Ый ыйааһына улаханынан айылҕатын быһыытынан Сиргэ кыайан көҥүлүнэн сыстыа суохтааҕа бу гипотеза төрүтүнэн буолбут.
Итинтэн атын гипотезаҕа Ый Сиртэн бэйэтиттэн быһа ыстанан тахсан планета буолбут диэн этиллэр. Бу гипотеза төрүтүнэн Тиихэй акыйаан оннуттан Ый туллан тахсыбыт буолуон сөп диэн быһаарыыны ылыммыттар. Манна Ый аҥар эрэ өттүнэн Сир диэки хамсаабакка сылдьара эмиэ төрүөт буолар дииллэр.
Биһиги сахалар былыргы өбүгэбит өссө саҥа дорҕооннору саҥарар буола үөрэнэн эрдэҕинэ хайа хаспаҕын ааныгар олорон эрэ халлаан ыйа күн аайы уларыйыытын кэтээн көрөн тарбаҕынан ыйан баран: «Бу ый»,- диэн эппититтэн ый дорҕоон уонна ый диэн тыл үөскээннэр Ый аатыгар иҥэн хаалбыттар.
Саха тыла олус былыргы, дьон саҥа өйдөрө-санаалара сайдан истэҕинэ үөскээбит төрүттэрин билигин даҕаны иҥэринэн сылдьар. Ол иһин халлаан ыйа билигин даҕаны Ый диэн ааттанар. Бу саха норуота, саха тыла олус былыргы төрүттээхтэрин ханна да халбаҥнаабат гына быһаарар бэлиэ буолар.
Саха тылыгар «ай» уонна «өй» диэн өйү-санааны быһаарар тыллар ый дорҕоон эрэ көмөтүнэн үөскүүллэр. Ый дорҕоон өй-санаа хамсыырын, уларыйарын быһаарар. Ыйар. Көрдөрөр. Хамсатар. «Өй» диэн тыл бары тыынар-тыыннаахтар өйдөрүн-санааларын, ийэ куттарын туругун быһаарар. Онтон «ай» диэн тыл киһи өйүн-санаатын, саҥаны айарын, салгын кута сайдыытын быһаарар буолан киһиэхэ эрэ анаан туттуллар.
Өй-санаа биир сиргэ турбат, хааттарбат, куруук хамсыы, көҕүрүү, эбиллэ, үллэ, дэбилийэ турар. Ол иһин өйү-санааны быһаарар тыллар хамсааһыны биллэрэр ый дорҕоон эрэ көмөтүнэн үөскүүллэр. Биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, суруйааччылар булан туһаннара сатыыр “аньыы” диэн тыллара “ый” дорҕооно суоҕуттан, хамсааһыны кыайан биэрбэтинэн өйү-санааны быһаарыыга кыайан барсыбат, төрүт сөп түбэспэт.
Ый хамнааһыныттан өй-санаа тутулуктарын быһаарыыга оҕо төрөөбүт күнүгэр ый туруутун эмиэ бэлиэтээн ылыы туһалаах буолуо. Манна ый саҥатыгар, үүнэригэр төрөөбүт оҕолор эттэрэ-сииннэрэ, өйдөрө-санаалара сайдыыны ордук ситиһэр кыахтаахтарын быһаарыы сотору кыаллыан сөп.
Дьон өйө-санаата сайдыыта халлаан ыйын уларыйыыларын кэтээн көрүүттэн саҕаланан сайдыбыт. Өйү-санааны быһаарар «ый» дорҕоон билигин даҕаны саха тылыгар уларыйбакка эрэ туттулла сылдьара сахалар олус былыргы омук буоларбытын дакаастыыр бэлиэ буолар. Хамсааһын ыйыыттан саҕаланар. «Ыйыы» хамсааһыҥҥа хайысха биэрэр, хамсааһыны саҕалыыр. Ый суолтата оннук. «Ыйаах» диэн ыйы аах диэн, ол аата хайаан да туолуохтаах диэн быһаарыы буолар.
Саҥа үөскээбит омуктар тыллара төрүт тутулуктарын сүтэрэннэр атын, элбэх дорҕооннордоох тылларынан байаллар, уларыйаллар. «Ый» диэн дорҕоон нууччалар суруктарыгар «Й» диэн суруллар. «И краткое» диэн ааҕыллар. Ханнык да хамсааһыны, көстүүнү бэлиэтээбэт буола уларыйан хаалбыт. Халлаан ыйын «Луна» диэн ааттыыллар. Бу икки сүһүөхтэммит тыл кэлин үөскээбит тыл буолара атын эбии дакаастабылга наадыйбат.
Сахабыт тыла олус былыргы тутулуктарын сүтэрбэккэ, уларыйбакка билигин даҕаны сылдьарынан киэн туттуохпут уонна өссө кыһанан харыстыахпыт этэ.
БЫҺЫЫ
Араас тыастары үтүктэр тыллар аан маҥҥай үөскээбит тылларынан буоллахтарына, хамсааһыннары бэлиэтиир тыллар киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ үөскээбиттэр. Ол курдук кэл, тур, бар, сыт, быс, оҥ диэн хамсааһыннары быһаарар сахалыы тыллар биирдии сүһүөхтээхтэрэ олус былыргы төрүттээхтэрин уонна тыастары үтүктүү кэнниттэн үөскээбит тыллар буолалларын быһаарар.
Киһи оҥорор хамсаныыларын быһаарар элбэх тыллартан биһиги быс диэн тылтан салгыы үөскүүр тыллары ырытыахпыт.
Быс диэн сахабыт төрүт тыла. Бу тылтан саҕаланан быһыы диэн тутта сылдьар быһыыбыт, тугу эмэ оҥорорбут, тутарбыт барыта холбуу ааттанар.
Быс диэн тугу эмэ быһа тардыы, тугунан эмэ быһыы ааттанар. Быс диэн саха төрүт тылыттан «ыы» диэн ытааһын сыһыарыытын эбиллиититтэн быһыы диэн киэҥ өйдөбүллээх, куһаҕан өттө баһыйар тыл үөскүүр. Өйбүт-санаабыт төрүтэ, тугу оҥорорбут барыта быс диэн тылтан үөскүүр быһыы диэн тылга иҥмит. Бу тыл хамсааһыны, киһи тугу оҥорорун барытын быһаарар.
Быһыы диэн тыл быһаҕынан, туох эмэ биилээҕинэн быһыыны биллэрэрэ бу тыл сэрэхтээҕин, кутталлааҕын, киһи, ордук улаатан иһэр оҕо тугу оҥороругар барытыгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһыахтааҕын биллэрэр.
Быһыы диэн тыл киһи оҥорор бары быһыытын; үчүгэйин уонна куһаҕанын барытын холбуу ылан быһаарарыгар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттээх өйдөбүллэнэр. Киһи оҥорор быһыыларыттан көрөн сыаналаан үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыылаах киһи диэн тус-туспа араарыыны оҥороллор.
Быһыы диэн киһи хайдаҕын быһаарыыга сүрүн суолталаах тылбыт. Киһи оҥорор быһыыларыттан көрөн хайдах киһитэ, киһилии быһыылааҕа быһаарыллар.
Хас киһи оҥорор быһыылара бары тус-туһунаннар. Ханнык эрэ быһыы сорох киһиэхэ үчүгэй буоллаҕына, үгүстэргэ куһаҕан буолуон сөп. Ол курдук арыгы истэҕинэ арыгыһыт киһи бары баҕа санаата туолан киниэхэ үчүгэй буоллаҕына, арыгылыы сылдьар киһи үгүстэргэ куһаҕаннык көстөр. Уоруйах уордаҕына үчүгэйи оҥордум диэн сананара атын дьон санааларыгар куһаҕан буоларын, туораталларын бары билэбит.
Быстахха, быһыы үөскүүр. Быһыы саха тылыгар олус киэҥ, дириҥ өйдөбүллээх тыл. Бу тыл быһаҕынан дуу, тугунан дуу быһары тэҥэ, киһи майгынын, оҥорор быһыытын холбуу ылан быһаарар.
Быһыылаах диэн тыл кыһан, чочуйан, быһаҕынан быһан оҥоруллубуту, туох эрэ ураты көрүҥ биэрбити биллэрэр. Киһилии быһыылаах диэн эттэхтэринэ киһи оҥорор быһыыларын оҥорор, киһилии өйдөөх-санаалаах киһи буолар.
Быстах диэн быһыллыбыт, кылгас, ситэ толкуйдамматах, быһаарыллыбатах быһыыны тэҥэ, түргэнник буолан ааһар быһыылары ааттыыбыт. Тугу эмэ туһалааҕы эбэтэр саҥаны айыыны оҥороору сыыһа-халты тутуннахха эбэтэр бу быһыы табыллыбатаҕына, сатамматаҕына быстах быһыы үөскүүр. Киһи оҥорор бары быһыылара туохтара эмэ табыллыбатар эрэ быстах быһыыга кубулуйуохтарын, куһаҕан өрүттэниэхтэрин сөп. Ол иһин киһи бары оҥорор быһыыларын дириҥник ырытан, сыаналаан баран оҥордоҕуна эрэ киһилии быһыылар үөскүүллэрин арааран билиэхпит этэ.
Бу быһаарыы оҕолору үөрэтиигэ хайаан да тутуһуллара наада. Ол курдук оҕо саҥаны, урут оҥорботоҕун, саҥаны айыыны оҥоро охсор санаата аһара элбэҕинэн тугу эмэни оҥороору сыыһа-халты туттунан субу оҥоро сатыыр үчүгэй да быһыытын быстах быһыыга, куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп. Түргэнник тиийэ охсоору тиэтэйэн быһалыы бараары ситэ тоҥо илик күөлгэ киирэн, урут оҥорботоҕун, саҥаны айыыны оҥороору оҕо ууга түстэҕинэ кини тиэтэйэр санаата быстах быһыыны үөскэтиэн сөп.
Быстахха былдьаныы диэн сыыһа-халты туттунан туохха эмэ түбэһии эбэтэр туох эмэ соһуччуга, күүппэтэххэ киирэн биэрии ааттанар. Тиэтэйииттэн, ыксааһынтан, кыратык эмэ быһалыы бара сатааһынтан, киһи оҥороруттан атыннык, тиэрэтик, ол аата саҥаны айыыны оҥорон, бары билэр, тутуһар суолбут быраабылатын тутуспакка быһалыы сүүрэн суолу туораары массыынаҕа киирэн биэрии быстахха былдьаныы диэн ааттанар.
Быстыы диэн туох эмэ тутулуга быстарын тэҥэ, тиийиммэт-түгэммэт буолуу, эрэйдэнии, күүс-кыах суох буолуута, дьадайыы ааттанар. Быс, быһар диэнтэн быһах диэн тыл үөскээбит. Төрүт сахабыт тыла. Саха дьоно бэйэлэрэ уһанан, оҥорон таһаарбыт быһахтара буолар. Таас, уҥуох, чаҥ, тимир да быһаҕы барыларын саха дьоно оҥорбуттарын, туһаммыттарын бу быс диэн хамсааһыны биллэрэр тылтан быһах диэн тыл үөскээбитэ быһаарар. Ол аата аан маҥнай быс диэн хамсааһынтан быһыы, онтон быһыыга туһалыыр быһахтар оҥоруллан тахсыбыттар. Сахабыт тыла сайдан иһиитэ итинник дириҥ тутулуктааҕын таба өйдөөн уларыппакка, ордук күүскэ харыстыахпыт этэ.
Быһаарар диэн тыл быс, араар диэн тыллартан үөскээбит. Элбэхтэ быстахха, араартаатахха туох барыта ордук чуолкайданан, иһигэр туох баара ырытыллан тахсарын чопчулаан биллэрэр.
Быһаарыы диэн тугу эмэ дириҥник хасыһан, илдьиритэн, бысталаан, туох иһигэр баарын ырытан таһааран билии, үөрэтии ааттанар. Ол аата тугу эмэ быһаарарга олус дириҥник ырытыы, билии наадатын сахалар былыргыттан билэннэр туһаналлар эбит.
Быһаарыы диэн тылтан салгыы быһаарыылаах диэн тыл үөскээбит.
Сахабыт тылын төрүт тутулугун үрэйбэккэ, алдьаппакка эрэ туһана сылдьарбытыттан тылбыт үйэтэ уһуо этэ. Быһыы диэн киһи майгынын уонна тугу оҥорорун барытын быһаарар тылбыт «ыы» диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ, киһи тугу оҥороругар, хайдах хамсанарыгар барытыгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһыахтааҕын уонна бэйэтэ майгынын тупсара сылдьара наадатын биллэрэр.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн быһыы эмиэ икки өрүттээх өйдөбүллээх. Бу тыл ордук тиэтэйии, ыксааһын, сыыһа-халты хамсаныы куһаҕан быһыыны үөскэтэрин быһаарара ордук олохтоох. Киһилии быһыыта суох киһи киһи буолара өссө биллибэт.
ТЫЛ ИЧЧИТЭ
Саха тыла, бэйэбит төрөөбүт тылбыт олус былыргы кэмҥэ үөскээбит диэни билигин бары билэр буоллубут, омукпут олоҕун остуоруйатын, тылбыт төрүттэрин үөрэтэн истэхпит аайытын ону итэҕэйэрбит ордук эбиллэр.
Хас биирдии тыл тус-туспа дорҕооннортон хомуллан үөскүүр. Тылы сурукка киллэрэрбитигэр хас биирдии дорҕоону тус-туспа буукубаларынан бэлиэтээн суруйабыт.
Тыл төһөнөн былыргы кэмнэргэ үөскээбит даҕаны, соччонон аҕыйах дорҕооннордоох буолара быһаарыллыбыта ыраатта. Ол аата биир, икки дорҕоонноох тыллар саамай былыргы, аан маҥнайгы үөскээбит тыллар эбиттэр. Маннык тыллар биһиги сахабыт тылыгар олус элбэхтэр.
Хас биирдии дорҕоон киһи мэйиитигэр хамсааһыннары үөскэтэн бэйэтигэр сөп түбэһэр санаалары үөскэтэр уонна олор дорҕоон дьайар күүһүттэн тутулуктанан күүһүрэр, күөртэнэр, намырыыр, симэлийэр кыахтаахтар. Холобурга, музыка алыптаах дорҕоонноруттан киһиэхэ араас, ураты санаалар үөскүүллэр. Дорҕооннортон санаа көтөҕүллэн, күүс-уох киириэн эбэтэр санаа түһүүтэ, санаарҕабыл үөскүөн сөп.
Хомус тыаһа ураты. Билигин хомус тыаһынан эмтээһин тэнийэн эрэр. Хомус тыаһын, дорҕооннорун туһалаах дьайыыта, киһи санаатын уларытар күүһэ эмтиир дьайыыны оҥорор.
Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьарын быһаарыы сахабыт тылын табан туһанарбытыгар тириэрдиэҕэ. Тыл иччитэ дорҕооннорунан дьайан киһи өйүн-санаатын быһаччы салайар, уларытар кыахтаах. Хас биирдии дорҕооннор дьайыыларыттан киһи өйүгэр-санаатыгар онно сөптөөх санаалар үөскээннэр киһини салайыахтарын сөп.
Биһиги тылбыт олус былыргы төрүттээҕиттэн Айылҕаттан иҥэриммит дорҕооннорун билигин да илдьэ сылдьар. Ол курдук «р» дорҕоон хатыланнаҕына, «рр» диэн буоллаҕына өссө күүһүрэр, ырдьыгынааһыҥҥа, кыыһырыыга кубулуйар, онтон «ы» дорҕоон уһаатаҕына «ыы» диэн буоллаҕына ытааһыны үөскэтэрэ хаһан да уларыйбат.
Киһи истэр дорҕоонноруттан ытааһын саамай куһаҕан дорҕоон, өйү-санааны аймыыр. «Ээ» диэн кыра оҕо ытыыра киһиэхэ көмүскүүр, харыстыыр, көмөлөһөр санаа киириитин үөскэтэр.
Уһаабыт «ээ» дорҕоон дьайыыта көмүскэл, харысхал, көмөлөһүү наада буолбутун киһиэхэ илэ биллэрэр. «Э» дорҕоонтон саҕаланар тыллар эйэ, эһэ, эбэ, эйгэ, эрэл бары эйэлээх буолууга, харыстыыга, көмүскүүргэ аналлаахтар. Кыра оҕо ытыыра «ээ» диэн эйээрэриттэн улаатан истэҕинэ «ыы» диэн дорҕооҥҥо уларыйара өйө-санаата сайдан иһэрин быһаарар.
Ы – дорҕоон бэйэтэ да ыарахан дорҕоон. Бу дорҕоонтон саҕаланар ыарахан тыллар ордук элбэхтэр: ыар, ыарыы, ынчык, ынырык, ыарахан уонна да атыттар.
Уһаабыт «ыы» дорҕоон дьайыыта ордук куһаҕан. «Ы» дорҕоон уһаатаҕына «ыы» диэҥҥэ уларыйдаҕына ытааһын үөскээн тахсар. Ол курдук уһаабыт «ыы» дорҕоонунан бүтэр тыллар бары туох эрэ куһаҕаҥҥа, ытааһыҥҥа тириэрдэллэр. Аҕыйах биллэр тыллары ыллахпытына:
Барыы – ыраах барыыны, өлүүгэ тиийиини бэлиэтиир. Уу сири-дойдуну ылара элбээбитин биллэрээри билигин үгүстүк ууга барда диэн этиини туһанар буола сылдьабыт. Ууга барда диэн уу илдьэ барда диэн суолталаах уонна букатын суох буолла, аны төннүбэт гына барда диэн быһаччы өйдөбүллээҕин таба туһаныахха. Ол курдук барыы диэн быһаччы этилиннэҕинэ аны букатын төннүбэт диэн өйдөбүллэнэр.
Түүлгэ ууга барыы туох эмэ улахан алдьархай тахсарыгар эбэтэр ууга барбыт киһи өлүүтүгэр көстөр быһыы буолар. Ууга барыы букатыннаах барыы буоларынан олус ыарахан, куһаҕан өйдөбүллээх этии буолан тахсар.
Ылыы диэн быстах кэмҥэ оҥоруллар быһыы буолар. Быстах кэмҥэ халаан уута кэлэн уу ыллаҕына «ууга барда» диир улахан сыыһа, «уу ылла» диир ордук таба буолуо этэ. Уу ылбытын курдук түргэнник түһүө, барыа, төннөрүө.
Быһыы – киһи оҥорор саамай сэрэхтээх хамсаныыта буолар.
Сытыы – ханнык баҕарар туттар сэп биилэнэн, сытыыланан, өргөстөнөн турдаҕына туох эмэ куһаҕан быһыы буоларын тэҥэ киһи бэйэтэ мөлтөөтөҕүнэ, ыарыйдаҕына сытыы кэлэрин биллэрэр.
Ыгыы – баттааһын, хабырыйыы үөскээбитин биллэрэр.
Ырыы – эт-сиин быстыыта, ырыыта, көтөхтөрүүтэ.
Ытыы – ытааһын бэйэтинэн тиийэн кэлбитин биллэрэрин тэҥэ, саанан ытыы өлүүгэ-алдьархайга тириэрдэрин биллэрэр.
Аһыы – баар-суох үчүгэй «ас» диэн тылбытыгар «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбилиннэҕинэ, бу тылбыт куһаҕан өттүгэр тосту уларыйар уонна аһыыр аспыт аһыйбытын, сиэммэт, буорту буолбутун биллэрэр.
Айыы – диэн саҥаны айыыбыт сотору кэминэн куһаҕана тахсан хайаан да ытааһыҥҥа тириэрдэрин быһаарар. Бары саҥаны, дьон билбэтин айыылартан үгүс өттө кэлин куһаҕаны айыыга кубулуйарынан айыы диэн тыл куһаҕан өйдөбүллээх, элбэхтик туттуллубат, улаханнык саҥарыллыбат сэрэхтээх тыл.
Айыы-айа – соһуччу, урут биллибэт ыарыыттан, эстииттэн ыгыллан тахсар тыллар, саҥаны айыыттан кэлэр сыыһа-халты туттууттан үөскүүр ыарыыны биллэрэр. Ол аата киһи урут билбэт, саҥа ыарыытын дьайыыта итинник табатык, сөп түбэһэрдик ааттанар. Ыар – ыарахан, олус куһаҕан, хам баттааһын, эрэйдэнии.
Бу ыар диэн бэйэтэ олус куһаҕан өйдөбүллээх тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбилиннэҕинэ ыарыы илэ бэйэтинэн үөскүүр. Ыарыы – киһи этигэр-сиинигэр үөскүүр ыгыллыы, күүрүү, хам тутуу, хаатыйаланыы, Ыарыы - олус куһаҕан, ыар ыарыыттан эт-сиин алдьаныыта саҕаланар. Ыарыы куһаҕана илэ биллэриттэн бу тыл куһаҕанын бары билэллэр.
«Ыы» дорҕоон куһаҕан эрэ өйдөбүллээх. Маннык бүтүүлээх тыл саха тылыгар хаһан да үчүгэй тыл буолбат. Дорҕооннорун тутулуга оннук. Ытааһын хаһан баҕарар ытааһына уларыйбат. Үөрүүттэн биир эмэ киһи хараҕын уута ыгыллан тахсыбытын «ыы» диэн ытааһыҥҥа буккуйбат ордук буолуо.
Кыы диэн саамай сөбүлээбэт, куһаҕаннык истэр тыаспыт.
Пыы диэн саамай сирэрбитин, сиргэнэрбитин биллэрэр тылбыт.
Сыы диэнтэн бары билэр, куһаҕаны биллэрэр сыыһа диэн тылбыт үөскээбит.
Арыы – арыыланан туспа барыы, хаалан халыы, быстыыны-ойдууну биллэрэр.
Ыҥырыы – күүппэтэх өттүттэн соһуччу туохха эрэ ыҥырыы тиийэн кэлэн киһи эрдэттэн былааннаммытын тосту уларытарын билиэтиир.
Сырыы – эрэйдээх сырыыны биллэрэрин тэҥэ, дьахтарга анаан туттулуннаҕына «барбыт-кэлбит» диэн ордук куһаҕан өйдөбүллэнэр.
Быстыы – биилээххэ быстыбыт тэҥэ, эстиини-быстыыны, дьадайыыны эмиэ биллэрэр.
Бэйэтэ үчүгэй суолталаах да тылга «ы» дорҕооно уһаан «ыы» диэҥҥэ уларыйдаҕына бу тыл суолтата куһаҕан өттүгэр улаханнык уларыйар. Холобур, кыр – кыыр, кыра – кыыра, кырыс – кырыыс, бары – барыы. Уһаабыт «ыы» дорҕоонноох тыллары киһилии киһи элбэхтик туттубат, сэрэхтээх, куһаҕан суолталара элбэх тыллар. Бу дорҕоон дьайыыта хаһан баҕарар куһаҕанын ити тыллар куһаҕан суолтаҕа уларыйыылара бигэргэтэр.
Саха тыла олус былыргы тыл буолан дорҕоонноруттан тутулугун билигин да илдьэ сылдьар. Уһаабыт «ыы» дорҕоон куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ хаһан да хаалан хаалбат. Дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыта, син-биир тыас уларыйбатын курдук, хаһан да уларыйбат. Сахабыт тылын дорҕооннорун уларыппакка бэйэтин урукку оннугар туһанарбыт кытаанахтык ирдэнэр. Yрүҥ Айыыларбытыттан ылынар билиибит диэн тылбытын уруккутуттан, хайдах баарыттан уларыппакка эрэ бэйэтинэн туһаныы буоларын таба өйдүөхпүт этэ.
Төрөөбүт тылбыт үөскээбитэ олус былыргыта бэрдиттэн дорҕоонноруттан тутулуктаах суолталарын, бэйэтин төрүт өйдөбүлүн уларыппакка эрэ туһаныы ирдэнэр. Сахабыт тыла иччилээх диибит. Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьар. Куруук биир дорҕоону истэр уонна саҥарар буоллахха, бу дорҕоон суолтата, өйдөбүлэ киһи өйүгэр-санаатыгар дьайан өйү-санааны уларытар, онно сөп түбэһэр оҥорор. Дорҕоон дьайыыта киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар быһаччы тиийэринэн тыл иччитэ диэн ааттанар.
Киһи аата уһун кэмҥэ дорҕооннорун дьайыытынан өйү-санааны уларытан бэйэтигэр сөп түбэһэр оҥорорун дьон-аймах билбиттэрэ, туһаммытара өр буолла. Христианскай таҥара үөрэхтэрэ киһи аата майгыныгар сөп түбэһэринэн быһааран аатын төрөөбүт күнүттэн тутулуктаан иҥэрэргэ ыҥыраллар уонна билигин да туһаналлар.
Биһиги эһигини, бар дьоммутун барыгытын кутталлаах, сэрэхтээх, иччилээх, сибигинэйэн биирдэ эмэтэ эрэ этиллэр айыы диэн тылы сыыһа тутта сылдьаргытын, улаханнык саҥараргытыттан сэрэтээри бу суруйабыт.
Уһаабыт «ыы» диэн дорҕоон киһи истэригэр саамай куһаҕан дорҕоон буолар. Бу дорҕоон дьайыытын киһи нэһиилэ тулуйар. «Ыы» дорҕоон киһи мэйиитигэр оҥорор дьайыытын хайдах да кыайан уларытар кыах дьоҥҥо суох.
Кыра оҕо «ыы» диэн саҥара оонньоотоҕуна ийэтэ эбэтэр эбэтэ: «Ыы» диэмэ, хайа ытыырыҥ тиийэн кэлээрэй?»- диэн хайаан да тохтото охсоллор этэ. Кыра оҕо «ыы» диэн саҥара оонньоон туох эрэ куһаҕаны биттэнэн эрэрин кырдьаҕастар билэллэрэ. Ол иһин эрдэттэн сэрэтэн оҕону «ыы» диэн саҥаран оонньуурун тохтотоллор этэ.
«Ыы» дорҕоон тыл ортотугар да турдаҕына куһаҕана өтө сылдьар. Ол курдук кырыыс диэн тылы дорҕооннорунан ырыттахпытына: Кыр диэн туох эрэ алдьанар, үлтү барар тыаһа. Бу тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбилиннэҕинэ кырыы диэн тыл үөскээн биилэнэн, өргөстөнөн тахсар, киһини эчэтиэн сөбө быһаарыллар. Манна салгыы «с» диэн элбэтэр, тарҕатар сыһыарыы эбилиннэҕинэ кырыыс диэн бары билэр, абааһы көрөр, букатын сөбүлээбэт тылбыт үөскүүр. Бары саха тыллара бу курдук дорҕооннорунан тутулугу туһанан үөскээбиттэрин умнубатахпытына табыллыахпыт этэ.
Ай диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх, өйү-санааны барытын быһаарар, ол аата үчүгэй уонна куһаҕан суолталарын бииргэ, холбоон илдьэ сылдьар тылга «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбилиннэҕинэ куһаҕан өттө баһыйар буолар, сэрэхтээх куһаҕан, ытааһыҥҥа тириэрдэр тылга кубулуйар. Айыы диэн тыл куһаҕана элбэх тыл. Сахалар олохторун үөрэхтэрэ «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн көнөтүк этэрин букатын умнан, туһаммакка сылдьарбытыттан эдэрдэрбит оҥорор куһаҕан быһыылара, буруйдара эбиллэн иһэллэр. Былыргылар курдук оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ киһи буол, тугу барытын киһи оҥорорун курдук аан маҥнай оҥоро үөрэн, оччоҕо үчүгэй буолар, атыннык оҥордоххуна табыллыа суоҕа, куһаҕан, айыы буолуо диэн үөрэтиини оннугар киллэрдэхпитинэ эрэ, кэлэр көлүөнэлэрбит өйдөрө-санаалара туруктаах буолан олохпутун салгыы сайыннарар кыахтаныахтарын сөп.
Айыы диэн тыл хайаан да иннигэр үрүҥ диэн быһаарыылаах туттулуннаҕына эрэ табыллар, оччоҕо эрэ киһи оҥорор элбэх быһыытыттан үчүгэйин туспа арааран, табатык быһаарар. Үрүҥ айыы диэн үчүгэйэ чахчы быһаарыллыбыт, биллибит быһыылар ааттаналлар. Киһи оҥорор быһыылара «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэллэринэн киһи үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорор кыаҕа хаһан да суох буолан хаалбат. Ол иһин былыргы сахалар таҥаралара бары иннилэригэр үрүҥ диэн быһаарар тыллаахтар. Аан бастакы киһи таҥарабыт аата Yрүҥ Аар Тойон диэн буолар. Ол аата бу киһи үчүгэйи, дьоҥҥо туһалааҕы эрэ оҥорбутун булан ылан, олору үтүктэн, кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһаныҥ диэн быһаччы өйдөбүллэнэр.
Айыы буолуу диэн киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата Yөһээ дойдуга көттөҕүнэ эрэ ситиһиллэр өй-санаа өйдөбүлэ буолар. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата Yөһээ дойдуга көтөн, ураты, атын ханныкка да маарыннаабатыттан айыы буолара чахчы. Өйдөөн кэлиэҕиҥ киэҥник биллибит Бороҕон Айыытын, Бахсы Айыытын. Бу быданнааҕыта өлбүт дьон өйдөрө-санаалара билигин да дьайа сылдьаллара, умнуллубаттара ааттанар.
Өйө көттөҕүнэ киһи итирэр, иирэр эбэтэр өлөр. Өй көтөрүгэр туох да үчүгэй суох. Өйбүтүн Yөһээ дойдуга көтүппэккэ, сүрбүт күүһүнэн хам тутан, киһи буолан, киһилии быһыыланан биирдэ бэриллэр олохпутун Орто дойдуга эрэ олорор кыахтаахпытын умнубатахпытына табыллыа этибит.
Айыы үчүгэй диэн албыннаан айыы буолууга дьону ыҥырыы олус улахан сыыһа, ыар быһыы буолар, кэлин оҕолор өйдөрүн-санааларын туруга суох буолууга тириэрдэн алдьархайдары аҕалыан сөп. «Айыы буол» диэн этии тыыннаах киһи өйүн-санаатын Үөһээ дойдуга тахсарга, «Өйүҥ көттүн» диэн ыҥырыыга тэҥнэһэр, өйү-санааны өлүү суолугар киллэрэр кыахтаах.
Онон бар дьоммутун айыы буолумаҥ, биирдэ бэриллэр олоххутун киһи буолан, киһи быһыылаахтык Орто дойдуга олоруҥ диэн ыҥырыахпыт этэ. Өлүү хаһан баҕарар кэлэр кэмигэр бэйэтэ даҕаны син-биир кэлиэҕэ, онно тиэтэйии, бара сатааһын киһи буолуу өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт.
ОСТУОРУЙА ДУУ, «УСТУОРУЙА» ДУУ?
Сахабыт тыла атын омук тылларыттан хаалсыбакка сайдан иһиэн бары баҕарабыт. Атын омуктартан киирэр тыллары сахалыы дорҕооннорго киллэрэ, сахатыта сатыырбыт эмиэ сөп курдук эрээри, сороҕор тылбыт дорҕоонноро уларыйыытыттан атын суолталанан, өйдөбүллэнэн тахсарын оннооҕор тылбыт үөрэхтээхтэрэ аахайбакка хаалыах курдуктар.
Саҥаны айа, айыыны оҥоро охсон олоххо киллэрэ сатааһын үксүгэр табыллыбакка, сыыһа-халты буолан хаалара элбэҕинэн дьиҥнээх олоххо буортуну, куһаҕаны оҥороро элбиирин кэлин син билэн, арааран, олохпутугар туһанан эрэбит. Ол курдук араас элбэх саҥаны айа, айыыны оҥоро сатааччылар дэлэччи оҥорон туһаҕа таһааран иһэр аһылыкка эбиллэр генно-модифицированнай эҥин эбиискэлэрин сирэн сиэбэт буола сатыырбыт элбээтэ. Геннары буккуйууттан араас мутаннар, чиччиктэр үөскүөхтэрин сөбүн куһаҕана дьону син салытыннаран аһылыкка талымастыыллара элбээтэ.
Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит уонна билигин да уларыйбакка сылдьарынан хас биирдии дорҕоонноруттан олус улахан тутулуктардаах. Ол курдук хас биирдии саҥа үөскээбит элбэх сүһүөхтээх тыл иннинээҕи, биирдии сүһүөхтээх тыллар өйдөбүллэригэр тирэҕирэн үөскүүр уонна ол өйдөбүлэ хаһан да уларыйбат.
«Бас» диэн тыл төрүтүттэн салгыы үөскүүр тыллар бары «бас» диэн тыл өйдөбүлүн иҥэринэн илдьэ сылдьаллар. Ол иһин бастаа, бастыҥа, бастыҥ диэн тыллар бастаан иһэр киһини быһаараллар.
