Дьадаҥыттан тахсыбытым... (Алампа)


Дьадаҥыттан тахсыбытым,
Эрэйинэн иитиллибитим,
Аччыктыыры амтаһыйбытым.
Оҕо сааһым устатыгар
Ойуу-бичик олоххо
Оонньоон улааппатаҕым,
Атахпар туруохпуттан
Аһыыр айдаанаыгар
Алгыстаах күннэрбин
Аар-маардык аһарбытым,
Оҕо эрдэхпиттэн
Оһоҕоһум охсуһуутугар
Оҕо сааһы оройдооботоҕум.
Онон
«Хаппытаалы» аахпатаҕым,
Бэлиитикэни билбэтэҕим,
Үөрэҕи өйдүөбэтэ5им.
Ол оннугар
Эдэр эрдэхпиттэн
Эппэр иҥмит,
Эңэрбинэн тэлэйбит
Элбэх эрэйбин
Эгэлгэ тылбынан
Элбэтэн этэр
Эгэлгэлээх этим…
Ханыылаһан хаамсыбыт
Хара норуот
Хараҥа олоҕун
Харахпынан көрөн,
Хааммар иҥэрэн
Ханыылаан хаһыытыыр
Хааннаах этим…
Кыттыһан кыстаабыт
Кыра дьон
Кыһыҥҥы-сайыңңы
Кыһалҕалаах олоҕун
Кыһыл тылбар
Кытаран ыллыыр
Кыыбаҕалаах этим…
Онтон ордук дьолу
Орто дойду олоҕо
Оноллоон оңорботох,
Итинтэн ордук кэскили
Ийэ сир иччитэ
Иһиттээн эппэтэх.
Онон
Туората көстүбэт,
Тулата биллибэт,
Туус маңан
Толоон ортотугар,
Тоҕустаах тулаайах курдук,
Туруорбах бэйэм,
Тугу даҕаны туймуулаабакка,
Тула көрө турабын.


1924

Сүрүн сирэйгэ