Доҕоччугуом



Доҕоччугуом!
Тоҕо,
Хоодуот санааҥ холлон,
Хомойбуттуу хоҥкуйа
Хоолльуккун хоҥкуттуҥ?
Тоҕо,
Салбан санааҥ санньыйан,
Санаарҕаабыттыы салбаҕыран,
Саллан санньылыйдыҥ?..
Тоҕо,
Кынтаҕар бэйэҥ кыҥнайан,
Кыыһырбыттыы кыыһан,
Кытара кыйаханныҥ?
Бэйэҥ даа
Билбэккин дуо
Өбүгэ тухары өспөтөх
Өс хоһоонун:
«Кыһын сaаһынан салаллар,
Сайын күһүнүнэн көһөр,
Үчүгэй үксэ үтүгэннээх,
Үлүгэр үгүһэ үтүөлээх» —
(диэни)?..
Итиниэхэ эбии эттэххэ,
Бэҕэһээ бэккиһэппит бэрди
Бүгүн бүдүлээн көрдөххө,
Куһаҕана куотарын?..
Бүгүҥҥү бүрүүкээбит мөкүнү
Сассыныгар сайыннаран санаатахха,
Сааскы сассыардалыы
сандаарарын?..
Алҕас алдьаххайа
Ааспытын кэннэ араҥаланарын,
Сатамматах сабыдыала
Сассыныгар самалыктанарын?..
............................................................
Билбэккин дуо, биэбэкээм!
Сааскы халаан садырыына
Халыҥ мууһу хампарытан,
Күр мууһу көтөҕөрүгэр
Хара сиргэ
Хасса суох халыйан,
Ыарҕа талаҕы ылан,
Ис иирэни илдьиритэн,
Күөх үөтү күөрэлээн,
Хара буору хастаан
Хаһан хаалларбытыттан,
Ардах уутун аһaан,
Сир сиигэр силистэнэн,
Күн уотугар көччүйэн,
Күөх үөт күөнтүү
Күөгэлдьийэ үүнэрин
Көрбөт этиҥ дуо, көмүһүөм?..
Ону оройдоон,
Күн санааҕын күлүгүрдүмэ,
Сайаҕас саргыгын самнарыма.
Өрөгөй өйгүн өлбөөдүтүмэ.
Инники иһэри иһиллээ,
Кэлэр кэскили кэтэс,
Олоҕу одуулаа, —
Оннук ордук буолаарай...


5—IX—28


Алампа

Сүрүн сирэйгэ