Бу быһаарыыны атын омук тылыттан киирэр саҥа тиэрминнэри сахалыы ааттыырга хайаан да тутустахпына табыллыа этэ. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ саҥа тылы була, саҥаны айа сатыыллара аһара барыытыттан араас, дорҕоонноро суолтатыгар сөп түбэспэт тыллары айан туһаннара сатыыллар.
Тыл үөрэхтээхтэрэ отвертка диэн тылы сахалыы этибиэркэ диэҥҥэ уларытыахха сөп дииллэр. Бу тылы маннык уларытыыга тыл төрүтэ уларыйарын аахайбаттар, аахсыбаттар. Тыл төрүтэ «эт» диэҥҥэ кэлэн хаалыыта тыл өйдөбүлүн төрдүттэн уларытан «эти биэр» диэҥҥэ тириэрдэн кэбиһэр, ол иһин бу тылы маннык уларытыы саха тылыгар букатын сөп түбэспэт.
Отвертка – отвернуть диэн тылтан үөскээбит. Бу тыл эрийии диэн төрүттээх, өйдөбүллээх, оннук сыалга, сорукка анаммыт тэрил буолар. Ол иһин сахалыыга уларыйыыта эрийиини кытта сибээстэннэҕинэ, тутулуктаннаҕына өйдөбүлэ уларыйбакка эрэ сыала, соруга барыта толору бэриллэр. Эрийиик, эрийэр эҥин диэн буолара ордук табыллыа этэ эбэтэр бу кэмҥэ нууччалыыттан киирбитин быһыытынан бэйэтинэн да сылдьа түһүөн сөп.
Сорох нууччалыы тыллар сүрүн өйдөбүллэрэ сахалыыга бэйэлэрэ да сөп түбэһэллэр. Революция - өрө барыы - өрөбөлүүссүйэ. Бу тыл суолтата, өйдөбүлэ уонна тылын дорҕоонноро сөп түбэһэринэн бэйэтинэн сахалыы барара сөп. Төрдүттэн да сахалыыта тарда сылдьар тыл буолар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан урукку олохторун туһунан кэпсээннэрин остуоруйа диэн ааттыыллар. Бу кэпсээннэргэ кэлин араас үлүннэриилэр, элбэтиилэр эбиллэннэр сорохторо кырдьыктарын дуу, сымыйаларын дуу быһаарыы улахан уустуктардаах да буоллар, үксүлэрэ олоххо баар буола сылдьыбыттара дакаастанан тураллар. Онон остуоруйа диэн былыргы олохпут кэпсээннэрэ хайдах баарынан кэпсэнэллэрэ буолар. Олус уһун үйэлээх саха омук буоларбытын былыргы остуоруйабыт баара дакаастыыр. Остуоруйабытыттан аккаастаныы саха омук буоларбытыттан аккаастаныы буоларын билиэ этибит.
Билигин тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учууталлар остуоруйа диэн тылбытын уларытан, саҥа тылы, «устуоруйа» диэни булан туттуохха уонна туттуҥ дииллэр, онно-манна суруйа сатыыллара элбээтэ.
Тыл дорҕооннорунан тутулугар остуоруйа диэн тылы «устуоруйа» диэҥҥэ уларытыы сөп түбэспэтин биһиги быһааран ааҕааччыларбытыгар тириэрдэ сатыыбыт. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ уонна сорох суруйааччылар сахабыт тылын төрүт тутулугун ситэ билбэттэр дуу диэн санаалар дьоҥҥо олохсуйан эрэллэр.
Саха тылыгар хас биирдии элбэх сүһүөхтээх тыллар хас да биирдии сүһүөхтээх тыллартан хомуллан, таҥыллан үөскүүллэр уонна бу тыллар өйдөбүллэриттэн хомуллан, саҥа тыл өйдөбүлэ үөскүүр. Ол курдук остуоруйа диэн тыл ос, туор уонна уйа диэн биирдии сүһүөхтээх тыллартан маннык хомуллан үөскээбит:
Ос – баас-үүт оһуута, отунан-маһынан саба үүнүүтэ, умнуллубута ааттанар. Бу тыл кистэлэҥ өйдөбүлүнэн баас-үүт оспута ойууланан, хаһан да умнуллубат, сотуллубат буолан хаалбытын быһаарар. Этэрбэс оһо ос диэн ааттаныыта уларыйбат ойуулааҕынан быһаарыллар. Туор – туордаа, бэлиэтээ, бэлиэтээн ыл диэн өйдөбүллээх.
Уйа – туох эмэ дьиэтэ-уота, олохсуйбута.
Остуой – хаалан, тохтоон хаалбыт, аны уларыйбат буолбуту туой, кэпсээ диэн өйдөбүллээх.
Ол аата остуоруйа диэн уруккуну, оспуту, тохтообуту, хаалбыты уустаан-ураннаан, ойуулаан-дьүһүннээн бэлиэтээһин, кэпсээһин уонна умнуллубат гына олохсутуу, уйалааһын ааттанар. Маннык киэҥ, дириҥ өйдөбүллээх баар-суох тылбытын тылбыт үөрэхтээхтэрэ уларыта сатыыллара ордук хомолтолоох.
Уруккуну, былыргыны кэпсээһин, сурукка киллэрии аата остуоруйа диэнинэн хайаан да хаалара кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ ордук туһалыаҕа дии саныыбыт. Остуоруйа диэн тылбытын бэйэтинэн илдьэ сырыттахпытына кэлэр көлүөнэлэр былыргыларбыт, өбүгэлэрбит олохторун ордук сыаналыыр, харыстыыр санаалара уларыйыа суоҕа. Бу тыл дорҕоонноро биэрэр өйдөбүллэригэр бэйэтин өйдөбүлэ толору сөп түбэһэр. Онон былыргыттан баар, билигин да киэҥник туттулла сылдьар үтүө тылбытын ордук күүскэ харыстыахха, була сатаан уларытааччылары тохтотуохха.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ була сатыыр «устуоруйа» диэн тыллара былыргыны, уруккуну, олоҕу бэлиэтииргэ, кэпсииргэ сөп түбэспэт. Ол курдук «ус» диэн тылтан сахалыы өйдөбүл тахсыбат буола умнуллубут. Бу тылтан усках, устар, ускул-тэскил диэн босхо барыыны, туһалаах быһыы аҕыйааһынын бэлиэтиир кыра, барбах суолталаах тыллар үөскүүллэр.
Олус былыргы кэмнэргэ нууччалар сахалартан арахсалларыгар остуоруйа диэн тылы история диэҥҥэ уларытан арахсыбыттара, бу тыллар дорҕоонноро бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэринэн быһаарыллар кыахтаах. Билигин тылбыт үөрэхтээхтэрэ сахалары эмиэ араараары, үрэйээри, ыһаары, икки аҥы ыытаары аны «устуоруйа» диэн саҥа тылы булан туһаннара сатыыллар. Омук остуоруйатын, олоҕун кэпсээнин суох оҥорон, уларытан саҥаттан саҕалааһын сахалары үрэйэн, ыһан, араартаан саҥа устуоруйалаах саҥа омугу үөскэтэ сатааһыҥҥа тириэрдиэн сөп.
Остуоруйаны кэпсээччи, дьоҥҥо тарҕатааччы киһи аата остуоруйаһыт диэн буоларын бары билэбит. Остуоруйаны үөрэтэр киһи өссө элбэх остуоруйаны билэринэн, дьоҥҥо кэпсииринэн, үөрэтэринэн син-биир остуоруйаһытынан хаалыа эбэтэр остуорук да диэн буолуо этэ.
Остуоруйа да араастааҕын, эмиэ икки өрүттээҕин өйдөөх-санаалаах киһи бэйэтэ арааран билэрэ ордук этэ. Ханнык эмэ остуоруйаҕа олус үлүннэрэн-балыннаран биэриилэри дьиҥнээх олоххо буолбут быһыылартан арааран билиини киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн оҥороро ордук табыллар, олоҕор таба туһанар кыахтанар.
Сахам дьоно, тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар, сымыйаларыгар киирэн биэрбэккитигэр баҕарабыт. «Устуоруйа» уонна «устуорук» диэн тыллар сахаларга суох этилэр уонна букатын да суох да буоллахтарына төрүт даҕаны итэҕэстийиэхпит суоҕа, хата түмсүүлээх буолуубут улаатыаҕа.
Уһун үлэлэр тухары олорон кэлбит олохпут кэпсээннэрин аанньа ахтыбат, бэйэлээх бэйэбит олохпут үөрэҕин сөбүлээбэт, урукку остуоруйабытыттан кыбыстар, остуоруйаһыт, остуорук буолуохтарын баҕарбат нууччатымсыйбыт үөрэхтээхтэр остуоруйаны үөрэппэккит ордук буолуо. Остуоруйа диэн тылбытын уларыта сатаамыахха. Бэйэбит остуоруйабытын бэйэбит уларыппакка, хайдах баарынан билэрбит, үөрэтэрбит омукпут үйэтэ уһууругар тириэрдиэҕэ. Урукку олорон ааспыт олохпутун сирэ-тала сатаабакка бэйэтэ хайдах баарынан ылынарбыт сайдыыны ситиһэрбитигэр ордук улаханнык туһалыаҕа.
ТЫЛ ДОРҔООНУН УЛАРЫТЫЫ САБЫДЫАЛА
Саха тыла олус былыр, киһи өйө-санаата саҥа үөскээн сайдан эрдэҕинэ үөскээбитэ сыыйа дакаастанан иһэр. Хас биирдии тыл дорҕооннорун охсууларынан, дьайыыларынан сааһыланан үөскүүрэ уонна соннук өй-санаа олохсуйара быһаарыллар. Солун диэн былыр-былыргыттан баар тылбыт оннугар сонун диэни туттуҥ диэн тылбыт үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла этэллэр, онно-манна суруйаллара элбэх.
Тыл дорҕооннорунан тутулуктарын таба өйдөөбөккө сыыһа тутта сылдьарбыт биир холобурунан солун диэн тыл оннугар, сонун диэн тылы туттуҥ дииллэриттэн, ону бары тутта сылдьарбыт буолар. Биһиги тыл олоҕун дорҕооннорун сааһылыы тутуубут уонна тылга иҥэн сылдьар өй-санаа төрүттэрин үөрэтиибит бу сыыһабыт ханна баарын быһаарар кыаҕы биэрэр.
Урукку кэмҥэ саҥаны билии, истии сахалыы «солун» диэн ааттанара, кырдьаҕастар «Туох солуннааххын?»- диэн ыйыталлара. Урукку кэмҥэ суруйааччылар элбэхтик тутталлара. Кэнники суруйааччылартан Алексей Бродников «Көмүскэ уута» диэн сэһэнигэр «солун» диэн тылы туттар.
Эстибит сэбиэскэй былаас саҥаны айыы “үчүгэй” диэн үөрэҕиттэн тирэх ылан ону-маны саҥаны билиини, истиини үчүгэй эрэ курдук санаан, кэлтэйдии баран, тылбыт үөрэхтээхтэрэ солумсах диэн куһаҕан тылы үөскэтэр «солун» диэн тылбытын уларытан, «сонун» диэн этиҥ, оннук суруйуҥ диэн этэллэр, бэйэлэрэ суруйаллар.
Тыл биир сүрүн дорҕоонун уларытыы тылбыт суолтатын, киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор дьайыытын тосту уларытан кэбиһэрин, тылбыт үөрэхтээхтэригэр эрэнэммит аахайбакка сылдьарбытынан туһананнар ити уларытыыны оҥорбуттара. Дорҕооннор киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыларын, бу тылларбыт төрүттэрин уонна онтон ханнык тыллар салгыы үөскүүллэрин ырытан таһаарар кыахтаммыппыт сыыһаны булууга көмөлөстө.
Сол диэн тыл бу, ол диэн өйдөбүлгэ билигин да туттуллар.
Сол уонна уун диэн тыллар холбоһууларыттан солун диэн саҥаны билиини, истиини биллэрэр тыл үөскээбит. Бу тыл ол, бу саҥаны билиигиттэн уун, бэрис, биэр диэн көнө өйдөбүллээх тыл буолар. Ол иһин «Туох солуннааххын?» диэн саҥаны билээри ыйытыы олус таба.
Солуй – Тапталыҥ, иэйииҥ ааһан, туохтан эмэ тэй, арах. Бу көтөр уйатыттан солуйбут. Бу тыл туох эмэ солуна, саҥата ааспытын, атынынан солбуллубутун биллэрэр тыл.
Солуулаах – Киһиэхэ, олоххо туох эмэ көстөр туһалаах, суолталаах (үксүгэр суох диэн тылы кытта ситимнэһэн төттөрү өйдөбүлгэ туттуллар). Ордук солуулаах үлэни булуохха. Солуута суохха күн-дьыл баранар. Солуута суох быһыы.
Солуута суох – туһата суох. Солуута суохха эрэйдэнэр табыллыбат. (2,156). Бу тылдьыппыт таба быһаарыылара. Саҥаттан саҥаҕа түһэн, бииртэн бииргэ көтүөккэлээн иһии сыыһа, таах эрэйдэнии элбээн хаалыан сөбүн быһаарарынан куһаҕан суолтаҕа куруук туттуллар.
Солун диэн тылтан солумсах диэн тыл үөскүүр. Солумсах диэн тыл сол диэн төрүттэн үөскээн тахсара саҥаны, солуну билэ сатыыр, өссө аһара барар кыахтаах киһини бэлиэтиир. Саҥаттан саҥаны аһара баран билэн-көрөн иһии аата солумсах диэн буолара туох барыта аһара бардаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйарын быһаарарын таба өйдүөхпүт этэ. Ол курдук аһара ону-маны, ордук туһата суоҕу, куһаҕаны билэ-көрө сатааһын, аһара солумсах буолуу киһилии быһыы буолбатын бу тыл куһаҕан өйдөбүллээҕэ биллэрэр.
Барыга-бары солумсаҕыра, саҥаттан-саҥаны, урут биллибэти киллэрэ, туһана сатааһын эрэйдээх, табыллыбакка хааллаҕына улахан ночооту оҥоруон сөп. Ол курдук государство таһымыгар солумсаҕырыы холобурунан Улуу Өктөөп революцията норуоту салайыыга саҥаны киллэриитэ сыыһатын 74 сыл кэнниттэн биирдэ билэн көннөрө сатыыбыт. Аҕыйах сыллааҕыттан оскуолаҕа ЕГЭ-ни оҥорон киллэрэ сатыы сылдьаллар. Син санааҕа үчүгэй, субу кэмҥэ туһата элбэх буолуох курдук саҥаны киллэрии эрээри, куһаҕан өттө баһыйан барыах курдуга сыыйа биллэн эрэр.
Бу солумсах диэн тыл ордук эр дьоҥҥо эбэтэр дьахталларга сыһыаннаан туттулуннаҕына саҥаттан саҥаны, атынтан атыны билээри сотору-сотору солбуйан иһиигэ тириэрдэринэн, аһара саҥаны билэ сатааһын дьон олоҕор соччо үчүгэйэ, туһата суох быһыы буоларын чахчы бигэргэтэр.
Солумсах диэн тылы сонумсах диэҥҥэ салайар былаастар сэбиэскэй былаас кэмигэр соруйан уларытыылара саха дьоно онно-манна барытыгар, үгүстүк туһата суохха солумсаҕыра сылдьыылара элбээһинин үөскэтэн туһалаах дьыалаларынан, үлэнэн-хамнаһынан дьарыктаналларын аҕыйатыытыттан тыа сиригэр үлэ-хамнас айгыраата. Өйгө-санааҕа дьайар тылы уларытыыттан, бу быһыы букатын аһара баран эрэр. Ол курдук саҥаны аһара баран билэ-көрө сатааһын сахалыы солумсах диэн соччо үчүгэйэ суох суолталаах тылынан ааттанара аһара барыыны тохтоторо. Бу тыл куһаҕан суолтата билигин да уларыйбакка эрэ сылдьара дьону тохтотор, арыычча өйдөннөрөр.
Омук күүскэ үлэлээн-хамсаан үлэҕэ-хамнаска эрэ ситиһиилэри оҥоруута сайдыылаах буолууга, олох тупсарыгар тириэрдэрин солун диэн тылы сонун диэҥҥэ уларытыы умуннаран, буккуйан сылдьарыттан, атыҥҥа, буолар-буолбакка солумсаҕырыы элбээтэ.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ сонурҕааһын диэн биирдэ эмэтэ, хаһан эмэ саҥаны билэ сатааһынтан сонун диэн тылы үөскэппиттэрэ төрдүттэн сыыһа. Бу сонурҕааһын диэн тыл төрүтэ син-биир сон диэн тыл буолар. Ол курдук сонур диэн тылбыт сону уур диэн тыллардартан үөскээбит.
Сонун диэн тыл олоҕо, төрүтэ сон диэн буолар. Бу тылы бары билэбит, уһун кыһыны быһа кэтэр соммут аата буолар. Саҥаны билиигэ, истиигэ хайа да өттүнэн сыһыана суох тыл, өйбүтүн-санаабытын буккуйан атын өттүгэр халыйыыга тириэрдэр тыл.
Ол курдук сон диэн тыл төрүтүттэн салгыы туох да саҥаны билиигэ сыһыаннаах тыллар үөскээбэттэр. Арай сонумсах диэн саҥа соннонон иһэр, саҥа сону элбэхтик кэтэр киһини бэлиэтиир тыл үөскүүр. Бу сонумсах диэн тыл дьайыытыттан саха дьахталларын баар-суох баҕа санаалара соннорун уларытан иһии диэки халыйбыта кырдьык буолла.
Саҥаны, солуну билиини сонун диэн тылынан уларытан ааттааһын үөдүйүүтэ дьон, ордук эдэрдэр ону-маны, араас суолтата суох, буортулаах, куһаҕаҥҥа да тириэрдэр саҥаны аһара билэ-көрө сатыылларын улаатыннарда, сайыннарда. Бары кэриэтэ эдэрдэр саҥа тарҕанан эрэр наркотиктары, спайсы боруобалыы сатыылларын күөртүүрүнэн, тохтоппотунан, бу кэмҥэ сонун диэн тыл куһаҕана өссө улаатан эрэр.
Солун диэн тылтан солумсах диэн куһаҕан өйдөбүллээх тыл үөскүүрэ эдэрдэр аһара баран ону-маны, туһата суоҕу, буортулааҕы билэ-көрө сатыылларын тохтотор күүһэ улахан.
Саха тылын төрүт үөскээбит тутулуктара былыргы саха киһитин үлэтин-хамнаһын уратыларын кытта быһаччы сибиэстээхтэр. Ол курдук түүлээх булду эккирэтэн, суолун хайан бултааһын сонордоо диэн этиллэр. Ол аата түүлээҕи бултааһын табылыннаҕына, кыаттардаҕына кэлин соннонууга тириэрдэрин иһин итинник эппиттэр.
Сонор диэн тылбыт сон уонна оҥор диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит. Тоҕо диэтэххэ сону сонордоон, түүлээҕи бултаан сон оҥоруллар кыахтанарын биллэрэр. Онтон сонор диэнтэн сонордоо диэн тахсыбыт. Доо диэн доҕор диэн тыл кылгаабыта. Ол аата кыыл суолун булан баран доҕоругар бултаа, сонордоо диэн этэн биэрбитин биллэрэр.
Сонурҕаа диэн саҥа сону сонургуу көр диэн өйдөбүллээх. Биирдэ эмэтэ саҥалыы хараҕынан көрөрү биллэрэр.
Онон солун диэн тылбытын уруккутун курдук саҥаны билиини, истиини бэлиэтииргэ туттарбыт, урукку оннугар төнүннэрэрбит хайаан да наада. Онтон сонун диэни туттумуохха, билиигэ-көрүүгэ ханнык да сыһыана, туһата суох, өйбүтүн-санаабытын буккуйан соннонууга эрэ тириэрдэр тыл буолар.
Сил диэн тылы бары билэбит.
Силбээ – самсыы тут, салҕаа. Былыргы кэмҥэ, ордук тымныыга, силлээн баран сыһыара тутан кэбиһии эмиэ баар буолуон сөп, билигин да туттуллар.
Силбик – сииктээх, тыаллаах-куустаах кэм. (2,151).
Силбиэтэн диэн тыл киһи кыыһырбыт майгынын быһаарыыга ордук чуолкай буолуох курдук, соннук иһиллэр. Олус эмискэ уларыйыылар, сыыһа-халты хамсаныылар кыыһырдахха ордук элбииллэр. Кыыһыран хаһыытаатахха сил бырдаҥалыан сөбө силбиэтэн диэн тылынан ордук чуолкайдык бэриллэр.
Тылдьыппытыгар туох санааттан бу тыл төрүтүн уларытан кэбиспиттэрэ биллибэт. Маннык суруйуҥ диэбиттэр: Сирбиэтэн – кыыһыр. (2,152). Сир диэн тыл олоҕуттан ханнык да ыһыллар, бырдаҥалыыр көрүҥнээх үөскээбэтин үрдүнэн итинник суруйуҥ дии сылдьаллар.
Саха тыла дорҕооннорунан тутулуга олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин билигин кэлэн уларыта сатыыр куһаҕаҥҥа эрэ тириэрдиэн сөп. Ол иһин бу тыллары бэйэлэрин урукку оннуларыгар туһанар ордук буолуоҕа.
Сэбиэскэй, өй-санаа тутулуктарын билиммэт кэмҥэ саха тылын аахайбат, кыра да суолта биэрбэт, аанньа ахтыбат буолуу, симэлитэ сатааһын тэнийэн үөскээбитэ, ону тэҥэ соруйан буккуйааччылар, саҥа тылы булан киллэрэ сатааччылар оччоттон баччаҕа диэри бааллар. Уһун үйэлэр тухары уларыйбакка кэлбит сахабыт төрүт тылларын дорҕооннорун уларытыыны кэлэр көлүөнэлэрбит чахчы сөбүлүөхтэрэ суоҕа.
Сахабыт тылын тыл үөрэхтээхтэрэ харыстыахтара диэн алҕас санааҕа киирэ сылдьабыт. Бу дьон саҥаны айа, саҥа тыллары була сатыыллара элбэҕиттэн, аһара барбытыттан төрүт былыргы сахабыт тылын уларыта сатыыр адьынаттаннылар. Солун диэн тылбытын сонун диэҥҥэ кинилэр уларыта сатыыллар, өссө остуоруйа диэн олохпут кэпсээнин быраҕан саҥа “устуоруйаланыахтарын” баҕара сатыыллар. Тылбытын үлэһиттэр, субу тутта сылдьар дьон эрэ ордук кыһанан харыстыыр кыахтаахтарын билиэ, итэҕэйиэ этибит.
СОЛУМСАХ
Өй-санаа өйдөбүллэрэ уһун кэмҥэ үөскүүллэр уонна хас да көлүөнэ дьон олохторун устата боруобаны бараннар куруук туттуллар үгэстэргэ кубулуйан билигин да туттулла сылдьаллар. Улуу Октябрьскай революция дьон өйүн-санаатын буккуйуутун, сыыһатын үс көлүөнэ дьон олохторун устата бэрэбиэркэлээн, олорон көрөн, боруобалаан, кэһэйэн баран дьэ билэн, билигин кэлэн ону көннөрө, олохпутун уларыта, урукку, революция иннинээҕи оннугар түһэрэ сатыы сылдьабыт.
Быстар дьадаҥылар былааһы ылан бараннар урут суох олоҕу айабыт, айыыны оҥорорбут “үчүгэй” диэн сыыһа санааҕа бары киирэннэр урукку олох үөрэҕин, үгэстэри барытын түөрэ сүргэйэн, үрэйэн, үлтү тэпсэн суох оҥорбуттара, саҥа олоҕу тутууну саҥалыы, «ыраас лиистэн суруйар» курдук, уруккуну барытын умнан, хаалларан саҕалаабыттара.
Сэбиэскэй былааһы тутааччылар араас репрессия көрүҥнэрин киэҥник туһананнар саха дьонугар айыыны оҥорууну барытын үчүгэйи оҥоруу буолар диэн өйдөппүттэрэ, айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх, олортон куһаҕан өйдөбүлэ элбэх тылы үчүгэй эрэ оҥоро сатаабыттара. Сэбиэскэй былаас саҕана мааныламмыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар уонна учууталлар билигин даҕаны, олохпутун төһө эмэ урукку оннугар төнүннэрэ, өйбүтүн-санаабытын көннөрө сатыы сырыттахпытына, бу коммунистар оҥорбут сыыһаларын, халыйыыларын салгыы ыытан иһэллэрэ хомолтону эрэ үөскэтэр.
Саҥаҕа, солуҥҥа тардыһа, билэ-көрө сатааһын аһара барыыта солумсах диэн соччо үчүгэйэ суох өйдөбүллээх, куһаҕан тылынан этиллэрэ олоҕо суох буолбатах. Саҥаны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатааһын сыыһа-халты буолан тахсара элбэҕинэн куһаҕан быһыыны элбэтэрин таба өйдүөххэ, олору оҥорорго ордук сэрэхтээх буолуохха наадатын олоххо уопутурбут дьон билиэхтэрин сөп этэ. Ол курдук коммунистар олоҕу төрдүттэн уларыта тутан олус улахан сыыһаны оҥорбуттарын үс көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэнниттэн биирдэ билэн уларыта сатыы сылдьарбытын саатар билигин кэлэн таба өйдүөххэ.
Барыга-бары аһара баран солумсаҕырыы, билэ-көрө сатааһын кэмнээх-кэрдиилээх буолара ордук. Саҥаҕа, солуҥҥа оҕустаран иһии быстах кэмнээх буоллаҕына солумсаҕырыы диэн этиллэр.
Солуну, саҥаны аһара баран билии-көрүү солумсах буолууга тириэрдэр. Эр дьон солумсахтарынан дьахталлары лаппа баһыйар кыахтаахтара айылҕаларыттан тутулуктаах. Ол курдук «Сунул, вынул да пошел» диэн этии эр дьон солумсахтарын уонна онтулара улахан эрэйэ суоҕун ырытан быһаарыы буолар. Онтон дьахталлар солумсаҕырыыттан ордук элбэхтик эрэйдэниэхтэрин, улаханнык ночоотуруохтарын сөп. Солумсах диэн тыл куһаҕан өйдөбүлэ билигин дьахталлар ахсааннара элбэҕинэн уонна бу тылы чахчы сөбүлээбэттэриттэн былыргытыттан хата уларыйа илик. Сэбиэскэй былаас саҥаны айыы “үчүгэй” диэн этэриттэн тирэх ылан биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ солун диэн саҥаны, урут биллибэти билэри бэлиэтиир, солумсах диэни үөскэтэр тылбытын сонун диэн атын өйдөбүлү биэрэр тылга уларыта сатаабыттара ыраатта. Суруйааччылар Аҕа дойду сэриитин иннинэ суруйбут суруйууларыгар солун диэн тылы элбэхтик тутталлара.
«Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этиигэ аһара баран саҥаны билэ-көрө сатааһын, солумсах буолуу сөп түбэспэт. Ол курдук киһи биир туруоруммут сыалын ситиһэригэр, атыттарга аралдьыйара аҕыйаатаҕына эрэ табылларын таба сыаналыахпыт этэ. Саҥаны билии-көрүү аһара элбээһинэ солумсаҕырыыга тириэрдэр, онтон солумсаҕырыы үгэскэ кубулуйдаҕына солумсах буолуу үөскүүрүттэн туһалаах үлэ-хамнас биллэрдик аҕыйыыр.
Билигин тыабыт сиригэр үлэһиттэр аҕыйааһыннара, барыылара эдэрдэрбит солумсаҕыра сылдьыылара аһара элбээбитин биллэрэр. Туһалаах да буоллар ыарахан үлэни-хамнаһы хаалларын атын, чэпчэки үлэни көрдөөһүн солумсаҕырыыттан эмиэ эбиллэр.
Нууччалар саҥаларын уларытан тыһы ыты сука дииллэрин оннугар девочка дииллэрэ элбээн иһэр. Биһиги дьоммут маны үтүктэ охсон тыһы ыттарын кыыс, онтон атыыр ыты уол диэн ааттаан ыҥыран бардылар.
Бу солумсах быһыы дуу эбэтэр омук өйүн-санаатын соруйан буккуйуу дуу? Ордук солумсах буолууга маарынныыр. Ол курдук солун диэн тылбытын сонун диэнинэн уларытыы дьон солумсах буолууларын суох оҥорбут курдугуттан солумсах буолуу улаатта. Дьон солумсахтара, үчүгэйин уонна куһаҕанын араарбакка эрэ саҥаттан саҥаны, үчүгэйтэн үчүгэйи эккирэтэ сатыыллара хаһан да аҕыйаабат.
Киһилии быһыыланыыга солумсах буолуу, саҥаттан саҥаҕа аһара көтүөккэлээһин сөп түбэспэт. Ол курдук киһи хас биирдии оҥорор быһыытын дириҥник ырытан, таба сыаналаан, туох содул үөскээн тахсыан сөбүн эрдэттэн быһааран баран биирдэ оҥордоҕуна эрэ, туох эмэ туһалаах быһыы үөскүүрүн таба өйдүөххэ. Бу курдук дириҥник сыаналаан баран оҥоруллубут быһыы сыыһа-халты буолан хаалан куһаҕан быһыыга кубулуйара аҕыйыырыттан киһилии быһыылар элбииллэригэр тириэрдиэ этэ. Онтон бииртэн бииргэ көтүөккэлээһин, саҥаттан саҥаны боруобалаан иһии ылыммыт сыалы ситиһиигэ тириэрдибэккэ, хайа эрэ диэки халыйыыны үөскэтиэн эбэтэр таах быраҕыллан хаалыыны элбэтиэн сөп.
Онон үтүө санаалаах дьон бары киһилии быһыылар элбиэхтэрин, куһаҕан быһыылар аҕыйыахтарын баҕаралларыттан аһара солумсах буолуу куһаҕан өйдөбүллээҕэ быһаарыллар. Дьон бары субу оҥорор быһыыларын таба сыаналаан, киһилии быһыыларга тирэҕирэн быһаардахтарына, ордук эдэрдэр, оҕолор солумсах буолууларын хааччахтааһын киһилии быһыылаах буола улааталларыгар тириэрдэрин билиэхтэрин, олохторугар туһаныахтарын сөп этэ.
СОРГУ
Хас биирдии сахабыт тылыгар өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьалларын таба быһааран олохпутугар туһаныахпыт этэ. Сэбиэскэй былаас кэмигэр олохпут тубуста, бары-барыта «үчүгэй» буолла диэн сыыһа, сымыйа өйдөбүллэри киллэриилэрэ өйү-санааны уларытан эрэй, кыһалҕа, сор барыта куһаҕаннар диэн быстах санааны дьоҥҥо тарҕаппыта. Бу быстах санаа сабыдыалыттан сор диэн тылы букатын куһаҕан өйдөбүллээх, ол иһин туттуллубата ордук диэн этээччилэр кытта баар буоллулар.
Сор диэн куһаҕан өйдөбүллээх тылтан үөскээбитин да иһин, соргу диэн үчүгэй өйдөбүллээх, суолталаах тылга киирсэр. Соргу диэн киһи туох эмэ улахан суолталаахха табыллан, дьоллонон санаата көтөҕүллүүтэ, күүһүрүүтэ ааттанар. Соргута үрдээбит диэн этиллэр. Кэлин кэмҥэ соргу диэн тылбытын, сор диэн тылтан үөскүүр, онон куһаҕан эрэ өйдөбүллээх диэн быстах санааларыттан туоратан, туттубат буола сатааччылар элбээбиттэриттэн, бу тылбыт өйдөбүлүн өй-санаа тутулуктарын туһанан дириҥник быһаарарбыт наада буолла.
Киһи олоҕун устата эрэйи, сору биллэҕинэ эрэ үчүгэй диэн өйдөбүлэ үөскээн олохсуйарын, үчүгэйи ордук сыаналыырын, өйө-санаата күүһүрэрин, кыахтанарын кэлин, сэбиэскэй былаас бэлэм олоҕор олорон, өйөнөн хаалбыппытыттан, аахсыбат буола сылдьабыт. Ол аата куһаҕан, эрэй, сор диэни киһи билэр буоллаҕына, олору өйүн-санаатын күүһүн түмүнэн кыайдаҕына, хоттоҕуна санаата күүһүрэр, кыаҕырар, кыра да үчүгэй киниэхэ ордук улахан үчүгэй курдук сананыллар кэмэ кэлэр. Сору билбитин кэнниттэн кыра да үчүгэйтэн санаата туолан дьоллонон, дьолу билэр кыаҕа улаатар. Ол иһин соргу диэн тыл куһаҕантан үчүгэй үөскүүрүн быһааран бэйэтэ үчүгэй өйдөбүллэнэр.
