Дьахтар сааһа (Умсуура)
ДЬАХТАР СААҺА
1.
уларытБу сааскы иэйиигэ
Эдэр сүрэҕим мөхсүүтэ —
Тыллыы биир эминньэҕэ —
Толук буолан тэлээрбитэ.
Эриэн-быраан сиргэ
Хатыҥ хастаммыт субатыныы
Чэпчэкитик үктэммитэ:
Тэлгэммитин билбэтэҕэ...
Тыал кытта өрө тыына
Көтүтэ сатаабыта:
Иэйиим ньуолах түүтэ
Көтөҕүллүбүтэ...
Арай дьэ убаһа субайыныы
Таптатар минньигэһэ...
Хаар хараҕын уутун
Толору сомсубутум,
Сааскы тыллыы солунун
Сон курдук устубутум...
2.
уларытЭминньэхпин бэлэхтээн,
Сааскы сири тэллэхтээн,
Өрө тыына ааспытым,
Сайыммар саймаарбытым...
Кыһыл оҕону эмсэхтэтэн
Ньиккирэһэн ааспьптара
Сайын күөҕүн көөчүктээн
Ньирилэс ардахтара.
Чыычаах түбүгүн саната
Мин да быыспар улдьаарбытым:
Оҕобунуун ахсаан аахса
Тэбис-тэҥҥэ улааппытым.
Арыый үөһэ тыыннара,
Алаһаттан аралдьыта
Сайын сайбарыына миэхэ
Саҕаламмыт эрэ этэ...
Быллаардардаах алааһы
Үтүктүбүт таһаабын
Суугунатар байбары
Халадаайым саппатын
Сэмээр билэ-билэбин
Ып-ыраастык көрбүтүм,
Кэчигирэс тиистэрбин
Бэлэхтээммин күлбүтүм...
Тула күөххэ көччүйүөххэ
Үтүөкэн да кэмнэр этэ...
3.
уларытБүгүн да сайым арахпат,
Дыргыл сыта аһыйбат.
Арай таптал омуна
Уоскуйа быһыытыйда...
Сайыары күһүн алгыһа
Хата миигин матарбакка
Кууста иэйэр сааспыттан,
Уон аҕыстаах сааспыттан!
Кыраттан ымыттыбат
Холку сааһым айманна:
Ньуолах түүнэн кынаттанан
Эдэр сааһым булан ылла...
Сэмсэ кэмнэр аараатылар:
Энньэ хаалбыт эминньэхтэр
Сир аһынан ситтилэр,
Ыаҕаспар эргилиннилэр ...
4.
уларытИти сыл-хонук көппөҕүн аннынан
Эдэр сааһым силис тарпытын
Билбэтэхпин.
Ити аньыыттан-хараттан харысыһан
Сүгэлээх илии күөрэйиэхтээҕин
Сэрэйбэтэхпин...
Ити күөх сааспыттан
Тымыр тардыстан
Сэмсэ дьогдьоот күһүнүм
Мин сайыары сааспар үүммүт:
Уот ылбыт уон аҕыһым
Сайыламмат сыһыыбар
Хоһууннук үппүт!..