Жаргон
Билиҥҥи литератураҕа жаргону туттуу. (Айысхаана «Сүлүһүннээх иннэ», Уйбаан Ойуур «Убай», Венера «Эргиччи эрэй, төгүрүччү түрүлүөн», «Сатамматахтар саарыстыбаларыгар, дьоло суохтар үйэлэригэр» айымньыларын холобуругар)
Үгүс үөрэхтээхтэр жаргон уопсастыба олоҕор уонна национальнай литературнай тылга тарҕанарын мөкү, мээйдиир көстүү быһыытынан сыаналыыллар. Ол да буоллар дьон-сэргэ хайа эмэ бөлөҕүн кэпсэтэр тылыгар жаргон син биир туттуллар өлүүскэ буолар. Ол туһунан үөрэх кинигэртигэр маннык суруллар: «… Однако введение жаргонизмов в литературный язык в исключительных случаях допустимо: эта лексика может понадобиться писателям для создания речевых характеристик персонажей…» [1: 85]. С.И. Ожегов быһаарарынан: «Жаргон – речь какой-нибудь социальной или иной объединенной общими интересами группы, содержащая много отличных от общего языка, в том числе искусственных, иногда условных слов и выражений, отражающих вкусы и потребности данной группыю. Ж. торговцев. Воровской ж.» [2: 186]. Суруйааччылар жаргону бэркэ сэрэнэн тутталлара: маннык тыл-өс уус-уран айымньыны кытта литературнай тылга тарҕанарыттан дьиксинэллэрэ. Чинчийии түмүгүнэн саха литературатын аҕа көлүөнэ суруйааччыларын айымньыларыгар жаргон суоҕун тэҥэ. Оттон билиҥҥи суруйааччылар айымньыларыгар ыччат туттар жаргонун булуохха сөп. Аныгы олох уустук проблемаларын сырдатар суруйааччыларынан Айысхаананы, Уйбаан Ойууру, Венераны о.д.а. саҥа үүнэн эрэр суруйар талааннаах ыччаты ааттыахха сөп. В.М. Варламова-Айысхаана «Сүлүһүннээх иннэ» сэһэнигэр наркомания содулугар ылларбыт, кэскилин сарбыммыт ыччат туттар тыла-өһө элбэх сиргэ көстөр. Автор жаргонун цитата оҥорон кавычканан бэлтиэтиир. Уйбаан Ойуур «Убай» сэһэнигэр түптээх үлэтэ-хамнаһа суох,арыгыһыт, уоруйах, халабырдьыт, охсуһуук – криминал ыччат туттар тыла-өһө элбэх. Венера «Эргиччи эрэй, т³гµрµччµ тµрµлµ³н», «Сатамматахтар саарыстыбаларыгар, дьоло суохтар µйэлэригэр» айымньыларыгар үчүгэй иитиитэ суох, күннээҕинэн эрэ муҥурданар, бэрээдэгэ суох ыччат кэпсэтэр тыла-өһө иһиллэр. Бу айымньыларга туттуллар жаргону үөскүүр ньыматынан маннык наардаан холобурдуохха сөп: 1. Нууччалыы ( -ка, -га суффиксаны эбэн) жаргон: мочиловка (В), химичка, отрубка, тусовка, ломка, тюряга, тюряга, истилээгэ (А); 2. Нууччалыы тыл оло±ор –лаа сы´ыарыыны эбэн хайаа´ыны бэлиэтиир тыл: «налеттаан» кэллибит, стукачтаата±а (У.О), «возникайдыы» сатыа, болтайсы гына сылдьар (В), психуйдаан бµт эрэ (А); 3. Нууччалыы жаргону уларыппакка туттуу: съемщиктар, вендетта, туфтаа, базар, кидала (В); крыша, суперкосяк, косяк, ханка, мулька, шпана, притон, кайф, хата, Марфа (опий), Мария (морфин), баш (гашиш 1 гр), аутсайдерство, крутой, магазинчик с мизинчик, мощнай, «ассорти» тэтэрээт, отрубись, наркобарон, барыгалар (А); 4. Т³рµт сахалыы жаргон: баскын хатарыам, б³хт³р (У.О); дьурхаан, бытык умайаа´ына, хайыт (тылгар киллэр), мачааккарыы, кытаанах (водка) (В); «сахсыйыыга» дьыалаланаллар (А) 5. Нууччалыы жаргон туруору тылбааһа: кµ³х мо±ой, µрµ² ³лµµ (наркоманияттан ³лµµ), иннэ±э олоруу (наркоман буолуу) (А). Чинчийии түмүгүнэн Айысхаана нууччалыы жаргону уларыппакка, нууччалыы олохтоох тылга –ка суффиксалаах жаргону, нууччалыы жаргон туруору тылбааһын (64%), Венера -лаа сыһыарыылаах нууччалыы уонна т³рµт сахалыы жаргону (76%) туттубуттар. Оттон Уйбаан Ойуур нууччалыы тыл оло±ор –лаа сы´ыарыылаах уонна т³рµт сахалыы жаргону (100%)хойуутук туттар эбит. Венера, Айысхаана, Уйбаан Ойуур айымньыларын геройун майгытын-сигилитин кини туттар тылынан арыйаары, бу персонаж хайдах эйгэлээҕин, кимнээҕи кытта алтыһарын көрдөрөөрү жаргону туттубуттар диэн быһаарыахха сөп. Түмүктээн эттэххэ, саха тылыгар жаргон үксэ нуучча тылыттан киирэн, сороҕо сахатытан туттуллара бэлиэтэнэр.
Литература 1. Голуб И.Б. Стилистика русского языка. Издание 4. – М.: Айрис Пресс, 2003. 2. Ожегов С.И. Словарь русского языка / Под ред. Л.И. Скворцова. 24-е издание, исправленное. – М.: «ОНИКС XXI век», «Мир и образование», 1982. 3. Айысхаана. Сүлүһүннээх иннэ. Сэһэн. – Дьокуускай: Бичик, 2005. 4. Уйбаан Ойуур. Убай. – Дьокуускай: Бичик, 2004. 5. Венера. Эргиччи эрэй, төгүрүччү түрүлүөн. – Дьокуускай: Бичик, 2006. 6. Венера. Сатамматахтар саарыстыбаларыгар, дьоло суохтар үйэлэригэр. – Дьокуускай: Бичик, 2007. Кылгатыы: А – Айысхаана, В – Венера, У О – Уйбаан Ойуур