Сор диэн тугуй? Эрэйи, кыһалҕаны, ыарахан үлэни билии аата сору билии диэн ааттанар. Бэйэтэ сору, эрэйи билбит киһи үчүгэй, амарах, аһыныгас майгыланар, үлэни-хамнаһы кыайара, сыаналыыра улаатар. Сэрии ыар кэмин ааспыт кырдьаҕастар бары итинник үтүө майгыларын оччотооҕу ыар олохторо үөскэппитин туһананнар лаппа кырдьыахтарыгар диэри үлэлииллэр, быстах быһыыга түбэһэллэрэ букатын аҕыйах, аһыныгастар, эйэлээхтэр, уһун үйэни ситиһэр кыахтара улахан.
Аныгы, эрэйи, кыһалҕаны билбэккэ, барыта бэлэмҥэ, мааныланан, атаахтык иитиллэн улааппыт кэнники көлүөнэлэр, эдэрдэр майгылара кырдьаҕастартан биллэр уратылардаах буолла. Билиҥҥи кэмнээҕи эдэрдэр бардамнар, тугу да, кими да аанньа ахтыбаттар, тугу да харыстаабаттар, бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнэллэр, үлэлии-хамсыы үөрүйэхтэрэ аҕыйах, туохха барытыгар, ол иһигэр киһи билбэтин, оҥорботун оҥоро охсоорулар, уруттаан түһэн иһэллэриттэн сыыһа-халты туттуналлара элбээтэ.
Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарбат буолуу сору, эрэйи билбэттэн үөскүүрэ ордук элбэх. Бэлэмҥэ, маанылана сылдьар оҕо эрэйи, кыһалҕаны билбэккэ эрэ улаатара «Үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбат» буола улаатыытыгар тириэрдэр. Маннык олоххо улааппыт оҕо, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан арааран билбэтиттэн, ордук чэпчэкитик оҥоруллар куһаҕаны урутаан оҥорон кэбиһэрэ элбиир кыахтанар. Биһиги олохпутугар өссө даҕаны куһаҕан быһыылар суох буола иликтэриттэн «Туох барыта үчүгэй буолла» диэн өйдөбүлгэ оҕону иитии өйө-санаата халыйыытыгар, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбат буолуутугар тириэрдэринэн куһаҕан быһыылары элбэтиэн сөбүн таба сыаналыахпыт этэ.
Сордоох, сордоммут, эрэйи, кыһалҕаны билбит, ол аата олору кыайан туораабыт киһи өйө-санаата аһара барара аҕыйыырыттан олоҕу сыаналыыр, үрдүктүк тутар, дьону аһынар санаата улаатар. Эрэйи, кыһалҕаны билии киһини амарах, аһыныгас оҥорор. Ол иһин үлэһиттэр, дьадаҥылар аһынар санаалара элбэх. Онтон баайдар, бэлэмҥэ үөскээбиттэр ас-таҥас хантан кэлэрин билбэттэриттэн аһынар санаалара отой аҕыйах. Ол курдук эрэйи, кыһалҕаны билбэтэх киһи аһынар санаата суох эбэтэр лаппа аҕыйах буолар.
Сору, эрэйи, кыһалҕаны билбит киһи сыыһа-халты, аһара туттунара лаппа аҕыйыырыттан, өйө-санаата күүһүрэриттэн элбэх туһалаах дьыалалары оҥороро элбиир. Ол иһин соргу диэн тыл үчүгэй өйдөбүлэ олох үөрэҕиттэн үөскээн тахсыбыт уонна олох ыарахаттарын тулуйан, олору кыайан, туоратан күүһэ-кыаҕа элбээбит диэн быһаччы өйдөбүллэнэр.
Сорсуннаах диэн ситтэриэ да суоҕу ситэр кыахтаах хотоойу-хорсун булчут киһи аата. Ол аата бу киһи элбэхтик эрэйдэнэн, үлэҕэ буһан-хатан эрчиллибит буоларынан булду баһыйан ситэр кыахтаммытын бэлиэтээн итинник этиллэр.
Тыл номоҕор: «Соргулаах киһи», «Соргута тостубут киһи» диэн тыллар иҥэн сылдьаллара соргу диэн эрэйи, кыһалҕаны билэн, олору туораан күүһүрбүт санаа буоларын быһаарар. Эрэйи, ыараханы кыайыы-хотуу кэнниттэн соргу үрдээһинэ бэлиэтэнэр.
Олох былыр, үөрүү, өрөгөй буоллаҕына «соргу тутуута» диэн туому толороллор эбит.
«Соргу түөрэҕэ» диэн өйдөбүл өйгө-сүрэххэ иҥэн сылдьар.
Онон эрэй, кыһалҕа, сор диэн киһини олох үөрэҕэ эрчийэрин, дьарыктыырын аата. Эрэйи, кыһалҕаны билии, олору дьүккүйэн, өсөһү киллэрэн туорааһын киһи өйүн-санаатын бөҕөргөтөн олоххо күүстээх буоларыгар тириэрдэр. Олору, ыарахаттары этэҥҥэ туорааһын киһи санаата туоларын, дуоһуйарын үөскэтэн, дьолу билэригэр тириэрдэрэ дьоллоох-соргулаах диэн холбуу этии үөскүүрүгэр тириэрдибит. Санаа туолуута дьолу аҕалар. Хаһан да баҕа санаата туолбатах киһи дьол диэни билбэтигэр сөп. Эрэйи, кыһалҕаны, сору билбит киһи кыра да үчүгэйи улаханнык сыаналаан дьолу билэр кыаҕа улаатарын, бу дьоллоох-соргулаах диэн этии эмиэ биллэрэр.
Онон эрэйи-кыһалҕаны, сору билбэккэ улаатыы эдэрдэри туруга суох өйдөөх-санаалаах оҥороруттан, бу соргу диэн тылбыт харыстыа этэ. Ол иһин соргу диэн тылбытын урукку үчүгэй өйдөбүлүн сото, симэлитэ сатаабаккытыгар баҕарабыт.
ИККИ ӨРYТТЭЭХ ТЫЛЛАР
Сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрэ олус дириҥ уонна киэҥ өйдөбүллээх, Сир, Күн уонна Аан дойду бары тутулуктарын барыларын бу этии таба быһаарарын урут суруйан турабыт.
Айылҕаҕа туох барыта икки өрүттээҕин билинии уонна ону олоххо таба туһаныы сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн тутулуга буолар. Саха омуга олус уһун үйэлээх буолуута туох барыта икки өрүттээҕин олоҕор таба туһаныытыгар олоҕурар. Ол аата олоххо үчүгэй уонна куһаҕан эргийэн, солбуйсан биэриилэригэр таба быһаарыыны ылыныы киһи, омук уһун үйэлээх буолууларын төрүттүүр.
Киһи этэ-сиинэ эмиэ туох барыта икки өрүттээҕин курдук икки өрүттээх тутулуктардаах. Сүрэх хааны хачайдаан сөптөөх баттааһыны оҥорон хаан хаһан да тохтообокко эккэ-сииҥҥэ эргийэрин хааччыйар. Киһиэхэ хаана хаһан да тохтообокко этигэр-сиинигэр эргийэ сылдьара, эти-сиини кислородунан хааччыйара, ыраастыыра хайаан да наада.
Аһара үрдүк, 150 мм аһара барар баттааһын киһиэхэ тымырдара тоҕо барар, кыра тымырдар быстар кутталларын үөскэтэр. Киһи инфаркт эбэтэр инсульт ыарыы буолан хаалыан сөп, онтон баттааһын намыһах, аны 90-ҥа тиийбэт буола түстэҕинэ хаан сүүрүүтэ харгыстанан килиэткэлэр өлүүлэрэ буолуон сөп.
Онон киһи хаанын баттааһына айылҕаттан икки өттүттэн тутулуктааҕынан туох барыта ортотунан баран иһиэхтээх диэн быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэн аһара үрдээбэккэ эбэтэр аһара намтаабакка эрэ биир тэҥ соҕустук, ортотунан сылдьара наада. Ол иһин эмчиттэр киһи хаанын баттааһынын үрдүкү өртө 120 мм буоларын ордороллор.
Ол аата хааммыт баттааһыныттан тутулуктанан хайа да өттүгэр аһара барбат буолууну киһи хаһан баҕарар тутуһа сырыттаҕына эрэ айылҕа көрдөбүллэригэр сөп түбэһэн, тыыннаах буолан олоҕун олороро кыаллар.
Ити курдук «Туох барыта ортотунан буолуохтаах» диэн этии киһи айылҕаҕа сыһыанын уонна киһи оҥорор быһыыларын барыларын табатык быһаарар. Туох барыта икки өрүттээҕин быһыытынан үгүс тыллар иккилии өрүттээх өйдөбүллэри холбуу иҥэринэн сылдьаллар уонна хаһан баҕарар икки өрүттээхтик туттуллаллара сахалар өй-санаа үөрэҕин олохторугар былыр-былыргыттан туһана сылдьалларын биллэрэр.
Алдьархай диэн бэйэтэ олус куһаҕан, иэдээн буолбутун биллэрэр тыл. Соҕотоҕун туттулуннаҕына аҥардастыы куһаҕаны эрэ бэлиэтиир. Итини тэҥэ туох эрэ олус куһаҕан буолбутун биллэрээри алдьархай куһаҕан диибит. Ол да буоллар биирдэ эмэтэ олус ураты, үчүгэйтэн үчүгэй, ураты үчүгэй буолбутун этэн биллэрээри, аны алдьархай үчүгэй диэн этэн кэбиһэбит.
Эбии хос быһаарыыта да суох алдьархай киһи диэтэхпитинэ бу киһи үчүгэйи да, куһаҕаны да олус элбэхтик оҥорор кыахтааҕын чопчулаан бэлиэтиибит, туох эрэ кутталлаах, уратылаах киһи буоларын биллэрэбит. Ол аата аһара барар өйдөөх-санаалаах киһи аһара барар, киһи быһыытыгар сөп түбэспэт быһыылары оҥорор кыахтааҕын быһааран итинник этэр эбиппит. Аһара барар өйдөөх-санаалаах киһи аһара үчүгэйи оҥорон кэбиһиэн сөбүн тэҥэ, аһара куһаҕаны, ыар быһыылары эмиэ оҥорор кыахтааҕын сахалар былыргыттан билэн итинник этэллэр эбит.
Ынырык диэн бэйэтэ олус куһаҕаны биллэрэр тылбытын эбэн, олус, хаһан да көрбөтөх үчүгэйбитин бэлиэтээри ынырык үчүгэй диэн кэбиһиэхпитин эмиэ сөп. Ол аата бу үчүгэйбит эмиэ ханнык эрэ кээмэйи, кыйыаны аһара бардаҕына, үчүгэйэ тосту уларыйан куһаҕаҥҥа, ынырыкка кубулуйан эрэрин арааран, бэлиэтээн этэр эбиппит. Ол курдук олоххо, Айылҕаҕа туох барыта ии курдук төгүрүччү эргийэн кэлэринэн олус аһара барбыт үчүгэйбит куһаҕаҥҥа, ынырыкка кубулуйан эрэрин бэлиэтээн ынырык үчүгэй диэни туттабыт.
«Туох барыта икки өрүттээҕин» уонна үчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылааҕын быһыытынан аҥар өттүгэр олус аһара барыы, ол аата алдьархай үчүгэй буоллаҕына, алдьархайга, алдьаныыга, куһаҕаҥҥа кубулуйара чугаһаабытын биллэрэр. Кэлэн иһэр алдьархайтан сэрэниэххэ наадата кэлбитин сахабыт тыла биллэрэ сатыырын табан өйдүөхпүтүн наада.
Ытык диэн хас да өйдөбүллээх, дириҥ суолталаах тылы билигин үчүгэй өттүнэн элбэхтик туһанабыт. Бу тылбыт аҥардастыы үчүгэй эрэ өйдөбүллээх буолбатаҕын, куһаҕан өрүтэ ыарыыны кытта сибээстээҕин эмэ билэн туһаннахпытына табыллабыт.
Айыы диэн бэйэтэ икки өрүтүн, өйдөбүлүн бииргэ иҥэринэн сылдьар өй-санаа саҥаны айарын, айыыны оҥорорун биллэрэр тыл. Бу тыл хайаан даҕаны үрүҥ айыы эбэтэр хара айыы диэн саҥаны айыы хайдаҕын, дьоҥҥо туһалааҕын дуу эбэтэр буортулааҕын дуу быһааран биэрэр тыллаах туттуннаҕына эрэ олоххо табыллар, киһи оҥорор быһыыларын табатык быһаарар.
Киһи тыыннаах сырыттаҕына өйө-санаата куруук хамсыы, уларыйа-тэлэрийэ, эбиллэ-көҕүрүү турар. Киһи ханнык баҕарар санаалары, үчүгэйи да, куһаҕаны да сорох кэмҥэ санаталаан ылара кыайан бобуллубат, хайдах да хонтуруолланар кыаҕа суох.
Айыы буолуу диэн киһи өлөн, өйө-санаата этиттэн-сииниттэн эньиэргийэ ылара суох буолан, арахсан, Yөһээ дойдуга көттөҕүнэ биирдэ кэлэр. Өй-санаа уларыйбат турукка киирдэҕинэ, киһи өйүттэн-санаатыттан араҕыстаҕына, туспа баран Yөһээ дойдуга таҕыстаҕына атын өйдөртөн-санаалартан уратытынан, тэҥнэспэтинэн туспа айыы буолан сылдьар кыахтанар. Тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһини айыы буолууга ыҥырыы сиэргэ баппат быһыы буолар. Бу ыҥырыы «Өйүҥ көттүн!» диэн ыҥырыыга тэҥнэнэн киһи сирдээҕи олоҕо кылгыырыгар тириэрдиэн сөп.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ айыы киһитэ буолуҥ диэн ыҥыра сатыыллара элбээтэ. Бу дьоммут сахалыы өй-санаа тутулуктарын билбэттэриттэн айыы диэн куһаҕана элбэх тылы биир үтүө тылбытыгар, киһи диэҥҥэ аҕалан сыбыы сатыыллар. Айыы киһитэ диэтэхтэринэ өйө-санаата ситэ тиийбэт, салгын кута хайы сах Yөһээ дойдуга көппүт киһини этэллэр. Бу киһи өйө-санаата тиийбэтиттэн сирдээҕи олоххо соччо сөп түбэспэт буолбутун, Үөһээ дойдуга барара чугаһаабытын чопчу ыйан итинник этиллэр.
Өй-санаа киһиттэн арахсан эрдэлээн, Үөһээ дойдуга көтүүтэ кырдьаҕас киһи түөһэйиитигэр тириэрдэр уонна биирдэ эмэтэ кэлиэн сөп. Салгын кута көппүт киһи кыра оҕотугар, ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар түһүүтэ түөһэйии диэн ааттанар уонна айыы киһитэ буолууга дьэ тириэрдэрин таба өйдүөхпүт этэ.
Улуу диэн бэйэтэ улаханы, уратыны бэлиэтиир тыл. Бу тыл киһиэхэ сыһыаннаан улуу киһи диэн этилиннэҕинэ аны куһаҕан өйдөбүллэнэр. Ол аата олус улахан киһи киһи курдук буолбатаҕын, олус уратытын, оһуобайын, чанчарыгын, көннөрү киһиттэн атынын быһааран итинник этэр эбиппит.
Киһи өйө-санаата сайдыыта “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Тыыннаах киһи өйө-санаата олус үчүгэй киһи уонна сүөһү, кыыл өйүн-санаатын икки ардыларынан сылдьар. Өй-санаа сүөһү, кыыл таһымыттан салгыы сайыннаҕына, тубустаҕына үчүгэй киһи, киһилии киһи таһымыгар тахсар уонна олоҕун киһи быһыылаахтык олорон түмүктүүр кыахтанар. Сорох киһи биирдэ эмэтэ сыыһа туттан, аһара арыгы иһэн, эҥин сүөһү, кыыл өйүгэр-санаатыгар түһэн ылыан сөп.
Онон олохпутугар сахалар үөрэхтэрин тутуһан «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини таба өйдөөн, хайа да диэки аһара барбакка, халыйбакка икки өрүт; үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ол аата ортотунан буолар быһаарыыны ылынан олохпутун олорорбут айылҕа көрдөбүлүнэн табыллар.
Икки өрүттээх тыллары сэрэнэн, кээмэйин билэн олоххо туһаныы өйдөөх-санаалаах дьонтон ирдэнэр биир тутаах көрдөбүл буолар. Бу көрдөбүлү тутуһар буолуу киһи буолууну ситиспити быһаарар. Сахабыт тылыгар икки өрүттээх өйдөбүллээх тыллар бааллара сахалар икки өрүтү билэн, олохторугар былыр-былыргыттан туһана сылдьалларын быһаарар. Икки өрүттээх тыллары таба туһаныыга “аһара үчүгэйбит” диэн сананыыга оҕустарбыт тылбыт үөрэхтээхтэрэ көмөлөһөллөрүн оннугар өй-санаа аҥар өттүгэр халыйыытын үөскэтэ сатыы сылдьаллара хомолтолоох.
YТYКТYY СОДУЛА
Биһиги сахалар арҕаа дойдулары ордук сайдыылаахтарынан-билиилээхтэринэн ааҕаммыт нууччалары быһалыы, ол аата кинилэр майгыларын үчүгэйин уонна куһаҕанын ситэ араарбакка эрэ үтүктэн иһэр этибит. Ыраахтааҕылаах Россия саҕаттан олох бары өттүгэр хаалан иһиибит элбэҕэ бэрдиттэн барыны-бары үтүктэн, сайдыыны-билиини эбинэн бэйэбитигэр туһаны оҥосто сатыыбыт, өйү-санааны, үөрэҕи эбинэрбит кырдьык. Арай кэнники кэмҥэ үтүктэн ылынар туһалаахпыт, үчүгэйбит лаппа аҕыйаан, буортулааҕы, куһаҕаны үтүктэрбит элбээтэ.
Кимтэн уонна тугу үтүктэрбитин, бэйэбитигэр ылынан иҥэринэрбитин барытын сыаналаан, ырытан, бу мантан туох уларыйыы өйгө-санааҕа үөскүүрүн дириҥник хорутан быһааран эрэ баран үтүктэн, бэйэҕэ иҥэриниэххэ сөп этэ. Эдэрдэр тугу эмэ, саҥа тиэхиникэҕэ сыһыаннааҕы үтүктэллэригэр улаханнык талымастаан, талан, бэйэлэригэр туһалааҕын, олоххо саҥаны киллэрэри, тупсаҕайы булан ылыналлара ордук этэ.
Россия экономиката айгыраан билигин Россияҕа дьоҥҥо туһалаах кыра массыыналары оҥоруу атыттартан улаханнык хаалан иһэр. Аны оҥоруллубат буолбут «Москвич» массыынаҕа биир эмэ пенсионер эрэ кыбыстыбакка олорон айанныыр буолла.
Өй-санаа үөрэҕэ туһаныллыбатыттан уонна мөлтөөһүнүттэн сылга мөлүйүөҥҥэ эрэ тиийбэт киһинэн нууччалар аҕыйаан иһэллэрин бэчээт барыта суруйар, киһи барыта билэр буолла. Бу сэтэрээн, тэнийэн иһэр быһыы биһиги аҕыйах ахсааннаах омуктарга ордук улахан охсуулаах буолуон сөп. Мөлтөөбүт, олоххо ситиһиини оҥорууга тириэрдибэт өйү-санааны, үөрэҕи үтүктүү эстиигэ-быстыыга, симэлийиигэ тириэрдэрин билигин да билбэтэҕэ буола сылдьарбыт хомолтолоох. Үөрэх-билии сайдыбытынан туһанан былыр-былыргыттан баар бэйэбит сахалыы өйбүт-санаабыт, таҥарабыт үөрэҕин баһылаан тутустахпытына, олоххо киллэрдэхпитинэ эрэ ордон, салгыы сайдар кыахтанарбытын билэр кэммит кэллэ.
Yлэ-хамнас, тутуу, араас массыыналары, трактордары оҥоруу технологиялара атын омуктартан ыраах хаалан хаалбыттарын нууччалар бэйэ киэнин оҥоро, тупсара сатаан кыайан ситиһэр кыахтара суоҕун кэлин син итэҕэйэн, билинэн, араас омук массыыналарын, тиэхиникэлэрин оҥорууга ылсыһан, атыыга кэлэн иһэллэр эрээри, үлэһиттэрбит таһымнара намыһаҕыттан, хаачыстабалара мөлтөх. Сэбиэскэй былаас кэмигэр элбэх хаайыылаахтар үүрүллэ сылдьан үлэлээбиттэриттэн уонна бэйэ-бэйэлэрин «сука» диэн үөхсэн арахсыбыттарыттан, бу тылтан кыбыстаннар куһаҕан тылга киллэрэн туттубат буола сылдьаллар.
Нууччалар саҥаларын тупсара сатаан тыһы ыттарын «сука» диэн ааттыылларын оннугар «девочка» диэн, онтон атыыр ыттарын «мальчик» диэн тупсаран этэллэрэ элбээн иһэр. Бу этииттэн, тылы уларытан атын суолтаҕа туттууттан девочка диэн ааттанар нуучча мааны бэйэлээх кырасыабай кыыс оҕото, тупсарыллан «девочка» диэн ааттанар буолбут тыһы ыкка тэҥнэнэн хааларын, ол иһин кыра оҕо улаатан истэҕинэ тыһы ыкка маарынныыр майгыланан хаалыахтааҕын аахсыбаттар. Ол курдук киһи тыла атын киһиэхэ дорҕооннорун охсууларынан ордук күүскэ дьайыытыттан тыл күүһэ кыра оҕо майгынын уларытара ордук түргэнин аахсыбаттар.
Нууччалар маннык саҥаралларын биһиги дьоммут, иһиттибит ээ диэбиттии бары кэриэтэ үтүктүбүтүнэн бардылар. Арыычча тылы, тыл дьайыытын билэр дьон чахчы санааргыахтарын сөптөөх курдук эрээри, биһиги тыл үөрэхтээхтэрбит дуомнара «мык» да диэбэттэр. Хата бэйэлэрэ аан бастаан үтүктэн тыһы ыты кыыс оҕо диэн ааттыылларын ордорор курдуктар.
Маннык ыты кытта тэҥнэбилтэн өйдөөх-санаалаах буолан кыыс оҕо санаата түһэр, буккуллар, өйө-санаата мөлтөөһүн өттүгэр уларыйар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн сүөһүнэн дуу эбэтэр акаарынан дуу ааттыы сырыттахха, өйө-санаата оннукка уларыйан, соннук майгыланан хааларын сахалар былыргыттан билэллэр этэ. Тыл дорҕооннорун дьайыыта оҕо кыра эрдэҕинэ ордук күүскэ биллэн ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэрин аахсыбакка сылдьарбытыттан итини, олус куһаҕаны үтүктэн эрэбит.
Ыаллар мааны кыыстарын атыттар «сучка» диэтэхтэринэ оҕолоох дьон чахчы сөбүлээмиэхтэрин, улаханнык өһүргэниэхтэрин сөп. Ону ким да баалаабат. Онтон бу кыыс тыһы ытын «девочка» диэн ыҥырдахтарына, тыһы ыттара аны кыыстарыгар тэҥнэнэн, кыыстара уонна тыһы ыттара биирдик ааттанан, майгылара биир буолан хаалыан сөбүн өйдөөбөтөҕө буолаллар.
Ыттаах дьон тыһы ыты куруук «девочка» диэн ааттыыр буоллахтарына, кыра кыыстара ону истэн мин эмиэ тыһы ыт курдук «девочка» эбиппин диэн тыһы ыт майгына майгыланыан сөп. Ол аата тыһы ыт тугу оҥорорун, хайдах быһыыланарын, көнөтүнэн эттэххэ, үтүктүбүтүнэн барыан сөп. Билигин Россияҕа полиция нравов үөскээһинэ дьахталлар өйдөрө-санаалара тыһы ыт өйүгэр тэҥнэһэн эрэрин биир биллэр дакаастабыла буолар.
Сахалар былыр былыргыттан өй-санаа уратыларын арааран билэннэр киһи диэн ханнык баҕарар кыыллартан, көтөрдөртөн олус үрдүктүк турарын, өйө-санаата элбэҕин, сайдыыны түргэнник ылынар уратытын, киһилии майгылааҕын, үчүгэй быһыылары оҥорорун билинэн бэйэлэрин, ол аата дьону эрэ туспа арааран «Ким», «Кимий?»,- диэн ааттаан ыҥыраллар, «Кини» диэн ааттыыллар.
Киһиттэн атын бары кыыллар, сүөһүлэр, көтөрдөр, мастар, туттар тэриллэр бары сахалыы «Бу», «Ол», «Туох»,- диэн этиллэллэр, «Бу тугуй?» - диэн ыҥырыллаллар. Балар өйдөрө-санаалара киһиэхэ тиийбэтинэн, кыайан сайдыбатынан уратылаахтарын сахалар былыр-былыргыттан билэн тылларыгар киллэрбит эбиттэр. Маннык туспа араартаан ааттааһын киһи диэн атын кыыллардааҕар, көтөрдөрдөөҕөр өйүнэн-санаатынан олус үрдүктүк турарын, итилэри кытта хаһан да тэҥнэспэтин сахалар былыр-былыргыттан билэллэрин уонна олохторугар туһаналларын бэлиэтиир көстүү буолар.
Саха тылын бу өй-санаа уратыларыгар тирэҕирэр, олору быһаарар биллэр уратытын хайаан да таба туһана сылдьарбыт, нуучча тылын үтүктэн уларыта, симэлитэ сатаабаппыт ордук этэ.
Кыыллар, сүөһүлэр, көтөрдөр өйдөрө-санаалара киһиэхэ ханан даҕаны тэҥнэспэттэр, майгылара туспа уратылаахтарынан, киһиэхэ тиийбэттэринэн ааҕыллалларын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ дакаастыыр. Кыыллар, көтөрдөр өйдөрө-санаалара киһи өйүттэн-санаатыттан, биир сүһүөҕүнэн аллараа сылдьар. Итилэргэ салгын кут кыайан сайдыбат, саҥаны, туһалааҕы оҥорор кыахтара суох. Киһи үрдүктүк сыаналанара өйдөөх-санаалаах буолан, салгын кута сайдарыттан, саҥаны түргэнник айарыттан барыларыттан үрдүктүк, туспатык турарынан быһаарыллар.
Тылы маннык уларытан атын суолтаҕа туттуу нууччаларга үөдүйэн иһэр куһаҕан майгынын сахалар эмиэ үтүктэн эрэллэрэ олус хомолтолоох. Саха тыла олус былыргы төрүттээх буолан дорҕооннорун дьайыылара ордук күүстээх. Ыты уол эбэтэр кыыс диэн ыҥыран ааттаан уолга эбэтэр кыыска ыты тэҥнээһин саҥарары тупсарар диэн быстах санааһынтан эрэ, мээнэ үтүктүү, өйү-санааны буортулааһын буолар. Төрөппүттэр оҕолорун өйүн-санаатын кыра эрдэхтэриттэн харыстаан, туруктаах оҥоруохтарын баҕарар буоллахтарына, тыл дорҕооннорунан дьайыытын таба сыаналаан былыргытыттан уларыппакка эрэ туһаналлара эрэйиллэр.
Туох диэн ааттыыртан ыт өйө-санаата тиийбэтиттэн туга да уларыйбат. Арай өйдөөх-санаалаах оҕолор тыл дьайыытыттан өйдөрө-санаалара уларыйар, ыт майгына майгыланыахтарын сөп. Маннык саҥарыы баар-суох оҕолорбутун ыкка тэҥниир, ол иһин ордук куһаҕан. Ыт туһунан өйдөбүл икки өрүттээҕин быһаарарга аналлаах этии сахаларга эмиэ баар: «Ыт киһи доҕоро буоллаҕына үчүгэй, онтон доҕоруҥ ыт буоллаҕына ордук куһаҕан». Ыт төһө даҕаны киһи доҕорун иһин сахаларга киһини ыкка холооһун олус куһаҕан майгынынан ааҕыллар, киһи буолан бүппүтү биллэрэр.
Тыл дорҕооннорун өйгө-санааҕа дьайыылара хаһан да уларыйбаттар. «Ы» дорҕоон уһаатаҕына «ыы» диэҥҥэ тиийдэҕинэ ытааһын үөскүүр, «р» дорҕоон хатыланан күүһүрдэҕинэ «рр» буоллаҕына, ырдьыгынааһыҥҥа кубулуйар. Элбэхтик «рр» диэн саҥарар киһи кыыһырымтаҕай соҕус буолара ханнык да саарбаҕа суох.
Дорҕоон дьайыыта киһиэхэ бэрт сотору тиийэрин саха эмээхситтэрэ билэллэр этэ. Кыра оҕо «ыы» диэн ытаабыта буола оонньоотоҕуна хайаан да тохтотоллоро уонна: «Бу оҕо сотору ытаары гынна быһыылаах»,- диэн этэллэрэ. Кырдьык эбиэттэн киэһэҕэ оҕо кыайан тиийбэккэ эрэ кыҥкыйданан, ытаан-соҥоон барара биллэр.
Саха тыла олус былыргы тыл буолан дорҕооннорун дьайыылара тыл бэйэтин суолтатыгар сөп түбэһэллэр. Ол иһин киһиэхэ дьайыылара атын тыллардааҕар ордук күүстээхтэр. Саха тылын сэрэнэн, былыргытыттан суолтатын ончу уларыппакка эрэ туһаныы хайаан да эрэйиллэр. Оччоҕо эрэ өй-санаа туруктаах буолуутун ситиһиэххэ сөп.
Аҥардастыы үтүктүү үчүгэйгэ тириэрдибэт. Нууччалар саҥаралларын быһалыы үтүктэн «ма-ма», «па-па» диэн куһаҕан дорҕооннордоох тыллары туһаныыбыт оҕолорбут өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутугар тириэрдэн араас быстах быһыыга түбэһэллэрин элбэттэ уонна ийэлэрин, аҕаларын анньа ахтыбаттарыгар, тылларын истибэттэригэр тириэртэ. Yтүө санаалаах төрөппүттэр оҕолорун өйдөрүн-санааларын харыстаан бэйэлэрин оҕолоругар ийэ уонна аҕа диэн ааттаталлара ордук буолуо этэ.
Саха тыла олус былыргы тыл буолан дорҕоонноро киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыылара уларыйбакка эрэ сылдьаллар. Ол курдук «Ай» диэн тыл киһи оҥорор бары быһыыларын барытын быһаарар аналлаах. Ол иһин бу тыл икки өрүтүн, киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорорун холбуу иҥэринэн сылдьар.
Нууччалар үчүгэйи «хорошо», онтон куһаҕаны «грех» диэн тус-туспа тылларынан ааттыыллара олус былыргыттан, Сомоҕотто суруйарынан гректэртэн арахсыыларын саҕана олохсуйбут. (4,67). Омук сайдан, бэйэтин уратытын билинэн туспа омугу үөскэтэригэр төрүт омугуттан эйэлээхтик араҕыстаҕына куһаҕан тылынан ааттаабакка эрэ арахсар. Онтон сөбүлэспэккэ, сэриилэһэн эҥин араҕыстаҕына куһаҕан, үөхсүү тылынан аат иҥэрэн кэбиһиэн сөп. Ол былыргы кэмнэргэ грек буолуу куһаҕан, кинилэртэн, куһаҕан, «грех» дьонтон арахсыаҕыҥ диэн нууччалар туспа барыылара, атын омугу үөскэтиилэрэ саҕаламмыт. Нууччалар төһө да үөхсэн эрэ гректэртэн арахсыбыттарын иһин киһи өйүн-санаатын икки аҥы тылларынан ааттыыллара иҥэн хаалбыт.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн Айылҕа төрүт тутулугун саха дьоно кытаанахтык тутуһа сылдьабыт уонна атыттары быһалыы үтүктэн өйбүт-санаабыт тутулугун уларытан киһи куһаҕаны оҥорор быһыытын «аньыы» диэн сахаларга суох тылынан ааттыыры олус улахан сыыһанан ааҕабыт.
Саха дьоно Айылҕаттан тутулукпутун сүтэрбэккэ, быспакка сылдьар омукпут диэн ааттанабыт. Киһи өйө-санаата Айылҕаттан биир тутулугунан дорҕооннорунан тутулук буолар. Ол курдук саха тылын дорҕоонноро айылҕа кыылларын саҥаларыттан уонна араас тыастарын дьайыыларыттан үөскээбиттэр, холбуу сибээстээхтэр уонна хаһан да уларыйбаттар.
