Ефремов Прокопий Елисеевич
Фольклорист П.Е. Ефремов туһунан (Ангелина Кузьмина ыстатыйата)
Прокопий Елисеевич Ефремов улахан өҥөтүнэн урут анаан дириҥник үөрэтиллэ илик долган фольклорун уонна хотугу сахалар олоҥхолорун үөрэтиитэ, хомуйуута буолар. Монографияҕа П.Е. Ефремов долган омук өйүн-санаатын, норуот быһыытынан уратытын көрдөрөр тылынан уус-уран айымньыларын уонна төрөөбүт тылларын баайын былыргыттан илдьэ сылдьар информатордар олоҥхолуур ньымаларын, бу омук олоҥхотун сюжетнай-композиционнай тутулун, сүрүн дьоруойдар уобарастарын чинчийбит.
Прокопий Елисеевич 1964 уонна 1968 сылларга эспэдииссийэлэргэ сылдьан 78 саастаах И.А. Еремин-Сүтүктэн «Көмөрдөөх Үөстээх Оттооной-богатырь» олоҥхо бастакы чааһын, Ф.С. Сахатинтан “Тимир ньииптэ букатыыры” (Богатырь Железный Лежень), 80 саастаах Н.Д. Большаков-Бытыкыайтан “Три сестры” уонна Н.А. Христофоров-Моочуортан “Тойон Джолдо” диэннэри суруйбут.
Сүрүн ис хоһооннорун маннык бэлиэтиир: «Герой себе жену ищет далеко от родины в чужих краях. Поэтому героическая женитьба – основное содержание многих олонхо. В них главная цель героя – продолжение рода» [Ефремов, “Долганское олонхо”, 1984, с. 40].
Олоҥхоһукка сыһыаннаах итэҕэллэри суруйар. Хотугу сахалар уонна долганнар тыл күүһүгэр олус итэҕэйэр буоланнар, олоҥхоһут этэр тыла тиллэр алыптааҕынан, улахан ыарыы, дьаҥ кэмигэр олоҥхолотон ыарыы абааһыларын үүрдэрэр, аллараа дойдуга салайтарар эбиттэр. Ырыаһыт да, олоҥхоһут да дьоло суох буоларын хотугу уонна киин олохтоох сахаларга баар итэҕэллэри кытта тэҥниир. Оттон А.А. Попов 30-сс сылларга диэри баар буола сылдьыбыт бобуулар туһунан манныгы суруйар: “Весной, во время прилета гусей и уток долганы не раасказывали былин и сказок. Образы повествований, становясь зримыми, якобы распугивали птиц, и они пролетели стороной” [Попов, “Пережитки древних дорелигиозных воззрений долганов на природу”, 1958, с. 88]. Прокопий Елисеевич дьиикэй табалары бултуур кэмҥэ эмиэ олоҥхолообот эбиттэрин суруйар. Аны туран олоҥхоһут бухатыыр аллараа дойдуга эбэтэр абааһыны кытта охсуһар кэмигэр тохтуо суохтаах эбит. Күннээҕи үлэ, түбүк-садьык бүппүтүн эрэ кэннэ киэһэ саҕалаан баран сарсыардааҥҥа диэри толороллор эбит. Бу үгэстэр да кэлин умнуллубуттарын, олоҥхолор да уларыйбыттарын бэлиэтээбит. Ол кудук аан бастаан 1902 с. “Эрэйдээх буруйдаах Эр Соҕотох” олоҥхоттон быһа тардыыны Туруханскай кыраайга П.Е. Островских Андрей Михайлович Поповтан суруйбут эбит буоллаҕына, долганнарга сурук-бичик олох хойут 80-с сылларга эрэ төрүттэммитин быһыытынан, сүнньүнэн норуот уус-уран айымньылара сүтэн эрэллэрин туһунан суруйбут. Холобур, 1931-32 сс. А.А. Попов хомуйбут олоҥхолорун кытта тэҥнээн көрбүтэ кини хомуйбут олоҥхолоругар киириилэрэ, ойуулааһыҥҥа ымпыктааһын-чымпыктааһын суох буолбут. Дьоруойдар монологтарын И.А. Еремин уонна Ф.С. Сахатин эрэ толорор буолбуттар.
Долганнар олоҥхолоро дириҥ силистээҕин-мутуктааҕын олохторугар-дьаһахтарыгар буолбут чахчылары туоһулуур научнай түмүктээһиннэринэн көрдөрөр: “... в олонхо отчетливо видны черты развитого родового строя и времени его разложения, начало образования раннего классового общества. А это думается, служит еще одним подтверждением мысли, что у долган имеет общий корень с олонхо стоящих на более высоком ступени общественного развития якутов, связь с которым во многом проливает свет на происхождение этой немногочисленной северной народности. Известно, что сильные остатки первобытно-общинных порядков у долган сохранились вплоть до 30-х годов” [Попов, 1958, с. 41].
Прокопий Елисеевич норуот фольклорун үөрэтии сайдыытыгар эрэ буолбакка, долган литературатын төрүттэниитигэр эмиэ быһаччы кыттыылаах. Оччотооҕуга долганнарга саҥа сурук-бичик, үөрэхтээһин тарҕанан эрэр кэмигэр саҥа тахсан эрэр эдэр суруйааччы Огдо Аксенова бастакы суруйааччы буоларыгар улаханнык көмөлөспүт.
Онон Прокопий Елисеевич Ефремов олоҕо, чинчийэр үлэтэ үөрэтиллэн, архыыпка сытар үлэлэрэ күн сирин көрөн, дьон-сэргэ билиитигэр өссө тахсан иһэллэрэ буоллар!
Сигэлэр
уларыт"Саха этигэн тыла" аан ситим. Фольклорист П.Е. Ефремов туһунан. Категоория: Кузьмина Ангелина Афанасьевна