"ИИРБИТ НЬУКУУС"

Үрүҥнэр убаталларыгар эппит тыллара


МАҤНАЙГЫ ТЫЛА

Бүүҥү күн — улаххан үөрүүлээх күн. Хамныыр-харамай, тыынар-тыыннаах, хаамар-сыылар, көтөр-сүүрэр барылара үөрбүт үтүө күннэрэ. Мин ытыам-ынчыктыам дуу? Үөрүөм-күлүөм дуу? Ытаатахпына-ынчыктаатахпына ыальдьыбыт диэхтэрэ, күллэхпинэ-үөрдэхпинэ иирбит диэхтэрэ. Бөлүһүөк буолар диэн кытаанах эбит — бары Иирбит Ньукуус диэн элэк-хаадьы гыналлар... Ама даҕаны дьадаҥым иһин, ама даҕаны нэк соннооҕум иһин, ама даҕаны хараҥаҕа үөскээммин-төрүөммүн ньылбараҥ харахтааҕым иһин, барыны барытын, суохтан ыла суоҕу тобулу көрөн олоробун. Үөрэхтээҕим эбитэ буоллар, сулуһунан, суругунан суолланыам этэ, ол үөрэммэтэх аньыыбар хааттынан харахтанным. Таҥара баар дииллэр, таҥара баара буоллар барыбытын ааспат-туорбат гына айыа этэ, өлөссүбэт-өстөспөт гына өйдүө этэ... Каайынтан билиҥҥэ дылы өлөссүүнэн-өһүнэн олоробут, хаанынан ытыыбыт. Дьон ону өйдүөбэттэр, бүүҥү күн эрэйэ-буруйа бар дьон санаатын таҥнары баттыыр. Түүҥҥү халлааҥҥа чолбон уота тырымныырын курдук, орто дойду үрдүгэр эрэйдээх-буруйдаах, икки атахтаах олоҕор бөлүһүөк өйө, тыла чаҕылҕан курдук күлүмнүүр, этиҥ курдук ньирилиир, үчүгэйи-куһаҕаны барытын сырдатар, дьоҥҥо көрдөрөр. Бэл диэтэр, бэҕэһээ үрүҥнэр кэлбит үөрүүлэригэр Ньалбар уола Дьаакып саламаат сиэтэ. Ол эрэйдээх көҥөһө диэн дэлэтэ дуо, көхсүнэн күлүктүү олорбут. Илиитэ сарбаҥнас, айаҕа аппаҥнас, хараҕа аан диэки — түргэн-түргэнник сабырҕатан кэбистэ; салбанна, салбаннар даҕаны саламаатын амтанын билбэтэххэ холуйдум. Үөрбүт үөрүүтүттэн үрүҥнэргэ бэссибэтэ, нолуогун арыытын бэйэтэ мэлиттэ... Үрүҥнэр кыайыахтара диэтэҕиҥ дуо? Дьон быһыытын-майгытын мин билэн олоробун.

ИККИС ТЫЛА

Миигин дьон, дьэ, биллилэр — "бөлүһүөккүн" диэтилэр. “Бөлүһүөккүн" диэбит күннэригэр, куттаҕым кураанах буолан, өйүм-санаам үгүс өттө куттахпар сиэннэ, бэл диэтэр, хараҕым ириҥэтэ хатта... Тотум эбитэ буоллар өйүм-санаам толору буолуо этэ, ааһаммын-туораммын өйбүн-санаабын үөскэтэр сиигим-симэһиним аччаатаҕа. Окси-нии, оҕолоор! Кулут-тойот саарыстыбатыгар төрүөммүн, итэҕэс өйдөөх ириньньэх бөлүһүөк буоллаҕым, онон билэрим аҕыйах, көрөрүм элбэх буоллаҕа... Үрүҥнэр миигин кырбаабыттарынан кыһыллары кыайыахтара дуо? Кинилэр, быһыыта, миигин сыыһа өйдүөтүлэр ээ, ама даҕаны “бөлүһүөгүм" иһин, ханна баар таҥараны баар диэмий? Көстөр-көстүбэт аан-дойду, сир-халлаан үөскүү иликтэринэ, маҕылыыт тыал тардыытынан, уоттаах салгынтан аан маҥнай күн үөскээбит эбит, күлүмнээн күндээрэн, чаҕылыйан сандааран киин тутулук кини буолбут эбит... Ону мин хааттыны үөрэтэн билбитим, онтон ыла болүһүөк дьайыгар ыллараммын, өй ыарыытыгар ыальдьар буолбутум... Ким баар этэй хаатты дьайыгар ылларбатах, ким баар этэй хаатты илбиһигэр хаанынан ытаабатах?! Арай, хаатты дьайын кыайдаҕына дьахтар кыайыаҕа, дьахтарга баар бары эрэй ильбиһэ, үөскэтэр-төрөтөр күүһэ... Эр киһи диэн — көмөлтө эрэ күүс. Дьахтар түөт уон түөт эрэй-илбис үөрэҕин билэр! Дьахтар аймах кырааһынайдарга кыттыста, кыһыллар онон кыайыахтара... Адам эрэйдээх Йебени эккирэтэн ырайтан маппыта, бүтүн айбыт таҥара сокуонун умнубута. Дьахтар күүһэ таҥараны кыайбыта... Кыаттарбыт таҥара — таҥара буолбатах. Икки атахтаах өйө-санаата идэни үөскэтэр, көстүбэти көрөр, көстүбэт күүһүн альдьатар. Көстүбэттэр көстүөхтэрэ, күлүктэр сүтүөхтэрэ. Ону — эрэнэбин...