ИККИ СИРЭЙДЭНИИ
Билигин биһиги сахалар икки омук тылын, олохторун үөрэҕин үөрэтэммит билэммит, баһылааммыт өйбүт-санаабыт тулалыыр омуктарбытынааҕар ордук күүскэ сайдан эрэр. Ол эрээри икки омук икки ардыларыгар икки аҥы тартарыы, икки аҥы өйдөөх-санаалаах буолуу биһиэхэ биллэр кутталы, арахсыылары үөскэтэрин аахайбакка сылдьабыт.
Нууччалыы сахалыы икки омук тылын, олохторун үөрэҕин баһылаабыт дьон бааһынайдар, «тупсубут хааннаахтар» диэн ааттаналлар. Бааһынайдар өйдөрө-санаалара тобуллаҕаһынан, икки тылы билэн холбуу туһаналларыттан билиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥинэн, эттэрэ-сииннэрэ бөҕөтүнэн атыттары баһыйалларын дьон былыргыттан бэлиэтии көрөллөр.
Билигин биһиги сахалар нууччалыы тылы, үөрэҕи-билиини бары баһылааммыт, бэйэбит өйбүт-санаабыт сайдан нууччалары ситэммит ити кэпсиир бааһынайдарбыт оннуларыгар бэйэбит тиийэн кэлэн олоробут. Ол курдук бэйэбит тылбытыгар эбии, кыратык ыган да буоллар, нуучча тылын баһылаабыппыт өйбүт-санаабыт ордук сайдыытыгар тириэртэ. Омук сайдыытын маннык кэрдиис кэмигэр сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрин таба туһаныы эрэйиллэр. Төһө эмэ кэм ааспытын кэннэ, кэмниэ-кэнэҕэс омуктар бэйэлэрин уратыларын билинэр кэмнэрэ кэлиитигэр ханнык эмэ иккиттэн биир суолу талан ылыыны омук дьоно хайаан да оҥоруохтаахтар. Ол аата омук сайдан бэйэтин билинэр кэмигэр икки төрүттэриттэн иккиэннэриттэн арахсан эбэтэр биирдэстэрин талан ылан салгыы сайдара олох көрдөбүлэ буолар.
Сахалар «Икки сирэйдээх» диэн икки утарыта өрүттэргэ иккиэннэригэр үчүгэй буола сатыыр, эрэллээхтик бигэ суолу тутуспат дьону этэллэр. Итини тэҥэ биир дьыаланы ситиһиигэ икки аҥы, утарыта турар ньымалары хардары-таары туттуу икки сирэйдээх буолуу диэн эмиэ ааттанар.
Туох барыта аҥар өттүн диэки халыйа баран хааллаҕына кэлин куһаҕаҥҥа кубулуйар. Итэҕэл айыы диэки өттө аһара баһыйан бардаҕына олох таһыма намтыыр, эдэр дьон олоххо интэриэстэрэ сүтэр, тугу эмэни саҥаны, дьон билбэттэрин оҥоро охсоору сыыһа-халты туттунуулара элбээн эдэр олохторун ситэ олорбот дьылҕаланаллар. Ол иһин итэҕэл таҥара үөрэҕин өттө эдэрдэри үөрэтиигэ туттуллара туһалааҕын арааран билиэ, өй-санаа үөрэҕин оннугар түһэрэн эрэр олохпутугар туһаныа этибит.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн наар саҥаны, дьон билбэттэрин оҥорон иһэргэ үөрэннэҕинэ «Көҥүлүнэн барбыт», «Бас-баттах майгылаах» киһиэхэ кубулуйара элбэх аһара, сыыһа-халты туттунуулары оҥоророругар тириэрдиэн сөп. Өй-санаа сайдыытын ити уратыларын билии хас биирдии үөрэҕи-билиини баһылаабыт киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолуо этэ.
Сэбиэскэй кэмнээҕи өй-санаа, таҥара үөрэҕин сиргэ-буорга тэпсии содула билигин даҕаны салҕанан баран иһэрэ хомолтолоох. Билигин даҕаны сэбиэскэй кэмнээҕи үөрэхтээхтэр, учуонайдар, суруйааччылар эстибит былаас хаалынньаҥ өйүн-санаатын кыратык уларыппыта буола түһэн баран дьоҥҥо тарҕата сатыы сылдьаллар. Оччотооҕу кэмҥэ биһиги саҥаны айарбыт барыта үчүгэй буолар дии саныыр суруйааччылар киһи өйүн-санаатын, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорорун икки аҥы арааран кэбиспиттэрин, куһаҕаны “аньыы” диэн ааттаабыттарын, билигин «айыы үөрэҕин айааччылар» салҕаан иһэллэр. Ол курдук дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын эдэрдэргэ кэпсээбэккэ кистииллэриттэн эдэрдэр буруйу, куһаҕан быһыыны оҥороллоро эбиллэн иһэрин тэҥэ, буолар-буолбат, ол-бу саҥаны айыыны оҥоро сатаан сыыһа-халты туттуналлара аһара элбээтэ.
Коммунистар хаһан кэлэрэ биллибэт коммунизмынан, бары тэҥ буолуунан уонна «барыта үчүгэй буолла» диэн дьону албынныы сылдьыбыттара биллэн, арыллан хаалан, перестройка хамсааһына үөскээн сэбиэскэй былаас эстибитин таба сыаналыы, олохпутугар туһана иликпит. Аһара хам тутаннар бассабыыктар, коммунистар икки сирэйдээх буолууга биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрин, суруйааччылары үөрэтэн кэбиспиттэрэ кыайан көнө илик.
Урукку олоҕу ахта саныыр төһө да үчүгэйин иһин, аны төннүбэт буолбут былааһы аһара аһыйар туһата суох. Элбэх ахсааннаахтар сөбүлээбэт буолууларыттан сэбиэскэй былаас эйэлээхтик эстибитэ. Билигин урукку, сэбиэскэй кэмҥэ үөрэҕи ылбыт, үчүгэйдик сылдьыбыт дьон барылара кэриэтэ уонна аныгы, ырыынак олоҕор соччо сөп түбэспэтэхтэр, уруккуларын саныы, ону үчүгэй этэ диэн ахта, икки сирэйдээх буола сылдьаллар.
Саха сирин бары хаһыаттара кырдьаҕас, уһуннук үлэлээбит, элбэх оҕолордоох дьон тустарынан элбэхтик суруйаллар. Кинилэр олохторун эрэйдээхтик, кыһалҕаллаахтык олорбуттарыттан билигин даҕаны килиэп сыанатын билэллэрин, таах бырахпаттарын анаан-минээн бэлиэтииллэр. Кинилэр көрсүө, сэмэй буоланнар маннык уһуннук олохторун олордулар диэн этэллэр, суруйаллар. Ол да буоллар саҥа улаатан эрэр оҕолору үөрэтиигэ тиийэн кэллэххэ көрсүө, сэмэй буол диэн этэн үөрэтии хаалан турар. Бары тыл үөрэхтээхтэрин уонна учууталлар улахан сыыһалардаах айыыларын үөрэҕин “айыы үчүгэй”, «айыы буол» диэн этии албыныгар киирэн сылдьаллар. Бу сыыһа үөрэх дьайыытыттан оҕолор ситэ билбэттэриттэн, олоххо уопуттара тиийбэтиттэн араас сыыһа-халты туттунуулары оҥороллоро элбээтэ. Биирдэ сыыһа-халты туттаннар эдэр уолаттарбыт отуттан тахса бырыһыаннара хаайыыга киирэн тахсаллара кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын киһи буолууга ииппэттэн үөскүүрүн билбэтэҕэ буолаллар.
Тыл үөрэхтээхтэрэ дьоммут биир сирэйдэринэн оҕолору үчүгэй, үөрэхтээх дьон буолуҥ диэн этэллэр. Онтон иккис сирэйдэринэн, айыы үчүгэй, айыыны элбэхтик оҥор дииллэриттэн, оҕолор элбэх саҥаны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро охсоорулар тиэтэйэннэр сыыһа-халты туттунаннар куһаҕан быһыылары элбэхтик оҥороллоругар үтүрүйэллэр, онно тириэрдэллэр.
Тыл дорҕооннорунан дьайан киһиэхэ онно сөп түбэһэр өйү-санааны үөскэтэрин тылбыт үөрэхтээхтэрэ бэйэлэрэ да билбэттэр, билээччилэр эттэхтэринэ, суруйдахтарына билбэтэҕэ, истибэтэҕэ буолаллар. Тыл үөрэхтээхтэрэ иллэҥнэрэ бэрт буолан атын омук тылыттан киирэр тиэрминнэри сахалыыга кубулутабыт диэн таах сибиэ эрэйдэнэллэр. Тыл өр кэмҥэ элбэхтик туттулуннаҕына уонна дорҕоонноро сөп түбэстэхтэринэ сыыйа-баайа бэйэтэ уларыйан омук тылын дорҕооннорунан солбуллан барарын, ыган тиэтэтэн биэрэр «сэбиэскэйдии» санаалара өссө да хаала илик.
Урукку кэмнэргэ тыл үөрэхтээхтэрэ букатын да суох эрдэхтэринэ саха тыла киирии нуучча тылларынан сыыйа байан испитэ. Остуол, биилкэ, ньуоска диэн тыллары билигин бары сахатыйбыт тылларынан ааҕаллар. Үс сүүс сыллааҕыта ким да хамнаска үлэлээн дьарыктамматаҕа эрээри, бу тыллар бэйэлэрэ уларыйан сахатыйан сылдьаллар. Онон саҥа киирэр тыллары ыкпакка, була сатаан дорҕооннорун уларыппакка бэйэлэрин төрүттэринэн туһана сылдьыы ордук этэ. Омук тылын ураты дорҕоонноро сахабыт тылын буортулуо, алдьатыа суоҕа этилэр. Дьон барыта билэр наука диэн тыл саха тылыгар бэйэтинэн да сылдьыа этэ. Кэлин тыл бэйэтэ сыыйа-баайа сахалыыга уларыйан барыыта кэлиэҕэ.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ биир сирэйдэринэн саха тылын харыстыахха дииллэр. Оҕолору үөрэтэ сатыыллар. Кырдьык кыһанар курдук тутталлар.
Бу дьон иккис сирэйдэринэн сахаларга ханна да суох саҥа тылы, былыргы ыраахтааҕы саҕанааҕы тылбаасчыттар булбут, сэбиэскэй былаас саҕанааҕы суруйааччылар сурукка киллэрбит «аньыы» диэн тылларын киллэрэн эдэрдэр өйдөрүн-санааларын буккуйа, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа оҥорор, иккилии бастаах дьону оҥоро сатыыллар. Итини тэҥэ нууччалыыттан киирэ сатыыр маама, паапа диэн саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэт тыллары туһаныыттан таһаарыыга туох да көмөнү оҥоро иликтэр.
Бу «аньыы» диэн тылы сэбиэскэй кэмнээҕи суруйааччылар өй-санаа тутулуктарын, үөрэҕин билбэттэриттэн, киһи оҥорор быһыыларыттан куһаҕан быһыыларын туспа арааран бэлиэтээрилэр, бэйэлэрин үчүгэй эрэ курдук сананыыларыттан киллэрэн кэбиспит тыллара буоларын билигин да бу дьоммут ситэ билэ иликтэр.
1958 сыллаахха П.А.Ойуунускай үлэлэрин саҥалыы бэчээттээн таһаарыыларыгар бэйэтэ айыы-хара диэн төһө эмэ бэлиэтээн, бу куһаҕан айыы диэн чуолкайдаан, арааран, хара диэн тылы холбоон, хараардан суруйбутун көннөрөн «аньыы-хара» диэн уларытан бэчээттээбиттэрэ. Кинилэр айыы диэн тыл икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээҕин иһин олортон куһаҕанын талан хара диэн быһаарыы тыллаах П.А.Ойуунускай бэйэтэ суруйбутун буккуйа, талбыттарынан уларыта сылдьаллар. Куһаҕан быһыы бэйэтэ да куһаҕана биллэр буоллаҕына, өссө хара диэн эбэн ааттааһын тыл өйдөбүлүн билбэттэн үөскээн тахсар быһыы буолар.
Бу «аньыы» диэн тыл саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар, билиилэригэр, саҥарар тылларын дорҕоонноругар сөп түбэспэт. Бу тыл сахаларга хаһан да суох этэ. Саха дьоно бэйэлэрэ даҕаны «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһаллар, айыы диэн үчүгэй эбэтэр куһаҕан буоларын билэллэр уонна хайа да диэки халыйыы үчүгэйи аҕалбатын билэн олохторугар ортотунан түбэһэр быһаарыыны туһана сылдьаллар.
Үчүгэй уонна куһаҕан айымньылар, табыллыбыт эбэтэр табыллыбатах суруйуулар хаһан баҕарар бааллар. Суруйааччылар хас суруйууларын аайы туох эмэ саҥаны, урут туттуллубатаҕы, дьон билбэттэрин киллэрэ сатааһыннарыттан саҥа тылы булан, айан туһана сатыыллар. Маннык баҕа санаа аһара хааччаҕа суох бара турарын тыл үөрэхтээхтэрэ билэн-көрөн хааччахтыахтарын сөп этэ эрээри, биһиги тыл үөрэхтээхтэрбит бэйэлэрэ да, бу саҥа тылы суолтатын билбэттэригэр тэптэрэн буккуллан сылдьаллар.
Коммунистар саҕанааҕы суруйааччылар аһара үчүгэй киһини хоһуйан суруйаарылар кини оҥорор быһыыларыттан куһаҕанын туспа арааран быһаараары «аньыы» диэн айыы диэҥҥэ маарынныыр тылы булан туттубуттар. Элбэх суруйуулартан аан бастаан 1963 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт «Талыллыбыт айымньылар» диэн кинигэтигэр киллэрбит «Александр Сергеев» диэн романыгар олус үчүгэй, үөрэхтээх, сэбиэскэй былааһы олохтоспут киһини ойуулаан суруйарыгар, үчүгэй киһитэ куһаҕан санаалары санаталаан, куһаҕан тыллары саҥарталаан ыларын көрдөрөөрү «Аньыы, грех…» диэн Михаил Доҕордуурап бу тылы туттубут. (5,66).
Бу сэһэни билигин ааҕан, сыаналаан көрдөххө «аньыы» диэн тыл олуонатык, бэйэтин миэстэтигэр сөп түбэспэттик туттуллубута элбэх. Бу киллэрэн биэриилэр оччолорго баар суруйуулары хонтуруоллуур Главлит үлэтэ эбитэ дуу, билигин быһаарар кыаллыбатыгар сөп. Тоҕо диэтэххэ сорох дьон оҥорор быһыыларын атын кэпсээннэригэр ойуулаан суруйарыгар М.Доҕордуурап «айыы» диэн тылы бэйэтин, икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан суолтатынан элбэхтик туһанар.
Бу «аньыы» диэн тылы үтүктүүнү бу кэмтэн ыла саҕалаан үгүс коммунистар идиэйэлэрэ иҥмит суруйааччылара нууччалар «грех» диэн куһаҕаны оҥорууну бэлиэтиир тылларын быһалыы үтүктэн, киһи өйө-санаата икки аҥытын быһалыы көрдөрөөрү, сыыйа-баайа туттубутунан барбыттар.
«Ан» диэн төрүттээх тыллартан сахаларга өйү-санааны быһаарар тыл үөскээбэт. «Ан» диэнтэн анньыы, анды, анна, анаа, анал, анаар, аны диэн өйгө-санааҕа, саҥаны айыыга ханнык да сыһыана суох тыллар үөскүүллэр.
Тылы уларыппакка бэйэтинэн туттулларын тыл үөрэхтээхтэрэ, араас элбэх «Тылдьыттар» манаан, көрөн-истэн сылдьыахтаахтар. Бу эмиэ хааччах, ол эрээри сөптөөх хааччах. Омук тыла баар буоллаҕына эрэ туспа омук баар буолар. Ол иһин омук бэйэтин тылын харыстанар бырааптаах. «Тылдьыт» омук тылын харыстыырга, уларыппат туһугар туттуллар аналлааҕын бары билэбит. “Аньыы” диэн тыл ханнык да тылдьыкка киирбэтэх, сахаларга суох тыл. Бу тылы туттуу албыҥҥа киирэн биэриини биллэрэр.
“Аньыы” диэн этээччилэр өй-санаа үөрэҕин билээччилэр буолбатахтар, нууччалар саҥаралларын быһалыы үтүктээччилэр эрэ, сахалыы өй-санаа үөрэҕин буккуйааччылар буолаллар. Ол барыта нууччалар өй-санаа үөрэтэхтэрэ буккуллан, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттыылларын быһаччы үтүктүүттэн тутулуктанар. Ол курдук нууччалар үчүгэйи – хорошо, онтон куһаҕаны – грех диэн тус-туспа тылларынан этэллэрин быһаччы үтүктүүттэн “аньыы” диэн тылы булан биһигини эмиэ туһаннара сатыыллар.
Сахалар нууччалар буолбатахтар. Сахалыы өй-санаа үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын икки аҥы араарбат, оҥорор быһыыларын барыларын; үчүгэйдэрин уонна куһаҕаннарын биир тылынан, айыы диэнинэн этэн биллэрэр. Ол курдук киһи үчүгэй санаата киирдэҕинэ үчүгэйи, онтон куһаҕаны санаатаҕына куһаҕаны оҥорор кыаҕа хаһан да уларыйбат, биир мэйиитинэн толкуйдаан оҥорорун иһин айыы диэн тылбыт соҕотох, биир эрэ.
Сахалыы «ай» диэн төрүт тылбыт киһи өйө-санаата икки аҥы буоларын бэйэтэ да толору быһаарар. Тоҕо диэтэххэ киһи биир мэйиитинэн быһааран үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕа хаһан да хаалан хаалбат. Арай кыра эрдэҕиттэн үөрэммит үчүгэй үгэстэрэ эрэ киһини үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥороругар тириэрдэллэрин сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһааран дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр.
Үчүгэйи уонна куһаҕаны хас биирдии киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан быһааран олоҕор туһанара ордук. Ол курдук олох ханнык эрэ кэмигэр үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйан биэрэр кэмигэр улаханнык оҕустарбат туһугар киһи оҥорор быһыытыгар дьаралык, бэлиэ иҥэрэн бэлиэтээн кэбиһэр табыллыбат.
Сахабыт тыла хаһан, хас уонунан тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр дорҕоонноруттан тутулуктанан чочуллан оҥоруллубутун ким да өссө быһаара илик. Сахабыт тылын айбыт, олоххо киллэрэн туһаммыт былыргы өбүгэлэрбитин, тылы билбэттэр эбит диирбит олуона буолуо. Олус былыргыттан баар, туттулла сылдьар сахабыт тылыгар саҥа тылы буллубут диэн киһиргэнээччилэри, уларыта сатааччылары тохтотуохха сөп буолла. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ хас эмэ тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр чочуллан үөскээбит киһи өйүн-санаатын бэйэтэ даҕаны толору быһаарар сахабыт тылыгар саҥа тылы буллубут диэн биһигини, үлэһит дьону албыннаары оҥостоллор.
Үчүгэйи үрүҥ диэн, онтон куһаҕаны хара диэн быһаарыы өй-санаа көрдөбүллэригэр былыр-былыргыттан ордук сөп түбэһэрин билигин кэлэн уларытыахтарын баҕараллар. Былыргы сахалар үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбаттар этэ диэн саҥа тылы «аньыы» диэни булан куһаҕаҥҥытын туспа арааран ааттааҥ диэн этэллэрэ төрдүттэн сыыһа. Өйү-санааны быһаарарга аналлаах былыр-былыргыттан баар «ай» диэн тылбыт үчүгэйи уонна куһаҕаны холбуу ылан бииргэ быһаарар. Киһи төбөтө, мэйиитэ биирдэрин курдук бу өйү-санааны быһаарар «ай» диэн тыл соҕотох буоллаҕына эрэ табыллар. Киһи биир буоллаҕа дии, өйө-санаата эмиэ биир төрүттээх буоллаҕына сыыһа-халты туттунара аҕыйыыра үөскүүр.
Олоххо туох барыта хамсаан, уларыйан, эргийэн биэрэр кэмнэрдээх. Дьиҥ олоххо үчүгэй уонна куһаҕан алтыһа, сэргэстэһэ сылдьалларынан уонна кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, солбуйсан биэрэллэринэн үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран атын тылларынан ааттааһын табыллыбат, өй-санаа буккуллуутун, мастыйыытын, биир сиргэ туран хаалыытын, ол аата хамсаабат, уларыйбат буолуутун үөскэтэр. Холобурга, урут кыһыл буолуу үчүгэй этэ, билигин кэлэн үрүҥ буолуу үчүгэй буолан эрэр. Оччолорго баай буолуу куһаҕан, дьадаҥы үчүгэй этэ, билигин эргийэн биэрэн, аны баай үчүгэй буолла. Олох уларыйар кэмигэр түбэһэммит кэмэ кэллэҕинэ үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар холобурун бэйэбит олохпутуттан булан араарар кыахтанаммыт, айыы диэн тылбытын икки аҥы араарартан харыстыахпыт этэ.
Олоххо бу буолбут уларыйыы аҥардастыы былаас эрэ уларыйыыта буолбатах, өйбүтүн-санаабытын кытта уларытыа этэ. Ол иһин оҕону иитии-үөрэтии төрдүттэн уларыйан, учууталлар, учуонайдар уларыйаннар кэлэр көлүөнэлэрбит ырыынак өйүгэр-санаатыгар үөрэниэ этилэр.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн билигин баай киһи оҥорор быһыыларын үчүгэй, айыы диибит дуу, дьадаҥы киһи оҥорор быһыылара куһаҕан, “аньыы” буолар дуу? Хайа, баҕар сотору дьадаҥы буолуу эмиэ үчүгэй буолан хаалаарай?
Бэйэлэрин ураты, “оһуобай” үчүгэйинэн ааттанар салайааччылар, суруйааччылар үчүгэйи эрэ оҥоробут диэн сыыһа санааларыттан айыы диэн тылбытын үчүгэй эрэ оҥоро сатыыллар эрээри кыаллыа суоҕа. Ол курдук айыы диэн тыл “ыы” диэн дорҕооно куһаҕан, ытааһын дорҕооно, хаһан да үчүгэй дорҕооҥҥо кубулуйуо суоҕа. Бу тылы элбэхтик туттар, улаханнык саҥарар дьон бэйэлэрэ кэһэйиэхтэрэ. Билигин дьон бары олоҥхону үөрэтиэххэ, онно өй-санаа сурулла сылдьар дииллэр. Олоҥхо кэпсэнэр кэмигэр сахаларга «аньыы» диэн тыл баара дуу, суоҕа дуу? Суох этэ!
Э.К.Пекарскай «Тылдьытыгар» саха дьонун өйдөрө-санаалара, тыллара барылара түмүллэ сылдьаллар. Бу тылдьыкка «аньыы» диэн тыл баар дуо? Эмиэ суох.
1994 уонна 2008 сыллаахха таһаарыллыбыт «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар» «аньыы» диэн тыл баар дуо? Суох. Саха тыла өйү-санааны кытта тутулуктарын букатын да билбэт нууччатымсыйбыт тыл үөрэхтээхтэрин уонна нуучча тылын учууталларын албыннарыгар, сымыйаларыгар биһиги, элбэх ахсааннаах үлэһиттэр киирэн биэримиэхпитин сөп этэ. Бу сымыйа тылы аны туттумуохха. Бэйэлэрэ тутта сырыттынар.
Холобурга, Тэрис уонна айыы үөрэҕин айааччылар айыы диэн аҥардастыы киһи оҥорор үчүгэй быһыыларын, онтон «аньыы» диэн куһаҕаны оҥорууну тус-туспа тылларынан ааттыырга ыҥыраллар. Саҥа тахсыбыт сахалыы-нууччалыы тылдьыкка маннык суруйан киллэрдилэр: Аньыы – грех, аньыылаах – грешный. (6,14).
Бу “аньыы” диэн тылы тылдьыкка киллэрэннэр тылбыт үөрэхтээхтэрэ саха тылын төрүттэрин, өйү-санааны кытта тутулуктарын букатын билбэттэрин көрдөрдүлэр. Хата кинилэр кыбыстар санааларын соччо сүтэрэ илик бэлиэлэринэн бу тылы алфавит бэрээдэгинэн анньыы диэн тыл кэннигэр буолбакка соруйан ыраатыннаран, тэйитэн аҥхай диэн букатын атын төрүттээх тыл кэнниттэн киллэрбиттэрэ буолар. Саха дьонун өйүн-санаатын буккуйарга аналлаах тылы сурукка киллэрбит киһинэн Т.И.Петрова буолар. Билигин саха тылын, өйүн-санаатын буккуйуу барыта киниэхэ сүктэриллэр буолла.
“Аньыы” диэн тыл сахаларга суох. Бу тыл сахалар тыллара буолбатах. Сахаларга өйү-санааны быһаарар «Ай» диэн тыл соҕотох эрэ. Бу тыл биир эрэ буоллаҕына табыллар. Тоҕо диэтэххэ киһи мэйиитэ, төбөтө биирдэр эрэ. Ол иһин тугу оҥорон, айан таһаарара эмиэ биир төрүттээҕэ, «ай» диэн тыл соҕотох буолара табыллар. Биһиги сахалар киһи өйө-санаата сайдыытын былыр-былыргыттан билэрбитин уонна олохпутугар таба туһанарбытын бу тыл соҕотоҕо быһаарар. Тоҕо диэтэххэ киһи биир мэйиитинэн толкуйдаан, ырытан, быһааран үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруон сөп. Арай киһи өйө-санаата сайдан киһи буолууну баһылаабыта, киһилии быһыыламмыта эрэ кинини үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥороругар тириэрдэрин арааран билиэхпит этэ.
Айыы диэн тыл «ай» диэн тугу эмэни айары, саҥаны, дьон билбэттэрин, урут оҥорботторун оҥоруу буоларын саха киһитэ барыта билэр. Айыыны оҥоруу барыта үчүгэй буолбатах, куһаҕан айыыны оҥоруу өссө элбэх. Бу икки өрүттээх өйдөбүллээх тыл. Үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорууну холбуу быһаарар. Ол курдук куһаҕаны оҥоруу эмиэ дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу буоларынан син-биир айыы буолара хаһан да уларыйбат.
Оҕо өйө-санаата сайдан, эбиллэн иһиитин таба сыаналаабаттарыттан тыл үөрэхтээхтэрэ өй-санаа үөрэҕин сыыһа суолунан салайан ыыта сатыыллар. Оҕоҕо өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн мунньуллан, эбиллэн иһэр диэни билиммэттэр, олус үчүгэйбит диэн санаалара олохсуйан бэйэлэрэ кыра эрдэҕинээҕилэрин таһы-быһа умнан кэбиспиттэр.
Оҕо өйө-санаата сайдыытын билбэттэриттэн, бэйэлэрин, улахан дьон мээрэйдэринэн мээрэйдииллэриттэн, аһара үчүгэй курдук сананалларыттан итинник сыыһаны оҥостуна сылдьаллар уонна онтуларын билиммэккэлэр аны атын дьону, төрөппүттэри албынныыллар, кинилэр баар-суох оҕолорун сыыһа өйгө-санааҕа үөрэтэллэр, быстах быһыыга үтүрүйэллэр, үйэлэрин кылгаталларын үөскэтэллэр. Икки сирэйдээх тылбыт үөрэхтээхтэрэ сахабыт тылын харыстыылларын оннугар атын, сыыс тылы булан буккуйан, өйбүтүн-санаабытын икки аҥы арааран буорту оҥорор санаалаахтарыттан биһиги, үлэһиттэр сэрэннэхпитинэ, киирэн биэрбэтэхпитинэ, оҕолорбутун «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн үөрэҕи тутуһуннаран ииттэхпитинэ, үөрэттэхпитинэ сыыһа-халты туттубакка уһун үйэни ситиһиэхтэрэ этэ.
ДОРҔООН ДЬАЙЫЫТА
Биһиги бары тыл иччилээх, тыл дьайыылаах диэни билэбит. Саха тыла олус былыргы тыл буоларынан дорҕоонноро айылҕа дорҕоонноругар, тыастарыгар элбэхтик сөп түбэһэллэриттэн киһиэхэ дьайыыта ордук күүстээх. “Кыы” диэн кычыгырыыр тыастан киһи барытын куйахата күүрэр, сөбүлээбэт.
Дорҕоон диэн тыл «дор» диэн соһуччу, улахан тыаһы үтүктэр тылтан үөскээбит. Ыраах саа тыаһа «дор» гынна диэн этэбит. Дорҕоон киһиэхэ соһуччу дьайыан эбэтэр соччо биллибэтинэн уһун кэмҥэ дьайа сылдьар.
Дьай диэн киһиэхэ таһыттан киирэр улаханнык биллибэт курдук өй-санаа сабыдыала ааттанар. Бу сабыдыал дьайыыта бэйэтигэр сөп түбэһэр уларыйыылары киһи санаатыгар киллэрэр. Дьай туох эмэ үчүгэйи, үтүөнү, туһалааҕы оҥорторор буоллаҕына, үтүө дьайыы, онтон куһаҕаны оҥортордоҕуна хара дьайыы диэн тус-туспа араарыллан ааттаналлар. Ол аата дьай диэн тылбыт эмиэ икки өрүттээх өйдөбүллээх уонна табан туһаннахха эрэ табыллар.
Киһи саамай тулуйан истибэт дорҕооннорунан, тыастарынан туох эмэ кычыгырыыр, кыһыйар тыаһа уонна оҕо ытыыра буолар. Дорҕоон дьайыыта эмиэ икки өрүттээх; үчүгэй, үтүө дьайыылаах, ол аата киһиэхэ туһалаах дьайыыны оҥорор уонна куһаҕан, алдьатар дьайыылаах дорҕооннор бааллар.
Биһиги үгүс үлэлэрбитин дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыытыгар анаатыбыт. Саха тыла олус былыргы тыл буолан баран дорҕооннорун дьайыыларын билигин да сүтэрбэккэ сылдьар. Ол курдук «ыы» дорҕоонтон ытааһын үөскүүрэ, онтон «рр» дорҕоонтон кыыһырыы, ырдьыгынааһын кэлэрэ кимиэхэ барыларыгар биллэр.
Бу кэмҥэ биһиги сахалар ийэ уонна аҕа диэн тылларбыт улахан үтүрүллүүгэ киирэн сылдьаллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр государство оҕону иитиини-үөрэтиини барытын бэйэтин күүһүнэн оҥорорунан төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ улахан суолтаны биэрбэт буолуулара үөскээһиниттэн, бу төрүт тылларбыт мөлтөөн үтүрүллүүгэ киирдилэр. Бу быһыыны дьаалатынан ыытан кэбистэхпитинэ, кэлин ийэ уонна аҕа диэн тылларбытын чахчы туттуллубат буолууларыгар тириэрдэн, сүтэриэхпитигэр сөп.
Бу тылларбыт сүтүүлэрэ оҕолор ийэлэрин, аҕаларын аанньа ахтыбат, тылларын истибэт буолууларыгар, атын омук тылын, өйүн-санаатын өрө туталларыгар тириэрдэрэ саарбаҕа суох.
Саха итэҕэлин, тылын-өһүн көмүскүөхтээх айыы итэҕэлин тарҕатааччы диэн ааттанар дьоммут бу баар-суох төрүт тылларбыт мөлтөөн-ахсаан сылдьалларын көмүскэһэн биир тылы эппэккэ ньимиликээн буолан сылдьаллар.
Сахалары эһэ, симэлитэ сатаабыт сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла тылбыт үөрэхтээхтэрэ саха уустарын эйэлээх буолууга ыҥырар эйэ-нэм диэн тылларбытын алдьатар өттүгэр тириэрдэр эйэ-дэм диэн тылларга кубулутан сылдьаллар. Эйэ уонна дэм диэн тыллар дорҕоонноро, өйдөбүллэрэ бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэспэттэриттэн, утарыта охсуулаахтарыттан эйэлээх буолуубут улаханнык эмсэҕэлиир, кыайан оннун булбат.
Yөрэхтээҕимсийбит, ол аата арҕааҥҥы, нууччалыы үөрэҕи баһылаабыт дьоммут үөрэхтэммиттэрин туомун биллэрээри «мама», «папа» диэн биһиги сахалар өйбүтүгэр-санаабытыгар сөп түбэспэт тылларынан төрөппүттэрбитин ааттанарга үөрэтэннэр оҕолорбут төрөппүттэрин аанньа ахтыбат, этэр тылларын истибэт буола улааталлара элбээтэ.
