Дьоллоох айан ырыата (Чаҕылҕан)

Дьоллоох айан ырыата


Эниэ күөх отун үрдүнэн
Эдэр этэрээт истэ.
Айылҕа араас киэргэлэ
Аара арыллан истэ.

Эрэйи-муҥу билбэккэ,
Эмньик, сайа5ас санаа
Сайыҥҥы мүөтүн испэхтээн,
Сайа ыллааҥ, айаннааҥ!

Эһиги үүнэр күннэргит
Уйгу дьолунан туолар.
Эһиги сайдан үүнэргит —
Ийэ дойдубут дьоло!

Эдэрдэр, барыҥ этэҥҥэ,
Күүтэр күлүмнээх сааскыт!
Сүүһүнэн атах биир тэҥҥэ
Күөххэ көрүлээн ааста.


1940

Антология иһинээҕитэ

Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан

Сүрүн сирэйгэ төнүн