Дьүөрэ
Куобаҕы-кииһи,
Балыгы-барааны,
Хотойу-кутуйаҕы,
Бөрөнү-Бөтүүгү,
Улары-оҕуһу,
Эһэни-киһини,
Сылгыны-чыычааҕы -
Барыларын наардаан,
Бииргэ дьиэлээн,
Ойбонтон уулатан,
Ороҥҥо утутан,
Олоххо олордон,
Биир аһынан минньигэһиргэтэн,
Бииргэ иитэр биллибэт.
Бары тус-туһугар
Иннилэрин көрүнүөхтэрэ,
Истэрин сананыахтара,
Илин былдьаһыахтара,
Иирсэн барыахтара...
1926
|