Бу куһаҕан дорҕоонноох тыллар сабыдыалларын биһиги хайы-сахха билэн сылдьабыт. Эдэр оҕолорбут бэрээдэги кэһиилэрэ, араас буруйу-сэмэни оҥоруулара элбээһинэ, төрөппүттэрин аанньа ахтыбаттара, этэр тылларын истибэттэрэ барылара бу тыллартан олус улахан тутулуктаахтарын таба өйдүөхпүт этэ.
«Па», «пахай» диэн сааҕы, “пал” гына түһэри, олус куһаҕаны ааттыыры, сиргэнэри саха киһитэ барыта билэр. Саха киһитэ дьиҥинэн ыллахха сүрдээх талымас, сиргэмсэх. Туох куһаҕан барыта «па» буолар. Бу дорҕоон охсуута, дьайыыта сиргэнэри, сөбүлээбэти үөскэтэр.
Сахалар сиргэмсэх, талымас соҕустарын аһыыр аһылыктарыттан булан дакаастааһын ордук табыллар. Ол курдук саха дьонун аһылыктарыгар ханнык да куһаҕан үөннэр, кыыллар, көтөрдөр букатын киирсибэттэр.
«Па» диэн дорҕоон дьайыытыттан оҕолор аҕаларын аанньа ахтыбаттар, этэр тылларын истибэттэр, толорботтор.
Бары саха тылын харыстыахха, сайыннарыахха диибит. Тыл үөрэхтээхтэрбит уонна нуучча тылын учууталлара куһаҕан дорҕооннордоох тылларынан ийэлэрбитин, аҕаларбытын оҕолорунан ааттаталларыттан төрөппүттэрин аанньа ахтыбаттара улаатар.
Дорҕоон дьайыыта киһиэхэ олус күүстээх, биллибэтинэн дьайа сылдьар. Ол курдук куһаҕан, сөбүлээбэт музыкатын хайа да киһи өр тулуйан истибэт, бу сиртэн барар эбэтэр онно сылдьыбат.
Айылҕаҕа ультразвук диэн киһи кулгааҕа кыайан истибэт дорҕоонноро бааллар. Кыайан иһиллибэтэллэр даҕаны бу дорҕооннор дьайыыларыттан киһиэхэ туохтан эрэ олус кутталлаахтан, ынырыктан куотуу өйө-санаата киирэрин быһаарбыттара ыраатта. Бу дорҕоону аан бастаан боруобалыылларыгар киэҥ залга толору мустубут дьоҥҥо эмискэ тыаһаппыттарыгар баар дьон бары олус куттанан, уйулҕалара көтөн, уолуйан ханна баралларын билбэт буола өйдөрө көтөн, куотар аакка барбыттар.
Былыр акыйааннарга биир да киһитэ суох хараабыллар уста сылдьалларын булаллара биллэр. Ол хараабыллар дьонноро сектаннарын уонна хараабыл докумуоннарын ылан барбыттарыттан сылыктааннар олус куттанан куоппуттарыгар сөп диэн этэллэр. Итини тэҥэ, субу аһаары тардыллыбыт остуоллара тыытыллыбакка хаалбытынан олус кутталлаах балаһыанньа соһуччу буолан ааспытыгар сөп диэн быһаараллар.
Дьоно барылара сүппүт, куоппут хараабыла булааччылары олус муодарҕатарын тэҥэ, сүрүн мачтата тостубут буолара кыайан быһаарыллыбат боппуруоһу үөскэтэр. Бу хараабыллары быстах түһэн ылар тыаллаах олус чуумпу күҥҥэ булаллар эбит. Муораҕа маннык ураты быһылаан буолан ааһыытын быһаарыытынан ханнык эрэ олус чуумпу күҥҥэ муора долгуннарыттан ультразвук үөскээн тарҕаныытын ааҕаллар.
Дорҕоон киһиэхэ дьайыытын күүһүн аныгы үөрэхтээхтэр араас сыалларга туһана сатыыллар. Эдэр оҕо 25 сааһыгар диэри олус чуор кулгаахтаах буолар эбит. Оҕо кулгааҕа олус кыра тыаһы истэр кыаҕын туһанан Англияҕа эдэр оҕолор элбэхтик мустар сирдэригэр бырдах дыыгыныыр тыаһын үөскэтэр аналлаах передатчиктары туруортаабыттар. Бу сирдэргэ оҕолор мустубат буолбуттар эрээри, бу саҥаны айыыны психотропнай сэрии сэбигэр киирсэр диэн тохтотоору турунан эрэллэр.
Дорҕоон киһиэхэ дьайыыта олус улаханын аахайбакка сылдьабыт. Хас биирдии тус-туспа омук тылларын дорҕоонноро бэйэ-бэйэлэриттэн улахан уратылаахтар. Кэлин үөскээбит саҥа омуктар тыллара элбэх дорҕооннордоохтор, уһуннар. Ол иһин дорҕооннор хос-хос хатыланыыларын үөскэтэннэр киһиэхэ дьайыылара кыччаан иһэр.
Саха тылыгар биирдии сүһүөхтээх айылҕа тыастарыттан быһаччы үөскээбит тыллар олус элбэхтэр. Ол иһин саха тылын дорҕоонноро киһиэхэ дьайыылара ордук күүстээх.
Атын омук тылын сахалыыга уларытарга дорҕооннорун дьайыыларын табан туһаныы хайаан да ирдэнэр. Ол курдук саха тылын дорҕооннорунан тутулугун уларыппат туһугар дорҕооннор суолталара бу тыл суолтатыгар сөп түбэһэрэ табыллар.
Шкаф диэн нууччалыы тылы сахалыыга уларытан ыскаап диэн туһана сылдьабыт. Шкаф диэн таҥаһы-сабы хомуйан уурар сирбит буоллаҕына, ыскаап диэн тыл төрүтэ ыс диэн буолара төттөрү ыһар, үрэйэр өйдөбүлү биэрэр. Саха тылын төрүт тутулугун алдьатыы диэн дьэ ити буолар. Дорҕоонноро сөп түбэһэр тыллары сахатытыы тыл өйдөбүлүгэр туох да уларыйыыны таһаарбат. Ол иһин хаһан баҕарар оҥоруллуон сөп.
Рынок – ырыынак. Бу тыл дорҕоонноро сөп түбэһэллэр.
Наука – номуука. «Но» диэн аты тиэтэтэн биэриигэ туттуллар дорҕоону үөрэхпитигэр-билиибитигэр сыһыара сатаатахпытына үөрэхпит «но» буолан тахсыан сөп курдук.
Саха дьоно ханнык баҕарар үөрэҕи ылымтыалар, ханнык баҕарар омук тылын туспа акцена суох саҥара үөрэнэллэр. Биһиги сайдыылаах күөмэйбит наука диэн тылы сатаан, таба саҥарар буолбута үйэ буоллаҕа дии. Онон наука диэн тыл бэйэтинэн да сырыттаҕына сахабыт онтон аҕыйыа суоҕа.
Онон саха тылыгар дорҕоон дьайыыта ордук улаханынан билигин баар, туттулла сылдьар тылларбытын уларыта сатаабакка бэйэлэрин ордук күүскэ харыстыахпытын сөп этэ.
САХА ТЫЛЫН БУККУЙУУ
Сэбиэскэй былаас өр сылларга таҥара, өй-санаа үөрэхтэрин букатыннаахтык суох оҥороору өйү-санааны быһаарар тыллары өрө-таҥнары буккуйбута. Саха тылыгар өйү-санааны быһаарар ай диэн тылтан үөскээн тахсар айыы диэн тылы аҥардастыы үчүгэй оҥоро, онтон иккис, куһаҕаны айары бэлиэтиир суолтатын уларытаары, туспа тылынан ааттаары «аньыы» диэн ханна да суох тылы булан киллэрэ сатаабыттарын билигин кэлэн салҕаан иһээччилэр эмиэ бааллар.
Тыл өйгө-санааҕа дьайыыта суруйааччы хайдах туһанарыттан аҕыйах сыл иһигэр өрө таҥнары буккуллан букатын да тиэрэ эргийэн хааларын Скрябин В.В. - Идэлги «Боссоойкону эһии» диэн документальнай хабааннаах сэһэнэ аҕыйах сылынан быысаһан утуу-субуу иккитэ бэчээттэниититтэн булуохха сөп.
1997 сыллаахха «Бичик» кинигэ издательствота бэчээттээн таһаарбыт «Боссоойкону эһии» диэн ааттаах үлэтигэр Идэлги киһи куһаҕаны оҥорор быһыытын «айыы-хара» диэн ааттаан сөптөөхтүк туттубут. (7,63). Бу үлэҕэ «айыы-хара» диэн саҥаны айыы, дьон оҥорботун оҥоруу, куһаҕаны оҥоруу диэн ааттанар уонна хара диэн аналлаах куһаҕанын арааран биллэрэр тылы кытта холбуу туттуллар. Идэлги бу үлэтигэр «аньыы» диэн тылы букатын туттубат. Дьон оҥорор бары куһаҕан быһыыларын айыы-хара диэн сөптөөхтүк, былыргытын, Э.К.Пекарскай, П.А.Ойуунускай суруйбуттарын курдук суруйар.
2003 сыллаахха бу сэһэни «Бичик» кинигэ издательствота «Оо, олох уустуккун даҕаны» диэн кинигэҕэ киллэрэн хос бэчээттээн таһаарарыгар барытын уруккутун курдук бэчээттээбиттэрин таһынан 87 страницаҕа Дайыыл Нуутчины сэмэлээри куһаҕан быһыыны «аньыы-хара» диэн эбэн бэриллибит. Бу аньыы диэн сахаларга суох тылы булан эбэн биэрии сэһэн өйү-санааны быһаарар өрүтүн буккуйан, мөлтөтөн кэбиспит. (8,87).
Идэлги 2005 сыллаахха «Бичик» кинигэ издательствотыгар бэчээттэппит «Хааннаах хапсыһыы» диэн Саха сиригэр гражданскай сэрии саҕаланыытын биричиинэлэрин быһаарар романыгар киһи оҥорор быһыыларын икки аҥы араара сатыыр, куһаҕан быһыылары «аньыы» диэн эмиэ ааттыыр. Ол да буоллар үгүс куһаҕан быһыылары хос хара диэн быһаарыылаах суруйар. Холобур, 133 страницаҕа «…аньыыта-харата дьаһайбыт улахан тойоммутугар тиксэр ини»,- диэн суруйар. Салгыы 244 страницаҕа куһаҕан майгыны аны абааһынан ааттыыр. (9,133). Бу «аньыы» диэн тылы туттуута элбэх сыыһалардаах, өйгө-санааҕа сөп түбэспэт «айыы үөрэҕин» сабыдыалыгар суруйааччы киирэ сылдьыбытын бэлиэтэ буолар.
«Төлкөлөөх түөрэх» диэн 2007 сыллаахха бэчээттэппит романыгар Идэлги «аньыы» диэн тылы букатын туттубат. Киһи өйүн-санаатын быһаарар түгэннэргэ айыы-хара диэн тыллары туһанар. Бу остуоруйаны кырдьыктаахтык кэпсиир үгүс дьон куһаҕан быһыылара суруллар романыгар өй-санаа уларыйыытын автор табатык арыйар. Ол курдук 325 страницаҕа «Таҥара айыыны оҥорума диирин биһиги эмиэ билэбит, …айыыны оҥорор куһаҕан» диэн суруйааччы геройа бүтэһиктээх тылын этэр. (10,325).
Автор бу улахан үлэтинэн «айыы үөрэҕин» сыыһаларын билэн кинилэр туһаннара сатыыр «аньыы» диэн тылларын аны туттубат буолбутун бэлиэтиир.
Суруйааччы дьон өйүн-санаатын салайааччы буолбатаҕын итинник холобурунан дакаастыахха сөп. Өй-санаа үөрэҕэ үлэһит дьон өйдөрүнэн-санааларынан, үгүс көлүөнэ устата олохторун уопутунан үөскээн олохсуйбута сахабыт ай диэн бэйэтэ икки өрүттээх тылыгар иҥэн сылдьарын уларыта сатаамыахха.
Биһиги өйбүт-санаабыт үөрэҕин эстибит бассабыыктар, коммунистар суох оҥоро сатааннар өрө-таҥнары буккуйаннар иннэ-кэннэ биллибэт оҥорбуттара. Ол иһин билигин оннун кыайан була илик.
Араас урут түһээччилэр, бастыы сатааччылар, мин эһиэхэ итэҕэл оҥордум диэн кэпсэнээччилэр ханнык баҕарар дьыалаҕа баар буолаллар. Олох уһун, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан баран иһэр. «Кырдьык үрдүгэр сымыйа тахсыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат» диэн этии сымыйа, албын хаһан баҕарар сыыйа-баайа быһаарыллан тахсарын, туоратылларын биллэрэр.
Саха тылын билэр ааттаах, көмүскүүр, харыстыыр аналлаах дьоммут суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ «ай» диэн өйү-санааны быһаарар, баарын биллэрэр баар-суох тылбытын икки өрүттээҕин, үчүгэйи уонна куһаҕаны холбуу быһаарарын билинэн бары харыстыырга туруналлара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
САХА КЛАССИКТАРЫН ҮЛЭЛЭРИН УЛАРЫТЫЫНЫ ТОХТОТУОХХА
П.А.Ойуунускай уонна Н.Д.Неустроев урукку үйэҕэ төрөөн, иитиллэн сахалар олохторун үөрэҕин, өй-санаа төрүттэрин ол кэмҥэ хайдах баарынан дириҥник билэр, саха суругун-бичигин сайыннарбыт баар-суох дьоммут буолаллар. Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин эһэн, суох оҥорон үөһээ-аллараа туппутун кэнниттэн кинилэр үлэлэриттэн тирэх ыламмыт биһиги уонна кэлэр көлүөнэлэр өй-санаа төрүттэрин баһылыыр кыахтаахпыт.
Билигин биһиэхэ өйбүт-санаабыт, итэҕэлбит төрүттэрин анаан-минээн, сыал-сорук оҥостон буккуйар, халыйыыга, аҥар өттүгэр барыытыгар ыҥырар дьон баар буолууларыттан урукку, саха тылын төрүттээбит үөрэхтээхтэрбит үлэлэрин дириҥник ырытан бар дьоммутугар тириэрдэрбит наада буолла.
П.А.Ойуунускай 1938 сыллаахха репрессияҕэ түбэһэн бары бэчээттэммит үлэлэрэ суох оҥоруллубуттарынан билигин кини бэйэтэ суруйбут үлэлэрин булар уустук. Ол да буоллар Национальнай Архивка харалла сылдьар 1935 сыллаахха бэчээккэ бэлэмнэммит үлэлэриттэн булан көрдөххө айыы диэн тылы кини куһаҕаны, хараны, буруйу кытта тэҥнээн, холбуу туттар. Ол курдук «Александр Македонскай» диэн кэпсээнигэр: «… Миигин умсарбыт, өстөөхпүн үөппүт халыҥ айыыгар, хараҥа буруйгар моонньоох баһыҥ хааннаах былаахы үрдүгэр быһыннын!» диэн сурулла сылдьар. Ол аата айыыны оҥоруу хараҥа буруйга тэҥнэнэр.
Эмиэ бу кэмҥэ бэчээккэ бэлэмнэммит «Соломуон Муударай» диэн кэпсээнигэр: «… Аҕа таҥараҥ бэт хараҥа айыыны оҥордо диэн бэккэ хоргутан олорор, сууттаары дууһаҕын ыллара ыытта…» …«Сассын киэһэ кэлээр, айыыбын-харабын санаан, айыыбын этэн буруйбун чэпчэтиниэм этэ…» (11,8-15). Айыыны этии диэн киһи оҥорбут куһаҕан, хара быһыыларын билиниитэ, этиитэ буолар. Ол аата П.А.Ойуунускай суруйуутунан айыы диэн тыл бэйэтэ нууччалыы грех диэн тылга сөп түбэһэр.
Итини тэҥэ архивка харалла сытар «Кыһыл ойуун» диэн драматын рукопиһыгар «… айыытынан-кырыыһынан …» диэн суруллан айыы диэн тыл кырыыска тэҥнэнэн эмиэ бэриллибит. (12,21).
Айыы диэн тыл таба өйдөбүлүн сахалар нуучча тылын баһылаан өйдөрүн-санааларын буккуйа илик кэмнэригэр суруллубут «Словарь якутского языка» диэн саха тылын сүмэтин, өйүн-санаатын түммүт улахан, үс туомнаах Э.К.Пекарскай үлэтиттэн ыллахпытына ордук табатык өйдөнөр. Оччотооҕу кэмҥэ айыы диэн тыл туттулла сылдьар өйдөбүлэ маннык эбит:
1. всякий противный принятым правилам, обрядам, обычаям, законам и религии поступок, вина, проступок, преступление, прегрешение, согрешение, грех; соблазнь, искушение. (буруй-хара); (айыыта суох)- без вины; (айыы-хара)- темные дела; 2. дурные последствия, наказание, страдание;
3. айыыбын – (о, грешно! о, грех мой). (13,57 столб.).
Бу тылдьыт суруллар кэмигэр сахалар тылларын атын омук тылыгар буккуйбакка бэйэтинэн туттар кэмнэригэр айыы диэн тыл куһаҕан өрүтэ лаппа элбэх эбит.
Сэбиэскэй кэмҥэ 1958 уонна 1959 сыллардаахха тыл үөрэхтээхтэрэ П.А.Ойуунускай бэйэтинэн суруйбут үлэлэрин саҥаттан бэчээттииллэригэр «аньыы» диэн сахаларга суох, сымыйа тылы туттууну саҕалаабыттар уонна П.А.Ойуунускай айыы-хара диэн суруйбутун уларытан аньыы-хара диэн бэчээттээбиттэр.
Оччотооҕу сэбиэскэй былаас салайар кэмигэр бу үлэлэри бэчээттиэх иннинэ аналлаах комиссия көрүүтүгэр биэрэн сөбүлэҥнэрин ыллахха эрэ кинигэ бэчээттэнэн тахсар кыахтааҕа, бу «аньыы» диэн тыл баар буолуутугар сабыдыаллаабыта чахчы.
П.А.Ойуунускай үлэлэрин буккуйууну хас биирдии таһаарааччы бэйэтин көҥүлүнэн, хайдах саныырынан уларыппыт курдуктар. Ол курдук 1956 сыллаахха бэчээттэммит үлэлэрин И.И.Эртюков уонна Д.К.Сивцев бэчээккэ бэлэмнээбиттэрин кэнниттэн маннык уларыйыылар киирбиттэр.
Александр Македуонускай диэн кэпсээҥҥэ маннык суруллар:
… Истэллээр-истибэттээр?!! Миигин умсарбыт, өстөөхпүн үөрпүт халыҥ аньыыгар, хараҥа буруйгар моонньоох баһыҥ хааннаах былаахы үрдүгэр быһыннын,- диэн күн судаардара, улуу баһылыктара абаран хаһыытыы түспүт. (14,13).
Улуу Кудаҥса диэн кэпсээҥҥэ айыы диэн тыл оннугар «аньыы» диэни маннык киллэрэн биэрбиттэр:
«Аньыыны оҥорон аадка түһүөм диэн, үчүгэйи оҥорон ырайга көтүөм диэн битигэр биттэммэт, түүлүгэр түһээбэт эбит. Буруй-сэмэ улааттаҕына, аньыы-хара элбээтэҕинэ бэйэбиттэн, ону ааһан бэдэрбиттэн иэстиэхтэрэ, …» диэн балыктааҕар кэлэҕэйдик, сымыыттааҕар бүтэйдик сылдьар буолар эбит. (14,42).
Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо олоҥхоҕо маннык этии баар:
«Айыы аймаҕын
Аһара алдьаппыт
Аньыыҥ-хараҥ туолан,
Силбиктээх илиибинэн
Сиһиҥ үөһүн харбааммын,
Ситиһэн эрэбин,
Илбистээх илиибинэн
Иттэнэ уураммын
Иэскин иэстээн эрэбин…» (15,94).
Большевик диэн драмаҕа Мэхээс оҕонньору маннык этиппиттэр:
«… Бу туох аньыыбар-харабар (кириэстэнэ-кириэстэнэ), аньыы тойон таҥарам, бу айылаах накааһы накаастаатаҥый?» (15,237). Бу тупсаран биэриилэр П.А.Ойуунускай бэйэтэ суруйбутугар сөп түбэспэттэрин архивка ууруллубут урукку үлэлэрэ туоһулууллар. Ол курдук «аньыы» диэн тылы анаан-минээн куһаҕаны бэлиэтииргэ тутта сатыыр да буоллахха иккис хос хара диэн быһаарыыта суох буолуон сөп этэ. Өйү-санааны ити курдук хос-хос этэн быһаарыы төрдүттэн сыыһа, тылы билбэттэн үөскээн тахсар быһыы буолар. Урукку кэмнэргэ сахаларга өйү-санааны быһаарыыга «аньыы» диэн тыл букатын туттуллубат, суох этэ.
Саха тылыгар киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын үчүгэй быһыылартан туспа арааран чуолкайдык өйдөнөр гына этэргэ аналлаах хара, куһаҕан диэн тылы кытта холбуу айыы диэн икки өрүттээх тыл туттуллара табыллар. Ол аата бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүлү биэрэр айыы диэн тылы хос быһааран, өйдөтөн, бу куһаҕан хара-айыы диэн этэн биэриигэ анаан хара диэн тыл холбуу туттуллар.
Саха тылын төрүт тутулуктарын дириҥник билэр Д.В.Кириллин хомуйан П.А.Ойуунускай оҕолорго анаан суруйбут кэпсээннэрин «Сэһэннэр, кэпсээннэр» диэн кинигэ оҥорон 2003 сыллаахха «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэтэн таһаарбыта.
Биһиги бу үлэттэн П.А.Ойуунускай өйгө-санааҕа сыһыаннаах этиилэрин хомуйаммыт айыы диэн тылы хайдах туһанарын быһаардыбыт. Холобур, 73 страницаҕа «Кээрэкээн» диэн сэһэҥҥэ маннык суруйар:
- «…Сууттуу кэллим, уоруйаҕы уоруйах курдук тутуом, түөкүнү түөкүн курдук дьүүллүөм, тахса тат! Айыыгын-хараҕын кэпсиэ. Аны уоруом-талыам суоҕа диэн ааттаһаҕын дуо?- диэн үөҕэ-дьаҕырыйа турбут.» (16,73). Бу этиигэ киһи куһаҕаны айбыта, оҥорбута айыы-хара диэн холбуу этиинэн быһаарыллара ордук табатык өйдөнөр.
Эмиэ бу сэһэни «Бичик» кинигэ издательствота 1993 сыллаахха «Талыллыбыт айымньылар» диэн кинигэҕэ киллэрэн бэчээттээбиттэрэ. Манна айыы уонна аньыы диэн тыллары талбыттарынан туһаммыттара.
Айыыны оҥорууттан хараҥа быһыылар, буруйу-сэмэни оҥоруулар элбээн тахсалларын П.А.Ойуунускай «Улуу Кудаҥса» диэн үлэтигэр бэлиэтиир:
- «…Айыыны оҥорон аакка түһүөм диэн, үчүгэйи оҥорон ыырайга көтүөм диэн битигэр биттэммэт, түүлүгэр түһээбэт эбит. Буруй-сэмэ улааттаҕына, айыы-хара элбээтэҕинэ бэйэбиттэн, ону ааһан бэдэрбиттэн иэстиэхтэрэ…» (17,11).
Бу үлэни 1993 сыллаахха бэчээттээн таһаарыыга 25 страницатыгар саҥа «аньыы» диэн тылы киллэрэн биэрдилэр:
…Ол иһин хайтах даа үтүөнү оҥорорго сэт-сэмэ, аньыы-хара баар буолуон сатаммат этэ…
2003 сыллаахха таһаарыыга П.А.Ойуунускай суруйуута маннык көрүҥнээх буолла:
…Ол иһин хайтах даа үтүөнү оҥорорго сэт-сэмэ, айыы-хара баар буолуон сатаммат этэ. (16,26).
П.А.Ойуунускай үлэлэрин, ордук пьесаларын бэчээттээһиҥҥэ өй-санаа тутулуктарын уларытан, ханна да суох тылы, «аньыы» диэни бэчээттээччилэр олус элбэхтик туттубуттар. Улуу сахабыт литературатын төрүттэспит киһибит өй-санаа төрүттэрин, ол аата ай диэн тылбытын хайдах баарынан, туттулларынан суруйан хаалларбытын уларытыы сааттаах быһыы, саха дьонун барыларын албыннааһыҥҥа тэҥнэһэр.
Кини «Соломуон Муударай» диэн кэпсээнигэр 1993 сыллаахха маннык уларытыыны киллэрбиттэр:
…Айбыт аньыылаах уолгун көр-иһит! (17,134).
Д.В.Кириллин редакциялаан 2003 сыллаахха таһаарбыт үлэтигэр маннык суруллар:
…Айбыт айыылаах уолгун көр-иһит! (16,90).
П.А.Ойуунускай дьон өйүн-санаатын ырытан бу үлэлэрин суруйарын саҕана «аньыы» диэн тыл букатын суох этэ. П.А.Ойуунускай өссө таҥара, айыы, өй-санаа өйдөбүллэрин бэйэтэ билэр киһи айыы диэн тылы куһаҕан өйдөбүлүнэн куруук туттара.
Ол иһин айыы диэн тылы хайаан да хара диэн куһаҕанын биллэрэр быһаарыылаах суруйара. Ону баара тылбыт үөрэхтээхтэрэ быһааран билбэккэлэр эрэ аньыы-хара диэн көннөрөн суруйа сатыыллар.
Бу «аньыы» диэн тылы таҥара, айыы диэни сиргэ-буорга тэпсибит сэбиэскэй кэмнээҕи суруйааччылар өй-санаа төрүт тутулуга диэни билбэттэриттэн киллэрэн кэбиспиттэрин билигин элбэх сыыһалардаах айыы үөрэҕин айааччылар салҕаан иһэллэр.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ саҥа тылы булан туһана сатыыллара сиэри таһынан баран эрэр. Тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһини аны «айыы буол» диэн алгыы сатыылларын тэҥэ, суобаһа суохтарыттан оннооҕор П.А.Ойуунускай бэйэтинэн айыы-хара диэн киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын туспа арааран бэлиэтээн суруйбутун саха тылыгар суох «аньыы» диэн тылга бары үлэлэрин көннөрөн 2005 сыллаахха саҥалыы бэчээттээн таһаардылар. (18,17). Бу саҥалыы таһаарыыга дьоммут букатын да өҥнөрүгэр киирэннэр биир да айыы-хара диэн тыллары хаалларбакка «аньыы-хара» диэҥҥэ уларыттылар.
Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата икки өрүттээҕин, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу диэннэргэ арахсарын билэн «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этэллэр. «Ай» диэн киһи өйүн-санаатын быһаарар тылбыт бэйэтэ икки өрүтүн холбуу иҥэринэ сылдьар соҕотох тыл. Ол аата ханнык баҕарар киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны айан оҥорор кыаҕа хаһан да хаалан хаалбат. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ саха дьонун барыларын албынныы сатыылларыттан кыратык да кыбыстар санаалара суоҕа, сахабыт тылын тылдьыттарын талбыттарынан уларыта сатыыллара ордук хомолтолоох.
Бар дьон син-биир П.А.Ойуунускай үлэлэрин бэйэтэ хайдах суруйбутунан билиэхтэрэ, сыаналыахтара. Былыргы олохпутун билэр баар-суох киһибит суруйбут суруйууларын була сатаан уларыта сылдьар дьону кэлэр көлүөнэлэрбит сөбүлүөхтэрэ суоҕа. Улуу киһибит үлэлэрин була сатаан көннөрбүккүтүн бэйэҕит үйэҕитигэр урукку оннугар түһэрэн көннөрөргүт ордук буолуо этэ. Саха норуотун биир биллэр классик суруйааччыта Н.Д.Неустроев үлэлэрин 1985 сыллаахха бэчээттээн таһаарыыга «Оҥоруу кытаанах» диэн драматыгар Маарыйа маннык этэрэ сурулла сылдьар:
- Оҥоруу кытаанах буола-буола. Ол миигин таҥара туох буруйбар-айыыбар эрэйгэ анаабытай? (19,49). Бу этиигэ айыыны оҥоруу буруйу, куһаҕаны оҥоруу буолара быһаарыллан сурулла сылдьар.
Н.Д.Неустроев үлэлэрин 2005 сыллаахха саҥалыы бэчээттээн таһаарыыларыгар тылбыт үөрэхтээхтэрэ бу этиини маннык уларыттылар: - Оҥоруу кытаанах буола-буола. Ол миигин таҥара туох буруйбар-аньыыбар эрэйгэ анаабытай? (20,34).
Баар-суох классикпыт, үөрэнэр, үтүктэр киһибит үлэтин таба сыаналыылларын оннугар ханна да суох тылы булан уларытыылары киллэрэллэригэр бу дьоҥҥо ким көҥүл биэрбитэй?. Бу уларытыыны тэҥнээн көрөн сыаналаатахха айыы диэн тылы «аньыы» диэн тылга уларытыы букатын да наадата суоҕа, өйү-санааны буккуйара биллэн тахсар.
Айыыны, киһи билбэтин оҥоруу диэн былыр-былыргыттан куһаҕан содуллаах буоларын сахалар былыргыттан билэллэр этэ. Ону баара сэбиэскэй былаас саҕана өй-санаа үөрэҕин суох оҥороорулар соруйан буккууру киллэрбиттэрэ билигин биһиэхэ дьайа сылдьара хомолтолоох. Сэбиэскэй кэмнэргэ учуонай эҥин буолбут тыл үөрэхтээхтэрэ сахабыт тыла өйү-санааны быһаарар төрүттэрин буккуйалларын, классиктарбыт үлэлэрин уларыталларын тохтотуохха, урукку оннуларыгар көннөттөрүөххэ.
БУРУТ-БУРЯТ
Олох иннин диэки баран, сайдан истэҕинэ икки омук дьоно эйэлээхтик бииргэ олорууларыттан саҥа, буккаас хааннаах омук үөскээн, ахсааннара эбиллэн, тэнийэн тахсар кыахтанар.
Остуоруйаҕа биллэр кэмҥэ саҥа үөскээбит омугунан бурят омук буолар. Нууччалар кэлиилэригэр омуктарын аатын булуна илик буоланнар брат эҥин диэн ааттыы сылдьыбыттара. Бу омук үөскээһинигэр биһиги сахалар сыһыаммыт ураты чугаһынан бэйэбит көрүүлэрбитин билиһиннэриэхпит этэ. Бурят диэн омук аата ханнык тылтан үөскээбитэ билигин улахан мөккүөргэ сылдьар. Бары быһаара сатааччылар тус-туспа өйдөбүллээх тыллартан бэйэлэрин туһаларыгар эргитэн таһаара сатыыллар.
Г.В.Ксенофонтов «Урааҥхай сахалар» диэн улахан үлэтигэр бурят диэн тыл үөскээбит төрүттэрин дириҥник ырытыыны саҕалаабыта. Бурят тылын билээччи Бадзар Барадин «Бурят-монголы» диэн ыстатыйатыгар «бурят» диэн тылы ырытан баран маннык быһаарар. Кини «бурят» диэн тылы «баргут» - хараҥа, дьиикэй диэн өйдөбүллээх тылтан уларыйан тахсыбыт диир. Ол уларыйыы маннык быһыылаах-тык барбыт. Баргут - бурут - бурят. Манна Д.Банзаров 1849 сыллаахха «Об ойратах и уйгурах» диэн ыстатыйатыгар: «Бургуты - буряты или буруты» диэн эппитин эмиэ киллэриэххэ сөп. (21,117). Бу автордар этиилэринэн баргуттарынан эбэтэр буряттарынан Байкал аттыгар олорор иркутскай буряттара эрэ ааттаналлар эбит. (21,118).
Биһиги Б.Барадин бурут диэн тыл бурят диэҥҥэ уларыйыытын быһаарбытын сөптөөҕүнэн ааҕабыт уонна сахалыы бурут диэн тыл саҥа омук үөскээһинигэр, саҥарар тылыгар ылар оруола ордук үрдүк эбитин билинэбит.
Саха тылыгар «бурут» диэн тыл соччо үчүгэй, киһилии өйдөбүлэ суох, үксүгэр аанньа ахтыбат буолууга, холоон көрүүгэ ананар тыл. (23,163). Ити тыл куһаҕан өйдөбүлэ сахалар буряттары кытта кыа¬йан тапсан бииргэ олорботохторун көрдөрөр. Хотугу сирдэр олохтоохторун чинчи¬йээччи В.И.Иохельсон сахалар Байкал күөл аттыттан кэлбиттэрин уонна кинилэри буряттар хоту диэки үтүрүйбүттэрин эмиэ бигэргэтэр. (22,69).