ҮҺҮС ТЫЛА

Миигин үрүҥнэр убатыах буоллулар. Былыр, арай, боруруоктары убатар сурахтаахтара. Онон, сыаналаан көрдөхпүнэ, мин боруруок эбиппин. Боруруок буолбут күнүм — үөрүүлээх күнүм, сырдык күнүм буолар, онон орто дойду дьоно мин этэр уоттаах ураҕас тылбын истиэх тустаахтар. Былыр дьөһөҕөй байҕал кытыытыгар ийэ-моҕой кыыл сытан эрэн сири сиэн, ууну иһэн, бэйэтэ-бэйэтиттэн сиэмэлэнэн, хамныыр-харамайы, тыынар-тыыннааҕы үөскэппит эбит. Кини иигиттэн-сааҕыттан үөн-көйүүр үөскээн-тэнийэн испит эбит. Ону таҥара айбыта диэн таҥара дьиэтэ үөрэтэр... Мин, быһыыта, улаххан санааларбын кыайан этимээри гынным, туой кыра санааларым, чэпчэки буоланнар, урут тахса тураллар. Дьон, быһыыта, миигин онон даҕаны өйдүөбэттэр эбит. Арба даҕаны, бу өйдүөтэхпинэ, бөөлүн нэк соммун сибииньньэ сиэбит эбит. Титириэтэҕим аайы чэпчээн иһэбин, өйүм-санаам убуллан эрэр, уот курдук күлүм гына-гына, аҕыйаан, аччаан иһэр. Саныыр санаа сылааска үөскүүр эбит. Дьэ, кыһыы эбит, доҕор. Өйүм-санаам барыта испиттэн тахса турар. Үүт испит киһи өйө-санаата элбиэ этэ, бука... Үүт баар эбит икки атахтаахха өлбөт мэҥэ уута, үрүҥ илгэ, тыын уһатааччы, күүс эбээччи. Мин биир анахтаахпын ханнык эрэ хабала аатынан ыалым Салбаныап Дьаакып ылбыт үһү. Дьэ дьикти-дьиибэ буолар эбит — үрүҥнэр былаастарыгар киһини убатар сокуон баар эбит, хабала убайар сокуона суох эбит. Ол иһин даҕаны хабалаҕа ылларбыт, хаанынан ытаабыт диэн былыр-былыргыттан этэллэр эбит.

ТӨРДҮС ТЫЛА

Бүгүн тыаллаах, былыттаах хараҥа күн буолла. Өйүм- санаам барыта, буруо курдук өрө будьуруйан тахса-тахса, икки чабырҕайбын аньньыалаан эрэр. Бэргэһэбин үрүҥ- нэр быльдьаан ыланнар, мэйиим тоҥон, дириҥ өйүм-санаам быһыыта тахсаары гыннылар. Икки кулгааҕым куугунас-хааҕынас буоллулар, икки хараҕым умсары таттылар, кыһыл, күөх уоттар төттөрү-таары сүүрэллэр. Бу курдук тоҥон өллөхпүнэ, биир даҕаны дириҥ санаабын кыайан эппэккэ өлүүһүкпүн. Убаталларыгар тыыннаах тиийэрим буоллар, баҕар дириҥ санааларым ирдэҕим аайы төлүтэ көтөн тахсаннар, уот-сиэмэ буоланнар, бары сиргэ барытыгар тарҕаныа этилэр. Тоҥмут киһи санаата ханна тарҕаныай, тоҥон, өлөн эрдэҕэ дии! Онон боруруок буолбутум эмиэ үчүгэйгэ дылы — өйүм-санаам уот сиэмэ буолуохтара. Үрүҥнэргэ уруй-айхал этэбин! Өлөрөөрү гынар дьоҥҥутун тыыннаахтыы убатан иһиҥ — оччоҕо уот-сиэмэ элбиэҕэ, орто дойду олоҕо тупсуоҕа, икки атахтаах өйдөнүөҕэ. Билиҥҥэ дылы ньылбараҥ харахтаах, нэк сонноох Иирбит Ньукуус аатыран орто дойдуга олорбутум. Байбыт баайым — баара-суоҕа биир анахтаах этим, ону даҕаны өлөр күммэр хабалаҕа хаптардым. Дьадьаҥы буоламмын, таҥнары сапсыйа турар үөлэстээх, буруолуур оһохтоох, түөт муннуга чоҥкуйа кырыарбыт мас балаҕаннаах этим. Кулут бииһигэр куһаҕаны оҥорбут аньыым суоҕа, кумалаан аймаҕы хольдьохпут, хоннорботох буруйум суоҕа... Дьүһүн уларыйар, уот-сиэмэ буолар кэмим кэллэ. Убата тардыҥ!!! Убата тардыҥ!!! Ойоҕум эрэйдээх хайтах эрэ олороохтуур?! Хотоно кураанахтаннаҕа, дьиэтэ чоҥкуйдаҕа...

Ялта


1923 с.

|} |}