Тыл туһунан үлэни барытын тылдьыттан саҕалаан, онтон тирэх ылан сайыннардахха олохтоох, тирэхтээх буолар. Саха тыла олус былыргы тыл буолан дорҕооннорунан тутулуктарын билигин да илдьэ сылдьарын туһаныахпытын сөп.
Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьытыгар «бурут» диэн тыл хас да биллэр суолталаах. Олортон биирдэһигэр быһаарар оруоллаах эмиэ бэриллэр. Бурут хорҕолдьун - үрүҥ хорҕолдьун диэн быһаарыллар. (2,38). Yрүҥ хорҕолдьун диэн буккаастаах хорҕолдьун, ол иһин бурут диэн ааттанар.
Сахалар буряттары былыр-былыргыттан буруттар диэн ааттыыллар. Сахалыы «Бурут», «Буруттаата» диэн тыллар быһаарыылара таба саҥарбат, буккуйан саҥарар диэн биллэр өйдөбүллээх. «Буруттаама» диэн этии буккуйан саҥарыма диэн өйдөнөр.
Ыыс-бурут диэн этии араас куһаҕан, биллибэт тылларынан үөҕүүнү, хос ааттааһыны биллэрэр.
Буруттаата диэн тылы суруйааччы Михаил Догордуров «Кэпсээннэр уонна сэһэннэр» диэн үлэтигэр буккуйан саҥарар диэн өйдөбүллээн туһанара бу тыл суолтатын табатык быһаарар. (23,15).
Саҥа омук икки кырдьаҕас омуктар икки ардыларыгар үөскээн сайдан тахсарыттан хара маҥнайгыттан икки омук тылын буккуйа туттарга, холбуу саҥарарга үөрэнэллэр. Икки омук тылын, өйүн-санаатын тэҥҥэ баһылааһын саҥа үөскээн эрэр омук өйүн-санаатын күүскэ сайыннаран сыыйа-баайа атыттары, төрүт омуктарын баһылыыр, салайар оруолун үрдэтэр.
Саҥа үөскүүр омук дьоно икки омук тылын холбуу туттан саҥарыыларыттан уонна бэйэлэрэ хайа да омук тылыгар суох саҥа тыллары үөскэтэн туһаналларыттан буккуйа саҥара, ол аата буруттуу саҥара үөрэнэн хаалаллар.
Сахалар өйдөбүллэринэн саҥа омук аан маҥнай икки омук тылын буккуйан саҥарар, ол иһин буруттуу саҥарар «бурут» омук буолар. Кэлин омук сайдан бэйэтин туспа арааран билинэр кэмигэр саҥарар тыллара эмиэ икки омук тылыттан холбонон оннун булан, омуктарын аатын бэйэлэрэ саҥалыы булуналлар. Манна холбоспут омуктартан хайа өрүттэрэ баһыйан барыыта сайдыыны ситиһииттэн, үлэни-хамнаһы, сири-уоту баһылааһыннарыттан быһаччы тутулуктанар.
Нууччалар арҕааттан хоту диэкинэн кэлэн иһэн буряттар ааттарын сахалартан истэн билэннэр бурут – быраат диэн маҥнай ааттыыллар. Кэлин бу аат уларыйан бурят диэнинэн омук аата буолан иҥэн олохсуйан хаалбыт.
Саха тыла былыргы кэмнэргэ олус киэҥник тарҕана сылдьыбыт. Саҥа омуктар Аан дойду бары муннуктарыгар үөскүүллэриттэн Бурут диэн ааты сир-дойду аайы билэллэр. Брут диэн ааттаах остуоруйаҕа биллэр киһи Рим императорын Цезары өлөрөн турар. Брут диэн сурукка киирбит аат Бурут диэн буолара олус сөптөөх. Саҥа үөскээн эрэр буккуйан саҥарар омук киһитэ урукку өйдөөх-санаалаах киһини өлөрүүтэ олох иннин диэки сайдыытын түргэтэтиэн сөбө биллэр уонна икки хас омук тылынан буккуйан саҥарар саҥа омук үөскээн олох сайдан, иннин диэки баран иһэрин быһааран биллэрэр.
Саҥа омук үөскээһинэ, үүнэн, сайдан тахсыыта олох иннин диэки хамсааһынын оҥорон, сыҕарыйан иһэрин быһаарар. Хас саҥа үйэ үүнэн кэлэн истэҕин аайытын саҥа омуктар үөскээн тахсан ахсааннара эбиллэн иһэллэр. Саҥа омук үөскээһинэ омуктар олохторугар улахан уларыйыылары, хамсааһыннары үөскэтэрин уонна ол уларыйыыларга киһи-аймах өйдөөх-санаалаах буолан эрдэттэн бэлэмнэниэхтээҕин, ылыныахтааҕын биллэрэр.
Олус уһун үйэлээх саха омуга бэйэтин олоҥхолоругар уустаан-ураннаан хоһуйар, үс саха үөскээһинэ диэн ааттыыр кэмнэрэ саҥа, үһүс омук үөскээһинин уонна кырдьаҕас омуктары кытта сир былдьаһан, үтүрүссэн, тапсыбакка этиһии, охсуһуу кэмнэрэ кэлэллэрин ойуулаан көрдөрөр.
Маннык кэм сахалар Байҕал күөл аттыгар хоролордуун бииргэ олорон буккуйан саҥарар буруттары, буряттары үөскэппиттэрин, онтон бу омуктар ахсааннара элбээн, аны бэйэлэрин баһыйан, үтүрүйэн хоту диэки, Өлүөнэ өрүс баһыгар сыҕарыппыттарын саҕана буола сылдьыбыт. Бу быһаарыы сахалар уонна хоролор сорохторо Байкал күөл таһыттан хоту диэки сыҕарыйан кэлбиттэрин биир дакаастабыла буолар.
ХОРО
Тыл аан маҥнай туттуллан дьон билиитигэр киириитигэр аан маҥнайгы туттубут дьон бэлиэлэрэ, ааттара холбуу киирэн хаалыахтарын сөп. Былыргы кэмҥэ Сибииргэ киэҥник тарҕанан олоро сылдьыбыт олус былыргы төрүттээх хоро омуктар билигин суох буола симэлийэн, «тыал буолбуттарга» кубулуйан хаалбыттара. Ол да буоллар бу симэлийбит омуктар хайа омукка киирэн холбоспуттарын билигин туттулла сылдьар тыллара чуолкайдык бигэргэтэллэр.
Хор диэн биир сүһүөхтээх тыл олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Ол курдук саха тылыгар хор диэн тыл төрүтүттэн элбэх билигин туттулла сылдьар тыллар бааллар:
Хор – олус былыргы тыллар төрүттэрэ. Бу тыл хайгыыр, тэптэрэн биэрэр, киһиргэтэр суолталаах. Хор бу диэн этилиннэҕинэ үгүстүк үчүгэйи бэлиэтииргэ анаан туттуллар.
Хор – ууну хорон атын сиргэ ыытыы. Уу – олох төрүтэ. Былыр-былыргыттан уу дьоҥҥо олус наада. Хоруу ууну ыытыыга туттуллар. Хорор – ууну ыытар киһи. Сахалар Байкал таһыгар хоролору кытта бииргэ олоро сылдьаннар элбэх ууну ыытар хоруулары хаһан оҥороллоро быһаарыллыбыта.
Хоро – хоруу хаһааччы буолара ордук табатык өйдөнөр.
Хоруу, хорууда – уу сүүрдэр ханааба аата. Хоролор оҥорбут ууну ыытар турбаларын бэйэлэрин ааттарынан ааттаабыттара иҥэн хаалбыта билигин да туттулла сылдьар.
«Хоруу» - сылгыны ыҥырар тыл. Бу тыл ураты суолтатын билигин ситэ быһаара иликпит. Ол курдук ким аан бастаан ааты биэрэн иҥэрбитэ олохсуйан, иҥэн хаалбыта билигин да сылдьар буолуон сөп. Хоролор үчүгэй сылгылаахтарын уонна ол сылгыларын бэлэххэ, кэһиигэ туһаналларын кытайдар суруйан хаалларбыттарын чинчийээччилэр булбуттара.
Хороҕор муостаах сүөһү, ынах сүөһү хоро дьонун аатыттан тахсыбыта сабаҕаланар. Сүүрүк оҕустаах хоро оҕонньоро олус былыргы кэпсээннэргэ киирбитэ ынах сүөһүнү маҥнайгы көрөөччүлэр кырдьык хоролор буолалларын быһаарар.
Хоро – оһох турбатын үөһээ өттө. Олус былыргы кэмнэргэ көмүлүөк турбата суоҕа биллэр. Хойукка диэри ураһа ортотугар уот оттунуу баар этэ. Оһоххо турбаны аан маҥнай оҥорбут дьон хоролор буолуохтарын сөбө турба аатыгар иҥмит.
Хорой - өрө тур, үрдээ.
Хорсун – харса суох, сэрииһит. Хоролор сэрииһиттэрэ.
Хормуста – былыргы, умнуллубут таҥара аата.
Кэлин кэмҥэ саха дьоно аҥардастыы таба, ынах, сылгы көрүүтүгэр төннүүлэрэ кэннинэн кэхтии, төннүү, эстибит омуктар, хоролор өйдөрүгэр-санааларыгар төннөн киирии буоларын билиэххэ, онтон сэрэниэххэ, эрдэлээн харыстаныахха. Олоххо бу суолу аҥардастыы тутуһуу хоролор курдук эстиигэ, атын омукка баһыттаран симэлийиигэ тириэрдэр кыахтааҕыттан эрдэттэн, ол аата, бу кэмтэн ыла сэрэнэн, үлэни-хамнаһы атын, урукку, тимир ууһа өбүгэлэрбит курдук, улахан туһалаах үлэлэринэн сайыннарыахха, эбиэххэ, тутуу, промышленность, эргиэн үлэлэрин баһылыырга турунуохха.
Сүүрүк оҕустаах Хоро оҕонньоро Саха сиригэр илин диэкиттэн кэлбитин уонна сахалардыын холбоһон биир төрүттэрэ буолбутун билигин билинэн эрэбит. Былыргы кэмнэргэ Саха сиригэр олорбут, элбэх сиргэ-дойдуга аат биэрбит хоролор сахаларга баһыттаран, холбоһон, симэлийэн хаалбыттарын остуоруйа үөрэхтээхтэрэ дакаастыы сылдьаллар.
Саха сирин барытын үрдүнэн хоро диэн ааттаах сирдэр олус элбэхтэр. Былыргы кэмнэргэ бу сирдэргэ хоролор олохсуйан олоро сылдьыбыттара ханан да саарбахтаммат. Хоро тимир уустара араас ыарыылары эмтээһиҥҥэ хоро хататын ситиһиилээхтик туһаналларын туһунан кэпсээннэр эмиэ элбэхтэр.
Хоролор кэлин тимири уһаарыынан уонна уһаныынан дьарыктанар сахаларга лаппа баһыттараннар тылларын сахалыыга уларытаннар сахалары кытта булкуһан, симэлийэн хаалбыттар. Хоролор саҥарар тыллара саха тылыгар маарыннаабатын «Хоролуу саҥарбаппын, сахалыы саҥарабын» диэн этии баара биллэрэр.
Хоро омуктар мөлтөөн-ахсаан барбыт кэмнэригэр атын, кэккэлэһэ, ыаллыы олорбут омуктар туоратыылара, бэйэлэригэр тэҥнээбэт буолуулара сахалар тылларыгар эмиэ киирэн иҥэн сылдьаллар:
Хорум эрэ диэн сахаларга аанньа ахтыллыбаты өрө барыма, быгыалаама, кэһэтиэм диэн суолталаах. Сахалар хоролору баһыйбыттарын, сабырыйбыттарын, туһалаах үлэттэн-хамнастан үтүрүйбүттэрин биллэрэр.
Хоруо диэн куруунньугу этэллэр. Хоруотаа, хараарыы – мөлтөөбүтү биллэрии, ааты-суолу түһэрии аата. Хоролор тустарынан куһаҕан өйдөбүллээх кэпсээннэри тарҕатыы, бу омуктар симэлийэн барыыларыгар олук буолбутугар, ким да хоробун диэн ааттаммат кэмигэр тириэрдибитигэр сөп. Уон сэттис үйэҕэ нууччалар кэлэн сурукка киллэриилэригэр биир да хоролуу билэр, хоро омукпун дэнэр киһи чахчы суох эбит.
Хор диэн төрүттээх тыллар нууччаларга ордук элбэхтэр.
Хорошо – үчүгэй, хайҕабыл тыла. Хороттон төрүттээх үчүгэй диэн тыл. Бу тыл нууччалар хоролортон эмиэ төрүттээхтэрин, ордук чугас, үчүгэй сыһыаннаахтарын быһаарар. «Ураа» хаһыытаабыт урааҥхайдар хоролортон төрүттээхтэрэ биллэр.
Онон былыргы үйэлэргэ киэҥ Сибииргэ биллибит, ааттара-суоллара ыраахха тэнийбит хоро омуктардыын сахалар уһун үйэлэр тухары хотунан, соҕуруунан бииргэ үлэлээн-хамсаан, бииргэ олорбуттар. Соҕуруу дойдуларга олохсуйа сылдьаннар сайдыылаах тимири уһаарар уонна уһанар дьарыгы толору баһылаабыт хаҥаластар Саха сиригэр төннөн кэлэннэр хоролор тимир уустарын лаппа баһыйан туоратаннар хоро омуктар эстэн, симэлийэн барбыттар.
Омук сайдыытыгар, уһун үйэлэниитигэр үлэ ханнык көрүҥүн баһылаан туһанара ордук улахан туһалааҕын сахалар олус уһун үйэлээхтэрэ бигэргэтэр. Ол курдук тимири уһаарары уонна уһанары 2,5 тыһыынча сыллардаахтан ыла баһылаан туһанарга үөрэммит сахалар Саха сиригэр нууччалар кэлиэхтэригэр диэри аҥардастыы баһылыыр омуктар этилэр. Билигин балаһыанньа улаханнык уларыйан, экономикаҕа баһылыыр үлэ салааларыгар сахалары чугаһаппат буолуу үөскээн сылдьар. Бу балаһыанньаны уларытыыны сахалар ситистэхпитинэ сайдыыны ситиһиибит салҕанар кыахтанар.
ОМУКТАР ААТТАРА
Тус-туспа омуктар уһуннук бииргэ олорон дириҥник билсистэхтэринэ саҥарар тылларынан сөп түбэһэр өйдөбүллээн бэйэ-бэйэлэригэр ааттарын иҥэрэллэр. Былыргы кэмнэргэ үчүгэй ааттара кэлин кэмҥэ уларыйан үөхсүү тылыгар кубулуйан барыан эмиэ сөп. Ол барыта бу омуктар бииргэ олорбут кэмнэригэр бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сыһыаннаспыттарыттан, эйэлээхтэриттэн эбэтэр этиспиттэриттэн, охсуспуттарыттан, сэриилэспиттэриттэн тутулуктанан ааттарын өйдөбүллэрэ үөскүүрүттэн тутулуктаах.
Сахалар олус уһун үйэлээхпитин, төһө эмэ ыраах соҕуруу сирдэргэ тиийэ баһылаан олохсуйа сылдьыбыппытын билигин дакаастыы сатыыбыт. Бу дакаастыырбытыгар уһун үйэлэр тухары уларыппакка, харыстаан илдьэ кэлбит сахабыт тылын көмөтө олус улаханын өссө да ситэ сыаналыы иликпит.
Урукку кэмнэргэ саҥа омук икки кырдьаҕас омуктар икки ардыларыгар үөскээн ахсааннара эбиллэн, тэнийэн тахсыытыгар икки кырдьаҕас омуктары икки аҥы үтүрүйэн, олохтоох сирдэриттэн сыҕарытан барарын, ол түмүгэр сир былдьаһыыта, үтүрүйсүү, сэриилэһии, кыаттарбыт үүрүллүүтүн кэмэ үөскээн тахсарын биһиги үөрэтэ, дакаастыы сылдьабыт.
Бииргэ олорон баран тапсыбакка өр кэмҥэ сэриилэһэн, үүрүллэн-түрүллэн арахсыбыт омуктар бэйэлэрин ааттарын үөхсүү тыллара оҥостон илдьэ сылдьалларын олус уһун үйэлээх сахабыт тылларыттан элбэҕи булабыт. Ол тыллары биир-биир ааҕыталаан көрдөхпүтүнэ манныктар бааллар:
Куһаҕан диэн сөбүлээбэти, сирэри, сөпсөспөтү биллэрэр тыл. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар Кушанскай царствоны кытта тапсыбакка арахсыбыттарын, элбэхтик иирсибиттэрин, үөхсүбүттэрин бэлиэтинэн бу тыл куһаҕан дьону, куһаҕан, сөбүлээбэт быһыыны, туох баар куһаҕаны бэлиэтиир тылга кубулуйан туттуллар буолбут. Сахалыы куһаҕан диэн тылтан үөскээбит ааттаах Орто Азия былыргы Кушанскай царствота өр кэмҥэ илиҥҥи хууннар баһылааһыннарыгар олорбут. (24,41).
Адьарай бииһэ диэн сахалар абааһы көрөр, олоҥхолоругар элбэхтик ахтар биистэрэ. Бу сахалар олус тапсыбатах, уһуннук сэриилэһэн эрэйгэ тэбиллэннэр аллараа дойду абааһыларыгар, адьарайдарга кубулуппут биистэрин ааттара буолар. (25,205).
Хара Хааннар диэн сахалар тапсыбатах, сөбүлэспэтэх биистэрэ. Хара диэн тыл сахаларга хаһан баҕарар куһаҕаны, ыараханы, хараҥаны биллэрэр. Бу тыллар Афганистан сиригэр былыргы Караханидтар династиялара үөскээһинигэр олук буолбуттар. (26,129).
Абар - кыыһырыы. Абар, абардар – авары. Бу омуктар 6-с үйэҕэ Каспий истиэптэриттэн Дунай өрүскэ көһөн тиийбиттэр. Германия уонна Италия кыраныыссаларын олохтоохторун сэриилиир эбиттэр. Хойут Паннонияҕа олорбуттар, 796 сыллаахха Карл Великэй сэриилээн кыайбытын кэнниттэн биллибэт буолбуттар. Славяннары уонна венгрдэри кытта булкуспуттар. (27,9). Кыыһырыы, абарыы үчүгэй майгы буолбатах. Маннык куһаҕан аатынан ааттаммыт омук атыттары кытта тапсан, биир тылы булунан иллээхтик олорбокко сэрии, өлөрсүү өттүн тутуспуттарыттан суох буола симэлийбиттэр.
Сараһын диэн үөхсэр, куһаҕан тыл. Бу олус былыргыттан биллэр куһаҕан, үөхсэр тыл үөскээһинигэр сарациннар государстволарын кытта сахалар тапсыбакка арахсыбыттара олук буолбутугар сөп. Сарациннар диэн орто үйэлэргэ мусульманнары барыларын холбуу ааттыы сылдьыбыттар. (27,525).
Илээттэр – элеты. Былыргы калмыктар төрүттэрин кытта сахалар Енисей өрүс тардыыларыгар бииргэ олоро сылдьан баран улаханнык үөхсэн, тапсыбакка арахсыбыттар. (21,162).
Буруттар диэн былыр буряттары ааттыы сылдьыбыттар. Бурут диэн тылы уларытан, арыыйда тупсаран буряттар бэйэлэрин ааттаммыттар. Сахалыы икки омук тылынан буккуйа саҥарар диэн биллэр өйдөбүллээх тыл. Сахалар Байкал күөл илин эҥээринэн өр үйэлэргэ хоролордуун бииргэ олорон үөскэппит буккуур тыллаах бурут омуктара сайдан, элбээн тахсаннар сахалары хоту диэки үтүрүйбүттэрэ дакаастанан эрэр.
Дьоппуоннар диэн омуктар билигин Японияҕа олороллор. Сахалар хаһан, ханнык кэмнэргэ дьоппуоннары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттара билигин даҕаны остуоруйа үөрэҕэр дакаастанан биллэ илик. Арай дьоппуон диэҥҥэ дьөппөн диэн сахалар биир төрүт уустарын ааттара олус маарынныыр. Билигин дьоппуоннар төрүттэрэ билиҥҥи Корея тумул арыытыттан муоранан устан тиийбиттэрэ биллэр буолла. Сахалар бу омуктары былыргыттан таайдарбыт диэн ааттыыллар. Былыр бииргэ олоро сылдьыбыт буолуохпутун сөбүн биһиэхэ Дьөппөн нэһилиэктэрин тимир уустара бааллара сүрүн дакаастабылынан буолуон сөп. Ол курдук Дьөппөн да Дьоппуон да олус маарыннаһар тылларын тэҥэ биир идэлээхтэринэн, тимир уустара буоланнар, баһылыыр оруолу ыла сылдьыбыттара эмиэ биллэр. Дьоппуон диэн тыл сахаларга билигин даҕаны үчүгэй өйдөбүлэ суох, туох эмэ табыллыбатаҕына, сатамматаҕына кыһыйыыттан, абаттан ааттанар. «Дьоппуон баара» диэн этиллэр. Итини тэҥэ дьоппуоннары таайдарбыт диэн ааттааһын эмиэ олохсуйбут.
Кыргыстар диэн билигин баар омуктар. Сахаларга былыргыттан биллэр «кыргыс үйэтэ» диэн этии маннык үйэ баар буола сылдьыбытын бигэргэтэр. Кыргыстар күүһүрэн Орхон түүрдэрин үрэйэр, ыһар кэмнэригэр Өлүөнэ өрүс бастарыгар тиийэ сэриилээн кэлэ сылдьыбыттара биллэр. Кыргыстар диэн урукку киргизтэр ааттара. Туспа государство буолан арахсан баралларыгар бэйэлэрин төрүт ааттарын ылыныылара сахалар остуоруйаларын биир биллибэт өттүн быһаарыыга туһалаах буолла. Ол курдук Байкал күөл аттыгар сахалар кыргыстары кытта тапсан бииргэ олорботохторун, элбэхтэ сэриилэспиттэрин «кыргыс үйэтэ» буолан ааспыта биллэрэр.
Сырҕан диэн кыыллыйбыт эһэни ааттыыбыт. Бу адьырҕаны бэлиэтиир куһаҕан тыл кыргыстар баһылыктара Бойла Кутлук Ярҕан-хан ааттыттан Байкал күөл кытыыларынан сэриилии сырыттаҕына үөскээбитэ сабаҕаланар. (24,78).
Шишкинскэй хайа сирэйигэр ойууламмыт аттаах киһи былыргы кыргыстар аттаах буойуннарын ойуута буолуон сөп курдук. Ол курдук сүһүөхтээн кыргыллыбыт сиэллээх ат ойуута кыргыстарга эмиэ баара биллэр буолла.
Амырыын диэн ынырыгы, суостааҕы биллэрэр тыл. 16-с үйэҕэ манчжурдар сайдан тахсыыларыгар Амур өрүскэ олохтоох сахалары кытта элбэхтик сэриилэһэн хоту диэки үүрбүттэрин билигин остуоруйа үөрэҕэ син көнөн иһэринэн билэр буоллубут. Бу олус куһаҕан, ынырык диэн суолтаҕа туттуллар тыл кылгаан Амыр диэн буолан сахалар үүрүллүбүт өрүстэригэр иҥэн хаалбыта олус сөптөөх. Сахалар 17-с үйэҕэ диэри Амур биэрэктэригэр олоро сылдьыбыттарын А.И.Эверстов көрдөөн булан, дакаастаан суруйар. (28,115).
Бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэлээхтик, көмөлөһөн, көмүскэһэн уһун үйэлэргэ бииргэ олорбут омуктар ааттара үөхсэр, куһаҕан тылга хаһан да кубулуйбаттар. Бу тыллар бэйэлэрин үтүө өйдөбүллэрин билигин да илдьэ сылдьаллар.
Төлөй диэн сахалар нэһилиэктэрин аата. Л.Н.Гумилев суруйууларыгар ахтыллар үрдүк тэлиэгэлээх теле биистэрин ордубуттара буолуохтарын сөп.
Үөдэй диэн сахалар аҕа уустара. Былыр Алтайга олорбуттара саҥа дакаастанан эрэр, кытайдар суруктарыгар киирбит юэчжилэр сахалыы Үчүгэй Үөдүйээн төрүттэрэ буолуохтарын сөп. Сахалар бу омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттара кыра кыралаан дакаастанан иһэллэр. (26,52). Үөдэй диэн саха тыла буоларын ким да саарбахтаабат, өссө былыргыттан туспа нэһилиэк баара олус былыргы кэмнэртэн ыла эйэлээхтэрин туоһута буолар.
Күннэр эбэтэр сүүнэлэр диэн хууннар сахалыы ааттара. Саха тимир уустара аан маҥнай тимири уһаарары, уһанары баһылааннар, ол сэрии сэптэринэн Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыылларыгар хууннары кытта бииргэ сылдьыбыттар. (24,23). Күнү таҥара оҥостубут омуктар - күннэр. Үчүгэйи, үрүҥү уонна куһаҕаны, хараны тус-туспа арааран өй-санаа сайдыыта Христос, үчүгэй киһи – таҥара үөскээһинигэр бу кэмҥэ тириэрдибитэ.
Урааҥхайдары кытта сахалар уһун кэмҥэ бииргэ олорон холбуу ааттаах урааҥхай-саха омугу үөскэппиттэр. Бу саҥа омук киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыта олоҥхолортон биллэр. Г.В.Ксенофонтов сүрүн үлэтин урааҥхай-сахалары үөрэтиигэ анаабыта. (21,204). Ураа диэн ур диэнтэн үөскээбит саха тыла. «Ураа муостаах» диэн туруору муостаах уу оҕуһун этэбит. «Ураа» хаһыылаах урааҥхай омуктар бэйэлэрин үйэлэригэр Урянхайскай краай диэн киэҥ сири-уоту баһылыы сылдьыбыттар. (22,93).
Хоролор сахаларга холбоспуттар. Сүүрүк оҕустаах Улуу Хоро оҕонньор сахалар биир төрүттэринэн ааҕыллар. (29,35). Сахалар хоролордуун Кытайдар сирдэригэр, Монголияҕа, Байкал күөл таһыгар уонна Саха сиригэр уһун үйэлэргэ, хоролор симэлийиэхтэригэр диэри бииргэ олорбуттар. «Хороҕор муостаах» диэн ынах сүөһү хоролор ааттарынан ааттаммыта, бу ааты сахалар иҥэрбиттэр диэн өйдөбүлү биэрэр. Хоро хаан диэн тылларбытын кытайдар табан саҥарбакка тыллара булдьуйан гулигань диэн суруйбуттарын буланнар, төттөрү эргитэн аҕалан, онтон тылбаастаан билигин кэлэн курыкан диэн ааттыы, ону үтүктэ сылдьарбыт хомолтолоох.
Кэриэйдэр диэн омуктар сахалартан соҕуруу диэки олорбуттар. Бу дьүһүн хоһуйан ааттааһын. Кэриэ диэн тыл хараарбыт, күн уота сиэбит диэн өйдөбүллээх билигин да туттулла сылдьар. Былыр сахалартан бэйэлэриттэн соҕуруу, ордук итии, күн уоттаах сирин диэки олохсуйа сылдьыбыт омуктары итинник табатык ааттаабыттара иҥэн бэйэлэрин ааттарыгар кубулуйан хаалбыт.
Моҕоллор диэн сахалар монголлары ааттыыллар. Нууччаларынан эргитэн кэнники сурукка киирбитинэн ылынан туһанарбытынан тылбыт «ҕ» дорҕооно уларыйан монгол диэн буолбут. Моҕол диэн хайгыыр, киһиргэтэр тыл. Моҕол диэн улахан ураһаны ааттыыбыт. Бу ураһаны моҕоллору кытта бииргэ олоро сылдьар кэммитигэр оҥорон туһанар буола үөрэммиппитин бу тыллар дакаастыыллар. Орто Азияҕа монголлары урут моголлор диэн ааттыыллара сурукка киирбитинэн эмиэ биллэр. (26,222).
Тоҥустар диэн тоҥ уустар. Сахалыы саҥарбаттар, ол иһин итинник ааттаммыттар. Кэлин нууччалар сурукка киллэриилэригэр «ҥ» дорҕоону кыайан саҥарбаккалар, «нг» диэҥҥэ уларытан тонгус, тунгус диэн тупсаран биэрбиттэр.
Кытайдар диэн ааттаах омуктары нууччалар сахалартан истэн сурукка киллэрбиттэр. Олоҥхолорго кэпсэнэр Кытай-Бахсы диэн ааттаах былыргы уус төрүппүт холбуу аата бахсы уустара кытайдары кытта бииргэ кыттыһан тимири аан бастаан уһаарбыттарын, уһаммыттарын, тимиртэн сэрии сэбин-сэбиргэлин оҥорон тарҕаппыттарын биллэрэр. Кытайдары кытта бииргэ олоруу элбэх туһалаах буолбутун тимир ууһа төрүппүт Кытай-Бахсы диэн ааттааҕа бигэргэтэр. (30,20).
Уйгуурдар – уйгуур дьон. Баай талым олохтоох уйгуурдары кытта сахалар былыргы Монголия сиригэр бииргэ олоро сылдьыбыттар уонна бэйэлэрин тылларынан аат биэрэн иҥэрбиттэр. (22,93).
Хос ааттаһыы диэн сахаларга былыр-былыргыттан баар. Омуктар уһуннук бииргэ олорон бэйэ-бэйэлэрин билсистэхтэринэ өйдөрүгэр-санааларыгар, туох эрэ уратыларыгар сөп түбэһэр хос ааттары иҥэрсэллэр уонна ол ааттара үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу сыһыаннаахтарыттан өйдөбүллэрэ үөскээн олохсуйар, иҥэн хаалар. Сир-дойду былдьаһыытыттан дуу, атын туохтан эмэ дуу сылтанан тапсыбатахтарына, сөпсөспөтөхтөрүнэ, үтүрүстэхтэринэ, биир тылы булумматахтарына ол ааттара куһаҕан, үөхсэр тылларга кубулуйаллар.
Олус былыргы кэмнэргэ сахалар ааттаабыт хос ааттара үгүс улахан, олус күүһүрэ, киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыт государстволарга, онно олохсуйбут омуктарга уһун үйэлэргэ иҥэн, олохсуйан, остуоруйаҕа киирэн хаалыыта саха тыла оччотооҕу кэмҥэ олус тарҕаммытын, элбэх государстволар тыллара буолан туһана сылдьыбыттарын дакаастыыр.
Саҥа үөскээбит омуктар сахалыы тылынан бэйэлэрин аан бастаан ааттаммыттара бу омуктар дьиҥнээх бэйэлэрин ааттарыгар иҥэн хаалан сылдьарыттан биһиги сахалар олус улаханнык киэн туттуохпутун сөп. Олус уһун үйэлээх, элбэх омуктары кытта бииргэ олорбут буоламмыт олохпут үөрэҕэ олус дириҥ уонна киэҥ, тылбыт саппааһа аһара элбэх. Ити барыта сахабыт тылын ордук кичэйэн харыстыырбытыгар уонна эбэ, уларыта сатыырбыт куһаҕанын, сатамматын өйдөтөр.
Саҥа үөскээбит омуктар ким диэн бэйэлэрин ааттаналлара хайа омук тылынан буолара бу омук саҥа омугу үөскэппитин быһаарар. Ол курдук нууччалыы тылынан бэйэлэрин ааттаммыт омуктар украинецтар уонна белорустар нууччалар атын омуктары кытта кыттыһан үөскэппит омуктара буолаллар. Икки эрэ омугу үөскэтэн бэйэлэрин тылларынан аат биэрбит нууччалар бэйэлэрэ эмиэ эдэр омукка киирсэллэр.
ТЫЛБЫТЫН ЫҺЫМЫАХХА
Билигин үөрэх сайдан, билии кэҥээн остуоруйа үөрэҕэр ханнык омук хас сыллаахтан ыла аата-суола биллэн сурукка-бичиккэ киирбитэ чуолкайдык быһаарыллар кыахтаммытын кэнниттэн сахалар олус былыргы төрүттээх, Аан дойдуга аатырбыт киэҥник биллэр сака омуктан төрүттээхпитин араас чинчийээччилэр сыыйа-баайа дакаастаан иһэллэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ саха тыла олус былыргы, дьон саҥа саҥарар буолан эрдэхтэриттэн ыла үөскээбитэ диэн дакаастыы сылдьалларыгар биһиги эмиэ кыттыһабыт. Ол дакаастабыллара саха тыла олус элбэх биирдии сүһүөхтээх тыллардааҕар тирэҕирэр. Ол аата дьон аан маҥнай саҥарар буолбут тыллара аҕыйах дорҕооннордоох буолар эбиттэр. Онтон кэлин саҥа тыллар үөскээһиннэрэ, бу тылларга эбии дорҕооннор эбиллэн биэриилэринэн салҕанан баран иһэр.
Былыргы, кырдьаҕас омук саҥа үөскүүр омукка аат биэрбитэ букатыннаахтык иҥэн олохсуйан, сурукка-бичиккэ киирэн хаалыан сөп. Ол курдук олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит дии саныыр түүр диэн ааттыыр омуктарбыт дьиҥнээх ааттара төрүт диэн сахалыы тыл буолуохтааҕын А.И.Эверстов дакаастаабыта оруннаах курдук. (31,173).
Түүр омуктар кэннилэриттэн уйгуур диэн сахалыы ааттаах орто үйэлэргэ улаханнык сайда, киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыт омугу эмиэ киллэриэххэ сөп. Уйгуур диэн тыл сахалыы быһаарыыта бу омук аатыгар, быһыытыгар ордук сөп түбэһэр.
Хас биирдии омуктар бэйэ-бэйэлэрин хайдах ааттыыллара, ыҥырсаллара тус-туспа, бэйэлэрин тылларыгар, ол өйдөбүлүгэр олоҕурар. Омук аатын суолтатыттан, өйдөбүлүттэн хайа омук бу омукка аат биэрэн иҥэрбитин уонна ол омуктар бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын чуолкайдык быһаарыахха сөп.
Нууччалар монгол диэн ааттыыр омуктара нуучча тылыгар ханнык да суолтата суох. Монгол да монгол. Онтон сахалар бу омуктары моҕол, моҕоллор диэн ааттыыллар.
Моҕол сахалыы тылга элбэхтик туттуллар, үксүгэр хайҕабыл өттүгэр хайысхалаах тыл. Моҕол буолла да үчүгэй. Кыайааччы-хотооччу, киһи бэрдэ моҕол буолар.
Итини тэҥэ моҕол ураһа диэн баар. Олус улахан, үтүө ураһа. Эр бэрдэ – моҕол ураһата. Бу этиилэр сахалар моҕоллору кытта соҕуруу дойдуларыгар бииргэ, уһун кэмҥэ эйэлээхтик олорбуттарын уонна саҥа үөскэппит омуктарыгар моҕол диэн ааты иҥэрбиттэрин, бу тыл сахалыы суолтата дакаастыыр.
Моҕол хаһан туспа омук буолан сайдан, элбээн бэйэтин биллэрбитин, сурукка киирбитин үөрэхтээхтэр быһааран 1200 сыллардаахха диэн этэллэр. Орто Азия дойдуларыгар моҕоллор бэйэлэрин ааттарынан сурукка киирбиттэрэ. Соҕуруу диэки сыҕарыйбыт моҕоллор орто үйэлэргэ Индияҕа тиийэн Улуу Моголлор государстволарын тэрийбиттэрэ.
Европа дойдулара бу омуктары нууччалартан монгол диэн аатынан билэн ылыммыттара. Нуучча тылыгар «ҕ» дорҕоон суоҕунан моҕол диэн тылбыт монгол диэҥҥэ уларыйбыта, онтон ыла олоҕурбут.
Хуннар кэннилэриттэн үөскээн баалларын биллэрбит сэрии биистэрин, сэнь-би омуктар саҕана моҕоллор ааттара ханна да баара биллибэт, сурукка киирбэтэх. Уон иккис үйэттэн Чыҥыс Хаан саҥа үөскээбит моҕол омуктары сайыннаран, үрдэтэн таһаарбытын кэнниттэн моҕоллор ааттара биллэн, киэҥник тэнийбитэ. (26,172).
«Перестройка» буолан сэбиэскэй былаас эстэн остуоруйа үөрэҕэ уруккуттан төһө эмэ көммүтүн кэнниттэн тылбыт үөрэхтээхтэрэ сахалар бэйэлэрэ үөскэппит, бииргэ олорбут саҥа омуктарыгар сахабыт тылларын биэрэ, ыскайдыы сылдьаллара хомолтону эрэ үөскэтэр. Сэбиэскэй кэмнээҕи быһаарыылары ордук тутуһар Багдарыын Сүлбэ «Киин куорат» хаһыакка таһаарбыт «Нарын» диэн ыстатыйатыгар маннык суруйар:
Нарын – монгол төрүттээх тыл. Ону өссө Э.К.Пекарскай бэлиэтээбитэ уонна монгол, бурят тылларыттан холобурдаабыта. Монголларга Нарын киһи аата буолар.
Лубсан Данзан «Алтан Тобчитыгар» («Золотое сказание») баар Байандара Нарин-Тайджи, Нарин Гэгэн, Нарин Тогорил, Нарин-Найан диэн ааттары аҕалыым.
Сахалыы Нарын Куо диэн кыыс аата, Нарын Уус диэн уус киһи аата бааллар. Нарын диэн саха тыла. (32,15). Баар-суох нарын, намчы диэн үчүгэйи, кэрэни бэлиэтиир тылбытын атын омуктарга сыҥалыыр саха киһитигэр сөбө суох быһыы.
Багдарыын Сүлбэ суруйарынан сүгэ диэн саха тыла буолбатах. Биһиги бу тылы монголлартан ылбыт үһүбүт. (33,71). Сүгэ Тойон диэн олус былыргы кэмнэртэн баар этиҥмит таҥаратын аатын, быдан хойут үөскээбит монголлартан ылбыппыт курдук этэн таһаарар.
Итини тэҥэ тыл үөрэхтээхтэрэ нам диэн омукпутугар төрүт суолталаах тылбытын эмиэ монголлар тыллара диэбиттэр. (34,21). Кинилэр ити быһаарыыларын нам диэн тыл кинилэргэ эмиэ баарынан, туттулла сылдьарынан быһаараллара олоҕо суох.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ кэлин кэмҥэ син сайдыбыт, саҥалыы көрүүлэммит остуоруйа үөрэҕиттэн кыратык, омуктар олохторугар сыһыаннааҕы эмиэ билэллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Ол курдук баар-суох мааны, төрүт тылларбытын бэйэбит быдан кэннибититтэн, саҥа үөскээбит эдэр омуктарга монголларга, өссө була сатаан буряттарга биэрэ сатыы сылдьарбыт букатын табыллыбат. Биһиги тылларбытын кинилэр ылбыттар диэн этэр ордук таба буолуо этэ.
Саҥа, хойутуу үөскээбит омук үгүс тылларын иннинээҕи, төрүт омуктарын тылларыттан ылан туһанарын, маарынныыр тыллар биир төрүттээх омуктарга барыларыгар баалларын биир, икки, үс диэн ахсааммыт саҕаланыыта бары түүр омуктарга баара, билигин да туттулла сылдьара дакаастыыр.
Саха диэн ааттаах омук икки аҥар тыһыынча сыллаахтан ыла остуоруйаҕа киэҥник биллэн, аата-суола сурукка киирбит. Сака диэн аатынан бэйэтин кэмигэр, биһиги эрабыт буолуо 500 сыл иннинэ Аан дойдуга киэҥник тарҕаммыт омук. Кэлин Европаҕа кинилэри сарматтар солбуйбуттар. (27,564). Онтон Азия тымныытын киинигэр оччотооҕу кэмнэртэн ыла сахалар бэйэбитинэн олорон хаалбыппытын сотору остуоруйа үөрэхтээхтэрэ дакаастыылларыгар эрэл баар.
Улуу төрүттээх омук буоларбытын билинэн, кэлин саҥа үөскээбит омуктарга, ол иһигэр түүрдэргэ, нууччаларга, монголларга, бүрээттэргэ бэйэбит тылларбытын биэрэ, ыскайдыы сылдьарбыт олус улахан сыыһа.
ТЫЛ СУОЛТАТА УЛАРЫЙЫЫТА
Тыл дорҕоонноро уларыйыыта өйгө-санааҕа дьайар уратыларын, суолтатын эмиэ уларытарын ситэ билэн туһаммакка сылдьабыт. Бу уларыйыы ордук эдэрдэргэ дьайар күүһүн арааран билэ иликпит.
Уһун үйэлэргэ омук уларыйар, саҥалыы үөскүүр кэмэ кэлиитигэр туттар тылларын дорҕооннорун сыыйа-баайа уларытан туһаныыта үөскүүр. Ол курдук саҥа омук үөскээһинигэр төрүт омуктарыттан биллэр тыллары иҥэринэн илдьэн бэйэтин тылыгар туһанарын тэҥэ, араас элбэх саҥа тыллары үөскэтэн туһанар. Сахалыы ахсаан саҕаланыыта биир, икки, үс диэннэр билигин түүр омуктарга барыларыгар туттулларын тэҥэ, үгүс тылларын төрүттэрэ уһун үйэлэргэ төһө да уларыйдаллар эмиэ биирдэр. (24,156).
Биһиги бу үлэбитигэр тылы атын суолталаан туттуу сыыйа-баайа суолтатын уонна өйдөбүлүн холбуу уларытарын быһаара сатыахпыт. Омук бэйэтин тутта сылдьар тылын уларытыыта, бу тыл суолтата, өйдөбүлэ уларыйыытыттан, элбэх ахсааннаах дьоҥҥо хайдах дьайыытыттан олус улахан тутулуктаах.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр «Вор должен сидеть в тюрьме» диэн этиини кытаанахтык тутуһан бары уоруйахтары тутан ылан хаайыыга олордуу үксээбитэ. Хаайыыга сытар уоруйахтар хаайыы режимэ дьайыытыттан икки улахан бөлөххө арахсаннар бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуһаллара, сороҕор өлөрсөллөрө даҕаны.
Сэбиэскэй кэм хаайыытыгар түбэспит уоруйахтары хайаан да быстах үлэҕэ күүһүлээн, ыган да туран үлэлэтэ сатыыллара. Оччолорго «Лесоповал» диэн күүһүлээн үлэни үлэлэтиини быһаарар, биллэрэр аналлаах саҥа тыл үөскээбитэ. Уоруйахтар икки аҥы арахсыылара, үөхсэр тылынан ааттаһыылара бу күүһүлээн үлэни хайдах ылыналларыттан уонна толороллоруттан тутулуктанан үөскээбитэ. Бу бөлөхтөртөн биирдэстэрэ уоруйахтар былыргыттан тутуһа сылдьыбыт, үлэни үлэлээбэт сокуоннарын кытаанахтык тутуһар, өлөрүүгэ, халааһыҥҥа кыттыспат дьонтон хомуллара.
Иккис бөлөххө араас уоруйахтары тэҥэ, халабырдьыттар, өлөрүөхсүттэр бары киирэллэрэ уонна буруйдарын боруостааһыҥҥа хаайыы режимин тутуһан үлэлээн кыттыһаллара.
Бу иккис бөлөх хаайыылаах үлэһиттэри «сукалар» диэн букатын үлэлээбэт уоруйахтартан туспа арааран, үөҕэн, куһаҕан ааты иҥэрбиттэрэ. Ол аата бэйэлэрин баҕаларынан буолбакка, үүрүллэ сылдьан үлэлиир дьону «сукалар» диэн ааттаабыттара кинилэргэ иҥэн хаалбыта.
Ахто Леви диэн хаайыылаахтар олохторун дириҥник үөрэтэн суруйбут киһи быһаарыытынан «сука» диэн уоруйахтар үлэлээбэт сокуоннарын тутуспат дьону ааттыыллар. (35,354).
Сука диэн нууччаларга былыр-былыргыттан баар тыл, тыһы ыты эбэтэр кыыллары бэлиэтиир, урукку кэмҥэ бэйэтэ туох да куһаҕан, хос өйдөбүлэ суох туттуллар тыл этэ. Сэбиэскэй былаас кэмигэр хаайыыга түбэспит уоруйахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта бу тылынан үөхсэн икки аҥы арахсыылара, кэлин кэмҥэ, бу тыл төрүт тутулугун умуннаран уонна хаайыылаахтар элбэхтэриттэн нуучча дьонугар барыларыгар кэриэтэ дьайыыта тиийбититтэн, суолтата, өйдөбүлэ уларыйан, күүһүлээн үлэлэтэр киһилэрин быһаарар буола сылдьар.
«Сука» диэн тыһы ыт аатынан уоруйахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта арахсар, үөхсэр, охсуһар, өлөрсөр буолуулара үөскээн тэнийбитэ, бу тыл суолтатын уларытан барбыта. Уоруйахтар икки аҥы хайдыһыыларыгар «сука» диэн уоруйахтар сокуоннарын тутуспат, араас үлэни үлэлиир уоруйахтары ааттыыллара атын, сэбиэскэй былаас күүһүлээн кэриэтэ үлэлэтэр дьонноругар барыларыгар тарҕаммыта. Бу дьон дьайыылара күүһүрүүтүттэн, ол аата ахсааннара элбээһиниттэн сука диэн тылы суолтатын уруккутуттан уларытаннар, бүтүн Россия үрдүнэн абааһы көрүү, туттубат буолуу үөскээн тэнийэн эрэр. Ол аата араас үлэни үлэлиир уоруйахтар ахсааннара нуучча дьонун үксүлэрин баһыйбыттарын бэлиэтинэн, бу сука диэн тыл суолтата уларыйыыта үөскээтэ.
Былыр-былыргыттан нууччалар тыһы ыты сука диэн ааттыыллар этэ. Бу сука диэн тыл уоруйахтарга сыһыаннаах өрүтэ, күүһүлээн үлэлиир дьону быһаарара баһыйан барыытыттан билигин тыһы ыты сука диэн ааттаабакка, аны уларытан, тупсаран «девочка» диэн ааттыыр буолан эрэллэр. Итинтэн сиэттэрэн атыыр ыппыт аны «мальчик» диэҥҥэ кубулуйан барда.
Тыл бу уларыйыытыттан тыһы ыт туга да тупсан кэлбэт, арай өйдөрө-санаалара атын, кыыллыы өттүгэр сайдан, халыйан хаалар кыыс оҕолор ордук улаханнык хотторуохтарын, майгылара-сигилилэрэ алдьаныан, тыһы ыкка маарыннаан барыахтарын сөп. Бу тыл уларыйыыта дьахталлар өйдөрө-санаалара уларыйыытыгар тириэрдибитин бэлиэтинэн билигин Россияҕа проституткалар аһара элбээннэр полиция нравов тэриллибитэ буолар.
Сука диэн тылы уларыта, туттубат буола сатааһын үөскээһинэ эстибит Сэбиэскэй Сойуус дьонун үгүстэрэ уоруйах үлэһиттэр буола уларыйыыларыттан, бу тылы бэйэлэрин уоруйахтарга холонон куһаҕаннык истэр буолууларыттан үөскээн тарҕанна. Бу дьон сука диэн тылы бэйэлэригэр ылынан туттубат буола сатыылларыттан, атын өйдөбүллээх, дьоҥҥо эрэ сыһыаннаах «девочка» диэн тылы туһанан уларытан эрэллэр. Аны бу «девочка» диэҥҥэ ханыылаһыннаран, маарыннатан атыыр ыты «мальчик» диэн, өйдөөх-санаалаах уол оҕону биллэрэр тылынан ааттыы сатыыллар.
Өй-санаа төрүттэрин билбэт, олоххо туһаммат буолууларыттан, сэбиэскэй былаас кэмэ төһө эмэ кэлэн ааспытын үрдүнэн, бу дьоҥҥо эрэ сыһыаннаһар төрүт тылларын буккуйан, уларытан эрэллэрин тохтоппоттор. Кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрүн-санааларын кыыллар өйдөрүгэр-санааларыгар, оҥорор быһыыларыгар тэҥнээн, буккуйууга тиийбит омук эстэр, симэлийэр дьылҕаланыан сөп.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр Россия дьонун үгүс өттө эмиэ уоруйахтар курдук государство баайыттан биллибэтинэн ылааччыларга, күүһүлээн үлэҕэ үтүрүллээччилэргэ, умса анньыллар дьоҥҥо, «сукаларга» кубулуйууларыттан, бу тылы абааһы көрөр, саҥаларыгар туттубат буола сатыыр дьон элбээтилэр.
Билигин ырыынак үйэтэ кэлэн дьон бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн үгүстүк үлэлиир буолбуттарын кэннэ, бу сука диэн тылы оннун булларан, бэйэтин суолтатынан, уларыппакка эрэ туһанар буолуу ирдэнэр. Аймахтарбыт нууччалар бу тылы кыайан уларыппакка баар-суох оҕолорун; кыргыттарын, уолаттарын ыкка тэҥнии сырыттахтарына сайдыы, эбиллии суолугар киирэллэрэ саарбахтардаах соҕус буолуо.
Биһиги уһун үйэлээх сахалар нуучча тылыгар бу саҥаны киллэриини үтүктүбэппит, бэйэбит тылбытыгар киллэрэн туттубаппыт ордук этэ. Тыһы ыты кыыс оҕо, онтон атыыр ыты уол оҕо диэн ааттыыр сүрэ бэрт, ханнык да сиэргэ баппат быһыы буолар, өйдөрүн-санааларын кыыллыы, ыттыы өйгө-санааҕа кубулутуон сөп. Тыл дьайыыта кэлэр көлүөнэлэргэ ордук күүстээх. Мааны бэйэлээх кыыс оҕобутун тыһы ыкка тэҥнээн кэбистэхпитинэ өйө-санаата буккуллуо, буорту буолуо. Ол иһин эрдэттэн сэрэннэхпитинэ, харыстан-нахпытына, куһаҕаны үтүктүбэтэхпитинэ сатанарын өйдүөхпүт этэ.
УЛУУС ДУУ, ОРОЙУОН ДУУ?
Саҥа омук икки, эйэлээхтик бииргэ олорор омуктар икки ардыларыгар, икки омук тылынан холбуу, тэҥҥэ саҥаран үөскээн тахсар. Төһө эрэ кэм ааһыытыгар саҥа омук сайдан, күүһүрэн, ахсааннара эбиллэн, төрүт омуктара хайалара да бэйэлэригэр ылбакка, туораттахтарына, бэйэтэ атын омук буоларын билинэр, иккиттэн биирин талан ылар кэмэ тиийэн кэлэр.
Биһиги түөрт үйэ курдук нууччалары кытта эйэлээхтик бииргэ олороммут саҥа омук үөскээн эрэр сибикитэ, икки омук тыла бииргэ туттуллар кэмэ кэлбитэ биллэр буолан эрэр. Олох салгыы сайдан иһиитэ омук бэйэтин билинэр, атыттартан араарынар, иккиттэн биирин быһаарынар кэмэ кэлэрин биллэрэр.
Билигин биһиэхэ сахаларга иккиттэн биирин быһаарыныы кэмэ кэлэрэ биллэн эрэр. Республикабыт иһигэр икки тыллаахпыт бэйэ-бэйэлэрин үтүрүйсэннэр барыны-барытын икки тылынан ааттыырга тиийэн сылдьабыт. Ол курдук республикабыт уонна административнай үллэһикпит аатын икки тылынан холбуу ааттааһын олохсуйан сылдьар.
«Икки саары икки ардынан» сылдьыы кэмэ олоххо эмиэ тиийэн кэлэринэн икки омук тылын холбуу туттуу омук үйэтигэр эмиэ кэлэн ааһар кэмнэрдээх. Уһун үйэлээх саха омук тылларыгар урукку кэмнэргэ икки тыллана сылдьыбыт бэлиэлэр бааллар. Ол курдук омук урааҥхай саха диэн ааттаныыта икки омуктан холбоһон саҥа омук үөскээбитин биллэрэрин тэҥэ, бу омук икки тылынан саҥара сылдьыбытын быһаарар. Саха тылыгар монгол тыла олус элбэҕинэн олохторун ханнык эрэ кэмигэр сахалар монголлары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттарын биллэрэр.
Билигин түөрт сүүсчэкэ сыл устата нууччалары кытта кыттыһан, бииргэ олоробут, элбэх тылы, үөрэҕи нууччалартан ылынныбыт. Район диэн нуучча тыла сахатыйан оройуон диэн буола сылдьар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр бары административнай үллэһиктэр Москванан бигэргэтиллэр эрдэхтэринэ, бу тыл Саха сиригэр урукку улуустар оннуларыгар туттулла сылдьыбыта.
«Перестройка» хамсааһынын кэмигэр олохтоох дьаһаныы арыыйда улааппытынан туһанан Саха сиригэр оройуоннар оннуларыгар улуустарынан араарыныы, оннук ааттаныы олоххо киирбитэ.
Улуус диэн тыл «улуу» уонна «уус» диэн тыллар холбоһууларыттан үөскээбитигэр сөп диэн тыл үөрэхтээҕэ В.В.Радлов эппитэ. Тыл үөскээһинин сокуонунан уонна өй-санаа өйдөбүлүнэн туһанан быһаардахха, бу тыл суолтата улуу уус диэн тыллар суолталарыгар сөп түбэһэр. Аймахтар, уустар тэнийэн, сайыннахтарына, ахсааннара эбилиннэҕинэ улуу уус диэн ааттаналларыттан үөскээбитэ сөп. Бу тыл сурукка киириитэ сурук-бичик сайдыытын кэмигэр монголлар киэҥник туһана сылдьыбыттарыттан ыла биллэр. Ол курдук Чингисхан 1227 сыллаахха өлбүтүн кэннэ империятын түөрт уолаттара үллэстиилэригэр бэйэлэрин тус-туспа өлүүлэрин Улус Джучи, Улус Угэдея, Улус Хубилая уонна Улус Тулуя диэн ааттаабыттара. Оччотооҕу кэмнэртэн ыла улус диэн тыл туттулларын Ф.Г.Сафронов «Якуты. Мирское управление в 17-нач. 20 века» диэн үлэтигэр бэлиэтиир. (38,49).
Биһиги улуус диэн тылы монголлары кытта биир суолталаах туттабыт. Монголлар биһиги эрабыт тыһыынча икки сүүс сыллааҕы кэмиттэн ыла биллэн, аатыран тахсыбыт эбит буоллахтарына, биһиги сахалар ааппыт Геродот суругар саҥа эра буолуо 500 тыһыынча сыллаахтан ыла биллэр. Ол иһин улуус диэн биһиги тылбытын сайдан, үүнэн, биһигиттэн арахсар кэмнэригэр монголлар илдьэ барбыттар диирбит оруннаах, чуолкай буолар.
Билигин бу улуус диэн тылы хайа оройуон дьоно ордук сөбүлээн туһаналларыттан хайа оройуоҥҥа, хайа омук дьоно, сахалар дуу, нууччалар дуу баһыйаллара быһаарыллар кэмэ кэлэн турар. Нууччалар лаппа баһыйар сирдэригэр оройуон диэн тылы хото туһаналлар, бу тылы сөбүлүүллэр.
Нууччаларга улуус диэн тыл былыргы кэмнэргэ монголлар-татаардар баһылаан олорор кэмнэрин санатыан сөп. Ол иһин бу тыл өй-санаа хайдыһыытын, бэйэ-бэйэни сөбүлэспэт буолуу улаатыытын үөскэтиэҕин сөп диэн санаа сыыһа, сахалар нууччалары монголлор курдук сэриилээн ылбаттарынан, бэйэлэрин сирдэрин улуус диэн ааттыылларынан, бу тыл кинилэргэ куһаҕан суолтата суох.
Саха сирэ сахалыы ааттаах үллэһиктэрдээх буолара ордук. Нууччалар кэлиилэригэр сахалар олорор сирдэрин улуус диэн ааттыылларын урукку суруйууларга киллэрбиттэрин Ф.Г.Сафронов эмиэ булан бэлиэтээбит. Былыргы, ыраахтааҕылаах Россия саҕана бу үллэһик улуус диэн аатынан 1720 ыла туттуллан барбыта. Онон билигин ыраахтааҕы кэмэ хайҕанар, өрө тутуллар кэмигэр биһиги улуус диэн тылбыт саха омук баһыйан олорор түөлбэлэрин арааран биллэрэрэ ордук табыллар.
“Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн сотору икки өрүттэнэ, икки аҥы тыллана сылдьыы бүтэр кэмэ биһиэхэ тиийэн кэлиэн, иккиттэн биирин талан ылыы кэлиэн сөп. Түмсүүлээх, таҥаралаах буолуу, биир санааланыы кэмэ биһиэхэ сахаларга сыыйа-баайа кэлэн иһэр.
Икки омук тылын баһылааһын кэмигэр хайа омук баһыйан барыыта сайдыыны, үүнүүнү хайалара ордук ситиспититтэн биллэн барыаҕа уонна омук ахсаана эбиллиитэ улаханнык туһалыаҕа. Россия омуктарыгар ахсаан өттүнэн элбээн иһии бастакы күөҥҥэ тахсара ханнык да саарбаҕа суох суол. Аҕыйах ахсааннаах омук олус киэҥ сири-дойдуну баһылыыра, аныгы сымнаҕас да сокуоннар баалларын иһин, улахан ыарахаттардаах, уустуктардаах. Ол курдук промышленнай гиганнар, монополиялар баһылаабыт сирдэрин, дойдуларын бэйэлэрэ бас билэр, дьаһайар кыахтаахтара Саха сирин үллэстиигэ кыттыһар кыахтарын улаатыннарар.
Россия салайар былааһа аһара күүһүрэн губерниялар, кыраайдар, республикалар кыайан сайдыбакка үлэлэрэ-хамнастара сатарахсыйан, тус-туспа барыы, ыһыллыы, үрэллии кэмэ кэллэҕинэ ким кыахтаах, «Кыайбыттары сууттаабаттар» диэн этиини тутуһарга ылыстаҕына чахчы туга да суох хаалыахпытын сөп курдук балаһыанньа үөскээтэ.
Сахалар баһыйар ахсааннаах олорор сирдэрэ улуус диэн ааттарын хаалларыахтарын, баһылаабыт түөлбэлэринэн буолуохтарын сөп. Бу улуус диэн тылбыт биһиги сахалар хайа улуустарбытын баһылаан, бэйэбитигэр илдьэ хааларбытын быһаарар кэмэ чугаһаан иһэр.
БИРЮЗА
Бирюза диэн күндү таас 8-9 тыһыынча сыллар анараа өттүлэриттэн ыла киэргэлгэ туттуллар буолбут. Бирюза илиҥҥи дойдуларга таптал уонна дьол тааһынан ааҕыллар. Бу тааһы урукку Персияҕа, билиҥҥи Ираҥҥа эдэрдэр холбоһон ыал буолууларыгар бэлэхтииллэрэ билигин даҕаны туттулла сылдьар.
Азербайджан улуу ырыаһыта уонна өтө көрөөччүтэ Низами Гянджеви (1141-1209), күндү таастар тустарынан элбэхтик суруйбута. Ол иһигэр бирюза туһунан бу курдук эппитэ биллэр: «Таҥара миэхэ бирюзаны бэлэхтээн ордук санааччылартан харыстыы сатыыр». Перстэр табыллыбатах тапталтан өлбүт дьон уҥуохтара бирюзаҕа кубулуйаллар диэн итэҕэйэллэр эбит. Билигин даҕаны Ираҥҥа таптыы көрбүт дьахталларыгар бэйэлэрин сөбүлэтээри бирюзалаах киэргэли бэлэхтииллэр.
Дьахтар тапталлааҕын таҥнарбыт буоллаҕына киэргэл тааһа дьүһүнүн уларытара, өлбөөдүйэн хаалара таптал төһө күүстээҕин билэргэ туһалыыр. Күндү таастарынан дьарыктанар академик А.Е.Ферсман «Персидскай бирюза курдук араас итэҕэллэргэ улахан оруолу ылбыт таас суох» диэн эппит.
Англия посола Горсей 16-с үйэҕэ Москваҕэ кэлэн баран Иван Грознай баайын коллекциятын көрөн сөхпүт. Күндү таастары көрдөрө туран нуучча ыраахтааҕыта эппит: «Бу дьиктилээх бирюзаны ылан көр эрэ, айылҕаттан ылыммыт дьүһүнүн уларыппакка эрэ сылдьар, онтон мин ыалдьа сылдьар киһи, илиибэр ыллахпына тута өлбөөдүйбүтүнэн барар. Ити мин сотору өлүөхтээҕим бэлиэтэ буолар». (37). Бирюза бары күндү таастартан уратытынан кистэлэҥнээх, иччилээх таас буолар. Араас, чаҕылхай дьүһүннээҕэ бу таас дьиктилээҕин быһаарар. Тыыннаах курдук чаҕылыйар кыахтааҕа уонна өлбөөдүйэн дьүһүнэ атыҥҥа кубулуйара бу тааһы кырдьар, мөлтүүр диэн өйдөбүлү дьоҥҥо иҥэрбит.
Химическэй састаабынан бу минерал алтан уонна алюминий фосфатыттан хомуллар. Олус кураайы уонна итии дойдуларга бытархай ыһыллыы быһыытынан булаллар. Сороҕор обургу куһуоччуктар түбэһэллэр эбит. Америка Вирджиния штатыгар уонна Бельгияҕа бу тааһы билигин да булуохха сөп.
Таас дьүһүнэ халлаан сырдык күөҕүттэн хараҥатыгар диэри уларыйар. Ол эрээри халлаан уонна от күөхтүҥү, дьаабылака курдук күөх, от күөхтүҥү сиэрэй дьүһүннээхтэр эмиэ көстөллөр. Сахалар күөх диэн икки дьүһүнү; халлаан күөҕүттэн от күөҕүгэр диэри холбуу биир тылынан этиилэрэ, бу таас дьүһүнүн уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрииттэн үөскээн олохсуйбут буолуон сөбө чахчы.
Таас сыа-арыы, кислоталар, испиирдэр, эбэтэр киһи көлөһүнэ уонна араас кириэмнэр дьайыыларыттан дьүһүнэ мөлтүүр. Дьүһүнэ мөлтөөһүнүн таас кырдьыбыт эбэтэр өлбүт диэн этэллэр.
Тааһы былыр-былыргыттан Синай тумул арыытыттан, Ирантан, Казахстантан уонна да атын сирдэртэн булаллар. Таас бирюза диэн аата хайа омук тылыттан тахсыбыта билиҥҥэ диэри кыайан быһаарылла илик. Үгүстэр «пируз» эбэтэр «фируз» диэн «кыайыы» эбэтэр «табыллыы» диэн өйдөбүллээх перстэр тылларыттан тахсыбыта буолуо диэн сабаҕалыыллар.
Европаҕа бу тааһы «туроктар таастара» диэн былыргыттан ааттыыллар. Атын элбэхтик туттуллар аатынан каллаит, ол аата «кырасыабай таас» диэн буолар.
Биһиги бу таас аата сахалыы тылынан олус табатык өйдөнөрүн бэлиэтиэхпит этэ. Ол курдук сахалыы «биир үйэ» диэн аат бу таас суолтатыгар, дьүһүнэ уларыйарыгар ордук сөп түбэһэр. Бу тааһы куруук илдьэ сылдьар киһи улаханнык ыарыйдаҕына эбэтэр өлөрүгэр таас эмиэ өлөрүн, дьүһүнэ мөлтүүрүн, өлбөөдүйэрин таба быһааран биэрэринэн «биир үйэ» диэн аат таас суолтатын, ол аата хаһаайынынаан, куруук илдьэ сылдьар киһитиниин биир үйэлээҕин чуолкайдаан быһаарар уратытын иҥэринэн сылдьар. Ол иһин бу таас аатыгар биир үйэ диэн аат ордук сөп түбэһэр.
Бирюза сымнаҕас, үчүгэйдик чочуллар таас. Ол иһин дьахталлар бытархай киэргэллэрин биһилэхтэри, ытарҕалары, бөҕөхтөрү элбэхтик оҥороллор. Илиҥҥи дойдуларга бу таас аттан дөлбү түһэртэн көмүскүүрүн иһин ат сэбин-сэбиргэлин киэргэтэллэрэ.
Россияҕа бирюзанан таҥара күлүктэрин араас киэргэллэрин киэргэтэллэрин таһынан былыргы ыраахтааҕылар кэтэр бэргэһэлэрин киэргэтэллэрэ. Ол курдук Мономах уонна Иван Грознай бэргэһэлэрэ сырдык халлаан күөҕэ бирюзанан уонна атын таастарынан элбэх киэргэллээхтэр. Борис Годунов Персияҕэ 1604 сыллаахха оҥотторбут трон-олоппоһун кыһыл көмүһүнэн уонна араас элбэх күндү таастарынан, ол иһигэр бирюзанан эмиэ киэргэппиттэрэ.
Мексикаҕа уонна Киин Америкаҕа элбэх бирюзанан киэргэтиллибит маллары булаттаабыттара былыргы ацтектар үгэстэрин арыйыыга көмөлөспүттэрэ. Ол курдук ацтектар икки төбөлөөх эриэн үөннэрэ тыыннаах сиэртибэни биэриигэ туттуллар эбит. Сиэртибэ сирэйин уҥуоҕун бирюза таас мозаикатынан бүрүйэн аналлаах мааска оҥорбуттар.
Бирюзаны былыр-былыргыттан араас эмкэ эмиэ тутталлара биллэр. Ол туһунан улуу эмчит Авиценна (980-1037) «Книга указаний и наставлений» диэн киэҥник биллэр үлэтигэр суруйан хаалларбыт. Монгол ламалара бирюза киһи доруобуйатыгар туһалаах диэн эмиэ этэллэр эбит. (37).
Онон былыргы туроктар киэргэлгэ туһанар таастарын аатын суолтата, өйдөбүлэ сахалыы тылынан ордук табатык, сөп түбэһэрдик быһаарылларынан «биир үйэ» диэн аатынан ааттаммыта олус сөп. Кэлин кэмҥэ бу таас аата атын омуктарга көһүүтүгэр кыратык уларыйан, билигин бирюза диэн биир тылынан этиллэр буолбутун да кэнниттэн дорҕоонноро улаханнык уларыйбакка хаалбыттар.
САХА ТЫЛЫН ХАРЫСТААҺЫН
Сахабыт тыла олус былыргы кэмнэргэ, киһи өйө-санаата саҥа сайдан эрдэҕинэ үөскээн оннун булуммутун сэбиэскэй былаас баттала уурайбытыттан ыла саҥа билэн, итэҕэйэн эрэбит.
Бука бары сахабыт тылын харыстыахпытын, уһун үйэлэр тухары уларыйбакка баар буолуоҕун баҕарабыт. Ол да буоллар олох сайдан иһиитэ, атын омук тыллара киириилэрэ, сайдыыны ситиһэн иһэр омук тыла хайаан да эбиллиэхтээҕин, саҥа, урут суох тылларынан байыахтааҕын быһаарар.
Үөрэх-билии олус күүскэ сайдарыттан сайдыыны ситиһэн иһэр омукка урукку кэмҥэ бэйэтигэр суох саҥа тыллар атын, сайдыылаах омуктартан тохтоло суох киирэн иһэллэр. Сахабыт тылын харыстыырга баар, билигин туттулла сылдьар тылларбытын үс тус-туспа бөлөхтөргө арааран баран бастакы бөлөҕү ордук кыһанан харыстыыр туһата ордук улахан буолуо диэн барыл оҥорбуппут:
1. Омукка бэйэтигэр сыһыаннаах тыллар; айылҕаҕа, киһиэхэ бэйэтигэр, кыылларга, сиргэ-уокка, дойдуга сыһыаннаахтар. Ити тыллары саха омук төрүт тылларынан ааттыахха сөп.
2. Үөрэххэ-билиигэ сыһыаннаах тыллар.
3. Үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах тыллар. (38,63).
Тылбытын маннык бөлөхтөргө арааран харыстааһын сайдыыны-үүнүүнү ситиһиигэ, атын омуктартан билиини ылыныыга туһата улаханын тэҥэ, бастакы бөлөх төрүт тылларбыт букатын уларыйбаттарын үөскэтэн омукпут уһун үйэлээх буолуутун үөскэтэр кыахтаныа этэ. Саха тылын харыстааһын диэн тыл төрүт тутулугун, тылга иҥэн сылдьар өйдөбүлүн уонна дорҕооннорун уларыппат буолуу ааттанар. Бу быһаарыылары биир биир ыламмыт арыыйда дириҥник ырытыахпыт:
1. Тыл төрүт тутулуга. Саха тылын тутулуга нуучча тылыттан ураты. Ол курдук нуучча тылын төрүтэ тыл ортотугар түбэһэр курдук икки өттүттэн самалык эбиилэрдээх буоллаҕына, сахабыт тылыгар тыл төрүтэ тыл саҕаланыытыгар турар уонна салгыы үөскүүр тылларга барыларыгар дьайыыта тиийэр. Холобурга, быс диэн төрүттэн үөскээн тахсар бары тылларга «быс» диэн өйдөбүл барыларыгар иҥэн сылдьар. Быс – быһах – быстыы – быстарбыт – бысталаммыт.
«Кыр» диэн тыас куһаҕан өйдөбүлүн бу тылтан салгыы үөскүүр бары тыллар иҥэринэн сылдьаллар. Ол курдук алдьаныы өйдөбүлэ бу тылларга барыларыгар дьайа сылдьар. Кыр – кырыыс – кырбаныы – кыргыһыы - кырыктаах. Ол иһин саҥа тыллары үөскэтиигэ бу тыл өйдөбүлэ тыл төрүтүгэр сөп түбэһэр буолара хайаан да ирдэнэр.
Тылбыт үөрэхтээхтэрэ бу төрүт быһаарыыны тутуспаккалар эрэ талбыттарынан атын омук тылларын быһалыы, сөп түбэспэт, атын дьайыылаах дорҕооннордоохторун үрдүнэн сахатыта сатыыллара сыыһатын маннык холобурдар дакаастыыллар:
Институт диэн үрдүк үөрэхпит кыһатын тылбыт үөрэхтээхтэрэ үнүстүтүүт диэн «үн», «сыылын» диэн төрүттээх тылга киллэрэ сатыыллара букатын табыллыбат, саха дьонун төбөлөрүгэр, сиэргэ баппат тыл буолар. Үнэ, сыылла сылдьан үөрэнэбит, сайдабыт дуо? Итини тэҥэ правительство диэн нууччалыы тылы бырабыыталыстыба диэн тылга уларытыы «быра», «кыыл бар» диэн өйдөбүллээх тылга киллэрэринэн хайдах да табыллыбат. Ити иһин маннык төрүттэрэ, дорҕоонноро сөп түбэспэт тыллары уларыппакка эрэ бэйэлэринэн тутта сылдьыахха сөп. Хаһыаттарга айдааны таһаарар вещество диэн нууччалыы тыл сахалыыта былыр-былыргыттан эттик диэн этэ. Сахатытар буоллахха тыл сахалыытын туһанар кыах баарын умнумуохха сөп этэ.
Саха тылын дорҕоонноругар уонна өйдөбүлэ сөп түбэспэт саҥа киирии омук тылларын бэйэлэринэн, уларыппакка эрэ илдьэ сылдьыы сахабыт тылын харыстааһыҥҥа суолтата олус улахан.
2. Тыл өйдөбүлэ. Хас биирдии тылга бэйэтигэр сөп түбэһэр өйдөбүл иҥэн сылдьар. Бу өйдөбүл аан маҥнай айылҕаҕа үөскүүр тыастартан, дорҕоонноруттан үөскээн саха тылларыгар көспүт. Ол курдук бары куһаҕан тыастар, дорҕооннор куһаҕан өйдөбүллээх тыллары үөскэтэллэр. «Кыр» диэн алдьаныы тыаһыттан кырыыс диэн олус куһаҕан тылбыт үөскүүр.
Үчүгэй тыастар үчүгэй өйдөбүллээх тыллары үөскэтэллэр. «Тап» диэн табыыны, үчүгэй буолууну биллэрэр тылтан таптал үөскүүр. Бары тапталы сөбүлүүбүт. Таба таҥаралаах эрдэхпититтэн бу «тап» диэн тыл үөскээн тылбытыгар иҥмит уонна үчүгэйи, табыллыыны, табыыны бэлиэтиир тыллары үөскэтэр төрүт тыл буолбут.
3. Дорҕооннор. Айылҕаҕа дорҕооннор аан бастаан тыастартан үөскүүллэр. Үчүгэй тыастар үчүгэй дорҕооннору, куһаҕан тыастар куһаҕан дорҕооннору үөскэтэллэрэ үчүгэй уонна куһаҕан тыллар үөскүүллэригэр тириэрпиттэр.
Тыл үйэтэ биир киһи олоҕор тэҥнээтэххэ олус уһун. Ол иһин тылы ыган, тиэтэтэн уларыта сатааһын куһаҕаҥҥа тириэрдэр кыахтаах. Саҥа тыллары үөскэтиигэ саха тылын төрүт тутулугун, өйдөбүлүн уонна дорҕооннорун өйдөбүллэрин сөп түбэһиннэрэн биэрии хайаан да наада. Ол аата «кыр», «кыы», «хар», «па» диэн куһаҕан өйдөбүллээх тыл төрүтүттэн ханнык да үчүгэй тыл үөскээбэтин билэн таба туһаныахха.
Үөрэхтээхтэр ааҕан таһаарыыларынан киһи истэригэр саамай куһаҕан дорҕоонунан «ыы» диэн ытааһын дорҕооно буолар. «Ыы» диэн ытааһын дорҕооннорунан бүтэр тыллар бары куһаҕан өйдөбүллээхтэрин таба сыаналыахха. «Кыы» диэн кычыгырыыр куһаҕан тыаһы үгүс киһи тулуйан истибэт. Дорҕоон дьайыыта киһи төрүт өйүгэр-санаатыгар ийэ кутугар быһаччы дьайарынан хаһан да уларыйбат. Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тыллары үөскэтэллэрин хаһан да буккуйумуохха.
Саха тылын төрүт тутулуга уонна сүрүн өйдөбүллэрэ нуучча тылыттан уратылар диэни биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ хайдах эмэ билэллэрэ уонна тутуһаллара буоллар ордук буолуо этэ.
400-чэ сыллар усталарыгар сайдыыны ситиһэр кыахтаах саха дьонун күөмэйдэрэ хайа баҕарар омук тылын ураты да дорҕооннорун ханнык да туспа акцена суох саҥарар кыахтаммыта дакаастаммыта ыраатта. Биһиги бу эппит-сииммит сайдан иһэр, сайдыыны ситиһэр кыаҕын таба туһаныахпытын эмиэ сөп. Ол аата хас да омук тылынан хос акцена суох кэпсэтэр кыах сахаларга баар.
Онон атын омуктартан киирэр тыллары сахалыыга уларытарга аҥардас дорҕоонноро эрэ буолбакка төрүт өйдөбүллэрэ эмиэ сөп түбэһэр буолаллара наада. Оннук эрэ тыллары сахатытыы саха тыла уларыйбатыгар тириэрдиэ этэ.
Тыл үөрэхтээхтэрэ сахабыт тылын харыстыырга кэлтэйдии, нууччалары үтүктүү диэки баран иһэллэр. Кинилэр сахалыы өй-санаа «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ иҥэн сылдьарын суох оҥоро сатыыллар. Айыы диэн бэйэтэ куһаҕан өйдөбүлэ элбэх тылы, икки аҥы өйдөбүллээҕин буккуйан аҥардастыы үчүгэй эрэ өттүнэн туһана сатааһын өй-санаа өйдөбүллэрин суох оҥорууга киирсэр олус куһаҕан быһыы буоларын билиммэттэр. Бэйэлэрэ да билбэттэринэн ыаллар баар-суох оҕолорун өйүн-санаатын куһаҕан өттүгэр буккуйууну оҥоро сылдьалар. Бэйэлэрин сыыһаларын саптынаары сахаларга хаһан да суох «аньыы» диэн тылы булан өй-санаа төрүттэрин, ай диэн тыл икки өрүттээҕин суох оҥоро сатыыллар. Сахалыы өй-санаа бу төрүт тутулугун алдьатыыны бу дьон билбэттэриттэн дуу эбэтэр соруйан, атын сыаллаах-соруктаах оҥороллор дуу диэни сотору кэминэн быһаара сатааһын буолуон сөп.
Саха дьонун өйдөрүн-санааларын улаханнык буккуйуу, үрэйэ, ыһа сатааһын нууччалары быһаччы үтүктүүттэн киирэр. Ити быһаарбыппыт курдук саха тылын төрүт тутулуга уонна иннигэр-кэннигэр салҕааһыннаммыт нуучча тылын тутулуктара тус-туспалар, кыайан биир буолар кыахтара суох. Аһара нууччатымсыйыы, нуучча буккуллубут тылын быһаччы үтүктүү саха тылын төрүт тутулуктарын алдьатарын тэҥэ, куһаҕан дорҕооннордоох саҥа тыллары үөскэтэн туһаннара сатааһын өйү-санааны буккуйар, үчүгэйи уонна куһаҕаны киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан арааран туһанарын суох оҥорор.
Саха тылын харыстааһын диэн төрүт тыллары, ол аата былыр-былыргыттан баар, билэр тылларбытын уларыппакка эрэ туһаныы эбэтэр атын, саҥа, өйгө-санааҕа сөп түбэспэт тыллары бэйэлэринэн туһаныы, сахатыта сатаабат буолуу ааттанар. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар үөрэхтэрин таба тутустахпытына саха тылын аһара нууччатыта эбэтэр аһара сахатыта сатааһын иккиэн буортулаахтарын билиэхпитин сөп этэ.
Тыл үйэтэ олус уһун, хас эмэ уонунан тыһыынча сылларга тиийэр кыахтаах. Онно холоотоххо биир киһи үйэтэ диэн олох кыра. Саха тыла эстиэ диэн мээнэ айдаарар сыыһа. Биһиги, оҕолорбутун, сиэннэрбитин сахалыы үөрэппит дьон, кэннибитигэр саха тыла хаалыаҕа диэн эрэллээхпит. Тылы үөрэхтээхтэр буолбакка куруук туһана сылдьар үлэһит норуот ордук харыстыырын, ол аата сыыйа сайыннарарын табан өйдүөхпүт этэ. Ол аата сиэннэрин сахалыы өйгө-санааҕа, сахалыы саҥарарга үөрэппит дьон саха тыла эстиэҕэ, симэлийиэҕэ диэн куттаммакка, санаарҕаабакка эрэ олоруохтарын сөп.
Нууччалар кэлиэхтэриттэн, ыраахтааҕы салайар кэмигэр 300-тэн тахса сыллар усталарыгар сахалар ахсааннара 4-тэн ордук төгүл эбиллибитэ, бары, кэлии нууччалар эмиэ сахалыы саҥараллара. Бу кэм устата биир да тыл үөрэхтээҕэ суох этэ да саха тыла сайдыбыта, сахалыы суруйуулар элбээн, бэчээттэнэн испиттэрэ.
Билигин сахабыт тылын аһара нууччатымсыйбыт тыл үөрэхтээхтэриттэн уонна нуучча тылын учууталларыттан эмиэ харыстыыр наада буолла. Ол харыстааһын аата диэн тылы мээнэ тыытымаҥ, буккуйумаҥ, саҥа тылы булбута буолан киллэрэ сатаамаҥ диэн төрүккэ олоҕурар. Сахалар баарбыт тухары тылбыт бэйэтэ да сайдыаҕа, арай төрөппүттэр оҕолорун кыра, саҥа саҥаран эрдэҕиттэн сахалыы саҥарарга, кэпсэтэргэ, үгэстэргэ үөрэтэллэрэ, бэйэлэрин ийэ, аҕа диэн ааттаталлара, киһи буолууга үөрэтэллэрэ эрэ наада. Онтон бу үөрэҕи сиэннэр салҕаан иһэллэрэ буоллар сахабыт тыла уһун үйэлэргэ сайдан иһэр диэн улахан эрэллээх буолуохпут этэ.
САХАЛАРЫ ХАРЫСТААҺЫН
Аан дойдуга араас, тус-туспа омуктар элбэхтэр, былыргы кэмнэргэ өссө элбэх эбиттэр. Туспа омук буолуу атын омуктартан уратылары билинииттэн, туспа тылынан саҥарыыттан үөскүүр уонна олору халбаҥнаабакка тутуһууттан салгыы сайдар, омук бэйэтин аатын-суолун сүтэрбэт, элбэх омуктар быыстарыгар симэлитэн кэбиспэт.
Ол курдук саха буолуу икки сүрүн тутулуктаах:
1. Саха тылын билии уонна олоххо туһаныы.
2. Сахалыы өйү-санааны тутуһуу ирдэнэр.
Биһиги олус былыргы төрүттээх омук буоларбытынан аҥардастыы саха тылын эрэ билии саха буолууга ситэтэ суох. Ол иһин сахалыы өй-санаа уратыларын таба өйдөөн олохпутугар туһана сылдьарбыт ирдэнэр.
Саха омук буолуу бу икки сүрүн бэлиэлэрин биир-биир ыламмыт төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:
1. Саха тылын харыстыыр санаабыт барыбытыгар баар. Бука бары сахабыт тылын харыстыыр, сайыннарар, атын омуктан киирии тыллары сахатытан туһанар санаалаахпыт. Сахалыы саҥарар, кэпсэтэр үлэһит дьон бэйэлэрэ да билбэттэринэн оҕолорун, элбэх ахсааннаах сиэннэрин кыра, саҥа саҥаран эрдэхтэриттэн сахалыы саҥарарга, саха үгэстэригэр бэйэлэрин үтүгүннэрэн үөрэтэ сылдьаллар. Кыра эрдэҕиттэн бэйэтин сахабын диэн билинэн, сахалыы саҥаран улааппыт оҕо өйө-санаата үйэтин тухары уларыйбат кыахтанар.
Саха тылын харыстааһын, ол аата саха тылын уларыппакка уруккутунан, хайдах баарынан хаалларыы үтүгүннэрэн үөрэтиинэн ситиһиллэр буоллаҕына иитэр, үөрэтэр кыаҕа өссө улаатар. Үлэһиттэр дьиэҕэ-уокка, үлэҕэ-хамнаска элбэхтик тутталларыттан саха тылын уларыппат, харыстыыр кыахтара улахан.
Тылы харыстааһын диэн уруккутуттан, субу кэмҥэ баарыттан уларыппат буолуу ааттанар. Ол аата саҥаны булан киллэрэ сатааһын хайа да өттүттэн; атын омуктан, нууччалыыттан да эбэтэр аһара сахатытыы, тылы буккуйуу, уларытыы, алдьатыы буоларын умнумуохпутун наада.
Кэлин кэмҥэ тыл үөрэхтээхтэрэ сахабыт тылын сайыннарыыга атын омук тылларын сахатыта охсуохтарын баҕараллара киһини таһынан баран эрэр. Араас саҥа тылы була сатааһыннарынан, омуктуу эттэххэ эксперименнэринэн сахабыт тылын буккуйаллара элбээтэ. Ол курдук бэссэстибэ, үнүстүтүүт, номуука диэн саха киһитин өйүгэр-санаатыгар баппат тыллары оҥоро сатыылларын таһынан былыр-былыргыттан баар остуоруйа диэн тылбытын устуоруйа уонна айыы диэни аньыы диэҥҥэ уларыта сатыыллар.
2. Саха буолуу сахалыы саҥарары тэҥэ, сахалыы өйү-санааны тутуһар, кут-сүр, таҥара, киһи буолуу үөрэҕин билинэр буоллахха тирэхтээх, икки өттүттэн тутулуктаах буолар.
Сахалыы өйү-санааны тутуһуу диэн аан маҥнай “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини олоххо, туохха барытыгар, киһи оҥорор быһыыларыгар туһаныы буолар. Олоххо таба быһаарыы икки өрүт икки ардыларынан, ортотунан буоларын саха дьоно бары билэллэр.
Олус былыргы кэмнэртэн өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥмит тылларын таба туһаныы сахалыы өйү-санааны харыстааһын буолар. Киһи өйө-санаата сайдыытын туспа арааран аналлаах тылларынан бэлиэтээһин саха тыла киһи өйө-санаата саҥа сайдан, киһилии быһыыланар, кэмсинэр, суобастанар буолан эрдэҕинэ үөскээбитин быһаарар. Өй-санаа сайдыыта былыргы олохтон, кыыллар, көтөрдөр өйдөрүттэн-санааларыттан тирэх ылан сайдан, өрө тахсыыта киһи буолууга тириэрдибитэ. Өй-санаа өссө сайдыыта үчүгэй киһи буолууга ыҥырар «Киһи таҥара» үөскээһинигэр тириэрдибитэ. Киһи таҥаралаах буолуу өй-санаа сайдыытыгар ылар оруолун, тутулуктарын үөрэтиини сахалар оччотооҕу кэмнэртэн ыла дириҥник баһылаабыттарын биллэрэр.
Дьон саҥа өйдөрө-санаалара сайдан, киһи буолан, киһилии быһыыланар буолуулара сахабыт тылыгар иҥмит. Бу этии сүрүн дакаастабылынан саха тылыгар киһини эрэ атыттартан барыларыттан, ол аата бары тыынар-тыыннаахтартан; кыыллартан, көтөрдөртөн, балыктартан, араас маллартан туспа арааран, сайдыыны ситиһэр өйдөөҕүн-санаалааҕын, салгын кута сайдарын ураты бэлиэтээн «ким», «кимий?» диэн ыҥырыллар, «кини» диэн ааттанар, онтон атыттар бары; «ол», «бу», «туох», «тугуй?» диэн ааттаналлар, соннук ыҥырыллаллар. Өй-санаа бу курдук арахсыытын билии, киһиэхэ эрэ салгын кута, өйө-санаата түргэнник сайдарын таба туһанар буолуу, киһи атын тыынар-тыыннаахтартан бэйэтин ойуччу, ордук үрдүктүк туттарыгар аналлаах.
Өй-санаа бу уратыларын билинии, олоххо туһаныы сахалары харыстааһыны үөскэтэр кыаҕын туһаныахха сөп. Сахалары харыстааһын диэн сахалыы өйү-санааны харыстааһын ааттанар уонна «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини билинииттэн уонна халбаҥнаабакка эрэ тутуһууттан улахан тутулуктаах.
Биһиги бу үлэбитинэн сахалар сомоҕолоһууларын, биир санааланыыларын хайдах ситиһиэхпитин сөбүн быһаарыыны саҕалыыбыт. Сахалар аҕыйах ахсааннаах омук буоларбытын билинэн кыахпыт баарынан үрэллэн, ыһыллан хаалыыттан харыстана сатыыр кыахтаахпыт. Сахалары харыстааһыны саҕалыырбытыгар маннык үлэлэр аан бастакынан киирэллэр:
а. Сахалар түмсүүлээх буолуохпутун баҕарабыт. Сэбиэскэй былаас суох оҥоро сатаабыт кут-сүр, таҥарабыт үөрэхтэрин сайыннарыы, өйү-санааны оннун булларыы кэлэр көлүөнэлэртэн ирдэнэр. Киһи таҥарабыт үөрэҕин дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыы, билиннэрии түмсүүлээх, биир санаалаах буолуубутугар тириэрдиэҕэ.
б. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн өй-санаа быһаарыытын олоххо таба туһаныы. Хайа да өттүгэр аһара барыыны суох оҥоруу, ол аата олох тэҥҥэ, хайа да өттүгэр халыйбакка сайдан иһиитин ситиһии, айылҕаны харыстааһын буолар.
в. Өй-санаа хайдыһыытын, икки аҥы арахсыытын суох оҥоруу. Бу үлэҕэ «ай» диэн тылбыт икки өрүттээҕин таба туһаныы, нууччатымсыйбыт тыл үөрэхтээхтэрэ киллэрэ сатыыр «аньыы» диэн тылларын туһаммат буолуу аан бастакы оруолу ылар.
г. Саха төрүт тылларын, ийэ, аҕа, эбэ уонна эһэ диэн тыллары харыстааһын, урукку оннуларыгар түһэрии буолар. Бу тыллар саха буолуу, сахалыы өй-санаа төрүттэрэ буолалларын умнубатахпытына табыллабыт.
д. Биһиги бары эйэлээх буолуохпутун баҕарабыт. Ону ситиһэргэ «эйэ-нэм» диэн этиини урукку оннугар түһэриэххэ уонна хайаан да туһаныахха. Бу этии өй-санаа ыһыллыытын, дэбдэҥнээн үрэллиитин суох оҥорор кыахтааҕын таба туһанаммыт эйэбитин харыстаан, нэмин билэн, сайыннарыахпыт этэ.
е. Солумсах буолуу, саҥаттан саҥаҕа ойуоххалааһын, араас элбэх туһата суох, куһаҕан да солуну билэ-көрө сатааһын киһини үчүгэйгэ тириэрдибэт быһыы буолар. Солун диэн тылы сэбиэскэй кэмҥэ сонун диэҥҥэ уларытыы солумсаҕырыы элбээн хаалыытын үөскэтэн сахалар өйдөрүн-санааларын туруга суох оҥорорун суох буолууга тириэртэ.
Аһара баран атын омуктары үтүктэ сатааһын, солумсаҕырыы саха тыла дорҕооннорун тутулуктара алдьанан буккуллан барыытыгар тириэрдиэн сөп. Сахалыы ийэ, аҕа диэн төрүт тылларбытын сэбиэскэй былаас ыгааһыныттан уонна үөрэхтээҕимсийииттэн атын, куһаҕан суолталаах «ма», «па» дорҕооннордоох тылларга уларытыы эдэрдэр өйдөрө-санаалара мөлтөөһүнүгэр, ийэлэрин, аҕаларын аанньа ахтыбат, этэр тылларын истибэт буолууларыгар тириэрдэрин төрөппүттэр хойутаан, оҕо улаатан сиппитин кэнниттэн билэллэрэ ордук хомолтолоох.
Оҕолоро кыра эрдэҕинэ үчүгэй майгыга, бэрээдэккэ, үлэҕэ-хамнаска, киһилии быһыылары оҥорор буолууга сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһан үөрэппит төрөппүттэр оҕолорунан, сиэннэринэн киэн туттуохтара. Өй-санаа сайдыытын, туруктаах буолуутун ситиһиигэ сахалар Киһи таҥараларын үөрэҕин тутуһуу эрэ тириэрдэрин төрөппүттэр аан бастаан бэйэлэрэ билиэхтэрин уонна оҕолорун иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныахтарын сөп этэ.
Үчүгэй киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга оҕолорун кыра эрдэхтэринэ ииппэтэх, үөрэппэтэх, наар омуктар оонньууларынан оонньото, маанылыы, атаахтата сылдьыбыт, атын омуктуу саҥарарга үөрэппит төрөппүттэр оҕолоро улааттаҕына кинилэри быраҕан, умнан кэбистэхтэринэ оҕолоруттан кэлэйэллэрэ дьэ киириэн сөп. «Төһө эмэ таптыы, атаахтата сатаабытым да тоҕо маннык майгылаах буола улаатан хаалла»,- диэн улаханнык санааргыыллара оҕолоро улааппытын, кинилэр тугу этэллэригэр кыһаммат буолбутун кэннэ киирэрэ ордук улаханнык хомотор.
Саха омукпут биһиги кэннибитигэр хаалара хаалбата оҕолорбутун, сиэннэрбитин ханнык өйгө-санааҕа иитэрбититтэн, кыра, саҥа саҥаран эрдэхтэриттэн ыла сахалыы саҥарарга, саха үгэстэригэр үөрэтэрбититтэн эрэ тутулуктааҕын табан өйдүөххэ уонна бу дьыалаҕа, оҕо иитиитигэр, өйө-санаата сайдыытыгар, ийэ кута үөскээһинигэр дьахталлар ылар оруоллара ордук үрдүгүн билиниэхтэрин, ол иһин кыһамньылаахтык ылсыахтарын сөп этэ.
Хос быһаарыылар.
1. Каженкин И.И. Тыл – санааны салайар. – Дьокуускай: Триада, 2003. – 76 с.
2. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта.- Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994. – 264 с.
3. «Якутск вечерний» хаһыат. Кулун тутар 30 күнэ 2007 сыл.
4. Сомоҕотто С. Происхождение народа саха. – Якутск: НИПК «Сахаполиграфиздат», 1995. – 112 с.
5. Доҕордуров М.Ф. Талыллыбыт айымньылар.- Якутск: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1963. – 256 с.
6. Сахалыы-нууччалыы кылгас тылдьыт. Хомуйан оҥордо Т.И.Петрова.- Дьокуускай: Бичик, 2006. – 256 с.
7. Идэлги. Боссоойкону эһии. – Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1997. – 64 с.
8. Идэлги. Оо, олох уустуккун даҕаны. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – 160 с.
9. Идэлги. Хааннаах хапсыһыы. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 480 с.
10. Идэлги. Төлкөлөөх түөрэх. – Дьокуускай: Бичик, 2007. – 336 с.
11. Фонд 1081, оп. 6, д. 76.
12. Фонд 1359, оп. 3, д. 252. П.А.Ойуунускай. «Красный шаман» драма.
13. Э.К.Пекарский. Словарь якутского языка. Т. 1. Выпуски 1-4. Академия Наук СССР, 1958.- 642 с.
14. П.А.Ойуунускай. Айымньылар. Иккис том. Кэпсээннэр.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1958. – 212 с.
15. П.А.Ойуунускай. Айымньылар. Үһүс том. Пьесалар.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1959. – 282 с.
16. Ойуунускай П.А. Сэһэннэр, кэпсээннэр. –Дьокуускай: Бичик, 2003.–192 с.
17. Ойуунускай П.А. Талыллыбыт айымньылар. 2 том. Кэпсээннэр, сэһэннэр, пьесалар, ахтыы. –Дьокуускай: «Бичик» Нац. кинигэ кыһата, 1993. – 448 с.
18. Ойуунускай Былатыан. Талыллыбыт айымньылар хомуурунньуктара. Том 2. Сэһэннэр, кэпсээннэр, драматическай айымньылар. / Хомуйан оҥордулар М.Н.Дьячковская, С.П.Ойунская /.- Дьокуускай: Бичик, 2005.- 368 с.
19. Неустроев Н.Д. Талыллыбыт айымньылар. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985. – 180 с.
20. Неустроев Н.Д. Айымньылар. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 256 с.
21. Г.В.Ксенофонтов. «Ураангхай сахалар» Том 1, книга 2. Нац. кн.изд. Республики Саха (Якутия), 1992.- 318 стр.
22. Г.В.Ксенофонтов. «Ураангхай сахалар» Том 1, книга 1. Нац. кн.изд. Республики Саха (Якутия), 1992.- 416 стр.
23. Догордуров М.Ф. Кэпсээннэр уонна сэһэннэр. Якутское книжное издательство, Якутск, 1972.- 416 с.
24. Антонов Н.К. Наследие предков.- Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1993.- 200 с.
25. Кривошапкин А.И. Евразийский союз. – Якутск: Бичик, 1998. – 240 с.
26. Рыжов К.В. Величайшие монархи мира. – М.: Вече, 2007.- 400 с.
27. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и И.Ефрона. - М.: Эксмо; Форум, 2007.- 960 с.
28. А.И.Эверстов. Байкал уу сахаларын таабырыннаах дьылҕалара. – Дьокуускай: Сайдам, 2005. – 144 с.
29. Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену.- Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994.- 352 с.
30. Ойуунускай П.А. Дьулуруйар Ньургун Боотур.- Дьокуускай: 2003,- 544 с.
31. Эверстов А.И. Айыы аймахтара. Күн улуустара. –Дьокуускай: «Бичик» нац кинигэ кыһата, 1996. – 184 с.
32. Киин куорат хаһыат. Бэс ыйын 14 күнэ. 2007 с.
33. Багдарыын Сүлбэ. Саха - сир түннүгэ, көмүс илии. – Якутск: Бичик, 2002. – 176 с.
34. Киин куорат хаһыат. Балаҕан ыйын 10 күнэ. 2009 с.
35. Ахто Леви. Записки серого волка. – Москва: Изд-во «Константа», 1994. – 392 с.
38. Ф.Г.Сафронов. Якуты. Мирское управление в 17-нач. 20 века. Якутск: Якутское книжное изд-во, 1987. – 128 с.
37. Тайны 20 века. Еженедельная газета. №48, декабрь 2007 г.
38. «Чолбон» сурунаал. 2/2004.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара
Тыастар уонна саҥалар
Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан тыллары үөскэтэллэр
Өй уонна ай
Өһөс санаа
Өй-санаа төрүт тутулуга
Быһыы
Тыл иччитэ
Остуоруйа дуу, “устуоруйа” дуу?
Тыл дорҕоонун уларытыы сабыдыала
Солумсах
Соргу
Икки өрүттээх тыллар
Үтүктүү содула
Икки сирэйдэнии
Дорҕоон дьайыыта
Саха тылын буккуйуу
Саха классиктарын үлэлэрин уларытыыны тохтотуохха
Бурут-бурят
Хоро
Омуктар ааттара
Тылбытын ыһымыахха
Тыл суолтата уларыйыыта
Бирюза
Саха тылын харыстааһын
Сахалары харыстааһын
Хос быһаарыылар
Иһинээҕитэ